Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2010 » От ыйа » 30 » Александр ЯКОВЛЕВ. «Туймаада уоттара» №15(20), от ыйа, 2010 с.
Александр ЯКОВЛЕВ. «Туймаада уоттара» №15(20), от ыйа, 2010 с.
21:54
«Туймаада уоттара» №15(20), от ыйа, 2010 г.
Чиновниктар хамнастарын ту¤унан

«Атын киґи хамнаґын аа±ар куґа±ан!» – диэн этии баар. Биллэн турар, куґа±ан. Ол эрээри биґиги чиновниктар тіґі хамнастаахтарын билэрбит туох куґа±аннаах буолуой? ДьиІэр, атын іс хоґооно эмиэ баар: «Чиновник – киґи буолбатах», – диэн. Кырдьыга, «чин» диэн тылтан тахсыбыт буолла±а. Чиновниктар эрэ буолбакка, чааґынай бизнеґинэн дьарыктанар, ону сэргэ былааґы кытта олус чугас дьон хамнастарын биґиги билэрбит хайаан да наада. То±о диэтэххэ, дьон-сэргэ бу дьон туохтан, хантан хамнастаналларын билэ сылдьыахтаах. Коррупцияны кытары сибээстээх буолбатыннар диэн.

Россия±а саамай баай

Россия саамай баай киґитинэн Новолипецкайдаа±ы металлургическай комбинат директордарын Сэбиэтин председателэ Владимир Лисин буолбут. Кини µбэ-харчыта 18,8 миллиард доллар. Киґи ійµгэр баппат сыыппара. Иккис миэстэ±э «Онэксим» біліх президенэ Михаил Прохоров тахсыбыт – 18 млрд. доллартан арыый кыра. Ґґµс миэстэ±э Чукотка «Ил Тµмэнин» председателэ, биґиги Виталий Басыгысовпыт курдук дуоґунастаах Роман Абрамович буолбут.
Таарыйа эттэххэ, Абрамович Чукотка±а губернатордаан олорон, олохтоохтору харчынан кімін олохторун тупсараары гыммыта. Араас тутуулары ыыттарбыта, чукчалары куоракка кіґіртіірµ гыммыта. Ону баара, ол былаана барыта тохтубут курдук. Араас тутуулар иччитэх тураллар, чукчалар буолла±ына эмиэ тірµт туундараларыгар барбыт курдуктар. Ол аата тугу барытын харчыга атыыласпат буолла±ыІ.
Ґіґэ ааттаммыт миллиардердарбытыттан ураты, аттыттар да элбэхтэр:  Сулейман Керимов, Михаил Фридман, Олег Дерипаска, Алишер Усманов, Вагит Алекперов, Алексей Мордашов, Владимир Потанин. Бу дьон бары 10-тан тахса миллиард доллар µптээхтэр. Онтон кыра µптээх миллиардердар элбэхтэр. Аны туран, бу испииґэккэ долларовай миллионердары (миллиардердары буолбатах) букатын да киллэрбэтибит. Ону испииґэктээтэхпитинэ, хаґыаппыт сирэйэ да тиийиэ суо±а.

Миллионер-чиновниктар
Россия±а, Саха да республикатыгар, уопсайынан дьон тіґі былааска чугас буолаллар да, соччонон сирэйэ-хара±а суох байаллар эбит.
Санаан кірµІ, µіґэ ааттаммыт Сулейман Керимов – Федерация Сэбиэтин чилиэнэ, эмиэ били биґиэхэ президеннии сылдьыбыт В.Штыров курдук. Штыров эмиэ миллионер, ол туґунан суруйан тураллар.
Государственнай Дума депутата Михаил Эверстов – эмиэ миллионер. Ол эрээри кэргэнэ кинитээ±эр элбэх харчыны ілірір эбит. ТэІнээн кірµІ: Михаил Эверстов ааспыт сыл тµмµгµнэн  1 958 596 солк. барыґырбыт, онтон кэргэнэ – 41 049 260 (!) солк. дохуоттаммыт. Кыахтаах дьахтар эбит! Саха дьахталларыттан ким эмэ итиччэ дохуоттаа±а буолуо дуо?
Михаил Эверстовы а±ынныбыт да, эмиэ Госдума депутатын Федот Тумусовы хайаан да ахтарбытыгар тиийэбит. Федот Тумусов ааспыт сылга 2 233 579 солк. ілірбµт. Кэргэнэ киниттэн а±ыйах – 461 249 солк. дохуоттаммыт. Мантан кістірµнэн, кэм сиэрдээх ыалынан Федот Тумусов дьиэ кэргэнэ буолар эбит. Таарыйа эттэххэ, Госдума депутатын хамнаґа Россия министрин хамнаґыгар тэІ, ол эбэтэр ыйга 163 тыґыынча солк. тахса.

Сирэйэ-хара±а суох байбыт чиновниктар
Суруйуубут тібіті «Чиновниктар хамнастара: кэргэннэринээ±эр а±ыйах» диэн. Маны бигэргэтэр іссі биир чахчыны а±алабыт.
Москва мэрэ Юрий Лужкову бары билэ±ит. Кини хамнаґа сылга – 7 908 856 солк. Эмиэ мілµйµінµнэн. Ким эрэ маны элбэх диэ±э. Элбэх буолумуна! Тыа сирин киґитэ итиччэ харчыны тыыннаах киґи хайдах чиэґинэйдик ілірµін сібµн тµґээн да баттаппат буолла±а.
Дьэ, аны маны кірµІ. Лужков кэргэнэ – Елена Батурина. Кини ааспыт сыллаа±ы хамнаґа – 30 миллиард 935 мілµйµін 575 солкуобай! Бу биґиги республикабыт бюджетыттан эрэ кыра. Аны туран, кырата 20-чэ сыл устата, хас сылын аайы итиччэлии дохуоттаныан сіп. Дьэ, буолар да эбит, диэ±иІ.
Аны билигин государственнай «Роснано» тэрилтэни салайар Анатолий Чубайсы ылан кірµі±µІ. Кини ааспыт 2009 сыллаа±ы дохуота – 202 мілµйµін 684 тыґыынча. Быґа холоон, сылын аайы сµµстµµ квартираны Дьокуускай куоракка атыылаґар кыахтаах киґи эбит.
РФ президенин администрациятыгар µлэлиир Владислав Суркову ылан кірµі±µІ. Кини сылга алта аІар мілµйµін солк. кэриІэ хамнастаах. Онтон кини кэргэнэ буолла±ына – 56,4 міл.солк. хамнастаах. Дьэ, эмиэ кыах дьахтар диэтэ±иІ.
Кэргэнин хамнаґа ыйыллыбатах, балысхан хамнастаах чиновнигы кірµі±µІ эрэ. Холобур, Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Сергей Пугачев ааспыт сыллаа±ы дохуота – 3 миллиард 7 мілµйµінтэн тахса.
Ити курдук аа±ан бара туруохха сіп.

Былааска тахсан, туґанаары

Дьон то±о былааска талаґарый? БµгµІІµ Россия экономикатын, политикатын кірдіххі, эппиэтэ сµрдээх судургу буолан тахсар: хааґына харчытыттан тиксэн, тус бэйэлэрэ байаары-тайаары. Эбэтэр, дуоґунастарынан туґанан, бэйэ±э барыстаах салааны ылыы, онно талбытынан хаґаайыннааґын.
Кырдьыга да, бµгµІІµ кµІІэ Россия±а «бар-дьоммор туґалыам этэ» диэн, ис сµрэ±иттэн этэр чиновник баарын киґи саарбахтыыр. Јскітµн тµІ былыргыттан «сатаа да. саґыл са±алан» диэн этии баґылаан кэлбит эбит буолла±ына, кµн бµгµнµгэр диэри ити этии ис хоґооно уларыйбакка кэллэ. Норуот ыараханнык олорор кэмигэр наар байа сатыыр айдааннаахтар бааллар. АІардас АЛРОСА да салайааччыларын ыйга мілµйµінµнэн хамнастара ону туоґулуур.

Сайдыылаах дойдуга атын
Сайдыылаах, дьиІ демократичнай диир дойдуларбытыгар балаґыанньа хайда±ый?
Дойду силигилии сайдарын, дьон оло±о-дьаґа±а тупсарын туґугар, бастатан туран, коррупцияны суох гыналлар эбит. Холобур, Кытайга сылын ахсын 50-ча тыґыынча коррупционеры ытан, укуоллаан іліріллір. Санаан кірдіххі, элбэх курдук. Ол эрээри балтараа миллиардка чугаґыыр ахсааннаах кытай норуотугар – бу кыра сыыппара. Ол оннугар дойдуга бэрээдэк олохтонор, экономика айгырааґына уурайар буолла±а. Аны туран ол коррупционеры ыппыт ботуруоннарын ороскуотун коррупционер-чиновник чугас аймахтарыттан тіліттіріллір эбит.

Экономика сайдар тірµтэ


Экономика сайдар тірµтэ итиннэ сытар эбит – дойдуга коррупция суох буолуутугар. Биґиги чиновниктарбыт тіґінін байаллар-тайаллар да±аны, соччонон норуот дьадайар, µлэ миэстэтэ суох буолар эбит.
«Баай дьон элбиирэ туох куґа±аннаах буолуой?» диэн ійбµтµн иирдэ сатаабыттара ыраатта. Дьон бары сэниэ, кэм туруктаах буолбуттарын кэннэ, биирдиилээн дьон, кыахтаах буоллахтарына, байдыннар да±аны. Ону ким да утарбат. Арай, дьон быста дьадаІытык, ордук тыа сиригэр, олороллорун кэннэ мілµйµінµнэн, миллиардынан солкуобай дохуоттана олоруу – нэгэй, сирэ±э-хара±а суох буолуу диэн аґа±астык этиэххэ наада.
Дойдуга коррупция туґунан сокуон µлэлээбэт, чиновниктар µптэрин кистииллэр, хамнастарын куруук µрдэнинэн тахсаллар. Баайга-дуолга нолуок диэн сокуону ылымматтар. О±олорун кыра эрдэхтэриттэн дьону албыннаан байарга µірэтэллэр. Итинник дойдуларын дьонун талаан, сиртэн хостонор баайын бэйэлэрэ эрэ хорон сии олорор чиновниктардаах буоллахпытына, дойду экономикатын биир кµдьµс сайыннарар хайдах да кыаллыа суо±а. Коррупция суох эрэ буолла±ына дьон-сэргэ байылыаттык олоруо.

Александр ЯКОВЛЕВ.

«Туймаада уоттара» №15(20), от ыйа, 2010 с.


Views: 1773 | Added by: uhhan2
Total comments: 2
2 Donna  
Рано или поздно им все равно воздастся.
Слезами умоются, в старости пусть их совесть замучает, а еще лучше - Бог покарает. На горе людей счастья все равно не построишь. Или еще есть такое верное высказывание - в стране, где живут несчастные люди, по-настоящему счастливым не будешь.

1 роман  
Саамай сіптііх ыстатыйа.Норуоту албыннаан ті¤і ір байан-тайан олоруохпут диэн саныыллара буолла?История уруоктарын умнубут курдуктар.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2010  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 41
Ыалдьыттар (гостей): 41
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024