| News topics |
|
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [903]
|
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [264]
|
|
Суд-закон.МВД.Криминал [1283]
|
|
Право, закон [323]
|
|
Экономика и СЭР [840]
|
|
Власть Правительство Ил Тумэн [1208]
|
|
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
|
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
|
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [559]
|
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [156]
|
|
Коррупция [863]
|
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [294]
|
|
Социалка, пенсия, жилье [277]
|
|
ЖКХ, строительство [133]
|
|
Образование и наука. Школа. Детсад [216]
|
|
Люди. Человек. Народ. Общество [231]
|
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [672]
|
|
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
|
|
Земля. Недра [241]
|
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [382]
|
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [160]
|
|
Промышленность [43]
|
|
Нефтегаз [285]
|
|
Нац. вопрос [285]
|
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
|
|
Дьикти. О невероятном [184]
|
|
Выборы [661]
|
|
Айыы үөрэҕэ [142]
|
|
Хоһооннор [5]
|
|
Ырыа-тойук [23]
|
|
Ыһыах, олоҥхо [110]
|
|
Култуура, итэҕэл, искусство [377]
|
|
История, философия [249]
|
|
Тюрки [76]
|
|
Саха [168]
|
|
литература [45]
|
|
здоровье [469]
|
|
Юмор, сатира, критика [14]
|
|
Реклама [7]
|
|
Спорт [125]
|
|
В мире [86]
|
|
Слухи [25]
|
|
Эрнст Березкин [88]
|
|
Моё дело [109]
|
|
Геннадий Федоров [11]
|
|
BingHan [4]
|
|
|
Main » 2026 » Сэтинньи » 19 » Оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн туһа диэн олох оҥкула
Оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн туһа диэн олох оҥкула | 14:38 |
Оҕо, ыччат, дьиэ кэргэн туһа диэн олох оҥкула
Коротов Владислав Петрович
Айбыт Таҥарабыт барахсан тас көстүүбүтүн биир төбөлөөх, икки илиилээх, икки атахтаах, уоннуу тарбахтаах оҥорбута дьүөрэлэһэн, киһи диэн аатырабыт эрээри, ис көстүүбүт олох атын-атын. Ол бэлиэтэ сирэйбит, уҥуохпут-иҥиэхпит олоруута, куппут-сүрбүт суоһа, тутта-хапта сылдьарбыт тус-туһунаныгар көстөр. Сорох киһи киһини дьүһүнүттэн-бодотуттан көрөөт сэрэйэр, сорохторго этэн биэрдэххинэ билэр, сорохторго быһаарыы да туһалаабат курдук. Ол иһин өбүгэлэрбит киһи ис туругун билээри, саҥа көрсүбүт киһилэриттэн «Эһиги диэки туох сонун баарый?» диэн ыйытан киһини айаҕын атытан, ис көстүүтүн билэллэр эбит. Ол киһи таһыгар туох бэлиэлээҕиттэн саҕалаан, хайа улуустан, ханнык нэһилиэктэн сылдьара, хайдах саҥарара-иҥэрэрэ кини ис тэтимин, өйүн-санаатын олоруутун дьэҥкэтик арыйан биэрэрин билсии диэн ааттыыбыт. Оннук билсииттэн араас сыһыан үөскээн, «үөлээннээх», «атас», «доҕор», «ытык» уонна да атын өйдөбүллэр сыһыаннарын ылыннахпыт. Саха киһитэ көрсүбүт киһитин тылын-өһүн итэҕэйдэҕинэ «Миэхэ дьиэбэр сылдьан аас» диэн ыҥырар, иһигэр киллэрбэтэҕинэ «Оо, ыраах айаннаах киһи эбиккин, ол тумуһаҕы тыатынан туораар, онтон сыһыы кэлиэ, ол сыһыыны арҕаа өттүнэн барарыҥ ордук буолуо» диэн атааран кэбиһэр.
Дьон бары ааҕан билэр айымньыларыгар хас биирдии киһи сыһыана эмиэ тус туһунан. Оттон бэйэм идэбинэн күрэс түһүлгэтин туһунан ааҕарбар, билэ-көрө сатыырбар, суруллубуту сэҥээрэбин, хайгыыбын, эбэтэр ааҕан баран быһаарыыта татым диэн ылымматахпына умнан кэбиһэбин. Аныгы олохпут тэтимэ түргэтээн, көрүҥмүт элбээн, бэчээт сыаната ыараан, барытын ырытан суруйар кыах суох буолан, дьоммут киһи хайдах хамсанан, хайа албаһы сатабыллаахтык туһанан кыайбытын-хоппутун аһаран, бастаата, иккис-үһүс буолла эрэ диэн судургу баҕайытык билиһиннэрэр буоллулар. Күрэс түһүлгэтин түгэннэрин ымпыгын-чымпыгын сиһилии ырытан сырдаппыт киһибит Иван Семенович Кычкин ыстатыйаларын ааҕан улааппыппыт иҥэн, тренербит иитиитигэр эбии буолан идэбитин таллахпыт. Николай Павлович Корякин-Уран Ньукулай курдук хас биирдии хапсаҕай албаһын өтө көрөн, дьон өйүгэр тиийиэ сөкүүндэ иннинэ чопчу доҕуһуоллаан кэпсиирэ бу көрүҥү иһиттэн билэрин бэлиэтэ этэ.
Бу суруйуубар сонуна туох олохтооҕун билиэхпин баҕарар киһим аата Владислав Петрович Коротов диэн. Кини, бу быыс кэмҥэ үлэни өрө тутан, дьон баҕатын толорон, араас эйгэҕэ кыттыһан санаатын аҕаһастык этэн биллибит-көстүбүт, ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьар киһи. Ол бэлиэтэ кини «доҕорум» диэн тылы элбэхтик туттарыгар, дойдутун Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх журналиһа, физическэй культура уонна спорт, ону тэҥэ СӨ бэчээтин туйгуна ааты ылбыта туоһулууллар. Идэ оҥостубут дьарыгын сэҥээрэн билэ-көрө сатаатым да, ыырым арыый кыараҕас буолан элбэх араас тылы туттууһубун дуу диэн олоробун. Үлэлээбит сирэ да элбэҕэ бэрт эбит, онон бэйэтэ олоҕун соругун туохха ууран тугу үлэлээбитин кэпсэтэн билиэхпит.
Французтар тылларын учуутала үөрэхтэммит, спорт инструктора буолбут, психолог быһыытынан кытта үлэлээбит, тулаайах оҕолору иитэр-көрөр Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр иитээччинэн, дириэктэр солбуйааччытынан, онтон дириэктэр солотун толорбут. Айан тэрийэр дьоҕура арыллан, 60-тан тахса га сири ылан, ол оҕолорго 10 төбө ынах сүөһүлээх, 2 сылгылаах, кроликтардаах, сибиинньэлэрдээх хаһаайыстыба тэрийбит. Оҕолорго сайыҥҥы хортуоска үүннэрэр сирдээх, теплицалаах, атын да араас тутуулардаах даача дьиэтин туттарбыт, ол даачаҕа диэри төгүрүк сылы быһа сылдьар көнө суол оҥотторбут. Ол үрдүнэн оҕо дьиэтин иһинэн үлэлиир 75 миэстэлээх ыал олорор таас тутууттан турар бырайыак оҥотторбут. Кэлин ол бырайыагы сүрүн гынан, федераллар үптэринэн 10 коттедж тутуллубут. Оҕо дьиэтэ массыынанан, тыраахтарынан, аныгылыы тэриллиилээх техниканан, аппаратуранан, араас оборудованиенан хааччыллыбыт. Владислав Петрович көҕүлээһининэн алмаас тэрилтэтэ көмөлөһөн, убаҕас оттугунан оттуллар аныгы котельнайы аҕалан туруорбуттар. Бу кэскиллээх салайааччы буолар олук диэн этэрим оруннаах эрээри, тоҕо эрэ былаас эйгэтигэр салгыы тардыспатах.
Бэйэтэ оҕону иитии туһунан маннык кэпсиир: «Педагогика – бу үлэ хайысхата диир татым буолуо, киһи ис кутун туруга диэхпин баҕарабын. Ол тускул оҕо ийэтиттэн-аҕатыттан ылбатах уһуйууларын: дьарыктанан ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр, күрэстэһэр онтон да атын айар дьоҕурун уһугуннаран атын оҕолорго тэҥнээн үөрэххэ, билиигэ тардыһыытын үрдэтиэххэ сөп», - диир. Ол аата кини эдэр эрдэҕиттэн оҕоҕо сылаас сыһыан тускулун этэр диэн өйдөөтүм.
Онон хааныгар баар ыччаты кытта сырдык сыһыаны олохтуур баҕата баһыйан, 25 сылтан ордук кэмҥэ, уоппускатын кэмигэр сынньаммакка, оҕолор үлэлиир, чэбдигирэр лааҕырдарыгар үлэлиир. Кини көҕүлээн Бүлүү эҥэр улуустарын түөрт тулаайахтары иитэр детдомнар оҕолорун спартакиадалара, иитээччилэргэ анаан Макаренко ааҕыылара олохтоноллор, алмаас хостуур Мииринэй тэрилтэлэрин дьонун кытта сыһыаны салгыы сайыннарар. Кэпсии олорон «тойбохойдор өрүү инники сылдьалларыгар оҕо дьиэтин солбуллубат спортинструктора Василий Васильевич Пермяков өҥөтө улахан. Кини эрчийбит оҕолоруттан мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйүөнэ, “Дыгын оонньуутун” хас да төгүллээх бириистээҕэ Федор Федоров, хапсаҕайга успуорт маастара, Манчаары оонньуутун кыайыылааҕа, полиция хаппытаана Айаал Иванов, сахалыы дэгит күрэскэ билигин ситиһиилээхтик кытта сылдьар Зафарджон Решетников тахсыбыттара», - диэн ахтан ааһар. Бииргэ үлэлиир доҕорун, норуот маастара Гаврил Васильевич Егоровтыын Тойбохой детдомун оҕолоругар «Чороон» диэн саха омук иһиттэрин маһынан кыһан
Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтэ, “Чэчир” вокальнай-инструментальнай бөлөх. 1993 с.
оҥорор кооператив тэрийэллэр. Бу оҕолор үлэлэрэ Россия, Сойуус быыстапкаларыгар ситиһиилээхтик кытталлар, Москваҕа баар норуот хаһаайыстыбатын ВДНХ диэн быыстапкатын мэтээллэригэр тиийэ хайҕаналлар. Ону ааһан Хабаровскай, Москва, Канада, Америка быыстапкаларыгар тиийэ көрдөрүллэллэр. Оҕо дьиэтигэр музыкальнай салайааччынан билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьар биллэр мелодист, музыкант уонна ырыаһыт Иван Ивановтуун 90-с сылларга тэрийбит “Чэчир” вокальнай-инструментальнай бөлөхтөрүн оҕолоро Сунтаар улууһугар бэркэ кэрэхсэнэ сылдьыбыттара.
Ол быыһыгар аны билиҥҥи олохпут тосхолугар сөп түбэспэт майгылаах, сыһыаннаах оҕолору кытта эмиэ үлэлээн ситиһиини тиһэр. Инньэ гынан, оҕону иитии эйгэтигэр 1974 сылтан 2001 сылга диэри үлэлээбит. Ол ыччаттарга холобур буолан сырдык өй-саа иҥэрбитэ, сүбэ-ама биэрбитин ол оҕолоро улаатан да баран кинини умнубакка куруук көрсөн «паапабыт» диэн ааттыылларыгар баар эбит. Ити үлэлэрин түмүгүнэн бастакы категориялаах иитээччи-педагог диэн ааты иҥэрбиттэр.
1995 сыллаахтан Дькуускайга олохсуйар. Куорат администрациятын баайын-дуолун көрөр-истэр отделыгар үлэлиир. Ол быыһыгар куорат дзюдо уонна самбо федерациятыгар, ыччаттар «Иппон» диэн, борбуй саастаах оҕолору түмэр кулууптарыгар үлэлиир. Саха сиригэр кини көҕүлээһининэн «скаутскай этэрээттэр» диэн ыччат политикаҕа сыһыана, омугуттан тутулуга суох билии нөҥүө бэйэни эт-сиин, интеллект, кут-сүр эйгэтин сайыннаран олоххо көхтөөх, дойдуга көмөлөөх буоларга, атын дойду ыччатын кытта эйэлээх олоҕу тутуһар хамсааһын тэриллэр. Ити хамсааһын иһинэн Дькуускай куоракка доҕоро Валерий Максимович Герасимов салалтатынан дзюдонан-самбонан дьарыктанар оҕолорго «Школа выживания» диэн лааҕыр тэриллэн, билиҥҥэ диэри үлэлии турар. Онтон 1998-2001 сс. Хатаска буруйу оҥорбут оҕолору иитэргэ-үөрэтэргэ анаан арыллыбыт сабыылаах анал оскуоланы хара маҥнайгыттан тэрийсибит, салайар иитээччинэн үлэлээбит.
Бу Владислав Петрович оҕону, ыччаты кытта үлэлиир баҕата, ордук чуо борбуй саастарын туолан эрэр мэник-тэник уолаттары кытта үлэлиир сыһыана, бу отуттан тахса сыл тухары эр дьон оскуолаҕа чугаһаабат кэмнэригэр, сүдү оруоллаах дии саныыбын. Оскуолаҕа уол оҕо холобур оҥостор киһитэ суоҕа – саха мөлтүүр төрүөтэ. Уол оҕону өйдөөх өбүгэлэрбит 10 сааһыттан аҕатын, убайдарын, таайдарын кытта бииргэ от-мас үлэтигэр эриллэн, бултаан-алтаан эр киһи аатын сүгэр турукка киллэрэллэрин ааһан, дьиэтин-уотун, дьонун-сэргэтин көмүскүүр уххан боотур таһымын ылалларын ситиһэллэрэ үгэскэ кубулуйбутун билэбит. Ити иитии кыһата эр киһи ыал, уруу, аймах, омук аҕа баһылыга буолан дьонун туһугар олох оҥкулун тэрийэр сүдү ирдэбилгэ уон икки тыһыынча сыл кэриҥэ үгэс үтүөтүгэр олоҕуран баччаҕа тиийэн кэллэхпит.
Бу баҕа киниэхэ үөскээбит төрүөтүн оскуолаҕа үөрэппит учууталыттан Никифор Дмитриевич Тереховтан буоларын биллибит. «Биһиги кылааспытыгар хас да кылаас салайааччыта уларыйбытын кэннэ, биһиги бэйэбит дириэктэргэ туруорсан, Никифор Дмитриевиһы көрдөөн ылбыппыт. Онтон ыла олус тапсан, эдэр учууталбыт үөрэнээччилэригэр эр киһилии эрэллээхтик, тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһан, 27 оҕону кытта биир тылы булан 10 кылааһы 1969 сыллаахха бүтэртэрбитэ. Биһигини олох аартыгар таһааран баран, дойдутугар Кэбээйигэ көспүтэ. Билигин бииргэ үөрэммит дьоммуттан олохторугар ситиһиилээх дьоммут элбэхтэр. Биһиги 2009 сылтан биэстии сыл буола-буола көрсөбүт, кылааспыт көрсүһүүлэригэр учууталбыт булгуччу тиийэн кэлэр. Ытыктыыр таптыыр учууталбыт эһиил 95 сааһын туолар», - диэн кэпсиир. Манна даҕатан эттэххэ, Владислав үөрэххэ кыра эрдэҕиттэн ураты дьоҕурдаах буолан, эдьийдэриттэн үөрэнэн, түөрт сааһыттан ааҕар-суруйар буолбут. Онон алта сааһыгар маҥнайгы кылааска киирбит, иккис чиэппэртэн иккис кылааска көһөрбүттэр. Салгыы үһүс чиэппэргэ өссө өрө тахсаары гыммытын, оройуоннааҕы үөрэх салаата көҥүллээбэтэх. Онон биһиги киһибит орто оскуоланы 15 сааһыгар бүтэрэн, ол саҕана Саха сиригэр биир сэдэх түбэлтэ буолбут эбит.
Иитээччи буолар дьиҥ ис өйдөбүлэ өбүгэлэриттэн тиксибит баҕа санаата хааныгар баара айан таһаардаҕа диэн биир бэйэм сабаҕалыыбын. Сахалар былыр былыргаттан оҕону дьолунан ааҕаллара уонна элбэх оҕолоноллорун туһунан бүгүҥҥү саха дьоно бары билэбит. Төрүттэрэ, аймахтара үксүлэрэ эмкэ-томко, учуутал идэтигэр сыһыаннаахтара таайан, кини эмиэ ити эйгэ киһитэ буола улаатан үөһэ этиллибит ситиһиилэргэ тиийбит эбит. «Удьуордааһыным ийэм өттүттэн хос-хос эһэбиттэн уонна хос эһэбиттэн силис тардар дии саныыбын. Кинилэр иккиэн Дьокуускайга уезднай уонна реальнай училище үөрэхтээх, иккиэн Бороҕон улууһун суруксуттара, Уус Алдаҥҥа үөрэхтээһини саҕалаабыт дьон. Ийэм бииргэ төрөөбүттэриниин түөрт учуутал, онтон бэйэм күтүөтүм көмөтүнэн учуутал буолан 27 сыл оҕо иитиитигэр үлэлээн, педагогическай династияҕа бэйэм кылааппын киллэрбитим. Үөрэххэ-билиигэ тардыһыыбын аҕам убайа, төрөөбүт Аллыҥатыгар үөрэҕириини саҕалаабыт, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктора буолбут абаҕабыттан Коротов Георгий Павловичтан утумнаабытым буолуо. Быраас абаҕам Мефодий Николаевич учуонай степенэ суох этэ эрээри, Саха сиригэр генетиктэр оскуолаларын саҕалаабыт киһи», - диэн кэпсиир.
Владислав Петрович төрүччүлэрин үөрэтэн, аймахтарыгар билии бэлэхтээбит салгын куттаах киһи. Кини аҕатын өттүнэн төрүттэрин XIX үйэ ортотуттан ааҕан, уруккута Хочо (билиҥҥи Сунтаар) улууһун Аллыҥа нэһилиэгиттэн төрүттээхтэрин кэпсиир. Дьиэ кэргэн уос номоҕунан, Бүлүү куоратыгар олорбут Иван Анисимов-Хоһуоччук Уйбаан диэн киһи сыдьааннара буолабыт диир. «Хоһуоччук» диэн тылы аҕата уонна абаҕалара «казачок» диэн тылтан сэдиптээн, соҕурууттан көһөн кэлбит казак буолуо диэн сабаҕалыылларын истэр эбит. Хоһуоччук Уйбаан биир уола Егорша-Чонох диэн киһини «биһиги өбүгэбит» диэн ааттыыр. Кини биэс уола уонна биир кыыһа үлэни кыайа-хото тутар, бэйэ бэйэлэрин өйөһөн бииргэ тутуһан олороллорун, кыттыһан үлэлииллэрин көрөн, олохтоохтор кинилэри «Куораттар» диэн хос ааттаабыттар. Бу хос ааттарын сэбиэскэй былаас кэмигэр, бадаҕа, якутизация ухханыгар (1928-1935), Коротовтар диэн араспаанньаны ылыммыттар – «Инньэ гынан биһиги аҕа ууһа – Саха сиригэр соҕотох Коротовтарбыт», - диэн кэпсиир.
Аҕатынан аймахтарыгар бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 7 көлүөнэнэн 621 киһини төрүччүлэригэр киллэрбит. Аҕата биэлсэр идэлээх Петр Павлович Коротов (1917-1984) 1940-1946 сс. хоту Аллайыахаҕа, онтон Үөһээ Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Сунтаарга 44 сыл бар дьонун эмтииргэ-үтүөрдэргэ олоҕун анаабыт. Киһиэхэ үтүөнү баҕаран эмтиир дьарык эмиэ сырдык санааттан саҕыллар буоллаҕа. Аҕатын бииргэ төрөөбүт убайа Георгий Павлович Коротов (1913-1993) – Саха сиригэр маҥнайгы тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара. Москубатааҕы пушно-меховой институту 1940 с. бүтэрэн, Саха сиригэр кэлэн, Булт хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгынан үлэлээбит, ол үлэлиир кэмигэр Саха сиригэр Америкаттан андаатары көһөрөн аҕалыы иккис түһүмэҕин тэрийбит, революция иннинэ кыдыйыллан эстибит киис курдук күндү түүлээҕи аҕалтаран сөргүппүт, килиэккэҕэ саһылы, кырсаны иитэри көҕүлээбит. Онтон партия обкомугар инструкторынан, САССР тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччытынан, онтон 1956 сылга бырабыыталыстыба сорудаҕынан Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун тэрийбит, бастакы дириэктэринэн ананан үлэлээбит. Саха ынаҕын отучча сыл үөрэтэн-чинчийэн үлэлээбит, хас да оройуоҥҥа – Мэҥэ Хаҥаласка, Орджоникидзевскайга, Горнайга, Сунтаарга уонна Саккырыырга – аналлаах питомниктары тэрийэн, саха ынаҕа аҕыйах үүттээх-эттээх аатыран, үрдүк көрдөрүүлээх кэлии боруодаларынан үтүрүйтэрэн эстэр суолга киирбитин быыһаабыта дьон өйүгэр-санаатыгар баар эбит.
Өссө биир абаҕата Коротов Мефодий Николаевич былырыын 90 сааһын туолбута, аҕа ууһугар бастакы итинник ытык сааска тиийбит ытык киһилэрэ. Кини 60-ча сыл медигинэн үлэлээбитэ, Саха сиригэр бастакы нейрогенетик быраас, Саха сиригэр урут билиминэн бэлиэтэммэккэ сылдьыбыт, “вилюйский энцефалит – бохоорор ыарыы” диэн биир уопсай аатынан биллибит утумунан бэриллэр биэс тус-туспа ыарыылары арааран-чопчулаан, 1970-с сылларга Нобелевскай бириэмийэ лауреата Карлтон Гайдушегы (АХШ) кытта бииргэ чинчийэр үлэни ыыппыт. Кини кэргэнэ Галина Герасимовна эмиэ медик идэлээх, эмиэ 60-тан тахса сыл доруобуйа харыстабылыгар үлэлээбит эбит.
Владислав Петрович ийэтинэн төрүттэрин, Уус Алдан Өлтөгүн Местниковтарын төрүччүлэрин 9 көлүөнэни (онтон билиҥҥи сиэннэри, хос уонна хос-хос сиэннэри ааҕан туран 12), уопсайа 306 киһини сурукка, компьютер программатыгар киллэрбит. Архыып докумуоннарыгар ыраах өбүгэлэрэ Харсан Докуев 1768 сылга өлбүтүнэн суруллубутун булбуттар. Киниттэн 1749 сыллаахха Тулааһын Харсанов (кэлин Алексеев диэн араспаанньаламмыт), онтон киниттэн Кэтэнээн Харсанов-Павел (1780-1831), кини уола Андрей Павлов (1822-1879), киниттэн Владислав Петрович хос-хос эһэтэ Гаврил Андреевич-Хабырылла суруксут (1844-1924) уонна кини уола Андрей Гаврильевич Местников үөскээбиттэр. Дьиктитэ диэн иккиэн Дьокуускайдааҕы уезднай училищеҕа үөрэнэннэр, иккиэн бэйэлэрин кэмнэригэр Бороҕон улууһун суруксуттарынан үлэлээбиттэр. Онон Уус Алдан сиригэр үөрэхтээһини киллэриигэ, тарҕатыыга улахан оруоллаах дьоннор эбит. А.Г. Местников – биллэр фольклору хомуйааччы, олоҥхоһут, алгысчыт. 1918 с. кини доҕоро А.Е. Кулаковскайдыын-Өксөкүлээхтиин Булуҥ улууһугар биэрэпис ыыта барса сылдьыбыта биллэр. Үс сыллааҕыта кини “Бардам Баабый” олоҥхотун, араас кэмҥэ суруйбут номохторун, алгыстарын кинигэтин Гуманитарнай чинчийии института “Айар” кинигэ кыһатыгар таһаарбыта. Кини улахан уола Иван Андреевич Местников кэргэнэ Александра Васильевналыын норуот педагогикатын олохторун тухары илдьэ сылдьан, үөрэҕи өрө тутан, сэттэ оҕолоро бары үрдүк үөрэхтэнэн, түөрт учуутал (ийэтэ Любовь, Андрей, Екатерина, Александра), биир быраас – Виктор, уонна тыа сиригэр ураты сэдэх көстүү – икки архитектор – Василий, Иван биир дьиэ кэргэнтэн тахсыбыттара. Бу ыал учууталларын династиятын педагогическай ыстааһа толорута суох да буоллар 350-ча сылга тэҥ эбит. Бу дьиэ кэргэҥҥэ икки педагогическай наука дуоктара баар буолбута – Екатерина Ивановна олоҕун аргыһа Иосиф Семенович уонна уола Иоисф Иосифович Портнягиннар иккиэн биир сыл ити үрдүк ааты ситиспиттэрин кэпсиир.
Владислав төрөппүт ийэтэ кыра эрдэҕинэ Мэҥэ Хаҥалас Дойдуунускайыгар, эһэтигэр Василий Лукич Поповка уонна эбэтигэр Анастасия Николаевна Харитоноваҕа, иитиллибит, онон эһэтэ бэйэтин аннынан суруйтаран, Любовь Васильевна Попова буолбут. Кини Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрбит, математика учууталынан Уус Алдаҥҥа, Сунтаарга үлэлээбит. Онтон ыараханнык ыалдьан, түөрт оҕону аҕаларыгар халларан олохтон туораабытын кэннэ, Петр Павлович үс оҕолоох огдообо Кириллина Фатима Афанасьевна диэн дьахтары кытта олохторун холбоон, кэлин өссө үс уол оҕо төрөөн, уон оҕолоох ыал буолбуттар. Киирии ийэтин «Аҕабытын, биһигини кытта сүрдээх иллээхтик олорбуппут, биһиэхэ кыһаллар аҕай этэ», - диэн махтана ахтар. Фатима Афанасьевна 2013 сылга олохтон барыар диэри, уон оҕоттон барыта 28 сиэни уонна сүүрбэччэ хос сиэни көрөн-истэн, ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама биэрэн олорбута иэйэр сүрэхтээх, сырдык баҕа санаалаах киһи эбитин туоһулуур.
Владислав Коротов өссө оҕону иитиигэ үлэлиир кэмигэр оскуола олоҕун хаартыскаҕа түһэрэр, ол туһунан суруйар буолбут. Уопсайа 50 сыл устата араас улуустар, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар общественнай корреспондент быһыытынан педагогическай, сырдык ыра санаа, спорт темаларыгар суруйууларын ыыталаан таһааттарбыт. Өссө 80-с сыллартан компьютерга үлэлиири баһылаабыта көмө буолбут. Оҕо дьиэтигэр дириэктэрдии сылдьан, 1992-1993 сылларга Тойбохойго олохтоохтор улаханнык биһирээбит телевидение студиятын тэрийэн үлэлэппит. Ол студия программатыгар улуус информациятын таһынан экология боппуруостарын кытта кэпсииллэр эбит. Оннук республика телевидениетын бастакы фестивалыгар кытта кыттыбыттар. 2001-2004 сылларга республика прокуратуратыгар аны нуучча тылыттан сахалыы, саха тылыттан нууччалыы тылбаастыыр үлэҕэ сылдьыбыт. «Туймаада» диэн хаһыакка үлэлэһэр. 2000 сыллаахха «Якутск вечерний» диэн хаһыакка эмиэ үлэлээбит.
Онтон 2001 сылтан олоҕун суолун тосту уларытан, аны журналист умсулҕаннаах идэтигэр көһөн, «Спортивная Якутия» диэн хаһыакка үлэтин саҕалыыр. 2005 сылтан «Спорт Якутии» диэн хаһыат сүрүн редакторынан, 2007 сылтан «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнй оонньуу Кэмитиэтигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрэр туругун олохтуур үлэҕэ үлэлиир. Ол быыһыгар «Саха спорт» диэн сурунаал таһаарар редакторынан, өссө булчуттар, балыксыттар «Байанай» диэн сурунаалларыгар редактордыыр.
2010 сылтан Манчаары Баһылай аатынан саха төрүт көрүҥнэрин киинигэр сырдатар солоҕо киирэн, научно-популярнай, методическай суруйуулары, күрэс түһүлгэлэрин кэнниттэн хаартыска фотоальбомнарын бэлэмниир, төрүт көрүҥнэр тустарынан суруйар, онно анаан архыып түмэр. Россия боксаҕа чемпионатын сырдатар кииҥҥэ (2007), көҥүл тустууга уонна спортиҥҥа (2011), Саха сирин IV (2006) уонна V (2010) спортивнай оонньууларыгар, Саха сирин бастакы Кыһыҥҥы спартакиадатыгар уонна Саха сирин тэрилтэлэрин спартакиадаларыгар (2007), XVIII (2009), XIX (2013) уонна XX (2017) Манчаары оонньууларыгар, Аан дойду мас тардыһыытын чемпионатыгар (2014, 2018) пресс-кииннэрин салайан, биир идэлээхтэрин кытта күрэххэ аналлаах Күннүктэри таһаарбыттар. 2008 сыллаахха «Азия оҕолорун» оонньууларыгар Пресс-центр салайааччытын солбуйааччытынан, ити сыл Пекиҥҥэ буолбут Олимпийскай оонньуулары сырдата барар, 2018 сыллаахха Сочи куоракка ыччаттар уонна студеннар фестивалларын сырдатар.
2003 сылтан Россия журналистарын Сойууһун чилиэнэ, 2015 сылтан Аан дойду журналистарын федерациятын чилиэнэ. Күрэс түһүлгэлэрин сырдатар соруктаах араас дойдуларга сылдьыбыт сирдэрин ааттаталыахха: 1997 – Пекин (Кытай); 2002 – Портленд куорат (АХШ); 2006 – Гуаньчжоу (Кытай); 2008 – Улан-Батор (Монголия), Соҕуруу Корея, Япония, Пекин (Кытай); 2010 – Астана (Казахстан); 2011 – Латвия, Литва, Паланга, Шауляй, Стамбул (Турция), Пуна (Индия); 2013 - Эль-Джадида (Марокко), Аксай, Казахтар автономнай уокуруктара (Кытай), Дубай - ОАЭ; 2015 – Лас-Вегас (АХШ); 2016 – Стамбул (Турция), Батуми (Грузия); 2017 – Алматы (Казахстан), Прогар (Сербия); 2019 – Сеул (Корея); 2024 – Астана (Казахстан), Бишкек (Кыргызстан).
Маннык эппиэттээх, туруорсуулаах, эккирэтиһиилээх, түбүктээх журналист идэлээх киһи үлэтин ыһыллыылаах-тохтуулаах, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх, утары туруорсуулаах, дойду иһигэр сэриилэһиилээх олох эндирдэрин ааһан, араас моһоллорго киирэн биэрбэккэ сылдьыбыта үтүө төрүттэрин арчылыыр өҥөлөрө буолуо дии саныыбын. Журналист диэн көрбүккүн, өйдөөбүккүн суруйуу эрэ буолбатах. Республика, дойду иһигэр, атын тас дойдуларга сэргиир эйгэҕэр туох буола турарын билэ сылдьарыҥ ирдэнэр. Сонуну хомуйаҕын, тахсыбыт дөкүмүөннэри ырытаҕын, аны ол билбиккин сирийэн үөрэтэҕин, кырдьыгын-сымыйатын быһааран араараҕын. Булбут матырыйаалгын сүрүннүүгүн, атын билиилэргин кытта ситимнээн дьоҥҥо хайдах тиэрдэргин өйгүн, билиигин түмэн тобулаҥҥын, суруйар былаан оҥостоҕун. Ыстатыйаҕын суруйаҕын, хаартыскаларгын ыстатыйаҥ сүрүн соругар дьүөрэлиигин, редакциялыыгын, хаһыакка, сурунаалга бигэргэммит тутулга сөп түбэһиннэрэҕин. Итинник 5, 6 уустук соҕус үлэлэри толорон ааҕааччыларыҥ баҕа санааларын толорор соруктаах үлэлиигин. Сатаан суруйар диэн үөрэх сатабылын ааҕымыахха, ол киниэхэ баар.
Кэргэнэ Надежда Афанасьевналыын Саха сирин үгүс тэрээһиннэрин сырдаталлар, хаартыскаҕа үйэтитэллэр
Киһибит аны редактордаан уонна хомуйан оҥорон кинигэ таһаарааччы аатын сүгэн, 2003 сылтан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 135 толору форматтаах кинигэлэри, хаартысканан альбомнары, брошюралары, буклеттары, үксэ спортка сыһыаннаах энциклопедия таһымнаах суруйуулары бэчээккэ таһааттарбыт. Үлэлиир сиригэр, «Модун» диэн саха төрүт оонньууларын тэрийэр кииҥҥэ 10 тыһыынча араас кинигэни мунньан, 2015 сыллаахха библиотека тэрийбит. Бу библиотекаҕа 200-тэн тахса киһи сылдьар эбит. Владислав Петрович “Айар” кинигэ кыһатын ыҥырыытынан, үс киһини кытта кыттыһан Саха сирин Россияҕа, тас дойдуларга аатырдыбыт 588 чулуу дьоммут туһунан «Золотая книга славы Якутии» диэн кинигэ суруйуутугар кыттыһан үлэлээбит. Ол кинигэ соҕотох экземплярэ Саха сирин Национальнай библиотекатыгар харалла сытар.
Өссө биир умсугуйар дьарыга – Саха сиригэр коллекционердар түмсүүлэрин тэрийсибит киһинэн биллэр. Кини мунньуутугар 150-тан тахса дойду кумааҕы харчылара – боналар (бумажные купюры) уонна 250 аан дойду араас судаарыстыбаларын манньыаттара бааллар эбит. Аны араас хаартыскаҕа түһэрэр аппарааттары, кинокамералары, кинопроектордары, видеомагнитофонноры мунньубутун саха телевидениета көрдөрөн турар. Ити үлэтин иһин биир дьарыктаах доҕотторун өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтэ «За заслуги» диэн үрүҥ көмүс бэлиэ туттаран турар.
Маны таһынан, кини өр кэмҥэ уопсастыбаннай үлэнэн көхтөөхтүк дьарыктанар. Ол курдук, өр кэмҥэ УФСИН уопсастыбаннай Сүбэтигэр сэкэритээринэн үлэлээбитэ. Бу түһүүлээх-тахсыылаах олох очурдарыгар оҕустаран, көҥүллэрэ быһыллыбыт биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөр соруктаах үлэнэн уонча сыл ис сүрэҕиттэн дьарыктаммыта. Табаҕа, Мохсоҕоллоох хаайыыларыгар ыһыахтары, күрэс түһүлгэлэрин тэрийсэрэ, бибилэтиэкэлэрин хаҥатарга биир идэлээхтэрин көҕүлээн кинигэ сурунаал, хаһыат тиэрдэрэ, Айыы дьиэлэрин олохтонуутугар күүс-көмө буолара. 2018 сыллаахха АЛРОСА хампаанньа Бүлүү өрүһүгэр сүһүрбүт ууну түһэрбититтэн саҕалаан, Мииринэйгэ, Бүлүү өрүс сүнньүгэр сытар улуустарга элбэхтик сылдьыбыта, кэлин Амма өрүс үөһээ өттүгэр мас кэрдиини саҕалыыр үлэни бохсорго үлэлэспитэ. Онтон ыла Саха кэнгириэһин экологияҕа кэмитиэтигэр араас хайысхалаах үлэни сүрүннүүр.
Эмиэ ити кэмнэртэн биллэр уопсастыбанньык Капиталина Алексееваны кытта “Антирак: Искэн ыарыылаахтарга өйөбүл” диэн бөлөх тэрийсэн, бу суоһар ыарыыттан эмтэнэн тыыннаах хаалбыттарга көмөлөһөллөр. 2021 сылга Саха сирин үрдүгэр ойуурдар балысханнык умайан барбыттарыгар, доҕотторун кытта Уопсастыбаннай ыстаап тэрийэн, уоту утары охсуһууга дьону-сэргэни көҕүлээбиттэрэ. Кэнники сылларга СӨ бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир тыл (тиэрмин) хамыыһыйатын биир көхтөөх кыттааччыта, быйылгыттан аны СӨ Ил Дархана салайар Тыл бэлиитикэтин Сүбэтигэр талыллан үлэтин саҕалаата.
Дьэ, урут уруккуттан көрсөн, суруйуутун ааҕан, аны сонунун кэпсэтэн, испэр киллэрэн, билбит билиибин түмүктүүрбэр маннык санаалар киирдилэр. Биһиги көлүөнэ дьон дойду быыс кэмигэр олорон ааһан эрэбит. Ол эрэн хайа да кэмҥэ, хайа да былааска киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор, былаас эйгэ тэрийэн эрэ биэрэр соруктаах. Былаас ол эйгэни тэрийиитэ үп-харчы дойдубутугар тиийбэтиттэн, кырыы сиргэ баарбытыттан, тыйыс айылҕалаахпытыттан, суол-иис ыараханыттан сиэттэрэн бытаан. Владислав Петрович олоҕун холобура саха санаатын булгуруппатын, кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэн, айар дьоҕурун өрө тутан, бэйэтин тус дьулууругар олоҕуран олоҕун оҥкулун оҥостубута эдэр ыччакка холобур буолуон сөбүн тиэрдиэхпин баҕаран суруйдум.
Саха дьоно билигин да оҕолорун кытта бу Орто дойдуттан барыахтарыгар диэри эн-мин дэһэн тутуһа сылдьаллара өйдөөх өбүгэлэрбититтэн тиксибит. Ол иһин аныгы сахалар удьуордуур хааннарын харыстаан, төрүттэрин 7-9-с көлүөнэҕэ тиийэ билэ сатыыр үгэстэрин сөргүтэллэрэ итэҕэлбит ирдэбилэ. Хайа да саха ийэтин сырдык санаатын тутан улаатар, аҕатын ытыктаан хайа да кэмҥэ өйүттэн түһэрбэт. Куруук «аҕам алааһа, кини мала» диэн саныы, ахта сылдьар үгэстээх. Владислав Петрович мунньубут маллара музей буолан хайа да кэмҥэ оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ахта-саныы, киэн тутта сылдьалларыгар аналлааҕа буолуо диэн сабаҕалыыбын. Ол итэҕэйэр эркээйибит Аар Айыы диэн итэҕэлбитигэр баара саха дьонугар кэлэр кэмҥэ бастакы турар сорук дии саныыбын. Эрэнэр итэҕэлэ суох омук үтүктүүгэ киирэн сүтэн симэлийэрэ үтүктэр дьонун үгэстэрин ис өйдөбүлүн өйдөөбөтүн «маргинал» диэн аан дойду дьоно ааттыыллара мин туоһум.
Виктор НОГОВИЦЫН.
|
|
Category: Спорт |
Views: 22 |
Added by: uhhan1
|
|
|
| Ааҕыылар |
Баар бары (online): 3 Ыалдьыттар (гостей): 3 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|