Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Муус устар » 13 » Боотурускай улуус буолуохтаахтар
Боотурускай улуус буолуохтаахтар
18:23
         ӨБҮГЭ СИТИМИН БЫҺЫЫ
       сүүс  сылыттан «үөрэллэр»


 Өбүгэ диэн тылы Владимирцов Б.Я. маннык диэн быһаарбыта баар: «Монгольский род был агнатным, т.е. члены каждого рода вели свое происхождение от одного общего предка (ebuge). Но так как роды росли и разветвлялись, то оказалось, что ряд родов (oboх) вел свое происхождение от одного и того же ebuge – предка… Брак между членами таких родов не допускался тоже, так как все они считались кровными, агнатными, сказали бы мы, родственники, принадлежащими к одной кости (yasun)…
»
Владимирцов Б.Я. Работы по истории и этнографии
монгольских народов:ИФ «Восточная литература» РАН,2002. С. 341-343)
Uasun – сахалыыта биир биис ууһуттан ууһааһын. (С.Ф.Попов).

Быйыл Боотурускай улууһун үс гына үллэстии, үрэйии – 100 саастаах үбүлүөйэ буолар буолан, өрөспүүбүлүкэни үөрдэллэр, саханы саараталлар. Тустаахтарга бу «арахсыы» эппиэтэ уотунан уһууран, сэриинэн сэтэрээн, өлүүнэн үллүктээн, дьаарынан дьарыйан тута кэлбитэ.
1916 сыллаахха үгүс саха бастакы Аан дойду сэриитигэр ыҥырыллан, хомуурга хомуллан баран тохтообуттара. Күлүмнүүрдээх туруорсууларынан уонна өссө өбүгэ ситимэ даҕаны тыыннаах, ситимниир күүһэ ситэ симэлийэ илик буолан аһарыммыттара.
Төһөлөөх төлкө түҥнэстэриттэн, кэнчээри кэхтэриттэн үөскэх өлүктүйүөҕүттэн өрөһүллүбүттэрэ буолуой? Бүгүн хаспыт баар буолан хаабыргыа, төһөбүт төрөөн тос курдук туттан тойоргуо эбитэ буолла?
Түүр омук остуоруйатыгар: ос (бүт, үтүөр, оспут) – туора (поперечный) уйатыгар биир тыын суолталаах, суоллаах-иистээх, биэс тыһыынча сыллааҕыттан биллэр силиһин «Этрус»-тар диэн ааттыыллар. Омуктарга «бөө» даҕаны «э» даҕаны кинилэргэ биирдик иһиллэр Таҥаралартан улаханнара, инники күөҥҥэ турааччылара, дурда-хахха буолааччылара, күүстээхтэрэ «бөө» диэччилэрэ диэн  суолталаах буолар. «Бөө турууттан» боотур, бухатыыр уонна Бүөтүр диэн аат кытта тахсыбыта. Билиҥҥэ диэри нууччаларга «Святой Петр» таҥара буола сылдьар. Баара-суоҕа биир үйэ анараа өттүгэр диэри «Бөө туруу уустарын» Боотурускай улууһа диэн ааттыыллара. Аҕа ууһа олус улаатан улуу уус буоллаҕына, улуус диэн аатырар. Бу аата төрүт сирдээхпит-уоттаахпыт, баайдаахпыт-дуоллаахпыт, олохтоохпут диэн суолталанар. Ону билиҥҥи курдук оройуонунан буккуйар, кэлин кэлии дьоммут, тимир суолбут суолтата улаатарыттан буккулларбыт букатын сыыһа. Сир баайын баһылаары үөскүүр (районирование территории) мөлүйүөнүнэн даҕаны киһилээх куораттаах сир быстах оройуон диэн аатырар, улуус хаһан даҕаны буолбат, буолуо суохтаах.

Дьэ, бу «Бөө туруу уустарын» биэс тыһыынча сыллаах остуоруйатыгар ситэри сыстыбакка, сыаналаабакка биир бигэ өйдөбүлү ылбакка, суолталаабат умнар туруктаах сылдьабыт. Онно эбии тоҥ куттаах уустартан, тоҥ имнээх (минус заряд) биистэртэн төрүттээхтэрбит эттэригэр-сииннэригэр иҥэриммиттэрэ итэҕэстээх, хааннарыгар хатаммыта хаарчахтаах, уҥуохтарыгар угуллубута отой суох буолан утары өттүгэр үлэлиэхтээхтэр. «Эс, хайаан оннук буолуой? Урукку өттүгэр мин билэр баартыйам остуоруйатынан оннук суох этэ» диэхтээхтэр. Бүтүн үйэ устата өбүгэтин ситимин быспыт, сүнньүнэн сүтэрбит Боотурускай улууһа тугунан толук уурунна, аньыытын-харатын ыраастанна. УУ дьахтар имигэр көспүт (плюс зарядтан минуска) Аммалар диэн ааттанааччыларга алдьархайдара Алланынан, Амманан ааҥнаабыта. Амма диэн сахарал билиитигэр, аан туомҥа (анатомияҕа) дьахтар төрүүр-ууһуур үүдэһинин аатыыллар. Ол иһин кыыс Амма дииллэр. (М. Тумус. Удьуор үөрэҕэ. Дь., 2002 с. 96 с.). Гражданскай сэрии кыа хаанынан кытыастыбыта. «Аргыардаах Аммаҕа, мууһурбут буоругар, хааннарым тохтоннор, мин өлөн эрэбин», - диэхтээбиттэрэ. Тоҕо түөрэкэй үрүҥ өрө туруута Амманан аартыктанна, Алланынан ааҥнаата? Тоҕо манна кэлэн бүктүлэр? Аҕыйах ахсааннаах тоҥус булчутун өйөбүлүн ылан, онно сөрүөстээри дуо? Суох. Оччолорго, Амма бааһынайдара эрэ быраага буһараллара, сомогуону сатаан сүүрдэллэрэ, ол угуйара, тардара. (Попов Федот Егорович уолаттарын сабаҕалааһыннара.)

Онтон хотторон куоталларыгар тоҕо эрэ быһалыы Чурапчынан, Тааттанан Охотскайга түспүттэрэ.

Эмиэ УУ-им бэлиэтин талбыт Таатталар даҕаны табыллыбатахтара. Чулууларын чорбоппокко чордообуттара, үчүгэйдэрин өҥүппэккэ өһөртөөбүттэрэ, бастыҥнарын барытын баалкылаабыттара. Бандьыыттар, националистар диэн  дьаралык дьаакырын баайталаабыттарын соторутааҥҥа диэри состороллоро. Оҕолоро, ыччаттара, Дмитрий Васильевич Кустуров көлүөнэтэ даҕаны пааспары ылар, үрдүк үөрэҕи өҥөйөр, ыытыллар бырааптара суох этэ. Манна таарыйа эттэххэ, киһини барытын баайса-баайса хаатыргаҕа, хаайыыга хатаабыттарын, сибииккэҕэ симмиттэрин түмүгэр, арыгы, хаарты, криминал кииннэрдээх буолан турар. Күн бүгүнүгэр диэри норуоппут депутата, тумус туттар киһибит кырдьыгын булбакка, ырааһын ылбакка, килиэккэҕэ киллэриллэн, күлүүһүнэн кистэнэн сытар. Боотур ууһун аатын ааттатан, суолун сураҕырдыах, утумнаан илдьэ хаалыахтаах, өбүгэ ситимин тутан сылдьыахтаах дьон Чурапчы буолан чугдаара чорбойуохпут диэбиттэрэ баара, чордонуулаах, чардааттаныылаах буолбута. Эмиэ, «Эн, үрүҥ буоллун» диэн өлөрсүбүттэрэ, «кыһыл буоллун» диэн кыдыйсыбыттара. Атааннаһар алдьархай аартыгын арыммыттара, сойуолаһыы суостаах суолун соломмуттара. Содулугар сотору буолаат, сутаан суолга сууллубуттара, кураантан кырдалга кубарыйбыттара, аччыктааһынтан аҥардара аһаҕас халлаан анныгар хараллыбакка араҥастаммыттара. Көһүттэрбэккэ күһэлэҥ күүс күһэйиитэ күөнтээбитэ. Үөскээбит үрэхтэриттэн үүрүллүбүттэрэ, айыллыбыт алаастарыттан арахпыттара, төрөөбүт түөлбэлэриттэн тэйиппиттэрэ, тэскилэппиттэрэ. Барыларын балыксыт оҥорор былааннаах былаас бырыһыанын барҕардаары, кыһыл оҕону кытта кыбыннаран, хараҕа суоҕу кытта хаайыытынан куттаан, кырдьаҕаһы, кыамматы сыыллар сыарҕаҕа состорон, лөһүгүрэс тэлиэгэҕэ тиэйэннэр, үс хонук иһигэр тус хоту үүрүллэн, кыстык хаары кэстэрэн, Кэбээйинэн кэбилээбиттэрэ, Эдьигээнинэн эрэйдээн эспиттэрэ.

Эрэй эҥэрдэммити ииҥҥэ кистиир кыах көстүбэтиттэн, күүс тиийбэтиттэн күн туллубута, күҥэһэ быата быстыбыта. Муустаах буору буллараары муҥнаммыттара, барыҥныыр бараммыта, сүөдэҥниир сүппүтэ. Кэлин ол туһунан кэпсииллэрэ даҕаны көҥүллэммэтэ, ахталларын даҕаны аньыырҕаталлара. (Птицына А.С. райкомҥа сэкиритээринэн олорон, күүс өттүнэн көһөрүллүү боппуруоһун быһаарсыбыта. Киниэхэ бары барҕа махталбытын билиниэҕин).

Бэйи эрэ, биһигиттэн быдан аҕыйах сиэртибэлээх «Титаниктан» тоҕо күн бүгүнүгэр диэри титирэстии Аан дойду айманарый, ахтарый? Курутуйууну, кэриэстэбили киллэрэрий? Биһиэхэ хаһан бу содулга кыттыылаахтарбытын сиэр сиидэтигэр, суобас суутугар, бэски хараҕар хаһан уурабытый?

Билиҥҥи сахалар бары даҕаны өбүгэ ситимин сүтэрэн, сирбит дойдубут аатынан «топонимика», «карта» буола сылдьабыт. Арай, халыҥ остуоруйалаах хаҥаластар эрэ өбүгэ ситимнээх ааттаахтар. Кэлиҥҥи киһи аатынан билинэр Намнары киллэриэххэ сөп, дьиҥинэн Дьаарханнар диэн ааттаналлар. (М. Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа. Саха биис уустара. Дьокуускай, 2007. 72-78 стр.). Көстөрүн курдук, Чурапчылары эрэ таарыйар буолбатах, саха барыта дьаарыстанар дьыалата, үтүмэн үлэ күүтэр. Чурапчы диэн сир, түөлбэ, үрэх, күөл, сис тыа, киһи, ыал, аҕа уус, биис ууһун даҕаны аата буолбатах. Оччолорго нууччалар сурукка киллэрэллэригэр уонча балаҕаннарыттан биирдэстэрэ чарапчылааҕа эбитэ үһү, онон Чарапча буолан хаалбыта. Ол иһин улуус киинэ, сэлиэнньэ аата Чурапчытынан хаалыахтаах, улууһун аата уларыйан, өбүгэтин ситимин тутуохтаах. Село диэни өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи нуучча суруйааччыта «Воробьиная ночь» (түүнү быһа этиҥ этэн этэн баран ардаабакка аастаҕына) диэн сэһэнигэр былыр таҥара дьиэлээх дэриэбинэлэри «село» диэн ааттыылларын  быһаарбыттааҕа.
___________________________________________________________________

 Саха омугар историческай суолтатын, миэстэтин саҥа булан эрэр тумус боотурдар, Хатылы боотурдар (хат ылар, хатылыыр) олоҕу дириҥник хорутар иннигэр кэнэҕэскилээх кэскил туһугар төрүт аакка төннүөхтээхтэр, өбүгэ ситимин тутуохтаахтар.

Боотурускай улуус буолуохтаахтар, атын улуустары батыһыннарыахтаахтар, биэс тыһыынча сыллаах остуоруйаларын билиниэхтээхтэр.
___________________________________________________________________

 

С.Ф. Попов – Боотур уус удьуора
Д.П. Коркин Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатын 1968 сыллаах иккис выпускнига,
«Возрождение планеты» международнай ассоциация норуот эмтээһинигэр академига,
«Святой Георгий» уордьан кавалера,
 ХНТ Төрүт олохтоох норуоттарын Vll, lX, X форумнарын  кыттыылааҕа.
Category: История, философия | Views: 1984 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024