News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Кулун тутар » 4 » Көһөн кэлии хонтуруолга ылыллыахтаах!
Көһөн кэлии хонтуруолга ылыллыахтаах! | 13:06 |
Уруу ырааҕа ордук
01.03.2011 14:33 | Автор: Иван Гаврильев | Кыым.ру Кэнники кэмҥэ Сахабыт сиригэр Кавказ уонна Орто Азия өрөспүүбүлүкэлэриттэн киһи бөҕө көһөн кэлэр буолла. Өскөтүн таджиктар уонна армяннар биһиги дойдубутун булбуттара ырааппыт эбит буоллаҕына, кэнники сылларга кыргыз дьоно олус элбээбитин киһи эрэ барыта бэлиэтии көрөр буолла. Бүгүҥҥү туругунан, Арассыыйаҕа барыта холбоон төһө кыргыз үлэлии сылдьарын билигин чопчу ким да ааҕар кыаҕа суох буолла. Ол курдук, официальнай дааннайдарга 400-тэн 800 тыһыынчаҕа диэри диэн суруйаллар. Үгүстэр, «1 мөл. кыргыз баар» дииллэр.
Аҥаардас Москуба куоракка суокка-учуокка ылыллыбыт 200 тыһ. кыргыз дьон бааллара биллэр. Бэл, сир уһугар баар Сахалиҥҥа 15 тыһ. кыргыз миграна баарын суруйаллар. Билигин Саха сиригэр кинилэр төһөлөрүн чопчу ааҕар ыарахан, ол эрээри «Саха сиригэр олус элбэх кыргыз баар» диэн Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтин миграцияҕа сулууспата кытта билинэр. Уопсайынан, кэлэргэ-барарга судургутун иһин, кыргызтар ордук хото Сибииргэ (Красноярскайга, Новосибирскайга уо.д.а.) кэлэр буолбуттар.
Кыргызстан миграннара Арассыыйаны таһынан ордук хото ыаллыы Казахстаҥҥа үлэлииллэр эбит. Бүгүҥҥү туругунан, онно 70 тыһ. кэриҥэ киһи баара бэлиэтэммит.
Тоҕо дойдуларыттан баралларый?
Кыргызстан 1991 с. тутулуга суох буолууну биллэрбитэ. Бастакы бэрэсидьиэнинэн Аскар Акаев талыллыбыта. Ити кэмҥэ дойду урукку ССРС саҕана олоҕуран турбут экэнэмиичэскэй тиһигэ барыта ыһыллан, кэлии нэһилиэнньэ маассабайдык көһөн баран, сэбиэскэй былаас саҕана дьону (кэлии нэһилиэнньэни) үлэнэн хааччыйар сыаллаах тэриллибит улахан көдьүүһэ суох бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ сабыллан барбыттара. Билигин Кыргызстан бырамыысыланнаһа (сүрүннээн, кыһыл көмүһү хостооһун) дойду ВВП-тын чиэппэрин эрэ хааччыйар кыахтаах. Тас дойдуларга иэс-күүс күн аайы эбиллэ турар. Өскөтүн ыаллыы Казахстаҥҥа сир баайын хас эмэ уонунан көрүҥэ хостонор эбит буоллаҕына, Кыргызстаҥҥа туох да суоҕун кэриэтэ.
Тутулуга суох буолуу күүрээнэ, өрө көтөҕүллүүтэ уостарын кытта, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа күн-түүн ыараан барбыта. Ол түмүгэр, 2005 с. бэрэсидьиэн Аскар Акаев былааһа түҥнэриллибитэ. Кини оннугар талыллыбыт Курманбек Бакиев былырыын 2010 с. өссө улахан алдьатыылаахтык суулларыллан дойдуттан атаҕынан куоппута.
Бүгүҥҥү туругунан, Кыргызстаҥҥа 5,2 мөл. кэриҥэ киһи олорор. Онтон 60-ча бырыһыана – кыргызтар. Нэһилиэнньэ 17-18 %-нын — узбектар, 10-ча %-нын нууччалар ылаллар (ити 2006 с. дааннайдар, билигин лаппа уларыйбыт буолуохтарын сөп). Ол эбэтэр, Кыргызстаҥҥа 3 мөл. кэриҥэ кыргыз баар.
Дьиҥинэн, сэбиэскэй былаас ыһылларын саҕана кыргызтар, ыаллыы олорор узбектарга, таджиктарга холоотоххо, үөрэҕи-сайдыыны лаппа баһылаабыт, Арассыыйаны кытта өй-санаа, менталитет өттүнэн күүскэ чугаһаспыт норуот этилэр. Ол курдук, сааһын сиппит нэһилиэнньэ 11 %-на — үрдүк, 11 %-на орто анал үөрэхтээҕэ.
Билигин Кыргызстан соҕурууҥҥу уобаластарыгар үлэ суох буолан, олохтоох нэһилиэнньэ маассабайдык улахан куораттарга, дойду хоту өттүгэр көһөр. Ол курдук, РФ-га көһөн кэлбит миграннар 90 %-нара — Соҕуруу Кыргызстан бэрэстэбиитэллэрэ. Кыргызтар босхолообут соҕурууҥҥу уобаластарыгар кинилэрдээҕэр ордук ыарахан олохтоох узбектар уонна таджиктар көһөн киирэн олохсуйаллар. Холобур, төһө да биһиги билбэтэхпит иһин, ыаллыы сытар Узбекистаҥҥа балаһыанньа өссө ыарахан эбит. Холобур, 1989 с. Узбекистан нэһилиэнньэтэ 18 мөл. эбит буоллаҕына, билигин онно 30-тан тахса мөл. киһи олорор. Сирдэригэр баппаттар, ас-таҥас тиийбэт. Оттон таджиктар хайдах олороллорун көрүөхтээҕэр сэрэйбит ордук. Билиҥҥи Кыргызстан салалтата соҕурууҥҥу уобаластарын таһыттан «күүһүнэн» көһөн киирэр узбектартан, таджиктартан хайдах босхолуон да билбэт балаһыанньаҕа олорор. Бэрт сотору манна «Косово барыйаана» хатыланыан сөп диэн куттал баар.
Билигин РФ-га, Казахстаҥҥа үлэлиир 1 мөл. мигрант Кыргызстан ВВП-тын 30 %-нын хааччыйаллар. (Тэҥнэбил быһыытынан, Арассыыйаҕа үлэлиир таджик миграннар Таджикистан ВВП-тын 50 %-нын толороллор). Аны туран, төһө да бу Арассыыйаҕа үлэлиир мигрант кыргызтар улахан хамнаһа суох үлэҕэ сылдьыбыттарын иһин (ортотунан 20 тыһ.), Кыргызстан олохтооҕо ылар хамнаһыттан 2 төгүл кэриҥэ улахан дохуоттаахтар. Кинилэр хамнастарын суотугар Кыргызстаҥҥа сыана тиһигин быспакка үрдүү турар буолан, дойдуларыгар олорор кыргызтар үлэлээбиттэриттэн туох да көдьүүһү ылбаттар. Инньэ гынан, миграцияҕа барааччы ахсаана туох да хонтуруола суох эбиллэ турар. Ол түмүгэр билигин дойдуларыгар үлэһит илии букатын тиийбэт.
Кыргызстан салалтата билигин бу үлэ миграциятын хайдах да хонтуруоллуур кыаҕа суох. Онон бу кыһалҕаны көрө-көрө көрбөтөҕө буоларыгар эрэ тиийэр. Аһынан-таҥаһынан хааччыйар кыаҕа суох буолан баран тугу гыныай?
Бу соторутааҕыта Кыргызстан Жогорку Кенеһин (түмэнин) биир дьокутаата «туспа дойду быһыытынан олорор кыахпытыттан аастыбыт, онон сирбитин-уоппутун атын дойдуларга арендаҕа биэрдэхпитинэ хайдаҕый?» диэн боппуруоһу туруорбутун истэбит. Ол үчүгэй олохтон буолбатаҕа сэрэйиллэр.
Кыргызтар диэн кимнээхтэрий?
Аҕыйах сыллааҕыта мин Кыргызстаҥҥа бара сылдьыбыттааҕым. Бу сылдьан кыргызтар өй-санаа, быһыы-майгы өттүнэн сахаҕа туох да олус маарынныылларын сөҕө көрбүтүм. Тутта-хапта сылдьардыын, сэмэй майгылыын, дьүһүннүүн-бодолуун кытта үүт-үкчү буолан көстүбүттэрэ. Араас министиэристибэлэригэр, судаарыстыбаннай суолталаах тэрилтэлэригэр, син биир биһиэхэ курдук, «тыаттан субу киирбит» курдук дьүһүннээх дьон, сэмэй баҕайытык сибигинэһэ-сибигинэһэ, уочараттаан олорор буолар этилэр. Бишкек куоракка киһи дьиэтигэр курдук сылдьара. Холобур, Жогорку Кенеш диэн парламеннарын дьиэтэ истиин-тастыын, өрөгөйдөөх-боччумнаах дьүһүннүүн биһиги Ил Түмэммитигэр кытта ырааҕынан тиийбэт моһуоннааҕа.
Түмэллэригэр (мусуой) да сылдьан көрдөххө, бу норуот духуобунай култуурата, өй-санаа өттүнэн сайдыыта, олоххо ситиһиитэ биһигини кытта араа-бараа таһымҥа сылдьара көстөрө. Быһата, «үүт-үкчү бэйэбит курдук таһымнаах омук эбит» диэн бигэ өйдөбүл үөскээбитэ. (Онно холоотоххо, казахтар билигин тыыллан-хабыллан атын дьон).
Былырыын Соҕуруу Кыргызстаҥҥа кыргызтар узбектары кытта тоҕо иирсибиттэрин биһиги билбэппит (сүүһүнэн тыһыынча узбек дьон тыыннарын күрэтэн Узбекистаҥҥа көһөн тахсарга күһэллибиттэрэ). Дьиҥинэн, ону билэр наада этэ.
Кыргызтар былыр-былыргыт-тан көс олохтоох дьон. Сэбиэскэй былаас да саҕана, кинилэр син биир биһиги курдук тыа сиригэр т/х-нан дьарыктанан, сылгы-сүөһү, бараан көрөн олорбуттара. Кыһын кыстыктарга, сайын сайылыктарга көһөллөрө. Оттон куораттарга, сүрүннээн, узбектар, таджиктар, нууччалар олорбуттара. Биллэрин курдук, узбектар, таджиктар көс олохтоох дьон буолбатахтар, төрүт-уус «куорат олохтоохторо». Инньэ гынан атыы, эргиэн-урбаан, тутуу курдук харчылаах миэстэлэр бука барылара кинилэр илиилэригэр бааллара. Сэбиэскэй былаас сууллубутун кэннэ, бу көстүү өссө дириҥээбитэ, кыргызтар өссө дьадайбыттара, нууччалар көһөн барбыттара, куораттарга узбектар эрэ хаалан уруккуларын курдук олорбуттара. Бакиев режимэ сууллубутун кэннэ, кыргызтарга «бэйэлээх бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр үбү-харчыны тоҕо барытын узбектар хонтуруоллуу олоруохтаахтарый?» диэн боппуруос күөрэйэн тахсыбыта. Иирсээн төрдө онно этэ. Ити билигин биһиги «тыабыт сирэ олус дьадаҥы, тоҕо бырамыысыланнай улуустар эрэ баайдык олоруохтаахтарый?» диирбитигэр маарынныыр. Уопсайынан, сэбиэскэй кэм да саҕана кыргызтары «бырамыысыланнаска кыайан үлэлээбэттэр, таас тутууну кыайбаттар» диэн сирэй-харах анньаллара, үптээх-харчылаах үлэлэргэ хото киллэрбэттэрэ (син биир биһигини курдук).
Онон... туох түмүгү оҥостобут.
Биһигини кытта хаан уруулуу тыллаах-өстөөх, култууралаах, таһымнаах норуот кыайан тэринэн-дьаһанан олорбокко аан дойду былаһын тухары «ытыһын ууммутунан» барбыта, РФ араас регионнарыгар иккис суортаах дьон буолан атаҕастана-баттана сылдьара – киһи хараастар уонна долгуйар суола. Оннукка тиийбэтэх киһи баар ини! Дойду үлэлиир саастаах нэһилиэнньэтин аҥаара тас дойдуларга миграцияҕа барарга күһэллиитэ кыргыз омугун кэнэҕэски дьылҕатыгар сууһарыылаах охсууланара көстөн турар суол. Бу барбыт дьон кэлин дойдуларыгар төһө бырыһыаннара төннөрө биллибэт. Ол эрээри...
«Хаан биир да, хармаан атын» диэн норуот муудараһа баар. Билигин Саха сиригэр үлэлии кэлбит кыргыз дьонун төһө эрэ бырыһыана манна букатынныы олохсуйардыы оҥостор. Кинилэр ханна үлэлииллэрий? Бэйэбит да көрө сылдьарбытынан, кинилэр эргиэн-урбаан, өҥө эйгэтигэр үлэлииллэр, таксига-оптуобуска суоппардыыллар, рестораннарга официанныыллар, ас астаан атыылыыллар, парикмахердыыллар... Кинилэр, таджиктартан, армяннартан уонна азербайджаннартан уратылара диэн, ханааба хаһыытыгар, кирдээх-хохтоох бетон үлэтигэр, таас тутууга, саппыкы улларыытыгар, оҕуруот аһын, сибэкки атыытыгар, бырамыысыланнаска соччо сыстыбаттар. Ол эбэтэр, САХА ДЬОНО ҮЛЭЛИЭХТЭЭХ МИЭСТЭЛЭРИГЭР ҮЛЭЛИИЛЛЭР! Билигин тыа сиригэр сылгы-сүөһү ахсаана аҕыйыы турар, «т/х-та бэрт сотору кэминэн өрөйөн-чөрөйөн сайдан кэлиэ» диэн эрэнэргэ төрүөт суох. Онон, саха дьоно куоракка көһүүтэ өссө да салҕанан барар чинчилээх. Ол тыаттан кэлбит саха дьоно үлэлиэхтээх миэстэлэрин кыргызтар олус түргэн тэтиминэн былдьаан эрэллэр эбит. Төһө да уруурҕаабыт иһин ону хайыыр да кыаҕыҥ суох. Быһата, конкуреннарбыт буолан тахсаллар. Билигин кинилэр аҕыйахтар, ол эрээри элбээн-тэнийэн бардахтарына, үлэ миэстэтин былдьаһыгар биһигини элбэх өйдөһүспэт түгэннэр күүтэллэр эбит. Бүгүҥҥү туругунан, түмсүүлээх, «харчы өлөрөн дьоммун иитэбин» диэн чопчу сыаллаах-соруктаах, ыараханнары көрсөн муостуйбут, хас эмэ «өрөбөлүүссүйэттэн» отуордара хамсаабыт кыргызтар ол киирсиигэ биһигиттэн биир тутум үрдүк балаһыанньаланар чинчилээхтэр. Ол хаһан саха дьоно уһуктан хамсаан барыахпытыгар диэри, үлэ миэстэтэ барыта былдьанан бүтэр туруктаах.
«Биир биологическай көрүҥ, боруода иһигэр конкуренныы хапсыһыы быдан кырыктаах уонна алдьатыылаах буолар» диэн билим этэр. Холобур, «көс олохтоох кыпчак ханнара (баһылыктара) нуучча кинээстэрин кытта ордук тапсаллар, бэйэлэрин кыпчак аймахтарын кытта үксүгэр өстөөхтүү сыһыаннаахтар» диэн былыргы нуучча летопиһыгар суруйаллар. Атыннык эттэххэ, кыпчак дьоно мэччирэҥи былдьаһан бэйэ-бэйэлэрин кытта мэлдьи сэриилэһэр эбит буоллахтарына, нуучча дьонуттан былдьаһаллара туохтара да суох, биирдэрэ истиэпкэ сүөһү-бараан иитэр, иккиһэ тайҕаҕа олорон бурдук ыһар, бултуур-балыктыыр. Көс олохтоох монгол, түүр омуктара истиэби былдьаһан хас эмэ сүүһүнэн сыллары быһа тохтообокко сэриилэспиттэрэ эмиэ онон быһаарыллар. Ити — «биир биологическай көрүҥ, боруода иһинээҕи конкуренция» көстүүтэ.
Манан мин туох диэри гынабыный? «Уруу ырааҕа ордук» диэн саха муудараһа этэр. Ыраахтан кэлбит аймаҕы сыл баһыгар-атаҕар көрсө-көрсө кэһии бэрсэ, үөрэ-көтө, маанылаһа олорбут ордук. Кини эн дьиэҕэр дьукаах көһөн кэллэҕинэ, күҥҥэ сүүстэ аалсыһан бардаххына балаһыанньа хайдах буолуо биллибэт. Ону санаан, Сахабыт сиригэр миграцияны хонтуруоллуур сулууспалар, өрөспүүбүлүкэ салалтата кэлин дэлби тэбэрэ көстөн турар «миинэни» ииппэттэригэр көрдөһүөҕү баҕарыллар. Көһөн кэлии хонтуруолга ылыллыахтаах! Бу билигин бара турарын курдук дьаалатынан, көнньүнэн бара турдаҕына киһи үөйбэтэх-ахтыбатах мөкү түмүгэр тиэрдиэн сөп.
Аймахтарбытын ытыктыыбыт, кинилэр түбэспит балаһыанньаларын өйдүүбүт, ол гынан баран уопсай уонна олохтоох интэриэс эмиэ учуоттаныахтаах.
|
Views: 1563 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 11 Ыалдьыттар (гостей): 11 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|