News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2009 » Муус устар » 13 » Саха мунньа5ыттан…
Саха мунньа5ыттан… | 23:18 |
Саха мунньа5ыттан…
Муус устар 12 кунугэр Кулаковскай аатынан култуура киинигэр Саха конгреьын субэтин ынырыытынан, Саха общественнай киинин ке5улээьининэн общественность мунньа5а буолла. Мунньахха ус боппуруос керулуннэ. Саха конституциятын туьунан, национальнай региональнай компоненнары кемускээьин, кризис кэмигэр тыа хаьаайыстыбатын туьунан. Мунньахха 15 улуустан барыта 400 – 500 – кэ киьи кэлбит. Ордук элбэх киьи Намтан, Мэнэттэн, Уус-Алдантан киирбиттэр. Чурапчы олох да суох дуу эбэтэр кербекке хааллым дуу, Таатта эмиэ мелтех. Ону учугэй со5ус ынырыы барбата5ынан быьаарыахха сеп буолуо. Хата Булуу белех улуустар бары бааллар. Мунньах сыала-соруга Президент Медведев аатыгар сурук ылыныы, норуот аатыгар национальнай компоненнары кемускуеххэ диэн ынырыы. А5ыйах Ил Тумэн депутата, Конгресс субэтин а5ыйах чилиэннэрэ бааллар. Арааьа общественность мунньа5ы ыытарга сана уерэнэ сатыыр. Мунньах киьи астынар гына буолбата уонна улахан быьаарыы да ылыммата. Ол эрэн мунньах хайдах да буоллун ыытыллыбыта номнуо учугэй. Уерэнэн иьиэхпит буолла5а. Балачча учугэйдик уонна баар балаьыанньаны диринник хорутан Михаил Санников тыл эттэ. Уопсайынан киьи эрэйи керен, тугу барытын дууьатынан аьарда5ына эрэ ейденер. Михаил Санников бэйэтэ уруйдаан а5албыт былааьа, кинини бэйэтин хоруотаан, оппозиция5а ыытан оло5у атын хара5ынан керер буолбут. Ейдеммут диэххэ сеп. Дьон Санниковы улаханнык сонур5аан иьиттилэр. Билигин иьитиннэрэр биллэрэр сириэстибэлэр кырдьыгы эппэт буолбут кэмнэригэр кырдьык угус дьонно сонуннук иьиллэр буолбута сонун буолбатах. Уопсайынан обществобыт аьа5ас эбитэ буоллар дьон ейе – санаата олох атын буолуо эбит. Билигин да5аны дьон балачча кыйахаммыт. Кыйаханымына. Арай тэлэбиисэргэ кердехтерунэ барыта учугэй онтон олоххо олох атын. Билигин билсиитэ суох тугу да гыммаккын, тегуруччу албын олох. Ньыла кетееччу кыайар хотор, чиэьинэй буоллаххына акаарынан аа5ыллар буолбут кэмнэргэ олоробут. Отутус сыллартан уратыта суох кэм. Оччолорго олоххун харыстаан сорук-боллур буолан сордонор эбит буоллаххына билигин кириэьилэни, хамнаьы харыстаан хаптанныыгын. Бэйэ-бэйэни туьэн биэрии, уган биэрии да элбээтэ бадахтаах. Саха саханы уган биэрэн ас таьаарынара да тахсыталаан эрэр. Туох да сиэртибэтэ суох ситиьиллибэт. Биьиэхэ сиэртибэлэнэр ба5алаах суох. Мунньахха элбэх интэриэьинэй санаалар этилиннилэр. Холобура Орто Халыматтан быьыылаах Рожин диэн киьи «90-с сыллардаахха Социалистическая Якутия хаьыакка Саха сирэ союзнай республикалары кытта тэннэ Союзнай дуогабарга илии баттыахтаах – диэн этии киллэрэ сылдьыбытым. Билигин да5аны Арассыыйа конфедеративнай республика буолуохтаах дии саныыбын», - диэн эттэ. Мин эмиэ 90-с сыллардаахха «Сахаада» хаьыакка «Хаьаанна дылы икки хос тебеленебут», диэн ыстатыйа таьаартара сылдьыбытым. Онно Союзнай дуогабарга Арассыыйа иьинэн илии баттааьыны утарбытым. Олох соторутаа5ыта эмиэ Арассыыйа конфедеративнай тутулга киирэрэ ордук диэн суруйбутум хаьыакка тахсан турар. Онон биир санаалаах, биирдик дьайар дьон баар эбиппит диэн соьуйа да уерэ да иьиттим. Аны Единэй баартыйа диэнинэн сирэйдэнэн былаас эрэ буолбатах, араас киьи мелте5е туьанан эрэллэрин туьунан этилиннэ. Тыл кенулэ бохсуллан киьи кырдьыктаах сонуну истэрэ уустугурбутун эмиэ ахтан аьардылар. Дьон дьиннээх демократия наадатын хаста да тоьо5олоон бэлиэтээтилэр. Хомуньуустар демократия ис хоьоонун туьэрэн дьон кэнники демократия диэн тылы себулээбэт курдук буола сылдьыбыта ааьан эрэр эбит. Республика Президенэ норуотунан талыллыахтаа5ын туьунан эмиэ ахтылынна. Сирбит баайын туран биэрбиппит туьунан элбэхтэ этилиннэ. Уопсайынан Арассыыйа5а олох етерунэн оннун булуо суох. Хаьан общественнай ей – санаа кенуллук саныыр уонна дьайар буолла5ына биирдэ олох оннун булуо. «Уеьэттэн» ыйыллан-кэрдиллэн олорорбут тухары уьун сонноммоппут. Хомойуох иьин теье да ей –санаа кыралаан аьылыннар уопсай маасса тойону ере тутара, кердуур-ирдиир эрэ айыл5ата сутуе суох. Хомуньуустар дьэ кытаанахтык бэлэмнэ эрэ бэрт буолууну инэрбиттэр. Киьи кулэр да сонньуйар да5аны. Ити улугэр дьону мунньан улэ бе5етун ыытан баран Медведевтэн биьиги суверенитеппытын кемускэс диэн кердеьууну мин олох ейдеебетум. Утаран илиибин ууммутум да Егор Жирков биир санаанан ылылынна диэн быьа этэн кэбистэ. Ону аахса барбатым. Дьининэн аахсыах да хаалбыт. Сурукка президеннэр муударай салалталарынан биьиги бачча5а кэлбиппит, кинилэр Арассыыйа конституциятын харахтарын харатын курдук харыстыылларын энин туьунан этиллибит быьыылаа5а. Сыыспат буоллахпына «уолаттар» Арассыыйа конституциятын наьаа оннук харыстыыр курдук буолбатахтар. Бэйэлэрин былаастарын уьатар сыаллаах а5ыйах кун иьинэн уларытыы киллэрэн тураллар. Мин ону утаран пикет тэрийэн кербутум, уонча эрэ киьи кэлбитэ. Кырата 2020 сылга дылы кинилэртэн ураты ким да былааска кэлэр кыа5ын суох онордулар дии саныыбын. Онноо5ор бэйэни салайыныы таьымыгар общественнай тэрилтэ быыбарга кыттарын боппуттарын кэннэ киьи эбии этэрэ суох. Ааспыт быыбарга Егор Жирков Саха Конгреьа Эдиинэйдэри ейуур диэн ынырыы таьааран турар. Бу дьининэн дьону толоостук албыннааьын этэ. Мин бу тэрилтэ норуот ыалдьар боппуруостарын быьаарбыта буолан эмиэ тугу эрэ буккуйар дии санаатым. Ол эбэтэр дьон тыынын таьаара туьэр сорудахтаа5а дуу… Онон билигин тутулуга суох общественнай тэрилтэлэр наадалар. Сахалар эмиэ дьиннээхтик, алларааттан, кимтэн да тутулуга суох уопсай тэрээьини тэрийиэхпитин наада. Бастаан нэьилиэктэргэ, онтон улуустарга мунньахтары ыытыахха. Онтон саха омук сьеьин тэрийиэххэ. Бу тэрээьини ыытыыны норуоттан дьиннээхтик итэ5эли ылбыт, олохторунан норуоттарыгар бэриниилээхтэрин дакаастаабыт Багдарыын Сулбэ, Егор Алексеев, о.д.а. курдук дьону тумэн суруннэтиэххэ. Тэрийсибитэ буолан «очко» ылан бэйэлэрин тус интэриэстэригэр туьана сатыыр дьону чугаьатымыахха. Бу боппуруостарга партиялары, былааьы кытыннарымыахха. Быыбардары ыытан Съезкэ делегаттарынан норуотунан быьаччы талаллыбыт дьон буолаллара сеп. Мин саха омук бастакы конгреьын делегата этим. Онно нэьилиэккэ альтернативнай быыбарга кыайан делегат буолбутум. Райком илиитэ успейдаан тиийбэккэ хаалбыта. Съеьи эрдэттэн былааннаан, учугэйдик ыпсаран тэрийиэххэ. Дьин-чахчы норуоту тумэрдии, санааны аьа5астык уллэстэрдии. Тэрээьин харчытын саха норуота бэйэтэ уйуннун. Ону кэппиэйкэтигэр тиийэ отчуоттатар суолу тобулуохха. Съезд бастаан утаа 2 сыл онтон кестен иьиэ бастайааннай уорган тэрийдин. Ол норуоттан киирэр усунуоска оло5уран улэлээтин. Ол тэрилтэ иьинэн кенул хаьыат, араадьыйа, кэлин тэлэбиисэр тэрилиннин. Уорган ситтэ5инэ-хотто5уна Арассыыйа омуктарын обществннай тумсуутугэр, аан дойду омуктарын общественнай тумсуулэригэр кыттар буолуо5а. Арассыыйа5а демократия5а оло5урбут былаас уескууругэр тирэх буолуо5а. Бу эмискэ санаатахха кыаллыбат курдук кестуен сеп. Ол эрэн норуот быьыытынан хаалыахпытын дьин-чахчы ба5арар буоллахпытына кыаллар суол. Сахалар 500 000 (биэс суус тыьыынчабыт). Мантан 50 000 да5аны киьи сахалыы санаанан салайтарар буолла5ына уонна сылга уопсай дьыала5а 100 биэрэр буолла5ына бу 5000000 харчы. Бу харчыга балачча элбэх улэ ыытыллыан сеп. Ити саамай кыратынан ылан эттим. Былааьы кытта кыттыьыктаах тэрээьиннэр бу сымыйа5а оло5урбут олох атын сыаллаах соруктаах буолаллар. Билинни систиэмэ баарын тухары олох кенуе суо5а. Бу систиэмэ теье уьуур да соччонон Арассыыйаны, кини норуоттарын мелтетер. Салгыы маннык сал5анна5ына Арассыыйа ыьыллар турукка киириэн сеп. Онтон биьиэхэ сахаларга Арассыыйа ыьыллан а5ыс айдаан тахсара наадата суох. Ол то5о оннукка тиийиэхпитий? Бу систиэмэ норуот интэриэьинэн буолбакка а5ыйах киьи интэриэьинэн салайтарар. Ону тулхадыппат инниттэн кинилэр туохха да баралларын кэрэйбэттэр. Ол иьин халын бурукурээтийэ аармыйатын тэрийдилэр. Чиновник эрэйдээх ол аармыйа биинтигэ буолан кыра килиэп сыыьыттан кэдэйэ кэдэйэ туьэр. Судаарыстыбаннай аппарат ФСБ, суут, ИДЬО, барыта бу систиэмэни ейееьуннэ улэлиир. Норуот кыьал5ата киэр илгилиннэ.
Бу балаьыанньа алларааттан хамсааьын эрэ та5ыста5ына кенуе. Былааьы былдьаьар, утарар хамсааьын буолбатах, чиэьинэй, суобастаах оло5у тутар хамсааьын. Ону ейбут санаабыт ситтэ5инэ эрэ ситиьиэхпит.
Ф.Колесов
|
Views: 3254 |
Added by: uhhan
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 51 Ыалдьыттар (гостей): 51 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|