Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2008 » Ахсынньы » 14 » Уххан Тима хартыыналарын симфония курдук истэбин...
Уххан Тима хартыыналарын симфония курдук истэбин...
22:01

Саха омук санаата буолар, урааҥхай аймах улуута туолар ууһугар Күнтэйэр Түмээс Ууска аныыбын.

Сэтинньи 7 к. 2004 с.Уххан.

Ый нууралын сырдыгынан
Ыра санаатын симээбит
Ымыы ылгын ыйаахтаах
Сулустар суһумнарынан
Сотуллубаттык суруллубут
Сойбот суон сурахтаах
Этиттэриилээх этигэн көстүүнү
Эриэн холустаҕа эпсэри эҥсэн
Этэр тыынар өҥ тыллаах
Дириҥ долоҕой дьиҥиттэн
Дьиктини кэрэни булаттыыр
Сорсуннаах сонордьут өйдөөх
Ис чиҥ ис хоһоонуттан
Иһирэҕи истиҥи ирдиир
Иэйэр имэҥ куттаах
Кыларыйбат кырааска уруһуйдаах
Кистэлэҥнээх киистэ бичиктээх
Суураллыбат соһо суруктаах
Күн тэйэринэн күлүм уулаах
Күн дэлэйинэн күлэр күөллээх
Күндэйэ диэн дойдулаах
Күнтэйэр Түмээс Уус доҕорбор
Айбыттан анаарыылаах
Айыы Хаан айхалын аныыбын!
Уһулуччуларга анаммыт
Улуу сахтан ууруллубут
Урааҥхай уруйун уунабын!

Тима хартыыналарын
симфония курдук истэбин...

- диэн Россия, Саха народнай артыыһа Иван Степанов, доҕорун народнай художник Тимофей Степанов айымньыларын туһунан этэр.

Иван1962 с. Художественнай училищеҕа үөрэнэ кэлэригэр Тимифей иккис курс студена эбитэ үһү. Биир хоско олорон, биир иһиттэн аһаан олорбуппут, оччолортон ыла мин кинини үчүгэйдик билэбин - диир.

У: Эн бэйэҥ худуоһунньук үөрэхтээх, доҕоро киһи, Тимофей үлэтин хайдах сыаналыыгын, кини хайдах айарай?

И.С: Тима 4 саастааҕыттан аахпыт киһи. Детдом оҕото. Төрдө Сунтаар. Буолаары буолан 5-6 сааҺыттан олоҥхону ааҕар. Ону өйүгэр, хараҕар оҥорон көрө улааттаҕа. Оҕо эрдэҕинэ киниэхэ олоҥхо кирбит эбит, кутугар -сүрүгэр уйаламмыт. Этэргэ дылы олоҕу олоҥхоннон көрө улааппыт. Аны эмиэ ол саҕаттан уруһуйдуур этим диирэ. Бу мин санаабар Үрдүк айыылар анаан бэлэмнээбит киһилэрэ. Анабыллаах айылгылаах курдуга. Эдэр сааһыттан бу орто дойдуга, айыы хаан аймаҕа үс дойдуну кытта ситимин өйдөбүллэрин барытын оҥорон тутан-айан хаалларарга сыал-сорук ылынан олоҕун тухары үлэлээбит, чахчы айымньылаахтык үлэлээбит киһи диибин мин.

Саха саҕыллар саҕын
Сатаан аҕаан таһаарбыт
Сатабылгын сөҕөбүн
Күн күлүмүрдэс утаҕын
Уран уруһуйга угуйбут
Уобарастаргар умсабын
Өҥ-тала өркөннөөҕүн
Өстөн өһүккэ тийэр>
Өйдөбүллээҕин сомсобун

У: Киһи быһыытынан хайдах сыаналыаҥ этэй?

И.С: Киһи быһыытынан наһаа сэмэй боростой, кыбыстанньаҥ, киһиттэн ордо сатаабат киһи этэ. Сүдүтэ сэмэйигэр көстөрө. Кирэ суох, ыраас айыы киһитэ. Кини олоҕун бырагыраамматын чопчу билэрэ, тугу гынарын, тугу гыныахтааҕын, туохха үлэлиэхтээҕин барытын билэрэ. Өссө, кини суох буолтун кэннэ саныыбын ээ; кини орто дойдуга оҥоруохтааҕын барытын оҥорон, өлөн баран ханна тиийэн, хайдах олруохтааҕар тиийэ, ол дойдулар анаарыыларын айымньытыгар киллэрэн оҥорон көрбүт киһи диэн.
Бүтэһик серията “Библия” этэ. Суорун эмиэ тиһэх үлэтэ “Библия” этэ. Олоҥхоҕо үлэлээбит дьоннор. Дьэ бэйэҥ санаан көр; кини айымньылара, орто дойду олоҕун дириҥ өйдөбүллэрин барытын; аллараа, үөһээ этитиилээх, үөтүүлээх эйгэлэри барытын хабан, олоҥхо, ойуун, уус, саха олоҕун, саха үөтүүлээх санаатын нөҥүө айан-дьүһүйэн хаалларда дии. Киһи сөҕөр-махтайар, ситэн өйдөөбөт, анааран сэрэйэр айымньылара.
-Да,_да, именно сүдү айымньылар! Көннөрү үрүһуй буолбатахтар. Мин кини хартыыналарын симфонияны истэр курдук ис турукпунан истэбин. Олоҥхотун тойугун кылыһахтара дьүрүһүйэн иһиллэр курдуктар, тылын-өһүн эҥсилгэнэ ыраахтан дуораһыйан иһиллэргэ дылы. Улуу симфония! Харах көннөрү хартыына курдук көрөрө диэн атын. Кини хартыыналарын көрө сылдьар оҕотуттан оҕонньоругар тийэ бары куттарыгар-сүрдэригэр, дириҥ өйдөрүгэр-санааларыгар, ис туруктарыгар тийэ ыттаран көрөллөрүн элбэхтик бэлиэтии көрбүтүм. Бары айымньы дииллэр эбээт. Туох эрэ сибэтиэйгэ, тыытыллыбат эйгэҕэ киирбит курдук буолааччылар, өйдөөн көрөөрүҥ эрэ. Кини хартыыналара туспа ураты энергетикалаахтар.

Үөрэр-дьүөрэ үчүгэй талыы
Сыымай-дьикти сыбыы сыһыарыы
Талбата талыытын таайабын
Холуур-холбуу хомоҕой уруһуй
Суулуу сото солун суруйуу
Суолун-ииһин анаарабын
Кустук өҥүн талыытынан
Киистэ кылларын ытаппыт
Кистэлэҥнэриҥ домноох
Куруһуба дьэрэкээн өҥнөрүҥ
Куолутун сэһэнин кулукута
Куттан-сүртэн тутулуктаах
Холуста хонуутугар хонуктуур
Хомоҕой хоһуйууҥ хоһоонун
Хоноһото хомуһуннаах.

У: Төһө өйдүүллэрэ буолуо дии саныыгын?

И.С: Ким туга сайдыбытынан, кутун-сүрүн ис туруга хайдаҕынан истэн эрдэҕэ. Ким хараҕынан көрөн, ким кулгааҕынан, сүрэҕинэн-дууһатынан истэн иҥэринэр буоллаҕа. Онто уйулҕатыгар тийэр, биллэр. Хааҥҥа баары уһугуннарар. Кэлиҥҥи сылларга сахалыыбыт син төнүннэҕэ дии. Сахалар бу диэн тута өйдөөбөтөхтөрүн иһин ис күүстэринэн, түгэхтэринэн бу биһиэнэ диэн ылыналлар, кэрэхсииллэр. Дьэ ол иһин Тимофей Степанов хартыыналарыгар биһиги детсат саҕаттан үөрэниэхтээхпит, иитиллиэхтээхпит. Бары үөрэх, иитии бырагырааммаларыгар, кинигэлэригэр киириэхтээх, биһиги сахалар, үөрэхтээхпит эбит диир буоллахпытына. Мин санаабар орто дойду дьонун, иэгэйэр икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи барытын кэрэхсэтэр, үөрэтэр-иитэр хартыыналар. Билигин биһиги өйдөөбөппүт, кини суолтатын. Кэмэ кэлэн иһиэҕэ. Аттыгар сылдьар чугас билсэр-көрсөр дьоно да кини дьиҥ ис туругун ситэ өйдөөбөтөх буолуохтарын сөбө. Олох үөһэттэн ананан, айыллан кэлбит киһи этэ. Билигин кини, бу икки Уйбааннар тугу-тугу кэпсэтэллэр диэн мүчүҥнүү- мүчүҥнүү булгу истэн олорор буолуохтаах диэн, хайдах эрэ мин саныыбын. Ону харахпар көрөр курдукпун. Кини миэхэ өрүү тыыннаах.

Олоҥхону оһуордаан
Остуоруйаны оломноон
Ойууну ойуулаан
Айыылары дьүһүйэн
Иччилэри илэтитэн
Ууһу уруһуйдаан
Абааһылары арааттаан
Аналларынан туруортаан
Айбыт-туппут айымньыгар
Сурах буолбут
суон суолтабытын
сураа суруккар тиспиккин
Урааҥхай саха
Уратылаах улуутун
Уруһуйгар эппиккин
Үөдэн түгэҕиттэн
Үрүҥ күҥҥэ тийэ
Үс дойду үтүөтүн
Үрүҥүн харатын ситэҥҥин
Үрүҥ холустаҥ хонуутугар
Үҥэ-сүктэ түмпүккүн
Өспөт үйэлэр
Өлүүскэлээх өрүүлэрин
Өйдөбүллэрин өһүлэн
Өҥ-дьүһүлгэн талатынан
Өлбөт-сүппэт тыыннаан
Өйдөбүнньүк хаалларбыккын!

У: Бу олоҥхо суолталаныытын, саҥа музей үлэлээһинин, кини хартыыналара туспа дьиэлэниитин барытын баттаһан, онно олорон үлэлии сылдьыбыта буоллар ньии...
И.С: Этимэ даҕаны, эн оҥороргун оҥордуҥ, орто дойдутааҕы бырагырааммаҕын ситэрдиҥ, далбараҥар эйигинэ да суох сылдьыахтара, суохтатыахтара суоҕа диэбит курдук үөһээҥҥилэр илдьэ бардахтара. Кини олоҕун тухары олох куһаҕан услуобуйаҕа, ыт уйатын курдук кыра мастарыскыайга үлэлээбитэ. Бэйэтин харыстаммакка “на износ” үлэлээбитэ. Ити киэҥ үчүгэй дыбарыаска кини үлэлээбэтэ. Үлэтигэр туох да наһаа бэрэниилээх, бэрээдэктээх этэ. Сахаҕа кини курдук анал үөрэҕи ааспыт рестовратор идэлээх киһибит суох быһылаах. Рестоворатар быһыытынан суолун-ииһин эмиэ хаалларда. Кин сүрүн үлэтэ буоллаҕа. Уруһуйдуурун хоббим диирэ. Атын биир идэлээхтэртэн кини ордуга диэн рестовратор идэлээҕэр сытар. Былыргы худуоһунньуктар уруһуйдуур ньымаларын, кырааскаларын састаабын, хайдах тутталларын барытын ымпыгар-чымпыгар тийэ үөрэппит, ону туһаммыт киһи буоллаҕа.
Кини билиитин таһыма дэгиттэр бэрдэ. Кини библиотекатын курдук бибилиотекалаах киһи биһиэхэ баарын билбэтим. Эдэр эрдэҕиттэн анаан-минээн Ленинградка үөрэнэр сылларыгар степендиятын сыыһыгар хомуйбута. Уруһуйдуур хас биирдии деталларын, таҥаһын-сабын, сэбин-сэбиргэлин ымпыгын-чымпыгын туһунан дириҥник билэрэ. Ньургун Боотур Олоҥхо операҕа анаан эзкизтэри оҥорбута, онто билигин ханна баара биллэ илик. Тимофей саха олоҥхотун, ойуунун, ууһун уруһуй театрын оҥорон бүтэрэн барда. Олоҥхо ис хоһоонун хаалларда. Оннук уһулуччу киһи!

Мэҥэ ойуу суруккар
Кииммит кимэ кэпсэнэр
Хааммыт хантана этиллэр
Этигэн көстүү айыыгар
Быстыбат ситим биллэр
Өйдөбүл тыына тиллэр!

У: Ойууларын эрдэ көрөбүн диэччитэ суох дуо?
И.С.: Инньэ диирин истибэтэҕим. Ыйыппатаҕым даҕаны. Кини өҥнөөх түүллээҕин туһунан билэбин. Элбэхтик ол туһунан сэҺэргэстэхпит дии. Этэбин дии олох кыра сааһыттан, ойуун эттэтэрин, иитиллэрин курдук олоҥхоһут, ойуун, уус идэтигэр уһуйуллубут курдук киһи. Кини ону аһыллан кэпсээн бардаҕына киһи сөҕөрө. Аны хартыыналара бары үөһэттэн анааран олорон суруллубут курдуктар. Кини үөһэттэн, үрдүктэн көрүүлээх киһи этэ. Бу кэлин хартыыналарын үчүгэйдик бэйэтэ быһааран кэпсиир буолбута. Саҥа хартыына суруйдаҕына ыҥыран көрдөрөөччү.

У: Кини дьоллоох киһи этэ дуо?
И.С.:Бу орто дойдуга тугу оҥоруохтааҕын, тугу ситиһиэхтээҕин толорбут, ситэрбит айар үлэһит быһыытынан толору дьоллоох этэ. Тус олоҕор эмиэ дьолун булбута. Сааһырыар диэри соҕотох сылдьыбыта. Ниналыын холбоспуттара 20-чэ сыла буолла быһылаах. Нинаны эмиэ киниэхэ айылҕата анаан тиксэрбит курдук. Тима ону-маны тэрийии, булуу-талыы, кэпсэтии-ыпсарыы өттүгэр мөлтөх этэ, ону Нината ситэрэн-хоторон биэрбитэ. Ити билигин галереятин туттаран, киирэрэ буолан эрэр. Бу киһитэ кини буолан итини барытын ситэр-хотор. Кыыһа Айта эмиэ биир оннук. Манна биһиги саламтабыт биллэ-көстө көмөлөһөн, сиппэтэҕин ситэрэн, тутуллубатаҕын тутан, оҥоһуллубатаҕын оҥорон биэриэн наада. Кэргэн, аҕа, эһээ быһыытынан туох да мааны киһи буоллаҕа. Сиэнигэр ымманыйара, кинини таптыыра бэрдэ. Нинаны “маама” диир идэлээх этэ.
-Хайдах кэргэҥҥин кыра оҕо курдук “маама да маама” диигин диэн соруйан оонньоон эппиппэр,
- хата эн баччааҥҥа дылы “маама” дии сылдьар маамалаах эбиккин дии диэбитэ. Кини детдомҥа иитиллибит киһи “мааматын” Нина солбуйбута. Кырдьык, Нина Тимаҕа маама курдук, Тима киниэхэ оҕо курдук этэ.

У: Тимофей Степанов хаалларбыт айымньыларын хайдах сыаналыаҥ этэй?
И.С.: Тимофей Степанов норуотугар хаалларбыт дуохуобунай баайа тугунан да сыаналаммат баай. Хайдах да үйэ кэлтин иһин, Саха омуга диэни кини хартыыналара кэрэһэлии, кэрэхсэтэ туруохтара. Бу күннээҕи тиэмэ хартыыналара буолбатахтар, бу үйэлэри үҥуордаатахтарын аайы өссө эбии дьэҥкэрэн, суолталара, өйдөбүллэрэ арыллан, ырааһыран, дириҥи, уһуну, үйэлээҕи эҥсэн чулуу сиэдэрэй буолан иһиэхтэрэ. Кини улуу худуоһунньук. Кини үлэлэрин харах харатын курдук харыстыахтаахпыт.

Айбыт Аҕа Халлаан айанньыта
Киҥкиниир киэҥ куйаар илдьитэ
Ааспыт, кэлэр кэм суолдьута
Күнтэйэр Түмээс Уус!
Эн айар талааҥҥынан
Үйэлэргэ үүннэрдиҥ
Үөмэн тийбэт үөрүүлээх
Үөскүү-үөдүйэ турар
Үтүмэн үтүө үчүгэйбитин
Саас үйэ тухары
Саргылана саҕылла турар
Саха омук албан аатын!

Views: 2201 | Added by: uhhan
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2008  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 30
Ыалдьыттар (гостей): 30
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024