Уххан
Хаарыан бэстибээл...
=1=
«Маэстро – 2007» муусука доҕуһуолун оҥорооччулар (фонограмманы оҥорор аранжировщиктар) 2-с өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэрэ диэн буолан ааста. Саха тэлэбиидэнньэтин нөҥүө арбатыы (реклама) бөҕө ыытыллыбыта. Сыырка киэҥ уораҕайыгар буолла.
Тылдьыттарынан быһаарыы:
Фестиваль - бэстибээл (сахалыы таба суруйуу тылдьыта). Аранжировка – фран. тыл. Приводит в порядок , устраивать. Пероложение музукального произведения для исплнения инструментами и голосом. Инструментовка - звукоопись, упорядочный подбор звуков организуищий художественное единство. Мультиинуструменталист – изложение музыкального произведения для инструментального состава.(оркестра)(Мульти - кыра. Инструмент – орудие человеческого туруда ). Фонограмма – грек тыла. Сигналограмма, полученная в результате звукозаписи.Техника, аппаратура, компьютер нөҥүө оҥоһуллан тахсыбыт доҕуһуол, эбэтэр, доҕуһуоллаах куолас. Запистаммыт барыта фонограмма дэнэр. Плюсовка – фонограмма записанная с голосом Минусовка – фонограмма записанная без голоса Живой (тыыннаах муусука) – кэлин киирбит өйдөбүл. фонограммата суох оонньооһун, толоруу. Звук -колебательное движение частиц распрастраненная в виде волн , воспринимаемое органами чувств. Звукооператор – тыас-уус таҥааччы (построение звука) Оператор – операция, отображение, преобразование, функция. Операторское исскуство – кинемотографический вид творчества. Операция – законченное действие или действие. Латыын тыла. Ряд действий на решение определенных задач. Режиссер – постановщик представлений. Искусство создания гармонически целостного, обладающего художественным единством на основе собственного замысла. Звукорежиссер – тыас -уус туруорааччы
Урут ырыа –тойук доҕуһуола тыыннаахтыы барара. Баян, гитаара, фортепьяна, ВИА, аркыастыр о.д.а. Куолас билиҥҥи курдук көмпүүтэринэн оҥоһуллубата.. Технология сайдыыта бу тыыннаах үнүстүрумүөннэри солбуйан, куолаһы тупсаран, фонограмманы аранжировкалааһын – элэктуруоннай муусука доҕуһуолун оҥоруу, таҥыы барбыта биһиэхэ 15 с. тахса эрэ буолла.
=2= Биһиэхэ кимнээх бастакы этилэрий?
Эстрада хайысхатыгар тыыннаах муусукаҕа аранжировкалааһыҥҥа, бастакы идэтийбит аранжировщик Георгий Сергучев диэн этэллэр. Чороон уонна кэлин Дапсы бөлөхтөр музыкаларын таҥыыга үлэлээбитэ. Аранжировщик - саҥа үйэ идэтэ.(Огранщик диэбит кэриэтэ) Аранжировка - классика музыкатыгар эрдэттэн олоҕурбут хайысха этэ. Быһатын эттэххэ идэтийбит композитордар үлэлэрэ буолара. Сахалыы барааннаах этничэскэй муусуканы таҥыыга Тумус Мэхээлэ бастаабыта. Билигин да тэҥнээҕэ суох. Норуокка тарҕаммыт өйдөбүлүнэн муусуканы бэйэтэ айан таҥмыт буоллаҕына «самодеятельнай композитор» диэххэ сөп эбитэ буолуо. Оттон атын киһи айбытын тупсаран, оҥорон таҥар буоллаҕына көннөрү аранжировщик дииллэр. Ол эрэн үгүс аранжировщиктар муусуканы бэйэлэрэ эмиэ айаллар. Плюсовка, минусовка фонограмматын үйэтэ-90-с сыллартан кэлэр. Сахалыы ырыаҕа фонограмманы идэтийбит эстрада ырыаһыттарыгар анаан оҥорууга Петр Корнилов бастакы этэ.
=3= Петр Конилов диэн ким этэй?
Кэпсиир, СР ырыа айааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чороон» ансаамбыл бас-гитариһа уонна солиһа.Алексей Егоров.: -Петр Семенович Корнилов аҕатынан Өлүөхүмэттэн төрүттээх. Дьокуускай к. олохсуйбуттар. Петя Дьокуускайга төрөөбүт. Кини 7 саастааҕар куолаһынан талыыга сөп түбэһэн Бүтүн сойуустааҕы уол оҕолор хордарыгар Москва к олоро, үөрэнэ барбыта. Биһиги билэрбитинэн, билиҥҥитэ, бу хорга иитиллэн, уһуйуллан тахсыбыт дьоннорунан Петяттан ураты композитор Егор Неустроев уонна «Минус-72» мусукаана Афанасий Мөккүһээрэп буолаллар. Манна кинилэр ырыаннан эрэ буолбакка муусуканнан дириҥник дьарыктаммыттара. Балартан Егор Неустроев салгыы консерваторияны бүтэрбитэ. Афанасий Мөккүһээрэп Москваҕа бу үөрэҕин орто оскуоланы кытта сэргэ бүтэрэн кэлэн, ОБ театрыгар репетиторынан уонна Бирисидиэн иһинэн уолаттар хордарын салайбыта, билигин биллиилээх мусукаан. Петя оскуола кэнниттэн республикатааҕы хоровой обществоҕа хор салайааччытынан үлэлээбитэ. 1986 с.»Чороон» ансаамбыл састаабыгар клавищник быһыытынан киирбитэ. Кини кэлиэҕиттэн ансаамбыл оонньуур таһыма биллэ тупсубута. Кини бэйэтэ , хайа баҕарар үрдүк таһымнаах айымньыны кыайа-хото тутар этэ. Чорооҥҥо ооннньуур кэмнэригэр хас да инструментальнай айымньыларын ансаабылынан толорбуппут. Кини таһымнаах көрүүлээх, имигэс тарбахтаах үөрэхтээх мусукаан буоларын быһыытынан айымньылара техничэскэй өттүнэн сүрдээх уустук, интэриэһинэй дьикти уратылаах этилэр. Чороон ансамблы кытта сири -дойдуну барытын кэрийэн гастроллаабыта. Киһи быһыытынан сүрдээх интелегентнэй, интеллектуальнай, култууралаах киһи этэ. Тус олоҕор оччо табыллыбатаҕа , кэргэнэ арахсан кыыһын илдьэ омук сиригэр олохсуйа барбыта. Айар-тутар киһиэхэ соҕотохсуйуу, муунтуйуу биллэрдик дьайбыта. Онтун биллэрбэккэ кылгас олоҕун бүтүннүү муусукаҕа анаабыта. «Чороон» 1992 с. ыһылларыгар үлэтэ суох хаалбыта, «көҥүл айар үлэнэн» килиэптэнэн олобута. Фонограмма үйэтэ кэлэн синтезаторга фонограманы аранжировкалааһыҥҥа дириҥник ылсыһан үлэлээн барбыта. Ол курдук биһиги норуокка киэҥник биллибит 20-чэ ырыабытын, «Туймаада» гос. ырыа ансаамбылын уонна солистарын үгүс ырыаларын, Аскалон, Байбал, Степан Васильев о.д.а биллэр ырыаһыттарга сүүһүнэн аранжировканы олоҕун тиһэх күннэригэр тийэ оҥорбута. 40-чатыгар тийбэккэ сылдьан быстах өлүүгэ өлбүтэ. Бу Петр Корнилов аатынан фонограмма аранжировкатын оҥорооччулар бэстибээллэрин тэрийии идеятын Геннадий Семенов олоххо киллэрэн былырыын саҕалаабыта. Былырыын тэрээһинэ син этэ. Быйылгы тэрээһин сыыһата-халтыта элбэҕэ, көтүмэх тэрээһинэ көрөөччүлэри да, кыттааччылары да соччо астыннарбата. Киһи сыыһаттан-халтыттан үөрэнэр, онон тэрийээччилэр кэлэр өттүгэр бу бэртээхэй бэстибээли дьоһуннаахтык сыһыаннаһан сайыннарыахтара, угэскэ кубулутуохтара диэн эрэнэ саныыбын. Республикаҕа идэтийбит күүстээх уонча аранжировщик баар. Балар кэккэлэрэ сылтан-сыл хаҥаан сайдан иһэригэр баҕарабын.
=4= «Маэстро2007» сүрүн бирииһин хаһаайына Лэгэнтэй Тытыгынаайап туһунан.
Кеша Чурапчыга төрөөн улааппыт. Аҕата Борис Гаврильевич Одьулуунтан төрүттээх ветврач идэлээх киһи эбитэ үһү. Ийэлэрэ Мария Алексеевна Хатылыттан төрүттээх учуутал. Онон интэлигиэн ыал биэс оҕотуттан төрдүстэрэ. Бу оҕолор бары, билигин, республикаҕа киэҥник биллэр, ытыктанар дьон буола улаатан таҕыстылар: Талаан, дьоҕур тахсыбыт, табыллыбыт дьоно диэн хайҕыахха эрэ сөп. Тытыгынаайаптар улахан кыыстара СР үтүөлээх артыыската Екатерина Егорованы ама ким билбэтэй, кэрэ куолаһын кэрэхсээбэтэҕэй. Иккис кыыстара Антонина Винокурова СР сыанаҕа политикатын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы. Үһүс уол Гаврил Тытыгынаев ССРС кикбоксиҥҥа спорт маастара, ССРС кубогын хаһаайына, СР кикбоксиҥҥа эдэрдэргэ сборнайын ст. тренера, 21-с оскуолаҕа информационнай технологияларга директоры солбуйааччы. Төрдүс уол, бүгүн кэпсиир киһим сахаларга биир чулуу аранжировщикпыт Иннокентий Тытыгынаев, СР култууратын туйгунун аатын, бэстибээл сүрүн бирииһин кытта тутта.»Егоровтар айар студиыларын» уонна Дьокуускай к. култуураҕа салаатын звукорежиссера. Бэһистэрэ, кыралара –саха эстрадатыгар биллэр ырыаһыт «Этигэн хомус» арыйыыта Александра Алексеева. Саха гимназиятын «Айыы кыһата» оскуолатыгар муусука салайааччытынан үлэлиир. -Чурапчы оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына Роман Саввин «Дьиэрэҥкэй» диэн ВИА тэрийбитэ, онтон саҕаламмыта мин муусука, ырыа эйгэтигэр дьарыктаныым - диэн Кеша кэпсиир. Гитараттан саҕалаабыт. Аны оскуола кэнниттэн Михаил Сивцев тэрийбит «Чурапчы» ВИА-гар бас-гитараҕа оонньуур. М.Сивцев – гитара, Василий Григорьев – Гербач –ударник, Марат Латыпов гитара, солист. «Чурапчы» ВИА 1990 с. «Табыкка» кыттар. 1991 с.бүтүүтэ «Чорооҥҥо» ыҥыран истэллэр. Онно ааттаах-суоллаах, салла, толло уонна сүгүрүйэ көрөр мусукааннара Махно, Тумус, Г.Сергучев, А.Егоров кинини көрөллөр уонна истэллэр. Туохта эмэ оонньоо диэн буолар. Көрөн-истэн баран «син тыас тахсыыһы, кэлэн үлэлэс»- дииллэр. Онтон ыла Кеша куоракка кэлэн «Чорооннору» кытта сыл кэриҥэ «идэтийии улахан оскуолатын» ааһар. Элбэҕи ирдииллэр, үөрэтэллэр. Дьиҥ идэтийбит эстрада туйгуннарын кытта бииргэ үлэлээн улаханнык сайдар. Ол саҕана Тумус «Чолбоннорго» «Сыттыкка сытар санаа» уо.д.а дьиҥ сахалыы барааннаах тойук-композицияларын толорууга айымньылаах үлэ барар. Көннөрү эстраднай иэйии-матыып ырыалартан сахалыы тойук бараана уратылааҕын, тойукка турукка киирэр ураты майгы баарын билэр.. Ол эрэн миэхэ традиционнай ырыа быдан чугас диэн билинэр. Тыл, матыып, толоруу диэтэххэ ,матыыба ордук миэхэ чугас диир. Бу кэнниттэн кини «Минус-72» бөлөххө үлэлэһэр. .1992 –97 сс. НВК иһинэн А.Алексеев айар бөлөҕөр звукорежиссерынан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ аппаратураҕа дорҕоону аттарыыны лаппа баһылаабыта. Анна Барашкова ырыаларын ТВ, радио фондатыгар уһулууга доҕуһуолун гитаранан оонньообута. «20-с үйэ сүүс уостан түспэт ырыалара» диэн телевизорынан бырайыакка кыттыһан тыаһын-ууһун, муусукатын таҥмыта. Сахалыы караоке алта тахсыытын таҥыыга барыта 120 ырыа фонограммаларын оҥорбута.. Егорвтар студияларын оҕолоругар 80-ча ырыа аранжировкатын оҥордо. Куоракка ыытыллар улахан таһымнаах култуура тэрээһиннэригэр сүрүн звукорежиссер быһыытынан үлэлиир. Ол кэннэ Тааттаҕа Виталий Власов «Олоҥхо» студиятыгар сыл кэриҥэ үлэлиир. Онно «Дьылҕа Хаан « диэн кэлин клип оҥоһуллубут ырыатыгар гитараҕа оонньуур. «Егоровтар студияларыгар» хара тэриллиэҕиттэн үлэлиир. Алексей Егоров ырыаларын оҥорууга бу бэстибээлгэ киллэрбит «Туруйа кута» уонна «Этиий миэхэ» ырыаларын, Өркөҥҥө -«Туоххаһыйыы тойуга», «Бүлүү сулуһа», «Сиккиэр тыал», Түүн уонна түүл», Екатерина Егороваҕа -«Сайыһа хаалбыппын», Александра Алексееваҕа –«Умнубуккун», «Эн биһикки» ырыалар матыыптарыгар табыллан үлээтим диэн астына кэпсиир. Киһи киһи матыыбы айыыта, көрүүтэ тус-туспа минньигэстээх, уратылаах буоларын бэлиэтиир. Уопуттаах, таһымнаах ырыаһыттар ырыа хайдах толорулларын, ханна хайдах буоларын билэллэр. Оҕо, кыыс, уол, эр киһи , дьахтар куолаһын тембрын инструмен уларытарын, тембр балаансын, тыас-уус, дорҕоон өҥө-талата, киэҥэ-куоҥа барыта ааҕыллан музыка куоласка көмөлөһөр, тирэх буолар. Мин дьонум бэйэлэрэ мелодиятын, аккорда дьүөрэлэһиитин бэрээдэгин оҥорон аҕалаллар диэн үлэтин ымпыгын-чымпыгын кэпсиир. Үлэтигэр сүрдээх ирдэбиллээх, тугу да сыыһа-халты буоллун-хааллын диэн оҥорбот уратылаах. Ылыммытын, санаабытын оҥорон тэйэр. Фонограмманы аранжировкалааһыҥҥа автор идеятын сөпкө тутуһан бэйэтин санаатын сонно сөп түбэһиннэрэн тупсарар, ымпыгын-чымпыгын, ойуутун-мандарын ситэрэн –хоторон оҥорор лоп-бааччы айылҕалаах. Үлэтигэр аһара бытарыйбат, бытааннык, налыччы, үлэтиттэн бэйэтэ дуоһуйууну ыларын курдук бэйэтин ис кыаҕын күүһүлээбэккэ үлэлиир. Быһата сатаан үлэтин аттаран, былааннаан үлэлиир майгылаах. Иннокетий Тытыгынаев бу бэстибээлтэн улаханнык үөрүөн сөптөөҕө. Кини манна култуура туйгун үлэһитин аатын кытта, сүрүн бирииһи ылла. Киһи үөрүөҕүн үөрбэт, хайдах эрэ, сатаммакка гынан баран кыайыылаах тахсыбыт курдук буоллум диэн саарбахтыыр, кыбыстар санаалаах. Этэр эттэҕинэ оннук. Тэрээһин мөлтөҕүттэн оннук курдук буолла. Тустаахха ыарахан. Өр бэлэмнэнэн оҥостон кэлэн оонньуу тахсыьбытыгар мониторга доҕуһуола суох буолан хаалар. Гитаратын эрэ тыаһын истэр, атына хайдаҕа иһиллибэт, буккуллуу буолар. Звукооператор монитору истэр наушнига да суох эбит. Кини эмиэ туох бара турарын истибэт. Соруйан оҥорбут курдук буолан таҕыста. Ол эрэн аранжировкалаабыт ырыалара Алексай Егоров, Өркөн уонна Александра Алексеева толорууларыгар туох да бэркэ толорулунна.
=5= Ырыа уонна ырыынак
Иннокентий этэрин курдук, аранжировщик билигин аныгы технология сайдыытын кыраҕытык көрөн, туох саҥа киирбитин кэтээн, чинчийэн, кыах биэрэр программалары алгыс курдук билиэхтээх. Кырдьыга да билигин интернет сайдан телевидинены, радионы кытта күрэстэһэр. Интернет кыаҕа сөҕүмэрдик сайдан иһэр. Бөлөхтөр, толорооччулар айар үйэлэрэ кылгаата. Саҥаттан саҥа тахсан иһэр. Интернет нөҥүө информацияны тарҕатыы түргэтээн айымньы үйэтэ кылгыыр. Бу бэйэтэ туспа кыһалҕаны үөскэтэр. Билигин аатырбыт ырыаһыттар улахан студияларга альбом суруйа сатаабаттар, биирдии ырыаннан дьиэлэригэр олорон оҥорон тарҕаталлар, быһа атыыга ыыталлар. Улахан студиялар банкрот баран эрэллэр. Ырыа элбээтэ. Киһи тийбэт, тииһиммэт курдук элбээтэ. Ырыа суолтата, сыаннаһа түһэн иһэр. Манна реклама оруола күүһүрэр. Рекламаны харчылаах кыанар. Боростой күннээҕи суолталаах ырыа элбээн иһэр. Попса, реп тахсыыта. Судургутук киирэр, түргэнник тахсар, киһини толкуйдаппат музыка, тыл-өс, матыып. «Атах музыката», «колбасится, выпить, танцевать» дииллэригэр дылы. Попса ырыа социальнай суолтата онукка уларыйда. Урукку курдук «музыкальнай революция» өтөн кириитэ суох. Бүгүн африкаҕа ыллаабыттарын сарсын Халымаҕа ыллыыллар. Урукку «Чолбон» музыката бырачыастаах, революционнай музыка этэ эбээт. Билигин киниттэн шоуну көрдүүллэр, ол кинилэргэ кыаллыбат. «Айталлар» шоуну тэрийиигэ, ол аата аныгы олох тэтимигэр сөп түбэһэн дискотека, хомуур, кэнсиэрдэри, шоуну тэрийиигэ, харчы оҥорууга оҕуттулар. Ол эмиэ аныгы олох ирдэбилэ, ким тугу сатыырынан-сатаабатынан тахса сатааһын. Ааты-суолу бренд, табаар оҥорон ырыынакка атыылааһын.. Үчүгэй идиэйэ, аранжировщиктарбыт бэстибээллэрэ бу этэр майгыбынан, харчы оҥоруу боппуруоһа хото баһыйан олох мөлтөх тэрээһиннээхтик барда. Россияҕа ОРТ ген.дир. Константин Эрнс , Алла Пугачевалаах эстрада ырыынагын тутан олороллор. Кими, төһөҕө таһаарары кинилэр быһаараллар. Манна тэҥэһэр интернет тахсан эрэр. Дьон сөбүлүүр муусукатын, ырыатын интерниэттэн булуон сөп буолла. Саха сиригэр интернет ситимэ кыралаан тэнийэн иһэр Ырыаҕа аналлаах «Ырыа кырдала» диэн анал сайт баар буолла.
=6= Бэстибээл туһунан санаалар
Словарь р.я. Фестиваль- Массовое праздничество, включающее в себя показ, смотр каких.л.видов исскуства. (Муз.театр. ф. Ф.советских фильмов. Ф.молодежи) С.И.Ожегов Фестваль – общественное празднечество, сопровождающееся показом, смотром каких н. видов исскуства .(театральный ф. музыкальный ф. Ф. молодежи и студентов)
Киин куораппытыгар студиялар да, аранжировка фонограмматын оҥорооччулар да элбээтилэр. НВК, радио нөҥүө «Полярна звезда», «Саҥа ырыа», «Этигэн хомус» о.д.а күөн-күрэстэр, көрүүлэр, бэстибээллэр буола тураллар. Аны култуура, кулууптар эйгэлэрин иһинэн, студиялар истэринэн ырыаһыт бөҕөтүн «оҥорон таһаарыы» үлэтэ күөстүү оргуйар . Кинилэр бары ырыаларын аранжировкатын фонограмматын, куоластарын оҥоттордулар да, аан дойду ханнык баҕарар муннугар тийэн ыллыыр-туойар кыахтаннылар. Бу сайдыы дуу, туох эбитэ дуу. Ол эрэн талааннаах, дьоҕурдаах син биир тахсар. Харчылаах эмиэ тахсар. Ортоһуор эмиэ улуубун дэттэрэр үйэтэ. Биир тылынан ырыынак! Былырыын Бүөккэ Бөтүрүөп Петр Корнилов сүрүн бирииһин ылбыта. Аҕыс номинация олохтообуттар этэ. Тэрээһинэ син аҕай этэ дииллэр. Бүөккэ туһунан санаабын «Тыыннаах муусука тыыннаах» (маны баттаа..)диэн суруйууттан, мин сайпыттан булан ааҕыаххытын сөп. Бэстибээл саамай сүрүн итэҕэһинэн Петр Корнилов туһунан өйдөбүлү биэрэр туох да суоҕа. Аата эрэ ахтыллар. Аны аранжировщиктар тустарынан сатаан сырдатыы, үчүгэй сценарий, көрдөрүү иһитиннэрии суох. Эгэ ырыа автордарын биллэриэхтэрэ дуо, суох.Туох да сыһыана суох дьон туораттан киирэн ыыта сатыылларын курдук. Режиссура диэн төрдүттэн мэлигир. Биир эмэ сыһыаннаах режиссүөрү булбатах муҥнара дуу... Ыытааччыларбыт бу эйгэҕэ туох да сыһыана суохтара көстөн турар. Телевизорга биэриини ыытыы уонна маассабай, общественнай бырааһынньыгы ыытыы балачча уратылардаах буолуо оҥоробун.
Уонча киһи кыттааччылаах бэстибээл. Сыаналаах киирии билиэт. Боростой конкурс – күөн-күрэс курдук барда. Жюрилаах эҥин. Бэстибээл ырыый атыннык, киэҥник тэриллиэн сөптөөҕө. Баҕар, тэрээһиннэрин статуһун сыыһа талбыттара дуу.. Төһө да саха сиригэр уонча биллэр аранжировщик аата иһиллэрин иһин, сүүччэ аранжировканан дьарыктанааччы баара буолуо. Аны улуустарга, куоракка биллэр көстөр аранжировка фонограмматын оҥорооччулар бааллар. Аҕыйах биллэр ааттары холобурдаатахха: Гаврил Лобашев (Айтал урукку музыкаана)- Орто Халыма Василий Кокорин –Орто Халыма. Алексей Бандеров-Орто Халыма. Иван-Тулааһынап.-Бүлүү Роман Степанов- Кэбээйи Иннокентий Местников- Нам. Владимир Якимец-Дьок. Евгений Коченков-Дьок. Юрий Баишев-Дьок. Николай Попов-Дьок. Иннокентий Готовцев-Дьок Никита Баишев- Дьок. Владислав Сивцев – Дьок. Владимир Паномаренко –Дьок. о.д.а
Бэстибээл диэтэххэ, дьиҥнээх бэстибээли тэрийиэххэ сөбүн сөптөөх. Бу Айталлар уонна НВК аҥаар аҥарга үллэстэр бырайыактара. НВК соторутааҕыта СГУ киинигэр «Саҥа ырыа» күрэҕин тэрийбитин көрө-истэ бара сылдьыбытым. Улахан саалаҕа 50-ча киһи толугураһан олороро. Тыас-уус дьаабы. Туох да иһиллибэт. Ыытааччыларбыт кумааҕыттан сыана кэтэҕиттэн биллэрэллэр. Тулуйбакка тахсан барбыппыт.Кыттааччылары киһи аһынар. Билиэттэрэ тэрээһиннэригэр тийбэт сыаналаах. Дөбөҥ харчыны сырсыы уххана үчүгэй да идиэйэлэри кэбилиир. Бары билэллэр, Сыырка, Кружало, Полтинник аккустиката куһаҕанын. Ол эрэн миэстэлэрэ элбэҕинэн харчы өлөрөргө табыгастааҕын. Эппитим курдук режиссура суох. Сааланы кэнсиэр буолуо 1,5 чаас иннинэ босхолообуттара дииллэр. Арендата суох босхо биэрбиттэр диэн эмиэ баар. Ол иһин ыгыллыбыт буолуохтарын сөп. Репетиция онно ыытыллар кыаҕа да суох. Режиссер, көмөлөһөөччүтэ да суох быһылаах, сыанаҕа холбоон биэрэр үлэһит көрүллүбэтэх, звукооператордарын кытта сибээстэрэ суох эбит. Теническэй хааччыллыы быстар мөлтөх диэн буолла. 32 каналлаах пультка 16 эрэ канааллаахтар үһү Оркестр соҕотох ударнига 5 каналы ылыан сөбүн санаан көрүҥ. Канал тийбэтиттэн атастаһыы бөҕөтө, көмөлөһөөччү суох. Бары холбуур сир көрдүү сылдьаллар. Кэмиэдьийэ. Дьиҥинэн бу бэстибээл үрдүк хаачыстыбалаах, таһымнаах дорҕоон дьүрүскэнин, кэрэ тыас-уус, муусука, үчүгэй иһиллии, онтон дуоһуйуу бырааһынньыга буолуохтаах этэ.Ол иһин тыаһы-ууһу үчүгэйдик иҥэринэр, үчүгэй аккустикалаах сааланы ылыахтаах этилэр. Звукорежиссура, звукооператорство үрдүк таһыма көрдөрүллүөхтээҕэ. Дьиҥинэн ити Дьокуускайга кыаллар кыахтааҕа..(ОБ театра, Өксөкүлээх киинэ, саха театра, муҥ саатар СГУ киинэ) Ити үлүгэр тыаска сотовайынан туох сибээс олохтонуой. Сценарийдара, ким кэнниттэн ким тахсара хааһы курдук буккуллубут. Е.Егорова тахсарыгар атын фонограмма тыаһыыр, Василий Еремеевы биллэрэллэр киһилэрэ суох, Тытыгынааев тахсыытын эппитим, Лоторея ыытыытыгар ыҥырыллыбыт кыргыттарын ыытааччы «тугу гына тураҕыт» диэн үүртэлээн кэбистэ. Лоторея таһааралларыгар кыргыттара өһүргэнэн тахсыбатылар. Көрөөччүлэр талбыт инструменнаргытыгар оонньооҥ диэн күрэхтэһиннэрэ таһаардылар. Икки киһи гитараҕа оонньуубун диэн тардыалаһан көрбүтүн оркестраннар биэрбэтилэр. Оонньуу ыытар буолан баран хайдах бэлэмнээбэтэхтэрин киһи сөҕөр. Аны ыытааччыларбыт нууччалыы ыыталлар эбит. Биир нууччалыы ырыа баара быһылааҕа. Сахалыы барар кэнсиэркэ биир сахалыы саҥарар ыытааччыны булбатахтара сөҕүмэр. Баар суох аркыастырбыт салайааччытын Андриан Егоровы Андриан Николаев дииллэр.Дьэ маргынааллы маратыйыы, хоролуу хончойуу диэтэҕиҥ. Бэстибээллэрин дуу, күөн-күрэстэрин дуу балаһыанньата тутуһуллубата, ким 2 ким 3 ырыалаах, кыттааччы бэйэтэ ооннььуохтаах диэн эмиэ баара. Аны бу бэстибээлбит биир олорууга 4 чаас устата барда. Сылайбыттар, тулуйбатахтар эрдэ бардылар. Ити барыта тэрийээччилэр харчы сырсыытыгар, үрдүнэн-аннынан сыһыаннаһан хаарыан бэстибээли көлбөҕүртүлэр. Аранжировщиктар, толорооччу ырыаһыттар барахсаттар бэртэринэн үчүгэй кэнсиэр буолла. Ыстатыйа суруйаары, балаһыанньатын билсээри, ааттары чопчулаары бу мэрэпэрийээтийэ режиссерун Ньургуйаана Васильева диэн НВК үлэһитин кытта телефонунан сибээстэстим. Киһим ханна, тугу, хайдах суруйаҕын, мин суруйуум тахсыахтаах диир.Ыйыталаһан барбыппар, манныгы суруй, манныгы суруйума диэн турда. Хайдах оннук буолуой, бэйэм тугу суруйарбын бэйэм билиим диэбиппэр киһим өһүргэнэн информация биэрбэппин, эн суруйума диэн баран туруупкатын быраҕан кэбистэ. Тотуо-татыа кэпсэтии буолла. Кини эттэ диэн тохтоон хаалыам дуо санаабын сыанабылбын суруйдаҕым. Үөрүүнү, бырааһынньыгы, бэстибээли, кэнсиэри сатаан тэрийии бэйэтэ туспа исскуство буоллаҕа. Бу бэстибээл үөрүүнү-көтүүнү, аат-суол тахсыытын, бырааһынньыгы кыайан тэрийбэтэ. Кыттааччылар да, көрөөччүлэр да тэрээһинтэн астымматахтара көстөр. Былырыын аат ылбыт Бүөккэ Бөтүрүөп жюрига да олоруон сөптөөҕө. Ол курдук сүрүн бирииһи ылбыттар жюрига үлэлэһэн иһиэхтэрин сөптөөҕө. Бириистэрэ да мөлтөх.
Кыттыыны ыллылар: Аранжировщиктар:
- -И.Тытыгынаев. ( ырыаһыттара :А. Егоров, Өркөн, А.Алексеева.) Сүрүн бириис уонна үчүгэй звукорежессура иһин аат ылла.
- Лэкиэс, (Кини туһунан ыстатыйа...) (ырыаһыттара : Байбал, А.Бурнашов, Вика Федорова.)-үчүгэй музыкальнай композиция иһин аат..
- М.Перетертов .(Ырыаһыттара: Саарын, Варя Аманатова, Игорь Егоров.) Туйгун инструменталист диэн аат.
- Алексей Абрамов. (ырыаһыттара : Норд-Саун), Петр Корнилов аатынан бириис
- Антон – (ырыаһыттара : Алик Григорьев, Болдьума.)
- Евгений Тазетдинов – ( ырыаһыттара: Юлиана, Олимпия.)
- Айаал Малышев. (Ырыаһыттара: Өркөн, Харысхан, Жанна Мудрова, Валерий Касаткин, Айаал Малышев.)
- Степан Афанасьев. (Ырыаһыттара: Алексей Потапов, Зу-Зу)
- Иван Наумов. (Ырыаһыттара: Олег Беляев, Дьулустан Чуручанов)
-
Мария Семенова (ырыаһыта: Иван Трофимов.)
-
Ырыаґыт Алексей Потапов -кірііччµлэр бириистэрин ылла.
Уххан түһэрбит хааттыскалара. 7,11,2007 с. (маны баттаа..)
|