Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Муус устар » 29 » Сылын аайы 400-тэн тахса киһи күн сириттэн бэйэтин баҕатынан күрэнэрэ – бүтүн биир обургу бөһүөлэк эстибитигэр тэҥнээх буолан тахсар.
Сылын аайы 400-тэн тахса киһи күн сириттэн бэйэтин баҕатынан күрэнэрэ – бүтүн биир обургу бөһүөлэк эстибитигэр тэҥнээх буолан тахсар.
10:13
Бэйэҕэ тиийинии, саха буоларбыт «буруйбут», о.д.а. туһунан

Егор НИКОЛАЕВ
Муус устар 26 к. Оҕо бибилэтиэкэтигэр СӨ-гэр оҕо быраабыгар Боломуочуйалаах Анна Соловьева пресс-кэмпириэнсийэтэ буолан ааспыта. Тус бэйэм үлэбинэн интэриэстээх да буолан, ааҕааччыларбытыгар да туһалаах буолаарай диэн баран иһиттим.

Аҕыйах суруналыыс баар да буоллар, хайдах эрэ саба түһүүлээх ыйытыылардаах кэккэ табаарыстар бааллара көрсүһүүнү «сэргэхситтэ». Саатар, ааттарын-суолларын эппэтилэр. А. Соловьева отчуот-дакылаатыгар оҕо быраабыгар сыһыаннаах элбэх сыыппара киирбититтэн уонна биллэр учуонай, социолог Ульяна Винокурова «Ыччаты бэйэҕэ тиийинииттэн сэрэтии» (2009) кинигэтиттэн сиэттэрэн, бэйэҕэ тиийинии кэлиҥҥи дааннайдарын ыйыталаһааччы буолан тигээйи уйатын тоҕо тартым.

У. Винокурова кинигэтигэр маннык сыыппаралар бааллар:

2003 сыллаахха Арассыыйа үрдүнэн 96 оҕо, 2004 с. – 152 оҕо бэйэлэригэр тиийиммиттэр. Оттон Саха сиригэр 2003 с. – 37 оҕо. Ол аата Арассыыйаҕа тахсыбыт хас биирдии үһүс бэйэҕэ тиийинии биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр буолбут. 2004, 2005 сылларга – 36-лыы.

Саха сиригэр 2007 с. 459 киһи бэйэтигэр тиийинэн өлбүт, ол иһигэр 392 эр киһи, 67 дьахтар. 2006 с. – 443 (355 эр киһи, 88 дьахтар), 2005 с. – 459 (391 эр киһи, 68 дьахтар), 2004 с. – 469 (390 эр киһи, 79 дьахтар), 2003 с. – 463 (390 эр киһи, 73 дьахтар), 2002 с. – 471 (387 эр киһи, 84 дьахтар). Кэлиҥҥи дааннайдарынан (А. Соловьева иһитиннэрбитинэн) Саха сиригэр 2009 с. 45 оҕо бэйэтигэр тиийиммит, 2010 с. СӨ үөрэх министиэристибэтин дааннайынан 30 оҕо, оттон СӨ борокуратууратын сыыппаратынан 37 оҕо бэйэтигэр тиийиммит. Маннык араастаһыы оҕо оскуолаҕа үөрэммэккэ ускул-тэскил сылдьыбыт эбэтэр атын төрүөтүнэн быһаарыллыан сөп. Ульяна Алексеевна быһаарарынан, ордук кэбэҕэстик тыа сиригэр олорор 16-18 саастаах уолаттар бэйэҕэ тиийинэллэр эбит. Ордук хотугу улуустарга тахсар.

Сылын аайы 400-тэн тахса киһи күн сириттэн бэйэтин баҕатынан күрэнэрэ – бүтүн биир обургу бөһүөлэк эстибитигэр тэҥнээх буолан тахсар. Бүтүн биир кылаас суох буолан хаалар. Санаан көрдөххө, эчи ынырыгын.

Пресс-кэмпириэнсийэҕэ оҕолор бэйэҕэ тиийинэр биир төрүөттэрэ кэлиҥҥи сылларга КГЭ-ттэн (ЕГЭ) сылтаан тахсар диэн уоттаах-күөстээх тыллар этилиннилэр. Истэн олордоххо киһи өйүгэр батан киирбэт – эксээмэн туһуттан. Оҕо сылдьан оччолоох эксээмэни, тургутугу, ол-бу ГТО-ну, «Зарницаны», хаамыылары, о.д.а. барытын аастахпыт. Ким да онтон стресстээн бэйэҕэ тиийиммитин биир бэйэм өйдөөбөппүн. Арай оччотооҕуттан биир улахан ураты баар – биһиги бука бары оскуолаҕа отой солото суох этибит. Күн аайы араас тэрээһин буолара, куруһуоктар толору үлэлииллэрэ, нууччалыы эттэххэ – «занимайся – не хочу». Онуоха кытаанах хонтуруол баара, ирдэбил идэмэрдээҕэ этэ. Биир да үөрэнээччи сыыска хаалбакка дьарыгынан, секциянан хабыллара. Оттон эксээмэн төһө да КГЭ буолбатаҕын иһин, син биир стресстээх этэ. Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Дьокуускай куорат 9 №-дээх оскуолатыгар «Быраап мин олохпор» диэн икки сыллаах элективнэй кууруһу ааспыт оҕолор кэлэн олороллоро. КГЭ-ттэн бэйэҕэ тиийинэллэр диэҥҥэ: «Ол аанньа үөрэммэккэ, дьарыктаммакка сылдьан баран эксээмэн стреһин уйбатах оҕолор быстах быһыыланаллара буолуо», -- диэн эмиэ оруннаах санааны эттилэр.

Кырдьык, сүтүктээх сүүс аньыылаах. Бэйэҕэ тиийинии төрдө-төбөтө, силиһэ дириҥ. Биир түгэнтэн да обургу оҕо быһымах санааҕа киириэн, эбэтэр хас эмэ сылы супту мунньуллубут муунтуйуутун таһааран кэбиһиэн эмиэ сөп.

Бэйэҕэ тиийинии билиҥҥи уопсастыбаҕа буола турар быһыы-майгы биир саамай ынырык уонна содуллаах хартыынатын дьэҥкэтик көрдөрөр. Ол – соҕотохсуйуу. «Киһи бу орто дойдуга соҕотох кэлэр уонна соҕотох барар» диэн оннооҕор поэзияҕа, ырыаҕа-тойукка даҕаны бигэтик олохсуйбут өй-санаа этиитэ көстөр. Ити сыыппаралары да ылан көрдөххө, тыа сиригэр, дэриэбинэҕэ бэрт бүччүмнүк олорбут эр киһи, дьэ, тоҕо биир үтүө күн бэйэҕэ тиийинэрий? Оннук түбэлтэ элбэх ээ. Биир дойдулаахтара, ыаллыы олорооччулара соһуйан эрэ хаалааччылар. Тус бэйэм оннук холобурдары элбэҕи билэбин. Ону ырыҥалаан көрдөххө, бэйэҕэ тиийинии сороҕор удьуордуур, утумнуур курдук буолар эбит. Былыргы өбүгэлэригэр оннук түбэлтэ тахсыбыт буоллаҕына утах ханна чарааһый, синньигэһий, онно тиийэн хатыланар уонна быстар буолар эбит. Биллэн турар, бэйэҕэ тиийинэр түбэлтэни барытын оннук диир сатаммат. Эр киһи дьахтардааҕар аныгы үйэ түргэн тэтимин уйбат, сатаан ситэн сөп түбэһэн испэт буолла диэн этэллэрэ эмиэ манна сыһыаннаах буолуон сөп. Төһө да истэргэ олуонатын иһин, инньэ диирбитигэр тиийэбит.

Пресс-кэмпириэнсийэҕэ ыйытааччылар «оскуола буруйдаах, учууталлар ситэ көрбөтөхтөр, тустаах чунуобунньуктар дьаһаллара суох» диэн биир кэм кирдиэлэтэн олордулар. Кырдьык, оҕо быраабынан, араас кыһалҕатынан быһаччы дьарыктанар, онно боломуочуйалаах 17 биэдэмистибэ (тэрилтэ) баар эбит. Балар бары туох бэйэлээҕи гыналлар диэн эмиэ буруйдааҕы булар уххаҥҥа оҕустардаххына эппиэккин буларыҥ уустук буолара чуолкай. СМИ да, үөрэх тэрилтэлэрэ да, министиэристибэ да, уйулҕа үлэһиттэрэ да тустаах үлэлэрин дьоһуннаахтык, чиэһинэйдик толоро сылдьабыт диэн эппиэттии олоруохпут. Ууну таһыйан баҕаны эрэ куттуоҥ.

А. Соловьева эппитинэн, кэлиҥҥи сылларга төрөппүт көрбөт-истибэт, харайбат оҕотун ахсаана элбии турар. Ол – араас төрүөтүнэн бырааптара быһыллар, оҕолор төгүрүк тулаайах хаалаллар. Тыа сиригэр оҕо барыта учуокка туран син көрүү-истии баар эбит буоллаҕына, Дьокуускайбытыгар турук соччото суох. Кыһыннары-сайыннары «дядя, дай десять рублей» диэн умналыы сылдьааччы, кип-кирдээх таҥастаах, сыыҥтарын өрө сыҥпыт оторой-моторой уолаттар сылдьалларын элбэхтик көрбүт буолуохтааххыт. «Ээ, ити оҕолор бары ийэлээхтэр, аҕалаахтар ээ!» дэһиэхпит. Кырдьык, билигин отой төгүрүк тулаайах оҕо диэн суоҕун кэриэтэ. Ол оннугар «тыыннаах тулаайахтар» элбээтэр элбээн иһэллэр. Ол да иһин буолуо, А. Соловьева көмөлөһөөччүтэ, референт Нь. Иванова «төрөппүт эппиэтинэһэ уонна уопсастыба эппиэтинэһэ үрдүөхтээх» диэн санааны эттэҕэ.

Төрөппүт уонна өссө төгүл төрөппүт. Кини оҕотун иитиэхтээх, аһатыахтаах, таҥыннарыахтаах, үөрэтиэхтээх. Дьиэ холумтаныттан өйө-санаата иитиллэн тахсыбыт оҕону хайа да бэйэлээх дьыссаат, оскуола көннөрбөт, уларыппат. Арай судаарыстыба онуоха сөптөөх усулуобуйа олохтуохтаах диэн туран, Дьокуускайбытыгар оҕолорбут оскуолаҕа да кыайан киирбэт турукка тиийбиттэрин таарыйдыбыт. Күн-түүн ол-бу «ЦУМ»-нар, килэйбит-халайбыт биэдэмистибэлэр дьиэлэрэ дьэндэйэн «баар буолан хаалбытын» көрө-көрө систиэмэбит иһиттэн ыдьырыччы сытыйбыт эбит диэн түмүккэ кэлэҕин. «СТС», «ТНТ» ханаалларыгар, биллэрии хаһыаттарыгар «дьыссаакка миэстэ атыылыыбыт» диэн сотору-сотору тахсар, оттон мээрийэҕэ төрөппүт халыҥ уочарата субуллар, уонтан тахса тыһыынча оҕо дьыссаата суох дьиэҕэ хааллан олорор. Кырдьык, хоруупсуйа муҥутаан турар кэмигэр олорорбутун өссө төгүл итэҕэйэбин.

Оскуолаҕа биир оннук. Саха буолан төрөөбүт «буруйдаахтар» биһиги буолан эрэбит быһыылаах. Саатар Анна Соловьева пресс-кэмпириэнсийэтигэр «Оҕо быраабын Конвенциятыгар эрэ төрөөбүт тылынан үөрэтии ыйылла сылдьар» диэбитин тус бэйэм өйдөөбөтүм. Оттон Төрүт Сокуоммут, үөрэх туһунан сокуоннарбыт?

Дьыссаат, сахалыы оскуола кыһалҕата быһаарыллан биэрбэт биир төрүөтэ салалта өйүгэр-санаатыгар киллэрэ илигиттэн буолуон сөп. Ол эрээри сырыы аайы «сүүрбэ сыл иһигэр биир да дьыссаат тутуллубатаҕа» диэн былыр үйэҕэ умнуллубут урукку салалта үлэтэ мөлтөҕөр сигэнии хал буолла. Демократия төһө да бигэтик сайда турар диэтэрбит, аллараа салалтаҕа үөһэ салалта сахалыы үөрэтэр, сахалыы оскуола наадатын туһунан «установка» биэрэ илигинэ ким да отой хамсыа суоҕа. Чунуобунньуктар үлэлиир бириинсиптэрин билбэккэ дылы. Норуот, төрөппүт илии баттааһыннаах суруга туох да суолтата суох. Кинилэргэ бирикээс, инструкция, дьаһал, ыйаах наада. Ол хаһан тахсарын бары күргүөмүнэн кэтэһиэҕиҥ эрэ, доҕоттоор…

(Кыым.ру - 28.04.11)
Views: 1663 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 71
Ыалдьыттар (гостей): 71
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024