News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2011 » Ыам ыйа » 21 » «АЛРОСА» аһылларын саҕана киин бэчээккэ «Экстремизм в Якутии», «Якутские сепаратисты» дии-дии бүтүн норуоту кэнэйдээн бөҕө буолбуттара.
«АЛРОСА» аһылларын саҕана киин бэчээккэ «Экстремизм в Якутии», «Якутские сепаратисты» дии-дии бүтүн норуоту кэнэйдээн бөҕө буолбуттара.
19:43
Ыам ыйын 11 күнүнээҕи миитин - профессор Казарян «өҥөтө»
21.05.2011 17:41 | Автор: Туйаара Нутчина |IMG_1923_copy(экстремизмҥэ буруйданан тутуллубут уол босхолонуохтаах!) Ыам ыйын 11 күнүгэр тахсыбыт миитин, уопсастыба, дьон-сэргэ өйүттэн ааһан-араҕан биэрбэт. Билигин даҕаны эдэр ыччаты күөртүүр тыл-өс тиһигин быспакка интэриниэтинэн, «этэрбэс араадьыайтынан» тарҕана турар. Саха норуотун омугумсуйууга буруйдуу сатааһын кимиэхэ барыстааҕый? Армяннары уонна сахалары утарыта туруорартан ким ас таһаарынарый? Бу туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр, «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын кылаабнай эрэдээктэрэ, уопсастыбанньык Валерий Луковцев: - Саха историятын кырдьыктаахтык көрдөрүүгэ, Уларыта тутуу саҕаттан, элбэх учуонайдар, суруналыыстар үлэлээн кэллилэр. Историческай наука доктора Егор Алексеев, Бастакы президент Михаил Николаев («Возвращенные имена»), суруналыыстар Дмитрий Кустуров («Репрессия ыар тына»), Иван Николаев, Иван Ушницкай («Центральное дело»), «Саха» араадьыйатын суруналыыһа Николай Максимов биэриилэрэ, онтон даҕаны атын дьон үлэлэрэ тахсыбыттара, тахса да тураллар. Ити үлэлэри аахтахха, Саха сирэ, Сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан ыла – 1918 сылтан – Сойуус атын, улахан омуктарын куттуур аналлаах политическай «оонньуулар» полигоннара буолбут эбит. Репрессия долгуна, барытын кэриэтэ, наар Саха сириттэн саҕаланар. Тоҕо? Бастатан туран, бэйэтин кырдьыгын кыайан көмүскэммэт, сомоҕото суох кыра омук буоларбыт итиннэ төһүү буолар. Ахсааммыт аҕыйах, сирбит-уоппут киэҥ. Толкуйдуур таһыммыт алааспыт, бэйэбит ыырбыт иһинэн эргийэр. Чуолаан, биһиэхэ, бэйэ-бэйэни уган биэрии, аһара «бүөбэйдэнэн» иитиэхтэммитэ. Иккис өттүнэн, түмэр итэҕэлбит, сомоҕолуур лидербит суоҕа уонна уҥуор-маҥаар тарҕанан олорон бэйэ-бэйэни өйөспөппүт, өйдөспөппүт дьайар буолуохтаах. Үсүһүнэн, ханнык баҕарар холуонньа «араартаа уонна дьаһайталаа» диэн бириинсиби тутуһар. Ити бириинсип Лөгөй, Мымах саҕаттан туттуллан кэлбитэ. Сэбиэскэй былаас 70-тан тахса сылын быһа, бэйэ-бэйэни үҥсүһүү, донуостаһыы аһара «силигилии сайдыбыта». Олохторун былаһын тухары чэҥкир үҥсүүнэн үлүһүйэн эрэ олорбут «баартыйа бэтэрээннэрэ» бааллара. Элбэхтэр ахсааннарыттан Альберт Паулины, Георгий Окороковы да ааттыахха сөп. Испииһэк киэҥ, ону барытын ааттаатахха өһүргэс тахсыа. …Биир учуонай, пенсияҕа тахсан баран, 60-70-80 сылларга үҥсүбүт, донуостаабыт «рукопистарын» бүтүн хомуурунньук оҥорон ырыынакка атыылаабыт сурахтааҕа. Г.Башарины, Софрон, Семен Даниловтары, Даланы, о.д.а. чулуу дьоммутун, «1928 сыллаахха тахсыбыт сахалары омугумсуйууга буруйдуур баартыйа уурааҕын көтүттэрэ сатыыллар» диэн, сирэйэ-хараҕа суох кэнэйдээбит донуостарын «олорбут олоҕум үтүө түмүктэрэ» диэн өҥ туттаахтаабыта буолаахтаатаҕа… Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар -- «Олунньутааҕы саагабар», «Оросин саагабара» диэн чекалар сымыйанан толкуйдаабыт саагабардарын аһаллар. Егор Алексеев «Кыһыл бартыһааннар саагабардара» диэн Ойуунускайдааҕы утары тэриллибит хампаанньа туһунан эмиэ суруйан турар. В.Никифоров – Күлүмнүүрү, провокатор Сергеев диэн киһи телеграмма ыыппытыттан сылтаан, туох да дакаастабыла суох туталлар. Ол кэнниттэн Хаҥаласка «ксенофонтовщина» диэн ааттаан, дэлби дарбатан, киһи бөҕөтүн кыдыйаллар. Ити провокация кэнниттэн, оччотооҕу Саха сирин салалтата туоруур. Кинилэр оннуларыгар карьеристар кэлэллэр, ол карьеристары аҕыйах сылынан атын карьеристар түҥнэрэллэр. Итинник долгун 1986 сыллаахха диэри кэлэ турбута. Уйбаан Доосо «Сахаада» хаһыакка «Арахсыбат абааһылар буулаатылар» диэн ыстатыйа таһаарбыта. Онно, Новосибирскайга Саха сиригэр омугумсуйууну күөртүүр бүтүн идеологическай киин баарын ыйбыта. Бу Киин 70-80 сс, чуолаан, 90 сс. күүскэ үлэлээбиттэр. Доосо – Познамскай, Демидовтар диэн учуонайдар ааттарын сэргэ, Гоголев, Новгородов диэн саха учуонайдарын аатын ааттаталыыр. Бу Киин үлэтин түмүгэр, саха интеллигенциятын ортотугар хом санаһыы үөскээбитэ. Георгий Башарины утары ынырыктаахай хампаанньа ыытыллыбыта. Авксентий Мординов, Софрон уонна Семен Даниловтар, Василий Иванов – Мааны Баһылай утары, онтон да атын биллэр-көстөр айар, научнай эйгэ бэрэстэбиитэллэрин кэриэтээн, аньыыга-хараҕа буруйдаан улаханнык кирсибитин кэрбээбиттэрэ. Авксентий Егорович Мординов «хаарыан кэмнэрим кырдьыгы таһаара сатыырбар бараннылар» диэн хомойоохтуура. Төһөлөөх донуоска, төһөлөөх быһаарыы суруйбута буолуой?!Саха дьоно сахалары сиэһиигэ тоҕо кыттыһалларай? Сорохтор баартыйа, былаас ирдиир, онон сөптөөх дьыаланы оҥоробут диэн ис сүрэхтэриттэн итэҕэйэллэрэ. Оттон, үксүлэрэ: ким эрэ дуоһунас, ким эрэ квартира, ким эрэ оҕолорун үчүгэй үөрэххэ киллэрээри, хамнаска сырытыннараары – сирдээҕи кыһалҕаларын туһугар атыыланаллара. Онно былаас өттүттэн бүтүн «хайгыыр, махтанар» систиэмэ баара. Иван Федосеев - Доосо 1985 сыллаахха Москубаттан икки КГБ генерала кэлэ сылдьыбыттарын суруйар. Кинини ыҥыран доппуруостууллар. Онно аһара барбыт, киэбирбит генераллар – Мунтян уонна Чукрин «1928 сыллаах уурааҕы хаттаан таһааттара сатыыбыт» диэн чабыланаллар. Кинилэр кэлэн барбыттарын кэннэ, 1986 сыллааҕы айдаан тахсар. Манна эрэпэтииссийэлээн баран Алма-Атаҕа таһаараллар. Онно хаан тохтуулаах, букатын улахан алдьархайы таһаараллар. Биһиги дьоммут харыларыттан тута сылдьыбыт, тута бэчээккэ таһааран испит буолан, провокатордар «илиилэрин-атахтарын» син баайа түстэхтэрэ. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Виталий Басыгысов, 11-тээҕи айдааҥҥа тэрийээччилэр өрөспүүбүлүкэ таһыгар олороллорун туһунан этэр. Бүтүн биригээдэ олорон салайда диэн тустаах уоргаттар этэллэр. ИДьМ полковнига Олег Лебедь «улахаҥҥа, туохха эрэ бэлэмнэннилэр» диэн дьаахханна. Сөпкө сылыктыыр. Өтөрдөөҕүтэ «Московский комсомолец» хаһыакка урукку КГБ үлэһитэ «Биһиги өссө да төннүөхпүт!» диэн сааммыт ыстатыйата бэчээттэммитэ. Онно хардаран Иван Николаев «Реваншисты» ыстатыйаны суруйбута. Кэлиҥҥи сылларга былааска, былаас эргимтэтигэр, бизнескэ -- спецсулууспалар дьонноро кэллилэр. Урукку чекист «с холодным сердцем, с ясным умом» эбит буоллаҕына, билиҥҥи чекистэр (чунуобунньуктар) коррупционнай халыйыылаах тус интэриэстэрин өрө тутар ырыынак чекистэрэ буоллулар. Ол күүстэр кэмиттэн кэмигэр провокация оҥороллор. Чуолаан, бу 11 күннээҕи айдаан төрдө-төбөтө хантан тахсарый? Ытыктабыллаах, наар ытыс үрдүгэр сылдьыбыт профессор Казарян, биир үтүө күн Манчаарыны уодьуганнаан, сахалар историяларын күлүү-элэк гынан, биһигини кыйахаан туран кэлбитэ. (Экстремизмы утары үлэлиир кэмитиэт бу киһини кытары хайаан да кэпсэтиэхтээх: тоҕо, ким сакааһынан, үлэҕинэн, туох санааттан, туох сыаллаах саха норуотун кыйахаабытын билиннэриэхтэрин наада). Чуолаан, бу профессор «өҥөтүнэн» армяннарга хомойуу, бэркиһээһин санаата үөскээбитэ. Кини хом санаа буорун «нүөлсүтээтин» кытары, сценарийынан курдук, бу тохсунньутааҕы буруй оҥоһулунна. Ол иннинэ кэлии дьон соруйан да, алҕаска да буруйу оҥороллор этэ. Ол гынан баран, бу курдук улахан айдаан тахсыбата. Эмиэ ити айдаан саҕана, анаабыт курдук, Хаандыгаҕа эмиэ олохтоох дьону (нууччалары, сахалары) кытары армяннар айдаарыстылар. Ити икки айдаан сибээстэрэ суох диэн ким мэктиэлиэй? Армяннар Саха сиригэр, уопсайынан даҕаны дойдуга, урут-уруккуттан тутууга үлэлииллэр. Тутуу – улахан харчы эргийэр сирэ. Баҕар, үтүмэн үптэн армяннары туоратар сыаллаах провокация тахсыбыт эмиэ буолуон сөп. Үсүһүнэн, армяннар диаспорала аан дойдуга биллэр, кыахтаах, баай диаспора. Кинилэр илиилэринэн сахалары боччуттарар сыаллаах провокация тэриллибит эмиэ буолуон сөп. Аны туран, армяннар – православнай итэҕэллээх омуктар. Оччотугар сахалар православнай омуктары утарбыт, исламнары ордорбут буолан тахсаллар. «Бүгүн православнай армяны утаралар, сарсын православнай нууччаны»… Инньэ диэхтэрин сөп. Армян норуота бэйэтэ эрэйдээх-буруйдаах, геноциды ааспыт ыарахан дьылҕалаах норуот. Онон биир киһи иэдээнин даҕаны, норуот алдьархайын даҕаны өйдүүр омук. Армяннар общиналарын бэрэссэдээтэлэ Хорес Саакян, уопсастыбаҕа биллэр үтүөлээх-өҥөлөөх киһи. Кини, аан бастакынан, киһи быраабын араҥаччылыыр уопсастыбаннай хамсааһыны төрүттэспит киһи буолар. Армяннар биир чулуу бэрэстэбиитэллэрэ – Грант Григорян саха музыкальнай искусствота сайдыытыгар оҥорбут өҥөтө сүдү! Армяннар общиналарын курдук аһымал ааксыйаларга кыттыһар, бүтүн сквери тутан биэрэр община Саха сиригэр баар дуо? Хомойуох иһин, көстүбэт. «АЛРОСА» аһылларын саҕана киин бэчээккэ «Экстремизм в Якутии», «Якутские сепаратисты» дии-дии бүтүн норуоту кэнэйдээн бөҕө буолбуттара. Тоҕо эрэ Хотугу Кавказка, дьиҥнээхтик ынырык быһылааннар тахсар сирдэригэр, «боевиктан» ураты тылы туттубаттар ээ! Арай, биһигини, көмүскэнэр кыаҕа суох аҕыйах ахсааннаах, сымнаҕас майгылаах норуоту талбыттарынан «тэбэллэр-охсоллор». Кимнээх эрэ итинтэн политическай дивиденд аахсаллар. Онно «боевик», манна «сепаратист»… диэн уопсастыбаны кутталга тутартан ас таһаарыналлар. Уопсастыбаны куттаан-куттаан баран «наши» - «не наши» араартыыллар. Байыаннайдарга маннык «кутталлаах балаһыанньа» харчы тэбэн биэрэр: «Элбэх харчыта көрүҥ, боломуочуйабытын, тутарбытын-хабарбытын улаатыннарыҥ, кэҥэтиҥ -- кутталы суох оҥоруохпут». Арассыыйаны үрэйэр, сомоҕотун ыһар кимиэхэ эрэ олус наада. Политическай «оонньуулара» оҕус буолан, дьиҥнээхтик ыһыллан хаалыахпытын сөп. Билигин политтехнологтар араас өрөбөлүүссүйэлэри «көрөн-истэн» (кыттыһан) уопуттара кэҥээтэ. Кыаҕырдылар, хаанымсах буоллулар. Онон, тугу барытын көмүс манньыакка холуур, судургу баҕайытык ылынар сатаммат. Биһиги нуучча норуотун иннигэр туох да буруйбут суох. Буруйбут буолуохтааҕар өҥөбүт элбэх. Борис Ельцин өссө 1995 сыллаахха «Саха сиригэр национализм суох!» диэн кытаанахтык эппитэ. Экстремизмҥэ буруйданан тутуллубут уол ыытыллыахтаах. Иһэн баран ким баҕарар, тугу баҕарар «пал» гыннарыан сөп. Провокатордарга ити төрүөт саатар эрэ – кинилэргэ Саха сиригэр экстремизм көстүүтэ баар диэн фиксируйдуохтарын эрэ наада.
Views: 1492 |
Added by: uhhan2
Total comments: 1
Порядок вывода комментариев:
По умолчанию
Сначала новые
Сначала старые
1
grisha
(2011-05-24 10:40)
Валерий Луковцев! русско- турецкай сэрии кэмигэр Турция сиригэр олорор армяннар Россияга комолоъоору 300 тыhычча саллааттаах армия тэриммитэрин эн билбэт буоллаххына ол эн истоическай темаларга суруйар таhыммын туоhулуур. Ол 19 уйэ этэ. Бэл 20 уйэгэ армията да суох норуоттары коhорбуттэрэ, суох кыммыттара. Бэл Америка сэрии кэмигэр дьоппуоннарын барытын концлагерга симпитэ. Оттон ол дьоппуоннар сааламмыттара буоллар атын кэпсэтии буолуо этэ. Армяннар православнайдар, онон нууччаларга комолоhо сатаабыттарын туроктар армяннары утары миэрэ ыллахтара, бириэмэтэ оннук, 19 уйэ. Россия ити "генциды" ойуу сатыыра биллэр, оттон атын омуктар того эрэ ойооботтор. Биир да ООН резолюцията ити боппуруоска суох, элбэхтик армения итини куодьутэ сатаабытын иhин. Казарян Манчаары туhнан этиилэрин аахпыт буоллаххына манна дьолу булбут армяннар биhиэхэ сахаларга хайдах сыhыанналалларын бил, уонна 11 майга буолбут норуот тахсыытын ким эрэ Москваттан, Еревантан салайан ыыпыпыт диэн этэрин хата бэйэгин ити дьон салайан суруттарар дуу диэххэ соп.
Ааҕыылар
Баар бары (online): 106
Ыалдьыттар (гостей): 106
Кыттааччылар (пользователей): 0