News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Балаҕан ыйа » 27 » Билиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ духубунас диэн өйдөбүлү икки көрүҥүнэн өйдүүр.
Билиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ духубунас диэн өйдөбүлү икки көрүҥүнэн өйдүүр. | 14:02 |
Саха бахсыта
27.09.2011 11:30 | http://www.kyym.ru/index.php?option=com_content&view=article&id=4724:2011-09-27-01-37-45&catid=45:kultura&Itemid=69 Билигин түүр-монгол омуктарга бахсы диэн тыл үөрэтээччи, быhаарааччы, такайааччы, уhуйааччы, уhаарааччы диэн өйдөбүлгэ туттуллар – багша, бакшы, уо.д.а. Төрдө иран тыла, төрүт өйдөбүлэ уоту кытта сибээстээх аптаах хомуhуннаах киhи (маг, волшебник). Сахалар олохолоругар тимир уустара күдэй, күөттэй бахсылар диэн ааттаналлар. Күдэй, хүдэй, худай диэн эмиэ иран тыла дэнэр, таҥара диэн өйдөбүлү биэрэр. Ол гынан баран, төрдө сахалыы күөт диэн уоту кытта ситимнээх тылтан тахсыбыт буолуон сөп.
Билиҥҥи кэмҥэ, бары билэрбит курдук, саха омук төрүт итэҕэлин 1990-с сыллартан научнайдык чинчийибит, сөргүппүт, быhаарбыт, тарҕаппыт, дьаныhан туран дьарыктаммыт, идэ оҥостубут киhиннэн учуонай, бөлүhүөк Л.А. Афанасьев-Тэрис буолар. Онон кинини саха бахсыта диэххэ сөп.
Биллэн турар, 90-с сылларга, Сэбиэскэй дойдуга общественнай формация уларыйар — коммунизмтан капитализмҥа көhүү быыhык кэмигэр, ылбычча киhи эрэ төрүт итэҕэл дии-дии муннукка ытаабат этэ. Саастарын тухары сэбиэскэй былааска үөскээбит дьон хомуньуустуу, хомсомуоллуу санааларын биир-икки күн иhигэр ыhыктыбат, туох-туох өссө уларыйыылар буолуохтара биллибэт кэмнэригэр өй-санаа улугуруута, мунуу-тэнии элбэх этэ. Ыарахан кэмнэр үүммүттэрэ, былаас былдьаhыыта, харчы, ас-таҥас сырсыыта буолбута. Ол кэмҥэ итэҕэл эрэ, духуобунас эрэ, ким да ол туhунан санаатыгар оҕустарбата. Эмискэ утуйан тураат итэҕэли үөрэтэн барбыт ким да суоҕа. Арай аҕыйах идэлэринэн дьарыгыра сылдьар учуонайдар – энографтар, филологтар, историктар эрэ хамнастаах үлэлэрин быhыытынан чинчийбиттэрин курдук чинчийэ сылдьыбыттара. Ол өйдөнөр. Оннук учуонайдартан биирдэстэрэ Л.А. Афанасьев этэ.
Ол сылдьан, кэм уларыйыыта дьайан, Л.А. Афанасьев аҥардас чинчийииттэн сыыйа сүрүн өйдөбүлгэ кэлбитэ — саха норуота сомоҕолоhуутугар, бэйэтин суолун булунуутугар, омук быhыытынан иллээх, түмсүүлээх буолуутугар төрүт итэҕэл эрэ олук буолар диэн. Кини ону өйдөөн, учуонай быhыытынан научнайдык чинчийэн, архыып матырыйаалларын хаhан, сүрүн өйдөбүллэрин булан сааhылыыр, систиэмэлиир үлэтин саҕалаабыта. Архыыпка хасыhыы, биллэн турар, элбэх бириэмэни ылар, илииннэн суруллубут араас кэмнээх докумуоннары сыныйан сыымайдаан көрүү, сурунуу, бэлиэтэнии сырамталаах, ыарахан хара үлэ. Бэлэм тахсыбыт кинигэлэри булан ааҕыы буолбатах. Л.А. Афанасьев-Тэрис үлэтин түмүктэрин ол кэмтэн бу күҥҥэ диэри таптайа сыппакка, кинигэ, брошюра гынан таhаартаран испитэ бу испииhэктэн көстөр:
1.Айыы үөрэҕэ, 1993 с.
2.Курууппа ойуун көрүүлэрэ, 1993 с.
3.Ойуун. Кырыылар. 1993 с.
4.Ойууннар туhунан кэпсээннэр, 1993 с.
5.Ойууннар норуот номоҕор, 1993 с.
6. Айыы ааттара, 1994 с.
7. Алампа үөрэтиитэ, 1995 с.
8. Айыы сиэрин тутус, (1-2 кл.), 1996 с.
9. Айыы сиэрин тутус, (3-4 кл.), 1996 с.
10.Олоҥхолорго киhи анала, 2000 с.
11.Таҥха, 2001 с.
12. Айыы сиэрэ, 2001 с.
13. Айыы суола, 2002 с.
14. Религии Айыы, 2004 с.
15. Айыы туомнара, 2005 с.
16. Эллэй Боотур, 2005 с.
17. Л.А.Афанасьев-Тэрис, Л.А. Федорова. 9 моhол, 2010 с.
18. Л.А.Афанасьев-Тэрис, Л.А. Федорова. 63 өйдөбүл. 2010 с.
19. Сиэр, 2010 с.
20. Л.А.Федорова-Саҕаана. Саха итэҕэлин кылгас өйдөбүллэрэ, 2010 с.
21. Айыы дьиэтэ, 2011 с.
22. Киhи күннээҕи олоҕо, 2011 с.
уо.д.а.
Бу үлэлэр күн сирин көрүүлэрэ, дьон-сэргэ болҕомтотун ылыылара, биhирэниилэрэ, үөрэх буолан систиэмэлэниилэрэ, тустаах тэрилтэлэр нөҥүө бигэргэниилэрэ соҕотох эрэ киhи сыратын түмүгэ буолбатаҕа.
Ити ситиhиилэр Л.А. Афанасьев-Тэрис тумустаах «Кут-сүр» холбоhук, национальнай «Бичик» кинигэ кыhата, о.д.а атын тэрилтэлэр, общественнай холбоhуктар күүскэ үлэлээбит түмүктэрэ буолар. Оччолорго Ил Түмэн депутаттарын истэриттэн «Кут-сүр» холбоhук үлэтин өйдөөбүт, өйөөбүт элбэх этэ. Орто үөрэхтээhин эйгэтин салайааччыларыттан саха оскуолаларыгар үөрэх салаатын нөҥүө Айыы үөрэҕин олуктара киирэллэригэр турурсубут эмиэ аҕыйаҕа суоҕа.
Кэлин, ити хамсаныылары хабан ылааччы элбээбитэ. Төрүт итэҕэли быhаарсааччы, туруулаhааччы араҥата үөскээбитэ. Сир-сир аайы ким өйдөөн, ким өйөөн, ким дьарык гынан, хайа билэллэринэн, аахпыттарынан, истибиттэринэн, билгэлэммиттэринэн, көрүүлэммиттэринэн араас ыстатыйалары, кинигэлэри суруйан да, суруйтаран да барбыттара. Сорох айдарыылаах өттө норуокка араас бөлөхтөрүнэн саха итэҕэлин сөргүтэр оскуолалары тэрийбиттэ. Ол курдук, биллэр оскуолалаахтарынан, эмтиир дьоҕурдаахтарынан биhирэммиттэрэ В.А. Кондаков уонна Сайыына. Кэккэ элбэх эмчит, алгысчыт идэтин баhылаабыт дьон тахсыбыттара. Ордук дьон-сэргэ билиниитин эмчит Эдьиий Дора ылбыта. Онтон да атын көрбүөччүлэр, эмчиттэр, билгэhиттэр, алгысчыттар тэнийбиттэрэ. Кыhалҕалаах ыарахан кэмҥэ олортон сорох өттө харчылаhар, идэ оҥостор баҕаттан, сороҕо билээри, көрөөрү, сороҕо аат-суол оҥостор соруктан. Ол эрэн, тустаах органнар кигиилэринэн, этиилэринэн араас бөлөхтөр, оскуолалар тэриллээhиннэрин күөттээччилэр эмиэ баалара. Тоҕо диэтэргин, итэҕэлгэ төhөннөн элбэх араас өйдөбүл, быhаарыы, мөккүөр баар да, соччонон норуокка арахсыы тахсар. Биир сүнньүлэммэт, өйдөбүллэммэт. Онон сахалар төрүт итэҕэлэ суох омук диэн өйдөбүлү, быhаарыыны киллэрэллэр, тарҕаталлар, норуот сомоҕолоhор күүhүн мөлтөтөллөр.
Дьэ бу дьон үксэ, бэйэлэрэ этэллэринэн — көрүүлэммит, этиттэрбит, айбыт, ханна эрэ көрбүт, истибит ньымаларын туттубуттара, туhаммыттара. Биллэн турар, кинилэр анал үөрэхтэрэ, тустаах идэлэрэ атын хайысхалаах буолан, научнай архыып аанын тутааҕын элэппэтэхтэрэ.
Онон сахалартан дьиҥ чахчы дьаныардаахтык, идэ оҥостон научнайдык, саха норуотун үйэлэргэ мунньуллубут, итэҕэлгэ сыhыаннаах матырыйаалларын архыыпка, аан дойду итэҕэллэрин библиотекаларга сыныйан олорон хаспыт, үөрэппит, анаарбыт киhиннэн Л.А. Афанасьев-Тэрис буолар. Онон кини этиилэрэ, көрүүлэрэ уонна тарҕаппыт Айыы үөрэҕин систиэмэлээhинэ олохтоох, дьоhуннаах уонна киэҥ араҥаҕа ылыннарыылаах. Ону туоhулуур бу хомуллубут, ырытыллыбыт матырыйаалга олоҕуран тарҕатыллыбыт Айыы үөрэҕин дьон-сэргэ ылыныыта, үгүс улуустарга нэhилиэнньэ бэйэтин баҕатынан Айыы Дьиэлэрин тутааhына уонна олорго күн-дьыл хаамыытынан ситимнэнэн оӊоhуллубут итэҕэл туомнара толоруллуулара.
Бу буолаары турар республикатааҕы «Духуобунас мунньаҕа» диэн тэрээhиҥҥэ анаммыт хамсааhыннарга туhаайан Л.А. Афанасьев-Тэристиин ыйытык-кэпсэтиини ааҕааччы болҕомтотугар таhаарабыт.
Л.Ф.: Лазарь Андреевич, духубунас диэн эн өйдүүргүнэн сахалыы тугуй?
Л.А. -Тэрис: Нууччалыы дух диэн сахалыы тыын. Добрый дух сахалыы үчүгэй тыын. Кини Айыы таҥараттан түhэр сырдык күүс. Злой дух сахалыы куhаҕан тыын. Бу үөр, хараҥа күүс. Ити итэҕэл өйдөбүллэрэ. Духуобунас диэн өйдөбүл итинтэн тахсар, ол аата кини үчүгэй да, куhаҕан да өрүттээх.
Билиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ духубунас диэн өйдөбүлү икки көрүҥүнэн өйдүүр.
Бастакытынан, сэбиэскэй, хомуньуустуу өйдөбүл хаала сылдьар – онно материальнай культураттан атын барыта киирэр. Оҕону, ыччаты иитии боппуруостара, айар идэлээхтэр, култуура, искусство эйгэтин көрүҥнэрэ – литература, театр, киинэ, уруhуй, фольклор, ырыа-тойук, үӊкүү-битии, музыка, араас субкультура хайысхалара уо.д.а барыта.
Иккиhинэн, аныгылыы өйдөбүл – чыыстай итэҕэл. Ити духубунас дьиҥнээх өйдөбүлэ. Сэбиэскэй өйдөбүлү хааллара сатааhыны дьону булкуйуу курдук көрөбүн. Хааллара сатааччылар ситэ өйдүү иликтэриттэн тахсыан сөп эбэтэр соруйан буолуон сөп – төрүт омуктар бэйэлэрэ итэҕэллэрин туруулаhалларыттан дьиксинээччилэр дьайыыларыттан. Төhөннөн өйдөбүлү элбэххэ бытарытаҕын, атыҥҥа сабаан кэбиhэҕин да, норуокка бутуур, буккуллуу барар, итэҕэл ис дьиҥэ сүтэр, симэлийэр.
Л.Ф.: Тыын диэтиҥ, онтон иччи тыынтан туох уратылааҕый?
Л.А. -Тэрис: Иччи уонна тыын диэн өйдөбүллэр айылҕалара биир. Кинилэр омук аайы ырытыллыылара араас. Сороххо киэҥ, дириҥ. Сороххо судургу. Анимизмы, айылҕаны кытта сибээстээх. Ити өйдөбүл илиҥҥи омуктарга киэҥник тарҕаммыт, холобур, дьоппуоннар дзен-буддизмнарыгар. Америка индеецтэригэр эмиэ баар. Сахалар айылҕа көстүүлэрин иччилиир, иччилэри итэҕэйэр буолан күүстэрин түмэллэр, талааннаахтар.
Л.Ф.: Ол аата киhини тыыннаан, айылҕаны иччилээн көрүү духуобунас диэн буолар буоллаҕа. Оччотугар тыын киhиэхэ хайдах киирэрий, олохсуйарый?
Л.А.-Тэрис: Тыын киhиэхэ 9 ойбонунан, омуктуу чакраларынан – дьулайынан, сүүhүнэн, сүрэҕинэн уо.д.а. киирэр. Сүр эмиэ ойбонунан киирэр уонна киэлигэ (нуучч. — вместилище) олохсуйар. Киhи төбөтүн оройо таҥара эйгэтэ дэнэр. Ол гынан баран киhи таҥара буолбатах, таҥара таhымыгар тиийбэт. Дэҥ кэриэтэ эрэ дьон 8-с халлаан таhымыгар таҥараҕа чугаhыыллар. Сахалартан, мин көрүүбүнэн, 4 киhи тиийбит буолуон сөп. Өксөкүлээх Өлөксөй, былыргы үрүҥ ойуун Дьөhүөл оҕонньор, Сэhэн Ардьыкыап, Анемподист Софронов.
Л.Ф.: Айыы үөрэҕэ ханнык улуустарга тарҕанна?
Л.А.-Тэрис: Дьокуускайга уонна 20-чэ улууска – Халымаҕа, Сунтаарга, Нюрбаҕа, Намҥа, Хаҥаласка, Дьааҥыга уо.д.а. Ити улуустарга араас Айыы үөрэҕин үөрэтэр бөлөхтөр түмээччилэрэ, салайааччылара бааллар. Кинилэри таhымнарын быhаарар туhуттан ыйытык–хоруй киэбин аhардабыт. Ааспыттарга, үлэлиир эрэ дьоҥҥо «Туомнары ыытыы» диэн кинигэни биэрэбит. Улуустартан бастакыннан Нам турар, Горнайдар син үлэлииллэр, Чурапчылар эмиэ.
Л.Ф.: Саха итэҕэлэ — Айыы үөрэҕэ диэн билинэн сиэрин-туомун толорооччуларга, тутуhааччыларга туспа итэҕэл дьиэтэ-уота наадата дьэҥкэ. Ити ааттаабыт улуустаргар, нэhилиэктэргэр анал тутуулар бардылар дуу?
Л.А.-Тэрис: Саха улуустарыгар барыта 50-ча төрүт култуураҕа, итэҕэлгэ сыhыаннаах балаҕаннар, ураhалар диэн ааттаан дьиэлэр тутулуннулар. Холобур, Чурапчыга баhылык Айыы дьиэтин туттарбыта. Уопсайынан төрүт саха улуустарын, нэhилиэктэрин баhылыктара өйдөөннөр тутуулар син барыталаатылар. Ол гынан баран, бу дьиэлэр көрүүтүн толугун кыайбакка, куортамҥа, араас тэрээhиннэргэ туттуллар буолан хаалаллар. Уонна онно үксэ култуура үлэhиттэрэ үлэлииллэр. Олоруҥ итэҕэли төрдүттэн билбэттэр, онон үөрэхтэринэн, идэлэринэн, сатыылларынан баран хаалаллар. Араас фестиваллары, презентациялары, кэнсиэрдэри, быыстапкалары, бырааhынньыктары ыытар сир гыналлар. Ханнык да улахан итэҕэл дьиэтигэр оннугу гымматтар. Итэҕэл дьиэтин сыала-соруга атын, айыылары, таҥараны кытта кэпсэтии, ыраастаныы барар чуумпу дьиэ буолуохтаах. Итэҕэлгэ кыhалҕалаахтар кэлэллэр, бырааhынньыктааччылар буолбатах. Онтон биhиги итэҕэлбит дьиэлэрэ сыыйа ыллыыр, үҥкүүлүүр, битийэр, дьаарбайар, арыгылаах бырааhынньыктыыр култуура, сынньалаҥ кииннэрэ буолан бараллар. Итэҕэлтэн отой да ырааталлар. Дьокуускайга Арчы дьиэтин итэҕэл дьиэтэ диэн туруулаhан туттарбыппыт, онно хос биэриэх буолан баран биэрбэтэхтэрэ, билигин көрөҕүт, туох дьиэтэ буолбутун.
Л.Ф.: Оччотугар, эн санааҕар, Айыы дьиэлэрэ итэҕэл дьиэлэрэ буолалларыгар туох нааданый? Бюджеттан биир да харчыны туhаммакка, аҥардас олохтоох чааhынай дьон, спонсордар эрэ үптэринэн туттаран баран, ханнык да бырааhынньыгы, фестивалы онно чугаhаппат курдук дуу хайдах дуу?
Л.А.-Тэрис: Култуура кииннэрэ, холобура, олоҥхо балаҕаннара, былаас кыhаллыытынан, модьуйуутунан бюджеттан үбүлэнэн туттарыллыахтаахтар. Итэҕэл дьиэлэрин тутуу, тэрийии олохтоохтор, нэhилиэнньэ туруорсуутугар, кыттыытыгар олоҕуруохтаах. Үөhэттэн былаас этиитинэн, модьуйуутунан буолбатах. Онтон дьон туруорсуутун былаас өйүөхтээх, көмөлөhүөхтээх. Кини итэҕэл дьиэлэрин тутуhар ньымата элбэх. Холобур, православнай таҥара дьиэлэрин сөргүтэн тутуулар, чөлүгэр түhэриилэр син биир судаарыстыба бас билиилээх АЛРОСА курдук тэрилтэлэр үптэринэн бараллар. Айыы дьиэлэрэ эмиэ итинник ньыманнан тутуллуохтарын сөп. Кинилэр көрүллэр, истиллэр оросхуоттарын эрдэттэн төлөнүүлэрин эмиэ араас ньыманан быhаарыахха сөп. Айыы дьиэлэрин наhаа улахан буолбатах, дьоҕус, оросхуота кыра буоларын курдук оҥостуохха наада. Оросхуотун сороҕун сылдьааччы сиэртибэтинэн, сороҕун спонсордар көмөлөрүнэн төлөhүөххэ сөп. Холобур, Ньурба православнай дьиэтин оросхуотун эмиэ АЛРОСА төлүүр. Саха сирин аламааhын баайыттан тоҕо аламаастаах улуустар нэhилиэнньэлэрин төрүт итэҕэлллэрин дьиэлэригэр көмөлөhөр сатамматый? Билигин урукку буолбатах, Россия сокуона, саламтатын бэлиитикэтэ төрүт норуоттар култуураларын, итэҕэллэрин өйүүр, көмүскүүр, бопсубат. Саха итэҕэлин 300-тэн тахса сылы быhа эспиттэрэ. Билигин онтукайгытын чөлүгэр түhэриҥ диэн көҥүл биэрдилэр. Онон куттанар наадата суох, төттөрүтүн туhанар наада. Саламтабыт итини үчүгэйдик өйдүү илик, чугуруҥнуур, куттанар, аhаҕастык саҥарбат курдук. Саха титульнай омук, онон кини итэҕэлин, Аҕа баhылыкпыт өрө тутуохтаах. Манна туох да национализма суох. Итэҕэллээх эрэ омук иллээх, туруктаах, сомоҕолоох буоларын бэркэ диэн билэбит. Билигин глобализация кэмигэр, араас омук кэлэ, олохсуйа, араас итэҕэл киирэ турдаҕына, аҕыйах ахсааннаах омук бытарыйбат, симэлийбэт суолбут, сомоҕолуур күүспүт ити эрэ.
Л.Ф.: Ол аата эн саха омук кэскилин хайдах көрөҕүн?
Л.А.-Тэрис: Биhиги сүдү баайбыт олоҥхобут, фольклорбут архыыпка бөх-сах курдук сытар. Ону сааhылаан, харайан, бэчээттэтэн, киhи туhанарын ыллахпытына сайдыахпыт, ылбатахпытына, симэлиттэхпитинэ, омук, норуот быhыытынан суох буолуохпут. Архыыпка 300-тэн тахса том баар. Сороҕо туhаҕа таҕыста, итэҕэлинэн дьарыктанаачылар туhаннылар. Онтон этнография диэн наука баар, кини итэҕэли эмиэ үөрэтэр. Ол гынан баран, кини норуот өллөҕүнэ, сүттэҕинэ да эмиэ баар, үлэлиир, онон кини норуоту өрүhүйбэт. Биhиги, итэҕэлинэн дьарыктанааччылар этнографтартан атыммыт, уратыбыт итиннэ сытар. Сыалгар-соруккар.
Уонна билигин норуоттар икки ардыларыгар «диалог» ыытар наада диэн баар. Ол «диалогка» норуоттар ситиhиибитинэн киэптэhэбит. Дьиҥинэн биhиги сахалар ситииhиибит биир эрэ – тыhыынчанан сылларынан тыйыс сиргэ тыыннаах олоруубут. Ол ситиhии төрдө итэҕэл. Атын илиҥҥи омуктар итэҕэллэрин ырытыыта, көрүҥнэрэ, хайысхалара олус элбэх. Холобур, кытайдар 500-чэ турукка киирэллэр. Биhиги эмиэ кинилэр курдук азиаттарбыт, ол гынан баран, хоту олоробут, тыйыс сиргэ, манна тыыннаах хаалар туруулаhыытыгар итинник элбэх көрүҥ сайдыбат, итэҕэл олоххо туhаныллар быhаччы эрэ ньымалара хаалаллар. Саамай күүстээҕэ, сүмэтэ. Ол барыта итэҕэлбитигэр түмүллэ сылдьар. Итэҕэлбит буоллаҕына олоҥхобутугар түмүллэ сылдьар. Онон олоҥхону итэҕэлбитин тилиннэрэргэ источник курдук көрөрбүт, үөрэтэрбит наада.
Л.Ф.: Онтон олоҥхобутун атын аймахтыы омуктарбыт олоҥхолорун, фольклордарын кытта тэҥнээн үөрэтии итэҕэли үөрэтиигэ, билиигэ төhө күүс-көмө буолуой?
Л.А.-Тэрис: Тэҥнээн үөрэтии наада, ордук түҥ былыргы төрүттэрбит историяларын, итэҕэллэрин төрдүн билиигэ. Сахалар улахан норуоппутуттан олох эрдэ тэйбит биис ууhа буоларбыт быhыытынан, соҕуруу олорбут олохпут кэпсэлэ олоҥхобутугар онон-манан эрэ хаала сылдьар, умнуллубут. Онон түҥ былыргыбытын атыттар олоӊхолорун кытта тэҥнээн көрдөхпүтүнэ эрэ билиэхпит.
Онтон билигин аан дойдуга икки көрүү баар. Бастакытынан, Гегель, Кант «рационализм» диэн этиилээх аан дойду барыта бэрээдэктээх диэн көрүү. Иккиhинэн, «иррационализм» диэн – бары барыта түгэнтэн турар диэн көрүү. Билигин кыайан иhээччи «иррационализм». Олоҥхону онон көрүү наада. Билигин биhиги наукабыт биири эрэ билиннэ, тумус тутта сылдьар научнай ситиhиибит – олоҥхо былыргы архаическай эпос эбит диэн быhаарыыбыт. Онон чинчийиибит бүтэн хаалар, атынын ырыппат.
Онтон, холобур, олоҥхо тоҕо элбэҕий диэн ыйытык баар. Бу тыйыс бүк сиргэ кэлэн олохсуйан, туох да улахан историческай быhылаан барбат буолан, саха омуга олоҥхо геройдарынан уобарастаан наhаа элбэхтик киhи майгытын-сигилитин ырыппыт. Онон олоҥхо ис хоhооно үксэ киhи бэйэтин итэҕэhин, майгытын-сигилитин, куhаҕанын, сыыhатын, итэҕэhин билиниитин, өйө-санаата уларыйыытын, санаатын санаатынан кыайар, ырытар уустук өй үлэтин көрдөрөр духуобунай айымньы буолбут. Саха олоҥхотун сүрүн уратыта итиннэ сытар. Онон олоҥхону бэйэтин дириҥник үөрэтии наада. Олоҥхоҥо аны кэминэн эмиэ хааччахтаах. Бухатыыр бэйэтин кэмигэр эрэ охсуhуохтаах. Онтон атын киhи кэмэ кэлэр. Ити эмиэ дириҥ өйдөбүлү биэрэр, туох барыта кэмнээҕин-кэрдиистээҕин.
Бүтэhигэр бухатыырдар итэҕэлгэ кэлэллэр, кинилэр илэ бэйэлэринэн хара күүhү кыайбаттар, айыылар эрэ көмөлөрүнэн кыайаллар. Бухатыыр бэйэтэ эмиэ айыылартан кэлэр. Кини айыы, таҥара киhитэ. Ити буолар итэҕэл күүhэ олоҥхолорго көстүүтэ.
Л.Ф.: Билигин сахалар язычниктарбыт, биhиги итэҕэлбит айылҕаҕа, иччилэргэ сүгүрүйүү диэн өйдөбүлгэ сылдьар курдукпут. Ону эн туох диигиний?
Л.А.-Тэрис: Итэҕэл уопсайынан үрдүк итэҕэл уонна намыhах итэҕэл диэн өйдөбүллэргэ араарыллар.
Намыhах итэҕэл – норуот күннээҕи итэҕэлэ, онно араас куhаҕан элэмиэнэр эмиэ киирэллэр. Ол язычество диэн ааттанар, күннээҕи олоҕор, кыhалҕатыгар көмөлөhөр. Язычество омукка эрэ барытыгар баар, сайдыылаах улахан итэҕэллээх омуктарга да, ситэ сайдыбатах кыра да омуктарга барыларыгар. Онон киhи сөҕөрө, сонургуура язычествоҕа улахан суох. Ханна барытыгар биир өйдөбүллээх – айылҕаны иччилээн көрүү, ол иичилэргэ сүгүрүйүү.
Онтон итэҕэл чыпчаала, дьиҥнээх, үрдүк итэҕэл – монотеизм, биир айыы таҥара баарын билинии. Биhиги сахалар тоҕус таҥаралаахпыт диибит, ол гынан баран биир эрэ айбыт таҥара баарын, атыттар кини көмөлөhөөччүлэрэ буолалларын билинэбит. Айыы итэҕэлэ – монотеизм итэҕэлэ. Биир эрэ айыы таҥара баар диир. Ити өйдөбүл тенгризмҥа, тенгрианствоҕа тириэрдэр, сомоҕолоhуу, ил үөскүүрүгэр төрүт буолар. Киhи аймахха ил, государство үөскээбитэ 5 тыh. сыл буолла. Ил, сомоҕолоhуу итэҕэлгэ эрэ тирэнэн үөскүүр. Былыргы көс омуктар тэриммит улуу иллэрэ барыта үрдүк итэҕэлгэ олоҕурар. Ол иhин, кинилэр билиҥҥи сыдьааннарыгар барыларыгар теҥери, тэҥри, таҥара диэн өйдөбүллэр сылдьаллар. Биhиэхэ эмиэ.
Намыhах итэҕэл — язычество норуот сомоҕолоhуутугар, улахан сайдыылаах ил тэринэригэр олук буолбат. Холобура, пигмейдэр эмиэ язычниктар, айылҕа оҕолоро. Үрдүк итэҕэл – наар үчүгэйи өрө тутуу, үрдүк сорук тула түмсүүгэ, биир иллээх буолууга үөрэтии. Киhи айыыттан, таҥараттан кэлэр, онон дьон-аймах улуу, үрдүк, сырдык, ыраас, улахан сыалга-сорукка түмсэр, сомоҕолоhор, иллэhэр, иллэнэр айылгылаах.
Л.Ф.: Бу Сайсарыга туттуммут Айыы дьиэтэ диэн саха төрүт итэҕэлин сиэрин-туомун ыытар тутууҥ бүппэккэ, силигин сиппэккэ турар. Ол да буоллар дьон-сэргэ кэлиитэ, сылдьыыта быыстала суох курдук көрөбүн. Туох нааданый ситэригэр-хоторугар?
Л.А. -Тэрис: Бу дьиэни туруулаhан туран туттарбыппытын элбэх дьон билэр. Тутуутугар бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөспүт дьон эмиэ элбэх. Чааhынай ыал уhаайбата. Инчэҕэй сиргэ, бадараан үрдүгэр бөх-сах үрдүнэн буор кутуллан тэҥнэммит сир. Онон туалет да кыайан хаhыллыбат, арай буур эрэ хастаҕына. Быйыл аҕыс кырыылаах ураhа тутуннубут. Ситэтэ суох. Итиитэ кыайбат, носуос ылыахпыт диибит да хайдах буолар, 5 тыh. солкуобайдаах, маҕаhыыҥҥа атыыланар. Үп-харчы кырыымчык. Эhиил сайын буорунан сыбыахтаахпыт эркиннэрин таhын, аллараа өттүн. Кыhынын кыстаппата буолуо. Онтон биhиги тохтоон олорбоппут, үлэлээбиппит курдук үлэлиибит. Туомнарбытын ыытабыт.
Л.Ф.: Лазарь Андреевич, кэпсэтииҥ иhин улахан диэн махтал. Бу саха омугар дириҥ суолталаах ыытар үлэҕитигэр үрдүк ситиhиилэри, тус бэйэҕэр доруобуйаны барабын.
PS: Бу Л.А. Афанасьев-Тэрис, духуобунас тиэмэтигэр этиитин ситэрэн эттэхпитинэ, кырдьык, аҥардас сэбиэскэйдии өйдөбүл билиҥҥи кэмҥэ итэҕэс.
Холобура, Гитлер эмиэ духуобунас дии дии муннукка ытаабыта. Кини курдук классическай музыканы, театры, поэзияны, литератураны, үҥкүүнү, искусствоны, архитектураны, ол кэмнээҥи араас техническай, научнай инновациялары сөбүлүүр, өйдүүр, сайыннарар, туhанар аҕыйаҕа буолуо.
Аны ойуунумсайара хайдахтаах этэй. Тибеттэр бон диэн ойууннарын итэҕэллэрин үөрэтэн, өйдөөн свастикаларын — харысхал бэлиэлэрин, нацистскай партия бэлиэтэ оҥостубута. Боннар үөрэхтэринэн айылҕа сүдү күүhүн өйдөөбүтэ. Улуу хайалар иччилиригэр сүгүрүйэн Гималай, Эльбрус, Альпа хайаларыгар анал экиспэдииссийэлэри ыыталаабыта, бон ойууннарынан сиэр-туом оҥотторбута. Улахан уу иччитигэр, муустаах байхалга сүгүрүйэ, күүс ыла, чинчийии диэн ааттаан экиспэдиисийэлэри эмиэ ыыппыта. Аны уот иччитигэр сүгүрүйэн, үҥэн-сүктэн сүүнэ улахан факельнай хаамыылары оҥоттороро. Ыччакка, оҕоҕо улахан иитии үлэтин быыстала суох ыыппыта. Биhиги дойдубутугар сэрииннэн уолумардык саба түhэр күнүн эмиэ итэҕэли туhанан – күн сайыҥҥы уhуур кэмин, улахан ыhыахтар, аан дойду норуоттара күн тахсыыта сиэрдэрин-туомнарын ыытар кэмнэрин талбыта. Норуотугар улахан тэрээhиннэри, мунньахтары, өйдөтүү, үөрэтии ыытарыгар итэҕэл ньымаларын туттара, турукка, биир тэтимҥэ киллэрэрэ.
Бу нацизм үөрэҕэ бастаан ньиэмэс, голландия филологтарын, фольклористарын, этнографтарын, этнологтарын, үлэлэригэр, чинчийиилэригэр тирэммитэ. Аненербе (Наследие предков) диэн германскай норуоттар түҥ былыргы историяларын, фольклорнай айымньыларын үөрэтэр научнай института тэриллибитэ. Онно нацистскай партияҕа сулууспалыыр, чилиэн буола сылдьар учуонайдар саламтаҕа туруоруллубуттара. Олор псевдонаучнай арийскай расовай теорияны, идеологияны төрүттүүр үлэни ыыппыттара.
Гитлер политикатын сыала-соруга норуотугар туохтан да үчүгэй курдуга – Германия норуотун туругурдааhын, улуутун, уhулуччутун, атыттартан ордугун көрдөрөөhүн уонна ньиэмэс омуга киhи аймаҕы ыраастааhыҥҥа, тупсарааhыҥҥа үрдүк аналын, оруолун өйдөтөөhүн.
Ол гынан баран, киhи киhини, омук омугу ытыгылааhынын, таптааhынын, ханнык баҕарар киhи да, омук да таҥараттан, айыылартан кэлбит үтүө айылгытын, ол аата духуобунас үчүгэй, сырдык, иллээх өттүн турууласпакка, тутуспакка, аҥардас киhи, омук быhыытынан бэйэмсийии, чорбойуу, улуутумсуйуу киэбин ылан фашизмҥа аҕалбыта, норуотун сэриигэ, аан дойдуну иэдээҥҥэ тириэрдибитэ.
Бу алдьархай аны аан дойдуга хаhан да хатылламматыгар киhи аймах барыта туруулаhар. Кыра да, улахан да норуоттар бары. Ол эрээри кэнники сылларга араас дойдуга фашизм, шовинизм, национализм чиэрбэлэрэ кыймаҥнаhан эрэллэр. Гитлер туттубут моделын холобур оҥостор, туhанар күүстэр эмиэ бааллар. Россияҕа эмиэ.
Сахалар элбэх кыhалҕаны, ыараханы ааспыт, үрдүк итэҕэлллэр итэҕэллэрин түҥ былыргытын тулҕадыппакка илдьэ кэлбит, олоҥхо курдук улуу духуобунай айымньыны оҥорбут, атын омуктары оҕолообут оҕолорун курдук көрөр аhыныгас, айыы дьонобут. Биhиги кырдьаҕас норуот буоларбыт быhыытынан, аан дойду үчүгэй, куhаҕан уопутун анаарарбыт, өйдүүрбүт, атыттарга өйдөтөрбүт наада.
Онон, итэҕэлбитин, таҥарабыт, айыыбыт үөрэҕин — киhи киhиэхэ, айылҕаҕа тапталынан, наар үчүгэйинэн эрэ сыhыаннаhар үөрэҕин тарҕатыаҕыҥ, хаалларыаҕыҥ. Ыччаппытыгар, кэлэр көлүөнэлэрбитигэр атын норуоттары кытта тэҥҥэ сайдар, олорор суолларын оҥоруоҕуҥ. Оччоҕуна эрэ дьиҥнээх духуобунай, сырдык санаалаах норуот буолуохпут, атын омуктарга ытыгыланыахпыт.
Л.А. Афанасьев-Тэрис тэрийбит Айыы Дьиэтин тутуута, тэрилэ, силигэ ситэригэр көмөлөhүөн, өйүөн баҕалаахтарга аадырыhа:
Дьокуускай куорат, автобус тохтобула — Сайсары, Софронов улууссата, 58 № -дээх дьиэ.
Л.В. Федорова, балаҕан ыйын 27 күнэ, 2011 с.
|
Views: 1716 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 103 Ыалдьыттар (гостей): 103 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|