Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Ыам ыйа » 6 » Сэмэнтэн Сэмэҥҥэ (Доҕордуу эппигирээммэ — отойдуу өһүргэнээммэ). Н. Харлампьева, СР народнай поэта-«Сахабыт тылын баайын, кыаҕын бигэргэтэр
Сэмэнтэн Сэмэҥҥэ (Доҕордуу эппигирээммэ — отойдуу өһүргэнээммэ). Н. Харлампьева, СР народнай поэта-«Сахабыт тылын баайын, кыаҕын бигэргэтэр
23:05

«Сахабыт тылын баайын, кыаҕын бигэргэтэр айымньы» дуо?
эбэтэр «Айбыт таҥара көрөн турдаҕа...»


Өйүм түмүлүннэҕинэ,
Өр буола-буола,
Өһөхтөөх олоҕу
Өһүргэтэр үгэстээх этим.
Алампа


Эрэдээксийэҕэ поэт, тылбаасчыт, кириитик Василий Сивцев суруйбут ыстатыйата баар. Бэчээттэнэ илик. Киирбит барыта тахсар диэн буолбат — уһатар-кэҥэтэр, сыыйар да төрүөт балай эмэ көстөөччү.
Дьэ, ол ыстатыйаҕа АЛРОСА компания уонна Россия Суруйааччыларын сойууһа олохтообут бириэмийэлэрин Сэмэн Тумакка биэрбиттэрин ыйан туран, маннык этиллэр: «Омар Хайям курдук аан дойду биир чулуу поэтын рубаиларын ис хоһоонун кэпсээнинэн тылбаастаан подстрочнигын оҥорбутугар бириэмийэ анаппыттар. Маннааҕы издательство бастыҥ кумааҕытын, уруһуйун харыстаабакка киэргэппитин көрбүтүм уонна соһуйбутум. Урукку өттүгэр П.А. Ойуунускай да кинигэлэрэ итинник сиэдэрэйдик оҥоһуллубатахтара.
Дьиҥинэн, эмиэ диэн эттэххэ, литературабыт хорруупсуйа дьэбинигэр хам ылларбыта олох аһаҕастык, аан дойду «быыстапкатыгар» таҕыста».


Тус бэйэм Сэмэн Тумат тылбааһын эрдэ хаһыаттарга көрүтэлээн аһарбытым. Үрдүнэн сүүрдэн. Онтон Василий Сивцев санаатын билсэн баран, кинигэни анаан-минээн булан көрдүм. Аахтым диэбэппин, ама киһи тулуйбат-тэһийбэт үлүгэрэ.
Арыйбыппыттан да кэмсинэбин — кэлэйии оччо улахан.

Онтон аны саха народнай поэта, Вильям Шекспир сонеттарын, грузиннар Шота Руставелиларын «Тиигир таҥастаах бухатыырын», чуваштар Константин Ивановтарын «Нарспи» поэматын, о.д.а. айымньылары, чахчы, холобур буолардыы уу сахалыы лыҥкынаппыт улахан тылбаасчыт Сэмэн Руфов «өһүргэнээммэтэ» киирбитин аахтым уонна бу суруйабын — саҥарбакка хаалар сатаныа суох.
Тоҕо диэтэххэ, бу «сахабыт тылын баайын, кыаҕын бигэргэтэр айымньыттан» уус-уран тылбытын, өйбүтүн-санаабытын кэҕиннэрии, төнүннэрии ыар тыына аргыйарга дылы...

Хомойуохпут быатыгар, Сэмэн Тиитэбис эпиграф быһыытынан аҕалбыт холобура суос-соҕотох буолбатах. Бу мантан аллара, итэҕэтиилээх буоллун диэн, мин биэрэрим да «кыҥыы-кыҥыы» таһаарыллыбыт «кырадаһыннар» буолбатахтар — сыччах, арыйталаан көрүүгэ эрэ көстүбүт холобурдар, хараҕы аалаллара оччо. Мэктиэтигэр, Василий Тарасович «кэпсээнинэн тылбаас подстрочнига» диэбитэ хайҕал курдук өйдөнөр — Тумат рубаилар ис хоһооннорун ол курдук түҥ-таҥ биэртэлиир. Оттон рубаи форматын туһунан кэпсэтэр да табыллыбат курдук. Ол курдук, эрдэттэн хайыҥ охсунан, таһаарааччылар «нууччалыыттан көҥүл тылбаас» диэн быһаарбыттар.
 Инньэ диэн саарыахха сөп да, «көҥүл» диэн «бас баттах» диэн буолбатах.

Өйдөнүмтүө буоллун диэн маннык тэгилитэн быһаарыым. Биһиги чороон диэн сиэргэ-туомҥа туттуллар ытык иһиттээхпит. Онтубут үйэлэр усталарыгар олоҕурбут, чочуллубут чопчу көрүҥнээх, киэптээх, ойуулаах. Билигин муостан, таастан, туойтан чороону оҥороллор, ону киэбэ-көрүҥэ тутуһуллубутун быһыытынан соччо сүөргүлээбэккэ ылынабыт, төһө да дьиҥнээх чороон айыы маһыттан — хатыҥтан эрэ — оҥоһуллубут буолуохтааҕын үрдүнэн. Оттон, арай, кытайдар диэххэ, туох эрэ ваза дуу, туох дуу курдугу туойтан лабайдаан баран, «чороон» диэн ааттаан үҥүлүтэ сатаатыннар? Төһө ылыныа этибитий? Мин санаабар, өссө өһүргэниэ этибит. Сол курдук, рубаи эмиэ үйэлэргэ чочуллубут халбаҥнаабат киэптээх хоһоон.
 Онон ол киэп тутуһуллар эрэ буоллаҕына тылбааһы «рубаи» диэххэ сөп. Атын түбэлтэтигэр, чахчы, «ис хоһоонун кэпсээнинэн тылбаас» дэнэрэ дуу.

Ону баардылаабатахтар — биир «тылбаастаатым» диэбит, атыттар «тылбаастаабыт» диэбиттэр уонна таһаарбыттар. Эбиитин Омар Хайямы «араб өркөн өйдөөҕө» оҥорон кэбиспиттэр. Хата, Таҥара көмөтүнэн иранныы (перс, фарси) тыллаах омуктартан уонна Орто Азияттан тэйиччи олоробут. Атына буоллар, ол дьон булгуччу өрөһөлөнөн туруохтара хаалбыт — биһиги Өксөкүлээхпитин «монгол» дуу, «нуучча» дуу оҥорон кэбистэхтэринэ сөбүлүөхпүт дуо? ХI үйэҕэ олорон ааспыт улуу поэт Омар Хайям, төһө да халифат сабардыы сылдьыбыт сиригэр-уотугар төрөөбүтүн уонна төһө да арабтыы эмиэ суруйбутун-айбытын иһин, аан дойдуга перс-таджик өркөн өйдөөҕүн быһыытынан биллэр.
Чэ, онон чопчу холобурдары ааҕыаҕыҥ. Хараардыылары бэйэм оҥортоотум, ордук сатаҕай, толоос түгэннэр диэбиппин.

* * *
Хайям, наполни чашу, пьяней и веселись!
Подруги лик тюльпанов алее — веселись;
Тебя не будет скоро? Так ты реши сейчас,
Что нет тебя, и действуй смелее — веселись.

Хайям, чааскыгын толорун, чэпчээ, үөр-көт!
Хайҕаллаах дьахтарыҥ имэ тэтэрэр — үөр-көт;
Сотору кимэ да суох буолуоҥ? Билигин санааҕын тиэрт,
Суоҕу да баар курдук санаа уонна дьай — үөр-көт.
(230 стр.)

Көрбүккүт курдук, Омар Хайям биири, Тумат адьас атыны ыйытар! «Тылбаастаммыты» төттөрү тылбаастаатахха, «скоро ты останешься без никого?» диэн буолар.  Аны туран, Тумат Омар Хайяма арыгыны адьас «чааскынан» киллиргэтэр эбит — «чаша» уонна «чашка» диэннэр букатын тус-туһунаннар ээ. Муҥар, «иһит» да диэххэ баара.

Итиннэ даҕатан эттэххэ, Тумат талбыт рубаиларынан Омар Хайям аҥаардастыы арыгыны, көрү-нары, дьаал барыыны арбаабыт-хоһуйбут поэт быһыытынан өйдөнөр. Оттон баара эрэ 12-тэн саҕалаан инньэ 1500 курдук рубаины айбыт диэн таабырынныыр улуу поэттарын сүдү талаанын күлүмүрдэс кырыыта, ама, ол эрэ буолуо дуо?! Бука, суох буолуохтаах. Ол да иһин Омар Хайямы өйдөөһүн ким, хайдах ааҕарыттан улахан тутулуктаах дииллэр. Омар Хайям диэн Байҕал оччо баараҕай — этэргэ дылы, ким үөһүгэр, далайыгар киирбит өлбөт мэҥэ уутун да булуо, оттон кытылга чаламааттаммыт күүгэнинэн дуоһуйуо. Ити өттүнэн көрдөххө, «Учууталлар учууталлара» СР бэлиэтин кавалера Н.Г. Павлов тылбааһыттан ааҕааччы иннигэр букатын атын Омар Хайям арыллар — чахчы, өркөн өйдөөх мөссүөнэ. Николай Гаврильевич тылбаастара «Чолбоҥҥо» бэчээттэммиттэрэ, уонна бу тахсыахтаах «Күрүлгэнтэн» эмиэ ааҕыаххытын сөп.

* * *
Рубин огромный солнца засиял
В моём вине: заря! Возьми сандал:
Один кусок — певучей лютней сделай,
Другой — зажги, чтоб мир благоухал.

Иһиттээх арыгыбар сүүнэ улахан рубин
Иримниир-дьиримниир өҥө: саһарҕа!
Сандалы аһыттан-үөлүттэн күндүлэтиҥ,
Санаа чэпчиэ, сүрэх үөрүө, эйгэҕит тупсуоҕа. (31 стр.)


Чахчы итинник. Дьэ, көрүдьүөс! «Сандал» диэн дыргыл сыттаах соҕурууҥҥу мас аата. Онтубут «сандалы» (остуол) буолан хаалбыт дуу, хайа сах? «Көҥүл» тылбаас күүһэ күтүр да буолар эбит! Оттон «лютня» диэн иранныы омуктар кырыымпаҕа майгынныыр оонньуур тэриллэрэ (музыкальнай инструмент) ааттанар. Ол, быһыыта, «аска-үөлгэ» кубулуйбут. Иэдээн.

* * *
Закрой Коран. Свободно оглянись,
И думай сам. Добром — всегда делись.
Зла никогда не помни. А чтоб сердцем
Возвыситься — к упавшему нагнись.

Кораны ааҕан бүт. Көҥүллүк тулаҕын көр-иһит.
Куһаҕаны — сүрэххэр тутума. Ону тута кыйдаан ис.
Кыраттан саҕалаан толкуйдаа. Баайгыттан үллэһин.
Кыырай үрдүккэ таластаххына — охтубуту өрө тардыс. (55 стр.)


Нууччалыы тылбаастан көрдөххө, Омар Хайям Үтүөнү үллэстии туһунан эппит буоллаҕына, Тумат этиитэ адьас атын ис хоһоонноох. Омар Хайям ааҕааччытын сүрэххинэн үрдүүр туһугар сууллубукка төҥкөй, илиигин уун диэн ыҥырбыт. Оттон Тумат кимнээхтиин эрэ кыттыһан «тардыс» диэн улуу филособы «көннөрөн» биэрбит.

* * *
Благовейно чтят везде стихи Корана,
Но как читают их? Не часто и не рьяно,
Тебя ж, сверкающий вдоль края кубка стих,
Читают вечером и днём, и утром рано.

Ханна барытыгар үҥэ-сүктэ Коран хоһоонун ааҕаллар,
Хайдах олору ааҕалларый? Айбыт таҥара көрөн турдаҕа.
Оттон эн, ол хоһоону кырыыҥка бүүрүгэр даҕайа
Обугуйкаан уостарыҥ күнүс, сарсыарда эрдэлээн ааҕаллар. (78 стр.)


Манна аны букатын да «кырыыҥканан киллиргэтии» барбыт. Эбиитин, Омар Хайям бэйэлээтэр бэйэтин хоһоонугар туһулаан эппит буоллаҕына, биһиги киһибит хантан эрэ «обугуйкаан уостардааҕы» элэстэтэн аҕалбыт...

Сити курдук... Бардар бара турар... Үөһэ эппитим курдук, кинигэни арыйбыппыттан кэмсинним. Бу маннык «тылбаас» иһин Россия Улахан литературнай бириэмийэтин биэрэр эбит буоллахтарына, өй-санаа ньүдьүрээбит, сиэр-майгы сатарыйбыт да эбит...

Онно аҥаардастыы Туматы буруйдуур сыыһа да буолуо. Айымньы кинигэ буолан тахсыытын ахтыбакка туран, бириэмийэҕэ түһэрии кэмигэр улахан тургутууну, ырытыыны барбыт буолуохтааҕа өйдөнөр. Ол ирдэнэр даҕаны суол. Бэйэтин биир идэлээхтэрин, биир сойуустаахтарын өттүттэн. Сиэрдээх кириитикэ диэн баар буолуохтааҕа. Онтубут ханна баар?.. Айаҕалыы сатаан, куоталаһа-куоталаһа хайгыыр тылларын истэн уонна ааҕан, киһи бэйэтин сахалыы да билбэппин, нууччалыы да өйдөөбөппүн быһыылаах диэн саныан, уорбалыан сөпкө дылы...

Ама, ким да ааҕыа, ким да болҕойуо, ким да өйдүө суоҕа дииллэрэ буолуо дуо... Ити дьиҥнээх сэнэбил, салалтаны, дьону-сэргэни, саха уус-уран литературатын түһэн биэрии буолбатах дуо? Эбэтэр тугу «тылбаастаабыттарын», бэчээттээбиттэрин, балтараалыы тыһыынча атыылаабыттарын, бириэмийэлээбиттэрин, хайҕаабыттарын, чахчы, өйдөөбөт муҥнара эбитэ дуу...

АРЧЫЛАН.

<

Наталья Харлампьева, СР народнай поэта, Духуобунас академиятын академига, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:


— Бириэмийэ Россия Суруйааччыларын союһун чилиэннэригэр бэриллэр уонна үс таһымнаах – федеральнай, региональнай уонна анал Саха сирин суруйааччыларыгар. Биллэрин курдук, бу бириэмийэ материальнай өттө да ботуччу. Быйылгы бириэмийэлэргэ бэрт дьоһун Россия суруйааччылара тигистилэр. /.../ Оттон биһиги быйылгы лауреаттарбытынан Сэмэн Тумат уонна Сергей Гловюк буоллулар. Семен Андреевич ааспыт сылга улахан үлэтин түмүктээн Омар Хайям рубаиларын сахалыы тылынан күн сирин көрдөрбүтэ.

Дьиҥинэн ыллахха, бу улахан дириҥ суолталаах норуоттар, культуралар икки ардыларын ситимниир үлэ буолар, ону таһынан сахабыт тылын кыаҕын, күүһүн, имигэһин туоһулуур дии саныыбын. /.../ Семен Андреевич Омар Хайям сахалыы тылбааһын Вячеслав Анатольевичка туттарда. Валерий Ганичев Россия атын регионнарыгар Саха сиригэр курдук суруйааччыларга, литератураҕа сыһыан баара буоллар диэн бэлиэтээбитин мин тус бэйэм астына иһиттим. — («Сэмэн Тумат — Россия Улахан Литературнай бириэмийэтин лауреата» // «Саха сирэ», 22.01.2011)

Литература сайдыытыгар тылбаас суолтата олус улахан. Холобура, биһиги сахабыт литературатыгар тылбаас Өксөкүлээҕинэн, Алампанан, Ойуунускайынан саҕаламмыта, Амма Аччыгыйа Толстой «Война и мир» сүдү айымньытын тылбаастаабыта... Дьуон Дьаҥылы Пушкины сахалыы саҥардыбыта... Омар Хайямы тылбаастааһыҥҥа, биллэн турар, дэбигис киһи санаммат. Илиҥҥи дойду поэзията тылбаастыырга олус уустук. Манна, илиҥҥи дойдулар итэҕэллэрин — кораны да, исламы да — билии эрэйиллэр. Биһиги союзпут солбуйааччы председателэ Николай Калитин олус чугастык ылынан, бу кинигэ тахсар суола тобуллубута диэхпин баҕарабын.

Оттон Сэмэн Туматы, кини бу үлэтигэр биир дойдулааҕын, сүгүрүйэр суруйааччытын Дьуон Дьаҥылы суолун тэлэн салгыы барда диэн сыаналыыбын. Дьуон Дьаҥылы аан бастакынан «Евгений Онегины» сахалыы тылбаастаабыта. /.../ Нуучча да, омук да суруйааччыларын тылбаастыыр наада — биһиги бэйэбит сахабыт тылын баайын, кыаҕын, кэрэтин, күүһүн маннык дакаастыахтаахпыт. Тылы уларыта, оҥорон көрөн сахатыта сатыахтааҕар ол ордук дии саныыбын. Республика бэчээтигэр бу тылбаас туһунан элбэх публикация таҕыста. Ол уратыта — Тумат бу тылбаас тула араас көлүөнэ, араас эйгэ дьонун түмтэ. — («Сахабыт тылын баайын, кыаҕын бигэргэтэр айымньы» // «Саха сирэ», 16.12.2010)


Сэмэнтэн Сэмэҥҥэ
(Доҕордуу эппигирээммэ — отойдуу өһүргэнээммэ)


* * *
Я в этот мир пришёл, — богаче стал ли он?
Уйду, — великий ли потерпит он урон?
О, если б кто-нибудь мне объяснил, зачем я,
Из праха вызванный, вновь стать им обречён?

Бу сиргэ кэлэммин — мин байдым-тайдым дуо?
Букатыннаахтык барыым кини ночоотуруо дуо?
Ким эрэ миэхэ өйдөтүө этэ дуо тоҕо бу мин,
Киминэн, хаһан ыҥырыллан бу сиргэ кэлбиппин?

Омар Хайям. «Рубаилар»,
Сэмэн Тумат нууччалыыттан тылбааһа.
 — Дьокуускай, 2009, 126 стр.


Сахалыытын үрдүнэн
Нууччалыытын киллэрбит,
Уонна олус эрэнэн,
Тэҥнээн ааҕыҥ диэбит.

Оннук ааҕан көрөөтүн,
Биир доҕоро эппит:
«Былаахыга төбөтүн
Быстара ууран биэрбит:

Тумат уонна Омар Хайям
Туора-маары туойбуттар —
Олдьу-солдьу үктээн-хайаан
Уҥуор-маҥаар турбуттар...

Тумат тумнан, арыт умнан,
Тумаҥҥа мунан хаалбыт,
Арыт адьас туораан тахсан
Атын суолу батыспыт...

Нууччалыытын харыстаа,
Сахалыытын умат
Уонна саҥа тылбаастаа,
Табаарыспыт Тумат!»

Сэмэн РУФОВ.


Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 2853 | Added by: uhhan2
Total comments: 6
6 Долгун  
Ханна бары ытыктыыллар Коран хоьоонун,
Ол эрэн эйигин хайдах аа5аллар? Куруук уонна элбэхтик буолбатах.
Эн ытык-мааны кулумнэс тылларгын
Аа5аллар киэьэ, кунус, сарсыарда эрдэ.

5 Долгун  
Закрой Коран. Свободно оглянись,
И думай сам. Добром — всегда делись.
Зла никогда не помни. А чтоб сердцем
Возвыситься — к упавшему нагнись.

Кораны сап. Тула5ын корун.
Дьэ уонна ойдоо. Утуо5уттэн дьонно бэрис.
Хомойбуккун хаьан да санаама.
Сурэххин куурдээри охтубуту оро тарт.

4 Барчылантан тонус уолугар  
Ыт. тонус уола!
Дьэ, чахчы, юехсэр идэлээх барахсан эбиккин. Уруукап АЛРОСА бириэмийэтин туьунан ханна "юехсюбютэй"? Ити сымыйа буолуо диибин. "Нарспи" тылбааьын иЬин чуваштар Уруукапка сахалар Ексекюлээхтэрин курдук киьилэрин И.Я. Яковлев аатынан национальнай бириэмийэлэрин биэрэн тураллар. Аны "Нарспи" тахсыбыт ахсаана Тумат "тылбааьыттан" быдан кебюччю буолуо5а. Ууну-хаары эрдэри ба5ас сатыыр котокугун быьыылаах.
Ити кэннэ то5о эрэ "тонус уола" дэммиккин. Хотуларынан сапта сатаабыккын дуу, быьыыта? Эбэтэр тиксэрэр кубул5атыц эбитэ буолуо? Дьо5ойон буолуо.
Чурапчылары эмиэ сыбаабыккын. Сэмэн Тумат Омар Хайям рубаиларын тылбаастаата5а буолан кэбилээбитигэр чурапчылар да, хотулар да туох да сыьыаннара суох. С.А. Попов-Туматы терют Чурапчы да диир уустуктардаах, Булуц сиригэр Тумат нэьилиэгэр тереебют киьи буолла5а. Онон кинини Булуцтан терюттээх диир быдан оруннаах.
Тюмюкпэр эбии биир албан ааты биэрбитиц иьин бар5а махтал)))

3 тонус уола  
Ити Уруукап диэн киьигит сыл аайы АЛРОСА бириэмийэтин ыллылар да уехсэр идэлээх. Ол кини нарспитын ким аахпытын!Ону ити Барчыланныт эрэйдээх эмиэ суруйааччыбын дэнэн сордоноохтуур буоллага. Тугу да диэн,син биир Омар Хайямы сахалыы санардыбыт Тумат!Историяга киирдэ,чурапчылар на коне!

2 МАС САХА  
Миигинниин биэс хааьах. Ураа!

Закрой Коран. Свободно оглянись,
И думай сам. Добром — всегда делись.
Зла никогда не помни. А чтоб сердцем
Возвыситься — к упавшему нагнись.

Кораны уур. Коцуллук кор,
Уонна санаа. Утуону мэлдьи уллэьин.
Хому санаа5ар тутума. Охтубуту оро тардан
Сурэххинэн оро куур.


1 Ф. Колесов  
Мин хаьан да5аны хоьоону беребуеттуехтээ5эр, суруйарга да холоммутум суо5а. Ол эрэн Тумат беребуетун керен улаханнык кыбыьынным. Итинник беребуетунэн бириэмийэ ылар буоллахха ханнык ба5ар тото аьаабыт киьи Тумат са5аны суруйарыгар мин саарбахтаабаппын. Бу олохпут сымыйа анардаах кестуулэринэн баран иьэрин туоьута буолар.

Закрой Коран. Свободно оглянись,
И думай сам. Добром — всегда делись.
Зла никогда не помни. А чтоб сердцем
Возвыситься — к упавшему нагнись.

Кораны аа5ан бараннын тула5ын дьэ көр-иһит.
Еруу бэйэн толкуйдаа. Утуену еруу уллэьин.
Хаьан да5аны хом санааны дьоло5ойгор тутума.
Онтон сурэххин урдуккэ дабатаннын - охтубукка илиигин уун.

диэн ис хоьоонноох курдук ейдеетум мин.


Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 7
Ыалдьыттар (гостей): 7
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024