Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Бэс ыйа » 17 » Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын Мииринэйгэ тэрийиэххэ диэн бэрэсидьиэн өссө былырыын быһаарбыта. Мииринэй улууһугар төрүт үгэһи дириҥэтэн үөрэтэр, би
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын Мииринэйгэ тэрийиэххэ диэн бэрэсидьиэн өссө былырыын быһаарбыта. Мииринэй улууһугар төрүт үгэһи дириҥэтэн үөрэтэр, би
10:21
Олоҥхо Ыһыаҕа. Мииринэй
15.06.2011 12:45 | Автор: КЫЫМ |
Ыһыах Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан биллэриллибитэ. Быйыл Олоҥхо ыһыаҕа Мииринэйгэ ыытыллар. Бэлэмнэнии хайдах баран иһэрин култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Туйаара ПЕСТРЯКОВА кэпсиир.

— Олоҥхо ыһыаҕа тоҕо чопчу Мииринэй куоракка ыытыллар буолла?

— Үгэс курдук, сыл ахсын атын-атын улуус тэрийэр. Олоҥхо ыһыаҕа саха үгэһин, сиэрин-туомун хайаан да тутуһар, онон ыһыаҕы хайдах ыһарга холобур буолуохтаах. СӨ Бырабыыталыстыбата иллэрээ сыл Олоҥхо ыһыаҕын ыытыы бэрээдэгин ылыммыта, манна туох баар буолуохтааҕа, хайдах быһыылаахтык ыытыллыахтааҕа киирбитэ.

Кэлиҥҥи түөрт сыл устата ыһыах бу ирдэбили тутуһар. Тааттаҕа, Сунтаарга, Уус Алдаҥҥа, Горнайга буолбута. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын Мииринэйгэ тэрийиэххэ диэн бэрэсидьиэн өссө былырыын быһаарбыта. Мииринэй улууһугар төрүт үгэһи дириҥэтэн үөрэтэр, билэр-көрөр баҕалаахтара көстөр. Бу улуус олохтоохторо дьиҥнээх ыһыах хайдах буолуохтааҕын билиэхтэрин баҕарабыт. Дьон-сэргэ устуоруйаны, үгэһи, сиэри-туому билиэхтээх. Ону ааһан, туох уонна ким туһугар алмаас хостонорун өйдүөхтээх.

— Бэлэмнэнии хайдах баран иһэрий?

— Былырыыҥҥыттан күүскэ бэлэмнэнэллэр. Мииринэй куораттан 15 км тэйиччи сытар Чуоналыыр диэн сиргэ тутуу бөҕөтө ыытыллар. Сирэ-уота киин улуустар курдук буолбатах, алаас диэн суох. Ол да буоллар ыһыах ыһар сири тупсарыыга улахан болҕомто ууруллар. «Олоҥхо дойдута» култуурунай-этнографическай комплекс тутуллар, күнү көрсөр, алгыс, кымыс иһии сиэрин-туомун ыытар сирдэр, Олоҥхо балаҕана, кэнсиэрдиир былаһааккалар бэлэмнэнэллэр.

Култуура, үөрэх салалталара араас кэмпириэнсийэни, Төгүрүк остуоллары ыытан, ыһыах уонна олоҥхо өйдөбүлүн дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаталлар. Бэл, оҕо кыһалара туора турбаттар: саха таҥаһын, фольклорун куонкурустара тэриллэллэр, олоҥхоҕо олоҕурбут испэктээкиллэри туруораллар. Ахсынньыга МПТИ улахан суолталаах билим-быраактыка кэмпириэнсийэтин тэрийбитэ.

Мииринэйгэ олус күүстээх айар кэлэктииптэр бааллар. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ атын улуустар айар кэлэктииптэрэ эмиэ кыттыахтара. Төһөнөн элбэх ыалдьыт баар да, соччонон ыһыах табыллар. Онон ыалдьыттар түһэр, аһыыр, эрчиллэр сирдэрин бэлэмниэхтээхпит, кинилэр туох да уустугу көрсүбэттэригэр кыһаллыахтаахпыт.

— Тэрийээччилэр быйыл туох уратыны былаанныы сылдьалларый?

— Спорт хас да улахан тэрээһинэ буолуо: мас тардыһыыга Арассыыйа абсолютнай күрэхтэһиитэ, спорт национальнай көрүҥнэригэр оонньуулар. Ат сүүрдүүтэ Сунтаар ипподромугар ыытыллыа.

Өксөкүлээх аатынан Култуура уонна норуот айымньытын киинэ «Солнечное тепло российской бересты» диэн бэстибээли тэрийэргэ РФ Култуураҕа министиэристибэтин гранын ылбыта. Манна дойду араас түөлбэтиттэн, Саха сирин улуустарыттан норуот маастардара кэлэллэрин кэтэһэбит. Онон тэҥнээн көрөр, бэйэ-бэйэттэн үөрэнэр кыах үөскүө. Бу бэстибээл ыһыаҕы олус киэргэтэрин таһынан, Саха сиригэр туос оҥоһук сайдарыгар төһүү буолуо дии саныыбын.

— Мииринэй – ыраах, ылбычча тиийэр уустук. Былырыыҥҥы курдук ыалдьыттар мустуохтара дуо?

— Улуустар дэлэгээссийэлэрэ хайаан да кытталлар. Саха сирин ханнык баҕарар улууһуттан, куоратыттан баҕалаах барыта кэлиэн сөп.

— Арассыыйа атын түөлбэлэриттэн ыҥыртаатыгыт дуо?

— Биллэн турар, дойду бары муннугуттан ыалдьыттары күүтэбит.

— Эн санааҕар, 2005 сыллааҕы уонна билиҥҥи Олоҥхо ыһыаҕын тэҥнээтэххэ, тэрээһин өттүгэр туох уларыйыы баарый?

— Сылтан сыл үөрэнэбит, сайдабыт. Маннык тэрээһиҥҥэ өрүү кыттар кэлэктииптэр баар буоллулар. Култуура уонну ускуустуба колледжыгар олус күүстээх кэлэктиип тэрилиннэ. Устудьуоннар хайаан да көмөлөһөллөр. Бу кинилэр идэлэрин баһылыылларыгар олус туһалаах.

— Тус бэйэҕэр Олоҥхо ыһыаҕа туох оруоллааҕый?

— Олоҥхо ыһыаҕа – үүммүт сыл чыпчаала, айылҕа туругуруутун кэмэ. Ыһыах диэн тылы иһиттэхпинэ, өйбөр сып-сылаас салгын, туох барыта силигилээн, симэнэн турара көстөн кэлэр. Бу – бары олус таптыыр уонна өрүү кэтэһэр кэрэ кэммит!

 

Евгения Шульга,

Духуобунас өрөспүүбүлүкэтээҕи

I форумун пресс-киинэ.
Views: 2756 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 23
Ыалдьыттар (гостей): 23
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024