News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2008 » Сэтинньи » 24 » Ф.Колесов. Саха сирэ Арассыыйа сорҕото.
Ф.Колесов. Саха сирэ Арассыыйа сорҕото. | 13:13 |
Саха сирэ Арассыыйа сорҕото. Арассыыйаҕа туох хамсааһын тахсара биһиэхэ быһаччы дьайар. Онон улахан дойдубут олоҕор кыттыһыахтаахпыт бырааппыт даҕаны, эбээһинэспит даҕаны. Ордук дойду инники олоҕор суолталаах түгэннэргэ. Дойдуга Президент этиитин кэнниттэн ырытыылар бөҕө бара тураллар. Ырытааччылар сүнньүнэн икки аҥы хайдаллар. Салалтаҕа олорор, ыытыллар политиканы өйүүр дьон уонна ыытыллар политиканы кытта сөбүлэспэт оппозиция. Биһиги сөбүлэспэттэр ахсааннарыгар киирэр дьон санаабытын этэрбит билиҥҥи кэмҥэ оччо биһирэммэт да буоллар Президент итиччэ күүскэ тыл - өс көҥүлүн туһунан эппитигэр олоҕуран ырытыыга кыттыһабын.
Сурук ис хоһооно бэйэ бэйэтигэр сөп түбэспэт утарыта туруулардаах. Мин Президент билиҥҥи кэмҥэ туруорбут сыанабылын кытта сүүс бырыһыан сөбүлэһэбин. Сыыһа өйдөөбөтөх буоллахпына, быһата «билиҥҥи былаас бэйэтэ бэйэтигэр суут, сокуон, партия, норуот диэн ааттанан олорор, онтон норуот былааска дьайар кыаҕа суох, бу үчүгэйгэ тиэрдибэт», - диэн. Олус элбэхтэ көҥүл, демократия туһунан эттэ. Ол эрэн Президент мин көрдөхпүнэ ону көннөрөр оннугар, өссө дириҥэтэн биэрэр этиилэри оҥордо. Холобура Конституцияны уларытар этиилэрэ кимиэхэ эрэ анаан курдуктар. Ол курдук аны 3 сылынан Президент быыбарыгар Путин кыттар күннээх буоллаҕына кыайара наһаа уустуга суох буолара буолуо. Ол аата теоретически 2024 сылга дылы аа-дьуо олорор кыахтаах. Оччоҕо били «бэйэтэ бэйэтигэр норуот» уларыйбатыгар тиийэр. Ааспыт 15 сыл тухары Арассыыйа Президенэ Федеральнай мунньахха тыл этэригэр ким даҕаны Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ киирдэҕинэ ойон турбат этэ. Бу сырыыга Путин киирбитигэр ойон турбуттарын билбэккэ да хааллылар. Бу Арассыыйаҕа үөскээбит быһыыны – майгыны олус үчүгэйдик көрдөрөр түгэн. Аны өскөтүн маннык схеманан былааска хааларга соруммут буоллахтарына бука көҥүл, демократия эҥин наһаа өрө тутуллубаттара буолуо. Арассыыйа Президенин быыбара болдьоҕун иннинэ даҕаны ыытыллыан сөп курдук. Президент этиитигэр Федерация Сэбиэтин депутаттарын уонна субъектар баһылыктарын норуот быһаччы талар быраабын киллэрбэтэ. Урут түһэн этэр буоллахха, Ижевск куоракка суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр, демократия бу көрүҥэ Арассыыйаҕа билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэспэтин туһунан эттэ. Кыайбыт партия (маны Единая Россия диэн өйдүөххэ наада) этии киллэриитинэн диэн буолла. Уопсайынан Медведев этиитэ биир өттүнэн Арассыыйа судаарыстыбата демократияны, көҥүлү сайыннарбатаҕына сайдар кыаҕа суоҕун өйдөөбүт киһи этиитин быһыытынан, иккис өттүнэн Арассыыйаны уһун сылларга биир илиигэ хам тутан олорор соруктаах курдук. Биһиги демократтар Арассыыйа арҕаа демократическай дойдуларга майгыннатан көҥүл суолунан сайдыахтаах диэн ааҕабыт. Ол эбэтэр Арассыыйа курдук киэҥ, элбэх омуктаах, араас усулуобуйалаах дойдуну биир халыыпка киллэриини, көҥүлү хааччахтааһыны сыыһанан ааҕабыт. Биһиги Арассыыйаҕа дьиҥнээх федеративнай сыһыаннаһыылары, субъектар бырааптара муҥутуур үрдүк буолуохтааҕын ирдиибит. Арассыыйа Президенэ Медведев итини барытын өйдүүр эбит эрээри, олоххо киллэрэр балаһыанньата суоҕа билиҥҥи кэмҥэ баһыйар эбит диэн түмүк оҥоруохха сөп. Бу сылларга Арассыыйа улахан сайдыы суолугар үктэнэн, олох көммүтүн курдук өйү - санааны үөскэтэ сатааһын барда. Аан дойдуга ньиэп сыаната ыараабыт кэмигэр ньиэби, гааһы атыылаан төһө да харчыламмыт курдук буолбуппут иһин, ис дьиҥин ыллахха балаһыанньа олох атын. Ол курдук эмпит 68% омук гиэнэ, 2000 – 2007 сылларга ааҕар – суоттуур омук техникатын атыылаһыы 12,8 төгүл, омук массыынатын атыылаһыы 22 төгүл улаатта. Арассыыйа бу сылларга оҥорон таһаарыыттан аккаастаммыт да курдук өйдөбүл үөскүүр. Дьиэ – уот баайдарга эрэ ананан тутуллар буолла диэн экспертнэй түмүк оҥоһулунна. Ол эбэтэр боростуой киһи хамнаһынан бараахха да хос атыылаһар кыаҕа суох. Бу сылларга салалта, үп – харчы эргимтэтин, атыы – эргиэн салаатын хамнаһа 6,5 – 6,8 төгүл үрдээбит эбит буоллаҕына, оҥорон таһаарааччылар хамнастара 4,5 – 5,5 эрэ төгүл үрдээбит. Тыа хаһаайыстыбатын туһунан киһи этиэн да кыбыстар. Айылҕа баайын атыылааһын 2002 сыллаахха 75,8%-тан, 2006 сыллаахха 85,5% дылы үрдээбит буоллаҕына, ити кэмҥэ Арассыыйаҕа оҥорон таһаарыллыбыт техниканы атыылааһын 9,4%-тан 5,6% дылы аччаабыт. Омук сириттэн бородуукта атыылаһыы 3,5 төгүл, атын табаары атыылаһыы 9,8 төгүл үрдээбит. Арассыыйа бааннара, тэрилтэлэрэ омук сиригэр иэстэрэ 2000 сыллаахха 31,4 млрд доллар эбит буоллаҕына 2007 сыл түмүгүнэн 484,7млрд долларга тэҥнэспит. Саамай дьадайбыт кэммитигэр 1992 сыллаахха наука сайдыытыгар Арассыыйа уопсай үбүттэн 2,43% көрүллүбүт эбит буоллаҕына, саамай баай диэн ааттанар 2006 сыллаахха 2,27% үп көрүллүбүт. 1992 сыллаахха АХШ-гар чинчийиинэн Арассыыйаттан 2 төгүл элбэх киһи дьарыктаммыт буоллаҕына 2006 сыллаахха 6 төгүл элбэх киһи. Ити курдук бары өттүнэн 1980 сыллардааҕы ньиэп, гаас суотугар олоруу саҕаламмыт. Ол иһин аан дойдутааҕы кириисис Арассыыйаны бэрт күүскэ оҕуста. Ону биһиги дьадаҥыбыт бэрт буолан аахайа иликпит. Аны саас арааһа баайдыын, дьадаҥылыын аахайар гына биллэрэ буолуо дии саныыбын. Онон салгыы маннык олорон Арассыыйа сайдар кыаҕа суох диэн Медведев сөпкө этэр. Ол эрэн Президент кимиэхэ туһулаан уларытыылары киллэриэххэ диэн этэрий. Тугу да уларыта сатаабакка билигин даҕаны Арассыыйаҕа саамай үчүгэйдик олорор дьоҥҥо. Кинилэр бэйэлэрин үчүгэй олохторун атын дьоҥҥо эмиэ үчүгэй буоллун диэн туран биэриэхтэрэ дуо. Мунньах кыттыылаахтара Президент этиитин өйөөн элбэхтэ ытыс таһыннылар диэн пресса бэлиэтээтэ. Таһынымына, кинилэргэ аҥардас Кремльгэ ыҥырыллыбыттара даҕаны улахан үөрүү. Ол аата чугастааҕы кэмҥэ уһуллар биричиинэлэрэ суох буоллаҕа…Билигин Федеральнай мунньах депутаттара, субъектар салайааччылара, министрдэр салалта тугу да эттин, биир санаанан ылынар кэмнэрэ. Формально кинилэр норуот бэрэстэбиитэллэрэ диэн ааттаналлар. Ол эрэн бүгүҥҥү депутаттары, субъектар салалталарын үгүстэрин дьиҥ чахчы норуот бэрэстэбиитэллэрэ диэхпин мин туттунабын. Ол эбэтэр дьиҥинэн кинилэри былааска норуот көҥүллүк талан аҕалбатаҕа. Коррупцияны утары охсуһуу туһунан. Коррупция бу үрдүкү былаас ыарыыта. Ону дьиҥнээхтик утарарга бастатан туран былааһы уларытар туһунан боппуруос туруохтаах. Саатар кэлэр сылларга уларыйар бэрээдэгэ оҥоһуллуохтаах этэ. Ол эбэтэр акцияны бас билээччилэр, омук сиригэр счеттаахтар улахан аҥара былааска олорор дьон. Ол эрээри былаас уларыйар механизма көрүллүбэтэҕин ааһан, бу былаас өр сылларга уларыйбат модьоҕото оҥоһулунна. Онон бэрик ылааччылар, коррупционердар уоскуйуохтарын сөп. Ил Түмэн ааспыт сылларга ситиспит бырааптарбытыттан, Конституциябыт балаһыанньаларыттан биир биэс мөккүөрэ суох аккаастаммыта. Саха республиката бүгүн туох да бырааба суох, биир даҕаны таныктаах бас билиитэ суох хаалла. Депутаттар «үөһэттэн» кэлбит циркулярынан Арассыыйа Конституциятын уларытыыга куоластыылларыгар туох да саарбахтааһын суох.
Онон бүгүн Ил Түмэн «Саха республикатын государственнай мунньаҕа» диэн тыл суолтатыгар ханан да эппиэттээбэт буолла. Туох дьаһал кэлбитин бигэргэтэр уоргаҥҥа кубулуйда. Дьиҥинэн Ил Түмэни икки палаталаах буолар балаһыанньаҕа төнүннэриэххэ баар этэ. Аллараа палата партийнай испииһэгинэн, үөһэ палата улуустартан биирдии кандидат талылларын курдук гына. Уопсайынан Саха сирэ кэнники сылларга соторутааҕыта биһигини кытта тэҥ соҕус балаһыанньалаах Татарстан, Башкортостан республикаларыттан быдан хааллыбыт. Бу күннэргэ Татарстан Президенэ М Шаймиев, республикалар түмсэн бырааппытын көмүскээһиҥҥэ бииргэ турунар кэмнэрбит кэлбитин туһунан тыл быктаран аһарда. Ону хаба тардан ылан кыттыһан үлэлэһэн барыахха баар этэ. Билигин да хойут буолбатах. Республикаҕа салалтатыгар бары ону олох өйдөөбөт дьон олороллоро буолуо дии санаабаппын. Тус бэйэ туһугар куттанар буоллахха, саатар ким эрэ ити үлэнэн дьарыктанар буоллаҕына кистии – саба да буоллар өйүөххэ баар этэ. Түмүктээн этэр буоллахха Президент Федеральнай мунньахха тыл этэригэр туох эрэ эрэл кыыма күлүм гыммыт буоллаҕына ол аҕыйах күнүнэн сүттэ. Төһө өр кэмнэргэ эбитэ буолла, бэйэбит баспытын бэйэбит бас билэрбит көҥүллэммэт кэмнэрэ өссө да салҕанар буоллулар курдук. Арай бэйэбит өйбүт – санаабыт уһуктан бардаҕына баҕар эмиэ…
Ф.Колесов.
|
Views: 2849 |
Added by: uhhan
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 14 Ыалдьыттар (гостей): 14 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|