| News topics |
|
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [902]
|
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
|
|
Суд-закон.МВД.Криминал [1282]
|
|
Право, закон [323]
|
|
Экономика и СЭР [840]
|
|
Власть Правительство Ил Тумэн [1208]
|
|
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
|
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
|
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [559]
|
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [156]
|
|
Коррупция [862]
|
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [294]
|
|
Социалка, пенсия, жилье [277]
|
|
ЖКХ, строительство [133]
|
|
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
|
|
Люди. Человек. Народ. Общество [226]
|
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [672]
|
|
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
|
|
Земля. Недра [240]
|
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [380]
|
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
|
|
Промышленность [43]
|
|
Нефтегаз [285]
|
|
Нац. вопрос [285]
|
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
|
|
Дьикти. О невероятном [183]
|
|
Выборы [661]
|
|
Айыы үөрэҕэ [125]
|
|
Хоһооннор [5]
|
|
Ырыа-тойук [23]
|
|
Ыһыах, олоҥхо [108]
|
|
Култуура, итэҕэл, искусство [368]
|
|
История, философия [245]
|
|
Тюрки [76]
|
|
Саха [164]
|
|
литература [43]
|
|
здоровье [469]
|
|
Юмор, сатира, критика [14]
|
|
Реклама [7]
|
|
Спорт [123]
|
|
В мире [86]
|
|
Слухи [25]
|
|
Эрнст Березкин [88]
|
|
Моё дело [109]
|
|
Геннадий Федоров [11]
|
|
BingHan [4]
|
|
|
Main » 2025 » Сэтинньи » 8 » Сэтинньи – Баай Байанай ыйа
Сэтинньи – Баай Байанай ыйа | 11:20 |
Сэтинньи – Баай Байанай ыйа
Һук, һук, һук!
Дьолуону тосхойооччу,
Өлгөмү биэрээччи,
Хара тыа хаһаайына,
Тумул тыа тойоно,
Кыһыл саһыл кымньыылаах,
Ой буур оонньуулаах,
Көй боллох сэксэ олохтоох,
Сөҥ сөгөлөөн тусаһалаах,
Эһээ диэтэххэ,
Эһээ диэччи,
Бардам Тутуу,
Барылы Кэскил,
Барыылаах
Баай Байанай Тойон эһэм,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!
Баай барыылаах,
Бардам биэриилээх
Байанай төрдүм,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дьолуону тосхой,
Саргыны салай,
Күн өркөнүн
Туттар,
Тииттэн тирэннэр,
Таастан тайаннар,
Кэтит кэһиигин тиксэр,
Уһун уйгугун уун,
Саҥарбытым
Алгыс буоллун!
Дом!
Күн-дьыл
Дойду сахалара бу ыйы сэтинньи дииллэр. Хотугу сахалар ох (бултуур кэм) ыйа дииллэр. Ол аата бу ыйга тыа булдун бултааһын күүһүрэр. Ый ортотуттан ыла хаар халыҥаан барар. Онуоха дылы сылдьары хаайбат.
Сэтинньи устатын тухары күрдьүк үүнэр. Бу ый барыта кэриэтэ добдурҕаҕа сөп түбэһэр. Арыт хаар халыҥаан киһи хайыһарынан эрэ сылдьарыгар тиийэр. Итинник буоллаҕына, добдурҕа бүтэр. Кыһын бастакы өттө Улуу Добдурҕа дэнэр. Алтынньы 14 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри барар.
Бу кэнниттэн тибии кэмэ саҕаланар. Тибии кэмэ сэтинньи 14 күнүттэн ахсынньы 10 күнүгэр диэри барар. Тибиини кэтэниллэр. Үс тибии буоллаҕына, саас тоҕус тибиилэнэр. Мантан элбэх тибии буоллаҕына, хаар үчүгэйдик симиллэр. Оччоҕо саас ууланыан сөп. Мантан аҕыйах тибии буоллаҕына, хаар кыайан ситиллибэт. Хаартан уу тахсыбат.
Ый саҥатыгар бастакы тибии буолар. 1 күнүгэр ойуур булдугар тахсыы буолар. Хаар халыҥа суох. Булт суола көстө ытар. Сэтинньи бастакы күнүттэн 9 күнүгэр диэри түүмэх түһэр кэмэ. Бу саҕаланыы эрэ. Түүмэх кыһыны быһа түһэр. Түүмэх диэн былыта суохха кыраһа түһүүтэ. Кып-кыра кылбачыгас муустар түһэ турар буолаллар. Кини түһэринэн саас төһө уулаах буолуон быһаараллар.
10 күнүгэр идэһэ өлөрүү саҕаланар. Халлаан сылыйбат гына тоҥноҕуна идэһэни өлөрөллөр. Идэһэ суолтата улахан. Ити кыһыҥҥы ас буолар.
Сэтинньи 14-гэр, истээх таҥас күнүгэр итии таҥаһы кэтиллэр. Бу күн саха киһитэ кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр. Халлаан кыһыҥҥы тымныытыгар киирэн барар. Күҥҥэ-дьылга сатаан таҥнар киһини Дыгын оҕото дииллэр.
Ый ортотугар иккис тибии түһэр. Алтыы сэтинньи 15 күнүгэр буолар. Алтыы диэн ый уонна үргэл икки утарыта кэлэн аасыһыыларын аата. Онно үргэл сорох ардыгар ортотунан сорох ардыгар үөһээ өттүнэн барар ыйы. Ый бүтүүтүгэр үһүс тибии буолар.
Тымныы оҕуһа Хотугу Муустаах Муораҕа уста сылдьан мууһу-хаары сиэн уойан төбөлөнөр, муоһа үүнэн ортолуур. Бүтэһигэр кытыыга тахсар уонна биһиги диэки кэлэн иһэр.
20-с кэнниттэн тымныы сэргэ төбөтүн сэтэриччи тоҥорор дииллэр. Ити 30-тан тахса кыраадыс тымныйыыны кытта сибээстээх. Кыһын уратыта биллэн барар. Ол уратылара манныктар: халлаан уота умайар, сулус дьиримниир, дьүкээбил уота умайар. Халлаан уота умайыыта диэн сулустаах түүн сырдык курдук көстүүтэ ааттанар. Оччоҕо сотору тымныы буолар. Сулус дьиримнээтэҕинэ эмиэ тымныы буолар.
Маҥнайгы кыһыҥҥы ыйы (сэтинньи) маҥнайгы сайыҥҥы ый (бэс ыйа) батыһар.
Үгэс
Сэтинньи ыйга дьон мууҥхалыыллар уонна тыаҕа бултуу бараллар. Онон бу ый булт ыйын быһыытынан көстөр. Бу ый саамай элбэх астааҕынан биллэр. Дьон саҥа астара баар, бултууллар, идэһэ өлөрөллөр. Ол иһин бу ыйга уруулар элбииллэр. Сахаҕа былыргыттан бултааһын баайы-дуолу тардыыны кытта сибээстээх. Онон бу ыйы баайы-дуолу тардар ый диибит. Бу ыйга элбэх үбүлүөй, уруу ыытыллар.
Былыр саамай элбэхтик тииҥниир этилэр. Сорох дьон атынан сылдьаллара. Онтон сорох дьон синньигэс салаасканы соһон баран сатыы сылдьаллара. Түүн ойуурга хоноллоро. Күнүс тыаны кэрийэллэр.
Саха баайы тардар элбэх үгэстээх. Ити үгэс бултааһыны кытта сибээстээх. Ол иһин бу ыйы баайы-дуолу тардыы ыйын быһыытынан билинэбит.
Саха сэтинньи ыйы ох ыйа диэн аттыыр диэбиппит. Онтон оҕу кэһэххэ угар. Былыргылар этэллэринэн биир кэһэх 99 охтоох буолар. Былыр ох бултуурга сүрүн мал этэ.
Дьэ, ити малбыт халлааҥҥа тахсар. Кэһэхпит мэлдьи толору буоллун. Баай-талым булт тосхойдун. Үргэл таһыгар үс уоттаах сулус баар. Олору Кэһэх сулус диэн ааттыыбыт.
Таҥарата: Байанай.
Ойуута: ох.
Суолтата: сатабыл.
Тыла: Һук!
Сулуһа: Кэһэх Сулус (Скорпион бөлөх сулуска сөп түбэһэр).
Бухатыыра: Тамалаайы Бэргэн.
Куота: Нуоралдьын Куо.
Мала: хойгуо.
Тыаһа: хобо.
Үүнээйитэ: долохоно.
Көтөрө: улар.
Кыыла: киис.
Аһа: хаан.
Айымньыта: Дьүлэй Бүөкээн өрөбөлүүсүйэ инниттэн “Билбит-көрбүт” диэн чабырҕах көрүҥүн айбыта. Ити айымньы сэтинньи сүрүн айымньыта буолар.
Туомнара: Байанайы олордуу, баайы-дуолу тардыы, итэҕэлэ суох буолууну утарыы, Үрүҥ Айыы Тойонтон кэс тылы ылыы, 28 саас саҥ тардыыта, иитээччи, булчут туома, күөсчүт алгыһа, сайдамҥа киллэрии уо.д.а.
Эйгэлэрэ: Саха аһа, уруу (сыбаайба), булчут.
Байанай – тыа, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата, дьүһүнүнэн эр киһи, сахалыы таҥастаах, уҥа илиитигэр тоһоҕо тайахтаах, хаҥас илиитигэр холо мастаах. Бултааһыны, байыыны-тайыыны көрдөрөр. Айыы үөрэҕэ этэринэн, Байанай сэтинньи ыйга дьоҥҥо чугаһыыр. Байанайы биһиги өбүгэлэрбит олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр оҕонньор курдук саныыллара. Кини сабырыччы үүммүт кугас уонна хара бытыктаах, баттахтаах, таба тыһынан тигиллибит саҕынньахтаах, ойуурга сүүрэ сылдьар, эбэтэр табаны мииннэ сылдьар көрдөөх-нардаах, элэккэй оҕонньор. Уонтан тахса ини-бии бырааттардаах, Маҥан Чаҥый, Ытык Субайдаан, Дьылыс Кыыс диэн балтылардаах.
Куралай Бэргэн диэн хара тыа умайбыт сирдэрин иччитэ баара эмиэ биллэр. 11 ини-бии байанайдартан ураты, эргинэ хара тыа иччитэ Барылына Кэскил Тойон Эһэ, лоскуй ойуур иччитэ Баай Байанай Көйүкү Сүүрүк Тойон Эһэ, одун хара тыа иччитэ Сатыгыр Көтүгэн Хабыйахаан Сүүрүк диэн, Байанай оҕолоро бааллар эбит. Көнө ойуур иччитэ Алып Сэгэйээн, ойуур тумулун иччитэ Дьылыс Кыыс эҥин диэн араастаан, мастарыттан талахтарыгар тиийэ наардаан ааттыталыылар эбиттэр, өбүгэлэр.
Байанай арахсыспат аргыһа иччи – Сэмэкэй, кини уола Кэлтэгэй Кэллээни Кэлэҕэй уол эбиттэр. Куһаҕан киһигэ баайын биэримээри гыннаҕына, булду куттуур-үргүтэр иччилэрэ – Харгыс Тойон уонна Харса Хотун баар буола охсоллор эбит.
Аны туран, Иэйэхситтэн тардыылаах буолан, эдьиийин Аан Алахчын Ала Мылахсын дьонугар – ойуу-бичик, эрэкэ-дьэрэкэ оҕолорго эмиэ сыһыаннааҕа биллэр. Ону ааһан, сүүһүнэн кыыл-көтөр эһэкээннэрин бэрийэр. Олортон сорохторо Орто Дойдуга, сорохторо Халааннарынан олороллор диэбиттэр.
Барыылаах баай хара тыа иччитэ Байанай ыйыгар тыынар тыыннааҕы, тулалыыр эйгэни харыстааһын, сиргэ-уокка, кыылга-сүөлгэ, көтөргө-сүүрэргэ харыстабыллаах сыhыаны иитии, үөрэтии-такайыы өрө тутуллар.
Дьолуо, ол, эбэтэр, «удача» ыйа буолар. Байанай бэлиэтэ оноҕос.
Байанай дьоно-сэргэтэ бары иччилэр. Ойуур хас булуҥа бэйэтэ туспа иччилээх: Куруҥ тыа, Хара тыа, ой тыа иччитэ. Мастар, булт сэбэ-сэбиргэлэ эмиэ иччилээхтэр. Бу иччилэр бары көрө-истэ сылдьаллар.
Кыыллар бары Байанай үөрэ-сүүрүгэ диэн ааттаналлар. Оннооҕор, былыргылар саныылларынан, киһи ийэ кутун сорҕото иҥэ сылдьар ийэ кыыла, эмиэ кинини кытта быһаччы сибээстээҕинэн аатырар.
Байанай биир көмөлөһөөччүтэ Чаадай Боллох диэн. Кини сыһыннаҕына, ыт булчут буолар. Булчут ыт бастыҥа Чаадайдаах ыт дэнэр. Моонньугар салама баайыылаах буолар. Ол Чаадай иҥмитин бэлиэтэ. Чаадай ааны арыйар идэлээх.
Булчут ыт бэлиэтэ:
– Удьуор булчут буолуохтаах.
– Ыт оҕотун кутуругуттан өрө тутахха үчүгэйдик кэдэйэр.
– Кулгааҕа чөрбөҕөр.
– (Балачча улааппыт ыт) Кэтэҕэ сүгэлээх.
– Таҥалайа харалаах.
– Түөһэ кэтит.
Ыт идэлээх буолар:
– Эсэһит.
– Тайахсыт.
– Киисчит.
– Куобахсыт.
– Кусчут.
– Тииҥньит.
– Уо. д. а.
Булчут ыты:
– Мөхпөттөр, сынньыбаттар.
– Булчут атаҕар утуйар.
– Улахан тымныы күннэргэ хааһахха уган илдьэ сылдьаллар.
– Эт үчүгэйин аһаталлар.
– Үчүгэй булчут ыты ханнык да харамайдааҕар өйдөөх дииллэр.
Байанайы бэйэҕэ хайыһыннараннар – кини сиэрин толороллор, ордук бултуу барар киһиэхэ бэйэтигэр, бултуур сэбиргэлин ыраастык тута сылдьарыгар аналлаах. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн, Байанай киириигэ-тахсыыга, атыыга-эргиэҥҥэ, булугас-талыгас, сытыы-хотуу буоларга барытыгар улахан көмө буолар.
Ол сылдьан, Байанайыҥ, кыраҕа даҕаны олус үөрунньэҥ, бэрт сайаҕас, эйэҕэс, сайдам майгылаах дьону ордук маанылыыр, халлааны хабарҕатынан, муораны тобугунан сылдьары, күннээх-халлааҥҥа быһахтанары сөбүлээбэт.
Киэһэ саамай чугас маллар сыттык уонна суорҕан буолаллар. Байанай оннук чугас маллара сыгынах уонна сул мас буолаллар. Көп сөгөлөөҥҥө (кэрдиллибит мутукчалаах маска) уонна кэтит сэксэҕэ (тэллэх эбэтэр олбох буоларга кэрдиллит мутук, лабаа) олорбут киһи Байанай курдук дьоҕурданар.
Кини сүрдээх омуннаах буолар. Онтукатын ити Һук диэн тылынан биэрэллэр. Уопсайынан булка түргэн хамсаныы ирдэнэр. Эмискэ өмүттүү курдук хамсаныллыахтаах.
Байанай икки кырсаны көлүнэр, арыт тииҥ буолан сылдьар.
Матыаччын диэн мас иччитэ Байанайга бас бэринэр. Мас хатырыгын курдук модороон сирэйдээх. Уҥа илиитигэр алгыс бэлиэтин курдук үҥүгэс лабаатын тутан олорор. Онтон хаҥас илиитигэр кэҕэ тутуурдаах, эбэтэр тараахтаах. Тараах тыа буолар, хайа да буолар.
Ойууртан маһы араардахха иччитэ Матыаччын буолар. Манна кыра буккуһуу баар. Ойуур мастарын иччитинэн үксүгэр Байанай ааттанар. Онтон биирэм мас иччитэ Матыаччын буолар. Бу буккуһуу улаханнык тугу да уларыппат. Иччилэр итинник көһө сылдьар эбэтэр аралдьыһар аналлаах буолаллар.
Уулаах-хаардаах үчүгэй маһы алдьатар буоллахха Байанай хоргутар (хадьыйар). Хадьыйар – туора диэки анньар. Киһи улахан аньыыны оҥорор буоллаҕына, Байанайа ханарыйар. Ханарыйыы – тиэрэ санааланыы.
Хадьайыы уонна ханарыйыы бэйэ бэйэлэригэр маарынныыллар. Иччи ол аата тэйэр, тиэрэ хайыһар, бэйэтин харыстабылын биэрбэт буолар.
Арай кини соруйан куһаҕаны оҥорбот. Харыстыырын эрэ тохтотор.
Байанай киһини уотунан хаарыйыан син. Байанай бурууһааһыныгар (баран хаалыытыгар) эһэ, бөрө тэпсэр, булт кэлбэт, киһи ыалдьар.
Байанай ойуурга олорор. Кини ойуур кыылларын уонна көтөрдөрүн бас билэр. Уукун Уу Чокуруун уола уулаах сирдэргэ олорор. Кини уу кыыларын уонна үөннэрин бас билэр.
Уукун – хааһа суох, тараҕай, ньамах таҥастаах киһи. Кини эр киһи да, дьахтар да буолуон сөп. Оҕо эмиэ буолар. Илим, муҥха, ардьа, туу симэхтээх. Барыта уу булдун сэбэ симэхтээх. Бэйэтэ сүдү улахан хотун буолар. Уукун 7 уоллаах, 7 кыыстаах.
Малааһын уотун аһатыытыгар оһох уҥа өттүгэр Байанайга, хаҥас чанчыгар Ынах Наадьытыгар, түгэххэ Уот Иччитигэр ас бэриллэр. Чох ыстанарын Байанай биэриитэ дииллэр: чууп гына обороллор, кэннилэригэр элитэллэр.
Ойуур көтөрдөрө Байанай көтөрдөрүн быһыытынан ааҕылаллар. Кыыллар дьиҥнээх Байанайы кытта сибээстээхтэр. Ити Байанайы атыннык Эһэкээн дииллэр. Кыыллар Эһэкээннээх буолаллар. Ол аата хас кыыл бэйэтэ туспа дьүһүннээх Байанайдаах. Холобура, таба эһэкээнэ (Байанайа) Ураанай Туутчут дэнэр. Кинини табаны миинэ сылдьар киһи курдук көрөллөр.
Сэтинньи ыйга, баайы-дуолу, дьолуону тардыы туомун толороллор. Байанайыҥ күүстээх иччилэр ахсааннарыгар киирсэр, кини Иэйэхсит Хотун таҥара уола буолар дэнэр. Ол иһин, туомҥа Иэйэхсиккэ эмиэ хайыһаллар.
Ыам ыйынааҕы Иэйэхсит Хотун туомугар кини оҕолоругар Аан Алахчыҥҥа уонна Байанайга эмиэ хайыһаллар. Туомҥа «харчы туос» уматаллар, баайы-дьолуону тардаллар. Булчуттарга анаан туомнары оҥороллор, сааларыгар-саадахтарыгар Байанайы иҥэрэллэр.
Айыы үөрэҕэр баар күөсчүт алгыһа – сиэттик туом: сэтинньи ортотун эргин оҥоһуллар. Асчыттарга, аска-үөлгэ аналлаах. Аһы амтаһыйары Байанай боппотоҕо (астыыр киһи аһы боруобаллаан көрөрө бобуллубат. Ону бэл Байанай боппотоҕо дииллэр), күөсчүт айаҕын Барыылаах да хаайбат, күөсчүт күөһүнэн дьолуону тардар дэнэр.
Бултан сиргэнимэ дииллэр (булт этиттэн киһи сиргэниэ суохтаах). Сиргэнэр буоллахха, Байанай кыыһырар дэниллэр. Оччоҕо ас алгыһа суох буолар.
Кыыл, көтөр түүтэ тэпсиллибэт. Хаана сиргэ тоҕуллубат. Тоҕо диэтэххэ үүнэ-үөскүү турарын хааччыйыллыахтаах.
Ханнык баҕарар бултаммыт кыыл күндү ыалдьыт курдук көстүөхтээх. Былыр итиннэ анаан элбэх сиэр баар этэ. Билигин сылга биирдэ уот оттон Байанайы аһатыахха сөп.
Сымыыт хомуйдахтарына, биир сымыыты ордороллоро. Элбэх булка түбэстэхтэринэ сороҕун ордорон ыыталлар. Былыр айылҕаны харыстааһын итинник биллэрэ.
Булчут төрдө Иэйэхсит буолар. Оттон орто дойдуга кини уола Байанай. Кини бэрт элбэх байанайдары бас билэр. Бу киниттэн саҕалаан булчуттар үөскээбиттэр. Булчут тыаҕа таҕыстаҕына, Байанайы таттарар туому хайдах оҥорторбутуттан булда тутулуктанара.
Төҕүрү иини оҥорор лабааттан Байанай ымыытын оҥороллор. Сирэйдээх, илиилээх, атахтаах буолар. 20-чэ, 10-ча сэнтимиэтир улаханнаах. Маны булт кэмэ саҕаланнаҕына, улахан булду өлөрдөхтөрүнэ аһаталлар. Арыынан эбэтэр булт хаанынан сотоллор.
Ойуурга бастаан хоноллоругар остуоруйа кэпсэтэллэр. Байанай остуоруйаны истэрин сөбүлүүр. Арыт Байанайга табаах, ас уурар ытык сирдэр баар буолаллар. Ытык таастар эбэтэр мастар. Онно ас ууран ааһыахха наада.
Саха биир хаачыстыбата булчут буолар. Бу хаачыстыба бииринэн бойобуой үгэс салгыыта буолар. Сонордооһун, айылҕаҕа сатаан сылдьыы, утуйбаты, аччыктыыры тулуйуу – булчут идэтин төрдө. Ол иһин булчут буоларга оҕону ыытыы оҕону уһуйааҥҥа иитии биир туһаайыы буолар.
Бу хамсааһын хайа эрэ өттүнэн бойскаут хамсааһынын маарынныыр. Ол иһин даҕаны сахалары сэрии хонуутугар үчүгэй саллаатар диир буолуохтаахтар.
Сахаҕа сэтинньи ый Байанай ыйынан биллэриллэн турар. Онно икки тыл өрө тутуллар: киэҥ көрүүлэнии уонна кыраттан үөрүү.
Бу тыллар Байанай үгэһиттэн саҕалаан сатабыллаах буолуу үгэһигэр киирэллэр. Онон сэтинньи ый байыыны-тайыыны кытта сибээһэ улахан. Билигин даҕаны бултааһын саха олоҕор улахан миэстэни ылар.
Сэтинньитээҕи киһи сөпкө сылдьарын хааччыйар олох туһунан этиилэргэ манныктар киирэллэр:
1. Таҥара баайдаах, киһи дьоллоох.
2. Илииҥ иһинэн хамсан.
3. Тэһэҕэс ытыстааҕы киллэримэ.
4. Үлэлээн-хамнаан үрүлүйбүтүҥ уон оччонон төлөннүн.
5. Илииҥ эҕэрдэлэннин, тарбаҕыҥ талааннаннын.
6. Суол аайы сурахтан, аартык аайы аатыр.
7. Айыыларгын санаан туран айан-тутан ис.
8. Дьол хараҕа суох.
9. Аан дойдуттан алгыста ыла сырыт.
10. Хараҕыҥ хараҥарбатын, өйүҥ күлүгүрбэтин.
11. Дириҥ далай түһүлгэни олорт.
12. Бэйэҥ баскын бэйэҥ билин.
13. Албын тылга алкыттарыма, сымыйа тылга олорсума.
14. Итии таҥас күнэ иэнигэйэн кэллэ.
15. Сир тоҥно, хаар чараас.
16. Үйэлээҕи үүннэр, кэскилээҕи кэтирэт.
17. Муҥха үгэнэ буолла, күрэх саҕаланна.
18. Ох ыйа олохтонно, Байанай ыйа саҕаланна.
19. Хан ханай, хон хоной.
20. Сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор буолла.
21. Түүмэх түстэ, кыраһа кыыдамнаата.
22. Айбытыҥ айхал хоту буоллун.
23. Алыгас сайда турар, үтүө үүнэ турар.
24. Бүгүҥҥүгэ тирэн, сарсыҥҥыга баалын.
25. Быстахха кииримэ, тутахха туттарыма.
26. Суолуҥ сойботун, аартыгыҥ бүөлэммэтин.
27. Кырдьыгы тутус, дьиҥҥэ тирэн.
28. Барытын харчы быһаарар буолбатах.
29. Киэҥи санаа, ырааҕы өйдөө.
30. Күнүҥ көрө турдун.
Сэтинньи ыйыгар төрөөбүт киһи төрүт майгылара:
1) сылбалаах – уһуннук дьайар дьоҕурдаах,
2) дьэллэм – киэҥ көрүүлээх,
3) долоту – саамай хамсыыр өттүн тутуһар,
4) талбалаах – табыллары булар,
5) булугас – хаайтаран хаалбат,
6) сорсуннаах – үчүгэй түмүгү ситиһэр идэлээх,
5) дьэллэм – аһаҕас, үөрүнньэх, бэригэс майгыннаах.
6) долоду – судуогу, кыайыылаах-хотуулаах, быһаарыныылаах.
7) унньуктаах – дьыалатын ситиһэр иһин дьулуурун мөлтөппөт,
8) бэргэн – саамай сөбү булар,
9) алыкылаах – ситиһии диэки туһаайыылаах,
10) тэбиҥнээх – мэлдьи дьыалатын хамсатар,
11) дьолуолаах – эмискэ табыллыыга тиийэр дьоҕурдаах,
12) түлүөннээх – наада буоллаҕына түллэр күүстээх.
Сэтинньигэ төрөөбүт киһи баайга-дуолга тирэнэр, атын дьоҥно баайы тардыан сөп, бэйэтин толкуйдуур, дьолуону таба көрөр, эргиниэҕин, харчыны ааҕыаҕын, табыллар өттүн булуоҕун сөп. Байанай таҥаралаах киһи сылыктаан толкуйдуур, бэйэтин кыаҕар эрэнимтиэ буолар.
Тугу эмэни ылсыбыт буоллаҕына, толоруор диэри эппэт. Кини сүрүн болҕомтотун булуу-талыы дьоҕуругар хатыыр. Байанай киһитэ – бүтэй, булугас-талыгас, мындыр.
«Кут-сүр» Байанайга анаан, 52, барылара туһанар быраабылаларын, сиэрин-туомун, 33 алгыһын суруйан киллэрбитэ.
Баай Байанай, Барыылаах эһэкээн, Бараахы Сүүрүк, Соххор Добун, Куралай Бэргэн, Сүҥкэн Эрэлик былыргы кэм сахаларыгар улахан суолталаах этэ. Бултан-алтан элбэҕи эрэйэр тыын былдьаһыыктаах кэмнэргэ, Байанайы, кини сиэрин-туомун биллэххэ биирдэ – айаххын ииттинэн, киһи-хара буолан олоруллара. Былыргыны сэгэтэн көрдөххө, урукку дьыллар уорҕаларын арыйдахха, Байанай ыйыгар дьолуо тосхойуон баҕалаах киһи сэмэй-элэккэй, үөрүнньэҥ майгыланыахтаах эбит. Оччоҕуна биирдэ баайы-дуолу тардыа, дьоллонуо!
Афанасьев Л.А.-Тэрис уо.д.а. суруйууларыттан таҥан оҥордо: Дьокуускай куоратын «Айыы итэҕэлэ» итэҕэл тэрилтэтин иһинэн үлэлиир «Кут-сүр» кыһа түсчүтэ Бүөтүр Кэрээкин-Таҥ Бүө.
|
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 34 |
Added by: uhhan1
|
|
|
| Сонуннар күннэринэн |
| « Сэтинньи 2025 » |
| Бн |
Оп |
Сэ |
Чп |
Бт |
Сб |
Бс |
| | | | | | 1 | 2 | | 3 | 4 | 5 | 6 | 7 | 8 | 9 | | 10 | 11 | 12 | 13 | 14 | 15 | 16 | | 17 | 18 | 19 | 20 | 21 | 22 | 23 | | 24 | 25 | 26 | 27 | 28 | 29 | 30 | |
| Ааҕыылар |
Баар бары (online): 3 Ыалдьыттар (гостей): 3 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|