Иһитиннэрэр биллэрэр бырааппытын көмүскүөҕүҥ!
(статья 29: «Каждому гарантируется свобода мысли и слова …» )
Саха биллиилээх журналиһа, поэт общественнай деятель Иван Николаев – Ухханы билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини сытыы бөрүөлээх журналиһын, төрөөбүт сахатын сирин, олохтоох норуотун туһугар төһөлөөх киирсибит, республиканы салайыыга сыыһа – халты баарын өрүү туох баарынан суруйбут, информацияны норуокка аһаҕастык тийэрдэн кэлбит киһи.
Дьоҥҥо биллэринэн кини үлэлээбит, кыттыспыт, суруйбут хаһыаттара, ТВ: “Сахаада” , “Туймаада”, “Туймаада саҥата”, “Мастер ТВ” сабыллыбыттара, “Кыымҥа” ыҥыран үлэлэтэн, туһанан баран үүрбүттэрэ. Онтон ааспыт күһүҥҥүттэн үлэтэ суох хаалан баран дьиэтигэр интернет хонуутугар “ Уххан сирэ” диэн тус персональнай сайт аһынан онно суруйан барбыта.
Кини сайтыгар баар кырдьык атын бары хаһыаттарга тахсыбат матырыйааллар, этиллибэт санаалар, ырытыылар тахсан барбыттара. Саха республикатын экономическай, политическай балаһыанньата туох баар кырдьыктааҕынан ырытыллыбыта. Былаас коррупциялаах сибээһин туһунан араас ааптардар матырыйаалларын бэйэтин сайтыгар таһаарбыта. Дьон ол сайтан бэчээттээн ылан тарҕатан ааҕаллара, ааҕаллар даҕаны.
Коррупцияны утары охсуһар соҕотох иһитиннэрэр – биллэрэр эйгэ буолбута.
Геннадий Федоров дириҥ ырытыылаах “ Республика распродана”, “Кому принадледит якутская земля”, “Социально-экономическое положение РС(Я) в цифрах”, " Утраченные иллюзии", Дмитрий Верхотуров “За якутскую якутию”, “Вероломное экономическое нападение на Якутию”, “Особое задание Штырова”, Спиридон Татаринов “После конгресса”, “Куда заведет план Путина”, “Молодая Якутия”, Диана Николаева , Анатолий Чомчоев, Иван Бурцев экология балаһыанньатын туһунан ыстатыйалара, Иван Шамаев суруйуулара тахсыбыттара. Уххан бэйэтин “Кэнгириэс кэнниттэн санаалар”, Сүрэхтэнииттэн сүрэхтэтии”, “Төрдүс былаас баар дуо”, “Атыыланыы” , духуобунас, култуура боппуруостарыгар уо.д.а элбэх суруйууларын, айымньыларын таһаарбыта. Бу суруйууларга дьон сэрэйэн билэр, сэрэнэн кэпсэтэр, куттанан саҥарбат тыын боппуруостар ырытыллан суруллубуттара. Республика саламтата аһаҕастык кириитикэлэммитэ.
Дьэ онтон сааһыары салгыы “Аллах над Якутией-1,2,3,4, диэн Геннадий Федоров республика саламтата, чуолаан президент Штыров В.А., правительство председателин солб. Грабкевич В.Б кавказтан төрүттээх бизнэһинэн дьарыктанар биллэр-көстөр дьону кытта сибээстэрин, саха сирин сиртэн хостонор баайдарын чэпчэкитик, босхону үрдүнэн атыылааһын холобурдара суруллубуттара. Коррупциялаах ситим хайдах үлэлиирин холобурдарга көстүбүтэ. Прокуратура коррупцияны арыйарга дьарыктанарыгар, бэрэбиэркэлииригэр төрүөт буолар матырыйааллар тахсыбыттара.
Кэлиҥҥи суруйууга кимнээх ахтыллыбыттара маннык суруллар:
В статьях “Аллах над Якутией” упоминаются: бывший вице-президент ОАО «Собинбанк» Х.О.Омаров (сейчас находится в федеральном розыске), бывший президент «Русснефти» М.С.Гуцериев (также находится в федеральном розыске), организатор «кингисеппской группировки» И.А.Ильясов (осужден на 19 лет), бывший председатель Совета директоров АКБ «Российский капитал» Г.И.Сафиев (долгое время был под следствием, убит в США) и другие. Также фигурируют член Совета Федерации М.Г.Магомедов и его брат З.Г.Магомедов, член Совета федерации С.А.Керимов, бывшие депутаты Госдумы К.А.Амиров и А.Г.Билалов, другие влиятельные представители кавказской бизнес-диаспоры: М.Ю.Бажаев (из Чечни), Р.У.Бестолов (из Северной Осетии), Л.А.Айдаров (из Чечни), О.Л.Маргания (из Грузии), И.А.Кикнадзе (из Грузии) и др. Вот они должны были защищать честь и достоинство. В материале подробно проанализированы схемы вывода активов Республики Саха (Якутия) в пользу различных коммерческих структур, преимущественно в пользу упомянутых выше представителей кавказской бизнес-диаспоры. Например, Р.У.Бестолов выкупил в 2007 году по распоряжению В.А.Штырова у ОАО «Сахатранснефтегаз» за 1 миллион рублей ООО «Ленск–Газ», владевшее Отраднинским месторождением с запасами 6 миллиардов кубометров газа. Сейчас за счет бюджета Республики Саха (Якутия) прокладывается газопровод из этого Отраднинского месторождения в город Ленск, работы завершены на 97%.
Президент администрациятын салайааччыта, " Единая Россия" СР салайааччыта Айсен Николаев Кавказ дьонун аатыттан национализмы экстримизмы күөртээһиҥҥэ, республика эйэлээх туругун ыһыыга, чиэһи достоинствоны түһэриигэ, клеветаҕа буруйдааһыҥҥа автор Геннадий Федоровы, сайтыгар таһаарбыт киһини Ухханы үҥсэн сайабылыанньа киллэрэр. ФСБ-га, МВД-га, Прокуратура силиэстийэлиир кэмитиэтигэр. Скрябина диэн ЯГУ преподователигэр (урут Юрков эҥин дьыалатыгар сакаастаан оҥотторбут киһилэригэр) “лингвистичэскэй экспертиза” диэни оҥотторон, онно олоҕуран РФ УК 282 ыст 1 ч. холуобунай дьыала тэрийэллэр.
Аны кэлин мэр Юрий Заболевка, правительство председатэлин урукку уонна билиҥҥи солбуйыыччыларыгар В. Гравкевичка, И. Долиниҥҥа сайабылыанньа суруйтаран киллэрбиттэрэ биллэр. УК 129, 130 ыст. сөп түбэһиннэрэр курдук. Клеветаҕа уонна чиэстэрин, достоинстволарын көмүскээн.
Маны таһынан холбуу үрдүк дуоһунастаах чиновниктары Власов В., И., Максимов А., Морев К., Штыров В., Абдурагимов И, Бежанян А, Поисеева А, Таюрскай В, Емельянов О. ааттарыгар үөҕүү баар дуо диэн экспертиза анаттылар. (Бу дьоннортон сорохторо чиэстэрэ достоинстволара " хараардыллыбытыгар", клеветаҕа кинилэр ааттарыттан бэрэбиэркэ бара турарын да билбэттэр эбит)
Суукка барар экспертизаларын эмиэ “бэйэлэрин дьонноругар” Хабаровскайдааҕы чиновниктарбыт идэлэрин үрдэттинэр академияларыгар (ФГОУ "Дальневосточная академия государственной службы") аныыллар. Уххан адвокаттарынаан Москваҕа баар, анал лицензиялаах анал экспердэр гилдьияларыгар (ГЛЭДИС) анаттарарга ходатайстволарын следователь аккаастыыр.
Дьыала суукка тийэрдии, Ухханы УК 282, 129,130 ыст. сууттуурга баран иһэр.
Былаас коррупциялаах ситимэ арылларыттан, ыстатыйаҕа суруллубуту бэрэбиэркэлээһин барарыттан куттанан, онно тийэрдибэккэ Ухханы сууттаан кэбиһэргэ политическэй сакаастаммыт дьыала бара турар. Ыстатыйаҕа суруллубуту бэрэбиэркэлииргэ Уххан республика прокуруоругар суруга таах хаалан эрэр. Прокуратура коррупция туһунан суруйууну анаан бэрэбиэркэлиирин оннугар, бэчээккэ таһаарбыт киһини түбэһиннэрэ сатыы олорор.
Бу Геннадий Федоровы булбатылар быһылаах. Таһаарбыт киһи Ухханы сууттаан иһитиннэрэр биллэрэр эйгэҕэ ким да былааһы кириитикэлээн, коррупцияны арыйан суруйбатын курдук оҥороору оҥостунан эрэллэр. Ыстатыйаҕа ханнык да Кавказ норуотун омугунан көрөн үөҕүү суох. Чиэстэрин хаарыттарбыт чиновниктар бары тус бэйэлэрэ Ухханы үҥсэн Заболев, Долинин, Грабкевич курдук, үҥсүү киллэриэхтэрин наада. Ким эрэ аатыттан , ким эрэ чиэһин кэтэҕиттэн , ким эрэ көмүскүүрэ сатаммат.
РФ Прокуратурата, коррупцияны утары охсуһар комитет сайтка суруллубуту бэрэбиэркэлиирин ситиһиэххэ, Президент Штыров В.А бэйэтин норуотун иннигэр эппиэттиэхтээх.
Былааһы туһанан кырдьыгы, бэйэ санаатын этиини, конституцияннан көрүллүбүт бэчээт көҥүлүн хам баттааһын баран эрэр. Информацияны ылар, тийэрдэр бырааппытын көмүскүөҕүҥ.
Маргарита Соколова . СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Режиссер.
|