Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2008 » Алтынньы » 15 » Уххан Ымыылаах ырыаґыттар. Федор Лобанов
Уххан Ымыылаах ырыаґыттар. Федор Лобанов
08:38

                         Уххан

Ымыылаах ырыаґыттар

                                         

Федор Лобанов

 

Саха республикатын ырыа айааччыларын сойууґа, ыытар µлэтин чэрчитинэн,  уркку іттµгэр ырыа эйгэтигэр саха биллэр кістір ырыа айааччыларын µйэтитиигэ µлэтин салгыыр. Ол курдук Быйыл 75 сааґын туолбут сахалартан µрдµк анал µірэхтээх аан бастакы баритон/ драматическай баритон/, Саха комсомолун бириэмийэтин лауриата, САССР µтµілээх артыыґа, олохтоох персональнай пенсионер, чулуу ырыаґыппыт Матвей Лобанов бииргэ тіріібµт быраата Федор Лобанов уонна  70­нун туолбут биллиилээх мелодист Денис Даниловка аналлаах айар, ахтыы киэґэлэрин ахсынньы 10 к. кµнµс 4  ч. Јксікµлээх киинини кытта кыттыґан ыытаары сылдьар . 

Бµгµн биґиги хаґыаппытыгар Федор Лобанов ыалдьыттыыр.

Мин , ырыа айааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Алексей Егоровтыын кини дьиэтигэр ыалдьыттаан кэпсэттибит. Быйыл, Аммалар Матвей Лобанов компакт диискэтин уонна кини туґунан ахтыы кинигэтин таґаарбыттарын, Федор Лобановка 75 сааґынан убаґа бэлэхтээбиттэрин туґунан истибитим. Дойдулаахтара дьоннорун умнубаттар эбит дии санаабыттаа±ым.

          Талааннаах ырыаґыт, самодеятельнай композитор Федор Лобанов сэбиэскэй кэм, партия, комсомол ча±ылхай ымыы буолбут ырыаґыта этэ.. Кини ырыаларын оччотоо±ута бары да ыллыырбыт.

 

Јйдµµгµіт, ѕ“Бар дьонум таптала

                   Баара±ай махтала

                   Партия­ оло±ум дьыл±атаѕ

эбэтэр;

 

“Аалай уоттаах сулуґуІ

Айар тутар суолдьутум.

Эн, комсомол, эн комсомол

Эн, комсомол­ мин дьолум!ѕ“

 

эбэтэр;

 

“Албан аат,

Хорсун Вьетнам!

Албан аат!“

 

эбэтэр;

 

“Эн Роза, мин тахсар саґар±ам,

Таптыыртан, оо, харах арахпат,

Дьол ­µірµµ имэІнээх ырыаккам

Мунчаарбыт санаабын уоскуппат ѕ“

                             о.д.а умнуллубат, уостан тµспэтэх ырыалары.

Федор Матвеевич 90­ча ырыата радиофонда±а уґуллан, харалла сытар. Ырыалырын тылларын сорохторун бэйэтэ суруйара, Ойуунускай, Кµннµк Уурастыырап, Л.Попов, ,М.Ефимов, С.Васильев, П.Тулааґынап, А.Бродников, Макаар Хара, Баал Хабырыыс, С.Данилов, И.Дорофеев, Е.Афанасьев о.д.а поэттар тылларыгар ырыалардаах.

Ф.М.Лобановы саха омугун  ырыа айааччыларын, ырыаґыттарын биир ча±ылхай талааннаах айар киґитин быґыытынан сыаналаан ахтан туран кини кэпсээнин сурукка тµґэрбиппин истиэ±иІ:

­Амма Покровкатыгар /Арыылаахха/ кµн сирин кірбµтµм. а±абыт ілбµтµн кэннэ Амма±а кіґін киирбиппит, мин кыра эрдэхпинэ. А±ам Покровкаттан бастакы империалистиичэскэй сэриигэ 1914 с. барбыт. Онно сахалары ылбаттара. Нуучча буолан барда±а. Сэриилэґэ сылдьан Германия±а  билиэІІэ тµбэґэр. Хайдах босхолонон кэлбитин билбэтим. Полковой запевала эбитэ µґµ. Кини тірµтэ 1700 сыллардаахха сыылка±а кэлбит нууччатан диэн этэллэр. Ол киґи Амма±а тахсан олохсуйбут.

А±ам, сэрииттэн кэлэн баран,  гражданскай сэриигэ Амма осадатыгар, Тіхтµр, Кµп сэриитигэр, куоракка Эверестов заимогар буолбут тутууга­хабыыга  кыттар. Садыков диэн киґи этэринэн, ким урут тутарынан кыґылга эбэтэр µрµІІэ бараллар эбит. Ґірэ±э суох буолан идиология диэни ійдіібіттірі µґµ.  Биґиги µі±µллµмµіхпµт быатыгар а±абыт кыґылларга сыстыбыт. А±абыт иккис кэргэниттэн биґиги µґµібµт. Ийэбит МэІэ­ ХаІаластан тірµттээх. Эґэбит Ылдьаа Романов диэн эбитэ µґµ. Ийэлэрэ ілбµтµн кэннэ эґэбит 9 о±отун тар±атар. Биґиги ийэбит Амма±а баай ыалга иитиллэ (хамначчыттыы буолла±аѕ) кэлэр.

          Тірµіхпµтµттэн катаракталаах этибит. 1949 с Д.Н.Трифонов диэн киґи  Матвей ыллыырын истэн сібµлээн ыІырар. Кини1949-54 сс. радио±а µлэлиир 1954 с консерватория±а µірэнэр 1959 с. ілµір дылы театрга ыллаабыта..

Оччолорго сахалыы ырыа а±ыйа±а. Ырыа µксэ нууччалыыны µтµктэн , ону тылбаастаан, бэлэм мелодия±а сахалыы саІа тыл суруллан ылланара. Нууччалыы ырыалары сахалыылаан, холобур, биллэр ырыабыт  “Хайыґар“ оІоґуллубута. Украинскай народнай ырыа мытыыбыгар Костин тµґэрбитэ. “ Днепр тымныы долгуннара,“ Тулааґынап тылларыгар эмиэ оннук. “Суумкатын сµгэн, суол устун хааманѕ“ эмиэ Костин. Оччолорго “переводной ырыалар“ µгµстэрэ.

Туох барыта сыгынньах кумахха оІоґуллубат.

          Мин кыра сылдьан актыбыыс бі±і этим, самодеятельноска эрдэ кыттыбытым. Комсомолга киирбэтэ±им. Мунньахтыыллара, сорудахтара элбэ±э бэрдэ. 1970 . диэкки  партия±а эмиэ киллэрэ сатаабыттара, киирбэтэ±им.

1954 с. Матвей консерватория±а µірэнэ бараары сылдьар, мин оскуола±а

µірэнэрим . Оччотоо±у култуура миниистирэ Г.В.Попов мин “Партия наш рулевой“ диэн ырыаны ыллыырбын истэн баран ір кэпсэппитэ.   8 кылааґынан музыкальнай  училище±а вокалга киирэн баран баяІІа кіспµтµм. Эґиилигэр баппакка Амма±а 9 кылааска тіннµбµтµм .

Педагогтар интириигэлээн, Москубаттан профессор кэлэ сылдьыбыта.

Костины утараллар эбит. Эн куоласкын уларыппыт эІин диэн миигин туґаммыттара, айдаан тартараннар. Инньэ гынан Костины музыкальнай  училищеттан µтµрµйбµттэр. Директор Барахсановы уларыппыттар. Брейман диэн еврей директор буолбут этэ.

          1958 с. консерватория±а ыІырыы кэлбитигэр сахалартан µс буолан µірэнэ барбыппыт. Устинов Данил диэн Нам уола лирическай баритон куоластаах этэ. 2­с курстан аргылаан уґуллубута. Готовцев Афанасий 2­с курс 1кы семестриттэн дьиэ ­кэргэн оло±унан тіннµбµтэ , биллиилээх диктор буолбута . Инньэ гынан мин Римскэй Корсаков аатынан Ленин орденнаах Ленинградтаа±ы консерваторияны , концертнай ырыаґыт, сольнай ырыа±а педагог идэтин туйгуннук кімµскээн со±ото±ун бµтэрбитим.

1963- 1986 сс радиохорга солистаабытым.

          Бастакы айбыт ырыам “Биґиги партиябыт“ диэн этэ . Мілтіх со±ус ырыа этэ. 1954 с. ол ырыаннан Москва±а бара сылдьыбытым. Решетников П.М салайааччылаах. Христофор Максимов, Алексей Попов бааллара.

Ырыаларым оччотоо±у кэм тыына тыыннаахтара,  бэйэлин кэмнэригэр µтµінµ оІорон ааспыттара дии саныыбын.  Кэм бэйэтин ырыаларын быґыытынан син биир ахтыллыахтара.

90-ча ырыалаахпын. 1952 с. аан бастаан радо±а ыллаабытым. “Чуорнай муора±а“, “Јлµінэ ірµскэ“,“ Эн комсомол“ уо.д.а элбэхтик ылланаллара.­

Ардыгар ырыам тылыгар баайсаллара. Ырыам тылын кімµскµµ Обком пропоганда±а отд. сэб. Томскайга кытта киирэ сылдьарым. Фонда±а ырыам барыта баар  “Роза±а“ диэн ырыабын  народнай артыыс Анна Егорова ыллыыра, убайым Матвей хас да ырыабын ыллыыра, “Сибэккилээх тµннµккэ“ ,“Комсомол“,“Партия“ . Анегина Ильина вокальнай циклбын МюнхенІа тийэ ыллаабыта.

Комараковы кытта сахалыы романстары суруйбуппут. Кинилиин биир дьиэ±э олоро сылдьыбыппыт. Гран Григорьяны кірсірµм. Марк Жиркову кірсµбэккэ хаалбытым.

Тойоттору кытта сатаан кэпсэппэт киґибин. Кыйа сылдьааччыбын.Ол

эрэн общественнай дьыаланнан ,1969с. Г.Чиряевка киирэ сылдьыбытым.

­“Эґиил Ленин 100 с. буолар, туох санаалаахын“­ диэн ыйыппытыгар, мин, партията суох киґи, санаабыппын барытын туруору эппитим. Нууччатыйан эрэбит диэн. “Сахалар нууччалыы аІаардаан саІарар буоллубут.Эн бэйэІ педагоккун. БэйэІ билэ сылдьа±ын. Саха тылын чааґа а±ыйаан факультатив эрэ курдук бэриллэр буолла. Бары нууччалыы эрэ саІарар аа±ар буолан эрэбит. Оччотугар саха литературата, сахалыы ырыа хайдах сайдыай, сахалыы аа±ааччыта суох, драматургия олох хаалла, саІа айымньы суруллубат“­ диэбитим. Композитордары иитэн таґаарарга  о±олору кыраларыттан иитэн таґаарыахха. Ол наадатыгар национальнай сабыылаах интернат­ оскуоланы аґан тыалары анаан кэрийэн талан о±олору µірэтиэххэ наада ­ диэбитим. Эбэтэр тулаайах о±олору со±уруу ыытан µірэтиІ ээ ,­диэн эбэн эппитим. Киґим таах истэн эрэ олорбута, туо±у да диэбэтэ±э.

Оччотоо±у саламта истибитин умнубат этэѕ

Саамай олохпор µірбµтµм диэн, кыра о±о сылдьан кыайыы буолла диэн эт кулгаахпынан истибиппиттэн. Ол кµн оскуола±а µірэммэтэхпин. Аччыктыыр эрэйин оччотоо±у о±олор билбиппит.  Сэрии кэмин, аччык кэмин аныгы ыччат билбэтэ буоллар .

Иккис улахан µірµµм дипломмун кімµскээбит кµнµм. Туйгуннук кімµскээбитим. 1963 с ыам ыйын 24 к. киґи буолан, идэни баґылаан атахпар туруум. Бу µрдµк µірµµм, ситиґиим этэ. Киґи олоххо таптыыр идэтин баґылыыра ­ бу дьол.

 “Эн комсомол­ мин дьолум“ диэн ырыаларым хомуурунньуга 1984 с. тахсыбыта , µксэ патриотическай ырыалар. Соро±ум тахса илик. Кинигэ бэлэмнэнэн сытар. Ырыаларбын эмиэ таґаарыахпын сіп этэ. Билигин барыта тілібµрдээх дии.

Мин мелодияны баспар буґаран испэ𠵴µµрэн чуумпутук айарым. Оччотоо±уга баритоІІа репертуар да суо±а Онно 굴эллэрим. Композитор а±ыйа±а.

Олох истиІ до±ордоґуу диэн ырыаґыттарга суох дии саныыбын. Хас ырыаґыт, бэйэ­ бэйэтин  кытта тус­туспа кірµµлээх сайдыылаах, идиологиялаах, истииллээх, іґµргэстээх. Айар µлэґит буолла±аѕ Кіннірµ уопсай тылы булса±ын. Бэрт былдьаґыы ордугар±аґыы, іґµргэнсии ханна барыай.

Уйбаан Степановтыын уопсай кірµµбµт чµгасаґар.

Киґи кэннигэр туох эмэ кэриэс хаалларыахтаах. КэлиІІи ырыаґыттар мин ырыаларбын ыллыахтара диэн эрэнэ саныыбын ээ. Таах олорботум . Туґалаахтык бэйэм кыахпынан айан­ тутан туо±у эмэни хаалардым дии саныыбын

Билигин, эстрада ырыаґыттара баґылаан кэбистилэр. Россия µрдµнэн. куоластаах ырыаґыт суох, “безголосие“. БилиІІи ырыаґыт куоластаа±ын да иґин ити эстраданы µтµкэригэр буккуллан­ тэккиллэн куолаґа кистэнэн хаалар. Ол эрэн ритм іттµнэн билиІІи ырыаґыт олох сайынна. Эстрада  уустук тэтимнээх. Ґчµгэй куоластаах ча±ылхай ырыа айыллыыта а±ыйах диибин. Тар±аныан сібі да суох ырыалар эфиргэ тахсаллара баар.

Аммалар урут ыІыраллар этэ. Матвей компага брак дииллэр. Биґиги эмиэ компьтерга кыайан истибэппит. Кинигэтэ махталлаах, барыта боростуой бойобуой тылынан суруллубут да буоллар. Ийэбит барахсан баар буолан иитэлээн уірэхтээх оІортоон киґи гынаттаата±а дии, ол заслугата тугунан да сотуллубат.

 Матвей урааІхай омугун улуу куоластаа±а этэ. Кини курдук киґи ітірµнэн тірµµрэ да биллибэт. Тембра кырасыабайа. Аллараттан µіґээ мµІµра суох бара турар регистрдаах, деапазоннаах.  Игорь кинээс партиятыгар кини улуу куоластаа±а эбии кістµбµтэ. Баритоннар чорбоІнуу­чорбоІнуу, эстэ сыґа­ сыґа ылыыллара. Кини сааґыран да баран ыллыырыгар мµІµра суох  кырасыабай тембрдаах куолас тіріін ааста. Народнайын µлэлээн ылбыта.Ойуунускай бириэмийэтин ылбакка хаалбыта.  

Туруорсан, туох да µчгэй памятник туруортардыбыт. Туруорсар киґитэ суох киґи, таах кэриэґэ суох хаалыан сіп. Јлбµттэрэ ір буолбуттарга билигин да сорохторун саІа санаан ійдібµнньµк туруораллар дии.

Кірбіккµт­ истибэккит диэн биґигини этэллэрин кінітµнэн истэн самнан, сэнэнэн сылдьыбыппыт буоллар таах хаалыа этибит. Арыый сытыы­хотуу буолан та±ыстахпыт. Ґірэххэ ба±а, киґи­хара буолар быа тардан бачча±а тийдэхпит.

Кыыстаах уоллаахпын, уоллаах кыыс сиэннээхпин.

          Мин дьоллоохпун, таптыыр идэбэр µірэнэн, µлэлээн олордо±ум дии.

Саха наґаа ырыаґыт омук.  Аммаа±а Чээбий, Устин Нохсоров , Александр Алексеев. Х. Максимов , биґиги, Нина Чигирева, Айта Адамова. Айта ­ дьахталлартан улуу опернай куоластаах . Ити эттэххэ дібіІ 6 тігµлээх международнай лауриат буолуу,  Чайковскайы ылыы диэн улуу дьыала . Итини саха ітірµнэн ылбата буолуо. Чайковскайы Россияттан Атлантов, Образцова уонна биґиги Айтабыт. ылбыттара.

          Билигин “саталлаах саґыл са±аланар“ µйэтэ кэллэ. Талаан дьо±ур  аллараттан тахсарын µп­харчы быґаарар кэмэ. Элбэх о±о кыайан µірэммэккэ хаалара баар буолуо.

Опернай театрга эдэр ырыаґыттар кэллилэр, киґи истэ­ истэ µірэр. М.Е.Николаев музыка µрдµкµ оскуолатын,  балет оскуолатын астарбыта µчµгэй. Ол эрэн бµтэрбиттэр ханна µлэлииллэрэ буолла. Биир театр эрэґиинэ буолбатах, биир оркестр баар .Бары онно киирбэттэр. “Кадровай избыток“ µіскээтэ . Аны , биґиги дрижербыт суох. Бэйэ кадрыгар курас дьоммут . Ити Алексей Унаровы µчµгэйдик ійіін µлэлэппит буолар µчµгэй буолуо этэ.

Дьиэбэр сахалыы саІарар киґи суох, онон сахалыыны аахтаран истэр кыа±а суохпун. Радионы эрэ истэбин.

          Мин билигин туохха да интэриэґим суох, кµннээ±и ыарыыны кытта охсуґуу. Билигин кэлэн саныыбын ээ, хайдах бэйэбин µірэтэн, µірэнэн µлэлээн­хамсаан, кэргэннэнэн, о±олонон олох толору хаанынан олорон, таптыыр идэбинэн дуоґуйан­ хомойон кэлбиппин олуґун сі±ібµн. Иккистээн тірµµрµм эбитэ буоллар маны хайдах хатылыахпын билбэппин.

          Дьэ итинник, кырдьа±ас ырыаґыт санаатаѕ

         

 

Views: 3112 | Added by: uhhan
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2008  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 13
Ыалдьыттар (гостей): 13
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024