Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2010 » Кулун тутар » 29 » ТУМУС МЭХЭЭЛЭ. Доҕуйар доҕуһуол саҥа долгуна
ТУМУС МЭХЭЭЛЭ. Доҕуйар доҕуһуол саҥа долгуна
10:51
Доҕуйар доҕуһуол саҥа долгуна
Ааспыт долгун...
Саха аныгы ырыатыгар-тойугар бастакы баалырар долгун ааспыт үйэ 80-90-с сылларыгар кэлэн ааспыта. Бу долгун саха аныгы ырыатын-тойугун, доҕуйар доҕуһуолун саҥа аан дойду таһымыгар таһаарбыта. Отой да суох майгыттан ороон ылан, саҥалыы оҥорон-тутан уонна толорон, ыллаан-туойан киэҥ эйгэни булларбыта.
Ити кэм саха аатырбыт суолурбут "Чороон”, "Чолбон”, "Айтал”, "Сэргэ”,  "Дуораан” уонна да атын бөлөхтөрү кытары ситимнээхтэр. Ити долгун кинилэргэ хам баайыллан хаалбыт. Ол хайдах да мүччүрүйбэт. Остуоруйаҕа киирбит дьыала.

Мөккүөр баар буолуон табыллыбат.
Бастакы баалыра оонньообут долгун кэмигэр аныгы доҕуһуол сүрүн  төрүттэрэ ууруллубуттара.
Доҕуһуол саҥа аныгы тээбириннэри туһанан оҥоһуллар буолбута.
Дорҕоону аттарыы, доҕуһуолу доҕуйуу сахалыы майгылара булуллубуттара.
Хомоҕойдук туһаныллыбыттара. Сахатытыы барбыта. Ол оҥоһуута сатаммыта. Ол улахан табыллыы этэ.
Саха тыла, хоһооно аныгы тэтимнэргэ сөп баҕайытык сыһыарыллыбыта. Туох да тыаһа-ыма суох аныгы оҥкулларга, киэпкэ-халыыпка тылбыт кииринэн  кэбиспитэ. Уонна ырыа буолан айаннаан барбыта. Бу улахан ситиһии этэ.

Сорох омуктарга ити кыайтарбат суол. Оннооҕор нууччалар тылларын аныгы доҕуһуолга кыайан сытыара иликтэр.
Татаардарга ити кыһалҕа эмиэ быһаарыллыбакка сылдьар. Туубалар тылларын аныгы тэтимҥэ кыайан киллэрбэккэ бэйэлэрин киэнинэн ыллыы сылдьаллар. Хата, онтулара ситиһиилээх.
Тылы аныгы тэтимнэргэ сыһыарыы, киллэрии, сөпкө сытыарыы – улахан кыһалҕа этэ. Ол таба оҥоһуллуута мээнэ буолбатах. Аныгы дьон ону бары туһанан ыллыы сылдьаллар. Буолуохтааҕын курдук тутталлар.  Ити бастакы долгун өҥөтө.
Доҕуһуолу саҥалыы сахалыы тыыннаан аттарыы, оонньооһун майгылара оҥоһуллубуттара. Ньымалара булуллубуттара. Албастара аттарыллыбыттара. Биэриитэ таҥыллыбыта.
Ырыа-тойук бөҕө тахсыбыта. Түмүгэр Саха аныгы доҕуһуола диэн баар буолбута. Бүтүн Сэбиэскэй Сойуус, омук икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсыбыта.
Бастакы долгун бастыҥ, бастакы ситиһиитэ буолбута.

Ол кэмҥэ норуоттар икки-ардыларынааҕы "Табык” түһүлгэ түстэммитэ.


Билигин "Табыгы” бары билэллэр. Кыах баар буоллаҕына биһиги кими баҕарар ыҥырыахпытын, истиэхпитин сөп. Ким да аккаастаабат. Арассыыйа бары улахан бөлөхтөрө үөрүүннэн кэлэн оонньообуттара, оонньуохтара да турдаҕа.

Бастакы долгуҥҥа оҥоһуллубут майгылар баччааҥҥа диэри саха аныгы ырыатыгар барытыгар бэйэлэрин бэлэм ньымаларын соҥнуу тураллар.
Биир да ырыаһыт, доҕуйааччы да буоллун бастакы долгун оҥорбут сүллүүтүттэн тахса илик. Барыта ол иһигэр айылла-тутулла турар.
Саха эстрадата барыта ол сүллүү иһигэр сылдьар. Ол үчүгэй.

Ити бастакы долгун кэмигэр саҥа хоһооннор уонна хоһоонньуттар баар буолбуттара. Бу эйгэҕэ анаан суруйар. Р. Плотников, У. Уххан, М. Тумус, аныгы Омук Уола диэбит курдуктар. Ону таһынан ырыаһыттар, доҕуйааччылар бэйэлэрэ ырыаларыгар тылы сурууйалара бөҕө баар. Биллэн турар, табыллыбыттара, талыллыбыттара. Араас суруйуу баар. Барыта бэрт диэҕи табыллыбат. Уонна баран ити баар дьыала.

Билигин аахтахха, бастакы долгун буолбута отучча сыл буолла.
Бастакы долгун талыллыбыт айымньылара билигин номнуо кылаан кылаас (классика) майгыланнылар. Сорох айымньылар төрүт майгы буолаары ырычаахтаһа сылдьаллар. Өссө кэм-кэрдии ааһа түстэҕинэ буолуохтара. Саха аныгы доҕуһуола туспа остуоруйалаах. Ол остуоруйаны, ырыаны-тойугу ыччаттарга үөрэтиэххэ наада.

Олорон санаатахха...

Сахалар бэйэбит аныгы доҕуһуоллаахпыт. Ырыалардаахпыт. Ырыаһыттардаахпыт. Дорҕоону оҥорор-тутар, ньиргиччи оонньуур дьоннордоохпут. Истиэхпитин баҕарар ырыаһыттардаахпыт.
Биһиэнэ барыта бэйэбит киэнэ.
Биһиги ырыабыт, доҕуһуолбут таһыма – киһи сааппат таһымнаах.
Биһиги атын хайа-баҕарар омукка сааппакка-кыбыстыбакка иһитиннэрэр, көрдөрөр кыахпыт толору баар.
Бу ситиһии. Ол олоҕун барытын бастакы долгун төрүттээбитэ.
Маны саныахха астык. Киһи астынар сороҕор. Оннуга ордук.
Баардаах киһиҥ атын ээ, туга да суох киһитээҕэр, диэххэ.
Туох барыта кэлэн ааһар. Айылҕа сокуона оннук. Бастакы долгун кэлэн кытыыга охсуллан ааспыта 15 хас сыл буолла.
Тыыннаах доҕуһуол уурайан аны абаҕа доҕуһуолунан ыллыыр майгы долгуна кэлбитэ. Доҕуһуолу киһи оонньообот араас тэриэбэ оонньуур. Киһини үтүгүннэрэн. Дьиҥнээх доҕуһуол буолбатах, доҕуһуол абаҕата.

Ити ааспыт 15 сыл устата Саха сиригэр икки эрэ үрдүк таһымнаах бөлөхтөр кэлэн аастылар.
"Хардыы” уонна "Дапсы” диэннэр. Олох утарыта хайысхалаах оонньуулаах бөлөхтөр. Бу бөлөхтөр саха аныгы доҕуһуолун эйгэтигэр бэйэлэрин суолларын хаалларан остуоруйаҕа суруктарын суруйдулар. Мөккүөр суох.

Уонна бүттэ. Атын аҕыйах бөлөх баара да ааһыйа диэбит курдуктар.
Икки-үс сыллааҕыттан бэттэх абаҕа доҕуһуоллаах ырыалар намырайан аны оҕолорго хаттаан тыыннаах доҕуһуоллаах ырыаларга интэриэс, сэргээһин үөскээн киирэн барбыта. Хайдах куруук түөкэйи бэрэлии сылдьыахтарай? Дьиҥнээххэ, син биир көһөр наада.

Ол кэмнэртэн сааһырбыт биллибит доҕуһуолдьуттар оҕолору тыыннаах доҕуһуолга тардыыга, уһуйууга, такайыыга, бахсылааһыҥҥа туруммуттара. Бастыҥ уһуйааччы бахсы дьоннор ортолоругар бааллар:

Анатолий Босиков. Мэҥэ-Хаҥалас. Урукку ааттаах-суоллаах "Сэргэ” бөлөх салайааччыта. Кини икки бөлөхтөөх: "Ый суола”, "Ситим” диэннэр.
Николай Осипов. Былыргыта Арҕаа Хаҥалас Маалтааныта Аны Гуорунай улуус. Биллэр доҕуһуольдьут. "Дапсы” бөлөх доҕуһуолдьута. Кини эмиэ икки бөлөхтөөх: "ДНК” уонна "Сайыы”.
Иван Местников. Мэҥэ-Хаҥалас. Биллэр доҕуйааччы. "Хардыы” бөлөх доҕуһуолдьута. Кини биир бөлөхтөөх: "Тамай” диэн.
Роман Кысылбаиков. Үөһээ Бүлүү. Биллэр уһуйааччы. Кини урут бөлөхтөрдөөх этэ. Билигин биир бөлөхтөөх: "Хапчыр” диэн.
Юрий Спиридонов. "Айтал” салайааччыта . Кини икки бөлөхтөөх.

Атын уһуйааччылар бааллар даҕаны саҥа тахса сатаан эрэллэр. Сотору көстөллөр ини, диэн эрэл баар.
Бу дьон бары саха ырыата-тойуга сайдарын туһугар дууһаларын биэрбит дьон. Туох да өйөбүлэ суох бэйэлэрин дьыалаларын тута сылдьар дьон.
Маннык дьоннор саха аныгы ырыатын оҥороллор. Үгүстэр ырыаны истэллэр эрэ. Хайдах оҥоһулларын билэр баара да биллибэт. Салайар дьоммут эмиэ оннуктар. Ырыаны истэллэр. Онтон оҥорорго өйөбүл буол диэҥҥэ – ким да суох буола түһэр. Бэлэми истэргэ бэртэр. Куруук оннук. Хаһан да уларыйбат быһыылаах.
Уларытар салайааччы көстүөн өй хоппот. Дьэ, итинниктээх...

Үс сыллааҕыта
А. Босиков оҕолорго анаан саҥа түһүлгэ тэрийиэххэ, диэн тыл көтөхпүтүн саха сирин доҕуһуолдьуттара бары өйөөннөр бастакы түһүлгэ буолбута.
"Туллуктар кэлбиттэр” диэн ааттаммыта. Горнай улууһугар 2008 сыллаахха буолбута. Николай Осипов тэрийбитэ. Ааттаах-суоллаах ырыаһыттар бары биһирэбил олохтообуттара. У. Уххан дьүүл-сүбэ баһылыга буолта. Бары тахса сылдьыбыппыт.
Былырыын 2009 сылга Үөһээ Бүлүү култууратын салаата уонна Николай Осипов, Роман Кысылбаиков көҕүлээһиннэринэн уонча бөлөх кыттыылаах түһүлгэ тэриллэн ааспыта.

Быйыл 2010 сылга А. Босиков көҕүлээһининэн Майа сэлиэнньэтигэр "Сэргэ 2010” диэн ааттанан, үһүс төгүлүн оҕолорго тыыннаах доҕуһуолу көрүү-истии түһүлгэтэ буолан бэртээхэйдик ааста .
Манна 8 бөлөх кытынна:


"Ый суола”, "Ситим” салайааччы А. Босиков Мэҥэ-Хаҥалас.
"ДНК”, "Сайыы” бөлөхтөр салайааччы Н. Осипов, Горнай  улуус,
"Тамай” бөлөх, салайааччы И. Местников, Мэҥэ-Хаҥалас,
"Хапчыр” бөлөх, салайааччы Р. Кысылбаиков, Үөһээ Бүлүү улууһа.
"Айхал” бөлөх Мэҥэ-Хаҥалас Ороссолуодатыттан.
"Үрдэл” бөлөх Чурапчы Сылаҥыттан.


Састаап куһаҕана суох. А. Босиков уонна В. Босикова иккиэйэҕин сүүрбүттэр-көппүттэр диэтэххэ.
Тэрийиэххэ, диэтэххэ илгитэ-талгыта, быһаарыллар кыһалҕата бөҕөтө, ньаҕайа-мачайа элбэх ини...
Мээнэ-мэнээк киһи кыайара саарбах. Хата, Мэҥэ-Хаҥалас култууратын салайааччыта Захар Никитин өйөөн, бүө-хаа буолан тэрээһин үчүгэй.

Кулун тутар 25 күнүгэр 2010 сыл ыҥырылаах дьон дьүүллүүр-сүбэҕэ кытта:
Георгий Сергучев – салайааччыбыт, Бүөккэ Бөтүрүөп, Лэкиэс Хабырыылайап, Антон Иванов, Тумус Мэхээлэ буолан таҕыстыбыт.

Тиийбиппит дьон бөҕө оҕолору өйөөрү кэлбиттэр.

"Сэргэ” бөлөх
баар кыттыылаахтара бары бааллар: Рафаэль Крылатов, Роман Плотников, Петр Осипов, Александр Ермолаев, аныгы доҕуһуолу төрүттэспит Дмитрий Васильев, "Хардыы” бөлөх кыттааччылара, Николай Осипов бөлөхтөрүн Роман Кысылбаиков илдьэ оҕолору өйүү кэлбиттэр. Силик сиппит, этэргэ дылы.
Оҕолор ырыаларын тойутарын түһүлгэтэ дьоһуннаахтык буолла.

Тыаһы ууһу эдэр баҕайы буолан баран талааннаах "Каспер” диэн ааттыыр сурукка киирэр аатынан Андрей Дмитриев диэн бэйэтин тэриллэрин туруоран үчүгэй баҕайытык хааччыйда. Тыаһы-ууһу оҥорууга эдэр дьон баар буолбуттар. Үчүгэйдик оҥордо. Тыас-уус бэйэтэ эриэхэбэй эйгэ. Мачайа элбэх. Ону кыайа тутар буолбуттар. Барҕа махтал буоллун.
Ырыа үс чааһы эрэ кыайбат барда. Биир тыынынан иһиттибит бары. Оннук чэпчэкитик уонна хомоҕойдук барда. Бүппүтүн кэннэ өссө көрбүт киһи, диэн санаа кыламныыр. Сылайыы сыта да суох. Үчүгэй ырыа үчүгэйдик киһиэхэ дьайар. Сүргэбит көтөҕүллэн хаалла. Манна биир да сиикэй суох.
Дьэ, диэ...

Туох биһигини үөртэ?

 Түһүлгэни дьүүллэһэн баллыгыраһыы бөҕө.
Дьикти уларыйыы баар...
              Урут тыыннаах доҕуһуол – уолаттар эйгэлэрэ этэ. Кыыс баар да буоллаҕына ырыаһыт буолааччы. Тээбириҥҥэ оонньуур кыыс бэрт сэдэх этэ. Суоҕун кэриэтэ.
Онтон бу түһүлэгэҕэ туран кыттааччы быстар аҥаара кыыс-аймах буолан соһутта. Аҕыс бөлөхтөн икки бөлөх бары кыргыттар. Куучча. Ылар биэрэр суох. "Ситим” сал. А. Босиков "Сайыы” сал. Н. Осипов. Ырыаһыттыын, оонньооччулуун кыргыттар.

Икки булкаас бөлөх баар. Аҥаардаһа. "Тамай” сал. И. Местников уонна "ДНК” сал. Н. Осипов.
Аҥаардара уолаттар, аҥаардара кыргыттар.
Састаап уларыйыыта саха доҕуһуолугар саҥа көстүү.
Даа... диэ.. Кэм-кэрдии уларыйбыт. Дьүһүн кубулуйбут.

Оонньуу таһыма сэргэттэ...
Оонньуур таһым лаппа үрдээбит. Сатабыл, биэрии, аттарыы өттө.
Холобурга. "Ый суола” бөлөх сал. А. Босиков. Бу биллэр бөлөх. Араас биһирэбил кыайыылааҕа. Ааспыкка оҕо түһүлгэтин кыайыылаахтара. Онон быйылгы түһүлгэҕэ ыалдьыт быһыытынан кытыннылар.

Былырыыҥҥы майгыттан оонньуур таһымнарын икки бүк эппиттэр. Ырыаны уустаан-ураннаан чопчу оонньооһун, туттуу-хаптыы, биэрии майгыта кэлбит. А. Босиков элбэхтик кэрийэ сылдьан нэһилиэктэринэн оонньотор эбит. Эбиллии таһы-быһа атын. Сөҕө көрдөбүт-иһиттибит. 

Бу идэтийбит таһымҥа утаа-сабаа толору бэрсэр. Бу бөлөҕү хайа баҕарар таһымҥа таһаарар кэм кэлбит. Бэйэлэрин да сирдэрэ буоллун, омук да сирэ буоллун. Хайа баҕарар уҥа-хаҥас биэртэлэһэр таһымҥа кэлбиттэр.

Быйыл оскуоланы бүтэрэллэр, диэн этэр салайааччылара. Биһиги баҕарабыт оскуола кэнниттэн хаалан ыһыллыбакка салгыы үлэлииллэригэр. Ону хайдах эрэ салгыы көнө сүнньүн булларан көнсүстүөххэ наада, диэн баҕа санаа баар.

Кыргыттар сөхтөрдүлэр...


Кыргыттары сэнээһин кэмэ ааспыт. Уолаттары ситэн, сорохторо таһы-быһа ааһан эрэллэр эбит. Бу сырыыга онон сөхтөрдүлэр. "Ситим” уонна "Сайыы” диэн бөлөхтөргө сөп таһым баар буолан эрэр. Улахан да кыра да сыанаҕа оонньотон таскайдаан, уоппут эбэн барыахха сөп буолан эрэр. Киһи кыбыстыбакка таһаарар дьоно буолан эрэллэр. Истээччини да көрөөччүнү да сэргэтэр, дьиктиргэтэр майгыны толору ыҥырар кыахтаммыттар.

"Ситим” бөлөххө өссө туспа буочар көстүөх курдук буолбут. Биллэн турар, А. Босиков уонна Бүөккэ Бөтүрүөп дьайыылара улахан буолан баран... дии саныыгын.

"Сайыы” бөлөххө сал. Н. Осипов
бэйэ айымньыта элбэҕэ бэлиэтэнэр. Ити саамай наадалаах. Бэйэ айымньыта бу олоххо этии буолар. Бу айымньы туспа буочарданнаҕына бөлөх этэрин этэн бардаҕа ол.
Быйыл эмиэ оскуоланы бүтэрэллэр үһү. Оскуола кэннэ эмиэ ыһыллыбакка үлэлиир усулуобуйаны тэрийии наадалааҕа көстөр.

"Тамай” булкаас бөлөх сал. И. Местников
оонньуута лаппа үчүгэй санааны хаалларда. Хард-рок диэн хайысхаҕа оонньуулар. Арҕааҥҥы хайысха. Төрдүс кылаас үөрэнээччитэ 11 саастаах Эллэй Васильев диэн барабааҥҥа тэтим охсор киһилээхтэр. Барабаан кэннигэр көстүбэт. Бу оҕо айылҕаттан бэйэтигэр дорҕоонноох охсуулаах оҕо. Кыһалҕата суох уустук тэтимҥэ киирэн охсон барар. Онтуката улахан киһи оонньуу олорорун курдук иһиллэр.

Бас-гитараҕа ооннььуур кыыстаахтар. Гитаратын саҕа быһыылаах. Суола-гитараны кытары тэбис-тэҥҥэ түһэрсэ турара истэр киһини хайдах сөхтөрбөт буолуоҕай. Хард-рок хайысханы мээнэ-мэнээк киһи ылла да оонньообот.
Аны суола-гитараҕа оонньуур уол оҕо баар. Аата Айсыан Федоров диэн. Бу оҕоҕо оонньуу баар оҕото. Ыраас тыас, чопчу барыы, оонньуу хамсааһына, сымнаҕас тыас барыта баар эбит. Үчүгэй тээбиринньит көстүбүт.

Бу бөлөх хайысхатын сахатытан оҥордоҕуна лаппа кэнэҕэскилээх бөлөх сылдьар. Салайааччы Иван Местников өҥөтө улахан.

Арыый сахалыы буочардаах оонньуулаахтара "Хапчыр” бөлөх. Сал. Р. Кысылбаиков. Ыраас ырыа барыытын оҥкула баар. Бөлөҕүнэн ыллааһын. Бу мээнэ кыайтарбат эйгэ. Балар оонньуур таһымнарын үрдэттилэр даҕаны ханна баҕарар көстүөхтэрин сөп.

"ДНК” бөлөх сал. Н. Осипов.
Булкаас бөлөх. Кыргыттар уонна уолаттар. Кып-кыра дьоннор. Бэйэлэрин таһымнарыгар бэркэ оонньоотулар, ыллаатылар. Биһиги бу "ДНК” бөлөхтөн аныгы түһүлгэҕэ элбэҕи күүтэбит.

Түһүлгэ түмүктэрэ.

"Чулуу гитара” биһирэбилин Айсыан Федоров ылыан ылла. "Тамай” бөлөх сал. И. Местников.

"Бастыҥ бас-гитара” биһирэбилин Донара Семенова ылла. "Ситим” бөлөх сал. А Босиков.

"Чопчу тэтим” биһирэбили Аня Алексеева "Сайыы” бөлөх сал. Н. Осипов.

Анал биһирэбил Эллэй Васильевка ананна.

"Бастыҥ клавишник” биһирэбил Саргы Зыкова. "Тамай” бөлөх сал. И. Местников.

"Бастыҥ ырыа” биһирэбили Марьян Васильев. "Хапчыр” бөлөх. Сал. Р. Кысылбаиков.

"Чулуу бөлөх” биһирэбили "Ситим” бөлөх. Сал. А. Босиков.

Кэлэр "Табык” уонна иһэр кэккэ сыллар кыыс оҕо кэрэһиттээх буолаллара күүтүллэр. Онно мунаах суох.
Оҕолор, барахсаттар, үөртүлэр... Судургу уонна быһаччы.
Өссө да сылаас сымнаҕас тыллары кинилэр ааттарыгар этиэҕи баҕарыллар...
Аҕа саастаах доҕуһуолдьуттар оҕолору үчүгэйдик такайбыттар. Туох диэххиний...
Анатолий Босиков, Николай Осипов, Иван Местников, Роман Кысылбаиков, Юрий Спиридонов курдук дьоннордоох буоламмыт саха аныгы доҕуһуолун үгэстэрэ салгыы сайдаллар. Ыччаты уһуйар, суол ыйар дьоннордоох буолуу – улуу дьыала. Сыаналаныах тустаах этэ... Дьиҥэ.
Ааһан иһэн эттэххэ, Анатолий Босиков быйыл 50 сааһын туолла.
Малааһыннаах дьыла. Мустубут дьон кинини эҕэрдэлээтилэр. Саха доҕуһуолун саҥа долгунун иккистээн эргитиигэ быһаарар кылааты киллэрбитин бэлиэтээтилэр.
Иккис долгун иһэр, дэһистибит.

Баҕар, баҕа санаабыт буолуо. Кэм-кэрдии бэйэтэ быһаарар буоллаҕа.
Өскө иккис долгуҥҥа кэм-кэрдии кыах бирбэтэҕинэ даҕаны, саҥа үрдүк таһымнаах оонньуулаах доҕуһуолдьуттар саха доҕуһуолугар үүнэн тахсыылара мэлдьэҕэ суох буолла. Ол тугунан эмит этиэҕэ. Туох эрэ саҥаны аҕалыа...
Итиинэ мустубут дьон бары сөбүлэстибит...
Оҕо ырыатын түһүлгэтэ үһүс төгүлүн ыытылынна. Систиэмэ буолан барда. Биһиги буоллаҕына куруук ыытыллар үгэскэ кубулуйарыгар баҕалаахпыт.
Ону тэрийэр дьон Захар Никитин, Анатолий Босиков, Вера Босикова үгэскэ кубулутууга бэлэмнэрин эттилэр. Икки сылга биирдэ Майаҕа оҕолор "Сэргэ” тула түмсэн туллуктар кэлбиттэринии ыллаан-туойан ааһар буолуохтара.

Сэргэ – саха омук им-бэлиэтэ...
"Сэргэ” – аатырбыт-суолурбут бөлөх аата...
"Сэргэ” – оҕо тыыннаах доҕуһуоллаах ырыатын-тойугун түһүлгэтэ...
Салҕанан бара турдун итинник...
Оннуга ордук...
 
"Сэргэ” түһүлгэ дьүүллүүр-сүбэтэ.
Кулун тутар 2010 сыл.

Views: 2002 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2010  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 39
Ыалдьыттар (гостей): 39
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024