Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Ыам ыйа » 20 » Армения олохтооҕо эдэр кыыһы күүһүлээбитэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарта диэххэ сөп
Армения олохтооҕо эдэр кыыһы күүһүлээбитэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарта диэххэ сөп
22:52
Өйдөөхтүк киирсиэххэ наада!
20.05.2011 16:40 | Автор: Туйаара Сиккиэр |
Армения олохтооҕо эдэр кыыһы күүһүлээбитэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарта диэххэ сөп. Дьиҥэ, айдаан тахсыбатаҕа буоллар, дьыала хайдах буолуо өссө биллибэт эбит. Уорбаланааччы дойдутугар куоттаҕына, тугу булан ылыаҥый. Хата, эмсэҕэлээччи көмүскүүр өрүтэ туһааннаах сирдэргэ биллэрэн, бу киһийдэҕи хат хаайдылар. Ол гынан баран, ааспыт нүөмэргэ этэн аһарбыппыт курдук, силиэстийэ салгыы ыытыллар. Дьыаланы өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ бэйэтинэн хонтуруоллуур. Онон сиэрдээх силиэстийэ уонна суут ыытыллар ини диэн эрэнэ саныыбыт. Бу айдаан кэнниттэн миитин буолан ааста, өрөспүүбүлүкэ салалтата,  армяннар диаспоралара, сокуон үлэһиттэрэ суруналыыстары кытары көрүстүлэр.  Уопсайынан, бу дьыала уҕарыыр чинчитэ суох, өссө силистэнэн-мутуктанан, сиэллэнэн-кутуруктанан барыах курдук.

Көҥүлэ суох миитин

Ааспыт нүөмэргэ эппиппит курдук, ыам ыйын 11 күнүгэр Ленин болуоссатыгар, миитин буолара төһө эмэ эрдэттэн бобуллубутун үрдүнэн, 400 кэриҥэ киһи муһунна. Үрдүттэн саба быраҕан көрдөххө, аҕыйах бэлииссийэ абына-табына сылдьар курдук. Ол гынан баран онтуларбыт үксүлэрэ дьон быыһыгар көннөрү таҥастаах сылдьаллара. Мустан турар ыччат ону хантан билиэй?! Биһиги курдук дьон эмиэ бырачыастаан кэлбиттэр дии санаатахтара. ГОМнарбыт начаалынньыктара илэ бэйэлэринэн балаһыанньаны чуҥнаан, чугастан истэ-көрө сылдьаллара. "Ыксал тирээтэҕинэ, сонно ойон тахсыахпыт диэн”, ОМОН байыастара чугас, МФЦ дьиэтин кэтэҕэр, оптуобуска олорбуттара. Өссө биир массыына бырабыыталыстыба дьиэтин иннигэр эмиэ "бэлэм” турара. Онон бэлииссийэлэрбит ыктарыылаах түгэҥҥэ мустубут дьону уодьуганныырга сүүс бырыһыан бэлэм этилэр.

Болуоссакка бастаан утаа аҕыйах киһи баара, онтон улам эбиллэн-эбиллэн испиттэрэ. Ити гынан баран, мустубут дьону ким салайара бу диэн биллибэт. ИДь миниистирин солбуйааччы Олег Лебедь дьон ортотугар киирэн рупорынан ыйытыктарга хоруйдуур. Биир үксүн ыччат хото мустубут. Биир-биир рупоры ылан санааларын эттилэр. Сүнньүнэн, уорбаланааччы хара дьыалатыгар эппиэттиэхтээҕин, хоромньуну толору төлүөхтээҕин, сиэрдээх силиэстийэ ыытыллыахтааҕын туһунан эттилэр. Миниистир солбуйааччыта сылга хас эмэ күүһүлээһин тахсарын санатта. Онно омуга улахан оруолу ылбат диэн чиҥэттэ. Онуоха кыргыттар рупоры ылан: "Маннык буруйу оҥорбут сидьиҥ дьону аҥаар кырыытыттан аттаталаан иһиэххэ”, — диэн туруорустулар. Манна диэн эттэххэ, кырдьык, омугуттан тутулуга суох ким баҕарар маннык сидьиҥ быһыыны оҥоруон сөп. Уопсайынан, бу олус халбархай түмсүү буолла.

Куһаҕанын талан эттэххэ, сокуону араҥаччылааччыларбыт үөс-батааска биэрбэккэ, мустубут ыччаты аҥаар кырыытыттан илиилэрин эрийэ-эрийэ илдьитэлээн эрэллэрин көрөн эрэ хаалыа этибит. Ол кэннэ "омугумсуйууга” холуобунай дьыала бөҕө көбүтүллүө этэ. Итинтэн кинилэри ким да кыайан хостообото чахчы. Оннук эрэ буолбатын. Уопсайынан, уһуну-киэҥи толкуйдаабат, күннээҕинэн эрэ олорор сэрэҕэ суох дьон маннык көҥүллэммэтэх, саарбах миитиҥҥэ тахсаллар. Быһыы-майгы сытыырхайбыта, суут-сокуон үлэһиттэрэ дьон ортотугар киирэн быһаарбатахтара буоллар, туох-туох буолуоҕун айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.

 

Миитин силиһэ-мутуга

 

Миитин кэмигэр дьон быыһыттан буолар-буолбат куһаҕан саҥа, үөхсүү иһиллэр этэ. Ыччаттарбыт, сүрдээх дьон курдук көстөөрү, мээнэ саҥаран "чап” гыннараллар. Кырдьыга, сорохторо баҕас тугу саҥаралларын, үөхсэллэрин өйдөөбөттөрө чахчы. Ким тугу саҥарарын, хайдах туттарын-хаптарын, дьон быыһыгар саһан сылдьар суут-сокуон үлэһиттэрэ истии-көрүү буолумуна. Саамай дьаарайдара дии санаан, бэлииссийэлэр биир уолу тутан отделга илдьэ барбыттар. Кини дьылҕата хайдах буолара билиҥҥитэ биллибэт.

Саатар, ыччат тугу эрэ кэтэһэр курдук, миитин бүппүтүн да кэннэ хойукка диэри тарҕаспатаҕа. Үгүс киһи "дьэ, киэһэ туох эрэ буолар?” диэн дьаархаммыта. Хата, туох даҕаны бөрүкүтэ суох быһыы тахсыбатах этэ. Быһата, чуумпутук ааста диэххэ сөп. Бэлииссийэлэр түүнү быһа атахтарыгар сылдьыбыттар. Сөп буоллаҕа, туох баҕарар буолан хаалыан сөп.

 

"Провокация!”

 

Хата, туох да айдаан тахсыбата быһыылаах диэн күлүкпүтүгэр эрэ имнэнэбит. Бэрэсидьиэн Егор Борисов суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ: "Кимнээҕэ биллибэт дьон, бу быһылааны туһанан, Интэриниэтинэн ыччаты өрө турууга ускайдаан миитин тэрийдилэр. Бу дьон омугумсуйууну күөртээһин сокуоҥҥа кытаанахтык бобулларын билэ-билэ, соруйан ыччаты "собуоттаабыттар”. Бэйэлэрэ тоҕо эрэ быкпакка саһан олорбуттар. Уһуну-киэҥи толкуйдаабат өс киирбэх ыччат кинилэр угаайыларыгар киирэн биэрбит. Өскө туох эмэ буолбута буоллар, ким тутулларый, ким буруйданарый?! Биллэн турар, миитиҥҥэ быһаччы кыттыбыт ыччат. Бу аата, ыччаты уган биэрии диэн буолар. Ис дьиҥин ылар буоллахха, бу миитин туох сыаллаах тэриллибитэ биллибэт. Ынырык "провокация” диэн сыаналыыбын”, — диэтэ.

 

Армяннар диаспоралара туох диирий?

 

Миитин сарсыныгар Бэчээт дьиэтин пресс-киинигэр армяннар диаспоралара, суут-сокуон тутаах үлэһиттэрэ суруналыыстары кытары көрсүбүттэрэ. Диаспора тойоно Хорен Саакян күүһүлээһиҥҥэ уорбаланар биир дойдулаахтарын көмүскээбэттэрин, кини дьиикэй быһыытын бары сүөргүлээбиттэрин, эмсэҕэлээбит кыыска көмөлөһөргө бэлэмнэрин туһунан уһуннук эттэ-тыынна. "Саха сиригэр олорор армяннартан ким даҕаны бу ыттыы быһыыламмыт биир дойдулаахпытыгар көмөлөспөтөҕө, көмөлөһүө да суоҕа! Кини ким буоларын да билбэппит. Бэйэ-бэйэбитин билсибэппит. Арменияҕа хаһан даҕаны маннык мөкү быһыы-майгы тахсааччыта суох. Диаспора эмсэҕэлээбит кыыс эмтэнэригэр бары өттүнэн көмөлөһөргө бэлэм. Биһиги эмиэ сиэрдээх силиэстийэ ыытылларыгар баҕарабыт”, — диэн, кыыска көмөлөһүөх буолан тылын биэрдэ.

Ол мунньахтан баран иһэн, уулуссаҕа алҕас эмсэҕэлээччи кыыһы көрсө түспүттэр. Бэйэтэ да сүрэх баастаах киһини "массыынаҕа олор, ханна эрэ баран кэпсэтиэххэ... биһиги эйиэхэ көмөлөһүөхпүтүн баҕарабыт...” диэн массыыналарыгар олордо сатаабыттар. Биллэн турар, кыыс кинилэри кытары кэпсэтэртэн, көмөлөрүттэн аккаастаммыт. Кырдьыга даҕаны, массыынаҕа иккиһин киирэн биэриэ дуо?! Сарсыныгар Бэчээт дьиэтигэр көрсөн, били эрэннэрбит көмөлөрүн (100 тыһыынча солкуобайы) биэрбиттэр.

 

Аҕыйатыахха наада!

 

Суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ миграция сулууспатын салайааччытын солбуйар Василий Высоких атын омуктарга холоотоххо, армяннар саамай бэрээдэктээхтэрин, сокуону кэспэттэрин чорботон бэлиэтээтэ. Холобур, түөрт ыйы ылан көрөр буоллахха, кэлии омуктар уопсайа 23 буруйу оҥорбуттар. Онтон биэһигэр армяннар бааллар. Үксүн уоран түбэһэллэр эбит. Миграция управлениетын тойоно уорбаланааччы Нерсесяны: "Учуокка турар, үлэлииргэ көҥүллээх этэ”, — диэбитэ соччо өйдөммөт. Кулун тутар 25 күнүгэр болдьоҕо бүппүт эбит. Ол иһин "көҥүлэ суох”  диэн хаайа сатаабыттар.

Кэлии омуктар тутуубутун, атыыбытын, туох баар өҥөбүтүн барытын баһылаатылар. Оптуобуспутугар, атын да улахан тиэхиньикэҕэ аҕыйах олохтоох киһи үлэлиир. Бэл, тыа хаһаайыстыбатыгар киирсэн эрэллэр. Оттон бэйэбит дьоммут?! "Үлэтэ суох киһи элбээтэ, буорайдыбыт” диэн кыырбаппыт эрэ. Хас мунньах аайы ол лахсыыра. Ол гынан баран "чэпчэки үлэһиттэр” син биир үлэлээбиттэрин курдук үлэлии сылдьаллар. Маны, кырдьык, хонтуруолга ылыахха наада быһыылаах.

СӨ Бэрэсидьиэнэ Егор Борисов суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр: "Кэлии омуктары босхону эрэ үрдүнэн үлэлэтэргэ интэриэстээх тэрилтэлэри хонтуруолга ылыахха, тастан дьон кэлиитин аҕыйатыахха наада!” — диэтэ. РФ Доруобуйа харыстабылыгар уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин бирикээһинэн, 2011 сылга уопсайа — 14 754 киһиэхэ кубуота бэриллибит. Бу сыл муус устар ыйынааҕы туругунан, Саха сиригэр 2 865 киһи быстах кэмҥэ олорор, былырыыҥҥыттан 3,4 %-нан элбээбиттэр. Быйыл эбии 1 132 киһи кэлэн олохсуйбут, былырыыҥҥытааҕар 50,9 % элбэх.  2,6 төгүл элбэх киһи ыҥырыгынан кэлбит.

Бэрэсидьиэн этэринэн, бу сыыппараны үс төгүл аччатыахха сөп. "Билигин биһиэхэ үрдүк, орто үөрэх кыһалара элбэх. Бу кыһалары бүтэрбит ыччаттарбыт үлэ булан үлэлиир кыахтара суох. Кэлии дьон оннугар олохтоох ыччат, үлэтэ суох дьон төһө баҕарар үлэлиэхтэрин, дьоннорун иитиэхтэрин сөп”, — диэтэ. Ону таһынан, тастан үлэлии киирбит хас биирдии киһи докумуонун, болдьоҕун күүстээх хонтуруолга ылар булгуччулааҕын ыйда. Хас киһи барыта Арассыыйа сокуонун булгуччу тутуһуохтааҕын, кэлэн үлэлии сылдьар сирин дьонун-сэргэтин, култууратын убаастыахтааҕын туһунан эттэ.

 

Түмүк оннугар

 

Манна диэн эттэххэ, кыыһы күүһүлээбит киһи абарыыга-сатарыыга киирэн биэрдэ. Дьиҥэ, биһиги дьоммут үлэ миэстэтин былдьаппыттарын сөбүлээбэттэр. Сири-буору аннынан иһиттэххэ, ыччат ортотугар омуктары утары "үлэ” өссө даҕаны ыытылла сылдьар курдук. Курдук эрэ. Бигэргэммэтэх иһитиннэрии. Кэлии дьон үлэ миэстэтин былдьыылларын сөбүлээбэт буоллахха, илиинэн-атаҕынан "сэриилэспэккэ”, өйдөөхтүк киирсиэххэ баара. Кинилэр үлэлии сылдьар миэстэлэрин биһиги ыччаппыт, дьоммут төһө баҕарар кыайа тутар кыахтаахтар. Ама, биһиги уолаттарбыт тутууну баһылыахтара, үлэтэ суохтарбыт, инбэлииттэрбит саппыкы оҥоруохтара суоҕа дуо?! Төһөлөөх ыччат сыллата ПТУну бүтэрэрий?.. Кинилэр, ама, улахан тиэхиньикэни, оптуобуһу ыытар кыахтара суох үһү дуо?!   Атыы-эргиэн туһунан этэ да барыллыбат. Онон, үөһэттэн ылыстахтарына, оробуочай илиинэн туһанар тэрилтэлэр "чэпчэкинэн” үлүһүйбэккэ, олохтоохтору үлэҕэ ылаллара буоллар тастан дьон кэлиитэ лаппа аччыа этэ.
Views: 1308 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024