News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2010 » Кулун тутар » 4 » Учугэй саха диэн суох!
Учугэй саха диэн суох! | 12:23 |
http://sakhalife.ru/forum/read.php?id_forum=1&id_theme=1375&page=1
Учугэй саха диэн суох!
автор: Дьэргэлгэн (Мираж) (04.03.2010 в 02:07) (91.76.205.19)
Ыстыырап барара букатыннаахтык быЬаарыллан турар. Ханна барара эмиэ чуолкайданна.
Кини оннугар саха ананыан наада. Аны мантан ыла Саха сирин тойоно булгуччу нуучча эрэ буолуохтаах диэн Москва5а бука бары биир санаалаах этилэр. Ону утары ылыннарыылаахтык киирсэргэ теЬе элбэх сыра-сылба барбытын этэр уустук. Уонунан да буолбатах, сууЬунэн меккуЬуулэр, санаа атастаЬыылар буолбуттара.
Улахан туЬааннаах тэрилтэлэргэ хас да анал мунньахтар буолан аастылар. Олорго дакылааттары "саха наада эбит" диэн ейдеебут дьоннор, генераллар эмиэ, онорбуттара, сытыы дискуссиялар кэннилэриттэн оннук ейге-санаа5а, эрэйинэн да буоллар, кэлбиттэрэ.
Ол тумугэр государство салайааччылара сахалары эрэ керустулэр, нуучча кандидаттары ортоку эрэ таЬымна керсутэлээтилэр.
Итинтэн саха дьоно уеруен сеп этэ?
Суох, сахалар теттеру туЬэн эрэллэрэ миигин олус хомотор. Саха кандидаттарыгар барыларыгар компромат бе5етун кута, тибийэ олороллор. Кун аайы кэриэтэ донуос суруктар кииртэлииллэр. Унсуу-харсыы диэн кытаана5а.
Саха сиригэр эмиэ, ол-бу кэпсэтиилэргэ, форумнарга да, "бу киЬи куЬа5ан", "ол киЬи оннук", "ити киЬи итинник" дэЬэ-дэЬэ сахсарыннаЬыы бе5е буола турар. Сирэйдэригэр-харахтарыгар тиийэ ырыталлар, сиилииллэр, атын ессе ордук учугэй саха буолуон наада дэЬэллэр.
Ол идеальнай саханы хантан булан ылаарылар?! 2 метр урдуктээх, киЬи хара5а саатар утуе-мааны дьуЬуннээх киЬини куутэллэр?!
Саха сиригэр салайар улэ5э сылдьыбыт хайа ба5арар саха естее5е элбэх. Естее5е суох саха суох. Онноо5ор кыра нэЬилиэккэ естеЬеллер. Республика таЬымыгар - ессе ордук далааЬыннаах буолла5а дии.
Ол аата "учугэй саха" диэн олох суох. Булгу кими-эмэ еЬургэппит, утары туруорбут буолар.
Хайа ба5арар саха салайааччыта утумэн угус саха5а куЬа5аны онорбута уонна оноруо да5аны - элбэх киЬиэхэ аккаастыыр, харчы кердуу кэлбит дьону батан таЬаарар, дьону хамсатаары, улэлэтээри ме5ер-этэр, дьарыйар, улэлэриттэн да ууртэлиир.
Оттон учугэй нуучча элбэх саха5а бэрт буолар. Ити Ыстыырап чуолаан бу саханы ата5астаата диэн ыйар уустук, Ухханы энин аахпатахха.
Ол эрээри хайа ба5арар учугэй нууччатаа5ар куЬа5ан саха ордук. То5о? Учугэй нуучча хаЬан да саха омук буттуунун историческай интэриэЬин кербет. Оттон "куЬа5ан саха" - саха омук историческай интэриэЬин керер, туруорсар.
Михаил Николаевы сахалар урут теЬелеех уе5эн а5ай биэрбиттэрэй? Билигин да уе5э олорооччулар элбэхтэр - аккаастаппыт, улэлэриттэн уурдэриллибит, онтон сылтаан естеммут саха буолунай. Оттон ити "куЬа5ан Николаев" саха омук туЬугар теЬелеех утуену онорбутай, ыраа5ы ете керен туран? Ону сахалар бэйэлэрэ тэпсибиттэрэ, уЬус болдьо5ун быспыттара.
"Учугэй нуучча" Ыстыырап кэлэн, саха омук тирэ5э буолуохтаах экономическай фундамеммытын барытын атыылаата, туран биэрдэ. Ити федераллар куЬэйдилэр диэн - сымыйа. Ханнык да регионна итинник далааЬыннаахтык, улумнэЬэ-улумнэЬэ баайы-дуолу атыылыы, ыскайдыы охсоору сууруу-кетуу буолбата5а. Ыстыырап эрэ итинник гынна.
Оттон кини оннугар "куЬа5ан саха" олорбута буоллар, булгу туттунуохтаах этэ. Саха омук кэскилин сарбыйарын саха киЬитэ этэ тардынар буолла5а.
Сахалар, баары ылыныах тустаахпыт. "КуЬа5ан саха" оннугар нуучча киЬитэ кэлбитэ ордук диэн лэбэйдиир дьону истэр сатаммат.
Аммосов курдук уЬулуччулаах салайааччыбын сахалар бэйэлэрэ уурдэрбиттэрэ. "Ксенофонтовщина" диэннэригэр киин былаас олох да кыЬаллыбат этэ, ону сахалар унсэн-харсан, Москва5а тиийэн туруорсан, Аммосовтаах Ойуунускайы былаастан туораппыттара. Итини Михаил Николаевы туоратыыга ханыылыаха сеп. Онтон ыла нууччалар салайар буолбуттара. Степаненко диэн аЬара учугэй нуучча (украинец) киЬитэ чурапчылары хоту ыыталаабыта. Сэрии сылларыгар Саха сиригэр хоргуйан елуу наЬаа далааЬыннаммыта. Саха салайан олорбута буоллар, оннукка тиэрдиэ суох этэ. Уонна саха киЬитэ Винокуров туруорсан, ити сыыЬа политика тохтотуллубута, саха хоргуйан елуутэ суппутэ.
История уруоктарын умна о5устубут?! автор: Олег (04.03.2010 в 10:05) (77.242.0.47) Софонов буолар, ол быьаарылынна урукку ДВФО президент представителя автор: Деловой (04.03.2010 в 11:51) (213.129.46.125)
Сепке этэ5ин дьэргэлгэн, хайда5ын да бэйэ киhитэ ордук буолуо этэ.
|
Views: 2045 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 2 | |
2
О5онньор
(2010-03-05 04:42)
Бу 0014 баар эбит - ити суруллубут дьонтон биирдэрэ Саха анамматын диэн сордонон эрдэ5э ТеЬелеех донуоЬу куппута буолла сахалары утары?
|
1
0014
(2010-03-04 19:31)
Дьэргэлгэн! Егорка элбэххэ эйигин атыыласта дуо? «Горизонт-РТ»-н сирэйин тупсарбатын, уо.д.а.дьыалалара элбэх. Штыров хаар ууллуор диэри олороро наада. Муустуун бэйэтэ сууллуо. Москва5а олорон, Лена устатын туххары нефть ВСТО-га тохто турарын, саас Лена5а киирэр кутталлаагын оройгутугар киллэрэ иликкит. Эрдэ Саха сирин историятын санат: 1.1905 сыллаахха Ленскай ытыыны. Оччолорго Бодойбо Саха сирин сирэ этэ. Сахалар Россия5а аан бастакыннан былааhы утаран саа уоhугар турбуттара. 2.1926 сыллаахха Алдан дьоно былааhы утары барбыттарын. Сахалары кYYстэринэн атын сиргэ Yлэ5э ыыппыттарын иhин. Ону Ойуунускай хайдах тохтоппутун. 3.1936 сыллаахха Булун булчуттара былааhы утары барбыттарын. 4.70-90 сыллардаахха Якутскайга студеннар хамсааhыннарын. 5.90-с сыллардаахха Якутскайга Сергей Юрков уонна Александр Лугинов хомуньуус Артур Алексеевы айах да атыппаттарын… 6.2001 сыллаахха Ленскай ууга барбытын кэннэ, олохтоох былаас дьиэлэри сатаан Yллэрбэккэ МЧС Шойгу, онтон Россия президенэ Путин Ленскайга кэлбиттэрин. Ити кYннэр кэлээри тураллар, ВСТО-н сибээстээн. Онтон КГБ аппыhыара Софонов, эбэтэр Штыров саллаата ананна5ына, п.п. 2-6 барыта туолуо. Ол Саха сирин олохтоохторугар наадата суох. Кырдьык, Саха сирин президенэ буолар кыахтаах сахалар элбэхтэр. Эн эрэлэ суох Егорка5ыттан ураты. Холобура, Федот Тумусов, Анатолий Чомчоев, Василий Филиппов уо.д.а. Олохтоох нууччалар эмиэ бааллар. Онон атыыламмыт буоллаххына, Саха сиригэр айдааны таhаарыма. В.Путин недавно правильно сказал, что нам не нужны революции, а нужно эволюционно развиваться. С таянием снега нефть попадет с ВСТО в Лену и 12-тысячный митинг в Калининграде покажется детским баловством и Кремлю не хватит «Зубров» по подавлению многочисленных митингов по побережью рек Лены, Алдана, Амги, Олекмы, Нюи в Якутии. Пора пошевелить мозгами.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 20 Ыалдьыттар (гостей): 20 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|