News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2011 » Кулун тутар » 28 » - Биһиги дойдуга суруналыыс социальнай көмүскэлэ суох курдук.
- Биһиги дойдуга суруналыыс социальнай көмүскэлэ суох курдук.
11:23
http://www.kyym.ru/index.php?option=com_content&view=article&id=3233:--l--r&catid=45:kultura&Itemid=69 Николай МАКСИМОВ: «Махтанан-сүгүрүйэн бүтүөххэйиҥ»
28.03.2011 10:56 | Автор: Туйаара Нутчина | SAM_0137Хас биирдии идэ, суругунан-сокуонунан да бигэргэтиллибитэҕин иһин, бэйэтэ туспа иерархиялаах. Умсугутар, батыһыннарар, суол уурар сулус дьонноох. Суруналыыстыкаҕа ханнык ааптар сыаналанарый? Ханнык да үйэҕэ хаарчахха хааллыбатах бөлүһүөктүҥү көҥүл көрүүлээх, харчыга хараҥарбатах биир сүнньулээх, ис дьиҥи, кырдьыгы туруулаһар, ураты айар суоллаах-иистээх, уран тыллаах, дириҥ толкуйдаах киһи. Биһиги идэбитигэр биир оннук ытык-мааны киһинэн – Николай Максимовы ааттыах тустаахпыт. Николай Ивановиһы илэ билбэтэх да киһи, куолаһын баҕас, бука диэн, бэркэ кулгааҕа сэргээн истибит буолуохтаах. Кини 1984 сылтан «Саха» араадьыйатыгар үлэлээн кэлбитэ. «Саха саҥата», «Оһуохай түһүлгэтэ» диэн өбүгэ үгэһин, култууратын, сиэрин-туомун сэһэргиир биэриилэрэ араадьыйа көмүс фондатыгар киирбиттэрэ. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи олох, Сэбиэскэй былаас саҕаланыытыгар Саха сиригэр турбут бастаанньалар, саха бастакы үөрэхтээхтэрин туһунан, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр хоргуйуу туһунан аан бастаан араадьыйаҕа кэпсээбит улахан өҥөлөөх. «Кэпсээҥҥит, хайдах олороҕут?» диэн биэриини, саха киһитэ эбиэтинээҕэр ордук кэтэспит буолуохтаах. - Николай Иванович, төрдүҥ ханнааҕыный? - Төрөөбүт сирим Ньурба улууһун Бордоҥо. Оттон олорбут, улааппыт сирим Сунтаар. - Төрөппүттэриҥ туох дьон этилэрий? - Холкуостаахтар. Аҕам маалыкай, ийэм сунтаар этилэрэ. - Бииргэ төрөөбүттэр хаһыа этигитий? - Соҕотохпун. Аҕам иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбытын үрдүнэн биир эрэ оҕону оҕолообут. «Оҕо турбат ыала» диэн үһүбүт. - Бастакы идэҥ «театр режиссера» диэн эбит. - Бастаан, 1969 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи култуура институтун бүтэрбитим. Онтон, кэлин кэтэхтэн ГИТИСкэ үөрэммитим. Театрга үлэлиэхпин олус баҕарар этим. Ону оччотооҕу Култуура миниистирэ Д.Д.Климентьев күүһүнэн кэриэтэ министиэристибэҕэ хаалларбыта. - Суруналыыстыыр кэмҥэр саамай көҥүл кэм хаһан этэй? - Саҥарарга саамай үчүгэй кэм -- 80-с сыллар бүтүүлэрэ, 90-с сыллар саҥалара этэ. «Редактор микрофона» диэн публицистическэй биэриилээҕим. Дьэ, ону мин үчүгэйдик туһанан хаалбытым. Ол содулугар үөҕүллүбүтүм даҕаны, сааммыттара даҕаны. Ээ, ону, мин «Харда» диэн кыччыгый, аҕыйах мүнүүтэлээх биэрии оҥорбутум, онно хардарсыһар этим! «Тоҕо «Харда»? Тоҕо «Хоруй» буолбатаҕый?» -- дэһэллэрэ. Ону мин «харда» диэн хардарсыылаах, охсуһуулаах диэн быһаарарым. - Салалтаҥ былааһы «саҥаттарарын» хайдах тулуйар этэй? - Уураппатахтара дии... Оччолорго Сэмэн Бырдьыкаанап «Саха» НКИК тойоно. Бүлүүттэн кэлэн баран кэпсиир. (Михаил Николаевы, Климент Ивановы арыаллыы сылдьыбыт). «Дьиҥнээх норуот өстөөҕө -- Максимов сылдьар! Ити киһини ууратыахха наада!» -- диэн президеҥҥэ туруорсубуттара үһү. - Биир өттүнэн, саастаах киһи диэтэххэ, хомуньуустары, Сэбиэскэй тутулу утарарыҥ дьикти… «Саха норуотун Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ быыһаабыта» диэн буолбатах этэ дуо? - Өрөбөлүүссүйэ диэн – катастрофа! Урут да этэр этим, билигин даҕаны инньэ диибин. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи олох барыта куһаҕан, хаалынньаҥ… үөрэҕэ суох этигит дииллэрэ. Хомуньуустар хойукка диэри «саҥа олоҕу тутабыт, саҥа киһини иитэбит» дииллэрэ дии. Уруккуну барытын илдьи тэпсэн, урусхаллаан баран көмөр үрдүгэр «саҥаны» тута сатаан баран эһиннилэр. - Бэйэҥ баартыйалаах этиҥ дуо? - Суох. Үрдүк үөрэххэ киирэр баҕаттан, кыһалҕаттан, 10-ска үөрэнэ сылдьан хомсомуолга киирбитим. Онтон университеккэ киирэн баран сайабылыанньа суруйан тахсыбытым. Эдэр эрдэхпинэ хаста да обкомолга ыҥыра сатаабыттара, сэбиэдиссэйинэн. Ол ыҥырбыт киһи билигин да баар: «Дьиэ биэрэбит, баартыйаҕа киллэрэбит»... - Букатын аккаастанныҥ? - Мин, уопсайынан, хара маҥнайгыттан, баартыйаны олох ылымматаҕым. Хайдах эрэ барыта албын-көлдьүн, түөкэй… луоһун, былакаа, һуу-һаа… «Сэбиэскэй былааһы уонна хомуньуус баартыйаны араадьыйанан үөҕэр» диэни истибитиҥ буолуо? - Истэн. - Үөхпэтэҕим. Мин кинилэр итэҕэстэрин-быһаҕастарын этэр этим. Урукку, луоһун, былакаат үйэтигэр үөскээбит киһи ону өйдөөбөт. Сэбиэскэй пропагандабыт күүһэ бэрт буоллаҕа! Мин биирдиилээн дьону буолбакка, систиэмэни кириитикэлиирим, буруйдуурум. - «Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыра омуктары үөрэхтээбитэ»… - Сэбиэскэй идеологияҕа, өрөбөлүүссүйэ иннигэр үөрэхтэммит киһи наадата суоҕа. Ол иһин ыраахтааҕы саҕана үөрэхтэммит дьону барытын кыдыйан кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан баран, өйдөөн көрбүттэрэ, арай, биир да үөрэхтээх киһилэрэ суох эбит. Хайыылларый? «Ликбез» диэҥҥэ бараллар. Оттон «Ликбез» быһаарыытын Ленин хайдах эппитэй: ««Вообще, к интеллигенции, как вы, наверное, знаете, я большой симпатии не питаю, и наш лозунг "ликвидировать безграмотность" отнюдь не следует толковать, как стремление к зарождению новой интеллигенции. "Ликвидировать безграмотность" следует лишь для того, чтобы каждый крестьянин, каждый рабочий мог самостоятельно, без чужой помощи, читать наши декреты, приказы, воззвания. Цель - вполне практическая. Только и всего.» диэн. Дьэ, ити курдук. Дьиҥэ, саха, нуучча кэлээтин кытары, үөрэх туһатын өйдөөбүтэ. Дэлэҕэ даҕаны, Маһары Баһыакап икки төгүл ыраахтааҕыны көрсөөрү баран кэлиэ дуо? Ол саҕана 1600 сылларга?! Сэһэн Ардьакыап биир сыл Санкт-Петербурга олорор. Екатерина Торуой ыраахтааҕыны көрсөөрү! Сэһэн Ардьакыап нууччалыы билэр үөрэхтээх киһи этэ. Өрөбөлүүссүйэ иннигэр Сорбоннаҕа тиийэ үөрэммит сахалар бааллара. - Аҕыйахтара буолуо? - Үстэр этэ. Ол гынан баран, 1917 сыллаахха диэри, аан дойду үрдүнэн үөрэх таһыма мөлтөх этэ. 1860 сылларга Англия промышленнай өттүнэн сайдыылаах бөҕө дойду буоллаҕа. Үөрэх улаханнык сыаналанар. Эр дьонун – уолаттарын эрэ үөрэттэрэрэ. Оттон дьоппуоннар уолаттарын сэргэ кыргыттарын эмиэ үөрэттэрбитэ. Ол түмүгэр, Япония хайдахтаах курдук сайынна?! Мин санаабар, XIX үйэ бүтүүтүгэр XX үйэ саҕаланыытыгар сахаларга Возрождение (Ренессанс) -- Өрө көтүү кэмэ кэлбитэ. Онно улахан оруоллаах киһинэн В.В.Никифоров – Күлүмнүүр буолар. Мин кинини, дөксө, Бастакы нүөмэрдээх Улуу киһи этэ диэхпин баҕарабын. Күлүмнүүр правительство курдук барытын дьаһайа олорбут. Күлүмнүүр кимиэхэ да хаптаҥнаабатаҕа: ыраахтааҕы да былааһыгар, хомуньуус да былааһыгар. «Малааһын» диэн кэпсээннээх. Саҥа дьиэни тутан киирэн малааһын оҥоро сатыыллар да, бүтэн быстыбат. Саҥа олоҕу тута сатыыллара кыаллыбатын эргитэн суруйбута чуолкай. Ити билигин эрэ киллэрэ сатыыр Олохтоох дьаһаныыбытын, кини 100-тэн тахса сыллааҕыта программа оҥорон бэлэмнээбитэ. «Норуот өстөөҕө» диэн, ол программатын ханна да бэчээттээбэтэхтэрэ. Күлүмнүүр үлүгэр элбэх кумааҕылара, суруктара-бичиктэрэ Санкт-Петербург архыыбыгар харалла сыталлар диэн Уйбаан Дооһо кэпсээбиттээх. Ону сөргүтүү, ирдэһии, үөрэтии суох. Историк оҕолорго этэ сатыыбын да... Норуот кылаанын, сүөгэйин-сүмэтин барытын «норуот өстөөҕө» оҥорон кэбиспиппит түмүгэр, кинилэр үлэлэрин, бэйэлэрин олохторун үөрэтии суох. Туга да суох омук этигит дииллэр. Оннук буолбатах этэ. - Арай, өрөбөлүүссүйэ буолбатаҕа эбитэ буоллар? - Мин санаабар, өрөбөлүүссүйэ – катастрофа! Ситим быстыыта. Алампа, Николай Денисович Неустроев даҕаны (ис номоҕон киһи барахсан) сүрдээх патриот дьон этилэр. Айымньыларынан норуоттарын сэрэтэ сатаабыттара аҕай. - Арассыыйа хонноҕор олорор сир хайдах да ойуччу, бүгэн олорор кыаҕа суох буоллаҕа. Син биир, биир баайыыга сылдьабыт. - Өскөтүн Арассыыйаҕа өрөбөлүүссүйэ буолбатаҕа эбитэ буоллар, син эрэйдэнэн-муҥнанан, Европа дойдуларын тэҥэ сайдыылаах олоххо кэлиэ этибит. Европа киһи быраабын биир күнүнэн өрө туппатаҕа. Улаханнык эрэйдэнэн, хаанын тоҕон, ынырыктаах инквизицияны ааһан улуу судаарыстыбалар буоллулар. Арассыыйа син биир Европаны батыһыа этэ, кинилэртэн хаалсыа суох этэ. - Билиҥҥи былааһы туох дии саныыгын? Хомуньуус баартыйа кэриэтэ, син биир билигин даҕаны биир баартыйа диктатуратыгар олорбоппут дуо? - Ити барыта урукку систиэмэттэн утахтанан кэлэр. Холобура, коррупция. Биир күн эмискэ уоруйах буолан турбуппут үһү дуо? 20 сыл эрэ иһигэр өлөрөр-өһөрөр майгыланан таҕыстыбыт дуо? Биир баартыйа аҥардастыы күөнтээн, билбитинэн дьаһайан, бачаачайдаан олордоҕо. 70 сыл тухары биһигитини махтанар-сүгүрүйэр кулут киһи оҥорон кэбиспиттэрэ. Наар махтанан-сүгүрүйэн тахсарбыт: «Улуу нуучча норуотугар, Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтигэр, Улуу хомуньуус баартыйаҕа, Күн Лениҥҥэ, профсоюзка, хомсомуолга…» Ол киэлитинэн билигин правительствоҕа махтанабыт… Төһөнөн сүгүрүйэҕин-махтанаҕын, соччонон эн кулуккун. Дьиҥинэн, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох хас да баартыйа баар буолуохтаах. Холобура, ити Великобританияҕа консерватордар, лейбористар, либерал-демократтар, Америкаҕа республиканецтар уонна демократтар курдук. Биһиэхэ бары биирдэр. Ким да кими да хонтуруоллаабат… Андропов былааска тахсыбытын кэннэ «Узбекское дело» диэн Гдляннаах Иванов тэрийбит дьыалаларын өйдүүрүҥ дуу? Узбекистан коррупциятын суола-ииһэ, төрдө-төбөтө Кириэмилгэ тиэрдэрэ биллэн эрдэҕинэ, быһа охсон – тохтотон кэбиспиттэрэ. 1980 сыллар бүтүүлэригэр суруналыыс Алла Ярошинская кинигэтэ тахсыбыта. Онно баартыйа, Африка хас биирдии түҥкэтэх дойдута «социализмы тутабын» диэтэ да, мөлүйүөнүнэн дуоллары ыытарын туһунан суруйбута. Хайа, аан дойду өрөбөлүүссүйэтин оҥоруохтаах этибит дии! Великобритания премьер-миниистирэ Маргарет Тэтчер, Сэбиэскэй Союзка кэлэ сырыттаҕына, биһиги суруналыыстарбыт кыайбыт-хоппут көрүҥнэнэн олорон, «империализмы саралыыр» боппуруос бөҕөтүн биэрбиттэрэ. Тэтчер: «Биһиги ытыс саҕа кыра арыыга олоробут. Нус-хас, быр-бааччы олоруохпутун баҕарабыт. Эһиги «пролетарии, всх стран соединяйтесь!» диигит. Биһиги итини куттааһын, сааныы курдук ылынабыт», -- диэбитэ. Аан дойдуну концлагердарынан бүрүйээри... - Кулут өйүттэн-санаатыттан хаһан босхолонобут? Бу көлүөнэ бүтүннүү өлөн бараннаҕына? - 1995 сыллаахха академик Дмитрий Сергеевич Лихачев интервьюта бэчээттэммитэ. Онно кини «Арассыыйа өрөбөлүүссүйэ иннинэ бүтүн Европаны аһатан олорбута, оннук айылаах хаалыылаах дойду буолбатаҕа» диэн эппитэ. Суруналыыс академиктан: «Хаһан олохпут көнүөй?» -- диэн ыйыппытыгар: «Когда все вымрут», -- диэн хоруйдаабыта. Билиҥҥи араҥа өлөн бараннаҕына, саҥа өйдөөх-санаалаах дьон тахсыаҕа. Оччоҕо олох көнүөҕэ, Арассыыйа өрүттүөҕэ диэбитэ. - Сахалар олохпутун хайдах дьаһаныахтаахпытый? - «Бэйэни салайыныы» -- биһигини абырыаҕа. Ырыынак кэмигэр киһи туох дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан табаар оҥоро сатыахтаах. Бэйэбитин дьаһаныахпытын, олох оҥосто сатыахпытын наада. Туһунан сиэрдээх, тыллаах-өстөөх, култууралаах норуот этибит диэн, историябытын хасыһыахха, үөрэтиэххэ наада. Төрүт үгэспитигэр тирэнэн сайдыахтаахпыт. - Арассыыйа баһылыгар табыллыбыта ахсааннаах. Тоҕо оннугуй? «Хас биирдии норуот бэйэтигэр дьүөрэ баһылыгы талар»? Петр 1-й, Екатерина Вторая… онуталара даҕаны ньиэмэс дьахтара этэ… - Петр 1-й садист бэрдэ этэ… - Үйэтэ оннук буоллаҕа. Кырбаталаатаҕына эрэ бытык быһыллар курдуга. - Екатерина Вторая ыраахтааҕы саҕана, кырдьык, Арассыыйа сайдыбыта. Баһылыкка табыллар-табыллыбат туһунан араас санаа баар… Ол гынан баран, мин Арассыыйа өрүттүөн баҕарабын. Арассыыйа кыаҕырдаҕына, Саха сирэ эрэ биирдэ кыаҕырыа. Халыҥ аармыйатынан, сэбинэн-сэбиргэлинэн буолбатах, дьонун баай-дуол олоҕунан күүстээх держава буолуон баҕарабын. Үчүгэй олоххо тиийэригэр күүс-көмө, тирэх-кыах биэрбит судаарыстыбатын интэриэһин, ама, ханнык гражданин көмүскүө суоҕай? Киһи быһыытынан чөкө, баайдык-тоттук олорор кыаҕы биэрэр судаарыстыбаҕа, киһи луоһуна, пропагандата да суох патриот буолуон сөп. - Нуучча норуота, төһө да ыарахан олохтоох буоллар, «луоһун, былакаат» көмөтүнэн фашизмы кыайбыта ээ. - Хайдахтаах курдук сиэртибэнэн? 1945 сыллаахха, Потсдам куораты ылан баран, маршал Жуков уонна генерал Эйзенхауер саллааттар өлүктэрин быыһынан хааман иһэллэр. Эйзенхауер ыйыппыт: «Бу айылаах киһини сиэртибэлээн Потсдамы ыллыгыт. Тоҕо?». Жуков: «Ничего, русские бабы еще нарожают»… ("Крестовый поход в Европу" Д.Эйзенхауер ахтыыта). - Саха төрүт итэҕэлин сөргүтүүгэ хара маҥнайгыттан кыттыстаҕыҥ. Билигин Айыы үөрэҕэ ситтэ-хотто диир кыахтаахпыт дуо? - …Николай Макарович Петров диэн Сунтаартан төрүттээх, Мэҥэҕэ олорбут ытык кырдьаҕастаах этибит. «Ол үйэ уорҕаларыгар» диэн нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи саха олоҕун көрдөрөр арамааннаах этэ. Николай Макарович дьиҥнээх соҕотоҕун сылдьар тайҕа киһитэ этэ. «Сир түннүгэ» диэн кинини аатыахха сөбө. Туох баар аан дойду философиятын барытын аахпыт, ырыппыт киһи. Дьэ, ол кини саха итэҕэлигэр элбэҕи биэрбитэ да, биэриэхтээҕэ да этэ... Айыы үөрэҕин туһунан Дабылтан, Тэристэн ыйытыаххын сөп. Сүрдээх уолаттар. - Норуоппут төрүт итэҕэлин сып-сап ылынан испэт… - Улахан, халыҥ омук курдук концепция ылынан, далааһыннаахтык хамсанар кыахпыт суох. Балаҕан туттан баран олоробут. Норуоппут да өйдөөн быстыбат... - Саха «православиеҕа төннүөхтээх» дииллэрин, туох дии саныыгын? - Православиены туох да диэн утарбаппын. Ол гынан баран, мин, бэйэм итэҕэлбин тута сылдьабын. - Оттон Суорун оҕонньор «Айыы үөрэҕэ» диэн сымыйа диирэ. - Интеллигенциябитин, Чаҕылҕан саҕаттан хам баттаан, идеология иһинэн сылдьар кулут оҥорон кэбиспиттэрэ. Хайдах даҕаны ол иһиттэн тахсар, атыны этэр кыаҕыҥ суоҕа. Эттэригэр-хааннарыгар иҥэн хаалбыт. Суорун кырдьаҕаһы кытары үчүгэйдик билсэр этибит. «Хомуньуустары кыайаҕын. Дьэ, ити сөп», -- диирэ. Саха интеллигенциятын хаста да төхтүрүйэн кыдыйбыттара. 1917-22 сс, 1928 с., 1930-с сыллардааҕы репрессия... Саха историятыгар 10 сыл буола-буола провокация оҥоһуллар. Онно буруйдааҕынан биир киһини ороон таһааран баран, бүтүн норуоту кирдиэхтэтэллэр. Ол аайы биһиги ньыкыс гынан биэрэбит. Сэбиэскэй былаас кэмигэр Сойууска 100-тэн тахса омук тыллыын-өстүүн, култууралыын эстибитэ. - Николай Иванович, билигин араадьыйаҕар үлэлээбэккин. Тоҕо? - Дуогабарынан үлэлээ диэбиттэрэ. Кими эрэ ыҥыраҕын, кими эрэ ыҥырбаккын… тугу эрэ этэҕин, тугу эрэ эппэккин… тугуй, доҕор, ол? Олох аккаастаабытым. Хаарчахха үлэлиэхпин баҕарбаппын. Биир өттүнэн сааһым да ыраатта… - Биһиги дойдуга суруналыыс социальнай көмүскэлэ суох курдук. - Омук сиригэр, биир репортаһы оҥороору, уот-буулдьа быыһыгар да сылдьалларын кэрэйбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, ол биир интервьюлара, репортажтара кинилэри биир сылы быһа аһатан олоруон сөп. Оттон биһиги, үөрэнэн хаалбычча, кыраҕа сылдьабыт… ээл-дээл сыһыан... уонна ити мин биири сөҕөбүн – араас «бочуоттаах ааттары» иҥэрэллэрин. Судаарыстыбаннай бириэмийэ өссө баар буолуон сөп. Оттон ити «үтүөлээх аат», «туйгун аат» диэн араартааһыны букатын сыыһа дии саныыбын. «АХШ народнай артыыһа Мадонна» диэтэхтэринэ анекдот курдук истиэхпит. «Ааттары» иҥэрии, бу былаас хонтуруолун биир көрүҥэ дии саныыбын: «Бу, маны эйиэхэ биэрдим, онон сулууспалаа», -- диэбит курдук. Хаһан тохтуура буолла…
Views: 2061 |
Added by: uhhan2
Total comments: 3
Порядок вывода комментариев:
По умолчанию
Сначала новые
Сначала старые
Яркий представитель "ДЕМШИЗЫ"!
2
буетур уола
(2011-03-28 17:56)
сэбиэскэй былааска олорон кэлэн баран хомуньуу4у хоо4ур5аччы уе5эр,сэбиэскэйгэ силлиир икки сирэй дьоннору ки4и убаастаабат.Сэбиэскэй са5ана тугу туойбуккун истибит суох...
1
Мужик саха
(2011-03-28 12:27)
Сэбиэскэйи уогэгин, хомуньуустары уогэгин, билиннини эмиэ собулээбэккин. Туох да диэбитин иьин
уруккутаагар билигин боростой киьи ордук кулут балаьыанньатыгар сылдьыбат дуо? Баай былааьыгар, капитализмна боростой киьи батталга сылдьара сокуон курдук. Билигин конул туохха баарый: уор,
албыннаа, олор-оьор, арыгылаа, конул таптас..., бэриктэ ыл, бэриктэ биэр...
Тугу собулуургун ойдооботум.
Ааҕыылар
Баар бары (online): 115
Ыалдьыттар (гостей): 115
Кыттааччылар (пользователей): 0