Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Бэс ыйа » 17 » М.Е.Николаевтыын 9 сыл устата бииргэ үлэлээбиппит, онтон 2-тигэр миниистирдээбитим, 8-гар правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэ
М.Е.Николаевтыын 9 сыл устата бииргэ үлэлээбиппит, онтон 2-тигэр миниистирдээбитим, 8-гар правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэ
10:20
Егор БОРИСОВ сүрүн сыала-соруга тугуй?
16.06.2011 13:25 | Автор: КЫЫМ.ру |
1274354457Былырыын баччаларга өрөйбүт-чөрөйбүт кэмнэрбит этэ буолбаат! Өр сылларга иитиэхтээбит баҕа санаабыт туолан: Саха сиригэр саха президенэ төннүбүтэ. «Итии хааннаахпыт эбитэ буоллар, билигин айхаллыы-айхаллыы уулуссаҕа сүүрэ сылдьыах этибит», -- диэн биир идэлээхпит үөрүүтүн улаханнык үллэстэр кыаҕа суоҕуттан кыаһыланан ылбытын саныыбын. Саха көхсө киэҥ, саха санаата уһун – дириҥ уу нуурал буоллаҕа.

 

Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр, биир сылбыт элэгэлдьийэн ааста. Хайдах-туох үлэ-хамнас баран иһэрин көрдүбүт-иһиттибит. Егор Афанасьевич Борисов, «Кыым» ааҕааччыларыгар, Президент дуоһунаһыгар үктэммитэ 1 сылын туолбутунан ситимнээн интервью биэрдэ. Сороҕор улахан дуоһунастаах дьону кытары кэпсэтэр уустуктардаах буолааччы. Кини диэтэх киһи, кэпсэтэргэ судургута, тыына-салгына чэпчэкитэ үөртэ, доҕор.

- Егор Афанасьевич, Президент дуоһунаһыгар анаммытыҥ, номнуо биир сыл буола оҕуста. Төһө ыарахан «бурҕалдьыны» кэппит эбиккиний?

- Мин «кэтэр бурҕалдьым» куруутун ыарахан буолааччы. Бурҕалдьы ыарахана-чэпчэкитэ, ыйааһына – киһи төһө эппиэтинэһи ылынарыттан тутулуктаах. 30-чча  сыллааҕыта тэрилтэ салайааччытынан да үлэлиир эрдэхпинэ, билигин даҕаны, дьон иннигэр эппиэтинэһи сүгэрбин чопчу өйдүүбүн. Урут биир тэрилтэ дьонун үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕор-дьаһаҕар, дьылҕатыгар эппиэттиир эбит буоллахпына, билигин бүтүн өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун иннигэр эппиэтинэһи сүгэбин. Ити өттүттэн көрдөххө, эппиэттинэһим улаатан биэрдэ.

- Тэрилтэ салайааччытын үрдүнэн атын салайааччы баар, Оттон Өрөспүүбүлүкэ Президенин үрдүнэн…

- …Дьон, норуот баар. «Мин үрдүбүнэн салайааччы баар, кини туһа» диэн өйдөбүлүнэн салайтаран үлэлээбэппин, «дьон иннигэр эппиэтинэс баар» диэн санаалаах үлэлиибин.

- Көннөрү дириэктэрдээҕэр Президент кыаҕа, былааһа улахан буоллаҕа. Санаабыккын быһаччы олоххо киллэрэр кыахтааххын.

- Арыый да кыараҕастык толкуйдуур буоллахха, биллэн турар, тэрилтэ салайааччыта былааһа тэрилтэ иһинэн. Ол гынан баран «президент буолла – былааһа улаатта, муҥур ыраахтааҕы буолла» диэн толкуйдуур сыыһа. Бэйэбэр сыһыаннаан эттэххэ,  миэхэ оннук өй-санаа букатын хоммотох киһитэбин.

- Чечня өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Р.Кадыров тыл көтөҕөн, национальнай өрөспүүбүлүкэлэр президеннэрин аата уларыйар буолла. Оччотугар үһүс уонна бүтэһик президент буоларгар тиийэҕин.

- Бу боппуруос билигин, дьиҥинэн, Арассыыйа бары президеннээх субъектарыгар дьүүлгэ турар. Сорох өрөспүүбүлүкэлэр, сокуон уларыйбытынан сибээстээн, 2015 сылтан өрөспүүбүлүкэлэрин салайааччыта хайдах-туох ааттаныаҕын туһунан дьаһал ыллылар. Сокуон аата сокуон. Ылыллыбыт буоллаҕына толоруллуохтаах. Ким хайдах ылыммыта туспа кэпсээн. Ол гынан баран, Арассыыйа судаарыстыбатыгар олорорбут быһыытынан, дойду сокуонун бары тутуһуохтаахпыт.

Мин, ити боппуруоһу, икки өрүттээхтик көрөбүн. Бастакытынан, аат уларыйдаҕына даҕаны, субъектар салайааччыларыгар Төрүт Сокуонунан мэктиэлэммит боломуочуйа, быраап, былаас ис хоһооно уларыйбат. Барыта уруккунан хаалар. Иккис өттүнэн, соҕотох «Президент» диэн тыл, биһиги историябытыгар уопсастыбаннай тутул уларыйыытын кытары ситимнэнэр, дириҥ ис хоһоонноох, улахан суолталаах тыл. 1990 сылларга, биһиги, оччотооҕу бырааптарбыт кэлиилэригэр, бу, «Президент» диэн дуоһунас киириитэ, эмиэ бэйэтэ ураты өйдөбүллээхтик киирбитэ. Онон, дуоһунас аатын уларытыы – уйулҕа, өй-санаа, майгы-сигили өттүттэн ыараханнык ылыныллыан сөп. Хайдах эрэ, биһиги норуоппут ылыммыт боломуочуйаларын, бырааптарын күөмчүлүүр дьайыы курдук көрүөхтэрин сөп. (Дьиҥинэн, оннук буолбатах). Ол иһин, итини учуоттаан, бу боппуруоһу сыныйан ырытыһан, иҥэн-тоҥон үөрэтэн быһаарыахпыт.

- Ол, хаһан оҥоһуллуой?

- Улахан политическай событиялар – быыбардар ааспыттарын кэннэ, дьэ, толкуйдуохпут. Бу боппуруоска билигин улаханнык төбөбүн сынньыбакка сылдьабын.

- Егор Афанасьевич, өрөспүүбүлүкэ урукку салалтата, билигин ГД дьокутаатын  Федот Тумусовы кытары бэрт кытаанах сыһыаннаах этэ. Билиҥҥи салалта сыһыана уларыйда дуо?

- Дьон, ол иһигэр политиктар, сыһыаннарын кэлиҥҥи 20-30 сыл устата хайдах баран иһэрин кэтээн көрөбүн, ырытабын. Туораттан сыана быһабын. Дьон (политиктар) бэйэ-бэйэлэрин кытары өйдөспөттөрө диэн -- сыаллара-соруктара, ону ситиһэр ньымалара сөп түбэспэтиттэн тахсар быһыылаах дии саныыбын. Онтон сылтаан бэйэ-бэйэлэрин киһи, личность быһыытынан эмиэ өйдөспөт түгэннэрэ үөскүүр. Ол ордук 90-с сылларга ырылыччы көстүбүтэ. Олох уларыйан, ким хайдах суолунан барара биллибэт иэрэҥ-саараҥ кэмнэргэ, «демократия» диэн өйдөбүл үөскүү илигинэ, политическай хапсыһыылар наһаа бэрээдэгэ суохтук ыытыллар буола сылдьыбыттара. Ким кими кыайбыта, ким кимҥэ хотторбута, хайдах ньыманы туттубута… бүтүннүүтэ аахсыллар кэмэ этэ. Ол кэмнэргэ утарыта турсубут, киирсибит дьон (улуустарга эмиэ) төрүт өстөһөн хаалбыттара эмиэ баара. Ити, үксүгэр, биһиги уопсай өйбүт-санаабыт таһыммытыттан, «политика охсуһуутун ураты ирдэбилэ» диэн демократическай бириинсиптэри ситэ өйдөөбөппүтүттэн тахсыбыта. Ол оннук кэмҥэ үктэтэн буолуо, Тумусовтаах Штыров – биир кэмҥэ баартыйа оскуолатыгар үөрэммит, биир кэмҥэ уобаластааҕы кэмитиэккэ үлэлээбит,  ыкса доҕордуу дьон, политическай хапсыһыытыттан сылтаан личноска киирбиттэрин түмүгэр, итинник хаҕыс сыһыаннаммыт буолуохтарын сөп. Мин, оччоттон баччааҥҥа диэри, дьоҥҥо сыһыаным арыый да атын. Дьону дьон курдук көрөбүн. Дьоҥҥо дьыалаларынан сыһыаннаһабын. Киһини сөбүлээбэт буоллахпына, кинини дьыалатынан көрөн сөбүлээбэппин. Ол ханньарыта-мунньарыта, харата-маҕана суолтата суох.

Тумууһаптыын утарыта турсан «оннуккун-манныккын» диэн сирэй-харах анньыспатах дьоммут. Буолаары буолан, Новосибирскайга бииргэ үөрэммит кэмнээх этибит. Ити мин Тумууһапка эрэ сыһыаннаан эрэ эппэппин, политиктарга барыларыгар дьыалаларынан көрөн сыһыан олохтуубун. Былырыын дуоһунаспар киирэн баран, оччолорго туоратыллыбыт, «оппозиция» диэн ааттаммыт сүрүн политиктары  барыларын кытары көрсүбүтүм: «Ханна да олоруҥ - Москубаҕа буоллун, Дьокуускайга буоллун, өрөспүүбүлүкэбит туһугар үлэлиэҕиҥ» диэн ыҥырбытым. Госдума дьокутааттарыгар сыалларын-соруктарын этэн, чопчулаан турабын. Дьэ, ол туруорбут сорукпун хайдах толорон иһэллэрин быыбар чугаһаатаҕына кэпсиэҕим.

- Кириитикэни таарыйар буоллахха… кириитикэҕэ сыһыаныҥ хайдаҕый?

- Мин, хаһан да, чуо, киһини кириитикэлээбэппин. Ыйыталлар ээ, Заболевы (куорат мээрэ – аапт.) тоҕо кириитикэлээбэккин диэн. Мин -- дьыаланы кириитикэлиибин: куорат салалтатын үлэтэ-хамнаһа мөлтөх диэн. Оттон Заболевы, бэйэтин, саҥарбаппын. Сороҕор итэҕэс-быһаҕас дьыала кэннигэр маннык дьон тураллар диэн этээччибин. Дьон өйдөөтүн диэн. Киһи үчүгэйи баҕаран, үлэ-хамнас тубустун диэн кириитикэлиир. Биһиэхэ, сорохтор, кириитикэлиэххэ эрэ диэн кириитикэлииллэр. Ордук ити  талаана суох суруналыыстарга сыһыаннаах. Толкуйдуур киһи, кириитикэ оруннаах буоллаҕына, табатык ылынар.  Оттон күдээринэ кириитикэ хаһан да сыалын сиппэт, туһата суох. Быстах түгэҥҥэ дьону холуннарарга эрэ туһанааччылар.

- Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уларыттыҥ-тэлэриттиҥ. Ким эрэ өрө көттө, ким эрэ намтаата. Ханнык ирдэбилинэн сирдэтэн миниистирдэри анаталаатыҥ?

- Каадыры аттарыы – дьыалабыай хаачыстыбанан көрөн оҥоһулунна. Сорохтор «элбэх ыччат кэллэ, олоҕу билбэт оҕолор туохха наадалаахтарый» диэн омнуоалаатылар. Дьиҥинэн, кинилэр, оннук айылаах уостарыгар уоһахтара куура илик оҕо дьон буолбатахтар ээ. Олох оскуолатын барбыт, идэлэрин толору баһылаабыт дьон. Биһиги сайдыахпытын баҕарар буоллахпытына – олох хаамыытын көрүөхтээхпит. Олох хаамыыта олус түргэн, барыта уларыйа турар. Онтон хаалбат туһугар ыччат тэтимэ, саҥаны-сонуну хабан ылар дьоҕура ирдэнэр. Өр үлэлээбит, саастаах, киэҥ толкуйдаах, барыны бары ыараҥнатан, ыйааһыннаан көрөр идэлээх дьон, олоҕу кытары тэҥҥэ уларыйаллара көнтөрүк соҕус буолааччы. Онон уопуту, үөрүйэҕи сэргэ эдэр тэтими, күүрээни дүөрэлии тутуохтаахпыт.

- Ыччат миниистирэ А.Подголов – уопуттаах салайааччы, солбуйааччыта эдэр  киһи – Г.Куркутов курдук?

- Ити мин правительствоны барытын, уопсайынан көрөн этэбин. Правительствоҕа кэлбит эдэр дьон соһуччу халлаантан түспүт дьон буолбатахтар. Мин кинилэри, ити Глушко да буоллун, Трофимов да буоллун,  уруккуттан хараҕым далыгар киллэрэн кэтээн көрбүт, үөрэппит дьонум.

- Оччотугар, Дмитрий Глушко биир күн вице-президент буолан уһуктубатаҕа?

- Суох. Глушкону ыччат, наука министиэристибэтигэр, Маринычевы Госкомцеҥҥа, «Сахатранснефтегазка» үлэлии сырыттахтарына кэтээн көрбүтүм. Маны тэҥэ, эдэр дьону таба көрөр, кыахтарын тургутар биир ньымалаахпын – «Миниистир» диэн дьыалабыай оонньуу. Бу оонньууга кыттар эдэр дьону, тыыппалаах дии санаабыттарбын – ханна, хайдах үлэлии сылдьаларын кэтээн көрөбүн. Онтон «хамсатыыһы» диэтэхпинэ үлэҕэ ылабын.

- Тус бэйэҥ В.Штыровтуун, М.Николаевтыын хайдах сыһыаннааххыный? Михаил Ефимович Судаарыстыбаннай сүбэһит дуоһунастаах. Кини сүбэтин-аматын төһө ылынаҕын?

- Политиктары, салайааччылары кытары эриэ-дэхси сыһыаннаахпын. Кими эрэ ала-чуо ордорон өрө түтүү дуу, көйгөтүтүү дуу суох. Михаил Ефимовыһы даҕаны, Вячеслав Анатольевыһы даҕаны аҕа табаарыстарым курдук саныыбын. Сыһыаммыт -- дьыалабыай. М.Е.Николаев Штыров биһиккини, 20-ччэ сыллааҕыта, биир кэмҥэ правительствоҕа үлэҕэ ыҥырбыта: Вячеслав Штыров – вице-президенинэн, миигин – правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан. Оннук 5 сылы быһа бииргэ үлэлээбиппит. Онтон В.А.Штыров 2002 сыллаахха президент буолан баран, миигин правительство бэрэссэдээтэлинэн ыҥырбыта. Бу сырыыга 7,5 сыл үлэлээтибит. Мин саныахпар, өрөспүүбүлүкэбит туһугар сүрдээх тахсыылаахтык үлэлээн кэллибит.

В.Штыров биһикки,  салайааччы буолан үүнэрбитигэр Михаил Ефимович суолтата улахан. М.Е.Николаевтыын 9 сыл устата бииргэ үлэлээбиппит, онтон 2-тигэр миниистирдээбитим, 8-гар правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитим. Олох аата олох, үлэ аата үлэ. 9 сыл устата барыта үүт-тураан буолбатаҕа. Түһүү да, тахсыы да баара. Михаил Ефимович биир үлэттэн ууратар, иккис үлэттэн ууратар – ону мин «өһүргэнним» диэн барытын өс-сааска тиһэн испэтэҕим. Толкуйдуур этим, бэйэбэр түмүк оҥорорум. Итэҕэспин-быһаҕаспын көннөрүнэн, маннык үлэлиэххэ наада эбит диэн өйдүүрүм. Үгүстэр курдук санаам алдьанан, үнтүрүйэн «кырдьыгы көрдүү» сүүрбэтэҕим. Ханна аныырынан, ханна ыытарынан үлэлээн испитим.

Михаил Ефимович -- Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ, төрөөбүт Сахатын сирин история саҥа кэрдиис кэмигэр таһаарбыт да киһи буоларын быһыытынан, норуокка улаханнык ытыктанар.

- Кини авторитета Эйиэхэ мэһэйдиир дуо?

- Итинник ыйытааччылар. «Ордук санаһыы баар дуо?» -- диэн. Мин, төттөрүтүн, Михаил Ефимовичтыын үлэлээбиппиттэн киэн туттабын. Сахаҕа «ордук санаһыы, бэрт былдьаһыы» диэн баар буолааччы. Ол гынан баран, миэхэ итинник өйдөбүл букатын иҥмэтэх киһитэбин. М.Е.Николаев өрөспүүбүлүкэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар. Туох баарынан сүбэлии-амалыы сатыыр. Ол гынан баран, кини, 1990-с сылларга курдук босхо барыы кэмэ ааспытын эмиэ өйдүүр, билигин хайдах курдук уустук балаһыанньа баарын билэ-көрө сылдьар.

- Михаил Ефимович «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйатыгар киирбитин туох дии саныыгын?

- Хас биирдии киһи талар суоллаах-иистээх. Итини туох да диэн этэр кыаҕым суох.

- Баартыйаларынан араҕыстыбыт. Дьиҥэр, дойду үрдүнэн курдук ханнык эрэ баартыйа туһа дии-дии аҕыйах ахсааннаах омук арахсара охсуулаах буолбатах дуо? Ким да буоллун, туһана эрэ сатыахтаахпыт.

- Арассыыйаны кытары биир кэлимсэ политическай, экономическай, социальнай эйгэҕэ олоробут. Онтон ойуччу биһиги эрэ туораан тахсан барар, дьаһанар кыахпыт суох. Ити, эн этэриҥ курдук, мин биир идиэйэлээхпин. Саха сиригэр «ньыгыллар», «сиэрдээхтэр», хомуньуустар уонна «лдпрдар» бааллар. Сүрүн политиктарбытыгар: «Бары түмсүөххэйиҥ, уонна Госдумаҕа 4 дьокутааты талыаххайыҥ. Госдумаҕа  4 дьокутааттаахпыт эбитэ буоллар, маннык (эрбэҕинэн моонньун туора соттор) үчүгэйдик олоруо этибит! Улахан таһымҥа бииргэ үлэлиэххэйиҥ, онтон манна, Ил Түмэҥҥэ, баһаалыста бэйэҕит баартыйаҕытынан үлэлээҥ, киирсиҥ», -- диэн былырыын да, быйыл да этэн турабын. Ону ыарырҕаталлар: «Бырастыы гын, биһиги баартыйабыт устааптаах, салалталаах, эн этэриҥ курдук табыллар кыаҕа суох»... Билиҥҥитэ итинник. Кырдьык, хас биирдии баартыйа бэйэтэ туспа устааптаах, бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх.

- Дьокутааттарбыт баартыйа испииһэгинэн талыллар буолан норуоттан тэйдилэр диирбит сөп дуо?

- Оннук буолбатах. Холобура, биһиги, дьокутааты талабыт. Уонна ол дьокутааппытынан оскуолабытын туттара, тиэргэммитин хомуйтара, уулуссабытын оҥотторо сатыыбыт. Оннук өйдөбүл баар?

- Баар.

- Оннук эрэ сыаллаах-соруктаах дьокутааттаах парламент, норуот иннигэр тугу да оҥорор кыаҕа суох. Куорат Мунньаҕын дьокутааттарыгар баран инньэ диэн эппитим. Биир мандаатынан талыллыбыт дьокутааттар онно элбэхтэр. Сайсары уокуругун дьокутаата «уулусса оҥоробун, Заболевы үөҕэбин, барыларын үөҕэбин, ким да өйөөбөт, норуот өйүүр» диир. Ыйытабын: «Куораккыт бөҕүн ыраастыырга туох механизмы толкуйдаатыгыт?» -- уу-чуумпу. «Куоракка бэрээдэк тоҕо олохтоммотуй? Тоҕо диэтэххэ, эһиги - дьокутааттар быраабыла олохтообоккут, уураах ылыммаккыт, дьаһал таһаарбаккыт, сокуон оҥорбоккут!» Ол, аҕыйах солкуобайгытын уокуруккут уулуссатын быһаҕаһын өрөмүөннээри былдьасыһаҕыт, онон бүтэҕит. Сүрүн сыалгытын – сокуону оҥорор соруккутун толорбоккут, оччотугар дьокутааттаан даҕаны туһаҕыт суох. Куораккыт кирдээх этэ – билигин да кирдээх, кыаммат этэ – билигин да кыаммат. Үлэ миэстэтэ тэриллибэт, урбаан өйөммөт, нолуок киирбэт – харчы суох! Харчыта суох – туох да оҥоһуллубат. Ил Түмэҥҥэ, Госдумаҕа эмиэ оннукка майгынныыр хартыына көстүтлэлиир.

Мунньах, парламент -- нэһилиэккэ, куоракка, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга баар кыһалҕалары барытын кэлимсэ көрөн быһаарар гына сокуон, дьаһал, уураах ылыахтаахтар. Оччоҕо эрэ оскуолалар, балыыһалар, суоллар тутуллуохтара, бөхтөр ыраастаныахтара.

- Дьон, тустаах биир нэһилиэгин, куоратын кыһалҕатын дьокутаатынан быһааттара сатыырыгар дьокутааттар бэйэлэрэ буруйдаахтар. Быыбар иннинэ сүүрэ сылдьан «эһиэхэ маны оҥотторуом, ону туттарыам» диэн эрэннэрии бөҕөтө буолаллар эбээт.

- Уопсастыба эмиэ сайдыахтаах буолбатах дуо? Хандьытаат быыбар иннинэ тугу туойбутун барытын кулгаахха эринэн иһэр табыллыбат. Ол эрээри, дьон, син кэлин өйдөөн эрэр. Правительство сылын аайы нэһилиэнньэҕэ отчуоттуур. 2002-03 сылларга туох баар хараҕа-аньыыга правительствоны буруйдааччылар: хамнас суох, бөхпүт сытар, оҕом хаайыыга барда… Билигин итинник кэпсэппэттэр. Номнуо араараллар, ким ханна-туохха эппиэттиирин: улуус дьаһалтата анал программа баарын үрдүнэн суолбутун оҥотторбото, нэһилиэк баһылыга бөҕүн хомуйтарбата, биһиги уопсастыбаннай үлэни ситэ ыыппаккабыт ыччаппытын көрбөтүбүт, өрөспүүбүлүкэлэр ону гымматыгыт диэн. Дьон сайдан иһэр буоллаҕа.

Дьокутааты дьыалабыай хаачыстыбатынан, «өрөспүүбүлүкэтин көмүскүүр кыахтаах киһи дуу, суох дуу?» диэн тургутан көрөн талыахтаахпыт. Айахпытын атан баран ыннараа киһи тугу ыаһахтыырын барытын көмүс манньыакка холообокко.

- «Ыаһах» диэбиккэ дылы, куорат мээрэ быыбар иннинэ саха оскуолатын туттарыах аҕай буолан эрэннэбитэ.

- Эрэннэрбит буоллаҕына ирдээҥ. Үөрэх политикатын оҥорор анал үлэлээх, хамнастаах дьон баар. Быһаарыахтаахтар.

- Кыайан быһааралларыттан ааспыт буоллахтарына?

- «Хас биирдии кыһалҕа президент эрэ ылсыстаҕына быһаарыллар» диэн өйдөбүл суох буолуохтаах. Биһиги олохтоох былаастарга – толору быраап, боломуочуйа биэрэн турабыт. Президент буолан баран: «Миэхэ, көмөлөһүҥ!», -- диэн дьоммун-сэргэбин ыҥыран турабын. Соҕотох киһи (президент да буолбутун иһин) тугу да оҥорбот. Биһиги дьоммут «биһиги эппиппит, биһиги туруорсубуппут» диэн баран сиэптэригэр уктан баран сылдьыахтарын баҕараллар. Заболев эппит буоллаҕына, ону хонтуруоллааҥ, ону ирдээҥ. Механизм баһаам. Хомунуҥ уонна ирдээҥ! Уопсастыба көхтөөх буолуохтаах.

- Ыам ыйын 11-н курдук «көх» буоллаҕына?

- Онно уопсастыба көхтөөҕө көстүбэтэҕэ, судургу ыччаты үктэтии - провокация оҥоһуллубута.

Ол түбэлтэ хайдах быһаарылла, силиэстийэлэнэ сылдьарын тэрийээччилэр билэллэр. Буруйдаах киһи хаайыыттан тахсыбатын билэ-билэлэр, соруйан оҥорбут дьыалалара. Миитин ыытарга сайаапка түһэрэ сылдьыбыт дьон, өрөспүүбүлүкэ иһигэр олох да олорбот дьон ааттарынан саптынан докумуон оҥоро сатаабыттара. Уонна хайалара да ити тэрээһиҥҥэ кэлбэтэҕэ. Төһө суобастаах быһыыный? Туох да буруйа суох ыччат, 1986 сыллаахха курдук, киирэн биэрэ сыста.  «Нерсисян куһаҕан киһи» диэн үөҕүөхтэрэ этэ буоллаҕа. Үөхсэн – уопсастыбаннай бэрээдэги кэһэллэр, оттон бэрээдэги кэспит киһи -- хаайыыга угуллара бэтэрээннэн дьыала буолбатах. Итинник үктэтиилэри  тэрийэргэ таһым, өйдөбүл наада. Мээнэ киһи тэрийбэт дьыалата.

Мин, былырыын арыгыны утары охсуһарга ыҥырыы таһаарбытым уонна эппитим: «Соҕотоҕун кыайбаппын, баһаалыста, бэйэҕит салайааччыларгытын бэрэбиэркэлээҥ, ханнык салайааччы арыгылыырын миэхэ этиҥ, эппиэтинэс улаатарыгар бииргэ үлэлиэххэйиҥ», -- диэн. «Быраабыланы кэһэн ыччаккытын сутуйар маҕаһыыны хонтуруоллааҥ» диэн. Уопсастыба төһө ылысыста? Мин сыалым-соругум дьону хамсатыы.  Дьон бэйэтин бэйэтэ көрүнэр усулуобуйатын тэрийии.

- Дьону уһугуннарар, көҕүлүүр оруолу интеллигенция ылыахтаах этэ буолбатах дуо?

- Ыам ыйын 11 күнүн кэнниттэн төһө-хачча интеллигенция норуотун, ыччатын туһугар ыалдьарын көрдөрдө?

- Син биирдиилээн көһүннүлэр. Холобур,  Валерий Луковцев.

- Уоннааҕылар? Норуотун төлкөтүн быһаарсар интеллигенция тута бэйэтин санаатын иһитиннэриэхтээх этэ. «Инники күөҥҥэ сылдьааччы» диэн ааттанар интеллигенциябыт атын интэриэстээх курдук өйдөбүл үөскүүр... Оннук буолуо суохтаах этэ.

- Оннук дьон «интеллигенция» диэн ааттанар бырааптаахтар дуо?

- «Интеллигенция» диэн дуоһунас буолбатах. Айылгытынан интеллигеннэр буоллаҕа – ким эрэ суруйааччы, ким эрэ музыкант, ким эрэ техническэй интеллигенция бэрэстэбиитэлэ…

- Норуотун туһугар ыалдьар эрэ киһи интеллигенция диэн аатаныахтаах.

- Өрүү буолбатах, сороҕор таҥнараллар ээ. Францияҕа интеллигенция элбэхтик норуотун таҥнарбыта. Арассыыйаҕа оннук түгэннэр эмиэ бааллара. Интеллигенция  оруолун үрдэтиэххэ диэн, былырыын дуоһунаспар киирээт да, интеллигенция араас бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүбүтүм. Онно сүрүн кыһалҕа тугуй диэн ыйыппыппар -- хамнаспыт, олохпут хааччыллыыта, үлэбит, судаарыстыба өйөбүлэ… диэбиттэрэ… Онон, мин сыалым-соругум өрөспүүбүлүкэ, саха интеллигенциятын бары араҥата, өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин өйүн-санаатын саҥа таһымҥа таһаарарыгар оруолун үрдэтии буолар. Ханнык баҕарар историческай таһымҥа интеллигенция бэйэтигэр эппиэтинэс ылыныахтаах.

- Дьиҥнээх политик, салайааччы хайдах хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?

- Чиэһинэй буолуохтаах. Эппиэтинэстээх буолуохтаах (дьэ, биһиэхэ саамай тиийбэт хаачыстыба). Билиилээх-көрүүлээх буолуохтаах. Билиитэ суох киһи, аҥаардас кыһыл тылынан өнүйбэт. Тугу саҥарарын, хайдах дьыаланы оҥорорун, туохха дьулуһарын билиэхтээх. Бэйэ бодотун тардыныахтаах, бас-баттах сананыа суохтаах… Чэ, ити «испииһэк» кэлиҥҥи түһүмэхтэрэ...

- Политика «кирдээх» дииллэр.

- Төһөнөн таһыммыт кыра да, политикабыт кирдээх. Судаарыстыба үрдүнэн таһым үрдүөн, сайдыан наада.

- Эрэллээх доҕотторуҥ?

- Үгэс курдук, киһи тос курдук тойон буоллаҕына, дорооболоһор да киһитэ аҕыйыыр. Мин аҕыс оҕолоох ыал улаханнара этим. Соҕотох ийэҕэ улааппытым, онон итинник улаатымсыйар майгым оҕо эрдэхпиттэн суох. Мин да, боростой оробуочай буола сылдьыбыт кэмнэрдээх этим. Иккис өттүнэн, дьон, тойон буолбут киһини бэйэтэ тэйитэр: «Оо, ол киһи тойон буолбут үһү, дорооболоһор да кутталламмыт», -- диэн. Миигин тула сылдьар ыччаттар, бииргэ үөрэммит оҕолорум, дьонум-сэргэм  тэйиппэттэр. Дорооболоһо, үөрэ-көтө кэпсэтэ сылдьаллар. Оскуоланы бүтэрбиппит 40 сыл буолла. Чурапчыга  үөрэммит оскуолабар күн аҥаара тахсан киирбиппин хаһыаттар суруйа охсубуккут дии – «баһаарга кыһаммакка күүлэйдии сылдьар» диэн (күлэр). Мин учууталларбар махтана тахса сырыттым. Кылааһынан – 40-ча киһи бары тахса сырыттыбыт. 50 сыл ынараа өттүгэр үөрэппит учууталларым бааллар. Өйдүүллэр ээ.

- 40 киһи бары тутуспутунан сылдьаҕыт?

- Тутуспутунан. Үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэ сылдьабыт. Норуот суруйааччыта буолбут Далан салайбыт кылааһа этибит. Чурапчыга таҕыстахпына үөлээннэхтэрим -- Гоша, кырдьаҕастар – Дьөгүөр, эдэрдэр – Егор Афанасьевич диэн үөрэ-көтө кэлэн кэпсэтэллэр. Тэйиппэттэр. Атына эбитэ буоллар, «президент сылдьар» диэн дьалты туттуохтарын сөбө.

- Бэйэҥ майгыҥ судургу буолан дьоҥҥун тэйиппэтиҥ буолуо?

- Билбэтим, ырыппатаҕым. Саамай махтанарым диэн, биир да киһи «маннык кыһалҕалаахпын, оҕобор, сиэммэр көмөлөс» диэн көрдөспөт. Ол аата харыстыыллар, ытыктыыллар буоллаҕа. Онтон наһаа астынабын.

- Учууталыҥ Далан «Дьикти сааһыгар» Эйигин прототип гынан киллэрбитэ кырдьык дуо?

- Дьэ, баарбын аҕай! Саамай мэник уол уобараһын буллаххына, ол, мин буолуом.

- Оччо доҕоттордоох киһи соҕотохсуйууну билбэт буоллаҕыҥ.

- Улахан дуоһунаска тахсан баран соҕотохсуйбуттара баар суол. Миэхэ, хата, дьон кэлэ турар. «Миниистиргэ» кыттар ыччаттарым көрсөн араас тиэмэҕэ кэпсэтэллэр. Миэхэ да үчүгэй, кинилэргэ да үчүгэй… Оҕо сааһым, эдэр сааһым доҕотторо, араас сылларга бииргэ үлэлээбит дьонум бары билсэ тураллар.

- ХХI-с үйэҕэ саха диэн норуот баар буолуо дуо?

- Төрүт баар буолуоҕа. Ааспыт үйэҕэ сайдыы дойду иһинэн барбыт эбит буоллаҕына, бу үйэбит сайдыыта аан дойду таһымынан барыаҕа. 20-30-с сылларга саха хотонун кытары биир балаҕаҥҥа олорбут эбит буоллаҕына, 70 сыл ааспытын кэннэ сайдыыбыт аан дойду таһымыгар таҕыста. Өлөөҥҥө олор, Нью-Йорка олор – кнопканы баттаатыҥ да интернеккэ киирэр тэҥ балаһыанньаланаҕын. Киһи да, производство да кыраныыссаны билиммэт. АЛРОСА – Саха сиригэр, Анголаҕа, Архангельскайга, «Мечел» -- Японияҕа, Румынияҕа үлэлииллэр. Саха норуота глобализация процеһыгар олорсон, сирин баайын табатык туһанан, дьаһанан бэйэбит олохпутун тупсарыныахтаахпыт. Билигин көмүстээх, алмаастаах, ньиэпттэх, гаастаах сундук үөһээ тырыттыбыт таҥастаах олорор дьадаҥы киһини санатабыт. Сундуукпутун арыйан, туһаҕа таһааран, онтон нолуок тутан сайдыахтаахпыт. Норуот тыыннаах хаалар көмүскэлэ – кини тыла, култуурата, үгэһэ. Биһиги бу хайысхаҕа элбэх үлэни ыытабыт уонна өссө да ыытыахтаахпыт.

-  Саха промышленноска сыстара олус бытаан.

- Үнүрүүн Алдаҥҥа бара сырыттым. 100 киһитэ аҕалыҥ диэн көрдөстүлэр. Манна кэлэн 100 киһини хомуйа сатаатыбыт. Ким да барыан баҕарабат! Айаҕалыы сатаан «Алданзолото» дириэктэрин уларыттаран эрэбин. Баҕар, бэйэбит киһибит олордоҕуна сахалар сыстыахтара диэн. Тутууга, туох да уустуга суох – шлакоблогу сааһылаатыҥ, ыпсардыҥ да бүтэр. Төһө саха үлэлиирий?

- Тутууга боростуой үлэһиккэ төһө харчыны төлүүллэрий? Гастарбайтерга «үлүгэрдээх үп» буолбутун иһин,  олохтоох киһи онон дьиэ кэргэнин иитэрэ уустуктардаах.

- Сирэ-тала сылдьабыт, ол кэмҥэ омуктар киирэн баһылаан ылаллар. Уопсайынан, биһиги дьоммут производство араас салааларыгар үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэргэ, төрдүттэн саҥалыы дьаһанарбыт уолдьаста.

- «Кыым» хаһыакка -- поэт Михаил Тимофеевы «норуот поэта» оҥоруохха диэн туруорсан элбэх дьон санаатын этэр.

- Билигин, элбэх киһи, бэйэтин кэмигэр ханнык эмэ төрүөтүнэн наҕараадаҕа, аакка-суолга тиксибэтэҕин туруорсар. Чахчы атаҕастаабыттар эбит диэтэххинэ, оннук дьону өйүүгүн. Манан диэн эттэххэ, судаарыстыбаннай наҕарааданы ким хайдах хаһыакка туруорсубутунан көрөн биэрэр табыллыбат.

-  «Туйгун», «үтүөлээх» диэн ааттары иҥэрэр кэм ааспата дуо?

- Аны да, былыр да, чуолаан, өссө билигин, дьон үлэлээбит үлэтигэр сыанабылы ылыахтаах. Чахчы олохторун анаабыт дьон ону ирдииллэр даҕаны. Сиэр-майгы да өттүнэн, материальнай да өттүнэн стимул баар буолуохтаах.

-  4-с куурус устудьуона «үтүөлээх үлэһит» буолара, «стимул» суолтатын сүтэрии буолбатах дуо?

- Суолтата түспүтүн барытын суох оҥоруохха диэн этии сыыһа. Аат, наҕараада суолтатын үрдэтиэххэ наада. Ол иһин наҕарааданы аҕыйатар дьаһаллары ылбытым.

- Сахаҥ дьонугар, ыччакка тугу тоһоҕолоон этиэҥ этэй?

- Аҥаардас былаас уоргана, соҕотох президент олоҕу уларытар кыаҕа суох. Дьон түмсэн үлэлээтэҕинэ, ылсыстаҕына эрэ олохпут уларыйыаҕа, тупсуоҕа.

Аныгы үйэ – информация, технология, билим, ситим-сибээс үйэтэ. Ыччаппыт үтүө сабыдыалы сэргэ, элбэх мөкүнү ылар. Үтүөнү уонна мөкүнү араара үөрэниэн наада. Билиҥҥи кэмҥэ эдэр киһи сайдарыгар, үүнэригэр, билиитин хаҥатынарыгар туох да хаарчах суох. Билиини, сайдыыны сөпкө, таба туһанарга үөрэниэххэ наада. Ыччат ыраламмытын барытын уонна сибилигин ылыан баҕарар. Ситиһии -- үлэни, билиини, сатабылы, тулууру, бөҕөх санааны эрэйэрин өйдүөх тустаах.


 

 

 

Автор: Туйаара Нутчина
Источник:http://www.kyym.ru/index.php?option=com_content&view=article&id=4047:2011-06-16-03-26-37&catid=41:politika&Itemid=62
Views: 1627 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 25
Ыалдьыттар (гостей): 25
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024