Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Кулун тутар » 19 » Николай Якутскай «Көмүстээх үрүйэтин» Сэдьүк оҕонньоро, сир баайын харах уутугар холообут кэмэ ааста дуо?
Николай Якутскай «Көмүстээх үрүйэтин» Сэдьүк оҕонньоро, сир баайын харах уутугар холообут кэмэ ааста дуо?
09:24
17.03.2011 11:20   
Алдаҥҥа уран хостонноҕуна айылҕаҕа дьайыыта хайдах буолуой? (Kyym.Ru)

Николай Якутскай «Көмүстээх үрүйэтин» Сэдьүк оҕонньоро, сир баайын харах уутугар холообут кэмэ ааста дуо?
Саха барахсан хостонор баайыгар кыттыһан кэскилин тэриниэ эбитэ дуу, эбэтэр үйэ саас тухары сирин сүмэтин кэлии дьоҥҥо супту уулатан кэлтэгэй хамыйаҕын ыһыктыбакка бу сиртэн симэлийиэ эбитэ дуу…
СӨ Промышленнаһын миниистирин солбуйааччыта Роман НЕУСТРОЕВ дуоһунаһыгар анаммыта түөрт ыйын туола илик. Идэтинэн геолог. Онон, промышленноска күн бэҕэһээ кэлбит киһи дэммэт. Кини бу иннинэ Өймөкөөн, Мииринэй, Ньурба улуустарыгар хайаны байытар промышленноска үлэлээбит:

- Роман Гаврильевич, уһун кыһыннаах дьон уматыкпыт чааһыгар төһө хааччыллыылаахпыт?

- Саха сирин үгүс нэһилиэктэрэ таас чоҕунан ититинэн олорор. Таас чох кыра-кыралаан 1930-с сыллартан саҕалаан Сангаарга, Зырянкаҕа хостонор. Билигин Дьокуускай Хаңалаhыгар, Ньурба Киирэбигэр, Сунтаарга, Таатта Харбалааҕар, Томпо Дьабарыкы Хайатыгар уонна Саха сирин соҕуруу өттүгэр хостонор. Нерюнгрига үрдүк хаачыстыбалаах чоҕу (кокс) экспортка анаан хостооhун 70-80 сс. саҕаламмыта. Онно производственнай комплекс тэриллибитэ, Нерюнгритааҕы ГРЭС тутуллубута. Кокс, сүнньүнэн, Японияҕа экспортанан, дойдуга валюта киллэрэр сыаллаах-соруктаах туhаҕа таhаарыллыбыта.

1990 сс бүтүүлэригэр 2000 с. саҕаланыытыгар, Саха сирин соҕуруу өттүгэр, «Нерюнгритааҕы» чох разреһын тула, омуктары кытары кыттыгас дьоҕус тэрилтэлэр тэриллибиттэрэ: СП «Эрэл», «Эрчим-Тхан», «Малые разрезы Нерюнгри» САО, «Долгучан» ХЭТ диэн. Сэбиэскэй былаас саҕана, өрөспүүбүлүкэҕэ 8 мөл. т тахса чох хостонор эбит буоллаҕына, быйыл, былаан быһыытынан, 12,3 мөл. чох хостонуохтаах. Итинтэн, быһа барыллаан 4,2 т экспортка тахсыахтаах, уоннааҕытын Саха сирэ уонна Арассыыйа туһаныахтаах. Онон өрөспүүбүлүкэ таас чоҕунан бэйэтин толору хааччынарынан таһынан, өссө экспортыыр, атын регионнарга атыылыыр.

- Элгээҕэ таас чох хостонуохтаах? Хаачыстыбата үрдүгүнэн, саппааһа дэлэйинэн тэҥнээҕэ суох дииллэр.

- Элгээ Нерюнгриттан хотугулуу-илин 400 биэрэстэ тэйиччи сытар. Саппааһа - 2 млрд т, хаачыстыбата кырдьык, олох үчүгэй. «Мечел» АО диэн чааһынай хампаанньа Элгээҕэ үлэтин саҕалаата. «Мечеллэр» бэйэлэрин үптэригэр 300-тэн тахса биэрэстэ тимир суолу, ону сырыһыннара массыына суолун тута сылдьаллар. Элгээҕэ диэри 80-ча үрэхтэри, өрүстэри туоруур муоста оҥоруохтаахтар. Былаан быһыытынан, ити барыта үлэҕэ киириэхтээх, сайыҥҥыттан чох хостонон барыахтаах. Онтон салгыы чох байытар фабрика, вахтовай бөһүөлэк, онтон да атын олорор-үлэлиир, кэлэр-барар усулуобуйаны тэрийиэхтээхтэр. Арассыыйаҕа ханан да суох бырайыак. Элгээ чоҕо 2020 сылга 20 мөл. т биэриэхтээх.

- Билигин бэлиэр үлэ бара турар буоллаҕа. Саха сирин тэрилтэлэрэ, бу айылаах улахан бырайыакка кыттыһан эрэллэр дуо?

- Амур уобалаһын сиригэр турар – Улак диэн тимир суол ыстаансыйатыттан тутуу саҕаланан Саха сирин диэки иһэр. Генеральнай подрядчик «Металлургшахтспецстрой» САО («Мечел» самалык тэрилтэтэ) субподрядчиктарын тендеринэн талан үлэлэтэ сылдьар. Онно, Алдантан «ОСРП» ХЭТ тэрилтэбит киирсэн үлэлии сылдьар.

- Биир тэрилтэ диэн аҕыйах буолбатах дуо?

- Ол тутуохтаах тимир суолларын быһаҕаһа Амур сиринэн ааһар, тутуу кинилэртэн саҕаланна. Онон амурдар сүүйүүлээх балаһыанньаҕа сырыттахтара. Бу кэмтэн ыла баараҕай тутууга сыыйа Саха сирин тэрилтэлэрэ элбииллэрин туһугар үлэлэhиэхпит.

- Кэлии тэрилтэлэр олохтоох дьону үлэҕэ ылалларын ирдиигит дуо?

- Оннук ирдэбил сир баайын туhаныы лицензийэтин усулуобуйатыгар киирэ сылдьар: үлэ көрдөөччүлэр балаhыанньалара тэң буолар түбэлтэлэригэр (уопуттара, специализациялара) олохтоох киһини талыахтаахтар диэн. Ону таhынан Правительство сир баайын хостуу кэлбит улахан тэрилтэлэри кытары өрөспүүбүлүкэ социальнай- экономическай сайдыытыгар кыттарга сөбүлэң түhэрсэр. Ол быhыытынан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үлэнэн хааччыйыы -- биир сүрүн ирдэбил буолар.

- Ахсаана, бырыһыана чопчу ыйыллар дуу…

- …Суох. Бастатан туран, «бырыһыаны, ахсааны» ирдээһин – федеральнай сокуону кэһии. Арассыыйа атын сиригэр олорор дьон үлэлиир бырааптарын хааччахтааhын курдук көрүллэр. Ол да буоллар правительство, син биир олохтоох дьону үлэнэн хааччыйыыга син биир үлэлэhиэҕэ.

Иккиһинэн, бу тэрилтэлэр барыта чааһынай тэрилтэлэр. Онон күүскүнэн соҥнуур, кинилэри дьаһайа сатыыр кыаҕыҥ да, быраабыҥ да суох.

- Оччотугар 1 киһини да, 10 киһини да ылбыттара син биир буоллаҕа?

- Урут букатын даҕаны итинник сөбүлэҥ суоҕа. Лицензийэҕэ олохтоох дьон сүүйүүлээх усулуобуйата ыйыллар буолбута -- бу биһиги улахан ситиһиибит! Холобур, «АЛРОСА-Нюрба» АОҕа көннөрү биир кэмнээх дуогабар эрэ быһыытынан олохтоох дьону үлэҕэ ылаллара. Өр кэмнээх сөбүлэһии суоҕа.

- Промышленнай тэрилтэҕэ кыбыллан үлэлии хаалар диэн, биир өттүнэн, киһи тус майгытыттан, сиэриттэн улахан тутулуктааҕа буолуо, ээ?

- Биллэн турар. Холобур, харчы туһа диэн дьонун-сэргэтин хаалларан, ыраах Костроматтан кэлбит киһи өйө-санаата, үлэлиир баҕата дьаныардаах буоллаҕа дии. Мөлтөхтөрө онно хаалаллар. Дьон сытыыта кэлэр. Олохтоох дьону промышленноска сыһыарар кыһалҕалааҕын мин уруккуттан билэбин. 80-90 сс ыытыллыбыт хампаанньалар «Саха ыччатын – промышленнаска!» диэн ыҥырыы таһаарарынан муҥурдаммыттара. Ситимнээх, тиһигин быспат өйдөтөр-үөрэтэр үлэ наада. Оҕолор өйдөрүгэр, оскуола саҕаттан, хамнастаах-харчылаах үлэ ханна баарын ыйан-кэрдэн, онно бэлэмнээн, соруктаан иҥэриэххэ, иитиэххэ наада. Промышленнай тэрилтэлэргэ сырытыннарыахха, дьон хайдах-туох үлэлиирин көрдөрүөххэ. Хаһыатынан, араадьыйанан, Интернетинэн, телевидениенэн ити хайысхаҕа тиһигин быспакка суруйуулар, биэриилэр тахсыахтаахтар. Ити билигин «Саха» НКИК «Тосхол» биэриини таһаара сатыыр да… форматын уларытыахха наада, тойоттору-хотуттары, дьокутааттары буолбакка үлэ дьонун, специалистары, кинилэр өйдөрүн-санааларын билиhиннэриэххэ наада.

- Оттон «сахалары туораталлар» диэн этии хайдаҕый?

- Ити санаа туохтан үөскүүрүй?

- ?

- Холобура, улуус баһылыктарыгар сир баайын хостуур тэрилтэҕэ бачча киһини ыытыахтааххыт диэн сорудах биэрэллэр. Булаллар, ыыталлар, аҕалаллар, илдьэллэр, үлэҕэ киллэрэллэр. Дьэ, онтон саҕаланар… тэрилтэ салайааччытын отчуоттаталлар: хайдах үлэлииллэрий, үлэ болдьоҕун кэнниттэн төһө киһи хаалла-уурайда, тоҕо уурайдылар, хамнастара тоҕо манныгый… Ол иһин салайааччылар, суос бэринэн эрдэттэн, «олохтоох каадыры» туох эрэ кыһалҕа, адаҕа курдук көрөн бараллар. Бары да тэрилтэлэргэ буолбатар, бу олоххо баар түбэлтэлэр. Аны, ол улуустан кэлбит сорох дьон соччо бэлэмэ суох буолан үлэлэригэр эмиэ баттаталлар, бэрээдэги кэhии тугэннэрэ бааллар. Онон мин көрөрбүнэн, урукку ыытыллыбыт «Саха ыччатын – промышленнаска!» диэн хампаанньанан үлэҕэ киирбит саха дьонуттан баара-суоҕа 5-10 % хаалбыттара. Биһиэхэ, сахалары промышленноска сыһыарыыга эппитим курдук систиэмэлээх үлэ наада.

- «Канкунская ГЭС» диэн бырайыак дьону долгутар. Бүлүүтээҕи ГЭС айылҕаҕа содулун билэбит.

- Бүлүүтээҕи ГЭC улахан содула диэн, уу хаайар сирин (водохранилищатын) бэлэмнииргэ маhы-оту ситэ кэрдибэккэ тимирдэн кэбиспиттэрэ. Ол сытыйан ууну буортулаата уонна Бүлүү өрһүгэр тарҕанна. Тэмтээн өрүс очуос кытыллардаах дириҥ хочолоох (каньон). Ол онно быһыт тутуллан баран, ууну хаайан водохранилище оҥоруохтаахтар.

- Бүлүүтээҕи ГЭС курдук сир-дойду бөҕө тимирдиллибэт?

- Суох. Бырайыак быһыытынан, водохранилище тайаан сытар иэнэ орто, стандартнай водохранилищеттан 80 төгүл кыра. Уонна уу тимирдэр сирин (ложе водохранилища) үчүгэйдик ыраастаныахтаах. Онон айылҕаҕа содула биллэ кыра буолуоҕа.

- Стандартнай ГЭС диэн, ол аата Бүлүүтээҕи ГЭС саҕа?

- Оччо.

- Оттон, ол ГЭС тутуллуохтаах сирин аннынан, ыраас уу саппааһа баар дииллэр.

- Баар да буоллаҕына, ГЭС муората үөһээ сытыаҕа, онон онно дьайбат, бүөлүүр кыаҕа суох. Уу саппааһа Нерюнгри уонна Алдан анныгар баар. Бу куораттан онтон ууланан олороллор.

- Саха сирин соҕуруу улуустарыгар аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар олороллор. Ити баараҕай тутуулар баралларынан сибээстээн, сирдэрин-уоттарын былдьаталларыгар компенсация көрүллүө дуо?

- Компенсация боппуруоһа, этэргэ дылы, тыын боппуруоспут.

Ахсынньыга ити дьыаланан Нерюнгрига правительство оробуочай бөлөҕөр киирэн бара сылдьыбытым. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин уонна сир баайын хостуур тэрилтэлэр үлэһиттэрэ буолан мунньахтаабыппыт.

РФ Регионнар сайдыыларыгар министиэристибэтэ компенсацияны хайдах ааҕар туһунан нормативнай акт ылыммыта. Манна диэн эттэххэ, киһи дэбигис өйдөөбөт, уустук методикатын толкуйдаабыттар. Хоромньуну ааҕарга эбии чинчийии, ааҕыы ирдэнэр. Биһиги учуонайдарбытыгар сорудах бэриллибитэ: бу методиканы туһанабыт дуу, эбэтэр атын ньыманы булабыт дуу диэн.

- Ону?

- Ону оттон, баччааҥҥа диэри тугу да суолталааҕы этэ иликтэр. Компенсация туһугар киһи барыта «суорҕаны былдьаһар» курдук. Аны, ол хоромньуну ааҕар методикабытын толкуйдаатахпытына, хайдах, ханна, кимиэхэ, хайдах быһыылаахтык төлөнүөхтээҕин чопчулуохтаахпыт… Саха сирин сокуонун ылыммыппыт: «Этнологическай экспертиза туhунан» диэн. Билигин Саха сирин этнологическай экспертизатын хамыыhыйата тэриллэн эрэр. Онон тустаах үлэ салҕанан бара турар.

- Барыллаан төһө суума буолуой?

- Мин ол мунньахха аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин тута сэрэппитим: халлаантан мөлүйүөн, миллиард түһүө суоҕа диэн. Бастатан туран, аҥардастыы табанан, булдунан-балыгынан, отонунан ииттинэн олорор дьон ахсаана букатын аҕыйах. Бу сиртэн бачча дохуоту ылабын диэн докумуонунан дакаастыахтаах. (Ааһан иһэр киһиэхэ этин атыылаатаҕына, ким тугу суруйан, бэчээттээн хаалларыай?). Иккиһинэн, сир барыта – федеральнай бас билии. Төрүт дьарыгынан дьарыктанарга арендаҕа эрэ бэриллэр. Ол гынан баран, федеральнай сокуон арендалаан олорор киһи сиригэр-уотугар сир баайа хостонор түбэлтэтигэр -- компенсация көрүллүөхтээх диэн эмиэ этэр. Оттон компенсация хайдах ааҕыллара – туспа боппуруос. Холобур, ИСТА турбата мэччирэҥинэн, өрүһүнэн-күөлүнэн, ойуурунан-тыанан ааһара атын-атын «сыаналаах» буолуоҕа.

- Ноо… быдан эрэйдээх дьыала буолсу… Атыҥҥа көһүөх. Төһө көмүс хостонор?

- Сылга 18т 600 кг көмүс хостонор: Өймөкөөҥҥө, Нерюнгрига, Уус Маайаҕа, Усуйаанаҕа, Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Муомаҕа, Ленскэйгэ…

- «Алданзолотоны» атыыласпыт «полюстар» (Прохоров олигарх) сылга 50 т көмүһү хостуохпут диэн түөстэрин тиҥиргэтинэн баран сүтэн хааллылар.

- «Полюс Золото» ХЭТ билигин икки көмүстээх сири – Нежданинскайга (1 лицензийэ) уонна Кураанахха (11 лицензийэ – 100 т) бас билэр. Нежданинскай (Томпо улууһа) суола-ииһэ, уота суох буолан, лицензийэ усулуобуйатын быһыытынан, 2017 сылга биирдэ көмүс хостонуохтаах.

Оттон Кураанахха урут 5 т ордугу хостуур этибит. Көбүн ылбыттара ыраатта. Онон-манан, бадарааннаах, куталаах сирэ эрэ хаала сытар. Ол да буоллар, өссө да 100 т итэҕэһэ суох саппаастаах.

- «Алданзолото» үлэһиттэрэ билиҥҥи хаһаайыттарын кытары бэрдэ суох сыһыаннаахтарын туһунан хаста да бэчээккэ суруллубута.

- Ити барыта баар түбэлтэ. Ол боппуруостары быhаарса бу күннэргэ правительство анал хамыыhыйата Алдаҥҥа барара былааннанар.

- Тэрилтэ бычык-быһаҕас үлэлээтэҕинэ, үлэһиттэрэ эмсэҕэлииллэрэ чуолкай буоллаҕа.

- …Аҕыйах хонуктааҕыта Е.Борисов Уһук Илин полпредыгар В.Ишаевка баран мунньахтаата. Онно президеммит «Полюс» куһаҕаннык үлэлиирин, лицензийэ усулуобуйатын тутуспатын, көмүс хостуур былаанын толорботун туhунан эттэ.

- Куһаҕаннык үлэлиир тэрилтэ лицензийэтэ былдьаммат дуо?

- Эттэххэ дөбөҥ. Процедурата аһара уустук уонну уһун. Бастаан Росприроднадзор кэлэн бэрэбиэркэлиэхтээх. Официальнай сэрэтии таһаарыахтаах. Алта ый буолан баран иккистээн бэрэбиэркэлиэхтээх. Сэрэтиитэ дьайбатах буоллаҕына, лицензийэ төттөрү ылыллар. Ол кэнниттэн сир баайдаах сири федеральнай былаас аукциоҥҥа таhаарар. Аукциоҥҥа кыайбыт тэрилтэ сир баайын хосту кэлэр. Оттон инфраструктура (разрез, фабрика) барыта урукку тэрилтэ бас билиитигэр баар. Саҥа тэрилтэ сир баайын хайдах хостуой? Онон гражданскай кодекс ирдэбилинэн урукку уонна сана тэрилтэлэр сөбүлэҥ түhэрсиэхтэрин наада. Ол сөбүлэҥ хайдах түhэрсиллэрэ эмиэ биир туспа устуоруйа...

- Оттон «Сахаолово» - Депутатскай дьылҕата хайдаҕый? Үлэтэ суох дьон үҥүс да, үҥүс, хомуньуустар миитиннээ да, миитиннээ…

- Депутатскай боппуруоһа – ыарахан боппуруос. 2000 сс. Аан дойдуга хорҕолдьун сыаната түһэн хаалбыта. Бу адьас кэлин таҕыста. Саха сиригэр бүтэһик киилэ хорҕолдьун 2008 сыллаахха хостоммута. Ону даҕаны Саха сирин правительствота, урут эстиэх тэрилтэни, араастаан сыһан-соһон, өйөөн аҕалан итиниэхэ диэри тиэртэ.

Депутатскай суолун-ииһин ситимэ быстар мөлтөх. Хаһан суол туруор диэри хостоммут хорҕолдьуну харайыаххын наада. Манна кэлиэр диэри бас быстар сыаналанар. Баан бырыһыана суол аһылларыттан-сабылларыттан тутулуга суох ааҕылла турар. Онон үлүгэрдээх иэс-күүс мунньулунна. Хорҕолдьун хостоммотун иһин, Роснедра көҕүлээн, Росприроднадзор хамыыһыйата кэлэн «Сахаоловоны» бэрэбиэркэлээн барбыта. «Сахаолово» «Янаолово» диэн саҥа (иэһэ суох) самалык тэрилтэ тэрийбитэ. Онно, федеальнай сокуонунан, лицензийэни бэрдэрэ сатаатыбыт да, аны Роснедра сөбүлэспэтэ.

- Оччотугар?

- Билигин «Сахаолово» Чурпунньа уонна Тирэхтээх диэн месторожденияларын лицензиятын былдьатаары сылдьар. «Сахаолово» моҥкуруут, үлэни тэрийэр кыаҕа суох. Онтон, саҥа тэрилтэ кэлиэҕин, аны лицензийэ бэриллэр кыаҕа суох. Онон, биир ии иһигэр эргиир буолан тахсар.

- Саха сирин биир киэн туттар «Золото Якутии» («Якутзолото») хампаанньаны А.Федоров («СахаИнвест») атыылаһан баран улаханнык айгыратта. Ону туох дии саныыгын?

- Туох да диир кыаҕым суох. Чааһынай тэрилтэҕэ судаарыстыба хайдах да орооһор кыаҕа суох.

- «Юкос» чааһынай тэрилтэ этэ да, В.Путин «орооспута»…

- Айдаан тахсар буоллаҕа.

- Ким билэр. Ваучердаах дьон улаханнык аһымматтара буолуо...)

- …Сир баайыгар сыһыаннаах тэрилтэлэр бары (арай, правительство «Нижне-Ленскэй» ААО 100%-нын уонна «АЛРОСА»-ҕа тустаах бырыһыан бас билэр) чааһынай тэрилтэлэр. Судаарыстыба чааһынай бизнескэ партнер быһыытынан кыттыһыахтаах. Дьиҥинэн. Ону, тэрилтэлэр сабыллаллар, сарбыллаллар, дьон үлэтэ суох хаалар… правительствоҕа сүүрэн кэлэллэр… нолуок төлөммөт…

- Оччоҕо минпром сыала-соруга диэн тугуй?

- Минпром сокуон төһө тутуһулларын-тутуһуллубатын көрөр-истэр, үөрэтэр-ырытар, түмүк оҥорор, этии киллэрэр.

- Алдаҥҥа уран хостонуохтаах?

- Алдаҥҥа Элькон диэн сиргэ уран хостонуохтаах бырайыага, Саха сирин соҕуруу өттө сайдар бырайыагыгар киирэн турар. Хайаны байытар комбинат тутуллан, 2013-2014 сылтан боруобалаан хостоон көрүөхтээх. Уран рудата ол онно байытыллыахтаах. 2020 сылтан 5 тыһ. т уран концентрата хостонуохтаах .

- Айылҕаҕа дьайыыта?

- Син биир атын промышленнай тэрилтэлэр дьайыыларын тэҥэ. Ураны хостуур, байытар туспа технологиялаах, ону кэспэтэхтэринэ барыта этэҥҥэ буолуо.

- Бэйэҥ онно үлэлиэҥ этэ дуо?

- Үлэлээминэ. Хайа промышленноhыгар үлэлээн аҕай кэллэҕим дии.

Бэйэтэ айылҕатынан сылдьар уран дьайыыта кыра, радиацията мөлтөх буолар.

- Оҕоҕун ыытыаҥ этэ дуу?

- Өскөтүн оннук айылаах буортулааҕа эбитэ буоллар, ким да онно үлэлиэ суох этэ.
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА
Views: 2283 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024