Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Ыам ыйа » 30 » Суһал көмө киинин базатыгар регионнааҕы Тымыр киинин арыйан, үлэлээн бардыбыт.
Суһал көмө киинин базатыгар регионнааҕы Тымыр киинин арыйан, үлэлээн бардыбыт.
15:34
Инсулу (охсору) бохсуу: саҥа сыһыан, тэтим, түмүк
30.05.2011 11:22 | Автор: Нина Герасимова |
Өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники 15 сылга  сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү элбээн иһэр. 1990 сылга ити көрдөрүү – 34,2% буоллаҕына, 2009 сылга – 47,4%. Ордук үлэлии-хамныы сылдьар саастаах дьон өлүүтэ улахан (40-60 саастаах).

Бу дьыл тохсунньу 11 күнүгэр сүҥкэн сабыытыйа буолбута – Мэйии тымырын киинэ аһыллыбыта. Бу — аҥаардас Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа (РБ№2) эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үөрүүтэ. Маныаха неврологтар, кардиологтар өр кэмнээх, сыралаах үлэлэрэ төһүү буолбута саарбаҕа суох. Биһиги бу Киин неврология отделениетын салайааччыта, биллиилээх быраас Земфира Макаровна Кузьминаны кытта көрсөн кэпсэттибит.

 
З.М. Кузьмина, РСФСР үтүөлээх бырааһа, үрдүк квалификациялаах невролог:

— Кэнники сылларга нэһилиэнньэҕэ сүрэх-тымыр ыарыыта олус тарҕанна, өлүү олус элбээтэ. Сааһыттан тутулуга суох ыалдьаллар. Онон РФ ити ыарыылартан өлүүнү аҕыйатар инниттэн 2007 сыллаахха «Инсультан уонна инфарктан өлүүнү аҕыйатыы» диэн анал бырагырааманы саҕалаабыта. 2008 сылтан федеральнай бырагыраамаҕа 12 эрэ регион киирэрэ. Онон икки сылга 24 субъект киирбитэ. Ол иһигэр Уһук Илинтэн биир эрэ регион – Сахалин. 2009 сыллаахха эспиэрдэр хамыыһыйалара манна кэлэ сылдьан, биһиги үлэбитин үрдүктүк сыаналаабыта. Ол  чэрчитинэн, биһиги 2010 с. Тымыр кииннэрэ (сосудистые центры) уонна  бастакы көмө оҥоһуллар Тымыр кииннэрэ (I-ные сосудистые центры)  тэриллэр регионнарын ахсааныгар киирбиппит.

Инньэ гынан, маннык киини аһарга күүскэ бэлэмнэммиппит. Бастатан туран, каадыры: узистары, неврологтары, нейрохирурдары, көмпүүтэр томографиятын уонна эрэнгиэни оҥорор испэсэлиистэри үөрэттэрэн,  сөптөөх матырыйаалынай база тэринэн: дьиэ-уот бэлэмнээн, өрөмүөн ыытан, анал тэрил ылынан.

Дьэ, онон бу, көрөргүт курдук, 2011 сыл тохсунньу 11 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — Суһал көмө киинин базатыгар регионнааҕы Тымыр киинин арыйан, үлэлээн бардыбыт. Онуоха, биллэн турар, урукку тутулбутугар (структураҕа) уларыйыы барда.

Билигин бу Киин иһинэн үс сүрүн отделение үлэлиир.

1. Нейрореанимация уонна интенсивнэй терапия отделениета (сэб. —  Игорь Горшенин)

2. Мэйиилэрин үлэтэ кэһиллибит ыарыһахтары эмтиир неврологическай отделение – манна инсуллаабыт дьон киирэллэр (сэб. – З.М. Кузьмина)

3. Суһал кардиология отделениета (сэб. Сардаана Павлова)

Биһиэхэ саҥа испэсэлиистэр баар буоллулар: кинезотерапия, эрготерапевт, социальнай үлэһит, чөлгө түһэрэр быраас диэннэр. Онон биһиги отделениебытыгар инсуллаан киирбит ыарыһах бастакы көмөнү толору ылар кыахтанна. Хомойуох иһин, билигин инсуллаабыт ыарыһах биһигиттэн эмтэнэн тахсан баран, салгыы хайдах эмтэнэрэ – бу биир улахан кыһалҕа. Билигин маны быһаарар сорук турар. Тоҕо диэтэххэ, биһигиттэн тахсан баран ыарыһах үгүс кыһалҕаны көрсөр. Маннык ыарыһахтары реабилитациялыыр анал киин суох. Биир баар (РБ№3), онно улахан уочарат. Онон инсуллаабыт үгүс ыарыһах салгыы дьаалатынан эмтэнэр: ким төһө кыахтааҕынан, аймахтара төһө ылсарынан.

Соторутааҕыта Аҕа баһылыкпыт Егор Борисов инбэлииттэри реабилитациялыыр кииҥҥэ сылдьан, кыһалҕа баарын өйдөөн, хайдах эмэ көмөлөһө сатыам диэбитэ. Биллэн турар, чорботон бэлиэтиир наада — бастакы сүһүөх уонна бохсор үлэ күүскэ барыахтаах. Миэстэтигэр невропатологтар, терапевтар нэһилиэнньэни кэтии, көрө-истэ сылдьыахтарын наада.

Кырдьык, охсортон (инсультан) өлүү, инбэлииккэ тахсыы бастакы миэстэҕэ сылдьар. Ол эрээри үрдүкү технологиялаах тэрил баар буолан, эмтиир ньыма кыайа-хото туттуллан, урукку курдук эмтэммэт ыарыы диэн өйдөбүлэ уларыйыан наада. Бу бырагыраама, инсультан өлүүнү, инбэлиит буолары аҕыйатар соруктаах. Инньэ гынан Киин соруга — 2013 сылга өлүү көрдөрүүтүн 15%, инбэлииккэ тахсары 6% аҕыйатарга диэн. Оттон бу дьоммут-сэргэбит олоҕун тупсарыыга биир сүрүн төһүү буолуо диэн бигэ эрэллээхпит.

 

Татьяна Яковлевна Николаева, медицинскэй наука доктора, профессор, ХИФУ МИ ньиэрбэ ыарыыларын кафедратын сэбиэдиссэйэ, консультант:


— Регионнааҕы Тымыр киинэ – бу улахан киин, манна үрдүк технологиянан көмө оҥоһуллар, мэйиигэ тымырга уустук эпэрээссийэ оҥоһуллар. Бу киини тэрийиигэ 250 мөл. солк. көрүлүннэ: РФ-тан уонна СӨ-тэн (50:50). Инньэ гынан ыарахан сыаналаах аныгы көлүөнэ тэрили атыыластыбыт: ангиографтар, томографтар, нейрохирургия отделениетыгар эпэрээссийэлиир тэрил. Холобур, «навигатор» (киһи мэйиитин субу көрдөрөр) диэн. Навигатор көмөтүнэн нейрохирурдар мэйиигэ эпэрээссийэни сэрэнэн, хаан турбут сиригэр эрэ чопчу киирэн, быдан көдьүүстээхтик оҥорор кыахтаннылар.

Аны  эспиэр кылаастаах УЗИ диэн баар буолла – бу мэйии иһигэр баар тымыры да көрөр  олус күүстээх УЗИ аппараат.

 

Бырайыак туох көдьүүстээҕэ


 

— Т.Я., бу олус сыаналаах бырайыак буоллаҕа, сыаналаах тэрил бөҕөнү ылбыккыт. Ыарыһаҕы эмтиириҥ билигин бүддьүөккэ эмиэ «ыараан» таҕыстаҕа дии?

—Экэнэмиистэр аахпыттарынан-суоттаабыттарынан маннык. Инсуллаабыт биир инбэлиити көрүүгэ-харайыыга, эмтээһиҥҥэ 27 тыһ. дуоллар наада. Оттон бу бырагыраама бырайыактара олоххо киирэн үлэлээн бардахтарына, экэнэмиичэскэй көдьүүһэ, төттөрүтүн, 11,28 млрд солк улаатан биэрэр диэн.

— Бу бырайыагы олоххо киллэрэн, атын регионнартан туох бэлиэ көдьүүстэннибит?

— Холобур, Новосибирскайга сылдьан ыалдьыбыт устудьуон саха уола сытан таҕыста. Кини үрдүк технологиялаах тэрилбитигэр чинчийтэрэн эмтэннэ. Оттон Новосибирскайга маннык кииннэрэ суох, онно кини боростуой поликлиника бырааһын таһымыгар эрэ эмтэммит. Поликлиника таһыма диэн олох атын буоллаҕа.

Онон билигин биһиэхэ бу ыарыыны эмтииргэ сыһыаммыт, идеологиябыт даҕаны букатын уларыйда. Биһиги аан дойдутааҕы ыстандаарка чугаһаатыбыт. Манна киирбит ыарыһахха бастакы үс чаас иһигэр туох баар толору ирдэнэр көмө оҥоһуллар. Инньэ гынан ыарыһах үтүөрэригэр толору кыах баар. Урут инсуллаабыт дьон олохторун тухары инбэлиит буолаллар диэн өйдөбүл баһыйа сылдьыбыт буоллаҕына, билигин ыарыһах олоххо төннөр кыаҕа толору баар диэн этэр наада.

— Т.Я., бу кииҥҥэ син биир куорат, мантан чугас нэһилиэнньэлээх пууннар ыарыһахтара эрэ киириэхтэрин сөбө буолуо. Оттон атыттар? Кый ыраах улуус түгэҕиттэн манна кэлэн испэттэрэ чуолкай.

— Кырдьык, ити улахан кыһалҕа. Онон нэһилиэнньэ бэйэтин доруобуйатыгар болҕомтолоох буолуон наада. Билигин нэһилиэнньэ информацияны билэрэ, онуоха сэрэтии барара улахан оруоллаах. Сорох дьон инсульт диэн тугун даҕаны билбэттэр, хайдах харыстанар, туохтан сэрэнэр туһунан таайбаттар. Аны сороҕор мантан эмтэнии бөҕөнү эмтэнэн тахсыбыт ыарыһахтарбыт бэйэлэрэ түһэн биэрэллэр: харыстамматтар, буортулаах үгэстэрин тохтоппоттор. Биһиги сүбэбитин, анаабыт эмпитин тутуспаттар. Дьаллыктарын бырахпаттар. Түмүгэр туруктара өссө мөлтүүр.

Оттон биһиги былааммытыгар маннык кииннэри Ньурбаҕа уонна Нерюнгрига тутарга диэн баар. Кэнэҕэс манна, бу балыыһабыт үрдүгэр, ыарыһаҕы тиэйэн аҕалбыт бөртөлүөт түһэр былаһааккатын оҥоруохтаахпыт. Ол – кыаллар суол, атын дойдуларга оннук балыыһалар бааллар.

 

Ыарыы туохтан үөскүүрүй?

 

— Аныгы медицина көрүүтүнэн, инсульт (охсор) төрүөтэ тугуй?


— Нэһилиэнньэ сааһыран, кырдьан иһэр. Ол эрээри бу ыарыы сааһыттан эрэ тутулуга суох. Охсор – бу  утумунан бэриллэр ыарыы диэххэ эмиэ сөп. Аҕалара ыалдьыбыт буоллаҕына, оҕолоруттан ким эрэ ыалдьыан сөп. Аны туран, билиҥҥи үйэ буортулаах үгэстэрэ, стресс үөһэ стресс. Киһи хаанын баттааһына үрдүгэ, саахар диабета, хамсаммакка биир сиргэ олорон тахсыы – бу барыта  ыарыы төрүөтэ буолар.

—  Холобур, ыраах нэһилиэккэ ФАП эрэ баар, испэсэлиистэрэ мэлигир, туох да анал тэриллэрэ суох. Бу түбэлтэҕэ тыаҕа олорор дьон доруобуйаларыгар тугу кэтэнэ-көрүнэ сылдьыахтаахтарый?

— Ордук эр дьон ыалдьар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр доруобуйаларын олох көрүммэттэр. Илиилэрэ-атахтара утуйа сылдьар буолбутун, сирэйдэрин аҥаар өттө хаанньастарын, саҥалара сатаан тахсыбатын, саҥата өйдөммөтүн, көрөллөрө эмискэ мөлтөөбүтүн бэлиэтии көрдөхтөрүнэ, тутатына эмчиттэргэ этиэхтэрин наада – бу инсульт бэлиэтэ. Көмө төһөнөн эрдэ оҥоһуллар да, соччонон түмүгэ үчүгэй буолар.

 

Саҥа олоххо эргиллии

 

«Бэттэх кэлэн  эрэбин», — диир Павел Павлович Соловьев, Дьокуускай олохтооҕо, балык собуотун үлэһитэ, 60 саастаах ыарыһах. Кини ыам ыйын бастакы  күннэригэр тыаҕа кустуу тахсан баран, ыалдьан киирбит. «Аҥаар өттүм утуйан хаалбыт курдуга. Сарсыныгар тутатына манна киллэрбиттэрэ», — диир. Салгыы эмтиир бырааһа Анастасия Семенова кэпсиир: «Павел Павлович ишемическэй инсуллаах этэ. Атеросклерозтан биир сүрүн тымыра бүөлэммит. Реанимацияҕа сытыаран баран, биһиэхэ аҕалбыттара. Билигин эмтэнэн, анал физкультура, массаас көмөтүнэн туруга үчүгэй буолан эрэр», — диэн кэпсиир. Ыарыһах хаҥас өттө бастаан олох да хамнаабата үһү, оттон билигин, холобур, миигин кытта илии тутуста.

Билигин кини РБ№3 салгыы эмтэниэхтээх. Онно 10 куойкалаах отделение баар, ыарыһахтар онно 3 нэдиэлэ курдук сытан, массаастанан, физкультуранан дьарыктанан, хамсанарга үөрэтэн, атын да анал куурустары баран, этэргэ дылы, саҥаттан төрөөн тахсаллар эбит.

 
Views: 1443 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 26
Ыалдьыттар (гостей): 26
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024