News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2009 » Муус устар » 20 » Омук Уола.Былаас уонна биһиги
Омук Уола.Былаас уонна биһиги | 18:04 |
Былаас уонна биһиги
Аан дойду кириисиґэ кµінтээн турар кэмигэр олохпут оІкулун іссі тігµл ырытан кірµіххэ. Кириисис тірдµн – тібітµн ааспыт суруйууларбар бэйэм хайдах ійдµµрбµнэн санаабын этэн турардаахпын. Онон бу сырыыга дойдубут билиІІи туругун норуот хара±ынан боростуой µлэґит киґи анаарабын. Бастатан судаарыстыба быґыытынан тутулбут туґунан тугу этиэм этэй? Мин кірдіхпµнэ саІа µйэ саІаланыа±ыттан быґа дойдуну салайыыга норуот бэрэстэбиитэллэрэ кыттара а±ыйаан испитэ. Норуот интэриэґин дьиІнээхтик кімµскээччилэр оппозиция диэн аатыран киирсэ сатаан баран, иґиллибэт буолан хааллылар. Онон билиІІи кэмІэ µрдµк сололоохтор норуот иннэ диэн ааттаан бэйэлэрин эрэ иннилэрин кірµнэр курдуктар. Онтукайбыт бу кириисискэ арылхайдык кістін кэллэ. Ол туґунан саІа президеммит Д. Медведев эппитин кэннэ кірдірір – иґитиннэрэр эйгэ±э (СМИ) син суруйаллар да сэрэнэн – сэрэнэн, онон – манан. Билигин дойдуга ааспыт µйэ 30-50 сс. курдук, киґи бары иннин – кэннин кірµнэ сылдьар кэмнэрэ кэллилэр. То±о оннук буолла? Эмиэ ыйытык. Ис – тас куттал баар диэн ааттаан былаас бэйэтин алыс хайынна. Туох да диэбит иґин, кырдьык, былаас олус кµµґµрдэ, ол тµмµгэр адьас улахан ал±астары оІоро – оІоро харса суох ол суолунан саІарбат норуотун соґон иґэр. Регионнар Москубаны кэтээн ірі мыІыыр эрэ аакка бардылар. Итинник дьаґаныы норуот оло±ор охсуута улахан. Бу сал±ана турарын тухары бµрэкирээт былааґа тохтообот. Олохтоохтор а±а баґылыкпытын бэйэбит талар кыахпыт суох. Бастакы президеммит уурайарыгар буолбут быыбар хайдах ааспытын ійдµµргµт буолуо. Ол туґунан ким эрэ хаґан эрэ дьиІнээх ырытыыны оІорорун истэр инибит. Кэлин тиґэ±эр быыбар эрэ барыта кірµнньµккэ кубулуйда, агитация да ол курдук регионнарынан, тэрилтэлэринэн 굴элэІ быґыытынан барар. Ол кистэл буолбатах. Дьэ ити быыбартан ±алаан биґиги, норуот диэн ааттанар уопсай масса сµµрµккэ быра±ыллыбыт дµлµІІэ са кубулуйабыт. СаІа тахсар сокуоннарбыт биґиги олохпут тупсарын туґугар буолуохтаах этилэр да, бииртэн биир моґуйар, оло±у ыаратар саІнаах буолан тахсаллар. Сібµлэспэт элбэх да, кыах кыра буолла±а эбээт. Бу турукпутун туоґулуур маннык холобурдар бааллар: Билигин психология диэн наука сайдан турар кэмэ. Дьэ ол чэрчитинэн психологтар оІорбут эксперемменнарын ылан кірµі±µІ. Эмиэрикэ психолога Мартин Селигман «Кімµскэммэт буолуу теориятын» айбыт. Ол эбэтэр, тыынар тыыннаах, кини тугу да оІорбутун иґин, куґа±ан туруга - усулуобуйата уларыйбат буолла±ына кімµскэммэт буолан хаалар. Эксперимент I-кы тµґµмэ±э: µс бµтэй хааччахтарга ыттары хаайаллар, онтон икки клеткатыгар муостатын ніІµі электрическэй ток ыыталлар, олортон бииригэр педаль баар, ону уктээтэххэ ток охсубат буолар, иккиґэ тугу да гын, син - биир тогунан охсон дьарылата сылдьар. Ґґµс хааччахха ток суох. II - с тµґµмэх: ол ыттары ылан µрдэ аґа±ас клетка±а хаайаллар. Олортон бастакы тµґµмэххэ хайдах да міхсµбµттэрин иґин син биир токка о±устара сылдьыбыт ыттар клетка иґиттэн тахса да сатаабаттар, оттон педаалы µктээн тогу тохтоппут уонна тогу билбэтэх ыттар µірэ - кіті µіґэнэн тахсан бараллар. Бу теория±а сіп тµбэґиннэрэн киґи майгыта син – биир бу ыттар курдук буоларын 1971 с. Дональд Хирото диэн учуонай дакаастаан турар. Дьэ уонна тµмµктэ оІостуІ, биґиги ханнык ыттарбытый? Манна эбии психологтар іссі биир эксперимменнэрин ылан кірµіххэ. Эмиэ омук сиригэр кырдьа±астары эмтиир клиника±а Эллен Лангер диэн быраас манныгы толкуйдаабыт. Ыарыґахтарын этээґинэн араартаабыт: бастакы этээс дьонугар кыра кіІµл биэрбит, ол курдук баар аґылыктан тугу талан аґыылларын, тµннµккэ уурар сибэккилэрин бэйэлэрэ талалларын, кіріллірµн – харайалларын, киинэ±э нэдиэлэ икки кµнµттэн бэйэлэрэ талан сылдьалларын кіІµллээбит. Иккис этээстэргэ; эґиги тускутугар барытын бэйэбит оІоруохпут: «сарсыарда бэлэм аґы а±алабыт, тµннµккµтµгэр сибэкки уурабыт, онно уу кутабыт, нэдиэлэ±э иккитэ буолар киинэ±э икки крылонан хайдыґан баран, хардарыта сылдьа±ыт» - диир. Балтараа сыл буолан баран, кэлэн кірбµтэ бастакы этээс кырдьа±астара туруктара биллэрдик тупсубут, µірэ – кіті э±эрдэлии олороллор, ілµµ - сµтµµ да быдан а±ыйаабыт эбит. Отто иккис этээстэр уку – сакы сылдьаллар, ілµµлэрэ элбээбит. Бу эксперимент тугу кірдірбµтµй? Бэйэ туґугар туруулаґар кіІµл бэриллэрэ киґи туругар хайдах курдук суолталаа±ын. Оттон биґи олохпутун ылан кірµі±µІ. Хайа да таґымІа уІа бар, хаІас бар барыта бобуу – хаайыы уонна маннык эйгэ±э олорон хайдах ійдііх – санаалаах ыччаты иитэн таґаарабытый? Ол иґин инникибит, ыыччаппыт туґугар бу суруйан бооччойобун, бара сатаан буолбатах. Ґрдµкµ былаас оІорбут ал±аґа барыта норуот µрдµнэн уонна инникигэ охсуута олус улахан буолар, итини онол бичик (история) хас сырыы аайы кірдірір. Онон сібµлээбэтэ±и билигин, бу кэмІэ, этэн хаалар ордук. Былаас таІара буолбатах, син - биир биґи курдук дьоннор салайаллар, кэмниэ - кэнэ±эс биґиги туспутугар µрдµк сололоох буолан олороллор. Аахсар буоллахха, дьиІэр, сокуон иннигэр бары тэІ буолуохтаахпыт. Сокуонунан хас биирдии киґи син туох эрэ бырааптаах эбээт. Сокуону таарыйбычча аны омук уонна сокуон диэн ійдібµллэри ылан кірµі±µІ. Экстремизмы утары диэн 282-с ыстатыйа баар буолла. Бу ыстатыйабыт кыратык ырытан кірдіххі били Ыстаалын мілµйµінµнэн киґини норуот істіі±і оІорон, чулууттан чулуулары суорума суоллаабыт 58-с ыстатыйатын саІа µйэ хардыытыгар сіп тµбэґиннэрэн эрэ биэрбит курдук буолбут. Дойду µрдµнэн киґи бі±і итинтэн эмсэ±элээн эрэр, тутуллуохпут – хабыллыахпыт да турда±а. Ити ыстатыйа±а сыґыары тутан кірдіххі, дьиктиргиэх иґин, µірэ±ирии эйгэтигэр тахсыбыт саІа сокуоІІа национальнай оскуолалар интэриэстэрэ бол±омто±о ылыллыбата±ын иґин, ол сокуону таґаарааччы µІсэр – хаІсар тµбэлтэ±э, омук быраабын кіµмчµлээччи быґыытынан эппиэккэ тардыллыах курдук балаґыанньата µіскээбит. Дьэ итинник сокуоннарынан салайтаран олордохпут, киґи да сонньуйар. Биґиги ааппытыгар µіґэттэн ыйаах сіп буоллун, сыыґа буоллун іл да тіріі саІата суох толоруллуохтаах диэн буолар. Арай армия±а баар этэ бирикээс ырытыллыбат диэн. Оттон Арассыыйа Ийэ ХотуІІа хас ахсааннаах, хас омук олороруй? Ґірэхтээґин диэн инникибит, тыын боппуруоспут буолла±а. Ону салгыы ырытар буоллахха, БКГЭ (ЕГЭ) диэн букатын тµктэри эксперимент киирэн оскуола да орто, µрдµк µірэх да билиини биэриилэрин таґымнара кірдіххі лаппа мілтііті диэхпин ба±арабын, ону ким да билинэр санаата суох быґыылаах. БилиІІи µрдµк µірэхтээх ыччаппыт суругун – бичигин таґыма биґиги 60 – 70-сс. ыччат холхуоска µлэлии хаалбыт іттµбµтµгэр да ханан да тиийбэт. Ити баар олохтон ылан этэбин. Кыра омуктары аахайбат буолуу дойдубут тас бэлиитикэтигэр да охсуулаах, ону Украинаны кытта буола турар «газ сэриититтэн» да кірібµт. Европа дойдулара Украина диэки буолан эрэллэр, ити барыта атын дойдулар биґиги ис тутулбутун ылымматтарыттан буолара сэрэйиллэр суол. Оттон Сахабыт Сирин билиІІи туругун туґунан киґи этэ да барбат, губерния оІорон баран µллэстэллэрэ эрэ хаалла быґыылаах. Тµмµктээн эттэххэ бу кириисис тигинээн кэлбитэ да сіп курдук. Оло±у хайдах баарынан дьэІкэрдэн кірдірір. Хайдах дьаґанан олорбуппут иґэ – таґа билиннэ. Былааспыт тутуґан иґэр суола сібі суо±а кістін кэллэ. Ґіґэттэн ардыгар кылбайан турар µрµІµ хара диэбэт буолан эрэллэр да кыґал±аттан. Онон ба±ар кыґал±а харахтарын ситэри арыйыа диэн туох эрэ эрэл кыыма баар буолуох курдук. Ким эрэ сібµлµі суо±а да буоллар, хоґооммун холбуубун:
Былаахыны бытаардыІ
Билиммэт буоллулар Мин тірµт сирдээхпин, Ураты тыллаахпын, Туґунан сиэрдээхпин, Хапта±ай да буоллар Син эмиэ сирэйдээхпин.
Кыахтаахтар, кµµстээхтэр, Суут - сокуон тирэхтээхтэр, Ардыгар аахайыІ, Былаахыны бытаардыІ!
Ахсарбат буоллулар Арыый атын омукпун, Айыыґыттаах - иэйэхситтээх УрааІхайтан удьуордаахпын, Тіннµбэт тілкілііх Тµµрдэртэн тірµттээхпин.
Ыксаттылар - ыктылар СаІабын сатарытан Ыччаппын ылаары, Кэскилбин кэбирэтэн Ис – дьиІим иччитин Итэ±илбин эґээри.
Омук Уола Муус устар 4 кµнэ 2009 сыл.
|
Views: 1814 |
Added by: uhhan
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 40 Ыалдьыттар (гостей): 40 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|