Саха ырыата барахсан...
Сайан киирэр сайаҕаһын, иэтэр –куотар
иһэрэҕин, иҥэн киирэр истиҥин, өтөн киирэр өйдөбүлүн туох диэн этиэҥ баарай?
Куппут кулукута, сүрэхпит чүмэчитэ ылбаҕай ырыа , хомоҕой хоһоон, чоруун дорҕоон, дьүөрэ дьүрүскэн киһи олоҕун кэрэннэн киэргэтэн ситэрэн симиир, тыыҥҥын тылыннарар буоллаҕа.
Саха ырыатын туонатыгар, кини кэрэкэ кэриилэригэр, дорҕоонноох дуолларыгар Дьөгүөрэптэр дьон-сэргэ кутун туппут, сүрэхтэрин сүүйбүт ырыаһыттарынан буолаллар. Номнуо отучча сыл ымыы буолан ыллаатылар, күрэгэй буолан көрүлээтилэр. Саха омугун ырыа чыычаахтара кинилэр дуу дэттэхтэрэ.
Кырдьыга да саха ырыатын-тойугун айар - дьайаан аартыгар Алексей , Екатерина Егоровтар ырыалара - тойуктара, айар – тутар айымньылара, иитэр-үөрэтэр үлэлэрэ аҥардастыы аатырыан аатырар.
Чахчы да норуот ырыаһыттара, хас биирдии саха сүрэҕин лабаатыгар туспа миэстэлээх тойуксуттар, ыраларын кытта дьүөрэлэһиннэрэр ырыаһыттар диэтэххэ омуо буолуо суоҕа дии саныыбын.
Саха норуотугар үтүмэн үтүөлээх ырыаһыт, ырыа айааччы Алексей Егоров 50 сааһын, сыанаҕа тахсан ылаабыта 5 сааһыттан буоллаҕына 45 сылын туолар. Олорбут олоҕу олоотоон көрөргө, сылдьыбыт сырыыны сыныйа ырытарга, түбүктээх үлэ түмүктэрин түстүүргэ тоҕоостоох кэм. Ол сиэринэн Элэккэй Үөрэк бу
айар олоҕун кэрчиктэрин үбүлүөдээх үйэ этэҥэр үмүрүтэн муспутун кэлэн көрөн-истэн сэргэҕэлээҥ, астыныҥ, дуоһуйуҥ диибин!
Кини киһи, ырыа-киһи. Дьөгүөрэптэр ырыа куттаах, ырыа биһиктээх ыаллар. Ырыаһыт сүрэҕэ өссө да элбэх дууһаны долгутар, сүрэҕи манньытар ырыалары айыа-тутуо турдаҕа. Айар кыаҕа өссө арыллан, ыллыыр ыыра эбии кэҥээн иһэрин көрөбүн. Дьөгүөрэптэр салҕана турар саргыланыҥ, амалыйа турар айымньыланыҥ!Уххан.
Дьөгүөрэптэргэ
дьүөрэ тыл
Уостан түспэт ырыалардаах
Уостан хаалбат ыралардаах
Айар үлэ аартыктаах
Айыы дьоло алгыстаах
Дьөгүөрэптэр!
Өйтөн санааттан өспөттүк
Өртөн ыраахтан сүппэттик
Истиҥ иһирэх иитиилээх
Иэтэр куотар иэйиилээх
Дьөгүөрэптэр!
Уостан түспэт ырыалардаах
Умнубат, уйаҕас ыралардаах.
Сайаҕас истиҥ сайааннаах
Сахалыы иһирэх иэйиилээх
Дьөгүөрэптэр!
Кукка сүргэ уйаламмыт
Сүрэххэ сүрэлгэ үйэлэммит
Сүппэт ахтыы сирдьитэ
Эдэр сааспыт илдьитэ
Дьөгүөрэптэр!
Уостан түспэт ырыалардаах
Уһун үйэлээх ыралардаах
Уус уран тыллардаах
Илэ тиллэр иэйиилээх
Дьөгүөрэптэр!
Саар ыыс
(Элэккэй Үөрэккэ)Үөрэ-дьүөрэ үөрэккэй
Ырыа-тойук дьиэрэҥкэй
Көтөр көмүс дорҕоонноох
Сайар санаа салгыннаах
Ырыаһыт бэрдэ Өлөккөй Өгүөрэк
Уолбут биһиэнэ Элэккэй Үөрэк!
Иэйэр кутуҥ – ырыа кутуҥ
Уран тылга уһуллан
Дорҕоон доҕуһуолга олорон
Кэрэкэ куоласкар кэккэлэһэн
Дьүөрэлэһэ кутуллар.
Дьөгүөрэп ырыата табыллар.
Ыраланарыҥ тухары
Ырыа эн сүрэххэр уйалаах
Санааҥ сахалыы саргыта
Ырыаҥ тылыгар тыыннаах!
Ырыаларыҥ эйиэннэрэ -
Көтөр кынаттарыҥ!
Кини киһи, ырыа-киһи !
Ырыа айааччылары
Ыырдарын булларааччы
Ааптардар сойуустарын
Атаҕар хаамтарааччы
Мэлэдьиистэри мэлдьэспэт
Хоһоонньуттары хомоппот
Мусукааннары муннарбат
Толорооччулары тумуннарбат
Кини киһи, ырыа - киһи!
Сииккэ-хаарга сиэлбэккэ
Силигэр тийэрдэ
Ситэрэн-хоторон
Симэһиннээх ситиһиилээх.
Тоҕустан тойуксут
Толору мэлэдьиис
Ситэритин сэлиис
Ыалынан ырыаһыт
Алексей Егоров.
Кини киһиэхэ, ырыа киһиэхэ
Элэйбэт эргэрбэт эйэлээх
Элэккэй Үөрэккэ –
Үйэ аҥаардаах үбүлүөйгүнэн
Эҕэрдэ буолллун!
Баҕаҥ барыта туоллун!
Санааҥ хоту буоллун!
Үбүлүөйгүнэн үһү домох...
Биэстээҕиттэн бэлэһинэн биһирэммит, алталааҕыттан артыыһынан аатырбыт, тоҕуһугар тийэн тойукка убаммыт, баҕаран туран байааннаан баарын биллэрбит, күөмэйинэн күөрэгэйгэ холоммут, куолаһынан куотуталаабыт, эдэриттэн эриллибит, улар сааһыттан уһуллубут, улаатан истэҕин аайы, учуулуссаттан уһулуччута биллибит, такыллан истэҕин аайы таһыма тиллибит, ыллаабыт ырыата ыраахха дуорайбыт, үлэлээтэҕин аайы үтүмэн үчүгэйэ үлүһүппүт Елексей Егоров дуо дэппит, үһү...
Ол курдук уолбут барахсан мусукаан буолан мускуллан тахсыбыт, ырыа айан ыыра ырааппыт, артыыс буолан аатыран тахсыбыт. Күөмэйдээх күндүтэ, куорсуннаах куоластаах, көтөр дорҕоонноох ырыаһыт эрэ ымыыта кини дэппит, үһү...
Айбыт айыылар анаабыт курдук кэрэ куоластаах, ханыылаабыт курдук хатан күөмэйдээх кыыс оҕо кылаанын, Кэтиис кыыһы кэргэн сүктэригэр диэн, кэтэҕиттэн анаабыттарын, ыллыырын истэн ыбылы ылларбыт, биһи уолбут биһирээн турбут, биир сиргэ сүгүн турбат буолбут, күлүгүн да көрөөт көрдөөбүтүнэн барбыт, сураҕын да истээт суоллаабытынан барбыт, үһү..
Ол курдук өр-өтөр гымматах, ырыа суолун ыырын батан, ыллыктар холбоһор сирдэригэр ыы муннукка көрсүһэ түспүттэрэ үһү...
Онтон ыла сиэттиспитинэн орулуур отут сыл устата оҕо уруу төрөтөн, Ырыа диэн ымыылаах,Муусука диэн муннуктарын аайы ытыыр музалаах , Айар үлэ диэн алаһалаах, тэйэр Тэтим диэн тэлгэһэлээх, Матыып диэн мандардаах олох киэҥ суолунан , оҥоһуу туоларынан олорор ырыаһыт ыал баар буолбута үһү...
Дьөгүөрэптэр ырыа куттаах дьиэ кэргэттэрэ, саха омук сайаҕас салгын кутун саататан, үөрүнньэҥ истиҥ сүрэҕин, ийэ кутун манньытан, айыы дьонун аламаҕайдык астыннаран, бар дьоннорун туһун туойан, күн бүгүн кинилэр чулууттан чулуулар, баартан эрэ бастыҥар үһү..
Ырыа барахсаны кытта ыксаласпыт, ыалласпыт олохторугар, киһи киһиэхэ кэрэ сыһыана, истиҥ иһирэх иэйиитэ, кини таптала, эрэлэ, итэҕэлэ , айылҕа кэрэ көстүүтэ, сөҕүүтэ, махтайыыта хоһуллар, ымыы гыммыт ыралаах санаата ылланар, үһү...
Мааны матыып, талыы куолас ырыа буолан ыраахха иһиллэр, киэҥҥэ дуораһыйар Истибит эрэ кэрэхсиир, сэргиир, астынар, таптыыр да үһү...
Үйэ аҥаардаах үбүлүөйгүнэн үһү домох этэн үлүгүнэйдэҕим буоллун.
Айыы киһитин, Айар кут аналын толорон, аҕаа- ийээ буолаҥҥыт аастыйыаххытыгар дылы айар үлэҕитинэн аатырыҥ, эһээ-эбээ буолаҥҥыт элбээн тэнийэн иһиҥ!
Эппитим эрэ экчи , саҥарбытым эрэ чахчы буолуохтун! Амаҕаччы тылым алгыһынан туолан амалыйыахтын!
Уххан
Уххан
Айхаллыахха
уруйдуохха!
УрааІхайдыыр
сахалар
Уунан
тийбэт уйгуга
Уґаан
тіріін иґиэххэ
Уруу-аймах
тэнитиэххэ!
Саха
буолбут аатыгар
Саргылардаах
олоххо
Сайдан
µµнэн иґиэххэ
Санаалары
салайыахха!
Айыы
аймах дьонноро
Айбыт
халлаан аналын
Айымньылаах
µлэннэн
Айхаллыахха
уруйдуохха!
Кµннµµр
ууґа дэнэммт
Кµнµн
аайы тупсаммыт
Кµргµімµнэн
сылдьаммыт
Кµµтэр
кэскили уґаныахха!
Киґи
буолбут аатыгар
Килбиэннээхтик
туттуохха
Киэннээх
ааппыт суолугар
Кимэн
киирсэн иґиэххэ!
Сирдээх
уоттаах буоламмыт
Силигилии
ситэммит
Симэлийбэт
туґугар
Сириэдийэн
тахсыахха!
Јлбіт
сµппэт туґугар
Јйтін
сµбэ буламмыт
Јйдіін
дьµµллээн тураммыт
Јрігійгі
тийиэххэ!
***********
Уххан
А.Егоров 50 сааһыгар оһуохай тыла
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Ырыа-тойук аргыстаах
Ыра санаа суолунан
Ыччаттары ыҥыран
Ыксалаһан турүоҕуҥ!
Тылы өрө тутаммыт
Тыыллан –хабыллан тураммыт
Тыыннаах сылдьар туһугар
Тырымнатыҥ сүрэххитин!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Утумнаммыт уратыны
Умнубаттыыр туһугар
Урааҥхайдыыр дьонноро
Уран кэрэ тылынан
Уйан нарын ырыаннан
Уһун уйэ
тускулун
Уруйдуохха, айхаллыахха!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Харыаннаахай дойдубут
Хайа баҕар сириттэн
Халыан сүрэх ытыыра
Хараастаахтыыр ырыата
Хаһан да иһиллимэ!
Үөрүү-өрөгөй ырыата
Өрүү иһиллэ туруохтун
Оҕо чоруун куоллаһа
Оһуохайга холбостун
Эдэр-эмэн этиитэ
Эһиэкэйгэ кыттыстын!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Бүтэй Бүлүү сириттэн
Бүппэт этии иһиллэр
Тоҕус сирин диэккиттэн
Тоҕойдорун аайыттан
Тойук дорҕоон дуорайар
Толоон аайы ньиргийэр!
Саха омук мустубут
Сайсарытын сиригэр
Сайар санаа салгыннаах
Сайдам ырыа дьиэрэйэр
Санныларбыт көнөөхтөөн
Санааларбыт көтөөхтөөн
Ырыа тула мустаммыт
Ыралардаах баҕабыт
Ылланарын тухары
Ыччат дьоммут дьолугар
Ыраах олох туһугар
Ыллан туойан биэриэҕин!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Үйэ этэҥэр тийбиттээх
Үбүлүйдээх киэһэҕэ
Үөрүү тула мустаммыт
Үстүүр Бүлүү төрүттээх
Үҥкүүбүтүн этэммит
Өрөгөйдөөх күммүтүн
Өрө уунан тураммыт
Ырыа туһа дэһэннэр
Олохторун анаабыт
Дьөгүөрэптэр ааттарын
Дьүөрэ тылы анааммыт
Дьүһүйбэхтээн биэриэҕиҥ!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Элэккэйдиир Өгүөрэккэ
Эҕэрдэлээх эһиэкэйи
Этэр күммүт үүммүтүн
Эҥээриттэн тутаммыт
Элээннэһэн тураммыт
Этэн тыынан биэрэҕиҥ!
Саха омук бараххан
Сайар күнүн сарыалын
Саргы-дьаалы кэлэрин
Саныыр ахтар буоламмыт
Санаабытын түмэммит
Сайа ыллаан биэриэҕиҥ!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Айар тутар айылгылаах
Аҕыраабат айымдьылаах
Көҕүрээбэт көрүүлэрдээх
Үллэ турар үлэлээх
Уостан хаалбат ыралаах
Уостан түспэт ырыалаах
Өлөксөйдүүр Дьөгүөрэпкэ
Өрөгөйдөөх күҥҥүнэн
Өртөн- өргө сүппэттик
Өйтөн- санааттан түспэттик
Өспөт өйдөбүл этэбит!
Өлөксөбүт биһиэнэ
Саха омук кэрэтэ
Саныыр ахтар ырыата
Кини киһи-ырыа киһи
Киһи киэнэ килбиэнэ
Кэммит кэлэр кэрэһитэ
Эдэр сааспыт илдьитэ
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Айааччылар сойуустарын
Аҕалара буолааччы
Мэлэдьииһи мэлдьэспэт
Хоһоонньуту хомоппот
Мусукааны муннарбат
Толорууну тумнубат
Сииккэ-хаарга сиэлбэккэ
Ситэн-хотон, бүтэрэн
Симэһиннээх ситиһиилээх
Ыалы муҥунан ырыаһыттаах
Тоҕус сириттэн тойуксут
Мэлдьэх буолбат мэлэдьиис
Ситэритин сэлиис бэрдэ
Ымыылардаах ырыаһыппыт
Иэйэр кутун оонньуута
Иһирэххэ илдьээччи
Талыы кэрэ куолаһа
Тапталларга сирдээччи
Матыыптарын мааныта
Манньыйыыга тийэрдээччи
Дьүрүскэнин дьүөрэтэ
Дьүөгэлэри үөрдээччи
Толоруутун туйгуна
Тойон сүрэҕи тутааччы
Айар кутун айылгытын
Айыы дьонун астыннара
Айхаллыахха
уруйдуохха!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Саха
ырыата бараххан
Сайан киирэр сайаҕаһын
Иэтэр –куотар иһэрэҕин
Иҥэн киирэр истиҥнэрин
Өтөн киирэр өйдөбүлүн
Туохха холуоҥ баарай даа
Куппут-сүрбүт кулукута
Сурэх дууһа чүмэчитэ
Ылбаҕайдыыр ырыабыт
Хомоҕойдуур хоһооммут
Чорууннардаах дорҕооно
Дьүорэлэһэр дьүрүскэнэ
Тыыннарбытын тылыннарар
Кэрэбитин кэҥэтэр
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Ырыа, ырыа бараххан
Ыра баарын туххары
Ылланаахтыы турдунууй
Ырыа, ыарыа бараххан
Санаа баарын туххары
Сатарыйа турдунууй
Ырыа, ырыа бараххан
Саха баарын туххары
Сайдан-үүнэн истиниий!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай
Ырыа куттаах дьоннорго
Ырыа-биһик ыалларга
Ымыы буолбут ырыаһыттарга
Дьөгүөрэптэргэ эһиэхэ
Уруй, Айхал этэбит!
Саргы –талаан буолуохтун
Саха ырыата сайыннын!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Оһуокайдыыр оһуокай!
25.11.08