News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2008 » Ыам ыйа » 28 » Уххан. "Чолбон" біліх Саха тыйаатырыгар кэнсиэртээтэ.
Уххан. "Чолбон" біліх Саха тыйаатырыгар кэнсиэртээтэ. | 19:06 |
Хаһан эрэ, хаһан эрэ.. Үтүө-дьоро, манньытыылаах, астылаҥнаах киэьэ буолла, тыыннаах муусуканы, Чолбон бөлө5ү сэҥээрээччилэргэ! Чолбоннор Монголияҕа баар «ОРХОН» университет ыҥырыытынан, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин, Ил Түмэн депутаата А.Миронов өйөөннөр Монголияҕа ыллаан-оонньоон, сылдьан-ыалдыттаан баран төннөн иһэллэр. Ол сырыыларыгар таҥыллыбыт ырыаларын оонньууларын төһөтүн эмэ бу күн көрдүбүт-иһиттибит. Былырыыҥҥыттан ылата кинилэр Сунтаарынан Мирнэйгэ тийэ ыҥырыллан оонньоон сырыттылар. Ньурбаҕа Владимир Гуляев диэн биир айымньылаах киһи студиятыгар «Түгэни ыытыма « диэн саҥа компакт диискэлэрэ тахсыахтаах. (Бу туһунан Тумус ааспыкка суруйуутун ааҕыҥ) Ол онтон бу бүгүҥҥү күҥҥэ анаан Леонид Иванов – Лүҥкүр студиятыгар аҕыйах компагы таһаарда. Уонна оттон, айымньылаах киһи быһыытынан бэйэбин эмиэ арбанарга тийэбин. Мин үс күннээх айар киэһэлэрим 3 ДВД уонна 1 СД диискэ буолан саҥа тахсан Москубаттан кэллилэр. Чолбоннор онно икки киэһэ кытыбыттара. Кинилэр киэннэрэ хаһааҥҥытааҕар да табыллыбыт курдук, тыас-уус, ырыа –тойук, дьүһүн-бодо мааны астык. Ону ылан көрүҥ-истиҥ диэн этинэбин. Онон Чолбоннор айымньылаах айаннара салҕанан иһэр. Былырыын этэ дии, Тумус Мэхээлэ көҕүлээн «Кэнтик-Чолбон» диэн өтөрүнэн буолбатах астылаҥнаах, ахтылҕаннаах да кэнсиэри көрбүппүт истибиппит. Бөлөх Кэнтик диэн ааттаах кэминээҕи уонна Чолбон диэн ааты ылыммытын кэминээҕи айымньылар оонньоммуттара ылламмыттара. Онно састаап толору этэ. Чолбоннор убайдара Намолий Ылдьыын бу тиьэх кэнсиэринэн буолта... Киьи бу орто дойдуга кэлэн барар ыалдьыт, ааһан иһэр айаанньыт буоллаҕа. Кини кэнниттэн бу орто дойдуга оҕолоро уонна айар айылгылаах буоллаҕына, айбыт айымньылара, дьон –сэргэ кутугар сүрүгэр, сүрэҕэр быарыгар, өйүгэр-санаатыгар сөҥөн хаалаллар. Нам Уола Ылдьыын оҕолордоох да айымньылардаах киһи этэ. Бүгүҥҥү дьоро Дьоро киэһэҕэ, «Дьоро киэһэ» диэн Намолий ырыатын истэн, сэргэҕэлээн, ахтан санаан аастыбыт. Саха тыйаатырын саалата толору. Дьон-сэргэ ылыныыта ураты иьирэх, истиҥ буолла. Чолбоннор былааннара элбэх. Аны сайыҥҥы «Эллэйээдэ-рок» бэстибээлгэ күүскэ үлэлиир былааннаахтар. Кэнсиэр хаартыскалара
|
Views: 2211 |
Added by: uhhan
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 9 Ыалдьыттар (гостей): 9 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|