News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2010 » От ыйа » 22 » Дьон дьоҥҥо ыттыы сыһыана аныгы Арассыыйаҕа муҥутаан турар.
Дьон дьоҥҥо ыттыы сыһыана аныгы Арассыыйаҕа муҥутаан турар. | 17:46 |
«Кэлии дьон - кэлии үүтүгэр!»
21.07.2010 22:24 | Автор: Туйаара Нутчина | КЫЫМ.
Дьон дьоҥҥо ыттыы сыһыана аныгы Арассыыйаҕа муҥутаан турар. Биир кыраныыссанан төгүрүтүллэн олорор судаарыстыбабытыгар сүүһүнэн араас омук ыкса симиллэн олоробут. Дойдубут нэһилиэнньэтин 80%-на нууччалар. Баһылаан-көһүлээн олорор, урут убаастаан «убай» диэн ааттаабыт норуоппут күн тура-тура, хаалбыт 20 % нэһилиэнньэттэн «атаҕастанарын, баттанарын, килиэбин былдьатарын» туһунан суланан тахсар. Ол «суланыы» биир чаҕылхай туоһутунан, Москуба куорат дьокутааттарын чөмчөкөтүгэр «Кодекс москвича» диэн кэлии дьоҥҥо быраабыла толкуйданан буһа-хата сылдьара буолар.
Бил баһыттан сытыйар. Ол курдук туох баар омсолоох майгы (үтүө да көстүү) барыта киин куораппытыттан – Москубаттан тэнийэр. Омук омукка сыһыана сытыырхайан турар. Эһэлэрбит эрэйдээхтэр улуу куораты өстөөхтөн көмүскээн умса түспүт «аньыыларыгар», билигин сиэннэрэ кэлэн «кыараҕас харахтаах» туора урдус курдук көрүллэллэр. Сотору-сотору тараҕай нуучча бөтөстөрө үөрүнэн сылдьан биһиги курдуктары анаан-минээн булт оҥостоллоро суруллар. Үөһээ салалта «бэйэ уолаттарын кыра бырыкаастарын» тарбаҕын быыһынан көрөр. Буолумуна, итинник омугумсуйууга тирэнэн сымнаҕас кириэһилэни булуммут дьон элбэҕэ сыттаҕа.
«Путин уруккуттан ситинник саныыр» диэн ньымааттаан, «Кодекс москвича» бэркэ табыллан суруллан испитэ. Улуу тойон аатынан өссө да үгүстүк үспүкүлээссийэлиэхтэрин, соторутааҕыта Москуба анныгар уочараттаах православнай таҥара дьиэтин аһар сиэргэ-туомҥа, премьер: «Россия является многоконфессиональной страной и на равных, как «общий дом», принадлежит всем населяющим её народам», -- диэн быһа-бааччы этэн кэбистэ. Этэрин эттэ буолан баран, дьыала-куолу хайдах салгыы салаллан иһиэҕэ биллибэт.
Олохтоох киһи кэлии дьону өрүү абааһы көрөр. Ыҥырыллыбатах ыалдьыты ханнык хаһаайын харыһыйыай? Ол эрээри, Москуба боростуой, көннөрү куорат буолбатах. Статуһа улахан, ураты. Москуба сайдарын, барҕарарын, күүһүрэрин туһугар былыр да, аны да Евразия элбэх норуоттара, ахсааннарыттан тутулуга суох, хара көлөһүннэрин тохпуттара. Онон Москубаны быһаччы нуучча куоратынан биллэрэр «Кодекс» сүөргүтүн ааһан, омугунан атарахсытыыга, «иккис суортаах дьону» үөскэтэр сыаллаах-соруктаах сокуон буолар.
«Кодексы» уруйдуур дьон бары, үтүктүспүт курдук Москуба куорат думатын регионнары кытары сибээһин уонна национальнай политикатын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин – Михаил Соломенцев тылларын хатылыыллар: «Балкоҥҥа шашлык үтүллүбэт, тиэргэҥҥэ баран өлөрүллүбэт», -- диэн. Ама да азиатын, кавказ омугун иһин дьиҥ өйүнэн сылдьан дьиэҕэ кутааны отто, дьыссаат аттыгар кыылы моонньун хайа сото турдаҕай! Аны, киин куоракка бил да билимэ, нууччалыы эрэ саҥарыахтааххын, бэйэҥ омугуҥ таҥаһын таҥныа суохтааххын диэни туруорсаллар. Чэ, баҕар, ол биһиги халадаайбытын кэтиэ суохпут, онтон ислам итэҕэллээх дьон дьахталлара европейскай таҥаска сууланыахтарын улаханнык ыарырҕаталлара чуолкай.
Убайдар бэйэлэрин туһугар тугу эмэ толкуйдаатахтарына, өрүү кыра-хара омугу «көҕүлээччи» оҥорор үгэстээхтэр. Саха оскуолата тутуллубатыгар, төрөппүттэр «баҕарбаттарын» курдук, «Кодекс москвича» толкуйданарыгар Москубаҕа олорор диаспоралартан «этии киирбитин» ыйаллар. Ол эрээри биир да диаспора бэрэстэбиитэлин чопчу аата хана да суруллубат.
Москуба мээрэ Юрий Лужков гастарбайтер ахсаанын икки бүк аҕыйатыахха диэн иллэрээ сылтан ыҥырар. Кини тылыттан иһиттэххэ, билигин киин куоракка 350 000 миэстэҕэ тас дойду гражданнара үлэлииллэр. Дьэ, ким билэр, аҕыйах харчыга москвичтар муоста харбыы тахсыбат буолуохтаахтар.
Лужков этэрин курдук, үлэ миэстэтин икки бүк сарбыйдахтарына, үлэтэ суох хаалбыт дьон, санаа хоту, дойдуларыгар төннөллөрө саарбах ини. Былырыын Москваҕа тахсыбыт буруй быһа туппут аҥаарын кэлии дьон оҥордулар диэн милииссийэлэрин начальнига Владимир Колокольцев отчуоттаан турар. Барар-кэлэр, аһыыр-таҥнар харчыта суох хаалбыт дьон криминальнай хрониканы ситэриэхтэригэр киһи саарбахтаабат даҕаны. Оннооҕор, Дьокуускайга гастарбайтердар сылтан сыл ахсын буруйу оҥороллоро үрдээн иһэрин бэлиэтииллэр.
2005 сыллаахха Парижка французтары арабтар, негрдар улаханнык ууга-уокка түһэрэн турардаахтар. Французтар былыргы өбүгэлэрэ баттаан-атаҕастаан олорбут, холуонньа оҥостубут судаарыстыбаларыттан бырастыы гыннарар курдук, ол дойду дьонун бэйэлэрин сирдэригэр киллэрбиттэрэ.
Кэлии дьон, биллэн турар, кыра-хара үлэҕэ илии-атах буолан сылдьыбыттара. Бэйэлэрин дойдуларыгар быстар дьадаҥытык олорбут иммиграннар, Францияҕа кэлбиттэрэ даҕаны үөрүү курдуга. Улахаҥҥа, ордукка дураһыйбакка кыранан дуоһуйан сылдьыбыттара. Онтон Францияҕа үлааппыт, төрөөбүт кинилэр оҕолоро уонна сиэннэрэ, историческай дойдуларын быстарык олоҕун билбэтэх көлүөнэ, биллэн турар, эт саастыы француз оҕолоругар ымсыыран бараллар. Француз оҕото баайдык-тоттук, көҥүллүк-кыахтаахтык олорор, онтон киниэхэ – хараҥа тириилээх оҕоҕо, этэргэ дылы, күллээх кокуоска! Хамначчыт оҕото хамначчыттыан баҕарбат буолан барар. Ситинтэн сылтаан Францияҕа омугунан киирсии саҕаланар. Николя Саркози ол айдаан саҕана ИДьМ миниистирэ. Иммиграннары утары харса-хабыра суох киирсэн президент дуоһунаһыгар тигистэ диэн аналитиктар суруйаллар. Онон онно да, манна да имперскэй шовинизм баһыйар омукка күүстээх эбит диэн этиэҕи баҕарыллар.
Өскөтүн «Кодекс москвича» олоххо киирдэҕинэ, бастакы көлүөнэ иммиграннар, баҕар, саҥата суох тутуһа сатыахтара. Онтон кинилэр оҕолоро, ыччаттара бууннаан туруо суохтара дуо? Оччотугар «нууччалар эрэ» куораттарыттан туох ордуой? Биһиги дойдуга норуот бууна «бессмысленный и беспощадный» диэн аатырар.
Аны, москвичтар эрэ «кодекстаныахтара» дуо, атын куораттар эмиэ саппай уопсан, кэлии дьону «муостарын-туйахтарын тоһутар» сокуону ылыныахтара. «Кодекс якутянина» олус бэркэ иһиллэр буолбатах дуо? Барыларын сахалыы таҥыннарыахпыт, сахалыы эрэ саҥардыахпыт.
|
Views: 1677 |
Added by: uhhan2
|
Total comments: 1 | |
1
Суулла Уола
(2010-07-30 10:07)
Олус сөпкө суруллубут. Наһаа улуутумсуйан эрэллэр.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 18 Ыалдьыттар (гостей): 18 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|