News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Бэс ыйа » 22 » Өбүгэлэрбит туох баардарын барытын умнан туран, аҥаардас Үрдүк Айыылартан алгыс ылаары ис күүстэрин онно түмэллэрэ.
Өбүгэлэрбит туох баардарын барытын умнан туран, аҥаардас Үрдүк Айыылартан алгыс ылаары ис күүстэрин онно түмэллэрэ. | 20:39 |
Туймаада ыһыаҕа «шоуга» кубулуйбутун Мандар УУС сүөргүлээбэт
20.06.2011 21:30 | Автор: Kyym.ru | IMG_2251Тыаҕа үөскээбит киһи быһыытынан төрүт өйдөбүлгэ иитилиннэҕим. Онон, ыһыах, биһиги дьиэ кэргэммитигэр, ыалларбытыгар, нэһилиэкпитигэр, улууспутугар саамай сүрэҕи өрүкүнүтэр, күүтүүлээх-кэтэһиилээх дьоро тэрээһин буолара. Таҥас – мааныта, саҥата, дьэрэкээнэ, ас -- үрүҥэ, үтүөтэ, амтаннааҕа барыта ыһыахха хаһааныллара. Халлаан бэлиэтээн бараатын кытары, ыһыах туһунан кэпсэтиилэр күөдьүйэллэрэ. Ханнык сиртэн, хайа дойдуттан ким үҥкүү тыла этэ, ким сүүрэ-көтө, туста-эриһэ кэлиэхтээҕин, ханнык сындыыс сүүрүк быйыл бастыаҕын туһунан салгыппат ыаһах саҕаланара. Сылгыһыттар аттарын баайан, кымысчыттар биэ ыан, дьахталлар салама өрөн, эр дьон сэргэ маһы суоран аа-дьуо, сыыйа-баайа ыһыахха бэлэмнэнэн бараллара. Оттон оҕо дьон итини барытын аймана, тулуйумуна-тэһийимнэ, долгуйа кэтэһэрбит.
Ити – оҕо сааспыт ыһыахтара. Оттон билигин дьон ыһыаҕы хайдах ылынарый? Кимиэхэ эрэ доҕоттору, аймахтары кытары көрсүү, кимиэхэ эрэ – айылҕаҕа тахсан аһааһын-сиэһин, кимиэхэ эрэ – көр-нар, шоу... Дьон элбэх, санаа да ол сиэринэн үгүс.
Борис Федорович Неустроев, норуокка биллэр аата – Мандар УУС, маныаха туох-ханнык санаалааҕый?
- Борис Федорович, бастатан туран, Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай балаататыгар талыллыбыккынан эҕэрдэлиибин. Балаата үлэтэ-хамнаһа чопчуланна дуо? Хайдах быһыылаахтык үлэлиэххитий?
- Уопастыбаннай балаатаҕа талыллыбыт дьон Туймаада ыһыаҕын иннинэ президенниин көрсүһүөхтээхпит. Онно Егор Афанасьевич, үлэбит-хамнаспыт сүрүн сыалын-соругун чопчулаан биэрдэҕинэ, үлэбит саҕаланар буолуохтаах.
- Бу балаатаҕа киирбит дьону төһө билэттиигин?
- Промышленнас эйгэтигэр улаханнык орооспотох киһибин, онон ити эйгэттэн киирбит дьону билэттээбэппин. Миэхэ чугас куттаах-сүрдээх, адьас чугас доҕорум Иван Иванович Шамаев бу балаатаҕа киирбититтэн олус астынным, үөрдүм. Үрдүкү түрүбүүнэттэн санаатын толору уонна иһиллэр гына этиэ дии саныыбын.
- Эн саныыргынынан, чуолаан ханнык тыын боппуруостан үлэҕит саҕаланыай?
- Туох-хайа иннинэ, былыр-былыргыттан саха омук олоҕун оҥкулун төрүттээн кэлбит тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа, дьылҕата болҕомтоҕо ылыллыаҕа дии саныыбын. Итини сэргэ киһи олоҕун саамай улахан чэрчитэ – култуура, духуобунас өттүгэр улахан үлэ барыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, үрдүк духуобунастаах, култууралаах эрэ киһи -- олоҕун бэйэтэ салайар, оҥостор кыахтаах. Омук эмиэ оннук. Холобур, дьоппуоннар төрүт култуураларын, үгэстэрин, духуобунастарын, айылгыларын тута сылдьар буолан, итинник балысханнык сайыннылар.
- Үгэстэрин ыһыктыбакка тута сылдьыылара, биир үксүн, туора омук тэпсилгэнэ буолбакка, туспа арыыга олороллоро быыһаабыта буолуо, ээ?
- Арыыга элбэх омук олорор, ол гынан баран дьоппуон курдук адьас халбаҥнаабакка төрүт култууратын тутан кэлбит омук букатын аҕыйах.
- Борис Федорович, аҥаардас духуобунаһынан эрэ үлүһүйэн бу үйэни уҥуордуохпут дуо?
- Материальнай баай уонна дуохуобунай баай бэйэ-бэйэлэрин кытары быстыспат ситимнээхтэр. Толору сайдыылаах эрэ киһи олоҕун оҥостор кыахтаах. Кэлтэгэйдии харчы эрэ туһугар умса-төннө түһэр киһи өнүйбэт. Политика даҕаны, экономика даҕаны – бүүс-бүтүннүүлэрэ духуобунас сайдыытын туһугар, ол тула үлэлииллэр. Холобур, омук тыыннаах хаалар түгэнигэр, кини бэйэтин тыла-өһө, искусствота, култуурата ураты эрэ буолан тыыннаах хаалар.
… Духуобунас диэн тылы сахалыы «айылгы» диэн этиэхпин баҕарабын. Сир-дойду айылгыта, киһи-сүөһү айылгыта, аар айылҕа айылгыта, киһи аймах айылгыта... Барыта айылгыга тирэнэн сайдар.
- Дьокуускайга Хомус кэнгириэһэ тэриллээри турар. Кыттаҕын?
- Кыттыам. Уустары сыныйан көрүөм, сүбэ-ама өттүнэн көмөлөһүөм.
- Кэнгириэс сүрүн суолтата туохха сытарый?
- Оо, суолтата адьас сүҥкэн. Бу курдук санаан көрдөххө, элбэх үгэс, элбэх айылгы күүһэ олох олордох аайы сүтэн иһэр. Мас лабаатын сэбирдэҕэ хагдарыйан, саһаран түһэрин курдук, арыычча намыһах суолталааҕа, кэмиттэн кэмигэр түһэн, суох буолан иһэр. Хомус тоҕо эрэ, ханнык да үйэ кэллин ханнык да көлүөнэ кэллин, кини сүппэтэ. Ол аата киһи-аймахха, чуолаан саха омугар, киһи «кэрэ» диэн өйдөбүлүгэр, хомус биир саамай тутаах өйдөбүл буоларын кэрэһэлиир.
- Ыһыахтар саҕаланнылар. «Ыһыах-шоу буолла» диэн этиигэ туох санаалааххын?
- Күннээҕи олохпут сиэдэрэйгэ, киэргэтиигэ наһаа наадыйар. Таас дьиэ, таас эйгэ, таас суол… Күөх, кырыс суох. Бу маннык таас, тыйыс олоҕу хайаан да сымнатар эйгэ наада. «Ыһыах» курдук тэрээһиннэри ис сүрэхпиттэн өйүүбүн. Ис хоһооно, суолтата уларыйда дииллэр да, мин итиниэхэ сөбүлэспэппин. Суолтата баар. Арай, аныгы олох ирдэбилинэн тэтимнэнэн, киэркэйэн биэрэр. Оннук да буолуохтаах. Ону мин адьас сүөргүлээбэппин. Туох барыта олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсан иһиэхтээх. Ыһыахха араас омук, дьон сылдьар. Бу – биһиги бэйэ-бэйэбитин сэргэ атын омуктары кытары «эн-мин» дэһэн билсэр-көрсөр, биллэр-көстөр түһүлгэбит. Туора харах көрүгэс. Ыалдьыттарбыт сүрдээҕин махтанан бараллар. Бэйэлэрин бырааһынньыктарыгар тэҥнээн көрөн баран, «бу саха ыһыаҕа диэн, дьиҥнээх норуот дьорото эбит» диэн этэллэр.
- Ыһыах саамай сүмэтэ – алгыс.
- Оннук. Ыһыах сүрэҕэ – алгыс. Билигин (бэс ыйыгар, от ыйын ортотугар диэри) Үрдүк Айыылар биһиэхэ саамай чугаһыыр кэмнэрэ. Бу кэмҥэ ылбыт, түспүт алгыс саамай дьайыылаах. Алгысчыт тылыгар-өһүгэр Айыылар кыттыһаннар сабыдыалын улаатыннараллар. Тыл-өс, өй-санаа тарҕанар кэмэ. Мантан атын кэмнэргэ киһи (алгысчыт) бэйэтин эрэ күүһүнэн алгыыр, ол тиийиитэ бэрт кыра буолар. Ол иһин ыһыах кэмигэр биһиги өбүгэлэрбит алгыс ылаллара. Анаан-минээн алгыс ылаары ыраахтан айаннаан кэлэллэрэ.
- Алгыс хайдах этиллиэхтээҕий? «Иһин түгэҕэр ботугуруур» диэн, сороҕор «аһара артыыстыыр» диэн алгысчыттарбытын сирэбит-талабыт, араастыыбыт…
- Бастатан туран, алгысчыт уус-уран тылы туттарынан муҥурдаммакка, алгыһы ис сүрэҕиттэн таһаарыахтаах. Ол суолталаах, ол дьайыылаах. Иккиһинэн, айылҕа ситимэ, дорҕооно буоларын быһыытынан, алгыс этээччи куолаһын тэтимэ айылҕа тэтимигэр сөп түбэһиэхтээх. Хаһыы-ыһыы, улахан дорҕоон, күргүйдээһин-көбүөлээһин, артыыстааһын эҥин тө-өрүт сатаммат! Алгыс диэн намыччы…наскыччы… холкутук, киһиэхэ барытыгар тиийэр гына этиллиэхтээх.
- Эдэр дьон алгыыллара хайдаҕый?
- Олоҕу этэҥҥэ олорбут, эрэйи-моһолу дьоһуннаахтык туораабыт, саастаах, ытыктанар киһи алгыһа ордук тиийэр.
- Алгыһы хайдах ылыахтаахпытый?
- Алгыс ылыы үгэһэ букатын симэлийдэ. Алгыс түһэр кэмигэр өйбүт-санаабыт түмүллүбэт, ыһыллаҕас. Бары атыны саныы, атыны кэпсэтэ – аралдьыйа турабыт. Өбүгэлэрбит туох баардарын барытын умнан туран, аҥаардас Үрдүк Айыылартан алгыс ылаары ис күүстэрин онно түмэллэрэ. Алгыс ытыспытынан, чэчэгэйбитинэн, харахпытынан, муннубутунан, оройбутунан сыыйыллан киирэн сүрэхпитигэр мунньуллар. Алгыс ылбыт киһи бэйэтин ис туругун бөҕөргүтүнэр, сүнньүлүүр, сүрүннүүр.
- Сүбэҥ иһин махтал буоллун.
Туйаара НУТЧИНА.
|
Views: 1590 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 53 Ыалдьыттар (гостей): 53 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|