Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Муус устар » 27 » А. Павлов-ДАБЫЛ. АЙЫЫ ТОҔУС ХАЛЛААНА
А. Павлов-ДАБЫЛ. АЙЫЫ ТОҔУС ХАЛЛААНА
18:03
Тыын 
Духовность  диэн сахалыыта  тугуй ? Бу тылбыт нууччалыы төрүт олоҕо – дух. Сахалыыта – тыын.
26.04.2012 15:39
http://citim.ru/library/15-library/32-2012-04-26-15-53-33
Аан дойду  тыыҥҥа көтөҕүллэн турар диир былыргы итэҕэл. Ол иһин  тугу барытын  тыыннааҕымсытабыт, тулалыыр эйгэ  бүтүннүү тыыннаах дии саныыбыт. Олорор олохпут тыынтан тутулуктааҕын  уонна тыын диэн аҥаардас салгын эрэ буолбатаҕын бигэтик өйдүүбүт.Тыын баар буолан, биһиги кэлтэй аһыыр-сиир, көрүлүүр-нарылыыр, төрүүр-ууһуур эрэ буолбахпыт. Тыын баар буолан, киһи-аймах  мэлдьи тыыннаах сылдьар, куугунуу кулан куйаар тыыҥҥа тутуллан турар.
Тыын диэн Үрүҥ Айыы олоҕу төрүттүүр  уонна көҕүлүүр күүһэ. Үрүҥ Айыы үрүҥ тыына  чопчу биир эйгэҕэ түмүллэн олоҕу үөскэтэр уонна көҕүлүүр. Үрүҥ тыын бүтэйэ түмүллүүтүттэн  аан дойду  үөскээбит. Бүтэйэ түмүллүбүт үрүҥ тыын хаатыйаланан сыыйа  харыһыктаах хара тыын  буолбут. Бу тыын эккэ-хааҥҥа, көстөр эйгэҕэ кубулуйан  куруук удьуордуу  турар.

Былыргы Сээркээн Сэһэннэр саныылларынан, Үрүҥ Айыы тыына туохха барытыгар  иэс бэриллэр эбит. Ол аата тыын биһиги бас билиибит буолбатах. Бу көстүбэт Сүдү  Чахчы  баарын биллэрэн барыны бары тургутан көрүүтэ буолар. Иэс биэрэр уонна ол онтун куруук кэтиир-маныыр.

Маны саха киһитэ  күнтэн уонна ыйтан быа курдук өйдүүр. Тыын ити «быа устун» кэлэр. Ити быа быһыннаҕына, тыын Айыыларга төттөрү барар. Ол иһин киһи-аймаҕы  «Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы Хаан аймаҕа,  көхсүттэн көнтөстөөх Күн ууһун дьоно»  диэн ааттыыбыт.

Ити «быа»  эбэтэр  Айыы суолун устун Үрүҥ Айыы үрүҥ тыына хаатыйаламмыт хара бараа харыһыктаах хара тыыныгар киирэр аналлаах. Айыылары саныыр, кинилэргэ хайыһар буоллахха, үрүҥ тыын хара тыыны  уһатан биэрэн иһэр.Ол курдук буорга иҥмит үрүҥ тыын Буор Кут, салгыҥҥа иҥмит Салгын Кут, ууга иҥмит Ийэ Кут буолар. Оттон уокка иҥмит үрүҥ тыын - Сүр. Онон  кут-сүр хара тыыны үүннэрэр, сырдатар күүс  буолар.

Үрүҥ тыыны кыайан бэйэҕэ тардан ылбатахха, материальнай эйгэҕэ хаайтарбыт  хара тыын  ыарыыр, дьиппинийэр. Хараҥа күүскэ кубулуйар. Оччоҕуна олох  кытаатар  уонна сыыйа эстэр. Хомойуох иһин, үгүс киһи олоҕу хара тыынынан  сыаналыыр уонна онон эрэ муҥурдуур. Ол иһин хара тыын былдьаһыгар онно-манна тиийэр-түгэнэр. Итэҕэстэнэр. Итэҕэһин өйдөөбөт. Оттон ити итэҕэһи  толорунарга дьулуһар буоллахха итэҕэл диэн кэлэр. Итэҕэл диэн бэйэ итэҕэс айдарыылааҕын өйдөөн, Улуу Сүдү Чахчы баарын билинии буолар.   

Ити иһин, саха киһитэ «үрдүк Сүдү Чахчы баар, киниэхэ хайыһыҥ»  диэн «Күн сирэ көҥдөй, Айыы аартыга аһаҕас» диир үгэстээх. Хараҥаҕа, хара тыыҥҥа хаайтарымаҥ, Үрүҥ Айыы үрүҥ тыыныгар тардыһыҥ диир. Онон  тыын диэн биһиги илдьэ сылдьар харыһыктаах хара тыыммыт эрэ буолбатах. Тыын диэн олоҕу төрүттүүр уонна көҕүлүүр Сүдү Чахчы баарын биллэрэр туоһута уонна ол ону биһигинэн -  Баар Буолуунан  тургутан көрүүтэ ааттанар.

Тыыннаныы (духовность) диэн тыыны суолталааһын, тыын ис дьиҥин билии уонна төһө кыалларынан өйдүү сатааһын. Көстүбэт Сүдү Чахчы биһигинэн биллэн ааһыытын биһиги өйдүүр, сыаналыыр кыахпыт, ычабыт. Ити барыта ханнык эрэ дьоҕус таһым.Тыыннаныы хаһан бүппэт.Тыыны баһылаан истэх аайы тыыннаныы эбиллэ  турар.

Киһи-киһи, норуот-норуот Сүдү Чахчыга чугаһыы сатааһына уонна итини ылыныыта араас. Хас биирдиибит бэйэбит ычабытыгар дьүөрэлии  сатыыбыт. Ким эрэ өлбүт киһи тыынын тыыннааҕымсытан өлүү культун өрө тутар. Киһи-аймаҕы тиһэх  тыһыынчанан куттуур. Бүгүн-сарсын өлөбүт диэн өйдөбүлү күүскэ соҥнуу олорор. Ол содулугар олоххо тардыһыы, олоҕу олоро сатааһын, олох тыынын уһатарга, үүнннэрэргэ дьулуһуу мөлтөөтө. Сорохтор айылҕа кистэлэҥ күүһүн арыйан тус бэйэлэригэр туһанар, онон эргинэр-урбанар баҕалаахтар. Бэйэни бигэргэтии, аат-суол оҥостуу  өттүгэр охтоллор.

Онон тыыннаныы  биир тэҥэ суох. Тыын үтүмэн үгүс. Оттон сорохтор тыыны кыайан ылбат, баһылаабат, билбэт буолан, атын дьон тыыныгар киирэ, сыста сатыыллар. Дьон тыынын «сииллэр». Онтуларын «сайдыы», «культураны үрдэтии, хардарыта байытыһыы» диэнинэн саптыналлар. Кырааската, дуйа туох да хойуу.

Итинниктэр күн-түүн элбии  тураллар.Оннуктар  ааттара маргиналлар, «тыал буолбуттар» диэн.  Билигин аан дойдуга тыын тууйуллуута, тыын тиийбэт буолуута, «культурнай шизофрения» улааппыта билиннэ. Биллэр даҕаны.

Саха киһитэ урут-уруккаттан Айыы тыынын тыыннанан олорбута. Үрүҥ Айыыттан үрүҥ тыыны тардан, кут-сүр оҥостон, бу УЛУУ  МУУС  ДОЙДУНУ иччилээн ириэрбитэ, сириэдиппитэ. Инньэ гынан Айыы аймаҕа, Күн ууһун дьоно «таҥаралаабакка»  Күн сирин анныгар этэҥҥэ сылдьыан сөбүн бигэргэтэн кэллэ.

Биһиги, сахалар, ахсааммыт быстар аҕыйах да буоллар, күнтэн-ыйтан тыын ылар үрүҥ көмүс утах быабытын өссө да ыһыкта иликпит. Ыһыктыахпыт суоҕа!

 АЙЫЫ  ТОҔУС  ХАЛЛААНА


Айыы (Творец)  хайдах баар буолбута  кыайан быһаарыллыбат.Кинини  баар диэн өйдүүбүт уонна баары барытын кини айбыт диибит.Саха киһитэ Айыыны былыр-былыргыттан билинэр.Ол иһин «Айыыны саҥарыма» диир үгэстээх. Айыы айбытын утарар, ону уларытар кыахпыт суох диэн этэр. Биһиги Айыы иһигэр баарбыт, кини иһигэр сылдьабыт, биир эт-хаан  буолабыт. Оннук санаа өбүгэбитигэр олус күүстээх этэ.

Айыы суолун  өбүгэ киһи тоҕус халлааҥҥа араарара. Бу тоҕус халлаан толору буолууну көрдөрөр. Киһи-аймах барыта толору буолууну ааҕар сыыппарата тоҕус  эрэ: 1,2, 3,4,5,6,7,8,9. Бу тоҕус сыыппараны бэйэ-бэйэтигэр араастык хатыйан толоруну билэргэ баҕатыйабыт.

Айыы тоҕус халлаана, бииринэн, көстүбэт олус чараас тыын эйгэ. Бу көстүбэт чараас эйгэҕэ киһи үтүө, ыраас өйүнэн-санаатынан хайыһыыта алгыс буолар.Оччотугар үрүҥ тыын киһиэхэ  кут-сүр буолан, киһи туругун өрө көтөҕөн иһэр. Иккиһинэн, киһи туруга өрө көтөҕүллэн истэҕин аайы өйө-санаата, сиэрэ-майгыта  уларыйан,  үүнэр-сырдыыр өттүгэр барар. Үсүһүнэн, киһи-аймах үрүҥ тыыны ылар ньыманы баһылаатаҕына, аан дойду  тыыҥҥа уйдаран, хаһан да ханнык да бырамаҥҥа быралыйбат буолуутун ситиһэ сатыахтаах.

Оттон Айыы  тоҕус  халлаанын бэйэбитигэр сыһыаран өйдүүр буоллахха, бу халлааннар биһиги эппитигэр-сииммитигэр бааллар. Итилэри  аҥаардас эт-сиин курдук буолбакка, тыын киирэр  киэлитэ, халлаана диэн  көрүөхтээхпит. Оччотугар бэйэҕэ уонна баар буолууга, тыыннаах сылдьыыга, тыыҥҥа сыһыан ураты ис хоһооннонор. П.С.Тумусов- П.Тараҕай «Киһи  аан туома. Анатомия человека.Humananatomia» биир сонун үлэтиттэн итиниэххэ сыһыаннаах үгүс саҥаны билиэххэ сөп.Ааптар бэйэтин үлэтигэр киһи этин-сиининитэҕэл, философия таһымыгар өрө тутан ырытар.

АЙЫЫҺЫТ  ХАЛЛААНА

Былыр-былыргыттан  киһини «Айыыһытыҥ аргыстастын» диэн алгыыр үгэстээхпит.  Мэлдьи аттыгар баар буоллун, куруук илдьэ  сырыт диэн этэбит.Бу - биһиги итэҕэлбит биир кэс тыла.

Айыыһыт  диэн төрүүрү-ууһууру төрүттүүр айар күүс. Үрүҥ Айыы  кыра кыыһа. Кини олорор олоҕо Айыы халлааннарыттан саамай тиһэхтэрэ.

Айыыһыт халлаана  төрүүр-ууһуур төрүтү илдьэ сылдьар. Бу халлааны, ол иһин, төрүүр- ууһуур эти кытта ситимнээн өйдүүбүт. Айыы итэҕэлигэр дьахтар ытык этэ Нэлбэй Айыыһыт, эр киһи ытык этэ Хороҥ Айыыһыт диэн ааттаналлар. Бу ытык эттэринэн Айыыһыт суола арыллар. Итинэн Айыыһыт үрүҥ тыына түһэн кут буолар. Үүнэр-утумнуур күүс, удьуор төрдө өрүү итинэн сылдьар.

Сахаҕа  бу халлаан өйдөбүлэ олус киэҥ уонна сиэрэ-туома бэрт элбэх. Ол курдук, өбүгэлэрбит   «Айыыһыт тартарыы»,  «Айыыһыты көрсүү», «Айыыһыты атаарыы» курдук уустук сиэри-туому үгүстүк толорор эбиттэр. Саха уус-уран айымньытыгар  А.Е.Кулаковскай  «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөөх» поэмата биир биллэр миэстэни ылар. Поэмаҕа ааптар  Айыыһыкка сыһыантан киһи кэскилэ, дьылҕата  хайдах тутулуктааҕын арыйан көрдөрбүтэ. Оттон А.И.Софронов  «Бүдүрүйбүт көммөт» пьесатыгар  дьон  майгыта «абааһытыйан», Айыыһыт тускутун ылыммат буолан эрэрэ  ойууланар. Сэбиэскэй кэмҥэ Айыыһыкка сыһыаннаах  биир тиһэх кэриэтэ  айымньынан  П.А.Ойуунускай  «Оҕоҕо баҕарбыт» комедията буолар. Комедияҕа киһи Айыыһыкка  итэҕэлин туһанан,  кини үтүө баҕатын атыттар күлүү-элэк оҥостоллоро көстөр.

Сэбиэскэй  кэмҥэ былыргыны, фольклору, ойууннааһыны үөрэтиигэ сахалартан Сэһэн Боло, А.А.Попов,  учуонайдар  Г.У.Эргис, Н.А.Алексеев бу урукку өйү-санааны хомуйбуттара уонна  бэйэлэрин үлэлэригэр киллэрэн тураллар. Оттон учуонай П.А.Слепцов  «Традиционная семья и обрядность (ХIХ-начало ХХ в.)» диэн монографиятыгар Айыыһыт урукку сорох суолтатын лаппа чопчулаабыта. Салгыы итэҕэл өттүттэн ырытыыны үөрэх гына Л.А.Афанасьев-Тэрис  «Айыы үөрэҕэ», «Айыы суола»  үлэлэригэр  суруйда. Өссө туран, наука доктора У.А.Винокурова  редактордаах  «Айыыһыт. Иэйэхсит» кинигэ тахсыбыта. Онно Айыыһыт өйдөбүлүн бүгүҥҥү олоххо дьүөрэлээн өйдөтөргө холонуу оҥоһуллан турар.

Айыы итэҕэлигэр Айыыһыт халлаана бэйэтэ биир туспа үөрэх. Үөрэх курдук өйдүөхтээхпит. Бу үөрэх сүрүн түмүк өйдөбүллэртэн турар. Айыыһыт халлаана сэттэ түмүктээх. Бу түмүктэри өйдүүргэ уонна сатаан сүөрэргэ оҕону төрүөҕүттэн ыла сөптүк такайан бараллар.

Айыы  тоҕус халлаана  киһи аайы этигэр-сиинигэр баар.Ити этинэн-сиининэн  Айыы тыына  сылдьар.

Айыыһыт халлаана киһи төрүүр-ууһуур этэ. Төрүүр-ууһуур эти кэрэтитэн, таптаан  өйдүүр  биһиги биир муудараспыт буолар.

АЙЫЫҺЫТ БАСТАКЫ ТҮМҮГЭ


Айыы үөрэҕэр сурулларынан Айыыһыт бастакы түмүгэ – Аан  Айыыһыт. Кини      таптал уонна  кэрэ  өйдөбүллэрин төрүттүүр.

Аан Айыыһыты оҕоҕо адьас кыратыттан, саҥардыы хааман эрдэҕиттэн биллэрэллэр. Онуоха ытык эти  «оҕобут чээкэтэ», «оҕобут чыычааҕа» диэн ааттыыллар. Онон оҕо аан бастакы кэрэтэ, үчүгэйэ бэйэтигэр баарын өйдүү улаатар. Төрөппүттэрэ итини кэмиттэн кэмигэр санатан «оҕобут чээкэтэ, оҕобут чыычааҕа ханнаный, көрдөр» диэн суолта биэрэн иһэллэр. Оччотугар оҕо бэйэтин «чээкэтигэр», «чыычааҕар» туох эрэ ураты үчүгэй курдук сыһыаннаһар буолар. Киһи кэрэхсиирин бас билэрдээх курдук  туттар.

Кырачаан киһи улаатан истэҕин  аайы сыыйа харыстыыр өйү-санааны иитэллэр. Мээнэ көрдөрбөт, «көөчүктээбэт» гынарга  «былдьаан ылыам», «ыт сиэҕэ»  о.д.а. «куттаан» олус наадалаах эбит дииргэ күһэйэллэр. Инньэ гынан төрүүр-ууһуур  этин кэрэ курдук саныырын таһынан таптыыр буолан барар. Харыстанары, кимиэхэ да мээнэ тыыттарбаты, көрдөрбөтү, бэйэ эрэ үчүгэйдик саныырын таптал гына иҥэрэллэр. Ийэ-аҕа  ытык эти өйдөтөрүн таһынан көрүнэргэ-харанарга  үөрэтэр.

Аны туран, Аан Айыыһыт төрүүр-ууһуур эти эрэ буолбакка, самыыны, ахтаны, ньилбэги, түһэҕи, өттүгү эмиэ бэлиэтиир. Оҕону дьарыйарга төрөппүт итилэри таарыйыа, охсуо суохтаах. Айыыһыты сынньыы, кэлэтии, төнүннэрии курдук өйдөнөр. Туора киһиэхэ мээнэ таарыйтарбат буоларга, сөптүк  туттарга-хаптарга үөрэтиллиэхтээх..

Төрүүр-ууһуур эти быдьардык ааттааһын, үөхсүү оҥостуу улахан аньыы дэнэр. Аан Айыыһыты  киртитии, төрүттэри, өбүгэлэри уонна бэйэ кэскилин таҥнары кырааһын буолар. Бу кырыыс киһи сиэрин-майгытын, өйүн-санаатын өрүттүбэт гына үрэйэр уонна сиир.

Оҕо аһыгар-үөлүгэр кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр  сүөгүн (сүөккэнэр этин-сиинин)  ууруллуо суохтаах. Былыргылар маны эмиэ аньыыргыыллар. Кирдээҕинэн ааҕаллар.

Аан Айыыһыт киһиэхэ барытыгар Айыы суолун арыйар аартык буолар. Ол иһин Аан Айыыһыт диэн ааттанар.

Аан Айыыһыты өйдөөбүт киһи хаһан да содурдаабат. Таптал, кэрэ  диэннэри  төрүттээн-уустаан көрөр буолар.

Уруй-тускул!!!

Айхал-айылыат

Ахан ини!

Айа кэрдэ турааччы

Аҕырыаллаах ньилбэктээх,

Боҕуускалаах түһэхтээх,

Көҕүөр курдук эмиийдээх,

Күрэҥ маҥан баттахтаах,

Арыы саһыл иэдэстээх,

Аҕыныахтаах ытыстаах,

Биһиктээх оҕо мээчиктээх,

Мэҥнээх оҕо бэриктээх –

Аан Айыыһыт хотун эбэкэм!

Сиэр сыдгы

Сиэллээх кутуругун

Силэйэ тарпыт курдук

Сиэги нэлэй аартыгы сэгэтэн,

Эргэтээҕи үрүҥ суолгун солонон

Туһааннаах дьолбутун

Дуулаҕа оҕото

Тосхойон кулу

Анаан аҕал! – диэн,

Үс дьүһүлгэн күлүккэр

Үҥэ-сүгүрүйэн эрэбит.

Дом.

Айыыһыт халлаанын бастакы түмүгүн Аан Айыыһыты дьиэ кэргэн, ыал төрдүн курдук көрөбүт.Ол иһин ыал буолар дьоро күҥҥэ «Аҕыс Айыыһытыҥ аргыстастын!» диэн алгыыбыт. Аҕыс халлаан устатын тухары Үрүҥ Айыыга тиийэ Айыыһытыҥ баар буоллун диир үтүө баҕа санаабыт итинник дириҥ ис хоһоонноох.

Айыы  тоҕус халлаана көстүбэт  чараас эйгэ.Бу эйгэ биһиги эппитигэр-хааммытыгар эмиэ баар.Айыыһыт халлаана диэн киһи төрүүр-ууһуур этэ ааттанар. Ити халлаан сэттэ түмүктээх.Ол аата сэттэ сүрүн ис хоһоону холбуур.Айыыһыт иккис ис хоһооно  Имэҥ уонна Дьалыҥ  Айыыһыттар диэн. Имэҥи уонна дьалыҥы  тыын өйүнэн сыаналааһыны Дабыл маннык быһаарар.  

 АЙЫЫҺЫТ ИККИС ТҮМҮГЭ

Айыыһыт  иккис түмүгэ  Имэҥ уонна Дьалыҥ  Айыыһыттар дэнэр.


Имэҥ киһи этин-хаанын  баҕарыыта буолар. Атынныын биир буолуон баҕарара. Тыынар тыыннаах бары итинник гынар. Баҕарыы күүһүрдэҕинэ эт-хаан оонньуур. Уу таман дьалкыйар. Ити дьалкыйыыта дьалыҥ дэнэр. Дьалыҥ күүһүрдэҕинэ уллурук сүрэҕи быары сылаанньытар. Оччотугар төрүүр-ууһуур эттэр дьалыҥ тардаллар.Ол аата  икки уу тыына холбоһон удьуору ууһаталлар. Былыр саха ойууннара удьуор тартараары «Дьалыҥ  ылыыта» туому сүөһүгэ, киһиэхэ анаан оҥороллоро. Холобур, Тумус  Мэхээлэ «Удьуор  үөрэҕэ»  диэн үлэтэ дьалыҥҥа эмиэ сыһыаннаах.

Кыыл-сүөл, хамсыыр-харамай удьуордааһына хара тыын таһымыгар барар. Ол аата  илдьэ сылдьар тыынынан оҥоһуллар. Киһи гиэнэ эмиэ итинник, өскө  төрүүр-ууһуур эккэ  көннөрү сэп-сэбиргэл курдук сыһыаннастахха. Оннук сыһыаннастахха киһи содур майгыланар. Өйө-санаата сыппыыр. Төрүүр-ууһуур этин сүөккэнэр мал, хардарыта сүөккэһэргэ анаммыт тэрил курдук көрөр. Дьахтар уонна эр дьон оҕо үөскээһинигэр, төрөөһүнүгэр сүөккэнии курдук сыһыаннаһар буолаллар. Дьалыҥ Айыыһыта суох буоллаҕына тыыны таһаарыы, таҕылы ханнарыы, уот татакайы аһарыы барар. Итинтэн үөскээбит оҕону  «сүөк оҕото» дииллэрэ.Ол аата кута суох оҕо.

Ити өйдөбүл секс (сүөккэс)  дэнэр уонна киинэҕэ, бэчээккэ умсугутуулаах гына араастык  сырдатыллар. Саха литературатыгар бу кэлиҥҥи кэмҥэ биллэ эбилиннэ. Имэҥ туһунан кэпсээн, хоһоон дэлэйдэ.Туспа хомуурунньук гына тахсыталыыр. Сорох хаһыат итини суруйан, ааҕааччытын элбээтиннэрэр мөккүөннээх. Инньэ гынан саха  майгытыгар, ордук кэлиҥҥи сүһүөх көлүөнэҕэ «көҥүл таптал», содурдааһын  омнуолламмат буолла. Саат-суут диэн өйдөбүл сүтүөх чинчилээх.

Оттон Имэҥи уонна Дьалыҥы Айыыһыттаах курдук өйдөөтөххө, атын  санааланабыт.  Ол атына - үрүҥ тыыҥҥа. Киһи имэҥэр  Айыыһыт сыһыннаҕына бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах истиҥ сыһыан үөскүүр. Тыын ырааһырар, чэпчиир, кынаттанар.  

Ол ону мүччү туппакка  киһи бэйэтигэр ыраас ыра  санаа гыныахтаах. Ити туһунан  Өксөкүлээх Өлөксөй «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөөх» поэмаҕа  этэр. Ордук дьахтар, ийэ киһи аанньа ахтыбат, оҕо дьылҕатын, төлкөтүн туһунан толкуйдаабат, уһуну-киэҥи санаабат буоллаҕына, оҕо кэскилэ суох буоларын, төрдө-ууһа төннүөн сөбүн ыйбыта.

Аныгылыы өйдөбүлүнэн оҕо үөскээһинэ былааннааныахтаах, суоттаныахтаах эбит. Киһи өйө-санаата, этэ-хаана оҕону үөскэтиигэ бэлэм буолара ирдэнэр.Итини бүгүн эрэ буолбакка, инньэ былыр да өйдөөччүтэ өйдүүр эбит. Ол иһин имэҥ уонна дьалыҥ Айыыһыттаах буоларыгар баҕарыы сыал-сорук  курдук турбут. Оҕо үөскүүрэ, төрүүрэ, хараллара Айыыһыттаах буолуутун туһунан учуонай П.А.Слепцов «Традиционная семья и обрядность у якутов (ХIХ – начало ХХ в.)» диэн дьоһун үлэни суруйан турар.

Дьалыҥ  кэмигэр  уу тамаҥҥа Айыыһыт үрүҥ тыына түстэҕинэ ийэ кут үөскүүр. Ийэ кут  айылҕа дириҥ төрдүттэн – Айыылартан ситими биэрэр. Оннук айыллыбыты  «кут оҕо», «төлкөлөөх оҕо» дииллэр.

Имэҥ уонна дьалыҥ  Айыыһыттаах буоларын хайдах гынан ситиһэбитий ?

Бастатан  туран, оҕо кыратыгар хайаан даҕаны  ыаллаах буола оонньуохтаах. Оҕото итинник оонньуурун төрөппүт кэтиирэ үчүгэй. Оҕо хайдах оонньууругар кини кэскилэ көстөр. Оҕолонуох-урууланыах, хайдах олоруох чинчитэ итиннэ биллэн барар. «Дьиэтин» көрөрө-истэрэ, «аһын-үөлүн» тэринэрэ хайдаҕынан оҕо инники олоҕун сылыктыахха сөп.

Ыаллаах, дьиэлээх буола оонньуур кэм соторунан ааһар. Оччоҕуна кыыһы кийиит, уолу күтүөт буолууга бэлэмнииллэр. Ол аата атын дьону-сэргэни кытта сатаан тапсар, өйдөһөр буолуохтаах. Бэйэтин эрэ майгытынан  салайтарара табыллыбат. Сүрүн ирдэбил : кыыһы туйгун кийиит, уолу бастыҥ күтүөт оҥорорго сатабыллаах үлэһит, дьиэҕэ-уокка бүгүрү, киһи киһитэ гына иитии. Бэйэ үтүө холобуругар үөрэтэр биллэн турар ордук көдьүүстээх.

Имэҥ  оҕоҕо биллэригэр бастаан утаа имэ кэйэр. Оҕо кими эрэ кэрэхсии көрбүтүн туоһута итинник. Кини атын киһи тас көрүҥүн, дьүһүнүн, туттарын-хаптарын болҕойор. Кэрэхсээһин салгыыта - киһини сөбүлээһин. Кэрэхсээһинтэн уратыта диэн   бэйэ ис туругар сөп түбэһэри атын киһиттэн булуу. Манныгы  санаа тапсыыта, салгынан ситим диэххэ сөп. Бу уларыйымтыа уонна олус уйан. Кыраттан да түргэнник ааһар.

Эдэр сааска  итинник сөпсөһөр өрүттэри үксүгэр ТАПТАЛЫ кытта буккуйаллар.Сөбүлээһин мэлдьи элбэх уонна халбаҥныыр. Сөбүлээһинтэн киһини санааһын, киниэхэ баҕарыы кэлэр. Санааһын эбиллэн истэҕин аайы  баҕарыы улаатар. Улахан оҕоҕо имэҥ, дьалыҥ киирдэҕинэ  төрөппүт тылын-өһүн истибэт, кыһаллыбат майгыланар. Туспа сылдьыан, бэйэтэ билэринэн олоруон саныыр.

Оҕону, эдэр киһини содур дьонтон  араҥаччылыыр туһугар өйдөтүү, сэрэтии былыр-былыргыттан баар. Ол курдук, П.А.Ойуунускай 1926 сыллаахха  суруйбут «Эмээхсин эгэлгэтэ» хоһоонугар ити сиһилии ойууланар.

Кийиит уонна күтүөт майгытыгар иитиллибит эдэр киһиэхэ  имэҥ уонна дьалыҥ  тыыны уһатыы, үүннэрии, харыстааһын  суолталанар. Оннук ыччат имэҥи уонна дьалыҥы  хаһан даҕаны содурдааһыҥҥа туттубат.Кирдээхтик санаабат. Ыраас уонна сырдык  тыын гынар. Имэҥ уонна дьалыҥ итиннигэ  ТАПТАЛ дэнэр.Тапталы  кыыс-уол, дьахтар уонна эр киһи  хоонньоһуутун, таҕылын  ханнарар, этин-сиинин тэнитэр оонньуутун курдук көрөр сыыһа. Таптал  диэн үрүҥ  тыын киһиэхэ  кутуллан кут-сүр буолуута  ааттанар. Таптаһыыга үрүҥ тыыннар куту-сүрү үөскэтэллэр.

Ойуунускай  «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» драматыгар  Сабыйа баай  хотун бэйэтин төрөппүт кыыһыгар этэр:

Иэримэ дьиэни иччилэтээри

Иитэр сүөһүнү күрүөлэтээри,

Алаһа дьиэни тэриннэрээри кэллэ быһыылаах.

Ол эрээри, оҕом барахсан,

Ойох барар киһи, бэйэҥ

Сүрүҥ-кутуҥ сөрүөстэрэ,

Сүрэҕиҥ сөбүлүүрэ биллин.

Бу драмаҕа  Үрүҥ Уолан уонна  Туйаарыма  Куо бэйэлэрин  Айыыһыттарын аналынан ыал буолуулара  кэпсэнэр.

Имэҥ уонна  дьалыҥ  киһи  да, харамай да уопсай  айылгыта буолар. Ити эрээри  киһиэхэ бу айылгы  Айыыһыттаах буолуутун умнуо суохтаахпыт. Аҕыс  Айыыһыппыт  аргыстастын!

Айыыһыт  төрүүрү-ууһууру төрүттүүр  бастакы халлааҥҥа олорор. Кини алгыстаах  тыла  «Дьаралык!».

Киһи бэйэтин ытык этэ  туох ис хоһооннооҕун өйдөөбөт буоллаҕына, Айыыһыт кыайан сыстыбат. Оттон  Айыыһыта суох киһи олоҕун оҥосторо  уустугурар. Дьэ ити иһин  Айыыһыт үһүс түмүгүн сүөрүөҕүҥ.

Салҕыыта бэчээттэниэ.

А. Павлов-ДАБЫЛ.
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 2494 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 112
Ыалдьыттар (гостей): 112
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024