News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Муус устар » 18 » ХХI үйэҕэ куурусса саханы аатырдыа дуо-4?
ХХI үйэҕэ куурусса саханы аатырдыа дуо-4? | 11:19 |
50 тыһыынча куурусса ханна сүттэ?
13.04.2012 11:17 | Автор: Владимир Степанов http://www.kyym.ru/index.php/olox/economika/6358-50---- kur«Кыым» суруйуутун кэнниттэн ааспыт нэдиэлэҕэ дьокутааттар А.Жирков, А.Уаров, Д.Наумов буолан Уус Алдаҥҥа тахсан харчыта былдьана сыспыт Хаадьыма-Дүпсүн уу ситимин тутуу туһунан мунньахтаабыттар. Дмитрий Наумов тэлэбиидэнньэҕэ "хаһыат наһаа күөртээбит” диэн эттэр даҕаны, 200 мөл. солк. туора ыытыллан эрэрин туһунан хаһыат суруйбатаҕа буоллар, Нерюнгри баабырыкатыгар (НКФ) бэлэх буолан баран хаалыан сөбө. Ким кыһаллыай? "Күөртээһин олоҕо суох" диэн Ил Түмэн тыа хаһаайыстыбатыгар, үпкэ кэмитиэттэрин бас салайааччылара уонна вице-спикер этэр буоллахтарына, бу боппуруос сиэссийэҕэ хайдах көрүллэрий? Хайдах да кинилэри тумнуо суохтаах этэ. Онон "хаһыат күөртүүрүн" туһунан дьону-сэргэни бутуйа, муннара сылдьаллара — көстөн турар сыыһа.
Бэнидиэнньик күн миниистир И.Слепцов Хаптаҕай собуотун үлэһиттэрэ бэрэсидьиэҥҥэ аһаҕас суруктарынан тахсан, дьону кытта кэпсэппит, элбэҕи эрэннэрбит. Сурук хаһыакка бэчээттэммэтэҕэ буоллар, тахса сылдьыа эбитэ дуу, суох дуу? Тоҕо диэтэххэ, сурук бэчээттэнээтин кытта миниистир бэрэсидьиэҥҥэ норуот хаһыатын «Кыымы» үҥсүбүт, «Хаптаҕай собуотун эн холбоһууну тэрийиҥ диэбит уурааххын толорумаары гынар» диэн борокуратууранан бэрэбиэркэлэтиэх (кэһэтиэх буоллаҕа) буолбут этэ (сурук 01-1789/1 6 №-дээх, 2012.03.22 суруллубут). Бэрэсидьиэн «миигин ол-бу интригаҕа кытыарымаҥ» диэн Стручковтаах Слепцовка эппит этэ.
Хаһыат бүддьүөт эйгэтиттэн биир кыра тиэмэни ылан ырытан көрбүтэ, дьокутааттары, улахан тойоттору хамсаппыта – хаһыат суруйуута норуот хонтуруола буоларын өссө төгүл бигэргэтэр.
***
«Кыым» хаһыат көтөрү иитии бүгүҥҥү туругун үөрэппитигэр олоҕуран, көтөр баабырыкаларын холбуох иннинэ тутулуга суох эспэртиисэ ыытан, дириҥник үөрэтии судаарыстыбаҕа ордук көдьүүстээх буолсу диэн санааҕа кэллэ. Көтөр баабырыкаларын бүгүҥҥү туруктара – үбү туһаныы да, үлэ тэрийиитин да чааһынан – тэҥэ суохтар, сайдыы, кыаҕырыы тута барарын мэктиэлээбэттэр. Бүддьүөт ороскуота улаата туруох чинчилээх. Сыл аайы тырааныспар ороскуота үрдүүр, комбикорм сыаната эмиэ, эниэргийэ иһин төлөбүр улаатар. Саатар, тимир суолунан Күөрдэмҥэ диэри бурдугу тиэйэри утарсааччылар күнтэн-күн элбииллэр. Онно хамнаска, оскуолаҕа, дьыссаакка, судаарыстыба атын да уталытыллыбат кыһалҕатыгар туттуллуохтаах харчы бара туруо дии.
Судаарыстыба, бастатан туран, харчыта көдьүүстээхтик үлэлииригэр кыһаныахтааҕа чуолкай. Онон баабырыкалары холбооһуҥҥа дириҥ тутулуга суох эспэртиисэ оҥоһуллуохтаах. Бу этии бэрэсидьиэн уурааҕын утарыахха эрэ диэн этиллибэт.
Күүс өттүнэн холбуур начаас буоллаҕа, ол эрээри норуот үбэ көдьүүстээхтик үлэлиэ диэн санааны саарбахтатар төрүөт суох буолбатах. Аны туран, холбооһун көдьүүһэ суох буоллаҕына, бэрэсидьиэн аата кыбыллар. Онон «холбоо диэбитин толоруохтаахпыт» диэн чэпчэки суолунан барбакка, «сэттэтэ кээмэйдэнэрэ» ордук. Судаарыстыба сорудаҕа итинник туолуохтаах буолбатах дуо?
***
Туохтан тирэҕирэн инньэ диигин диэтэххэ, ТХМ саайтыгар производство хаамыытын туһунан нэдиэлэтээҕи отчуоттарыттан оперативнай иһитиннэрии бэриллэр. Тэрилтэ нэдиэлэҕэ тугу оҥорбута, туох үлэ барбыта киирэр информациятыттан көтөрү иитии билиҥҥи туругун кытта билсиэҕиҥ.
2011 с. оперативнай информацияттан Ньурба дьоно көтөрдөрүн баабырыкатыгар ыарыы туруута көтөр аһылыгын буолбакка, сибиинньэ комбикормун сиэтииттэн таҕыста диэн уорбалыыллара тахсан кэлэр. 2011 с. Ньурба баабырыката «Сибиирдээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай киинэ» (СТХНК) тэрилтэттэн 1307 туоннаны комбикорму ылбыт. Били, Нерюнгри кууруссатын ыарыы оҥоро сыспыт, түөкүннээбитин Иркутскай лабораторията дакаастаабыт тэрилтэттэн. Ньурба билиҥҥи салалтата тутулуга суох эспиэрдэри соҕурууттан кытта ыҥыран, бу уотурба састаабын, ыарыы турбут төрүөтүн чинчийтэрэрэ буоллар, инникитин судаарыстыбаҕа хоромньу тахсарын тохтотуо эбит.
ТХМ салалтата Нерюнгри холобурун билэн олорон, Ньурба көтөрүн баабырыката эстибитин Силиэстийэлиир кэмитиэккэ, борокуратуураҕа үҥсэн бэрэбиэркэлэппэккэ, ыарыыга күтүрээн кэбиспитэ төһө сөбүй? ТХМ Ньурба көтөрүн баабырыкатыгар ыарыы туруутугар СТХНК аҕалбыт комбикорма буруйдаах буолуон сөбүн бэрэбиэркэлиирэ хайаан да наада буолбатах дуо? Оттон Хаптаҕай собуотун дьоно баара-суоҕа ити СТХНК урут кинилэри моҥкурууттата сыспытын туһунан бэрэсидьиэҥҥэ суруйбуттарыгар ахтан ааспыттарын иһин, ТХМ миниистирэ собуот салалтатын утары дьыаланы тэрийтэрээри гынар. Нерюнгри көтөрүн баабырыката (НКФ) СТХНК албынын арыйбыт, Ньурба көтөрүн баабырыката эстибит кэмнэрэ – биир. Ол эрээри силиэстийэлэммэккэ, ыарыы турбут дьиҥнээх биричиинэтэ быһаарыллыбакка хаалара сатаммата чахчы. Биллэрин курдук, ити хоромньу эмиэ бүддьүөт суотугар быһаарыллар. Ньурба баабырыкатыгар куурусса атыылаһыыга 9 мөл. солк. барыахтаах. Бу былааннамматах эбии ороскуот, ол аата көтөрү иитии туруктаах балаһыанньалаах, бүддьүөт харчыта көдьүүстээхтик үлэлиир диир эрдэ буолбатах дуо? Ньурба кууруссата эстибэтэҕэ буоллар, бу 9 мөл. солк. сайдыыга барыахтаах этэ буоллаҕа.
2011 с. отчуот сыыппараларыгар СТХНК Нерюнгри баабырыкатыгар күһүн дуогабарынан мөлтөх хаачыстыбалаах комбикорм аҕалбыта тоҕо эрэ киирбэтэх. 2011 с. устата СТХНК-тан Ньурба эрэ 1307 туоннаны ылбыт диэн сылдьар. Дьикти.
***
Киһи өйдөөбөт үһүс «дьиктитэ» – «Россельхозбаантан» ылбыт 300 мөл. солк. кирэдьиитигэр НКФ комбикорм атыыласпыта оперативнай отчуокка ханна да көстүбэт. Дьокуускайдааҕы көтөр баабырыката сылы быһа 2-4 тыһ. туонна комбикорм саппаастаах олорбут. Оттон НКФ атыыласпыта буоллар, 2011 с. муус устартан эмиэ хастыы да тыһ. саппаастаах буолуохтаах этэ. Ол эрээри сылы быһа НКФ «сыарҕа үрдүттэн аһыы» олорбут. «Наличие конц. кормов» диэн устуруоканы көрдөххө, сылы быһа нэдиэлэ аайы 200-300 т. саппаастаах олорбут. Күҥҥэ 17-20 туоннаны сииллэрин аахтахха, 10 эрэ хонук сиэтэр саппаастаах эбит. Нэдиэлэ аайы 1-2 вагон ылар кэпсэтиилээх этэ диэхтэрин син, оччотугар итиччэ элбэх кирэдьиит харчытын комбикорм атыылаһарга ылар наадата суох этэ.
Оперативнай отчуот сымыйа буолбатах, бүтүн судаарыстыбаннай уорган – министиэристибэ, бырабыыталыстыба нэдиэлэ аайы барар үлэтин көрдөрөр отчуота. Оперативнай отчуот алҕастаах, итэҕэйэр табыллыбат диир киһи – судаарыстыбаны баһааҕырдар. Бу отчуот харах баайыытыгар оҥоһуллубат, оперативнай отчуотунан сылы быһа судаарыстыба үлэтэ салайыллар, бэрэсидьиэн, бырабыыталыстыба үлэлэригэр бу отчуоту тутталлар. Онон оперативнай отчуот хайдах да мөлүйүөнүнэн, миллиардынан солк. сыыһалаах-халтылаах оҥоһуллара сатаммат. Өскөтүн оперативнай отчуоту итэҕэйимэҥ диир түгэнигэр, ТХМ-ы сабыахха наада. Кырдьыгы оперативнай отчуокка киллэрбэт структура бэрэсидьиэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа туохха нааданый?
Ол да буоллар, ТХМ оперативнай отчуокка хоромньуну көрдөрбөт буола сатыыра баар. Ньурба баабырыкатын кууруссатын былырыын алтынньыга эспиттэрэ. Ол эрээри отчуокка ол суох. 2011 с. ахсынньы 22 күнүнээҕи отчуокка тиийэ, баабырыка үлэлии олорорун курдук сыыппаралар тураллар. «Падеж» туһунан туох да суох. Ньурба кууруссатын эһэллэригэр 760 т. комбикорм «саппааска» хаалбыт. Быйыл икки ый устата Ньурба отчуотугар барытыгар «прочерк» турар.
2012 с. кулун тутар 22 күнүнээҕи оперативнай отчуокка Ньурбаҕа Дьокуускайдааҕы көтөр баабырыкатыттан ДьКФ 10368 эдэр кууруссаны илтилэр диэн отчуоттаммыт. Отчуоту салгыы көрдөххө, били, былырыын хаалбыт 760 т комбикорм «сүтэн хаалбыт», 50 эрэ т. саппаастаахтар дэммит. Атын көтөр баабырыкаларыгар илдьибиттэр дуу, нэһилиэнньэҕэ сибиинньэ комбикорма диэн атыылаабыттар дуу? Дьон сүөһү үөһэ тааһырыа суоҕа диэн ылбыт буоллаҕына, чахчы, куурусса комбикорма буолбатах буолан тахсар.
Оперативнай отчуоттан көрдөххө, Нерюнгри баабырыкатынааҕар Дьокуускайдааҕы баабырыка быдан туруктаах, бэркэ үлэлии олорор эбит.
Чахчылар көрдөрөллөрүнэн, көтөр баабырыкаларын холбуур да буоллахха, Нерюнгрига буолбакка, быдан үчүгэй менеджменнээх ДьКФ-га холбуур ордук көдьүүстээх буолуох курдук. Тоҕо? Быйылгы кулун тутар 22 күнүнээҕи отчуоту ылан ырытан көрүөҕүҥ (табл. көр).
Ким ордук үлэлиирий?
2012 сыл кулун тутар 22 күнүнээҕи туругунан
ДЬКФ
НКФ
1. Сымыыт баалабай хомуура, тыһ. уст.
2. 2011 с. сымыыт баалабай хомуура, тыһ. уст.
3. 2012 сылы 2011 с. тэҥнээтэххэ, улаатыы, %.
4. 2012 с. сымыыттыыр куурусса ахсаана.
5. 2011 с. тустаах кэмигэр баар куурусса ахсаана.
6. Сууккаҕа хомуллар сымыыт, тыһ. уст.
7. 2011 с. сымыыт себестоимоһа, солк.
8. Комбикорм саппааһа, туонна
9. Сыл саҕаланыытыттан көтөр өлүүтэ, төбө
ол иһигэр: сымыыттыыр куурусса
эдэр көтөр
10. 2011 с. баччаларга көтөр өлүүтэ, төбө
11. Сымыыт атыыта, тыһ. уст.
12, Харчы киириитэ, тыһ. солк.
13 193
10272,1
128,3
179961
140236
185,79
5,31
1906,6
2155
1053
1102
2303
12109,5
60676,2
9 926
10303
96,3
103060
147559
92
5,5
248,8
8313
4633
3680
5099
7980
34639
Отчуокка көстөр сыыппаралартан, ДьКФ үлэтэ үчүгэйэ, балаһыанньата бигэ туруктааҕа көстөр. Сымыыта элбэх, кууруссата өлбөт, атыыттан киллэрэр харчыта икки төгүл элбэх.
Бройлер Дьокуускайга суоҕунан, икки тэрилтэни тэҥниир кыах суох. Ол да буоллар, миниистир И.И. Слепцов Нерюнгри баабырыкатыттан кынаттанан үүнэн тахсыбыт буолан, онно тирэҕирэн бүтүн холдины тэрийбитэ саарбахтаммат.
***
НКФ-га көтөр өлүүтэ баар диэн отчуоттаммат да, сымыыттыыр куурусса ахсаана кулун тутартан наһаа аҕыйаабыт, кулун тутар 22 күнүнээҕи туругунан 103060 тыыннаах хаалбыт. 2012 с. тохсунньутугар 150315, олунньутугар 148839 куурусса тыыннаах турбут эбит. Ол аата олунньу-кулун тутар ыйдар быыстарыгар 50-ча тыһ. куурусса өлбүт дуу, хайаабыт дуу? Бройлер этин былаанын толороору баабырыка кууруссатын 1/3 биирин суох гымматахтара чахчы. 50-ча тыһыынча куурусса ханна сүттэ?
Бу чахчылар хаптаҕайдар бэрэсидьиэҥҥэ саҥа холбоһугу саарбахтаан суруйбуттара олохтооҕун көрдөрөллөр.
Киһи сөҕөр, ама, хаһыат үлэһиттэрэ көрөр чахчыларын салалта, дьокутааттар, хонтуруоллуур уорганнар көрбөттөрө буолуо дуо?! Бүддьүөт харчытын иһин эппиэтинэс диэн өйдөбүл биһиэхэ олох наадыйыллыбат буолбутун бу кыра куурусса холобурун ойо тутан ылан сырдаппыппыт дьэҥкэтик көрдөрөр. Уонна, доҕоттор, хайдах сайдабыт? Туох да уларыйбакка, салҕанан бара турар түгэнигэр, дьалаҕайбытыгар тыа хаһаайыстыбатын буолуохтааҕар, өрөспүүбүлүкэбитин, судаарыстыбаннаспытын сүтэриэхпитин сөп. Федеральнай хонтуруол төбөлөөх уолаттара кэлэн начаас арааһы хостоон, бу сахалар судаарыстыбаннастарын сайдарга буолбакка, Арассыыйа харчытын көдьүүһэ суох ыһа-тоҕо олороору хааллара сатыыллар эбит диэхтэрэ.
Онон Сахабыт сирин экэниэмикэтин сайдыытын «чунуобунньуктан» атын хараҕынан көрөр эспиэрдэри мунньан, уопсастыбаннас хонтуруолун тэрийэр туһунан толкуйданыыһы дуу диэн санаа үөскүүр. Күүстээх гражданскай уопсастыбата суох букатын буорайыыһыбыт. Ил Түмэммит дьокутааттара да кыһамматтар, борокуратуура, силиэстийэ "үҥсүүтэ суох дьыаланы саҕалыыр бырааппыт суох” дииллэр даҕаны, бэрэсидьиэнтэн быһаарыыны көрдөөбүт дьоҥҥо түргэнник тиийэллэр эбит (12 с. көр). Гражданскай уопсастыба, тутулуга суох эспиэрдэр судаарыстыба интэриэһин туруулаһар хонтуруолга тахсаллара ирдэнэр.
ХХI үйэҕэ куурусса саханы аатырдыа дуо-4?
05.04.2012 16:48 | Автор: Владимир Степанов | Көрдүлэр: 198 http://www.kyym.ru/index.php/olox/economika/6297-i------4
04239adda03f«XXI үйэҕэ саханы куурусса аатырдыа дуо?» диэн ыстатыйалар тиһиктэрэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан сэҥээриини ылла, кэпсэтиини таһаарда. Кырдьыгынан эттэххэ, «куурусса» тиэмэтин хас да нүөмэри быһа соһо сылдьар былаан суоҕа да, бу таарыллар боппуруостар норуоппут кэлэр кэскилин быһаччы хаарыйаллар. Онон, т/х-тын сайдыытын торумнуур үлэҕэ норуот кыттыылаах киэҥ кэпсэтии тахсара ирдэнэр. Бастатан туран, бу "Кыымҥа” тахсыбыт матырыйааллар тиһиктэрэ туох да көдьүүһэ суох хаалбатахтарын санатабыт. Быйыл бүддьүөттэн үбүлэниэхтээх, тыа дьоно, тэрилтэлэрэ күүтэн олорор үлэлэриттэн 200 мөл. солк. туура тутан ылан Нерюнгри көтөрүн фабрикатыгар биэрии тохтотулунна. Ол эрээри, маны көҕүлээбит дьон ол айдааннаах фабрикаҕа 200 мөл. солк. «бэлэх биэрэр» санаалара тохтуу илик. Дьыала детектив курдук сиэллэнэн-мутуктанан тахсан эрэр...
Дьыала саҕаламмыт төрдүн санаттахха, олунньу 24 күнүгэр т/х-тын кураторын үлэтин толорор бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Стручковка улахан мунньах буолбута. Бу мунньахха СӨ т/х-тын миниистирэ И.Слепцов, баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыан миниистирин солбуйааччы В.Афанасьев, үп миниистирин солбуйааччы П.Н. Багынанов, сыана кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Н.Ю. Корягина, ТХМ тустаах испэсэлиистэрэ, Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатын генеральнай дириэктэрэ А.Степанов, барыта 11 киһи мустубуттар.
Үрдүк мунньах кыттыылаахтара түмүк боротокуолга «в связи с отсутствием у ОАО «Нерюнгринская птицефабрика» достаточных оборотных средств и необходимостью погашения в 2012 г. краткосрочных кредитных обязательств» 200 мөл. солк. биэрэргэ быһаарбыттар. Быһата, "бу барахсаттар үптэрэ тиийбэт, баантан ылбыт кирэдьииттэрин кыайан төлөөбөккө муҥнаммыттар, онон оҕобутун быыһыаҕыҥ, 200 мөлүйүөнү булан биэриэххэ» диэн буолбут. Эбиитин, абыраабычча абыраан, "ити 200 мөл. солк. отчуоттатар наадата суох, син биир кыайан төннөрбөттөр, онон бу харчы аны ирдэммэтин туһугар тэрилтэ устаабын хапытаалыгар угуохха» диэбиттэр. Ону сокуон өттүнэн ыпсарарыгар СӨ баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаҥҥа миниистирэ Е.В. Григорьеваҕа сорудах бэриллибит.
«Кыым» кулун тутар 15 күнүгэр маны "улахан сыыһа быһыы тахсан эрэр” диэн суруйбута. Ол эрээри, туһааннаах дьон, боростуой дьон тылыгар боҕомтону уура үөрэммэтэх сиэрдэринэн, хаһыат суруйуутугар "кымаардаан да” көрүмээри гыммыттара.
Кулун тутар 19 күнүгэр Д.Ф. Наумов бэрэссэдээтэллээх Ил Түмэн аграрнай бэлиитикэҕэ уонна тыа сиригэр сис кэмитиэтэ мунньахтаабыта. Онно тыа сиригэр быйыл барара былааннаммыт харчыттан: мелиорацияттан – 100 мөл, үүнээйиттэн –100 мөл. солк., барыта холбоон 200 мөл. солкуобайы – Нерюнгритааҕы көтөр фабриката бааҥҥа кирэдьиитин сабарыгар ыытарга быһаарбыттара. Өйдүүргүт курдук, бу Д.Ф. Наумовтаах ааспыт быыбарга тыа дьонун өйүөх, т/х-тын сайдыытын түстүөх буолан, аграрнай баартыйаттан дьокутаатынан талыллыбыттара. Билигин кинилэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» "аграрнай кыната” буола сылдьаллар. Ол ааспыт быыбар саҕана бу дьон "тыа дьонуттан 200 мөл. былдьаан ылан көтөр фабрикатыгар ыытыахпыт” диэбэтэхтэрэ чахчы.
Тыа дьонуттан харчыны былдьаан ылыыга «Россельхозбаан» байар интэриэһэ кыттыста. «РСХБ» тыа дьонугар кыра да кирэдьиит сыыһын биэрээри сиэрэ суох ирдэбили түһэрэн эрэйдиирин туһунан хаһыакка элбэхтик суруйан турабыт. Кыра дьоҥҥо кытаатар бэйэлэрэ, бааннар Нерюнгри фабрикатын кыаҕын-туругун билэ да сатаабакка, 2011 с. кулун тутар 30 күнүгэр 300 мөл. солк. биэрэн кэбиспиттэр. Докумуоннары үөрэтэллэригэр бу фабрика 2010 с. отчуотугар 384 мөл. солк. иэстээҕэ, «критичэскэй” балаһыанньалааҕа, бэриллибит кирэдьиит төннүбэт кутталлааҕа, моҥкурууттуур туруктааҕа, тоҕо эрэ, учуокка ылыллыбатах. Ама, көрбөтөхтөрө буолуо дуо? Көрөн бөҕө буоллаҕа... Ама, төннүбэтэ көстөн турар кирэдьиити биэриэхтэрэ дуо. Бырыһыаннаан, соролоон сии үөрүйэх дьон – бааннар обургулар – өрөспүүбүлүкэбит кууруссаҕа толук ылыллан бүппүтүн билбэттээх буолуохтара дуо! Судаарыстыбаны кууруссанан албаһыран киирэн баан аманаата оҥосторго холоммуттар курдук. Тоҕо диэтэххэ, сыл аайы Нерюнгри фабрикатыгар судаарыстыба көмөтө улаатан иһэр. Ол курдук, 2009 с. 132,9 мөл. солк. бүддьүөттэн көмө диэн ылбыт буоллахтарына, 2010 сылга 285,6 мөл. солк. ылбыттар.
Биһиги «Россельхозбаантан» Нерюнгри көтөрүн фабриката былырыын сүрүн пуондатын толук ууран ылбыт 300 мөл. солк. иэһин төһө бэркэ сабан иһэрин туһунан информация көрдөөтүбүт да, «килийиэн интэриэһин көмүскүүбүн» диэн баан информация биэрэртэн батынна. Кинилэри өйдүөххэ сөп, фабрика ылбыт иэһин судаарыстыба төлүүрүгэр бүк эрэллээх олордохторо.
Бу бөрүкүтэ суох түбэлтэҕэ бырабыыталыстыба оруола ситэ өйдөммөт. Тоҕо куурусса интэриэһэ эрэ өрө тутулунна? Олунньу 24 күнүгэр А.Стручковка буолбут мунньах боротокуолугар «харчы кирэдьиити сабарга барыахтаах» диэн чуолкайдык суруллубут этэ дии. Ол сорук Д.Ф. Наумов кулун тутар 19 күнүнээҕи мунньаҕар диэри уларыйбатах. Онтон А.Стручков Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуокка уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар кэмитиэтигэр кулун тутар 23 күнүнээҕи 386-П3 суругар хараҕы баайар албаһы туттубут. Манна "Нерюнгри фабрикатыгар 200 мөл. солк. кирэдьиити сабыыга буолбакка, бройлер сыаҕын иккис уочаратын тутууга анаан бэриллэр” диэн көннөрүллүбүт. Ол эрээри харчы син биир устаап хапытаалын хаҥатыыга барыахтааҕа уларыйбатах. «Анна адьыр уу, үрдэ көмүс дуй” диэн итинник дьаһалы этэн эрдэхтэрэ.
***
Салгыы «куурусса харчытын» тула сокуон оҥорор уонна ситэриилээх былаас мүччүргэннээх сырыыларыттан билиһиннэрэбит. Бүгүн туох түмүктээхпитий? 200 мөл. солк. тыа сириттэн былдьаммат, оннунан хаалар. Оттон «кирэдьиит сабыытыгар» наада буолбут 200 мөл. солк. суһаллык булар сорук тохтотулла илик эбит.
Ил Түмэн XXXIII сиэссийэтигэр Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатын иэһин сабыахтаах 200 мөл. солк. араас албаһынан киирэн, кимиэхэ эрэ барыахтаах харчыны туора "хайыһардатар” куттала ханна да бара илик. Сокуон улахан үлэтэ эрдэ кэмитиэттэргэ дьүүллэһиллэр, оҥоһуллар. Онон дьокутааттар кэмитиэт аһарбытын улаханнык хасыһа барбакка куоластаан ылынан иһэр майгылаахтар.
Бастаан сиэссийэҕэ туох буолбутун кэккэ дьокутааттартан ыйыталастыбыт.
Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуокка уонна сыанаҕа бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.С. Уаров:
– Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатыгар 200 мөл. солк. бэриллэрэ сыыһатын туһунан мин өссө кэмитиэт мунньаҕар эппитим. Бырабыыталыстыба бэйэтэ бу боппуруоһу устубута. Онон сиэссийэҕэ киирбэтэҕэ. Бу түмүгэр, «мелиорацияҕа», «растениеводствоҕа» барыахтаах харчы тыытыллыбат, оннунан хаалар.
– Александр Сергеевич, былырыын Ил Түмэн 100 мөл. солк. фабрика устаабын хапытаалын хаҥатарыгар ыыппыта. Быйыл аны 200 мөл. солк. буолан таҕыста. Тоҕо ити курдук үллэн, эбиллэн иһэрий?
– Былырыын тэрилтэни өйөөн 100 мөл. солк. ыыппыппыт. Быйылгыттан ол тохтуур. Детсад, оскуола уустук боппуруостара ситэ быһаарыллыбакка турар кэмнэригэр, аахсыйалаах, бэйэтэ бэйэтин тэринэр-дьаһанар тэрилтэҕэ, итинник элбэх харчы барара хайдах да сатаммат. Ол иһин мин ону хара маҥнайгыттан утарбытым.
– Бырабыыталыстыба кэлэр сиэссийэҕэ ити боппуруоһу иккиһин киллэриэ дуо?
– Суох, быйыл Нерюнгрига устаап хапытаалын хаҥатыыга ханнык да харчы барыа суоҕа.
***
Мин аахсыйалаах тэрилтэҕэ 200 мөл. солк. «көмө» барбат буолбутун бигэргэтэр сиэссийэ уурааҕын ирдэһэн була иликпин. "Ситэ оҥоһулла илик, элбэх көннөрүү, уларытыы, чуолкайдааһын киирэр” дииллэр. Онтон киһи эмиэ дьиксинэр. Онон тыа харчыта тыытыллыбатын, аахсыйалаах тэрилтэ судаарыстыбаны солуок оҥостон паразиттаан иитиллэрэ сыыһатын, устаабы хаҥатыыга аны бүддьүөт үбэ барбатын билиҥҥитэ А.С. Уаров тыла-өһө эрэ мэктиэлиир. Кырдьык, оҕо саада тиийбэтиттэн сылтаан дьон уулуссаҕа миитиннии тахсара чугаһаан турдаҕына, ханнык эрэ биисинэс тэрилтэтэ 200-түү мөл. солк. бэлэх ыла сатыыра сиэргэ баппат быһыы. В.Путин бу туһунан иһиттэҕинэ, хайҕаабата чахчы.
А.С. Уаровы кытта кэпсэтэн баран, кини кэмитиэтэ сиэссийэҕэ киллэрэр докумуоннарын Ил Түмэн саайтыгар ыйаабытын арыйан көрдүм. Онно «Сводное заключение» диэн улахан докумуоҥҥа ороскуоттары уларытыы туһунан салаа 18-с пуунугар "куурусса фабрикатыгар 200 мөл. солк. бэриллэрэ сөптөөх” диэн сылдьар. Ол иһин дьиктиргээн, А.С. Уаровтыын иккиһин кэпсэттим. Кини: «Ити бырабыыталыстыба фабрикаҕа 200 мөл. солк. устуон иннинээҕи эргэ «своднай заключениета алҕаска ыйаммыта буолуо», — диэн быһаарда. Оччотугар Ил Түмэн үлэтин тэрийээччилэр алҕаһаабыт буолан тахсаллар. "Хайдах итинник улахан суолталаах дьыалаҕа сыыһаны-халтыны таһаарар баҕайыларай?” дииргэ эрэ тиийиллэр. Уаров иккиһин тоһоҕолоон, "200 мөл. солк. Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатыгар барбат” диэн лаппыйан эттэ.
Ол эрээри, биһиги «балаһыанньабыт» дьэҥкэриэхтээҕэр өссө уустугуран иһэр. Кырдьык, бырабыыталыстыба эрдэ устубут буоллаҕына, боппуруос сиэссийэҕэ көрүллүө суохтаах этэ. Ол эрээри, норуот дьокутаата Г.М. Артемьев этэринэн, боппуруос дьүүллэммит: «Ил Түмэн XXXIII сиэссийэтигэр тыа сиригэр былааннаммыт үлэ 200 мөл. солк. харчыта былдьаммат, оннунан хаалар. Ити боппуруоһу сиэссийэҕэ көрүүгэ бастаан дьокутаат Э.Березкин, онтон мин тоҕо куурусса иитиитэ, сыыр намыһахтыы, тыа дьонун үрдүнэн ааһыахтааҕый диэн утарбыппыт. Д.Ф. Наумов ити ороскуот толуйуллуо диэн быһаарбыта. Онтон А.А. Стручков туран «боппуруоһу устабыт, атын источниктан харчы булуохпут» диэбитэ. Баҕар, ити кууруссаҕа биэрэр харчыларын кэлэр сиэссийэҕэ бэлэмнээн киллэриэхтэрэ. Ол эрээри, тыа сиригэр былааннаммыт харчы тыытыллыбата чуолкай диэн буолбута».
Г.М. Артемьев: «Сокуон тиһэх барыйаана бэрэсидьиэҥҥэ илии баттана киирэр гына ситэриллиэхтээх, онон бэлэм сокуону эйиэхэ биэрэллэрэ, баҕар, арыый эрдэ буолуо», – диэн уоскутта.
Бүддьүөккэ киирбит уларытыылар тустарынан сокуон бэлэмнэниллэн бүтэ илигин, норуот дьокутаата О.Н.Федорова бигэргэтэр: «Миэхэ биэрбит сокуоннарын ортолоругар Нерюнгри фабрикатыгар сыһыаннаах суох. Ол иһин бүддьүөт кэмитиэтигэр эрийэ сырыттым. Манна букатын соһуттулар. Кинилэр этэллэринэн, пленарнай мунньах иннинэ бырабыыталыстыба, А.Стручков суругунан, 200 мөл. солк. фабрика устаабыгар бэриллэрин туһунан боппуруоһу устубут үһү, бүддьүөккэ киирбэт пуондалартан булуохпут диэбит үһү. Ити суругу дьокутааттарга көрдөрбөтөхтөрө». Көрөргүт курдук, сокуон тиһэх барыйаана суруллан тахса илик. Хаһан, хайдах көрүҥнээх тахсыаҕа номнуо дьиктиргэтэр да, дьиксиннэрэр да буолан барда. Ил Түмэн аһарбыт сокуонун бэрэсидьиэн бигэргэтэр. Урукку өттүгэр бэрэсидьиэн «вето» уурбута диэн суох үһү. Билигин ол «сиэссийэҕэ ылыллыбыт эрээри», эбии таҥылла, көннөрүллэ сылдьар сокуоҥҥа Нерюнгритааҕы фабрикаҕа 200 мөл. солк. биэрэргэ диэн киирэн хаалыах да курдук. "Кыбытан” кэбистэхтэринэ, тугу булан ылыаҥый?
Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатыгар харчы бэриллэрэ-бэриллибэтэ Ил Түмэн ХХХIII сиэссийэтигэр хайдах дьүүллэһиллибитэ муус устар бүтүүтэ быһаарыллар. Тоҕо диэтэххэ, сиэссийэҕэ ханнык дьокутаат тугу диэбитэ кумааҕыга түһэриллэн, стенограмма буолан Ил Түмэн саайтыгар ыйаныахтаах. Оччо өр күүтэн олорор, нүөмэр аайы "кууруссаны ыстыыр” сүрэ бэрт. Ол иһин спикер В.Н. Басыгысовтан бу боппуруоһу чуолкайдыырыгар көрдөһөн сурук суруйбуппут. Түгэнинэн туһанан, көрдөһүүбүтүн хаһыатынан эмиэ тиэрдэбит.
Дьыала сиэлэ-кутуруга төһө уһаабытын кэлэр нүөмэргэ билиһиннэриэхпит.
|
Category: Экономика и СЭР |
Views: 1739 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 54 Ыалдьыттар (гостей): 54 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|