News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2010 » Атырдьах ыйа » 9 » Саха кыыһа Винер оскуолатыгар хайдах тиийдэ?
Саха кыыһа Винер оскуолатыгар хайдах тиийдэ?
12:55
Наркотик... Винер... Саха кыыһа... (ИА "Кыым.ru")
Бу олоххо туох барыта сибээстээх-ситимнээх, төрдyлээх-төбөлөөх. Сахалар барахсаттар, киэҥ эргитиилээх, уhун ыырдаах сиртэн чиэски олорор буолан, бэйэбит хааhыбытыгар бэйэбит булкуллар курдукпут. Ким да биhиги олохпутугар орооспотун курдук сананабыт. Дьи² иhигэр киирдэххэ, биhиги олохпут атын, туора сиртэн көстyбэт ситимнэринэн силбэhэн турар. Көстµбэт ута5ы ынараа тартахтарына, хоту дойду оло5о долгуйар. Алмаас тутаах хампаанньата аhыллар мөккyөрэ илэ бааччы са5аланна. Бу кимиэхэ барыстаа5ый? "Норуот туhугар” диир остуоруйа билигин кими да итэ5эппэт буолан турар. Сир-буор аннынан иhиттэххэ, yс олигарх алмаас тэрилтэтигэр ымсыыран силин быhа ыйыста олорор. Ол дьонтон биирдэстэринэн Алишер Усмановы ааттыыллар. Бу туох киhиний? Саха сиригэр туох сыhыаннаа5ый? Наркотик... Винер... Саха кыыhа... Омос көрдөххө, бэйэ-бэйэлэригэр улаханнык ситимнэспэт өйдөбүллэр. Арай, саха кыыһын ааттаах-суоллаах тренер Ирина Винер ылан эрчийэ сылдьыбыттаах диэххэ сөбө этэ дуу. Бастаан, Ирина Винертан саҕалыахха. Кырдьык, этэргэ дылы көтөҕүнэн аат-суол, сүгэһэринэн чыын-хаан, мэтээл, уордьан иҥмит аҕай дьахтара. Арассыыйа үтүөлээх тренерэ, "хас да” олимпийскай чемпиону иитэн таһаарбыт "улахан өҥөлөөх” диэн этиллэр. Официальнай библиографиятыгар икки спортсмены -- Кабаеваны уонна Канаеваны олимпиада муҥур чыпчаалыгар таһаарбыта суруллар. Дойду бастакы ледитын кытары – Светлана Медведевалыын чугастык билсэр дьүөгэлиилэр. Ол туоһутун иккиэн сэргэстэһэ түспүт хаартыскаларын интернеттэн хото хоторуохха сөп. Ирина Александровна 1948 сыллаахха Узбекистаҥҥа төрөөбүт. Аҕата – Александр Ефимович Узбекистан норуодунай худуоһунньуга, ийэтэ — Зоя Зиновьевна, быраас. Ирина Винер Арассыыйаҕа 1992 сыллаахха көһөн кэлбит. 2001 сылтан ылата художественнай гимнастикаҕа дойду сүрүн тренерэ, Олимпиадаҕа бэлэмнэнэр киин дириэктэрэ. 2008 сылтан Бүтүн Арассыыйатааҕы художественнай гимнастика федерациятын президенэ. Уон сыл иһигэр дойду спордун салалтатын үрдүкү хаттаҕаһын киэҥ атылынан дабайбыт. Кинитээ5эр элбэх олимпиада чемпионнарын, призердарын бэлэмнээбит тренердэр бааллар эрээри, итинник дьулур5ан ситиhиини то5о эрэ ситиспэттэр. Үгэс быһыытынан, Сэбиэскэй кэм саҕаттан, художественнай гимнастикаҕа нуучча спортсменнара саамай күүстээхтэринэн аатыраллар. "Кырдьык даҕаны, ала-чуо нуучча кыыһын быһыытыгар-таһаатыгар ананан оҥоһуллубут спорт көрүҥэ”, -- диэн Япония хамаандатын тренерэ биир Олимпиадаҕа саҥа аллайбытын Сэбиэскэй хаһыаттар сыһа-соһо сылдьан бэчээттээн турардаахтар. Дьэ, ол художественнай гимнастикаҕа "титульнай нация” ортотугар хайдах Кабаева, Утяшева, Виолетта Иванова курдук азиат кыргыттар кыттыһан хааллылар диэн уорбалыыр санаа элбэх суруналыыс өйүн сыспыт буолуохтаах. Бэл, "интернационализм” үйэтигэр дойду чиэһин наар украинкалар, нууччалар, белорусскалар көмүскээччилэрэ эбээт. Биллэн турар, Алиналаах, Ляйсан, Виолетта "уһулуччу талааннара таайан” атыттары сабырыйдахтара дии саныырга да астык. Ол эрээри билиҥҥи атыы-тутуу, эргитии-урбатыы, кэтэх кэпсэтии кэмигэр саарбах соҕус астыныы. Оттон Винер Узбекистантан төрүттээх. Ситиhиилээх тренер кэргэнэ кимий? Алишер Усманов! Узбек. Сөп даҕаны, биир дойдулааҕын өйөөтөҕө. Утяшева башкирка. Пекиннааҕы олимпиадаҕа кыттаары тиритэ-хорута бэлэмнэнэ сылдьан эмискэ "Винердыын кэпсэтэн баран” улахан спортан барарга күһэллибит. Официальнай төрүөт – урут эчэйбитэ баалаабыт. Оттон дьиҥнээх төрyөтyн таайыахха эрэ сөп. Трамва дьарҕа буолбута улахан күрэхтэһии субу саҕаланарыгар биирдэ биллибитэ киhини сэрэхэдитэр. Оттон биһиги кыыспыт – Виолетта Иванова улахан спортан тоҕо туораата? Ирина Винер биографиятын "буортулуур” дуу, төттөрүтүн "оҥорбут” дуу киһинэн, кини кэргэнин Алишер Усмановы ааттыыллар. Дьэ, кырдьык түөрдэххэ-хастахха бэрт дьикти дьылҕалаах киһи. Олигарх. Ити биир тылынан кини ким-туох буоларын син сэрэйиэххэ сөп. "Металлоинвест” диэн, аан дойдуга тэҥнээҕин булбатах тимир рудата саппаастаах холдинг хаһаайына. Тимир рудата, алмаас, гаас, ньиэп хостуур хампаанньаларга миноритарнай актыыптаах. Өтөрдөөҕүтэ сылга 13 мөл. дуоллар ыраас барыһы киллэрэр "Коммерсантъ” (хаһыата 122 800 тиражтаах, ону таһынан "Деньги”, "Власть”, "Автопилот” о.д.а. сурунааллардаах, Киевка "Коммерсантъ-Украина” хаһыаттаах) Издательскай дьиэни дьиэлиин-уоттуун, киһилиин-тэриллиин, суруйар бородууксуйатыныын Усманов бас билиитигэр ылбыта. Медиамагнат, аны спорка эмиэ бас билиилээх. Британия "Арсенал” футбольнай кулууп хаһаайыннарыттан биирдэстэрэ. Аршавин "Арсеналга” бас быстар суумаҕа атыыланыытын кини тэрийбитэ диэн суруйаллар. Маны таһынан «Сбербанк», «Газпром», «Мегафон» о.д.а. хампаанньаларга додо курдук өлүүлээх. Преднистровье өрөспyyбyлyкэтин гааhын олорчу кини бас билэр. Усманов yбyлyyр баартыйатын бэрэстэбиитэлэ, Украина президенинэн талыллан олорор. Миллиардердары ааҕар "Форбс” сурунаал испиэһэгэр Алишер Усманов аата бигэтик киирбитэ быданнаата. Усмановтаах Винер биир уоллаахтар. Антон Винер "Сан-Сити” кулууптары бас билэр диэн суруйаллар. Усманов "узбекистаннааҕы” олоҕо Усманов "Арсенал” кулууп акциятын атыылаһарыгар, Англия хаһыаттара, чуолаан, Мюррей диэн Узбекистаҥҥа Великобритания посолунан үлэлии сылдьыбыт киһи уоһунан, А.Усманов саарбах дьыаланан дьарыктанан баай-дуол оҥостуммутун суруйан турардаах. Онно, бизнесмен, Гюльнара Каримовалыын (Узбекистан президенэ Ислам Каримов кыыһа) билсэн-көрсөн байбыта ахтыллар. Ону таһынан, Усманов, криминал авторитеттарын, наркобароннары кытары сибээстээҕэ ыйыллар. Олигарх сонно тута, Москваҕа олорон, пресс-конференция тэрийэр: "Обо мне говорят как об узбекском бизнесмене, вовлеченном в торговлю наркотиками и связанном с подозрительным режимом. Отвечать на все эти объявления ниже моего достоинства... Я не хочу даже давать оценку высказываниям Мюррея обо мне... Сын моих родителей – не гангстер и не рэкетир", -- диэн кыккыраччы мэлдьэһэр. Хаста даҕаны хаайыыга олоро сылдьыбытын "политическай сакааһынан КГБлар олордубуттара” диэн кини аралдьытар үгэһин субу да түгэҥҥэ сыыска-буорга түһэрбэт. Күүһүлээһинтэн саҕалаан, сүүлүктээһиҥҥэ, бэрик биэрээһиҥҥэ, уорааһыҥҥа тиийэ "сакаастанан” буруйдана сылдьыбытын өссө өҥөтүн курдук туттар. Кырдьыга, 2000 сыллаахха Узбекистан Үрдүкү суута Усмановы реабилитациялаан турар. Узбек "крышата” тэстибэт "Компромат.ру” сайт суруйарынан, Ташкент куорат прокурорун уола Усманов, соччо бөрүкүтэ суох эргимтэ иһинэн ааттанарынан -- "Узбек”, үрдүкү былааска турар үгүс "крышалаах”. (Кэргэнэ президент ойоҕун кытары куодарыһара да элбэҕи этэр). Узбек, бастакы "крышата” – Евгений Ананьев ССРС КГБ-тын үлэһитэ. Кинилэр аан бастаан 1980-с сыллардаахха билсибиттэр. Ол саҕана Алишер Усманов МГИМО выпускнига, хас даҕаны фирма салайааччыта, ол иһигэр "Ассоциацию 8-й день» диэн, баай омуктары, Памир сэдэх кыылларын бултатар тэрилтэни салайар. Биирдэ омук булчута, арҕаа спецсулууспа агена, Усмановы вербовкалыы сатаабыт. Ол ту´унан патриот Алишер, Узбекистан КГБтын солбуйар бэрэссэдээтэлигэр дакылааттаабыт. Дакылаат Москваҕа тигинээн тиийэн Евгений Ананьев остуолугар бэрэбиэркэҕэ ууруллубут. Өр-өтөр буолбатах, Ананьев кабинетыгар Усманов бэйэтинэн ыҥырыллыбыт. Ол кэнниттэн КГБ сотруднига уонна узбекскай бизнесмен икки ардыларыгар уу тэстибэттии ыга доҕордоспуттар. Ананьев көмөтүнэн Усманов Москва анныгар Раменскай куйахы собуотун баазатыгар салаппаан пакеты оҥорор сыах аспыт. Дьыала-куолу табыллыбыт, компаньоннар харчыламмыттар. Усманов харабылламмыт-таймаламмыт, Рублевскай шоссеҕа даачаламмыт, Сухаревскай переулокка офистаммыт. Онтон сотору соҕус буолан баран, сыах милииссийэ кыраҕы хараҕыгар түбэспит. Пакет собуот бородууксуйатын тобоҕуттан-ибэҕиттэн оҥоһуллуохтааҕын, бастакы суортаах сырьеттан оҥоһуллара биллибит. Улахан айдаан тахсыаҕын Ананьев Усмановы КГБ үлэһитэ диэн, дьыаланы саптарбыт. Ананьев-Усманов кыттыһан МиГ сөмөлүөтү Пакистаҥҥа, Малайзияҕа атыылыы сылдьыбыттаахтар. Онтон киирбит үлүгэрдээх үбү эргитээри уонна саарбах "төрүттээх” харчыны сууйаары-сотоору "МАПО-бааны” тэрийэллэр. Итиччэ улахан сыаналаах, уустук истребителлэри кыайа-хото тутарга-атыылыырга спецсулууспа үрдүкү чыыннара Щербаков, Рябихин, Гореловскай (Тас разведка сулууспата), Измайлов, Караогланов (Байыаннай разведка), Арассыыйа вице-премьера Олег Сосковец (оччолорго правительствоҕа обороннай комплексы салайара) кыттыгастаах этилэр диэн ыйаллар. Чуолаан, ити быыһык кэмҥэ, Усманов ФСБ, СВР, Росвворужение чунуобунньуктарын кытары билсибитэ сэрэйиллэр. Элбэх харчы уустук үллэһигиттэн сылтаан, кэлин, Ананьевтаах Усманов атырдьах салаатыныы арахсыбыттара биллэр. "МАПО-бааҥҥа” үгүс силовой спецсулууспа счетун сэргэ, прессаҕа суруллубутунан, 1995 сылтан Хотугу Кавказ мафиятын общагын харчыта эргийэн барар. Сүүһүнэн мөлүйүөн дуоллардаах счет гражданин Т. (Хотугу Кавказ өрөспүүбүлкэтин биир официальнай бэрэстэбиитэлэ) аатыгар аһыллар. Бааҥҥа мафия харчыта киирэрин кытары Усманов оруола улаата түһэр. Улахан суумалаах кирдээх харчы эргийэн бараатын кытары, ФСБ, СВР, Росвооружение ведомстволара, киһи эрэ буоллар, харчыларын сүр тиэтэлинэн атын бааҥҥа көһөртүүр үлүгэргэ түһэллэр. Ол гынан баран Усмановы тоҕо эрэ ким да тыыппат. Узбек үрдүк сололоох чунуобунньуктары кытары эрэ буолбакка, криминал аптарытыаттарын кытары илии тутуһара уруккуттан биллэр суол. Сол курдук Орто Азияҕа аата ааттаммат аптарытыат – Гафурдуун сибээстэһэрэ ахтыллар. Михась диэн эмиэ үтүөтүнэн биллибэтэх аптарытыат аҥаардаах бизнесменниин билсэрэ-көрсөрө диэн блогердар суруйаллар. 1998-99 сылларга Усманов күндү таас уонна металл эргиэнигэр умса-төннө түһэн барар. "МАПО-баан” нөҥүө алмаас, көмүс хостуур салааҕа киирсэр. Инньэ гынан, Архангельскай уобаласка сүрүн алмааһы хостуур "Севералмаз” АОну хонтуруолугар ылар. "Хонтуруолга ылыы” сууту-сокуону аахсыбакка барбыт быһыылаах, Усманов омук партнердара -- "Де Бирс” хампаанньаны бас билэр Оппергеймнар дьиэ кэргэттэрэ, Аан дойду арбитражнай суутугар кытары үҥсүбүт сурахтара иһиллэр. Уопсайынан даҕаны, Узбек бизнеһи олус содурдук тэрийэриттэн эмсэҕэлээбит элбэх эрээри, баччааҥҥа диэри ким даҕаны сууттаһан-үҥсүһэн кыайбыта биллибэт. Холобур, Забайкальскай кыраай губернатора Равиль Гениатулин бэл, Дмитрий Медведевка "Металлоинвест” Удоканнааҕы алтан месторождениятын ылан баран, лицензионнай төлөбүрүн төлөөн быстыбат диэн үҥсэргээбитэ даҕаны Усмановы бүдүрүппэтэҕэ. Хата, Кириэмил чунуобунньуга Владимир Бавлов (Сир баайын туһаныы федеральнай агентствотын салайааччыта) "Металлоинвестка” биир ый иһигэр төлөнүөхтээх лицензионнай төлөбүрүн сыл аҥаарыгар диэри уһатан биэрбитэ. Кризиһинэн сылтанан, олигархтар бэйэлэрэ бас билэр эрээри, судаарыстыбаҕа "стратегическай суолталаах” актыыптарын омуктарга атыылыылларынан куттаан, хаа´ынаттан үп ыһыгыннарарга дьулуһаллар. Экспертэр, сир баайын туһаҕа таһаарар лицензияны ылыыны уонна сири таҥастыыр үлэни хааһына суотугар оҥорторо сатааһыны, Ельцин 1990 сыл саҕаланыытыгар ыыппыт "прихватизациятын” политикатыгар үүт-маас майгыннаталлар. Оччолорго Ельцин, улахан баайы-дуолу приватизациялыырга, туох да солуога-таймата суох сымыйа аукционнары тэрийбитэ буолан баран, былааска чугас турар дьоннору кыайыылааҕынан оҥортоон кэбиспитэ. Ол дьонуҥ хааһына суотугар бөдөҥ актыыптары буор-босхо приватизациялаан ылбыттара. Үтэһэ хаһан туоларый? Дьиҥинэн, Алишер Усманов аньыыта-харата баһаам мунньулуннаҕа эбээт, ол гынан баран тоҕо эрэ үтэһэтэ туолбат. Прессаҕа сурулларынан, тустаах уоргаттар үөһэттэн хамаанданы кэтэһэллэр. Арассыыйа суута-сокуона хамаанданан холбонор, хамаанданан арахсар... Усманов былааска чугас турар киһи. Кириэмил дьаһалтатын кытары киһи ымсыырар сыһыаннаах, баҕардаҕына президеҥҥэ судургутук киирэр кыахтаах. Былаас сөбүлэҥинэн даҕаны "Коммерсантъ” ИДь-ни ылла диэн суруйаллар. Манан Усманов икки куобаҕы тэҥҥэ өлөрөр. Биир өттүнэн, медийнай магнат буолан бэйэтин бизнеһин, интэриэһин хайа талбыт лоббируйдуур кыахтанар. Иккиһинэн, Березовскай уонна Патаркацишвили ("Коммерсантъ” урукку хаһаайыттара) курдук Арассыыйа былааһыгар туора көрүллэр дьонтон медиа актыыбы төлө тардан ылан Кириэмилгэ сээн дэттэрэр. Кэлин ИДь-ны судаарыстыбаннай "Газпром-Медиаҕа” атыылыыр былааннааҕын эмиэ сырдаталлар.Миллер уонна Усманов Усманов, аны, судаарыстыба газовай монополиһын -- "Газпром” официальнай менеджэрэ. Кини "Газпром” систиэмэтигэр өссө Рем Вяхирев саҕана сүбэһитинэн киирбиттээх. Онтон, билигин, Алексей Миллергэ, дуоһунаһа үрдээн "Газпром” урукку актыыбын төнүннэрэр соруктаах тэриллибит "Газпроминвестхолдинг” самалык тэрилтэни салайар. Хайдах ньыманан бу актыыбы төнүннэрэн эрэрин, урукку "баай криминальнай уопутуттан” сэрэйиэххэ эрэ сөп. "Путин уонна Кабаева” – эрдэттэн былааннаммыт пиар? Биир үтүө күн "Москор” хаһыат Президент Путины уонна олимпийскай чемпионка Алина Кабаеваны "холботолоон” турардаах. Өссө сыбаайбаны тэрийиигэ сабыылаах тендер ыытыллар диэн сурах-садьык тарҕаппыттаах. Ити "сонун” бэчээттэммитин кэннэ, хаһыат сабыллыбытын истэн, өссө коллегаларбытын аһынан ылбыттаахпыт. Сыл-хонук ааспытын кэннэ, тоҕо да, чуолаан, Кабаеваны Путиҥҥа "уктахтарай” диэн толкуйдуу саныыгын. Ама, да итирбит баарын иһин (суруналыыстар далааhыннаах остуол кэнниттэн суруйбуттар диэн буолбута)? Усманов ССРС ыһыллыбытын кэннэ, «Film by Jove» АХШ хампаанньатыгар атыыламмыт "Союзмультфильм” 500 анимационнай киинэлэрин уонна Ростропович-Вишневская коллекциятын дойдуга төнүннэрбит өҥөлөөх. Кини иннинэ бизнесмен Виктор Вексельберг Карл Фаберже пасхальнай сымыыттарын коллекциятын Форбстартан 100 мөл. дуолларга атыылаһан Арассыыйаҕа төнүннэрбитэ. Бизнесменнэр стратегтар, оҕуруктаах өйдөөхтөр. Дмитрий Абзалов (Политконъюнктура киинэ): "Усманов быыбар чугаһаан судаарыстыбаҕа "бэрик” биэрэр, Путин кэнниттэн кэлэр президент кини куурсун тутуһара биллэр, онон кэнэҕэс олоҕун нус-хас уон сылын бэлиэр оҥоһунна”, -- диэн сыаналаабыта. Сорохтор, Кириэмил, Узбек английскай «Арсенал» кулуубу атыылаһарын көҥүллээбитин иһин махтанна диэн тойоннообуттара. Алишер Усманов «Металлоинвестка» «Норильскай никель» (Владимир Потанин) уонна «Ростехнология» судаарыстыбаннай корпорация металлургическай актыыбын холбуохха диэн бырайыак бэлэмнээн Путиҥҥа киллэрэ сылдьыбытын туһунан кэпсииллэр. Ала чуо, ол кэмҥэ Путиннаах Кабаеваны холботолоон кэбиспиттэрэ. Баҕар, ол сураҕы металлургия сырьетугар монополист үөскүүрүн утарар бөлөхтөр тарҕаппыттара буолаарай? Путин ити бырайыакка илии баттаатаҕына Кабаевалыын дьиҥнээхтик билсэр буолан, Алина тренерин кэргэнигэр -- Усмановка монополист быраабын биэрбит курдук өйдөнүөн сөп. Эбэтэр, төттөрүтүн, Путиҥҥа тиийэ сатаан Орто Азия мафиозилара кырасаабыссаларын сыыттыы сатаатахтара. Винер уонна Усманов ыалдьыттара Винер-Усмановтар дьиэлэригэр кимнээх ыалдьыттыылларый? Узбек МГИМОҕа бииргэ үөрэммит доҕоро Сергей Ястржембский Словакия посолунан ананан барарыгар дьиэтин уларсыар диэри Усмановтаахтыын "доҕордоһор” эбит. Усманов Михайловскай ГОК-ты (Ростов уобалаһа) атыылаһарыгар тахсыбыт "өйдөммөт быһыыны” Москва уобалаһыгар Кылаабынай федеральнай инспектор дуоһунастаах Игорь Абылгазиев тиийэн "басмачтыы” быһаарсыбыт диэн суруйаллар. Спорт уонна криминал Улахан спорт – улахан харчы. Күрэхтэһии төһөнөн таһымынан үрдүк да, соччонон криминальнай диэн этэллэр. Улахан спорт киһи доруобуйатын алдьатар, кээһэтэр буолбута ыраатта. Мэтээл туһугар спортсменнар ытыһынан араас анаболиктары ыйысталлар, допинг-хонтуруолу албынныыр араас эмтэри иһэллэр. Кистэлэ² фармацевтика силигилии сайдыбытын туһунан, Дьокуускай спортивнай саалаларын алҕаска да өҥөйбүт киһи билиэн сөп. Усманов наркобизнеһи кытары сибээстээҕин туһунан суруйан аҕай биэрэллэр. Аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускай оҕо спортивнай оскуолатыгар Москваттан художественнай гимнастика тренерэ үлэлии кэлбитин уруйдаан-айхаллаан көрсөн турардаахпыт. Эчи, тренербит аата-суола, чыына-хаана да элбэҕэ, эбиитин Винери кытары тэҥҥэ үлэлээбит уопуттааҕа!. Дьэ, оҕо бөҕөтө сылдьан кумахтатан испитэ баара... сотору соҕус ол тренербит наркотигы атыылаан тутуллубут сураҕын истибиппит. Хайыахпытый... Саха кыыһа Винер оскуолатыгар хайдах тиийдэ? Мээнэ киһи дэбигис киирбэт улахан спорт эйгэтигэр саха кыысчаана хайдах кыбыллан хаалбытай? Саха аҕыйах, Дьокуускай кыра. Кинилэри билэр киһи бэрт үгүс буолан биэрдэ. Дьон кэпсииринэн, Виолетта Иванова аҕата Семен Иванов чааһынай предприниматель эбит. Биһиги таһыммытыгар таһаардахха балайда кыахтаах киһи. Өссө сир-буор аннынан иһиттэххэ, спецсулууспалары кытары ситимнээх курдук. Улахан амбициялаах таптыыр аҕа оҕотун туһугар тугу оҥорботоҕо баарай. С.Иванов Винергэ киирэр ханнык суолу тобулбутун билбит суох, ол гынан баран аатырбыт тренергэ тиийэн, кэпсэтэн кыыһын художественнай гимнастика оскуолатыгар биэрбит. Спортсменнар сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэллэрэ, миэстэлэһэллэрэ туспа сыаналаах дииллэр. Степан Сивцев "Саха” НКИК-гар интервью биэрэригэр, "сэрэбиэй оҥоһуллубут”, ким кыайыахтааҕа эрдэттэн кэпсэтиллибит, атыыламмыт судьуйалар "көрөн туран балыйалларын” туhунан хаста да кэспээн турардаах. Виолетта дойду, Европа, Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт. Салгыы улахан спорка суолун быһа түспүт түбэлтэнэн, чуолаан, Винер дьүөгэтин кыыһа Дьокуускайга тренеринэн кэлэн баран наркотикка тутуллубута төрүөт буолбутун ааттыыллар. Наркополицейскайдар, урут даҕаны наркотикка умньаммыта биллибит тренери кэтии сылдьыбыттара чахчы, кини тутуллаатын кытары хаһыаттар иилэ хабан ылан айдаан таһаараллар. Ирина Винер Семен Ивановка дьыаланы тохтот диэн төлөппүөннүү сылдьыбыта биллэр. Саха сирин оччо баардылаабатаҕа дуу, эбэтэр эрчийэ сылдьар кыыһын аҕатын оннук кыахтаах диэбитэ эбитэ дуу, биллибэт. Ити айылаах араллааны саба тутар бэтэрэнэн дьыала буолбатах... Бу кэнниттэн кыыспыт Саха сиригэр төннөн кэлбитэ. Узбекистан, Киргизия, уопсайынан, Орто Азия өрөспүүбүлкэлэрэ Афганистантан киирэр наркотик суолун айаҕар тураллар. Наркобизнес муҥутуур сайдан турар сирдэрэ. Арассыыйаҕа наркоман ахсаана күн-түүн эбиллэн иһэр. Башкирияҕа регионнарга сүлүһүннээх дьаат туоннанан кэлэр буолла диэн Наркоконтроль иһитиннэрэр. Ляйсан Утяшева олимпиадаҕа кыттаары сылдьан эмискэ хамаандаттан туоратыллыбыт төрүөтэ тугу кытары сибээстээҕэ буолла... Эмиэ нароктигы кытары буолаарай? Спорт "сиэрэй кардиналлара ” Элбэх харчы хамсыыр эйгэтин криминал араас суорда түбүлүүр. Саамай коррумпированнай көрүҥүнэн күүс-уох (силовой) көрүҥнэри ааттыыллар. Япончик, Михась, Мансур диэн аптарытыаттар, чуолаан, бу көрүҥтэн "тыыллан-хабыллан” турбуттара биллэр. Силовой көрүҥ кэнниттэн футбол криминальнай испиэһэккэ иккис иһэр. Футбольнай турнирга элбэх кирдээх хаппытаал "ыраастанар”. Онон Усманов "Арсенал” актыыбын то±о, туохха атыыласпыта элбэҕи этиэн сөп. Фонд диэн олус үчүгэй тэриллии баар. Фонд харчытын хамсыырын ким да хонтуруоллаабыт. Төһө баҕарар харчыны уган сууйан-тараан таһаарыахха сөп. Ол иһин даҕаны былааска чугаһаабыт спортсменнар араас Фондалары аһаллар. Арассыыйа спортивнай эйгэтэ кыайан үлэлээбэт буолбутун Ванкувердааҕы олимпиада көрдөрдө. Судаарыстыба таһынан, араас улахан корпорациялар, хампаанньалар спонсор быһыытынан уонунан, сµµ´µнэн мөлүйүөнүнэн дуоллары спорка угаллар. Ол харчы ханна, хайдах туттуллара отчуоттаммат, чопчу суумата этиллибэт даҕаны. Бу айылаах күрүөтэ суох хаһааҕа ким к³²µл күөлэһийиэн баҕарыа суоҕай? "Муж и жена одна сатана” диэн нуучча өс хоһооно баар. Винер уонна Усманов биир быанан баалла сылдьалларын көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук. Усманов алмаас, көмүс, ньиэп, гаас хостуур тэрилтэлэрдээх диэтибит. Онтон Саха сирэ сирин баайа үлүгэрдээх буоллаҕа. Кинилэр обургулар харахтарыгар хатаммат диэн ким мэктиэлиэй? Туох барыта сибээстээх-ситимнээх...
Views: 1870 |
Added by: uhhan2
Ааҕыылар
Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0