News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Тохсунньу » 12 » «Дьокуускай куоракка 5 сылтан итэҕэһэ суох олорбут киһи саҥа дьиэлэниэн сөп»,
«Дьокуускай куоракка 5 сылтан итэҕэһэ суох олорбут киһи саҥа дьиэлэниэн сөп», | 14:39 |
http://www.kyym.ru/index.php?option=com_content&view=article&id=2547:2011-01-11-15-27-00&catid=42:ekonomika&Itemid=66
Дьокуускай орто ыала дьиэлэниэн сөп
11.01.2011 18:26 | Автор: КЫЫМ.ру 11810«Хотели как лучше, а получилось как всегда», -- диэн В.Черномырдин «кынаттаах тыла» олохпут көстүүтэ буолан, сорох суруналыыстар уорбалаан, кимиэхэ дьиэ бэриллэрин-бэриллибэтин ким быһаарарын туоһуластылар. А.Стручков онуоха: «Хамыыһыйа председателэ – мин, чилиэттэринэн Экономическэй сайдыы, Тутуу миниистирдэрэ, туһааннаах тэрилтэлэр, ведомстволар салайааччылара, үлэһиттэрэ киириэхтэрэ», -- диэн чыпчылыйан көрбөккө хардарда. А.Стручков үтүө суобаһын ким да улаханнык саарбахтаабыта көстүбэтэ.
«Дьокуускай куоракка 5 сылтан итэҕэһэ суох олорбут киһи саҥа дьиэлэниэн сөп», -- диэн ис хоһоонноох пресс-конференцияны правительство председателин бастакы солбуйааччыта А.Стручков уонна дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарарга көмө буолуохтара диэбит министиэристибэлэр, тэрилтэлэр салайааччылара мустан суруналыыстарга кэпсээтилэр.
Бэчээккэ, президент Е.Борисов көҕүлээһининэн, Дьокуускай куоракка элбэх квартиралаах олорор дьиэни тутарга саҥа бырайыагы боруобалыылларын туһунан суруйан тураллар. Бырайыакка орто дохуоттаах ыал, дьон киирсиэхтэрин сөп. Ол аата оттон үксүбүт буоллаҕа. Хамнаспыт кырата бэрт буолан баантан дьиэ атыылаһар курдук кредит ылар кыахпыт суох. Онон маннык бырайыакка анньыһан көрүөххэ баара.
Балаһыанньа, быраабыла быһыытынан, биэс сылы быһа киин куоракка олорбут киһи бу өҥөнөн биирдэ эрэ үйэтигэр туһаныан сөп. Өҥөбүт диэн – дьиэ 35%-нын эрэ төлөөн ылыахтаахпыт. Били, «социальнай» программанан бюджет үлэһиттэрэ ипотекаҕа киирсэн 35%-нын төлөөн дьиэлэммиттэрин курдук.
Кулун тутар 1 күнүттэн, кыараҕас дьиэлээх эбэтэр олох да дьиэтэ суох куорат гражданина, МФЦ нөҥүө 21 докумуону хомуйан бу бырайыакка киирсиэн сөп. Докумуоннарбыт араастара элбэх. Ол иһигэр ылбычча киһи соччо аахайбат докумуоннара кытары бааллар. Холобура, байыаннай билиэт, суоппар дастабырыанньата. Ону «бааннар ирдэбиллэринэн көрөн, докумуону ирдээтибит» диэн А.Стручков быһаарда.
Элбэх квартиралаах дьиэҕэ быйыл 700 ыал тиксиэн сөп диэн ааҕаллар. Бу бырайыак олоххо киирэригэр өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан 500 мөл. көрүллүбүт. Дьылҕа бэлэхтээтэҕинэ, 700 ыал ахсааныгар хабылыннаххытына, 1 кв. м -- 39.800 солк. атыылаһыаххытын сөп. Билигин Дьокуускайга саҥа дьиэ 1 кв. м ортотунан 45-50 тыһ. солк.
Элбэх хамнастаах, киэҥ дьиэлээх дьон бу бырайыакка санаммаккыт ордук. Холобура, 1 сулумах киһи олорор дьиэтин киэҥэ – 33 кв. м тахсыа суохтаах. Онтон улаатта да, быраһаай – былааҥҥа киирбэккин. Икки киһилээх дьиэ кэргэн олорор дьиэтэ 42 кв. м тахсыа суохтаах. Элбэх киһилээх дьиэ кэргэн биир киһитигэр тиксэр иэнэ -- 18 кв. м улаатыа суохтаах. Ити сыыппара эрэ иһигэр, «кыараҕастык» олорор дьиэ кэргэн бу бырайыакка хабыллар.
Аны, дьиэ кэргэн орто дохуота биир киһиэхэ олох алын кээмэйин (Дьокуускайга билигин 9110 солк.) үскэ төгүллээбититтэн улаатыа суохтаах. Ол аата биир оҕолоох дьиэ кэргэн ыйга 9110х3х3/2=40 995 солк. биир үлэһит киһиэхэ тиксэриттэн улаатыа суохтаах. 40 тыһ. хамнастаах киһи сэдэх. Онон бырайыакка киирэр баҕалаах киһи ахсаана үлүгэрэ сэрэйиллэр.
Дьиэ хаһан баҕарар сыаналаах. Сорох дьон чэпчэки дьиэни ылаары, соруйан тиийиммэт-түгэммэт курдук «уруһуйданыахтарын» сөп. Ол дьон бэрэбиэркэ түмүгэр (40 хонук устата докумуоҥҥун бэрэбиэркэлииллэр) сымыйалаабыттара биллэн таҕыстаҕына, кэлэр биэс сылга чэпчэтиилээх дьиэни биэрэр бырайыакка кыттар бырааптара быһыллар.
«Хотели как лучше, а получилось как всегда», -- диэн В.Черномырдин «кынаттаах тыла» олохпут көстүүтэ буолан, сорох суруналыыстар уорбалаан, кимиэхэ дьиэ бэриллэрин-бэриллибэтин ким быһаарарын туоһуластылар. А.Стручков онуоха: «Хамыыһыйа председателэ – мин, чилиэттэринэн Экономическэй сайдыы, Тутуу миниистирдэрэ, туһааннаах тэрилтэлэр, ведомстволар салайааччылара, үлэһиттэрэ киириэхтэрэ», -- диэн чыпчылыйан көрбөккө хардарда. А.Стручков үтүө суобаһын ким да улаханнык саарбахтаабыта көстүбэтэ.
«Дьиэни чэпчэкитик ылыыга уочарат – биир», -- диэн буолла. Барыта МФЦ нөҥүө барар буолан, ыйа-күнэ, чыыһылата, чааһа сөкүүндэтэ барыта учуоттанар. Хаарбах, самнархай дьиэлээх дьон туох да чэпчэтиилэрэ суохтар. Кинилэргэ анаан туспа программа үлэлиирин А.Стручков санатта.
-- МФЦ квитогун нөҥүө уочарат бэрээдэгэ оҥоһуллар буоллаҕына, кулун тутар маҥнайгы күнүгэр атыыр уочарат үөскээбэт дуо? – диэн суруналыыстар ыйыталлар.
Онуоха Экономическай сайдыы миниистирэ М.Осипов чөллөркөй, утарылаһары ылыммат куолаһынан:
-- Айдааны тардар наадата суох! МФЦ-га докумуону хомуйсуу эрэ барар. 21 докумуон барыта хомулуннаҕына эрэ, уочарат саҕаланар! Кулун тутар 1-гы күнүгэр ким аан бастаан МФЦ боруогун атыллаан киирбититтэн туох да тутулуга суох! – диэн быһа баттаан кэбистэ…
Ол да буоллар МФЦ хотуна Т.Гладкова сааскы ый маҥнайгы күнүгэр сарсыарда 6 чаастан толуон биэриитэ саҕаланар диэтэ. Дьону үлүппэт туһугар ааннарын аһаллар үһү. «Ол гынан баран үлэбит чааһа син биир урукку курдук 08.00 саҕаланыаҕа», -- диэн сэрэттэ. МФЦ күҥҥэ 1200 киһини кытары үлэлиир кыахтаах эбит.
Бу сылга чэпчэки дьиэҕэ тииспэтэх дьон уочараттара аныгыс сылга көһөрүллэн биэрэллэр диэтилэр. Уочарат бэрээдэгэ уларыйыа суохтаах, быыһыгар-ардыгар ким да кыбыллыа суохтаах. Элбэх квартиралаах дьиэни тутар бырайыак үс сылга боруобаланар. Этэҥҥэ бардаҕына, өрөспүүбүлүкэ атын куораттарыгар, улуустарыгар, нэһилиэктэригэр тарҕаныахтаах.
«Этэҥҥэ барара» тутааччылартан уонна бааннартан тутулуктаах быһыылаах. Тутааччылар хаачыстыбалаахтык уонна түргэнник тутуохтаахтар: быйыл 450 тыһ. кв. м иэннээх дьиэ үлэҕэ булгуччу киириэхтээх диэн президент ирдиир. Былааны сырсан марай-сарай туппаттара бэрт буолуох этэ. Аны, үп-харчы боппуруоһугар бааннарбыт кредит биэрэр бырыһыаннара 8 %-тан үрдүө суохтаах уонна кредит биэрэр болдьохторо 10 сылтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Тутааччылары даҕаны, бааннары даҕаны улахан куонкурус кэнниттэн талыахтаахтар. Билигин бу ыйдарга -- тохсунньуга, олунньуга бэлэмнэнии, тэрээһин үлэ ыытыллар.
Оттон аҕыйах хамнастаах дьон дьиэ ылан баран, аны кредиппитин төнүннэриэхпитин наада. Оҕону-урууну, эри-ойоҕу олус хоргуппат гына дьаһанан, толкуйдаан баран «боруобаланар бырайыакка» киириэхпит эбитэ дуу… эмиэ даҕаны дьиэ сыанатын 35%-ныгар эрэ уонна ким хаһан биһиэхэ дьиэ биэриэҕэй… Аны, ол дьиэбит төһө-хачча киэҥэ биллибэт... кыра дохуоттаах киһи кыранан да дуоһуйан, ыҥырыа уйатын курдукка симиллэрбит дуу…
|
Views: 1677 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 116 Ыалдьыттар (гостей): 116 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|