Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2009 » Муус устар » 10 » Тумус Мэхээлэ. «Тыыннаахтар» тыыннаахтык «тыыннаахтыы» оонньууларыгар сыанабыл
Тумус Мэхээлэ. «Тыыннаахтар» тыыннаахтык «тыыннаахтыы» оонньууларыгар сыанабыл
14:10

«Тыыннаахтар»

тыыннаахтык «тыыннаахтыы» оонньууларыгар сыанабыл


ТыыннаахХайа баҕарар киһи тугу көрбүтүгэр-истибитигэр барытыгар сыана быһа сылдьар.
Сороҕун сөбүлүүр, сорҕотун абааһы көрөр.
Сөбүлүүрүн үрдүктүк тутар, сөбүлээбэтин «ыкка быраҕар».
    
    Ити киһи айылгыта. Сахалыы аата Амтаһын диэн. Амтаны араарар айылгы. Нууччалыыта «вкус» диэн быһыылаах, арааһа.
Амтаһын майгы киһини кытта төрөөбүт кыдьык. Амтаһыйан амтаны араарбат киһи диэн бу сиргэ суох.
Кыдьыгы кыайан ылан бырахпаккын.
    Арай, кыдьыгы кырдьык эрэ кыайа тутан тэмтэритэр дииллэр.
    
Хайыай, кырдьыктан кыдьык хоттороро биллэр буоллаҕа.
    Илэ баар чахчы кыах биэрбэт буоллаҕына кыдьык да ханна бараахтыай?
    Сөбүлээтин-сөбүлээбэтин илэ кырдьыгы аахсарыгар тиийэр.

    Ити былыргы саха сахарал билиитин сиэринэн амтаһын майгытын тутуһан судургутук «Тыыннаахтар» оонньууларыгар сыана быһабын. Сыана быһан-быһан баччаҕа кэллим ини.

    Бар тыһытыйан хаалбыт, оҕо-дьахтар майгытыгар хааһыланан бүппүт олох устун баран иһэммин эр киһилии хабааннаах барыылаах ырыалары «Тыыннаах»  бөлөхтөн иһиттим.

    («Тыыннаах» бөлөх. Уус-Аллан улууһа. 2006 сыл Сыырдаахха тэриллибитэ. Салайааччы уонна тэрийээччи Кучумаан (Көстөкүүн Силипсиэп. «Дапсы» бөлөх доҕуһуолдьута этэ. Саха сирин биллэр муусукаһыт доҕуһуолдьута.)
    Састааба: дьытаараһыт Гайаат (Гаврил Свинобоев. Бу эмиэ уруккаттан, «Мүрүчээнэ» саҕаттан биллэр доҕуйааччы), байаанньыт Дмитрий Готовцев (биллэр доҕуһуолдьут), барабаанньыт Вячеслав Кривошавкин, баасчыт Владимир Охлопков, кылбаттыырдьыт  Алексей Бережнев (Бу үс дьоҕурдаах эдэр дьон. Олох атын суола буккуйбатаҕына киһи кэнэҕэски кэтэһэр уолаттара. Доҕуһуолдьут буолар дьоҕур баар. Илэ харахпынан көрдүм, эт кулгаахпынан иһиттим. Сыыспатаҕым буолуо.
Үчүгэй. Дьыаланы салгыыр дьон баар буолара туох куһаҕаннаах буолуой.)
    
Быйыл 2008 сыл түмүгүнэн «Тыыннаахтар»  саҥа ырыаларын хомуурунньугун таһаардылар. «Айаммын салгыыбын» диэн ааттаах.
    
Хомуурунньук 11 ырыаттан турар.
    Кучумаан «Айаммын салгыыбын», «Ол-бу», «Эн суоххар», «Үөрүү», «Ол, астык», «Эһиэхэ тиийиэм», «Айан» диэн ырыалара киирбиттэр.
Ону сэргэ «Көрүүй» Мэхээс Сэмэнэп уонна Кучумаан кыттыгас оҥорууларыгар,
«Ырыа бэлэхтиэм» Х. Горохов тылларыгар, Николай Пономарев матыыбыгар, «Ханна сылдьаҕын» Ф. Габышев, «Сардаана» К. Мартынов тыла, Г. Павлов матыыбыгар толоруллубут ырыалар бааллар.
    
    Ырыалары истибит киһи хайдах ылынара үтүө көҥүлэ. Онно судьуйа суох.

    
Манныктары бэлиэтиибин.
    
«Тыыннаахтар» диэн Саха сиригэр биир идэтийбит таһымнаах тыыннаахтыы оонньуур бөлөх баар буолбутунан, бастакы боччумнаах оччуотун таһааран көрдөрбүтүнэн эҕэрдэлиибин.
    
Улахан ситиһии.
Бары харгыстары, мэһэйдэри туораан, тугу да аахсыбакка бэйэ үлэтин дьоҥҥо-сэргэҕэ таһааран көрдөрүү.
    Онтон ордук улахан киһи үлэтигэр-хамнаһыгар туох баарын билбэппин.

    Уус-Алланнар улуус быһыытынан мөссүөннэригэр биир бэлиэ майгы үөскээбит.
    Улуустарын аатын дьон баар буолан ааттата, «Тыыннаахтар» - Уус-Алланнар диэн сураҕы ыыта сырыттахтара ити.
    Ол тугуй?  Куһаҕан үһү дуо?..

    Билбэтим, Уус-Алланнар «Тыыннаахтарга» хайдах сыһыаннаахтарын. Өйүүллэрэ дуу, суоҕа дуу?
    Таайдахпына, ханна да буоларын курдук, ини. Саарбахтыыбын, өйөбүл баар буолуон.
    Арай, саҥа баһылыктара хайдах киһитэ буолла?
    Сураҕа, Улууһун мөссүөнүн туһунан саныыр киһи дииллэр.
    Туох буолар. Кэм кэрдии көрдөрүө.

    Хомуурунньугу «Дуораан» устуу-дьиэтэ Бүөккэ Бөтүрүөп оҥорон, аттаран, таҥан таһаарбыт.
Таба тутан оҥорбут. Бу дорҕоону таҥыы бэйэтэ туспа хааһылаах дьыала. Табылларынааҕар табыллыбата элбэх. Манна табыллыбыт.
    (Бүөккэ Бөтүрүөп «Тыыннаахтар» тустарыгар тэрээһиҥҥэ сүүрэрэ-көтөрө, бүө-хаа буолара, баа буолбатах буолан баран, бэлиэтэммэккэ хаалара табыллыбат.
Таҥараҕа аахсыылаах махтааттаах дьыала.
Киһи киһиннэн күүстээх!

Былыргылар сыыспаттар. Бу майгыгыт үгэс буолан салҕанан бара турдун.)

    Тыыннаахтар оонньуур таһымнарын бэлиэтиибин. Сылтан-сыл тупсан таһымнара идэтийэн үрдээн иһэр.
    Таһым диэн муҥура суох үүнэн бара турар дьыала.
    Өссө да үрдүө турдаҕа.

    Бу манна сытар тыыннаахтары уруйдуур санаам кистэлэҥэ.
    Бэйэҕит тэҥнээн көрүҥ.

    Аныгы кэмҥэ дьахтар ырыата хотон турар.
Ханнык эрэ ыллаабыта буолар дьахтар биир да ордубакка барыта, харчы оҕото төлөөн, доҕуһуол атын киһиэхэ оҥотторо охсон, сыанаҕа кэтэр ырбаахы тиктэрэн ылан, «ыбылы киэргэнэн» (А. Босиков тыла) баран сыанаҕа тахсан ыллаата да хотун буола түһэр.
    Онон кэнсиэрт диэн «былаачыйа уларыттыыта», араас буолар-буолбат, көрдөрүнньүк майгыга кубулуйбута быданнаата.
Сыанаҕа ырыа эрэ суох. Уонна барыта баар.
Кэнсиэрди көрөн бүтэн баран: «Бэйи эрэ, кэнсиэрт диэн ааттаах этэ дии. Оттон ырыата ханнаный? – дии саныыгын.
Барыта оҕо-дьахтар тыҥааҕыргааһына, көрбөх быһыы көрүнньүгэ сыананы толордо. Эчикийэ аатыра сатыыр да элбэҕэ сөхтөрөр.
    Сыана иһэ бүтүннүү тиэргэн иһинээҕи, ыал аайы баар ырыаһыттарынан туолла.
    Муҥха хараҕар иҥнэр биир да киһи суох.
    
Олортон туох таһымын эрэйиэҥий?
    Саха омук мөссүөнүн оҥорор майгыны күүтүөҥ дуу?
    Туох эрэ күттүөннээҕи көһүтүөҥ дуу?
    Оннугу кэтэстэххэ арааһа уһун киэҥ кэтэһии буолуох быһыылаах.
    
Онно холоотоххо тыыннаах, илэ бэйэтинэн ырыа айан, доҕуһуол оҥорон, булан-талан, мэһэй бөҕөтүн туораан, талаанынан тоҕо көтөн тахсан ыллыыр  ырыаһыт ис дьиҥэ туохха тэҥнэһиэй.
    Онтуката өссө таһымнаах омук мөссүөнүн кэрэһитигэр дураһыйар үлэ буоллаҕына киһи хайдах сыаналыа суоҕай?
    Үйэлээх сааспар көччүр олох көрдөрүнньүк майгытын ахсарбатаҕым.
    
Хааннаах хара көлөһүн кутуллубут үлэлээх майгыта онтунан күндү.

    Хайаларыгар көлөһүн ордук тохтубута буолуой?
    
Фонограмма оҥотторон баран былаачыйа уларыттар айдааннаах «ырыаһыкка» дуу,
    «Тыыннаахтар» оҥорон-тутан илиилэринэн атахтарынан оонньуур, атар айахтарынан толорор ырыаларыгар дуу?
    Биллэн турар бэйэтэ оҥорбут киһи киэнэ ордук сыаналанар.
    Бу этиини кытары үгүстэр сөбүлэһиэхэтэрэ. Истэригэр.
    Уонна былаачыйа уларыттар ырыаһыттары көрө барыахтара.

    «Түҥнэри түөрэхтээх сайдыы» диэн итини ааттыыллар.
    Дьиҥ оннугар, көрдөрүнньүк.
    Дууһа оннугар ырбаахы, былаачыйа,
    Ис-күүс оннугар таһырах күлүгү туттарыы майгы,
    Сэмэй оннугар арбаныы,
    Сымыйа кырдьык үрдүгэр ытта сатыыр кэмэ.

    Оннук кэмҥэ «Тыыннаахтар» бэйэлэрин тута сылдьаллар, бэйэлэрин була сатыыллар. Көрбөх майгыннан буолбатах. Дьиҥнээх үлэ, айар майгыннан.

    Кырдьык -  «Тыыннаахтарга». Аан дойду барыта дьиҥнээҕи сөбүлүүр.
    Биһиэхэ эрэ көрбөххө көҕүйэллэр.
    «Тыыннаахтар» сөпкө баран иһэллэр.

    Кинилэри кытары кэпсэтэбин даҕаны, кэпсиибин даҕаны. Ол кэпсэтииттэн ундаардаан көрдөххө баҕа, былаан баһаам.
Этэҥҥэ буоллахха туолуохтарын сөп курдук.
Оннук эрэ буоллун.

Тумус Мэхээлэ


ФОТО Уххан : http://uhhan.ru/photo/
Views: 4747 | Added by: uhhan
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2009  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024