News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2011 » Муус устар » 5 » Бу биhиги омук Конгресспыт отой да улэлээбэтэх
Бу биhиги омук Конгресспыт отой да улэлээбэтэх
19:03
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=1573517&f=149 Саха Норуотун Конреhа
Автор: meic Ссылка на блог (46.48.253.6) 02.03.2011 (12:21) Бу теманы санаттан сааhылаан таhаарарга соруннубут. Модератор Майя5а кердеhуубутун ылынан бастакы тобу соппуккар махтал. Тобу сотторуу биричиинэтэ: бэйэбит ортобутугар хайдыhыы тахсан хаалыан сеп диэн. Мин да бастакыттан интонациям ол курдук этэ. Топ бутэhигэр Конгресс аатыгар аhа5ас сурук бэлэмниэхпит диэн буолта. Манна дьоннор ол суругу бэлэмнии сылдьаллар уонна ырытыыга(редакция5а)таhаарыахтара, ону бары манна кемелеен ситэрэн биэриэхпит. Тус бэйэм санаам: - meic Ссылка на блог pager 02.03.2011 (12:23) (46.48.253.6) Саха Норуотун Конгреhа ООН ылбыт Декларация о правах коренных народов http://www.un.org/ru/documents/decl_conv/declarations/indigenous_rights.shtml докуменыгар оло5уран саха норуотун быраабын кемускуур тэрилтэ буолуохтаах, саха омугун сайдыытын түстүехтээх. Конгресс сүрүн сыала норуот быраабын кемускэлэ, оло5ун-дьаhа5ын араҥаччыта уонна инники сайдар суолун түстүүр үлэни ыытааһын. Кини ханнык да политическай партияларга сыһыана суох буолуохтаах. Политическай партиялары кытары сибээс биир эрэ түгэҥҥэ олохтонуохтаах: кинилэр үлэлэрэ үөһээ ыйыллыбыт Декларация ирдэбилин кытары сеп түбэһэр эрэ буоллахтарына. o Бу докумуону туhаныахха син. - Чингиз 02.03.2011 (14:29) (91.211.83.40) Ол кынан баран сүрүн тутаахтаах сыал буолуо суохтаах. Права диэн өйдөбүл киин сиртэн биhиги көрдөһөрбүтүн эрэ көрдөрөр, мугутаан бу ПРАВАны толоруҥ диэн ирдэбили. Итинник кирии сахалары аллараа түһэрэр, кыаммат, мөлтөх омуктар ааттарыгар киллэрэн. Ону өйдөөҥ. Киин дойдубут дьонноругар биһиги ааппыт алдьанар уонна контрмеры оҥорорго ыҥырар. Туттуохха наада, кыралаан. Сүрүн санаа сахалар сайдыылара буолуохтаах: - үөрэх - үлэ, манна, сахалыы иитээһин, уо.д.а. - култуура, манна, итэҕэлбит, саха тылын сайыннарыы, атын култууралары сахалар киэптэригэр киллэрээһин... - оҕону иитээһин, элита үөскэтии... - Саха Сиринээҕи нуучча куораттары сахалатыы... - саха чиновниктара(тойоттор-хотуттар) кодекстара... - Конгресс уптээх-харчылаах буолуохтаах.... уо. д.а. Өрөбүллэр диэкки санаабын суруйан бэлэмнии сатыам, кылгастык. + Права диэн cуолтата кердеhууттэн быдан улахан диэн санаалаахпын.. - meic Ссылка на блог 02.03.2011 (14:45) (46.48.253.6) Уопсайынан, бу тема барыбытын долгутар тема уонна дьон санаата атын-атын буолла5а. Мин ба5ар сыыhарым да буолуо, ону эйэлээхтик кэпсэтэн биир санаа5а кэлиэххэ диэн... # Улаханын улахан, ол биллэр. - Чингиз 02.03.2011 (14:51) (91.211.83.40) Оннук да буолбутун иһин, сахалар сайдыыларыгар киин, муҥур сис буолар кыаҕа суох. Сайдыы суолугар бэйэбит кыахпытын мунньан киириэхтээхпит. Правоны туһанаҕын эрэ, туттуох тустаахпыт көмө эрэ курдук. Бастакы сомоҕолооһун уонна суол ыйыы. * Оннугун оннук - meic Ссылка на блог 02.03.2011 (15:00) (46.48.253.6) Бутун аан дойду дьонноругар ООН Декларацията - бу киhи аймахха сокуон курдук, бу син биир государство5а Конституциятын курдук. Хайдах туһалаах буоларынан барарбыт учугэй буолла5а. Бэйэбит суолбутун тэлэн барар буоллахпытына ону ким утарыай? Ол эрэн син-биир туохха эрэ юридически ейебүл баар буолуон наада. Итинтэн аһары бардахпытына сепаратизмҥа буруйдаан турбаттар дуо? o Сөпкө этэҕин. - Чингиз 02.03.2011 (15:08) (91.211.83.40) Мин сүрүн, киин сүнньүннэн эрэ киирбэтин диэн этэбин. + Уонна биири - Чингиз 02.03.2011 (15:21) (91.211.83.40) этиэхпин баҕарабын. Дьопутаарран, тойоттор-хотуннар бары саха аймах Конгресстан тутулуктаах буолалларыгар. Конгресс уурааҕын толорбот тойон үлэлиэ суохтаах! Ону кодекс ылыныахтаахпыт. Дойдутун эрэ туһугар үлэлиэхтээхтэр. # Саха конгре4ыгар независимай общественниктартар былаа4ы тутуохтаахтар - хе-хе 02.03.2011 (16:01) (85.26.241.217) А то буоларын курдук эмиэ улуус ба4ылыктарын, депутаттары, тойоттору талан баран, бу дьонун норуоту эмиэ холуо4а5а олордуохтара. Конгресс хайдах улэлиирэ, кадровай политика улахан оруоллаах буолуо # Олох сепке этэ5ин!!! - А.Гаврильева 05.03.2011 (12:20) (88.82.181.21) Бу хайысха5а санаа5ын суруйарыц буоллар. Форумца да5аны суруй уонна туЬаан мин аапар эмиэ ытыаххын сеп. # Ол кодекс хабаанын толкуйдаЬарыц буоллар. - А.Гаврильева 05.03.2011 (12:20) (88.82.181.21) * Са5алааьын баара учугэй. Тэрийэн иьиэххэйин. - кэскил 02.03.2011 (16:27) (94.245.175.205) o "Уу хааппылата тааьы алдьатар" Конгресс народа Саха - Билир 04.03.2011 (22:31) (80.83.239.26) Учугэй сазалааьын,маладьыастар... Иннэн турбат,охтон биэрбэт учугэй юристар наадалар... Норуоту баар быраабынан туттуу тозо "туьэрэрин" ойдооботум... Торообут дойдум айылзатын харыстыыр тозо сыыьа буолуой? + Саатар - А.Гаврильева 05.03.2011 (12:23) (88.82.181.21) Ытык - Кэрэ сирдэри уонна ити кемуллэн сытар ебугэбит уцуохтарын куор5аллааЬыны хайдах эрэ бэрээдэктиир киЬи. * Сурун суолун торумнаан суруйарга юридическай кеме наада буолууЬук. - А.Гаврильева 05.03.2011 (09:44) (88.82.181.21) Туораттан киирэн айдаарсар дьону игнордаан иЬин! ЭтиЬиигэ, кинилэри кытта аахсыыга бириэмэ5итин, куускутун ыытымац. Оннук дьон баар буолуо. Сахалыы сэмээр быЬаарыа5ын. Санаа5ытын хото суруйан иЬин. Сокуоцца баайан иЬэргит буоллар... o Элбэх санаа кыайыа бу боппуоьу. - meic Ссылка на блог 05.03.2011 (14:03) (46.48.253.6) Бу боппуруоһу кетехпуккут учугэй эбит - диэн баран тохтоон хаалбакка бэйэ5ит этиилэргитин киллэрин. Бары кемелуеххэ. Конгресс салалтатыга ыйытык суругу ким эмит бэлэмнээтэ дуо? Урукку топка суруйбут курдук аан бастаан ыйытык суругу хаьыаттарга ыытан баран эппиэт кэлтин кэннэ, эбэтэр эппиэт суох да тугэнигэр норуоппутугар уонна Конгресс салалтатыгар туһаайан Аһа5ас Сурук суруйдахха хайда5ый? Ыйытык сурук Конгресс салалтатыгар отчету ирдээн курдук: тугу оҥордулар, кэнники олоххо буолбут тугэннэргэ(тылы уерэтиигэ... Президент диэн тылтан аккаастаныыга дылы Конгресс сыһыана, инники туох былааннаахтарый? То5о тугу уэлэлииллэрэ дьоҥҥо биллибэтий? Эппиэттэрэ кэллэ5инэ Аһа5ас Сурук хабаана бэйэтэ сааьыланан тахсан кэлиэ. + Биир өттүнэн Сурук суруойуохха, - Чингиз 05.03.2011 (15:52) (91.211.83.40) аһаҕастык, хаһыатынан уонна интернетынан. Уонна саха омук сайдыытын ким хайдах көрөрүн, бэлиэтиирин ырытыахха дии саныыбын. Бүтэһик - саха сайдыытын программатын таһаарыахха, форум олохтоохторо. Туох диигит оннук барыыны? # саха норуотун конгрега - мила 05.03.2011 (21:39) (188.123.232.201) бигиги кырдьык олохтоох омук,кыра народность буоларбыт быгыытынан тугу да билбэппит,урукку курдук туох да льгота буппут быгыылаах,огом согуруу уорэммитэ да ханна да баран саатар кыра комо дуу консультация дуу ыларбытын билбэт этибит,департаменнар стипендия да биэрэн абыраабат этилэр,хотя с красным дипломом бутэрбитэ,утары хагытыылларын эрэ билэллэр этэ,мин онтон наар ытаан тахсар этим * Бу тобу керен баран - акок 06.03.2011 (09:20) (94.245.156.33) саха норуотугар тугу эмэ оноруохтарын ба5алаах дьон баарын керен уердум уонна хай5аатым.Маннык дьоннор баар буолла5ына мин таhаара сылдьыбыт тобум "кыргыз омук" эмиэ бу конгресс ненуе быhаарыллыан сеп дуу дии санаатым.Хайаан да урдуку былаас улэhиттэрэ уонна Ил Тумэн депутаттара истиилэригэр уонна билиилэригэр тиийдэ5инэ табыллар боппуруос элбээбитинэн бары кемелеен тиэрдиэххэйин.Бу биhиэхэ сахаларга т.е.коренной нэhилиэнньэ5э улахан туhалаах буолуо кэлэр да келуенэ5э маны билиhиннэрэн кинилэр бэйэлэрин итэ5эс санаммаакка Саха сирэ мэлдьи баар буоларын туhугар оноhуллар дьыала эбит.Мин тыа5а да олордорбун эhиги санаммыт санаа5ытыгар икки илиибин ере уунан туран себулэhэбин. Кытаатын санаабыт санаа5ыт туоларын туhугар!!!КЭЛЭН ИҺЭР ААН ДОЙДУ ДЬАХТАЛЛАРЫН КУНУНЭН бары кэрэ саха дьахталларын!!! o Махтал э5эрдэ5эр! - Элиза 06.03.2011 (13:44) (10.177.86.61) Дьэ дьэ дьээ-эрэ!Бастаан торумун сөпкө таҥан баран юридическайын сааһылаттарбыт эрэ хамсааһын барыа5а.Мин бэйэм өттүбуттэн 500-чэкэ илии баттааһыны хомуйуом этэ.Бары ким тугу кыайарынан ылыстахпытына кутуйах да көмөтө көмө. + Ейуубун - Егоров 06.03.2011 (18:16) (80.83.238.2) Сурдээх учугэй, хамсааьыны алларааттан таьаарар, ол аата тыьыынчанан сылларга олорбут албын олохпутуттан кэмниэ кэнэ5эс арахса сатыыр ей - санаа уескээн эрэр эбит диэн уердум. Билигин уьуну - киэни ыйданардар дьон бары да ейдеетулэр ини, албын анардаах олоххо олорорбутун. Сахалар эрэ буолбатах Арассыыйа барыта. Ол кэмнэ сахалар урут туьэн ейденербут уонна хамсанарбыт саамай сеп. Ханнык ба5ар киьи, ыал, аймах, омук бэйэтин дьыл5атыгар бол5омтолоохтук сыьыаннаьар, кемускэнэр эрэ буолла5ына инники кэскилэ туруктаах буолар. Билинни тутулбут чиэьинэй, кенул олох сайдарын хааччыйар кыа5а суох. Ол алларааттан хамсааьын эрэ та5ыста5ына биирдэ уларыйыа5а. Холобура кимтэн да куьэйиитэ суох, тутулуга суох санаалаах дьон мустан тугу эмэ быьаарар кыахха киирдэхпитинэ. Ити билиннии докутааттар, чунуобунньуктар эргэ олох кемускэллэрэ эрэ буолаллар. Кинилэртэн туьа суох.Хамсааьын барыта норуоттан тутулуктаах. # Өйүүргүт олус бэрт. Санаа бөҕүрүүр. - Чингиз 07.03.2011 (02:06) (91.211.83.40) Кыбыстыбакка суруйан иһиҥ санааҕытын. + элиза миэхэ пагерга суруйуон дуо ? - гримнир Ссылка на блог 10.03.2011 (18:41) (91.185.249.191) # Гримнир - Элиза 11.03.2011 (15:31) (10.177.86.61) Бырастыы олох солом суох.Нэһиилэ киирэн наадалаахпын аа5абын эрэ.Саатар санаабын да толору үллэстэр кыах суох курдук * хаьан кэпсэтии хайысхатынан керсуьуу тэрийэ5итий... - алекс_сан Ссылка на блог 07.03.2011 (02:06) (94.245.184.134) o Сурук бэлэм. Миэхэ ыыппыттарын манна таһаарабын. - meic Ссылка на блог 07.03.2011 (10:21) (46.48.253.6) Цитата: Кунду до5оттоор! Билигин улэлии сылдьар Саха Конгреьыгар маннык ис хоьоонноох ынырыы таьаарабыт. Ким биьиги ынырыыбытын сөбүлэhэр – манна бэйэ5ит сөбулэҥҥитин суруйун! Кытаатын, норуот буолан, бэйэбит инникибитин, сайдыыбытын толкуйданар, быьаарсар куммут кэллэ! «Күндү биир дойдулаахтарбыт! Россия араас муннуктарыгар уонна тас – омук дойдутугар олорор саха-тыыннаах бар дьоммут! Убаастабыллах Саха норуотун Конгреhа! Убаастабыллаах Егор Петрович! 1991 сыллаахха Саха конгреhа олохтонон, саха норуота сүргэтэ көтөҕуллэн, сомоҕолоhуу суолугар туруммута уонна Саха омук олугун быЬаарар торумнаах санааны уерэ – эрэнэ уруйдаан көрсубутэ. Ол үеруулээх тугэнтэн номнуо 20 сыл ааста… 2007 сыллаахха бутун Саха сирин урдунэн улахан форум тэриллэн, улуус аайыттан делегаттар талыллан, куустээх хамсаныы тахсыбыта. Мустубут делегаттар биир санаанан бигэргэтиилэринэн Егор Петрович Жирков ( Национальнай концепция автора, «Ийэ тыл» тумсуу теруттээччитэ) Саха КонгреЬын улэтин суруннуур салайааччытынан талыллыбыта... Билигин , аан дойдуга араас суду процесстар, хамсааhыннар са5аламмыт дьалхааннаах кэмнэригэр, саха норуота тумсуулээх буоларыгар уонна, биир санаанан салайтаран, бэйэтин инники дьыл5атын олохтоохтук тэринэригэр тёлкёлеех толкуйу торумнанар тугэнэ кун бугун тирээн кэллэ. Сатабыллаахтык дьаЬанан, бу улахан уларыйыылар кэмнэригэр, сайдыы суолун олох тэтиминэн уонна, кэм ирдэбилигэр сепке тубэЬэн, уктэл уурунар «Кэлим Сайдыы Тосхолун» ылынар тугэни кэм бэйэтэ ирдээтэ. Омук быЬыытынан кэскилбитин тобулар уонна кэлэр келуенэ – теруур ыччат дьыл5атыгар, а5ыйах ахсааннаах омук буоларбыт быЬыытынан, хас биирдиибит туЬаан эппитинэЬи сугэрин умнарбыт табыллыбат. Итиннэ, биир суруннур куус Саха Конгреhа буолуохтаах. Онон, Саха Конгреhын тус бас дьонугар – туЬаан Е.П.Жирковка - саха дьонун аатыттан, ынырыы таьаарабыт : 1. Саха Конгреьын Устаабын аhа5ас кёруугэ, «Кыым» хаhыакка уонна интернекка бэчээттииргэ. 2. Ааспыт сыллар улэлэрин туьунан Конгресс Суруннур Сэбиэтин оччуотун аhа5ас кёруугэ таhаарарга. 3. Саха норуотун сайдыытын туьунан Саха Конгресс Суруннур Сэбиэтин кёруутун (Концепция развития саха) «Кыым» хаьыакка уонна интернеккэ таьааран туран, норуоту кытта субэлэЬиэххэ. 4. Конгресс улэтигэр кэлэр сылларга улэлиир ба5алаах дьону, хайысхаларынан керен аттарарга - улэлэрин торумун уонна барыл керуулэрин интернет курдат киэц араца дьуулугэр таЬаарыахха. Дьон санаатынан салайтаран , уеьээттэн сеҥнееЬунунэн буолбакка, норуот киэҥ араҥатыттан тахсар ейу–санааны сурун хайысха оцостон улэ кедьуустээх буоларын ке5улуеххэ. Саха Конгреьын Устаабын, оччуотун уонна сайдыы көруутун (концепция развития саха) хаьыакка уонна интернеккэ кулун тутар ыйга бэчээттэтиэххэ». Бу Сурук ис хоhоонугар санаа5ытын уллэстин: маннык бэйэтинэн барар дуу, эбэтэр тугу эрэ уларытан биэриэххэ сеп дуу? Мин санаабар, барыта сепке суруллубут. [Сообщение редактировалось] + сахалыы шрибинэн таһаарыа этиҥ. - гримнир Ссылка на блог 07.03.2011 (10:25) (91.185.249.191) + п.1. "Суруннуур Субэ састаабын" диэн эбэн биэриэххэ наада эбит. - гримнир Ссылка на блог 07.03.2011 (11:24) (91.185.249.191) билинни туругунан, норуот ким "эьигини салайабын" диэн Координационнай Совекка киирэн улэлии сылдьарын олох да билбэт да5аны. туох да саайт да суох, интернекка киирэн кёрдёёбутум да5аны, булбата5ым. ити сатаммат дьыала. норуоту салайар, суруннуур соругу бэйэлэригэр ылыммыт дьон - кистэлэн буолуо суохтаахтар. норуот бэйэтин салайааччыларын ааттарын билэр толору бырааптаах. онон, саайт оноруо этилэр, "сайт Конгресса народа Саха" диэн. # Бу биhиги омук Конгресспыт отой да улэлээбэтэх - Чингиз 07.03.2011 (13:07) (91.211.83.40) тэрилтэ. Бастаан турун мин бэйэм санабын этиэхпин баҕарабын. Конгресс диэн тугуй? АХШ-гар биир сурун сокуону ылынар тэрилтэ. Татаардарга, баскиирдарга, каһаахтарга бэйэлэрин омуктарын тэрийэр, сомоҕолуур, көмүскүүр, суоллуур тэрилтэ буолар. Киирэн ааҕыҥ:http://tatar-congress.org/, http://www.koroltay.ru/... Уонна кинилэр үлэлэрин кытта тэҥнээн көрүҥ. Саат-суут, киһи кыбыстар, кытарар уонна кыыһырар. Мин биири этиэхпин баҕарабын. Ити салайааччылары барыларын туоратыахха диэн. Тугу үлэлииллэрэ көстүбэт. Тоҕо диэ? Тугу да кымматтар. Аҕыйахта командировкаҕа сылдьаллар. Үп-харчы эрэ сииллэр. Конгресс улэтин саха дьоно күн аайы билиэхтээхпит уонна онно кыттыахтаахпыт. Сахалар бу Сахабыт Сиригэр туохпутуй, киммитий? Тоҕо санаабыт, куоласпыт биллибэтий? Тоҕо биһигинэ суох баайбытын түҥэтэллэрий? Тоҕо Аҕа Баһылыкпытын туораттан аныылларый? Тоҕо депутааттар суверенитетпытын бэлэхтииллэрий, биһигиттэн ыйыппакка эрэ? Тоҕо саха тылбытын сайаннарбаппытый? Итэҕэлбит туох буолан өйөммөтүй? Атын туора религиялар бары дворец бөҕө тутталларый? Итинник. Конгресс үлээтэ отой мөлтөх. * Холобура бу татаартар үлэлии олороллор. - Чингиз 07.03.2011 (13:57) (91.211.83.40) Комиссии ВКТ Исполком ВКТ проводит свою работу через 7 комиссий, созданных после ΙΙΙ съезда Конгресса. Они ориентированы на решение приоритетных задач национального возрождения. Членами этих комиссий являются наиболее компетентные и авторитетные представители национальной интеллигенции: * Национальное образование и наука * Культура и духовное наследие татарского народа * Стратегия развития татарского этноса * Развития предпринимательства и экономических связей в регионах проживания татар * Средства массовой информации * Международные отношения и права человека * Координация работы религиозных объединений Ити комиссиялар бары отчеттууллар эбит. o Чингиз, эйигин кытары икки илиибинэн себулэhэбин - meic Ссылка на блог 07.03.2011 (14:58) (46.48.253.6) Ити эн ыйбыт биричиинэлэрин биhиги Конгресспыт улэтигэр баалларын иhин бу теманы кетехпутум уонна ол иhин дьон бу теманы септее5унэн аа5аллар. Билигин, мин санаабар, форум кыттааччыларын ааттарыттан барар сурукка эппиэт кэлтин кэннэ план действий оҥостобут. Ол иннинэ сыыhа-халты хамсанан хаалыахпыт. Онон ити суругу тургэн со5устуг редакциялаан баран улэ5э киллэриэххэ наада. Барыбыт санаабыт биир, онон бу дьыала кыаллыа. + Сөпкө этэҕин. - Чингиз 07.03.2011 (15:08) (91.211.83.40) Мин ыраатта, хас да сыл буолла, форум аайы суруйан турардаахпын, Конгресспыт туһунан, ону аахпытыҥ буолуо. Кытаат. Өйүөм. o Комиссяны талыыга, мин санаабар, - А.Гаврильева 08.03.2011 (01:45) (88.82.181.21) киЬи бэйэтин кандидатуратын туруорарыгар кецул биэрэр ордук буолуох этэ. Ба5алаах дьону резюмелаан испииЬэктээн баран норуот куоластааЬыныгар таЬаарар ордук буолуо дии саныыбын. Ханнык ба5ар хамсааЬын дьонун аа5ар уонна учуоттуур. Членство баара ордук буолуох этэ. Кыра взнос да5аны теленере куЬа5ана суох буолуо5а. Ханнык эрэ хамыыЬыйа аныыра астыга суох буолуон сеп. КуоластааЬын интернет, смс, анкета курдат барыан сеп, биитэр, мунньах тэрийэн баран ол кандидаттар тус проектарын ырытан куоластатыахха сеп. Биир, саха омук инники сайдарыгар, моЬол буолар ерутунэн, мин керербунэн, бэйэ икки ардыгар уруккуну- хойуккуну уопсай дьыала туЬугар умнубат кестуу буолар. Мин санаабар, ол эйгэни уопсай дьыала иннигэр кыатанар уонна аахсыбат ордук уонна туЬалаах буолуох этэ. Сомо5олоЬор уонна ейу - санааны тумэр кэм кэлбитин умнумац! УлэлэЬиэн ба5алаахтар - кэскиллээх керуулээхтэр, санаа5ытын сааЬыланан, норуоккут сайдарын туЬугар кыттыыны ылыц! + Мунньах тэрийэр буоллахха - А.Гаврильева 08.03.2011 (02:00) (88.82.181.21) делегаттар игин диэн дьону куемчулээбэккэ, ким ба5алаах санаатын хото кэлэрин ситиЬиэххэ. Хайысханан улэни, дьуулгэ тахсар гына, торумнуур дьону булан улэни са5алаан барар ордук буолуо. Проектары сайт аЬан таЬаартыы турар ордук буолуох этэ. Этиилэри туспа тумэн уонна тацан иЬэр эмиэ улэни тургэтэтиэн сеп. Дьиэ - уот уонна мунньахтыыр сир кестубэт тугэнигэр , сайын да5аны чугаЬаата, Ус Хатыцца туЬулгэнэн туЬэн олрон улэлиэххэ сеп. Атласов Василий НиколаевиЬы кытта субэлэЬэн улэ техническэй еттун быЬаарыахха сеп дии саныыбын. "Кыталык" БаЬылай да5аны туора туруо суо5а диэн бигэ эрэнэбин. Ити мин тус билэр дьонум. Ити тэрээЬин еттугэр. Хас биирдии киЬи ити курдук бэйэтэ билэр дьонун тумнэ5инэ туох барыта кыаллыан сеп. # "саха конгреьын саайта" диэн ааттаах саайт оноруохха уонна кэмигэр толоруллан иьэрин ситиьиэххэ" диэн - гримнир Ссылка на блог 08.03.2011 (01:44) (91.185.249.191) киллэрэр (п.5) наада дуу, суох дуу, ким туох дии саныыр ? * Бу саха норуотун конгреһын дьоно - Кэбуки 07.03.2011 (16:01) (10.177.16.14) блогтаах эҥин буолуохтаахтар, борустуой саха дьоно интернет нөҥүө санаабытын -онообутун, кыһалҕабытын этинэ олорор гына. * Саха Когреьа - Сындыыс 07.03.2011 (17:05) (94.245.156.33) Олус кэскиллээх санааны кетехпуккут. Ордук ити сайт тэрийэр туьунан. Мин икки САХА КОНГРЕЬЫН илэ кербутум. Бастакытыгар элбэх киьини мунньан баран киьилии кэпсэтиннэрбэккэ рестораннатан, арбаан, бэлэх бе5е биэрэн баран тар5атан кэбиспиттэрэ. 2 хонукка улуус аайыттан кэлбит дьон буолуохтаа5ар 2 да киьи ирэ-хоро кэпсэппэт. Онон емутуннэрии ньымата туттууллубута. 2-с конгресс арыый тэрээьиннээх этэ гынан баран делегациялар бэйэ-бэйэлэрин кытта чугастык алтыспаттарын курдук этэ, куораты биир гына ыьан тус-туспа сиргэ туьэрбиттэрэ. Куулэйдэтэ, аралдьыта сатааьын эрэ кыьал5ата баара. Дьининэн тыын боппуруоьу туттарса кэлбит дьон этэллэрэ-тыыналлара туруорсаллара элбэх этэ буолла5а. Туох баар бол5омто, тэрээьин онно ууруллуохтаах этэ. Биир куммут Бекетовка памятник туруоруутун тэрийиигэ ууруллубут этэ. Саха сирин историятын билэргит буолуо кини "саха туьугар ыыппыт улэтин" Учугэйэ диэн Правитьельствоны кытта керсуьуу буолбута. Онно ким туох кыьал5алаа5ын этиммитэ. Тойон Субэ тэриллиитэ да улахан меккуердээхтик барбыта. Онон сайт тэриллэрэ сеп. Оттон ити этэр суруккут туьалыырынаа5ар алдьатара элбэх буолуо. Ама ейдуу иликкит дуо: бу быыбартан быыбарга ыытыллар дьонунан оонньооьун буоларын! Саха омук аатынан сирэй саптыы буоларын! Инники ТОЙОН СУБЭ "отчуотуттан" онноо5ор делегаттар кулбуттэрэ, ханна баар улэни этэ5ит? Бастатан туран улуустар делегаттарын аьа5астык талыахтаахтар, кистээн буолбакка. Туруорсуллар дьоьуннаах боппуруостар эрдэттэн быьаарыллыахтаахтар. Делегаттар туруорсуулара пресса5а киэнник сырдатыллыахтаах. o аьа5ас оччуот уонна кэпсэтии, дьууллэьии суох буоллахтарына, депутат - гримнир Ссылка на блог 07.03.2011 (22:09) (91.185.249.191) да талыыта аьа5астык барыа суо5а дии саныыбын. кэпсэтии тахсан норуот санаата чёллёруйдэ5инэ, оччо5о эрэ туох эрэ хамсаныы барыа5ын сёп. бэйэн да этэ5ин дии, "туруорсуллар дьоьуннаах боппуруостар эрдэттэн быьаарыллыахтаахтар. Делегаттар туруорсуулара пресса5а киэнник сырдатыллыахтаах". o эн этэриц сеп - А.Гаврильева 08.03.2011 (01:31) (88.82.181.21) ол гынан баран, алдьатыылаах дииргэр арыый саарбахтыыбын. Улэлээбэт Конгресс "алдьанан" - хаттаан тацыллара ордук курдук. Кэлэр Конгресс улэтигэр хас биирдии киЬи тус санаатын уонна этиитин олохтоохтук барыл (проект) курдук суруйан киллэрэрэ ордук буолуох этэ. Холобур: мин маны оцоруохпун ба5арабын, бу эйгэ5э маннык керуулээхпин уонна бачча кэмцэ, бачча бириэмэнэн маннык тумуккэ кэлэри мэктиэлиибин диэн буолара буоллар. Угус тус керуулээх уонна ол хайысханан улэлиэн ба5алаах дьоццо уксун ейебул суо5а мэЬэй буолааччы. Онон, улэ дьиц тумуктээх уонна туЬалаах буоларыгар Конгресс тирэх буолара ирдэнэр дии саныыбын. Биирдиилээн спонсор кестер буолла5ына, счет аьыллар тугэнигэр, хайаан да5аны ол убу норуот бэйэтэ хонтуруоллуурун ситиЬиини сурун ирдэбилгэ киллэрэр ордук буолуох этэ. Ким улэлиэн уонна улэлэЬиэн ба5алаах бэйэтин санаатын уонна тус керуутун толору проегын Конгресс керуутугэр туЬэрэрин ситиЬиэххэ уонна кедьуустээх проектары Правительство таЬымыгар тиийэ туруорсары ситиЬиэххэ наада. Анал хайысхаларынан ейеммут проектарга, хаачча5а суох, ба5а еттутунэн улэлэЬэр дьону субэнэн суумэрдиир ордук буолуох этэ. Онно уерэ5инэн, айма5ынан, табаарыЬынан керен буолбакка улэлиир дьо5урунан уонна практическай ситиЬиитинэн сыаналаан талар ордук уонна туЬалаах буолуох этэ. Саха эйгэтин тутар институт суо5унан уонна тус сахалыы эйгэни чэлгитэргэ, сахалыы уерэхтээЬин урдук уерэх чэрчитинэн оло5у кытта биир ситими була илигин учуоттаан, тыа сиригэр олохтоох - тыа сириттэн теруттээх уерэ5э суох да5аны буоллаллар норуот бэйэтэ талаЬар дьонун кыа5ын туЬанар ордук буолуох этэ дии саныыбын. Ессе толкуй киирдэ5инэ санаабын салгыам... Илии баттыырга бэйэм себулэцмин биэрэбин. o "боростуой" дьоннор биьиги ити кэпсиир кэнгэриэскит - RchimN 08.03.2011 (03:03) (94.245.156.33) баарын да билбэт. чахчы. биллэн турар Аьа5ас буолуохтаах. Интернет, Хаьыат, телевидение сырдатыахтаах! Председатель ду туох тойон ду ити тэрээьиннэ ким этэй то5о хонторуоллаабат информация тар5аныытын, дьаабы ди. Былыргы алаас дьонун курдук бала5аммыт иьин эрэ дьаьана олордохпут ити. Система наада. Куннээ5иннэн буолбака программа, план оностуу. + Кунду биир дойдулаахпыт! - А.Гаврильева pager 08.03.2011 (04:17) (88.82.181.21) Эн боростуой киЬи буолбатаххын! Эн саха киЬитэ5ин! Эн саха буолларыц быЬыытынан улэлэЬэр толору бырааптааххын. Бары билэр куустээх полтикпыт Зоя Афанасьевна Корнилова политика5а 50 сааЬыгар кэлбит киЬи. Онон сааскыттан тутулуга суох, ханна да5аны олороргуттан куемчулэниитэ суох, ким да5аны буоларгыттан туоратыллыыта суох бу эйгэ сайдарыгар санаа5ын ууран улэлэс. Кытаатыц! # Саха омук кэскилин туьугар маннык санаалар бааллар. - алекс_сан Ссылка на блог 08.03.2011 (18:10) (94.245.184.134) Саха омук Конгреьа Саха омук уунэр сана кэмнэ бигэ ейдеех-санаалаах, бигэ туруктаах буоларыгар анаан Саха омук Конгреьын тэрийэр. Конгресс сурун сыала-соруга саха омук утумэн уйэлэргэ илдьэ кэлбит терут тылын, сиэрин-майгытын, сиэрин-туомун, итэ5элин, олох олоруу онкулларын сергутуу, сайыннарыы, кэлэр келуенэ5э утумнааьын. Саха омук инники сайдыытын туьугар ейунэн-санаатынан улэлиир ба5алаах дьон улуустартан иккилии киьи уонна биирдиилээн улэлиир ба5алаах дьоннортон талыллар. Конгреска талыллар дьон ханнык да партия, атын омук идиологиятын хайысхатын тутуспаттар. Конгресс Суруннуур субэни, Суруннуур Субэ салайааччытын, Комиссиялары 3-с сыллаах болдьоххо талар. Конгресс Суруннуур субэтигэр улэлиир дьон Конгресс сурун сыалын-соругун олоххо киллэрэр санаанан салайтараллар. Комиссиялар: 1. Терут тыл, ей-санаа эйгэтэ: - Саха омук сайдар сурун тосхолун (стратегиятын) олоххо киллэрэр комиссия. - Уерэх уонна наука эйгэлэригэр терут тылы, ейу-санааны сайыннарар комиссия. - Саха омук терут култууратын, духуобунаьын уонна итэ5элин сайыннарар комиссия. - Ыччаты уонна ыччат тэрилтэлэрин кытта улэ. 2. Экономика эйгэтэ: - Урбаанньыттарын кытта экономика уонна бизнес сайдарыгар улэ ыытар комиссия. - Саха омук Аан дойдутаа5ы фондата. 3. Аан дойдутаа5ы сыьыан уонна Киьи быраабын эйгэтэ: - Аан дойдутаа5ы сыьыан уонна Киьи быраабын комиссията. - Тас сахалар - регионнары, дойдулары кытта улэлэьэр комиссия. - Атын омуктары кытта улэлэьэр комиссия. Салгыы корун: http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=1573517&f=149
Views: 1819 |
Added by: uhhan2
Ааҕыылар
Баар бары (online): 73
Ыалдьыттар (гостей): 73
Кыттааччылар (пользователей): 0