News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Балаҕан ыйа » 3 » “Саха хоротуйар, хоро сахатыйбат” диэн эмиэ дом баар. Атыыр түргэнник тыһытыйар, тыһы хаһан да атыыр буолбат.
“Саха хоротуйар, хоро сахатыйбат” диэн эмиэ дом баар. Атыыр түргэнник тыһытыйар, тыһы хаһан да атыыр буолбат. | 13:06 |
http://uhhan.ru/publ/71-1-0-343
Хоро биистэр ааттара, төрүттэрэ
Самадьы - былыр Сах үйэтэ бүтэрэ Саханы үрдүнэн барбыт. Хоро таҥара халлааҥҥа Сэт таҥараны охсуһан хоппут. Онтон уларыйыы буолбут. Хоту эҥээргэ улахан өлүү буолбут. Саха эстэ сыспыт. Кыыл-сүөл бөҕө өлбүт сүппүт. Аһыылаах эрэ тыыннаах хаалбыт. Ону таҥара оһорор сыалтан Сахаҕа хоролору самаабыт. Ол аата: холбообут. Онон тыын салҕаабыт. Саха эстиитэ күн сиригэр олох суох буолуутун оҥорор. Саха саманан салҕаннаҕына эрэ тыыннаах олох сиргэ баар. Ол туһуттан, хоро кыыллары дьоннуун-сэргэлиин Улуу Саамай оҥорон хоту көһөрбүт. Ол саамайданыы кэмигэр Саха сиригэр кэлбит хоролор ааттара Самадьылар диэн ааттаммыт. Саамайданыы самадьылара, саамай биистэрэ. Самадьы - сахарал билиитигэр суолтата маннык. Самаа - салҕаа, сыһыар, холбоо диэн. Дьы - үс суолтаҕа туттуллар. Дьахтар, дьыл, дьылҕа. Бу үс тылга уопсай биир сүһүөх Дьы буолар. Тыл бүтүгэстэрэ атын, онон киирсибэттэр. Самаа+дьы=Самаадьы. Саҥарыллыыта: Самадьы. Нууччалыы: Самоди, самодийцы. Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2009-01-20)
Хоро-табаны кытары кэлбит хоро биистэр
Билигин баарынан. а/ Тоҥус-мончуура солоҥ бииһин уустара: Эбээн, эбэҥки. (Эбээн, эбэҥки - биир суолталаах. Сүрүн үөртэн быстан туспа, бырах, туора барыы диэн. Бу дьон төрүттэрэ Мончууралар. Былыргы сахалыы ааттара тоҥус-мончуур диэн.) Хас да аҥыы хайдаллар. Ойуур эҥээрэ - эбэҥки диэн ааттанар. Байҕал эҥээрэ - эбээн диэн. Лаамы байҕал эбээннэрэ - ламыҥха, ломуут диэн ааттаахтар. Билигин да үөрэххэ Тунгусо-манчжурия диэн сылдьар. Манна туох да мөккүөр тахсыан сатаммат. Амур өрүс анараа, соҕуруу эҥээрэ тунгусо-манчжурия диэн ааттанара, былыр. б/ Юкагир - былыргы сахалыы ааттара Дьураах бииһин ууһа. Эмиэрикэ эҥээрин быстахтара. Төрдүлэрин онтон көрдөөн булуохтарын сөбө буолуо. Дьураах диэн Юраки диэн индиэйэс бииһин ууһун быстаҕа буолуон сөп буолуо. Эмиэрикэҕэ дьураахтар суох буола эстибиттэр. в/ Саамайдар, самадьылар. (Саами, самодийцы, руск.) Хотугу эҥээргэ урут суох биис уустара. Хоро-табаны кытары кэлбиттэр. Таба дьонноро эмиэ. Улуу саамай саҕана көһөн баар буолбуттар. Сорохторо урааҥхай аҥаардаахтар. Угур-моҥул бииһигэр киирсэллэр. г/ Чукча-хоро. (Чукчи, руск.) Таба баайдаахтар, уонна Ыт көлөлөөхтөр диэннэргэ арахсар этилэр. Чукчалар Эмиэрикэ хоролорун быстахтара. Кинилэри сэргэ телеуттар эҥин диэн кыра эмиэрикэ быстахтара бааллар. д/ Үт солоҥ биистэрэ. Аҕыйах ахсааннаах былыргы мончууралар тобохторо бааллар. Амур өрүскэ. (Нанай, бирар, гольд, орочон, ольча орочи, ороки, негда, самагир, килэ, аси эҥин диэннэр. Таба дьоно сүрүннээн итинниктэр. Саха сиригэр кэлбит хоро-таба дьоно баччааҥҥа диэри сүгүн сахатыйбакка сылдьаллар. Сахалыы билэллэр уонна баран солоҥ хоро буолалларын ыһыкта иликтэр. Инньэ гынан Сир иччитин кытары утары харсаах майгы үөскээн сылдьар. Тоҥустар Эбэҥки дьылҕаларын абааһы көрөллөр. Быстан-ойдон туора сылдьалларыттан санааргыыллар. Ол иһин кинилэр истэригэр былыргы мончуура саҕанааҕы олохторун ахтар майгы истэригэр ытыы сылдьар. Саха сиригэр бэйэлэрин хоролуу олохторун сиэрин тарҕата сатыыр майгылара уурайбат. Саха сиригэр хоро майгытын киллэрэн тарҕата сатааһын Сир Иччитин майгытын утары барыы буолар. Онон харсаах бөҕө. Биир өттүнэн өйдөнүллэр. Таба дьоно эстиэхтэрин баҕарбаттар. Итини этэллэр: Хоро хаһан да сахатыйбат диэн. Хоро-таба дьоно тайаан сытар сирдэрэ таба ханна баар да үксүгэр бааллар. Табаны батыһа сылдьар дьон. Сүрүннээн Эбээннэр - Муустаах байҕал, Лаамы кытыытынан, Илин Сунтаар хайаларынан олороллор. Ойуур табатын дьоно эбэҥкилэр; Өлүөхүмэҕэ, Бүлүү баһыгар, Аллан баһыгар, аҕыйах түһэргэн Анаабырга, Өлөөҥҥө, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Дьааҥыга бааллар. Манна этиэххэ наада. Табаһыт ураанхайдар эмиэ бааллар. Табаһыт Урааҥхай элбэх. Саха сириттэн саҕалаан инньэ Хакассия, Тува, Тофалария, Алтайга тиийэ. Ол төрдө биллибэт. Саха Уу кэминээҕи табата былыр эстибит. Муостарын булаллар. Онтулара улахана сүрдээх. Саха табата хоро-табаттан төһө эмит улахан эбит. Ол табаны Сах үйэтигэр көлүнэ сылдьыбыттара эбитэ дуу, хоро-таба кэлбитин кэннэ көлүммүттэрэ дуу? Кыайан үөрэтиллэ илик.
http://uhhan.ru/publ/71-1-0-342
Хоро-тайаан (Хори-дайн, Хоридой) уонна Тоҥус-мончууралар
Тоҥустар тустарынан маннык үһүйээн баар. 1974 сыллаахха Тохсунньу ый бүтүүтүгэр кыһыҥҥы уһун өрөбүлбэр дьиэбэр бараары, Иркутскай куорат пуордугар киирдим. Ньурбаҕа көтөр билиэттээхпин. Онтум Ньурбаҕа тымныы тумана буолан хаайтарыы буолла. Икки хоннубут. Онно төттөрү-таары тэйбэҥнии сылдьан Үөһээ Бүлүүгэ күтүөт буолан олорор Тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар суоппардыыр сахалыы билбэт тоҥус уолун көрүстүм. - Дорообо. - Дорообо. Хантан иһэҕиний? - Дьиэбэр Красноярскай кыраай Өкүндүтүгэр бара сырыттым. Онтон кэлэн иһэбин. Хаайтара сылдьабын. - Мин эмиэ, Үөһээ Бүлүүгэ бара сатыы сылдьабын. Оннук нууччалыы-сахалыы балкыһан ону-маны кэпсэттибит. Киһим Эбэҥкибин. Сахалыы саҥа билэн эрэбин. Эбэҥкилии билэбин, эҥин диир. Онно-манна баран хаамыталыы түһэн баран кэлбитим киһим таһыгар биир киһи олорбут. Тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ күлсүү-салсыы буолаллар. Чугаһаан истибитим атын омук тылынан кэпсэтэ олороллор. Үөрбүттэрэ сүрдээх. Мин мэһэйдээбэккэ истэн турдум. Эбэҥкилэр эбит. Эбэҥкилии кэпсэтэллэрин сэрэйдим. Ахтыспыттара бэрдин иһин, миэстэбиттэн туруорбатым, баран табахтаан эҥин кэллим. Уһуннук сырыттым. Кэлбитим. Дьонум хамсаабатахтар. Кэпсэтии бөҕө. Хайдах хаама сылдьыахпыный? Тиийэн, бу, мин миэстэбэр олорбуккун, диэтим. Онно хап-сабар туран биэрдэ. Баран таһаҕаһын аҕалла. Ол үрдүгэр олорон кэбистэ. Билистибит. Киммин эрэ диэтэ. Кытайдыҥы араспаанньаны ааттаата. Хайа эрэ наука кандидатабын, диэтэ. Аатын саныы сатыыбын да умнан кэбиспиппин. Хаайтара сытар дьон тугу гыныахпытый? Ыаһахтаһан кэпсэтии бөҕө буоллубут. Онно бүтүн олохпор билбэтэх, түһээн да баттаппатах тоҥустар тустарынан кэпсээни истибитим. Киһибит сахалыы ыт да диэни билбэт. Нууччалыы кэпсэттибит. "Амуртан төрүттээхпин. Владивостокка олоробун үлэлиибин. Доктор диссертациятын суруйа сылдьабын. Онно матырыйаал хомуйабын. Икки-хас сылынан көмүскүөхтээппин.” - Хантан иһэҕиний? - Сибиири барытын эргийэн иһэбин. Тоҥустар былыргы үһүйээннэрин суолун батыһабын. Билигин Саха сиригэр барабын, диэн буолла. - Бу Өкүндү эбэҥкитин көрсөн үөрдүм. Кэпсэтэ олоробут. - Хайа, ол, өйдөһөҕүт дуо? Дьоннорум эбэҥкилии кэпсэтэн сардырҕатыһан бардылар. Хардырҕаччы кэпсэтэллэр. Мунаарыы ханан да көстүбэт. Өйдөһүү кытаанаҕа эбит. - Мин Амуртан сылдьабын. Бу киһи Бүлүү баһыттан сылдьар. Бэйэбит тылбытынан маньчжурдуу кэпсэтэбит, тылбытыгар туох да ураты суох. - Эһиги Маньчжурияҕа Саха сириттэн хаһан эрэ бардаххыт, диэтим. Киһим өһүргэннэ. Сырайа "мордьос” гына түстэ. Оннук буолбатах. Маннааҕы эбэҥкилэр Манчжурияттан манна кэлбиттэрэ. Дьэ уонна кэпсээтэ. Онто маннык: Туох эрэ диэн былыргы үһүйээннээх этэ. Олоҥхо дуу, тойук дуу курдук хоһоонунан суруллубут. "Хоридайн” диэн ааттыыр этэ. Манна барыта сурулла сылдьар. Ону үөрэтэбин. "Хоридайн”, "Хорайн” диэн хоро-таба орто үйэлэргэ Хоро таҥара ыйааҕынан тайаан сытар ыырын уларыппыт. Соҕурууттан хоту кэлбит. Хоро-таба тайаан сытар сирин уларытыыта Хоро-тайаан, "Хоридайн” диэн ааттанар. Хоро-таба диэн биллэр. Тайаан - диэн ареал миграции диэн. Оттон "Хорайн” диэн сахалыыта "Хоро айан” диэн буолар. Хоро таба тайаан сытар сирин уларытарыгар айаннаан уларытар. Ол хоро-таба айана диэн буолбакка туох буолуой. Кыыл тайаан сытар сирдээх буолар. Таба тайаана туспа. Тайах тайаан сылдьар сирэ туспа. Киис киэнэ эмиэ оннук. Куобах тайаана олох ураты. Барыта тус-туспа. Ол өйдөнөр. Кыыл ол тайаанын иһигэр төттөрү-таары мэйдэнэ сылдьар ыырдаах. Ону сахалыы Мэйиидэ диэн ааттанар. Мэй уонна идэ диэн икки тыл сылдьар. Холобур. Таба саас аллара үрэх төрдүгэр түһэр. Күһүн үөһэ тахсар. Хоро-таба тайаанын уларытыыта орто үйэлэргэ буолбут. Онно хоро-таба айана "Хоро-айан” диэн 15-16-с үйэ саҕаланыытыгар. Бастаан илин Мончуураттан хоҥнубут. Хоро-таба баһылыга атыыр таба буолбат. Үөрү хоро-таба диэн тыһы таба сирдиир. Оннук хоро-таба биир эмэ буолар түбэҕэ. Таба бары ол табаны батыһар. Маныы сылдьар. Ол иһин хоро-таба диэн ааттанар. Таба Ийэ ууһа. Хоролуу. Тыһы таба сирдьиттээх. Биир оннук таба тайааны уларытар сорудаҕы таҥараттан ылбыт уонна айаны саҕалаабыт. Инньэ гынаатын кытта таба барыта хоро табаны батыһан барбыт. Хоро таба бастаан илинтэн тус арҕаа түспүт. Инньэ гынан Мончуураттан хоту Монголунан, Бүрээттэринэн, Алтайынан, Туваннан инньэ Ураал хайатыгар тиийэн анньыбыт. Сити кэмҥэ уоптара; Мончууралар Монгуоллары сэриилээн ылан бэйэлэригэр холбоноллор. 300 сыл кэриҥэ хам баттаан олоролор. Ити хоридайн кэмэ. Ол 16-с үйэ. Тоҥустар, кыыл айаннаата диэн табаларын сырсыы буолбут. Тохтообут сирин аайы түһэргэн түһэрэн дьон хаалларан, сорох сирдэргэ таабыр тэрийэн дьон хааллартыы-хааллартыы Хоро-табаларын батыһан хоро-айанын айаннаан Ураалга тиийбиттэр. Онно тиийэн Хоро-таба тохтообут. Табалар арҕаа диэкки хайыһан салгыны сытыргыыр үһүлэр. Ол Ураал анараа өттүгэр лабыкта үүммэт. Онон сирин сытын атыҥыраан турбуттар. Хоро табаны тулалаан сылдьыбыттар. Хоро-таба хамсаабакка бэрт уһуннук турбут. - Таҥара суол биэрэ илик, ол иһин турар, диэн ойууннара көрүүлэммит. Дьэ, оччоҕо таҥараттан көрдөһөн Хоро эргииринэн хоро-таба уҥаттан-хаҥас диэкки бардын, Ураалтан соҕуруу диэкки түстүн, диэн Улуу Хороҕо сиэр-туом оҥорбуттар. Оччоҕуна сотору дьиэлэригэр Мончуураҕа эргийэн тиийиэх баҕалаах үһүлэр. Биир сарсыарда туран көрбүттэрэ хоро-таба соҕуруу халлаан диэккиттэн сыт ыла турар үһү. Ону хамнаары гынна диэн кэтэспиттэр. Хоро-таба баһын булкуйан иҥиэттэн баран хаҥастан-уҥа эргийэн хотуну сымарҕаабыт да тус хоту түһүнэн кэбиспит. - Оо, хоро-таба Хоро эргииринэн барбата. Хаҥастан-уҥа Саха эргииринэн барда. Биһигини тус-хоту ыарахан эбээн дьылҕалыыр буолла. Эбээн - туора барыы диэн. Тоҥус тылыгар оннук. Ол аата сүрүн үөртэн араҕан бырах, быстан-ойдон барыы диэн. Хоро-Мончуураттан араҕан хоту Саха сиригэр олорор кытаанах ыйаах тоҥустарга тирээбитин билбиттэр. Хоробут уурайан эбээн дьылҕаланан сахатыйар буоллубут. Ийэ Кыылбыт биһигини сахатытта, диэн ытаспыттар үһү. Кыыллара Ураал хайатынан Хотугу Муустаах байҕалга аҕыйахта үктээн тиийбит. Онтон сорох таба араҕан Финляндия диэкки түспүт. Хоро-таба Муустаах байҕалы кыйа аны тус илин түспүт. Үс Улуу Эбэлэри (Обь, Енисей, Лена) туораан туох баар сис хайалары туора өттүнэн быһа көтөн Лаамы байҕалыгар тиийбит. (Охотскай муораҕа). Онтон соҕуруу түһэн Күн эргииринэн айаанынан, Үт сиринэн Мончууратыгар төттөрү тиийэн тайаанын эргиирин түмүктээбит. "Хоридайн” ону кэпсиир үһү. Бу кэпсиир киһи карталаах этэ. Онно хоро-таба тайаанын хоро-айана ойуулана сылдьара. Онно хаалбыт нэһилиэктэр, мончуура-тоҥус биистэрин олохторун барытын бэлиэтээн илдьэ сылдьара. Элбэҕи кэпсээбитэ. Арҕаа баар тоҥустар атын омуктарга суураллан тылларын билбэт буолбуттарын. Сорохторо эрэ билэрин, Мончуураттан тардыылаахтарын билэллэрин, табаны кытары кэлбиттэрин этэллэрин туһунан кэпсээбитэ. - Олору кэрийэ сылдьабын. Билигин Ньурбаҕа баран иһэбин. Онно баар тоҥус суолун ырытыам. Бэйэм бу бэлиэтээн сылдьабын ханнык нэһилиэктэр тоҥустуу ааттаахтарын, диэн көрдөрбүтэ. Онно Ньурба улууһугар Убайааны, Ньурбачааны, Чаппаҥданы бэлиэтэнэ сылдьарын өйдүүбүн. Билиҥҥим буоллар сиһилии көрүөм этэ. Оччотооҕуга - наада суох. Суолга хаайтаран олорон сэлэһии. Бириэмэни ыытаары. - Хоридайн суола Бүлүүннэн барар, диэбитэ. Тоҥустар суолларын батан кэрийэн, бу, үһүс сырыым. Аны биирдэ Чукотка, Магадан диэкки бара сылдьыам, диэннээх этэ. Оччотооҕуга наадыйбат уонна билбэт буолан ааххайыллыбатаҕа. Кэлин итини майгылыыр кэпсээни Курбуһах Окоёмовкатыттан сылдьар Окоёмов диэн "Тыла суохтар уопсастыбаларыгар” кулуупка режиссер киһи баар этэ. Оонньуулары тыла суохтарга анаан туруорар киһи этэ. Ол киһи "Хоридайны” майгылыыр кэпсээннээх этэ, эмиэ. "Окоёмовка” нэһилиэгин төрдүн ууһун туһунан кэпсии олорон. - Биһиги төрдүбүт тоҥус түһэргэнэ. "Халлаан уолаттара” диэн ааттанар төрүттэрдээхпит. Табаннан Курбуһахха, халлаантан түспүт курдук, биирдэ баар буола түспүттэрэ үһү. Онно Тоҥус суола диэн ааттаан тоҥустар Улуу Саамай кэмигэр Бүлүүннэн кэлбиттэрин, Аллан айаҕынан өрө тахсан Курбуһахха тиийбиттэрин. Курбуһахтан икки-үс аҥыы араҕан, сорохторо Бүлүү диэкки төннүбүттэрин, сорохторо Дьааҥы хайатынан Сунтаар хайатын нөҥүө илин Лаамы муоратын диэкки барбыттарын, сорохторо Алланы өрө батан Учурунан дойдуларын быспыттарын кэпсээбитэ. Онтон хаалбыттар биһиги Окоёмовтар төрүттэрбит, диэбитэ. Онно Иркутскайга 1974 с. кэпсээбит мончуура кэпсээнин кытары 1991 сыллаахха Окоёмов кэпсээнэ сөп түбэһэр, этэ. Ону сөҕө санаабытым. Тоҥустан төрүттээх сахатыйан да баран төрдүн ыһыктыбат эбит, диэн. "Удьуор көппөт” сахалар этиилэрэ. Удьуоргун талбаккын. Инньэ гынан саамыланан, саамайданан аан дойдуну барытын эргийэн баран, хоро-табалаах саамай мончуура тоҥустара хойутаан Элиэнэ сирин булбуттар. Арҕааттан түһэн киирбиттэр. Бүлүүнү бата. "Саха хоротуйар, хоро сахатыйбат” диэн эмиэ дом баар. Атыыр түргэнник тыһытыйар, тыһы хаһан да атыыр буолбат. Хас уон үйэ сахатыйбыт тоҥустар дойдуларын Мончуураны билиҥҥэ диэри дууһаларыгар ахта сылдьаллар. Ааспат ахтылҕан истэригэр олорор. Киһи киинигэр кирдьик баар. Ханна да буоллун тоҥус-мончуура Ийэ дойдутуттан ийэ-кыылын батыһан эбэҥки, эбээн буолан бырах, быстах, туора барбытын абата дууһатыгар баар. Уонна баран, Мончуура бииһэ кырдаайы курдук, элбэх этэ да, барытын Кытай ыйыстыбыта. Билигин Мончуура умнуллан сыта да суох буолла. "Үрүллүбүт хабах тэстэр.” Мончууралар орто үйэлэргэ ааһа буолбуттар. Кытайы, Индияны, Монголияны барыларын сэрилээн ылбыттара. Табаны батыһан сири-сибиири бараабыттара. "Ыһыллыбыт ыйытыктанар, тарҕаабыт таабырыннанар”. Таҥара ыйааҕа. Ыһыллан хаалбыт симэлийэр. Тарҕанан хаалбыт суураллар. Ол кырдьык. Мончууралар остуоруйаларын ким да үөрэппэт. Мончууралар Кытайы кытай гыммыт биис уустара. Тоҕо Мончуура остуоруйата оҕону үөрэтэр үөрэххэ суоҕуй? Ол төрүөтэ Кытай тойоно Мао-Цзя-Дун уонна И. Сталин кэпсэтиилэригэр сытар үһү. Кытайдар И. Сталинтан көрдөспүттэр. Мончуура остуоруйатын үөрэппэккэ Кытай Народнай Республикатын остуоруйата диэн ааттаан үөрэтэргэ. Тоҕо? Биһиги Мончууралары кытта былыр-былыргаттан сэрии бөҕө буолабыт дии. Ону хайдах сотобут? Мончуура остуоруйатын үөрэтии Улуу Кытай омугун остуоруйата суох гынар. Улуу Кытай омуга кулут омук буолара көстөн тахсар. Мончуура омуга баһылык буолара биллэн кэлэр. Ол дьиҥнээх уонна кырдьык. Уонна баран, Кытайы омук быһыытынан түһэрэр кырдьык. Кытайы буор сырайдыыр. Ол Кытай кэнчээри ыччатын хомуньуустуу иитиигэ омсолоох, диэн буолбут. Мончуура остуоруйатын Кытай омугун остуоруйатын нөҥүө үөрэтиэххэ диэн буолбут. Оннук ньыманы туттан Кытай Мончууралар остуоруйаларын "Ам” гынан ыйыстан кэбиспитэ. Кытай тыһы сэбэ оннооҕор буолуоҕу ыйыстан "Ам” гыммыта. Билигин ыйыт дьонтон. Мончуура остуоруйатын туһунан. Билэр баарын саарбахтыыбын. Кытайы ыйыт. Бары билэллэр. Остуоруйаҕа Кытай кулут омук курдук көстүбэт. Кытай тойон омук курдук көстөр. Ол оннугар Улуу Мончуура ханна да суох. Кытай соттуга буолан көстөр. Мончуура туһунан Кытай тылын нөҥүө билэҕин. Хор, оннук. Хоро итинник. Дьахтар дьаабыта, тыһы тыыхайа. "Бытыылката суох быһаарыллыбат дьыала”. Хааһы да саламаат. Саха сиригэр хороҕор муостаах хоро-таба тоҥустара, ынах-сүөһү хоролоро кэлиилэригэр сахалары кытары кыргыс үйэтэ буолбута. "Кыргыс үйэтин саҕана” диэн уос домоҕо баар. Тоҥустары кытта кыргыһыы туһунан үһүйээн элбэх. Батары сааллыбыт охторун ырбата соторутааҥҥа диэри баара. Ити орто үйэлэргэ буолбута. Тоҥустары кытары кыргыһы кыыл, хоро-таба, сылгы, ынах-сүөһү бэйэлэрэ тохтоппуттара. Таба үөнү-көйүүрү, күлүмэни тулуйбат. Онон аллараа арал сиртэн куотан хайа үөһэ чыыстайга тахсан биэрбит. Аллараа алаарга, аралга, алааска сылгы-сүөһү хаалбыт. Ол тоҥус уонна саха олоҕун арааран үллэрэн биэрбит. Тоҥус үөһэ үрэх бастарын батан табатын көрөн олорор. Саха аралга олорор. Таҥара кыыла барахсан, оннук. Оннооҕор кыргыһы тохтотор. Онтон атын кыргыс тохтуо биллибэт этэ. Онтон бэттэх үрэх баһыгар таҕыстыҥ да "тоҥустуйуу” диэн буолар. Үрэх төрдүгэр аллараа алаар аралыгар киирдэххинэ "дойду сиргэ” сахатыйыы диэн буолар. Билбэтим тоҕотун? Тоҥус-мончуур "Хоридайн” уонна "хорайн” хоро таба тайаанын уонна айанын туһунан сэһэнигэр муҥура суох итэҕэйэбин. Итиннэ кыларыйар кырдьык сылдьар. Билиҥҥи үөрэхтээхтэр дойҕохторун ахсарбаппын. Онно үксэ сымыйа. Кус-хоро билиитин куба-лахсыыра.
Тоҥус-мончуура хоролор
Хоро - халлааҥҥа таҥара аата. Саха таҥарыны охсуһан хоппута үһү. Имсэтин тобуруота (-). Соҕурууҥҥу эҥээр бүүс-бүтүннүү Хоро эҥээрэ. Хоро таҥара кыылларыгар Хоро муостаах барыта киирэр. Хороҕор муостаах сүөһү, таба, тайах эҥин. Ити хоту дойду кыыллара буолбатах. Саха кыылларыттан Муус буһук кэмигэр кыыл барыта кэриэтэ өлбүт. Аһыылаахтар эрэ хаалбыттар. Ол иһигэр сылгы. Былыр Саха сиригэр баар муостаах кыыллар бары өлбүттэр. Муус Буһук илдьэ барбыт. Ол кыыллар хороҕор муостаах дэммэттэр. Ураа муостаах дэнэллэр. Ураа муос уонна хороҕор муостаахтар атын-атын тардыылаахтар. Ону булкуйбат наада. Таба дьиҥнээх аата: Хоро-таба диэн. Тоҥустуу Хоро диэн. Саха сирин төрүт кыыла буолбатах. Саха сиригэр кэлии кыыл. Ол иһин хоро. Хоро-табаны көрөөччү дьон хоро-мончууралар диэн ааттаналлара. Билигин эбээн-эбэҥки буоллулар. Туора барыы, бырах сылдьыы, быраҥалар диэн тылбаастаах. Ол аата Мончуураттан сүрүн киип үөрдэриттэн араҕан, кыылы батыһан бырах, быралгы, бырадьаак, туора барбыт дьон диэн суолталаах. "Саха сиригэр урут саха суох этэ. Тоҥус-хоролор бааллар этэ. Ону соҕуруу Улуу Хоро сириттэн кэлбит сахалар Тоҥус хоролору үүртэлээбиттэрэ” диэн баар. Сахалар диэн соҕуруу хоро сириттэн кэлбит хоролор үһү. (!?) Итинник өйдөбүлү соҥнууллар. Бу таҥнары дом. Саха хаһан да хоро буолуо суоҕа. Саха эр киһи. Хоро - дьахтар. Эр киһи хаһан да дьахтар буолбат. (+) уонна (-) курдук. Хоро - соҕуруу эҥээр. Саха - хоту эҥээр. Хоро табалаах тоҥус-мончуура хорото дьиҥнээх Саха сирин сахата диэн буолар. (!!?) Мончуура хаһан даҕаны саха буолбатаҕа. Мончуура - Хоро. (Көр. Корея - Манчжурия сороҕо. Корея - Хори, кори диэн аат сылдьар.) Хоро буоллаҕына хайдах саха буолуой? Сатаммат. Саха диэн Ийэ сир хоту эҥээрин аата. Илин саҕахтан арҕаа саҕахха диэри. Сир хоту эҥээрин илин өттө ураанхай-сах диэннэр. Сир хоту эҥээрин арҕаалата-хоту өттө Угур-сах диэн. Сир хоту эҥээрин арҕаа орто өттө Ур-уоп-сах диэн буолар. Үс Саха диэн буолла. Саха сиригэр сахалар олороллор. Ол сөп. Урааҥхай-сах өттүгэр Босхо бастаах бороҥ урааҥхай-саха биистэрэ олороллор. Угур-сах өттүгэр Түөнэ Моҥул угур-саха биистэрэ олороллор. Ур-уоп өттүгэр Саар уруоп-саха биистэрэ олороллор. Үс Саха - ур-уустар диэн ааттаналлар. Үһүөн холбоон уруусах диэн буолаллар. Үс Саха кута-сүрэ аһыылаах кыыл, сылгы буолар. Итэҕэллэрэ: Аҕа Өһүк (Ата-өзүк, тюрк. Отче-язык, руск.) Хоро диэн Ийэ сир соҕуруу эҥээрин аата. Илин саҕахтан арҕаа саҕахха диэри. Сир соҕуруу эҥээрин илин өттө Нүкэн-хоро диэн ааттанар. Сир соҕуруу эҥээрин орто арҕаа өттө Аан-араабы-хоро диэн ааттанар. Сир соҕуруу эҥээрин соҕуруу өттө Үөдэн түгэҕэ диэн ааттанар. Үс Хоро буолла. Сир соҕуруу эҥээрин биистэрэ Үс Хоро-хаан, (Уч Курыкаан, руск.) диэн ааттаналлар. Хоро сиригэр хоролор олороллор. Ол сөп. Хоролор үс аҥыы хайдаллар. Илин өттүгэр Хормуста таҥаралаах, (хоро муостаахтар, кэрбээччи, сылаҥ, луо куттаахтар киирэллэр). Үс Нүкэн хоролоро бааллар. Хоро муостаах-таба дьоно тоҥустар, Хороҕор муостаах сүөһү дьоно хоролор, кэрбээччи, көтөр куттаах кэриэй-хоро, (Корея-хори диэн тыл сылдьар.) луо, сылаҥ, күлгэри куттаах кытай биистэрэ бары, сылгы, хой-хоро куттаах аныгы монгуол-бурут биистэрэ киирсэллэр. Улуу Хоро сирин арҕаалата хоту эҥээригэр Хоро-аан биистэрэ олороллор. (Ааттара муҥура суох элбэх. Хороссан, Хорутан, хоро-аан, хорезм, хурит, хорват, хорутан, руск.) Балар үксүгэр оҕус, сараһын, көтөр кус-хоро куттаахтар. Биир холбуур тыллаахтар. Аан диэн. Аан - ийэ аана. Дьахтар сэбэ. Киһи төрөөн түһэр аана. Бары античнай дойдулар диэн ааттаналлар. Аан-уустар. Улуу Хоро сирин соҕуруу эҥээрэ Үөдэн түгэҕэ диэн ааттанар. Үөдэн - дьахтар сэбин бастакы аата. Манна эмиэ сараһын, күлгэри, үөн-күрдьэҕэ куттаах таай хоро-биистэр олороллор. Индия, Пакистан, Вьетнам, Таиланд эҥин. (Сарацины, руск.) Үс Хоро-хаан биистэрэ итинниктэр. Сир һаарын хоту эҥээрэ Саха таҥараҕа тиксибит. Онон аата Саха. Сир һаарын соҕуруу эҥээрэ Хоро таҥараҕа тиксибит. Онон аата Хоро. Саха буоларыҥ, Хоро буоларыҥ олорор сиргиттэн, үөскээбит тардыыгыттан тутулуктаах. Хоту олорор буоллаххына - саха, ур буолаҕын. Соҕуруу олорор буоллаххына - хоро, аан буолаҕын. Тоҥустар толору ааттара Хоро-табалаах тоҥус-мончуур хоро биис диэн. Ааттара бэйэтэ ыйа сылдьар. Хоро-таба хоту эҥээргэ кэлбит кыыл. Сах үйэтин саҕанааҕы ураа-туора муостаах таба Муус Буһукка эстибитин кэннэ солбуйбута. Ону киһи бары билэр. Хоро муостаах хоро кыыла буолара чопчу. Тоҥус диэн аныгы Тоҥ үйэ киһитэ. Былыргы Сах үйэ киһитэ диэн буолбатах. Мончуура диэн үөскээбит олорбут сирдэрэ. Нууччалыы Манчжурия диэн. Билиҥҥи Кытай илин өттө. Амур өрүс соҕуруу эҥээрэ. Манчжурия хайдах Саха сирэ буолуоҕай? Буолбат. Саха сирэ Амур бэтэрээ өттө Үт өттө - Хоро. Уонна хайаан, хоро-таба тоҥус-хоро саха буолуой? Таах, лахсыыр. Хоро муостаах Хормустаа хоролоро төрүт саха этилэр, диэн, эмиэ, куба лахсыыр. Дьахтары эр киһи диэбит курдук. Оннук буолбат. Маны хайа баҕарар сурукка ааҕан булуохха сөп. Тоҥус сахабын диэн хаһан да саҥарыа суоҕа. Соҕурууттан төрүттээҕин билэр. Онтун иһигэр тута сылдьар. Удьуор хаһан да көппөт. Өрүү хааҥҥар баар. Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2009-01-20)
Бүлүү Туобуйа аартыгынан Аанньааҕынан киирбит Хоролор
Хоролор кэлиилэрэ Улуу Хоро аартыгынан эрэ буолбакка Бүлүү Туобуйа аартыгынан эмиэ кэлбиттэр. Бүлүү сүнньүгэр хоролор бааллар. Киин улуустартан уратыта диэн Бүлүү хоролоро улуус аайы тутуһан бэйэлэрэ туспа бүөмнээн олорор сирдээхтэр. Киин улуустарга тумаланан, туматыйан суураллыы элбэх. Бүлүү сүнньүгэр оннук буолбатах. Хоролор билиҥҥэ диэри үксүгэр кэлимсэ олороллор. Сахатыйан бүппүттэрэ ыраатта. Буолан баран; "Удьуор көппөт.” Хантан төрүттээххин, ол тардар. Сунтаар кус-хоролоро. Кус-хоролор диэн ааттаналлар. Кутан көтөр им-бэлиэлээхтэр. Чөллөй олорор сирдэрэ: Элгээйи-хорото, Күүкэй-хорото, Кутан-хорото. (Күүкэй Күндэйэ хаҥаластарыгар кыттыспыт. Күндэйэ хоро аҥаардаах хаҥалас.) Үөһээ Бүлүү кус-хоролоро. Күнээҕи хорото. 1-кы хоро. Сунтаар Кутана-хоротугар киирсэрэ. Үөһээ Бүлүүгэ хоролор Сунтаар диэккиттэн кэлбиттэрэ биллэр. Кииннэрэ Кутана Хорото эбитэ үһү. Иккис хоро. Билигин Оҥхой диэн буолан турар. 3-с хоро. Чиллэ, Сис мэйигин хорото. Ыһыллан сорҕото Мэйик диэн буолан турар. Ньурба хоролоро. Ньурбаҕа хоролор бааллар. Үөдэй, Торбуох-Чиллэ хорото. Чаппаҥда, Убайаан, Ньурбачаан, Дьиикимдэ, Хорула, (сороҕо дьаархан). Ньурбаҕа хоролор сахалары кытары булкуһа олорон хаалбыттара элбэх. Киин улуустар курдук. Ол иһин киэҥ Ньурба диэн буолар. Дьалхааннаах дойду. Алын Бүлүү хоролоро. Алын уонна орто Бүлүүлэргэ хоролор эмиэ Ньурба курдук булкуһан хаалбыттар. Чөллөй олорон ааттаммыт сирдэрэ Өкүндү, Лөкөчөөн (өргүөт нэһилиэгэр киирэр. Үөһээ Бүлүү Өргүөтүн кытары биирдэр.) Үгүлээт (Үгүлээккэ биир аҕа ууһа тоҥус баарын истэр этим. Чорду диэн. Чордулар диэн Бөтүҥ аҕатын ууһа. Дьиҥэр, тоҥустарга туох да сыһыана суохтар. Ону Чордулар эбээннэр этэ, диэннэр Үгүлээттэр эбээн буолбуттара иһиллэр. Кэлин Чордулар чордонон суох буолбуттар. Уоннааҕы Үгүлээт аҕа уустара Үөдүгэй Кэнтигин, Ороһу дьаарханнара арахсан наахара буолбуттара. Уонна хадан хатыҥы кыбытыктаахтар.) Хоро буолан тыһытыйа сатыы сылдьар Саханы туох диэххиний? Киһи ким буоларын талара бэйэтин үтүө көҥүлэ. Урут оннук буолбатах этэ. Хайа омукка төрүүрүн киһи талбат. Өлүөхүмэ Хорото. Өлүөхүмэҕэ хоро элбэх. Манна холобурга эрэ аҕалабыт. Өлүөхүмэттэн Үөһээ Бүлүүгэ кэлэр Туобуйа суолун кытыытыгар баар Хоро нэһилиэгэ. Ону кытары хоро-таба дьоно - эбэҥкилэр.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Үт, Айаан аартыгынан кэлбит хоролор
Амма сиригэр Улуу Саамай кэмигэр Амгын, (Амгунь) хоролоро диэннэр Айаан аартыгынан киирбиттэр. Биллэринэн, Аммаҕа үс хоро нэһилиэгэ баар. Сулҕаччы -1-кы хоро. Абаҕа - 2-с хоро. Соморсун - 3-с хоро. Ахсааныгар баҕар сыыһалаах буолуо. Маны таһынан Алтан-Моорук эмиэ Хоро төрүттээх курдук. Мэҥэ-Хаҥаласка тиийэ. Омоҕойдор сорохторо курдуктар. Соҕуруу Амгын төрүттээх хоролор соҕуруу Айаан айаҕынан киирэн сахалар быыстарыгар олоҕурбуттар. Оччолорго да, кэлии дьону сахалар атаҕыргаталлар эбит. Сири сахаларга биэрэллэр. Хоролорго биэрбэттэр. Онон хоролор сахаларга сыһыннахтарына эрэ саха ахсааныгар киирэн сирдэнэллэр эбит. Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан кэлбит сахалар Сулҕаччыны олохтообуттар. Кэлээт сир ыйдаран ылбыттар. Чурапчы диэкки салгыы тахсан Салҕаччы нэһилиэк олохтообуттар. Бу түбэҕэ мээнэ сирэ суох сылдьар хоролор Боотулууларга кыттыспыттар. Онон Бооту-луулар хоролорунан салҕаммыттар. Боотулуулары салҕааччы хоролор боотулуулартан элбэхтэрэ үһү. Боотур улууһа Аммалартан арахсалларыгар Салҕаччы нэһилиэгин былдьаһан сирин-уотун суллаан, суйдаан киирэн барбыттар. Салҕаччы сирэ-уота сулланан кыччаан, кыараан Сулламмыт сир-дээх Сулҕаччы буолбут. Сир былдьаһыга Сулҕаччы уонна Чурапчы икки ардыгар билиҥҥэ диэри умуллубакка бара турар үһү. Чурапчылар Салҕаччы сириттэн салҕаммыттар, сулҕаччылар сирдэрин суллаппыттар. Сорохтор күүс өттүнэн, кыргыһан сири былдьаһан ылаллар эбит. Холобур. Бөрө Бөтүҥнэр Намтан Аммаҕа тахсан баран Наахаралартан икки-үс төгүллээн кыргыһан сир ылан билигин Аммаҕа Бөтүҥ нэһилиэгэ баар. Бастаан наахаралары кытары уруурҕаһан дьахтар бөҕөнү ойох ылан сыста сатаабыттар. Онтулара табыллыбатах. Наахаралар сир биэрбэт үһүлэр. Онтон кыргыһан сир таһаарыммыттар. Аммаҕа кэлбит хоролор атааны-мөҥүөнү сөбүлээбэккэ сорохторо кэлэн баран дойдуларыгар төннүбүттэр. Соморсуннар, сураҕа, бу хойукка диэри туох эмит буолла да, дойдуларыгар күрээри оҥостор сурахтара иһиллэр этэ.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Дьуорту-хоролор
Дьуорту, (йорту, ойрат, руск.) Сахалыы Дьуорту хорото. Уус Аллаҥҥа баар. Билигин Суотту диэн буолан турар. Дьуортулар элбэхтэр. Билигин ааттарын илдьэ хаалбыт Дьуорту (Суотту), Дьуорту хорото, Курбуһах дьуорту, Бороҕон-дьуортулар диэннэр бааллар. Сахалары кытта кыттыспыт ааттара: Бороҕон-Дьуорту диэн. Бороҕон диэн сахалыы: Уҥа эҥээр диэн. Киһи уҥа өттө. Өрүс уҥа өттө бороҕон диэн ааттанар. Сөбө-бороҕон диэн эр киһи кырдьыга. Уҥа өрүт эр киһи киэнэ. Бороохтуйар бороҕон өттүҥ. Хаҥас өрүт дьахтар өттө. Дьэгин сылаабай өттүҥ. Дьуорту диэн хоролор ааттара. Нууччалыы: йорту, ойрат диэн. Киэҥник ылар буоллахха билигин Уус-Аллаҥҥа баар Лөгөй бииһин ууһа барыта. Сыҥаахтан саҕалаан, Сүүрдээх Дүпсүҥҥэ тиийэ бары Дьуорту Хоро төрүттээхтэр ахсааннарыгар киирэллэр. Дьуорту хоролор ахсааннарыгар Түмэт биэс нэһилиэгэ киирбэт. Олор: Өнөр, икки Өспөх, Түүлээх, Бээрийэ сороҕо, Ьэйдиҥэ сороҕо. Ону сэргэ: Бэрт ууһа киирбэт. Сыырдаах диэкки нэһилиэктэр. Байаҕантайдар киирбэттэр. Төрдүлэрэ итинник. Уус Аллан улууһа дьонун-сэргэтин төрдүнэн-ууһунан хааһы да саламаат дойду. Мээнэ-мээнээк киһи дэмин туппат. Буккуур элбэх. Онон биһиги сүнньүнэн Уус-Аллаҥҥа биллэр үс улахан биис ууһа баарын этэбит. Дьуорту хоролоро, Байаҕантай хоролоро, биллэн турар, Бороҕон, өспөх сахалара. Көһөн кэлэн баран сахаларга суураллан Дьуортуларын туһунан ааттара эрэ хаалбыт. Улуу Хоро сыдьааннара. Лөгөй баһылыктаах эрдэхтэринэ нууччалар кэлбиттэрэ. Онуоха диэри Эллэйи кытары эҥин уруурҕаһан сахалары кытары саҥа чугасаһан эрэр кэмнэрэ этэ. Дьуорту Хоролоро Саха Тыгын Ил тутулугар киирбэтэхтэрэ. Тыгыны уонна Байаҕантайдары кытары кыргыһа олорбуттара биллэр. Үһүйээн ол туһунан элбэх. Нууччалар кэлбиттэригэр Дьуортулар Сахалар диэкки буолбакка Нууччаларга халбарыс гынан биэрбиттэр. Нууччалар Элиэнэ сахаларын холбоноллоругар, сэриилииллэригэр тирэх буолбуттар. Ол чахчы. Ол иһин нууччалар дьуортуларга тирэнэн бастакы остуруоктарын Суоттуга туппуттара биллэр. Онтон Дьокуускайга буолбут. Буолбуту аны кэлэн уларыппаккын. Баар баарынан, суох суоҕунан.
Бырааскай
Бырааскай Хоролор. (Братские, руск.) Улуу Хоро аартыгынан Аллан өрүһүнэн киирэн кэлбит дьон. Сураҕа билиҥҥи Бырааскай, (Братск, Красноярскай кыраай) уонна Таайдьыт, (Тайшет) диэккиттэн тардыылаахтара үһү. Улуу Хоро сыдьааннара.
Бырааскай диэн бэрт былыргыттан туттуллар тыл. Сахарал билиитигэр быралыйбыт диэн суолтаҕа туттуллар. Уруулуу буолан баран тэйэн төрөөбүт түөлбэттэн арахсыы аата. Быра - ыраатыы. Аас - тымныы, ааһыы. Хай - хай. Тымныыттан куотан быра ыраах сири хай диэн. Өссө биир суолтата. Сахаттан быралыйан тымныйбыт айылгылаахтар диэн. Сой-уоттар. Быралыйыы хас да таһымнаах. Бастаан киһи төрөөбүт сириттэн быралыйар. Быралгы диэн ааттанар. Онтон салгыы ыраатан быраҕырар. Оннук ыраах тэйиини бырах диэн ааттанар. Төрөөбүт сирин быраҕар. Бырах, (варяг, руск. Тоҥ, сойуот.) Дьыллар-кэмнэр аастахтарын аайы бырах барбыттар суоллара сойор. Сурах да иһиллибэт буолар. Оннук буобут биис ууустарын: сой-уус, биитэр сой-уот диэн ааттыыллар. Ириэнэх саха буолартан араҕан тоҥ уустар диэкки сыҕарыйыы. Ириэнэхтэрэ сойон барар. Тымныы куттаах буолан тыймыытырыы барар. Оннук сой-уус буолан тоҥ биистэргэ суураллыбыт сахалар тоҥнор диэн ааттаналлар. Оннук омук билигин хара баһаам. Дэлэҕэ, ириэнэх куттаах саха күн сиригэр соҕотоҕун хаалыахпыт дуо? Саха хоротуйуута, тоҥ-ууска кубулуйуута итинник таһымнарынан барар. Бырааскай хоролор саха сиригэр кэлэн баран сүрүннээн киин улуустарга тарҕаммыттар. Маны туспа ырытыахха наада. Холобур. Чурапчы улууһугар Бырааскай төрүттээх Барашков диэн араспаанньалаах аҕа уустара баарын истэбит. Ону кытары Сылаҥ нэһилиэгэ бырааскай төрүттээх диэн сурах баара. Сылаҥ диэн сахарал билиитигэр сыыллар, сыыллаҥхай-дыыр харамайдар уопсай ааттара. Холобур. Эриэн үөн, моҕой. Бу бэрт былыргы өйдөбүл. Соҕуруу моҕой итэҕэллээх уонна төрүттээх бэрт элбэх биис уустара бааллара үһү. Киинэҕэ эҥин элбэхтик көстөллөр. Сахаҕа итинник төрүт суох. Барыта сиэмэх кыыл. Туспа бырааскай хоролор төбүрүөннээн олорор сирдэрэ баарын билбэтим. Баҕар баар буолуо. Бырааскай диэн өйдөбүл былыргы олоххо элбэхтик туттулла сылдьыбыт. Серошевскай кытары ахтар.
Саха сиригэр кус-хоро төрүттээх биистэр Сэттэ Байаҕантай
Аллан өрүс Кириэс-халдьаайы Улуу Хоро аартыгынан киирбит Байаҕантай биис ууһа. Монголия Хайран диэн сириттэн Баягуу бииһиттэн төрүттээхпит, диэн кэпсииллэр. Бастакы Байаҕантайга Тандаҕа мусуой дьиэтигэр төрдүлэрэ уустара оҥоһуллан көрдөрүүгэ турар. Сахарал билиитигэр Байаҕантай диэн аат хас да тылтан турар. Баяҕуу - биис ууһун төрүт аата. Ону Саха сиригэр кэлэн баран уларытыыта суох хаалларбыттар. Былыргы ааттара. Саха сиригэр кэлэн баран Баяҕуу диэҥҥэ икки тылы эбэн биэрбиттэр. Аан уонна таай диэннэри. Аан - киһи ийэтиттэн төрөөн түһэр аана. Орто дойдуга кэлэр аан ийэҕэ баар. Таай - ийэ өттүнэн урууларыҥ ааттара. Таайдар диэн буолаллар. Баяҕуур Саха сиригэр кэлэн баран ааттаныылара: Баяҕуу+аан+таай диэн. Саҥарыллыыта: Байаҕантай. Барыта бииргэ этиллэр. Ис-хоһооно: Баяҕуу ийэ өттүнэн таайдар. Хоро төрүт-тээхтэр. Сэттэ Байаҕантай бииһин ууһа буолан олорбуттара. Түмүллэн олорор нэһилиэктэрэ манныктар. Уус-Аллан Тандата 1-кы Байаҕантай. Тиит Арыы сорҕото Тиит Арыыттан кэлбит хаҥаластартан уратыта. Таатта Баайаҕата, Уолбата, Ытык күөл 3-с Байаҕантай. Мэҥэ-Аллан, Кириэс-Халдьаайы, Таастаах, Саһыл, 4-с Байаҕантай. Өймөкөөҥҥө Үчүгэй, Томтор, Төрүт уонна Муома Хонуута 5-6-7-с Байаҕантайдар. Манна кыра сыыһа-халты баар буолуон сөп. Сүнньүнэн сөбө буолуо. Тааттаҕа Байаҕантайдарга Нам-таатталара ол аата Боробултан арҕаа өттө Намтан төрүттээх буолалларынан киирбэттэр. Уонна Хара Аллан киирбэт. Хара Алланнар, эмиэ, намнар. Дэбидиргэ киирбэт. Дэбдиргэлэр улуу хоро сыдьааннара үһү, диэн сэһэн баар. Сэттэ Байаҕантай былыргыта Томпоннон, Тааттаннан, Өймөкөөнүнэн тайаан сытар биир улахан улуус этэ. Байаҕантайдар Сахалар Ил тэрээһиннэригэр киирбэтэхтэрэ. Саха Тыгынын кытары кыргыһа олорбуттара. Сахалары кытары кыргыс туһунан үһүйээн элбэх. Тыгын дьонун Кээрэкээн баһылыктаах Дьохсоҕоттору икки төгүл кыайан Байаҕантайдар олох сахаларга бэриммэккэ олорбуттара. Билигин даҕаны онтулара тылларыгар сылдьар. Холобур. Саха татаар тыллаах биис ууһа. Хоролор хоролуу тыллаахтар. Кэлии хоролор сахалары татаардар диэн ааттыыллара. Туох эмит түргэнник куоттаҕына билиҥҥэ диэри: "Татаар барыытынан барда,” диэн сомоҕо домохтоохтор. Ис хоһооно: кыайтаран, куттанан түргэнник куотта диэн суотугар. Ыраахтааҕы кэмигэр Байаҕантай улууһа киэҥник тарҕаан сытара. Ону Сэбиэскэй кэмҥэ суох оҥорбуттар. Байаҕантайдары кытары былыргыттан удьуор аахсыылаах хаҥаластар үрүө-тараа туппуттар, ыспыттар. Байаҕантайдары түөрт аҥыы туппуттара. Ыһан санааларын сиппиттэрэ.
|
Views: 2393 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 112 Ыалдьыттар (гостей): 112 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|