Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Муус устар » 14 » Айхалтан көстүбүт көтөҕөр кыраантан Санкт-Петербург учуонайдара цезий-137, стронций-90, кобальт-60, америций-241, сурьма-125, плутоний-239 к
Айхалтан көстүбүт көтөҕөр кыраантан Санкт-Петербург учуонайдара цезий-137, стронций-90, кобальт-60, америций-241, сурьма-125, плутоний-239 к
12:11
Бүлүү өрүс саҥата суох ытыыр…
13.04.2011 12:25 | Автор: КЫЫМ |
825152594Саха сирин биир маанылаах өрүһэ Бүлүү барахсан соторутааҥҥа диэри туох да кыһалҕата суох халаанныыр кэмигэр халааннаан, тоҥор кэмигэр тоҥон, дьэҥкир, ыраас уутунан дьонун-сэргэтин утахтаан, көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн, аһатан-сиэтэн, иитэн-харайан баччааҥҥа диэри тиийэн кэлбитэ. Ону баара, модун күүстээх ГЭС тутуллубута олохтоох омуктарга олус ыар содулламмыта. Уруккута ньир бааччы үлэлии-хамсыы, үөрэ-көтө олорбут дьонноох-сэргэлээх Садын оройуонун сирэ-уота киһи бэйэтэ «айан» оҥорбут муоратыгар тимирбитэ. Саха сирин маанылаах, кэрэттэн кэрэ айылҕалаах, кэмэ суох бултаах-алтаах дойдута – Туой Хайа – эмиэ сир үрдүттэн  симэлийбитэ.
Бүлүү муората үөскүөн иннинэ үүнэн чэлгийэн турбут 70 мөлүйүөн кубометр маһа ууга тимирбитэ уонна, сотору сытыйан, дьааттаах фенолунан тунуйбута. Уйан дууһалаах үтүөкэннээх бэйиэт С.Дадаскинов «Күнүс – күн, түлэй түүн – ый суохтуур» диэн хоһоонугар суруйбута:

Бу манна Туой Хайа баара диэн

Күнүс – күн, түлэй түүн –

ый суохтуур...

Ханнатын билбэккэ сүтэрэн

Оргууйдук усталлар суһумнуу.

Садын оройуонун урукку олохтоохторо итинтэн сиэттэрэн ыар дьылҕаламмыттарын туһунан элбэх кинигэ сурулунна, хоһоон айылынна. Дьон барахсан төрөөбүт-үөскээбит сириттэн көһөрүллэн, сир-дойду устун бытанан кэрэгэй дьылҕаламмыта. Кэлин санаан көрдөххө, модун күүстээх ГЭС  тутан дьон олоҕун тупсараары, уйгуну-быйаҥы аҕалаары, бүтүн Бүлүү өрүс тулалыыр айылҕатын, Садын оройуонун сирин-уотун, олохтоохтору, кэрэ бэйэлээх Туой Хайаны элэктэриичэстибэ ылар иһин толук биэрбиппит тэҥэ буолан тахсар. Били, Ойуунускай Улуу Кудаҥсата обургу Орто дойду дьонугар уйгуну-быйаҥы түһэрэн ылаары, Үөһээ халлаан абааһылара - Тоҥ Суоруннары кытары уруурҕаһан күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыһын толук биэрбитин, онтон дьоно-сэргэтэ абааһылар ыар тыыннарын уйбакка эстибиттэрин, ыарыы-сүтүү тарҕаммытын санаан кэлэҕин. Бу, Улуу Кудаҥса баайа-дуола баранан,  күүһэ-уоҕа эстэн, буорайан күтэр аһылыктанарга тиийэн өлбүтүн санаппат дуо!?

Бүлүүгэ ГЭС тутуута олохтоох дьон олоҕор-дьаһаҕар, тулалыыр эйгэҕэ охсуута аҕыйыырын туһугар эрдэттэн үлэ барбыта буоллар ньии! Саатар, муора түгэҕэр тимириэхтээх маһа-ото ыраастаммыта буоллар, ити этиллибит алдьархай кээмэйэ арыыйда кыра буолуох этэ диэн санаа үөскүүр. Харысхаллаах сыһыан суоҕуттан Ийэ айылҕа бырамыысыланнас балысханнык сайдыытын кытта тэҥҥэ алдьанар-кээһэнэр, айгырыыр, дьүдьэйэр хомолтолоох холобурун көрөбүт.

Бүлүү Эбэ барахсан иэдээнэ итинэн бүппэтэҕэ. Ааспыт үйэ ортотуттан киһи аймах уйулҕатын хамсаппыт, иҥсэтин көбүппүт алмаас таас манна көстүбүтэ. Мэлдьи буоларын курдук,  үөһэттэн ыгыы, ыксатыы доҕуһуоллаах «күн тааһын» хостооһун саҕаламмыта. Бүлүү диэн улуу өрүс, маанылаах кыыһа  Марха баарын, уулара ыраас, чэбдик буолуохтааҕын, тулалыыр күөх тыаларын, сүүһүнэн тыһыынча олохтоох дьон доруобуйатын «умнан» туран, «Дойдуга — алмааһы!» диэн дорҕоонноох луоһуну өрө туппуттара. Атахтарын анныгар баары барытын алдьатан, үлтү үктээн, дэлби тэпсэн «Якуталмаз» ПНО диэн бырамыысыланнас модун индустрията иннин диэки алдьатыылаах айаныгар туруммута. Алмааһы хостооһун, сир аннынааҕы «эйэлээх» ядернай дэлби тэптэриилэр тустарынан информация барыта «чып» кистэлэҥ этэ. «Дьол тааһын» кэтэх өттүн дириҥ иэдээнин, киэҥ алдьархайын туһунан боростуой норуот 15-25 сыл ааспытын эрэ кэннэ истибитэ. Иван Бурцев  «Туруулаһыы» диэн дьоһуннаах кинигэтигэр сурулларынан, Бүлүү муоратыгар тыыннаахтыы тимирбит 80 мөлүйүөн кубометр мас сытыйан-ымыйан, «Мир» туруупкаттан 70 мөлүйүөн кубометр сүһүрдэр дьоҕурдаах миньэрээллээх уу, Мииринэй, Айхал, Удачнай уонна онтон да атын улахан бөһүөлэктэр туттубут кирдээх уулара ыраастамматаҕа. Ол барыта Бүлүү үйэлэр тухары үрүҥ тыын өллөйө буолбут өлбөт мэҥэ уутун дьүдьэппитэ,  састаабын уларыппыта, киһи иһэригэр, балык ууһууругар дьүөрэтэ суох оҥорбута.  Бүлүү сүнньүн 2 тыһыынчаттан тахса олохтооҕун доруобуйата айгыраабытын биолог, эмчит учуонайдар дакаастаабыттара. Ордук ас буһарар уорганнара мөлтөөһүнэ, хаан баттааһына, бронхиальнай астма, араак ыарыы дэлэйдик тарҕаммытын арыйбыттара. Ону таһынан дьон ыарыыны утарар иммунитеттара намтаабыта бэлиэтэммитэ. Ити сүүрбэччэ сыллааҕыта чинчийии түмүгэр быһаарыллыбыт эбит да, кэлин  хаттаан чинчийии, кэтээн көрүү ыытыллыбатах.

Саха сирин сүрүн баайын – алмааһы — түргэнник уонна барыстаахтык хостоон ылар ухханыгар олус элбэх алҕас таҕыста. Бүгүҥҥү нэһилиэнньэ уонна кэлэр көлүөнэ иннигэр буруйу оҥорууга тэҥнээх дьалаҕай уонна баламат туттуу барбыт. Ол туһунан саахалламмыт «Кристалл» уонна «Кратон-3» сир аннынааҕы «эйэлээх» сыалга анаммыт ядернай эһиилэр уодаһыннаах содулларын туһунан соторутааҕыта тахсыбыт «Туруулаһыы» кинигэҕэ дьиҥнээх официальнай докумуоннарга олоҕуран суруллар. Балар тустарынан биһиги урут истибит-билбит курдук этибит да, дьиҥ иһин иҥэн-тоҥон билбэт эбиппит. 1974 уонна 1978 сыллардаах ядернай саахаллар атомщиктар дьалаҕайдарыттан буолбута ырылыччы сурулла сылдьар. Холобур, «Кратон-3» эһии бырайыагы толоостук кэһииттэн: былааннаммыт сириттэн 50 км Марха үөһээ тардыытыгар, олох атын геологическай, тектоническай, гидрогеологическай усулуобуйаҕа эһии түмүгэр саахалламмыт. Киһи сөҕөрө уонна кэлэйэрэ диэн, бу иэдээни дьонтон кистээбиттэр, эрдэ сэрэппэтэхтэр, ол аата харыстаабатахтар. Ону 15-25 сыл ааспытын эрэ кэннэ хорсун суруналыыстар, тулалыыр эйгэ эрэллээх дьоно —  экологтар уонна оччотооҕу дьокутааттар бар дьон истиитигэр таһаарбыттар, бүөлэммит кулгаахпытын, харахпытын аһа сатаабыттар. Мин бу сурукпар итини барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ суруйар соругум суох. Барыта «Туруулаһыы» кинигэҕэ сурулла сылдьар. Бу саахаллар алдьархайдара киэҥин, иэдээнэ дириҥин, эһиини салайбыт тойоттор, ыйыыны толорбут көкөттөр эппиэтинэстэрэ суоҕун, дьалаҕайдарын сөҕөн, кэлэйэн  кинигэ ааптара сөпкө суруйар. Итилэртэн биир түгэни да ылан көрөр буоллахха, анал үөрэҕэ да суох киһи өйдүүр, дьулайар суола баар: саахал тахсаатын кытта суһаллык «тыас хомунаат», итиннэ 3 төгүрүк сыл эрэ буолан баран эргиллибиттэр. Бу тухары нэһилиэнньэ билбэт. 3 сыл устата суох кэмнэригэр Айхалтан, Удачнайтан кэлэн 7 дьиэни, 6 уматык цистернаны, көтөҕөр кырааны, кэмэ суох элбэх араас кабелы уоран барбыттар. Ону таһынан ГТТ вездеход, ГАЗ-66 массыына ханна тиксибиттэрэ биллибэт. Бу барыта хонтуруол, эппиэтинэс суоҕуттан (кэлин И.С.Бурцев ыыппыт эспэдииссийэтэ уорбут дьиэлэрин уонна көтөҕөр кырааны Айхалтан булбут); Айхалтан көстүбүт көтөҕөр кыраантан Санкт-Петербург учуонайдара цезий-137, стронций-90, кобальт-60, америций-241, сурьма-125, плутоний-239 курдук уодаһыннаах изотоптары булан ылбыттар (25 сыл ааспытын үрдүнэн!); 3 сыл буолан баран, саахал сиригэр кэлэн уоруллубатах, өссө да туттуохпут диэбит, оборудованиеларын миэстэтигэр сэлээркэнэн сууйбуттар, салгыы Марха тумус кумаҕар киллэрэн радиациялаах кирдэрин сууйбуттар. Өрүс алын кытылларыгар эбэттэн аһаан-таҥнан олорор дьон баар диэн дьөрү кыһаллыбаттар эбит. Эппиппит курдук, бу барыта чып кистэлэҥҥэ тутуллубута, нэһилиэнньэни сэрэппэтэхтэрэ. Дьэ, сүрдээх буолбаат!

Саха сиригэр мөлүйүөнүнэн сылларга мунньуллубут сир баайа дьон-норуот кэскилигэр аналлааҕа мөккүөрэ суох. Ол гынан баран манна халбаҥнаабат биир ирдэбил баар буолуохтаах – Ийэ айылҕа, тулалыыр эйгэ барыта, олохтоох омук олоҕо-дьаһаҕа, доруобуйата, быһыыта-майгыта мантан сылтаан айгыраабатын хааччыйыы. Ити суох буолан кыһыл көмүс, «дьол тааһа» — алмаас кэтэх (күлүк) өттө   өлбөөркөй, өссө нөҥүө түһэн эттэххэ, кэрэгэй диэн санааҕа аҕалар.

Саха сиригэр айылҕаны харыстыыр аналлаах министиэристибэ, ону таһынан Прикладной  экология института диэн бааллар. Көмүс, алмаас көстүөҕүттэн төһөлөөх сир-дойду алдьанна? Тулалыыр эйгэни көмүскүүр-харыстыыр аналлаах ити ааттаммыт судаарыстыбаннай тэрилтэлэр салайааччыларын, испэсэлиистэрин дьоһуннаах, үүттээх-ааннаах (анал үөрэхтээх дьон быһыытынан) кытаанах тыллара-өстөрө иһиллибэт. Сураҕын иһиттэххэ, уопсастыбаннай экологтар көмөлөрүнэн Ньурба улууһун оскуолаларыгар тулалыыр эйгэни харыстыыр аналлаах дьарыктар баар буолуох курдуктар үһү. Ити бастакы кыым буолуох этэ. Бэрэсидьиэн Е.А. Борисов Анал суругар айылҕа харыстабылыгар эмиэ болҕомто ууруллубутун билэбит. Ити эмиэ эрэли саҕар. Биир тылынан эттэххэ, Саха сирин уйан айылҕата баар дуу, суох дуу буолар дьылҕата ыйааһын бэскитигэр уурулунна курдук.

Федор Федоров,

СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Views: 1573 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 92
Ыалдьыттар (гостей): 92
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024