News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2010 » Сэтинньи » 7 » Кырдьык, ылбычча өйдөммөт – бэйэм сахабын, оттон тылым «якутский»
Кырдьык, ылбычча өйдөммөт – бэйэм сахабын, оттон тылым «якутский» | 19:57 |
Биэрэпис дьиктилэрэ…
Егор НИКОЛАЕВ
Быһа холоон ааҕыынан, Дьокуускай нэһилиэнньэтэ 300 тыһыынчаны ааспатах. Күн-түүн тыаттан көһөн киирээччи элбиир диибит да, урукку 275-280 тыһ. ахсааны куоһарбатах курдукпут. Толкуйдаан да көрдөххө, Туймаада хочотугар мегаполис буолан сириэдийиэхпит, киһи-сүөһү үтүһэ-анньыһа сылдьыа диэн «ыра санаа» оҥосторбут олоххо киириэ ыраах быһыылаах.
Биэрэпис дьиктилэриттэн
Городец диэн куоракка биир эр киһи: «Мин Владимир Путиммын, оттон уолум Дмитрий Медведев», – диэн хоруйдаабыт.
Эмиэ бу куоракка соҕотох олорор эмээхсин биэрэпистээччи дьахтар кэллэҕин аайы аана хатыылаах буолар эбит. Дьиҥинэн, кэлин биллибитинэн, отой да иһигэр хатанан баран «глазогунан» көрөн олорор үһү. Биэрэпистээччи начаалынай кылаас учуутала эбит, оттон эмээхсин киниттэн сиэнин кылааһыгар ылбатаҕын иһин «иэстэспит» быһыыта үһү.
Патрикеево диэн дэриэбинэҕэ биир эрэ киһи олорорун бэлиэтээбиттэр. Бүдүгүрэ кырдьыбыт эмээхсин «оҕо эрдэхпиттэн манна олоробун, ханна да барбаппын» диэн этэр эбит.
Удмуртияҕа ааспыт 2002 сыллааҕы биэрэпискэ эльфтэр уонна феялар олорор эбит буоллахтарына, бу сырыыга түҥ тыаҕа бүгэн сытар дэриэбинэҕэ «англичаниммын» диэбит нуучча киһитин суруйбуттар. Оттон ким ханнык омугун бэйэтэ быһаарар, ол иһин тугу диэбитинэн «лап» гыннаран, киллэрэн иһэллэр.
Ижевскэйгэ дьэллик куоскалар биэрэпис дьонугар саба түспүттэр, таҥастарын-саптарын тырыта-хайыта тыыппыттар. Эмиэ бу куоракка 700 дьиэтэ суохтары (бомж) милииссийэ тиэйэн аҕалан биэрэпистээбиттэр.
Турцияҕа саамай туочунай биэрэпиһи ыыталлар диэн ааҕаллар эбит. Тоҕо диэтэххэ, биэрэпис кэмигэр сөмөлүөт көппөт, уопсастыбаннай тырааныспар айаннаабат, пуойастар сылдьыбаттар, кэмэндээн чааһа биллэриллэр. Ол аата, бүтүн дойду нэһилиэнньэтэ, ол иһигэр туристар эмиэ, «дьиэ хаайыытыгар» олороллор эбит. Ким даҕаны илиитигэр «биэрэпиһи аастым» диэн кырааска-суруга суох уулуссаҕа тахсыбат эбит.
Биһиэхэ
«Саха» диэни «саха» диэн суруйар эбит буоллахтарына, "төрөөбүт тылыҥ?" диэҥҥэ «якутский» диэн суруйалларын туһунан Интэриниэккэ бэрт элбэх кэпсэтии барбыта. Кырдьык, ылбычча өйдөммөт – бэйэм сахабын, оттон тылым «якутский». Аны туран, биэрэпис түмүгүн таһаарарга «якуты» баччалар диэн ааҕыахтара, суруйуохтара турдаҕа. Онон «якут» да, «саха» да диэн суруйтарбытым син биир, суолтата сүтэн хаалар. Арай, били, бэйэбитин үрдүктүк сананан арыый эгди буоларбыт дуу, «биэрэпискэ мин «сахабын» дэммитим» диэн. Дьыалаҕа-куолуга, кумааҕыга «якут» буоларбыт төһө сөбүй? «Аптаах-алыптаах ии» курдук ыйытыыбытыгар, кыһалҕабытыгар төннөн кэлэ турабыт. Маны суруйа олорон, били, суверенитеппытын, бэлиэтиир күммүтүн сотоллорун саҕана «суверенитет сүрэхпитигэр-быарбытыгар, дууһабытыгар баар буолуохтаах» диэн алы гыммыттарын санаан кэлэбин. Оччоҕо «саха омук» диэн өйдөбүл эмиэ кумааҕыга буолбакка, хас биирдии сахабын дэнэр киһи сүрэҕэр, өйүгэр-санаатыгар баар диэн түмүккэ кэлэҕин.
Биэрэпис биир эридьиэһэ итинник буолан тахсар. Олохпут ханнык баҕарар эйгэтэ икки өрүттээҕин өссө төгүл итэҕэйэҕин. Баҕар, оннук олорор ордук кэрэхсэбиллээх, долгутуулаах буолуо?
(Кыым.ру - 06.11.10)
|
Views: 1727 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 66 Ыалдьыттар (гостей): 66 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|