Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Санаа буолардаах, буолбаттах

Итэҕэспитин толунаары (II чааһа)
Иннинээҕитэ...

Ис күүс

Ис күүс уонна итэҕэл. Киһиэхэ айылҕаттан бэриллибит ис күүһүн күннээҕи олоҕор ортотунан үс гыммыт биирин эрэ туттар. Ис күүс итэҕэл, тыын (дух - дуус) эйгэтигэр баар. Киһи тыынын таһаарар дииллэр. Эбэтэр таптыыр, сөбүлүүр дьарыгынан, эбэтэр куһаҕан дьаллыгынан. Ол иитиллиититтэн, бу киһи тыына тугунан иитиллибититтэн тутулуктаах. Ол аата итэҕэлиттэн, эрэлиттэн тахсар табыллыытын тахсыыта буолар.
Киһи ис күүһэ үксүгэр кистэнэ, саһа сылдьар. Үгүс дьон ис күүстэрин кээмэйин билбэттэр. Ол кинилэр ис күүһү туттар түгэннэргэ түбэспэтэхтэриттэн эмиэ буолар. Киһи үчүгэй да куһаҕан да түгэҥҥэ хайдах буолуон, тугу гыныан үксүгэр билбэт. Барыта дьаалатынан тахсар. Маннык түгэни үксүгэр олоҕу олорбут, билбит-көрбүт, бэйэлэрэ элбэх ыараханы көрсүбүт, олохторун элбэхтик сыымайдыы санаабыт дьон кыайа тутар.
Ис күүһү сатаан туһанарга эбэһээт элбэх ыараханы көрсүөххэ, эбэтэр элбэх сыл олоруохха диэн буолбатах. Бу эмиэ иитиллииттэн, итэҕэлтэн. Айыы үөрэҕэр “бэйэни салайыныы” - СҮӨ үөрэҕэ диэн баар.
Көрдөххө боростуой гынан баран, ис күүһү туттар кыаҕы биэрэр кистэлэҥнээх. Киһини чөллүтэр, куту - сүрү иитэр үөрэх. Ол да иһин Айыы үөрэҕин оскуолаҕа киллэрэ сатаабыппыт. Киһи эдэриттэн ис күүһүн туһана үөрэннин диэн. Билигин ис күүһү таһаарыыга Сайыына “Көмүлүөк" диэн кыһата ситиһиилээхтик үлэлиир. Ол туһунан элбэхтик суруллубута. Чаҕылхай холобурдары онтон булан көрүөххэ сөп.
Киһи ис күүһүн уус-уран тахсыыта норуот искусствотын үөскэппитэ. Айааччы кутуттан сүрүттэн материальнай духовнай уус-уран оҥоһукка, айымньыга кубулуйан норуот кутугар сүрүгэр эйгэтин булуммута. Кэрэ эйгэтин кэрэһитэ буолан киһи аймах олоҕун киэргэтэн астыныыны, манньыйыыны, сөҕүүнү-махтайыыны аҕалар күүскэ кубулуйбута. Искусство киһи кутун-сүрүн ис туругар тийэр кыахтаах буолан итэҕэл нөҥүө аан дойдуну уус ураннык анаарыы ньыматын сайыннарбыта.
Тыл уонна итэҕэл. Аҕа тыл тыһы, атыыр дорҕооннор.

Төрөөбүт тыл. Күбэй Ийэ тыл.
Ийэ тыл. Кииринньэҥ тыл

Итэҕэл тыл нөҥүө итэҕэтэр. Тыла суох- итэҕэл суох. Тыла, итэҕэлэ суох - омук суох. Тыл уонна итэҕэл - омук тыына.
Күн күбэй ийэ диибит. Күн ийэ өйдөнөр. Итэҕэлгэ сыһыаран күнү - Күн Күбэй Хотун диэн ааттыыбыт. Күҥҥэ холоон төрөппүт ийэбитин күн ийэ диэтэхпит.
Оттон күбэй диэн тыл тугу этэрий диэн билэ сатыыр этим. Кэлин, түүрк омуктары кытта алтыһа сылдьан билбитим ман-нык буолан тахсыбыта. Кииниҥ кимтэний? - диэн этиини -күбэйиҥ кимтэний? - диэн этэллэр этэ. Күбэй диэн, киин дуо? –диэн ыйыппытым.
Онтубар маннык эппиэти ылбытым.
- Күбэй диэн, оҕо ийэтин иһигэр сылдьан, ийэтин кытта уһун очоҕос курдук күбэйинэн ситимнэһэр, төрөөн таһырдьа таҕыстаҕына ону быһаллар, оннун баайан кэбиһэллэр. Бу күбэйи сорох омуктар ымыы гынан илдьэ сылдьаллар, со-рохтор сиэри-туому тутуһан харайаллар диэн буолла.
Биһиги күбэй оннун киин диир эбиппит. Ол аата дьиҥнээхтик төрөппүт ийэни күбэй ийэ дииллэр эбит. Иитиэх ийэни оннук ааттаабаттар. Холобур, туроктар оннук саҥараллар. Мантан сиэттэрэн, айбыт аҕа итэҕэлтэн ситимнээх күбэй ийэ тыл, күбэй ийэ итэҕэл баар диибин. Маны таһынан хаан тардыыта суох иитиэх ( маачаха) тыл, итэҕэл эмиэ баар. Күбэй тылга күбэй итэҕэл ис дьиҥэ иҥэ сылдьар. Иитиэх тылга иитиэх -кииринньэҥ, баһылыыр итэҕэл баһыйа киирэр. Ол да иһин биһи Айыыбыт итэҕэлин дьиҥ ис хоһоонун кииринньэҥ тылтан буолбакка, күбэй ийэ, аҕа тылбытыттан булабыт.
Тыл баар - омук долоҕойун тута сылдьааччы. Тылтан тахсар өй-санаа, өйдөбүл. Ол иһин этэбит -дьиҥ кырдьык - хааҥҥа! - диэн. Кииринньэҥ өй-санаа, күбэй ийэ санаалыын дьүөрэлэспэтэ үгүс. Онтон сылтаан киһи кутугар-сүрүгэр тутахсыйыы, тулаайахсыйыы, туоххаһыйыы, итэҕэстийии үөскүүр. Иэйэр сүрэҕи сүлүһүннүүр, ыарытыннарар.
Бу орто дойдуга киһи, омук, дьахтар, эр буолан төрөөбүппүт үөһэттэн ыйыллыбыт ыйаах, одун оҥоһуу. Кини хайдах буолуохтааҕа күбэй тыл нөҥүө итэҕэлинэн бэриллэр. Ол үгэс буолан олоххо утумнанар, кутуҥ туурата - култуураҥ буолар. Бу күбэй бэриллии ис оҥоһуутун эйигин баһылааччы, кииринньэҥ өйө-санаата эрэ ыһар, суурайар. Бэйэтин тылын, итэҕэлин соҥнуур. Төрүтэ, төрдө, тирэҕэ суох оҥороору. Бэйэтин улаханыгар суурайан суолтата суох оҥороору, баһылаары, сир үрдүттэн симэлитээри.

Үөрүү уонна хомолто

Ґірµµннэн

Айар тутар майгыга

Айыы санаа алтыґа

Алгыс тылы кіті±і

АмалыйыІ µірµµннэн

Орто дойду оло±о

Ґірµµннэн кэмнэнэр.

Ґµнэр кутуІ туруутун

Искэр кµµґµІ иитиитин

ЈйµІ санааІ µµнµµтµн

Ґтµі µірµµ µіскэтэр.

Кµннээх тµбµк кэскилэ

Ґірµµннэн кэмнэнэр.

Ба±а санаа ырата

Кэрэ±иттэн µірµµгэ

Кэлэн этэн иґиитэ

Ґчµгэйдээх, µйэлээх .

Кэлэр кэмиІ киэргэлэ

Ґірµµннэн кэмнэнэр.

Ґірµµ эрэ µµнэрин

Ґтµі µгэс оІостон

Ґчµгэйгэ холооІІут

Ґірµµ кэмэ кэмнэниІ

Биирдэ тиксэр олохпут

Ґірµµннэн кэмнэнэр.

Сырдык µірµµ кыымынан

                        СылыттыныІ сµрэ±и

Киґи үөрүүннэн хомолтоннон олорор. Киһи үчүгэй, куһаҕан олохтоох. Бу үрүҥ уонна хара этэҥэ, быысаһыыта (кыраныыссата) ханнаный? Киһиэхэ ону ким олохтууруй? Киһи ону хайдах, хантан билэрий?
Бу үрүҥ хара быыһын олох олорооччу бэйэтэ сүрэҕинэн быарынан, билиҥҥи кутун-сүрүн туругун иэйэн - куойан этэҥин арааран илэ билэр. Таһыттан көрөөччү маны илэ билбэт, көрөн-истэн, сэрэйэн билэр. Ол гынан баран киһиэхэ атын киһи үөрүүтүн, хомолтотун үллэстэр кыах бэриллибит. Аны ол кыаҕыҥ бу киһиэхэ араас санааны, көһүтүллүбэтэх түмүктэри аҕалыан сөп. Көһүтүллэр түмүгү үгэс буолбут иитии биэрэр. Киһи олоҕун устата итэҕэһин толорунара ханнык сыаннастары кутугар сүрүгэр ылыммытыттан. Ол үчүгэйи-куһаҕаны, үрүҥү-хараны араарар сы-аннастара ханнык итэҕэлгэ олоҕуралларыттан тахсар. Киһи күннээҕи ханнык баҕарар туругун, дьайаанын ырыттахха син биир ИТЭҔЭЛ-гэ кэлэ тураҕын. Итэҕэл - төрүт биэрэр сис, тыын өйдөбүл.
Тыын - дуух, дуус. Үчүгэй куһаҕан тыын, ыарахан чэпчэки тыын, ыраас, кирдээх тыын баар. Итэҕэл уйаланар эйэгэтинэн - киһи тыына буолар. Инньэ гынан киһи тыына итэҕэлиттэн тутулуктаах буолар. Итэҕэлин булбут киһи олоҕо сыаллаах-соруктаах, суолталаах буолар. Олоҕо өйдөбүллэнэр. Өйдөбүллээх олохтоох киһи олоҕор туһаны булар. Дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар, кимиэхэ-туохха туһалааҕын өйдүүр. Оннук киһи олоҕу сыаналыыр. Ити курдук бииртэн биирэ ситимнэнэн кини олоҕо тупсар. Өйдөбүллээх олохтоох итэҕэллээх киһи тыына уһуур. Киһи чэгиэн-сэбдик чөл буоларыгар улах өттө тыыныттан тутулуктаах. Кини этин-сиинин, этин-хаанын, өҥсөтүн, уйулҕатын тутулуга тыына хайдаҕыттан быһаччы тутулуктаах. Онон киһи омук итэҕэллээх буолуута туохха да тэҥнэммэт сүҥкэн суолталаах. Биир омук тыына атын омукка сөп түбэспэт. Ол да иһин омуктар икки ардыларыгар сатаспат, тапсыбат буолуу, атыҥыраһыы тыына баар.
Итэҕэлин булбатах, итэҕэлин сүтэрбит, итэҕэлин баттаппыт киһи олоҕо хайдах да дьоллоох буолуон табыллыбат. Үгүс дьон күннээҕи олох тэбигинэн (инерциятынан) олорор. Күн бүгүн элбэх киһи олоҕор оннун булбатаҕа, сатамматаҕа, табыллыбатаҕа, итэҕэстийбитэ - иитэр итэҕэлэ итэҕэстийбитигэр тийэн кэлэ турар.
Итэҕэйэр киһи үөрүүнү бэйэтэ айар, төрөтөр уонна кыраттан да ис-иһиттэн дьиҥнээхтик үөрэр, сырдыыр. Бу кыра ситиһиитэ улаатарыгар, үчүгэй-үчүгэйи утумнууругар эрэнэр. Бу, билигин, субу манна сөптөөхтүк быһыыланабын диэн дьэҥкэтик өйдүүр. Бутуллара, буккуллара, саарбахтыыра аҕыйыыр. Итини кини, бэйэтин олоҕунан, быһыытынан- майгытынан, үлэтинэн- хамнаһынан, өйүнэн-санаатынан, дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ сыһыанынан оҥорор. Ол аата олоҕор итэҕэһин элбэхтик толоруммут, сыыһатын сөпкө оһоруммут.
Итэҕэлэ суох киһи атынтан кэлэр бэлэм үөрүүнү, бэлэм дьолу көрдүүр. Атыҥҥа кыттыһа сатыыр. Кини үөрүү, дьол, таптал баарыгар соччо итэҕэйбэт. Дьон дьолугар, үөрүүтүгэр, ситиһиитигэр күнүүлүүр, ордугургуур. Сураҕын эрэ билэр. Тулуура суох буолар. Үөрдэҕинэ даҕаны өлбөөркөй, таһынан буолар, дьиҥ астыныыны аҕалбат. Кини итэҕэйэр бигэ тирэҕэ, олоҕо суох. Кини үөрүүтэ-хомолтото, дьоло-соро салгыҥҥа ыйана сылдьар, кутугар-сүрүгэр тохтообот, уһуннук уйаламмат. Кимиэхэ, туохха да итэҕэйбэт, эрэммэт буолуу кэнниттэн, туоххаһыйыы, тулаайахсыйыы, муҥурданыы. Ити барыта быстахха, быһымахха, дэҥҥэ, оһолго, сыыһа быһаарыныыларга тиэрдэр.
Быһаҕас, итэҕэс киһи бэйэтин киэлитин кураанаҕын, хомолтоннон, кэлэйииннэн, санаа түһүүтүнэн толорунан кэбиспит буолар. Дьон үксэ бэйэтин киэлитин кээмэйин билиммэт. Бу олоххо уйуга, тулуура, кыаҕа, сэниэтэ, сырата, сылбата төһөтүн билбэт. Быһата минин билбэт. Минэ барбат дьон элбээтэ.
Ол да иһин саарбахтыыра саарыыра үгүс. Ити барыта итэҕэл суоҕуттан. Айыы итэҕэлигэр ити барыта баар. Итэҕэл итэҕэлтэн мини билэр үөрэҕэ ураты .Омук мин дэниитин -менталитетын сүтэриитэ омук сүрүн баттаппытын, тостубутун көрдөрөр.

Куттас буолуу

Куттас киһини кус сүрэх, куттас сүрэх, куттас куобах, куттамсах киһи дииллэр. Бу тугуй? Саха куһу куобаҕы былыр, былыргыттан бултуур буолан бэркэ билэр, кыыла, көтөрө буоллаҕа. Уонна кинилэр хайдах куттаҕастарын, сэрэхтэрин бэркэ билэр.
Айылҕа сокуона - күүстээх, кыахтаах - мөлтөҕү, элбэх -аҕыйаҕы, киирэн, түбэһэн биэрбити тутан сиир. Биир көрүҥ, атын көрүҥҥэ аһылык буолар.
Маннык түгэҥҥэ куттал инники күөҥҥэ турар. Кыыл-сүөл, көтөр төһө да куттаннар, тыыннаах хаалар туһугар быыһанар ньымалардаах буолар. Куттанным диэн мэнээк сытан биэрбэт.
Киһи кыылтан-сүөлтэн биир уратыта манна сытар. Киһи өйдөөх-төйдөөх, үс куттаах буолан, киһи киһиэхэ сыһыаныгар мөлтөҕү, кыамматы харайар, араҥаччылыыр ураты сыһыаннаһыыны олохтообута.
Онтун киһилии сыһыан, итэҕэлгэ сыһыаран айыы сыһыан диэбитэ.
Куттал киһиэхэ суоһаабатын туһугар эрдэттэн бэлэмнэнэр, харыстанар үөрүйэҕин олохтообута, сатабылын булбута..
Куттаннаххына киһи кута олоҕуттан хамсаан, ыстанар, тэйэр, куотар диэн этэллэр. Салгын кут ыстаннаҕына киһи өйдүүр саныыр дьоҕурун сүтэрэр. Оччотугар кинини өйүн сүтэриэр дылы куттаммыт дииллэр. Куттанан олоро түстэ, нукаай буолбут, бэйэтин кыаммат дииллэр. Бу буор кута хамсаабыт. Этин-сиинин үлэтэ моһуоҕурбут.
Кутталыттан кыыла киирбит - дииллэр. Киһилии майгыны-сигилини сүтэрии ийэ кукка сыһыаннаах.
Бэйэни салайыныы, ис кыаҕы сатаан туһаныы үөрэҕэр куттал кэмигэр хайдах буолуохтааххын үөрэтэллэр. “Кут-сүр" кыһаҕа, Сайыына "Көмүлүөгэр" сылдьыҥ, Айыы үөрэҕин кытта алтыһыҥ, кырдьаҕастар сүбэлэрин истиҥ.
Куттас киһи, куттас көлүөнэ, куттас омук, куттас норуот диэн арааран этиэххэ эмиэ сөп.
Ыраата барбакка эттэххэ, саха омуга, уһун олоҕун усталаах туоратыгар төһөлөөх кутталы ааспыта буолуой, билигин да төһө, туохтан, кимтэн куттанара буолуой? Куттас буолуу көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр дуо?
Куттал суох буолуутун сулууспата диэн баар.
Бу мөлүйүөнүнэн дьон тыыннарын быспыт, олохторун окдолуппут тэрилтэ ким, туох иһин үлэлиирий? Киниттэн куттанар көлүөнэлэр, омуктар, норуот да диэххэ сөп, бааллар. Билигин да ол кутталы утары охсуһар тэрилтэттэн хас биирдии киһиэхэ куттал тымныы тыына диэлийэр. Бу улахан омук государство (империя) тэринэр тыына. Итэҕэл өттүнэн ыллахха, Россия (РФ) православияны сүрүн, төрүт оҥостор. Атын итэҕэллэргэ сыһыана хаҕыс. Биһиэнин курдук үгэстэргэ олоҕурбут итэҕэллэри төрдүттэн, туура мэлдьэһэр.
Баһылыыр итэҕэл атыттарга сыһыана хайдаҕа бүгүҥҥү олохпутугар ырылхайдык көстөр. Ити барыта кутталы, инникигэ эрэммэт, баһылааччыны итэҕэйбэт майгыны үөскэтэр.
Долоҕой (память) диэн киһиэхэ эрэ буолбакка, этитиилээх малтан-салтан саҕалаан киэҥ куйаар киэлитигэр тийэ баар. Информация туохха баҕарар өстөн, өһүккэ тийэ иҥэр, ханна, төһөҕө баҕарар тийэр дьоҕурдаах.
Киһи салгын кута долоҕойу кытта быһаччы ситимнээх. Кут-таллаахтык олорбут удьуорга, биллэн турар, куттаҕас буолуу информацията долоҕойугар сылдьар. Омук омук кутталга да, үөрүүгэ да сыһыана кини урут олорбут олоҕун остуоруйатыттан сиэттэрэн уратылаах буолар. Холобур, саханы чечеҥҥэ, нууччаны эбириэйгэ тэҥнээн көрүҥ эрэ. Куттал буоллаҕына бу омуктар хайдах быһыыланыахтарай? Омук сааһыттан эмиэ тутулуктаах. Эдэр омук, кырдьаҕас омук диэн.
Куттал уонна итэҕэл. Үгүс итэҕэллэр кутталга олоҕураллар.
Онно олох уонна өлүү туһунан өйдөбүл уратылардаах.
Биһиги бу орто дойдуга олохпут туһунан “Сырдык күлүк“ диэн хоһоонноохпун, ону ааҕан көрүҥ, туох санаа кэлэр эбит.
Саха итэҕэлэ чопчу этэр - Эн бу дойдуга олоҕуҥ, кэлэр олоххор бэлэмнэнии буоларын. Өлөн да баран өспөккүн, атын кэмҥэ, атын кэрдиигэ олоҕуҥ салҕанарын, олоҕуҥ хайдах буолара, билигин олорор олоххуттан быһаччы тутулуктааҕын өйдөө, - диэн.
Аҕа итэҕэл инньэ диир. Кииринньэҥ атыны кэпсиир. Өллүҥ да бүттэ диир. Саха, итэҕэлин тута сылдьар эрдэҕинэ өлүүттэн куттаммат омук этэ эбээт. Кэлэргэ, кэрэҕэ, буолуохтаахха, туолуохтаахха, кэскилгэ дьулуһар, тапталга талаһар этэ буоллаҕа. Өрүү дьүөрэлэһиини, алтыһыыны өрө туппут омук. Айыыны, иччини, абааһыны кытта дьүөрэлэһэр үөрүйэхтээҕэ, айылҕа сорҕото, оҕото этэ. Оттон айылҕа дьүөрэтигэр тэҥнээх туох да суох.
Айыы итэҕэлэ үгэстэргэ олоҕурар утумнаах, ситимнээх буолан, айыы киһитигэр буолар буолуохтааҕын курдуга. Олоҕун дьүһүнэ-бодото, майгыта-сигилитэ этэ. Ол барыта тылыгар-өһүгэр, өйүгэр-санаатыгар, ырыатыгар-тойугар, олоҥхотугар, оһуокайыгар, булдугар-алтыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар барытыгар иҥэ сылдьара. Онто барыта омук дэнэр туспа уратыны биэрэрэ. Саха - омук быһыытынан тыыннаах буоллаҕына ,кини итэҕэлэ эмиэ тыыннаах. Сахаттан сахалыы тыын сүттэҕинэ биирдэ, бу омук итэҕэлэ сүппүт диэхтэрэ. Атын, кииринньэҥ тылланан, итэҕэллэнэн, саха - саха буолбат.
Итэҕэлтэн бэлиитикэҕэ дылы култуура, духуобунас, иде-ология диэн араҥалар бааллар. Итэҕэл түҥ былыргыттан төрүт биэрэр омук ис хоһоонун этэр силистээх мутуктаах. Бэлии-тикэ ааспыкка бүгүҥҥүтуругуттан көрөн бэйэтигэр табылларынан сыана быһар. Күннээҕи уонна кэлэр олоҕун тускулун оҥостунар дьүккүөрдээх.
Итэҕэл көҥүлэ - киһи, омук көҥүлэ. Көҥүл диэн күөн өйдөбүл баар. Көҥүл күөмчүлэнэрин көмүскүүр быраап диэн баар. Быраабы харыстыыр сокуон оҥоһуллар. Олох тутула ис-иһиттэн үүнэн тахсан иһэр. Манна олох мөккүөрэ түмүллэр.
Олох ис хоһоонун бөдөҥсүтэн биир кэлим көрүү (глобализация) орто дойдуга бүрүүкүөх курдук. Оччотугар омук биирдэм, уратылаах өйдөбүллэрэ суураллалларыгар тийэллэр. Баһылааччылар барыбытыгар анаан оҥорбут “универсальнай” искусственнай өйдөбүллэрэ киириэхтээх. Кэлим көрүү тылга, итэҕэлгэ эмиэ киирэ турар. Ол хайдаҕын бүгүҥҥү күннээҕи олохпутугар көрөбүт.
Ааҥнаан иһэр иэдээнтэн быыһанар сүбэбит бэйэбитигэр эрэ баар. Ол күбэй ийэ тылы, итэҕэли харыстааһын, аҕа өйдөбүллэри (сакральные понятия) хаан утумун дьиҥ кырдьыгар тирэҕирии, кииринньэҥтэн күбэй көҥүлүн көмүскээһин.
Киһи барахсан бу орто дойдуга олох олороору кэлэр. Көҥүллүк олороору. Көҥүлтэн ордук күндү бу орто дойдуга суох. Көҥүл күөмчүлэннэҕинэ олох - олох буолбат. Итэҕэстийии, куттаныы, хомолто, тутахсыйыы, тулаайахсыйыы киһи кутугар сүрүгэр уйаланар. Итэҕэл, төрөөбүт тыл көҥүлэ диэн баар. Сурукка, сокуоҥҥа эмиэ киирбит. Онтон олоххо киирэрэ, тутуһуллара тутах, итэҕэс буолар. Онтон тутахсыйыы, итэҕэстийии үөскүүр.
Көҥүл диэн - ыраас эйгэ, киэҥ дуол, кэлэн ааһа турар кэм кэрдии. Көҥүл - дьүөрэлэһиигэ баар. Хас биирдии көҥүлүн аахсар буолан дьүөрэлэһии үөскуур, айыллар.
Сомоҕолоһуу ким эрэ көҥүлүн баттаан сомоҕолуур. Элбэх аҕыйаҕы, күүстээх мөлтөҕү суурайан, баһыйан оҥорор.
Көҥүл иһин туруулаһыы, көҥүлгэ дьулуһуу, көҥүл иһин охсуһуу, бу – ытык дьайаан, бу – сырдыкка, кэрэҕэ, ыраҕа дьулуур, бу - тулуур.
Киһини хам баттаабат, сүөһү курдук үөр майгытыгар кубулуппат, хас биир көҥүлү баттаабат итэҕэл - Айыы итэҕэлэ, тоҕо бүгүн туоратыллан, атарахсыйан турда?
Тоҕото биллэр. Билигин глобализация, тугу барытын бөдөҥсүтэн, сомоҕолоон көрүү үйэтэ. Билигин харчы саамай улахан таҥара буолла. Билигин, уратылаах көрүү бөдөҥҥө, элбэххэ, баайга ба-һыйтаран аахсыллыбат, мэлдьи хотторуулаах тахсар үйэтэ кэллэ. Куруук маннык буола туруо суоҕа.
Айыы итэҕэлин кэмэ кэрдиитэ, күнэ дьыла тийэн кэлиэҕэ. Утаппыкка уу курдук күндү, аччыктаабыкка ас курдук минньигэс, тыына кылгаабыкка салгын курдук салҕааһыннаах, күн көҥүл сырдыгын курдук баҕалаах буолуоҕа. Айыы итэҕэлин улуу туһата киһи аймахха тиллиэҕэ!
iteghel02

Уххан

2003 сыл. Дьокуускай.

Category: Санаа буолардаах, буолбаттах | Added by: uhhan (2007-10-20)
Views: 2800 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024