Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ыам ыйа » 31 » Кырдьаҕааһап Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччытынан анаммыта 2 нэдиэлэ эрэ буолла.
Кырдьаҕааһап Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччытынан анаммыта 2 нэдиэлэ эрэ буолла.
14:49
http://aartyk.ruВторник, 29 Мая 2012 07:46
Анатолий Кырдьаҕааһап: "Сэрэйэр этим даҕаны, маннык айылаах буолуо дии санаабатаҕым..."

Куорат Думатын дьокутаата Анатолий Андреевич Кырдьаҕааһап Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччытынан анаммыта 2 нэдиэлэ эрэ буолла. Бу кэм иһигэр Сулууспа үлэтин-хамнаһын  син удумалаттаҕа.
- Бардак буолуо диэн сэрэйэр этим да... маннык айылаах киһи иннин-кэннин иилэн ылбат гына үлэ тоҕуллубута буолуо дии санаабатаҕым , - Анатолий Андреевич, дьэ кырдьык, сөхпүт-саллыбыт көрүҥнээх баһын быһа илгистэр. Остуолугар сытар кумааҕылары арыйталаан көрө-көрө - Бүлүүлүүр аартыкка сытар  бөх тоҕор полигон ыы-быччары туолан турар. Атын сыбаалка сирин тыырыы боппуруоһунан ким дьарыктаммыта дуу, дьарыктамматаҕа дуу биллибэт. ЯГТРК (Дьокуускайдааҕы тырааныспар хампаанньата - урукку "Спецавтохозяйство", Сергей Визир өр сыл салайбыта - аапт.) моҥкурууттуур туруктаах... Онтун үөһээ өссө бу бөх тоҕуохтаах дуогабарын толорботоҕуна 2 млрд 600 мөл. ыстарааптанарыгар тиийэр. Ахсынньы 12 чыыһылатыгар диэри куорат бөҕүн тиэйэр, ыраастыыр эбээһинэстээх. Ханна тоҕор, өскөтүн сыбаалка туолан турдаҕына?
 
  СЭГХ хонтуората (аныгы "офис" диэн ааттыан киһи туттунар) Саха театрын кэннигэр турар икки этээстээх чэрэниилэ күөх өҥнөөх дьиэ. Куорат хаһаайыстыбата ыһыллыбытын-тоҕуллубутун кэриэтэ, хонтуора эмиэ онно дьүөрэ бэрт мөлтөх көрүҥнээх.
- Анатолий Андреевич, дуоһунаска тахсыбыккынан эҕэрдэлиибит дуу, аһынабыт дуу?
- ...
- Мээр быыбарыгар бэйэҕин "коммунальщик, хаһаайыстыбанньык" эрэ диэн аҕытаассыйалаабытыҥ содулугар "ОДьКХ эрэ дуоһунаһыгар" ананнаҕыҥ?
-  Мин куорат баһылыгын быыбарыгар иккитэ кытынным. ОДьКХ эйгэтэ - куорат хаһаайыстыбатын биир эрэ салаата. Кыайыам диэн мээргэ таластаҕым. Бу дуоһунастан аккаастаныы, син биир буруйга тэҥнээх буолуо этэ. Баһылык ис сүрэҕиттэн (мин ону итэҕэйэбин) куорат олохтоохторун, Дьокуускай балаһыанньатын тупсарарга кыһалларыгар тоҕо мин көмөлөһүө суохтаах этибиний? Быыбарга барар сыалбыт-сорукпут диэн - куораты тупсарыы этэ буолбат дуо?
- Буолуо ээ... Аныгыскы мээр быыбарыгар кыттыаҥ дуу?
- Онуоха диэри кырдьар буоллаҕым. Саамай үүнэр, үлэлиир саас - 45-50.
- Оттон өскөтүн Айсен Николаев мээрдиир болдьоҕо бүтэ илигинэ  губернатор быыбарыгар кытта бардаҕына, мээр быыбарыгар өссө биирдэ кандидатураҕын туруорунан көрүөҥ этэ дуу?
- ...Оннук балаһыанньа үөскээтэҕинэ өссө биирдэ боруобаланан көрүөм этэ. Ол гынан баран,  билигин куорат баһылыгын кытары биир соруктаахпыт - куорат олоҕун тупсарыы. Мин биири этиэхпин баҕарабын... былаас иһигэр "кэтэх оонньууну" тарда сатыыр дьон куруук баар буолаллар. Айсен Сергеевич миэхэ итэҕэйиэн наада, мин киниэхэ итэҕэйэн бу дуоһунаска сөбүлэнним.
- Саҥа мээрийэҕэ үөһээ бүлүүлэр элбэхтэр?
- Эс! Боппуруос итинник туруо суохтаах, дойдулааҕымсыйан үлэни кыайыллыбат. Идэтийии - бастакы миэстэҕэ тахсыахтаах.
- Оттон куорат дьаһалтатыгар анаммыт каадырдартан, сорох-сорохторуттан киһи соһуйар, сонньуйар эбээт.
- Итини баһылыкка бэйэтигэр биэриэххин сөп. Мин СЭГХ салайааччытынан быһыытынан сүрүн сорукпун чопчу билэбин - олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын салайыллар уонна былааннанар үлэлээх буоларын ситиһиэхтээхпин. Ону ситиһэргэ улахан үлэ наада.
- Дьиэ кэргэниҥ СЭГХ салайааччытынан анаммыккар хайдах сыһыаннаста?
- Кэргэним "олус үөрдэ" диэн кэпсиирбиттэн туттунуом этэ (күлэр).  
- 2012 сыллааҕы куорат бюджета тыырыллан, быһаарыллан бүттэҕэ. Онон, билигин, сыл ортото куорат хаһаайыстыбатыгар улахан уларыйыыны таһаарбатыҥ буолуо?
- Оннугунан оннук. Ол гынан баран, Дьокуускайга тэриллэр икки улахан спорт тэрээһиннэриттэн сиэттэрэн үп көрүллүбүтүн суотугар, тас көстүү - суол-иис, дьиэ, олбуор өрөмүөннэнэн - үлэ бара турар. Атын сылларга ити быйыл эбии көрүллүбүт үп суох буолуоҕа, онон куораппытын бэйэбит күүспүтүнэн үп булан тупсарыахпытын наада.
- Куорат коммунальнай ситимин саҥардарга 6 млрд наада диэтиҥ этэ дуу?
- Ити мин барыллаан ааҕааһыным. Хас да сыл мунньуллан кэлбит үбүлэммэтэх үлэни барытын киллэрэн туран. Дьиҥинэн, биһиги бюджеты икки-үс сыл эрдэ былааннаан олоруохтаах этибит. Ол суох. Уопсайынан, ханна баҕарар чопчу сыала-соруга суох үлэ, таһаарыыта суох буолар. Сол курдук, куорат инники  сайдар улахан былаана суох, күннээҕини эрэ саба тута сатыыр дьаалытынан олордоҕо. Дьокуускайы тупсарарга, уларытарга  араас программа бөҕөтө баар. Ол гынан баран, бары тус-туһунан уон аҥыы үлэлииллэр, төһө көдьүүстээхтэрин ким да ырыппат, үөрэппэт. Холобур, кэргэн ыларгар улаханнык толкуйдуугун  буолбат дуо: бу киһини кытары үйэм сааһым тухары олоруом дуо диэн...
- ...Эмискэ, соһуччу ыал буолбуттар эмиэ баар буолааччылар.
- Онтуҥ төһө үйэлээх буолуой?
- Дьылҕаҥ таайыытынан...
- "Дьылҕаҕа" сигэммэтиҥ курдук, ханнык баҕарар программа улаханнык толкуйданан олоххо киириэхтээх уонна булгуччу  көдьүүһэ, туһата ырытыллыахтаах, сыаналаныахтаах. Оннук эрэ буоллаҕына туох эмэ уларыйыы тахсыаҕа.
- Бастакы уочарат тугунан дьарыктанаҕын?
- Барытынан. Кырдьык, барытынан дьарыктаныахха наада. Сулууспа үлэһиттэрин кытары кэпсэтэлээтим. Специалистар бэйэлэрэ таһымнаахтар диэн бэлиэтии көрдүм. Куһаҕаннык салайбыттарыгар кинилэр буруйдара суох. Үлэни-хамнаһы төрдүттэн бэрэбиэркэлэтиэххэ, ревизия ыыттарыахха наада. Хос-хос бэйэлэрин хатылыыр департаменнары эҥин суох оҥорутуохха наада.
- "Губинскайгар" эн оннугар ким хаалла?
- Ситэриилээх дириэктэр дуоһунаһын толорон олорбут - Владислав Дмитриев.
- Тэрилтэҥ эйигинэ суох хайдах үлэлиэй?
- Мин саныахпар, үлэлиир механизмын оҥорбутум, онон улаханнык суохтуо суохтаахтар. Үлэ диэн оннук буолуохтаах: салайааччы баарыттан-суоҕуттан тутулуга суох үлэлээбитин курдук үлэлии туруохтаах.
- "Губинскайтан" кими эмэ СЭГХ көмөлөһүннэрэ аҕалыаҥ дуу?
- Көрөн иһиэхпит. Ол гынан баран, онтубун "сыгынньах" хааларыахпын эмиэ баҕарбаппын.

***
- Айсен Николаев бастаан мээр буолан баран эйигин 1-кы солбуйааччы оҥоро сатаабыта диэн этэллэр. Ити кырдьык дуо?
- Быыбар бүппүтүн кэннэ тута ыҥыран кэпсэтэ сылдьыбыта. Программаҥ үчүгэй, үлэлиэххэ диэн. Онтон... - Анатолий Андреевич "салгыытын" бэчээккэ кэпсииртэн туттунна.
***
- Салайааччы быһыытынан, саҥа кириэһилэҕэ анаммыт дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
- Дуоһунас - быстах көстүү. Сорохтор ону өйдөөбөттөр: куруук кэлбит курдук сананаллар. Улаатымсыйбакка, улуутумсуйбакка, политиканан үлүһүйбэккэ үлэлиэххэ наада. Киһи хаһан баҕарар үлэтинэн сыаналанар. Иккиһинэн, бэйэ солбугун үүннэриэххэ, иитиэххэ наада. Сорох салайааччылар, бэйэлэрин куоһарар кыахтаах дьонтон куттанан суох оҥорооччулар. Ол - букатын сыыһа.
- Бэчээккэ төһө аһаҕас буолуой СЭГХ үлэтэ?
- Төһө кыалларынан аһаҕас буолуохтаах. Ыйга биирдэ-иккитэ суруналыыстары мунньан отчуот курдук ороруохпун баҕарабын. Куорат олохтоохторо туох ситиһиллибитин, уустук баарын барытын билиэхтээхтэр.
- Онно ким мэһэйдиирин эмиэ.
- Оннук. Мин айахпын ким саба тутуой? (күлэр). Мин - гений буолбатахпын: туох баар кыһалҕаны барытын соҕотоҕун саба тутуом дии санаабаппын. Куорат олоҕун тупсарарга дьон олохтоох этиитэ наада. Дьокуускайдар наар ирдээбэккэ эрэ, бэйэлэрэ эмиэ олохторо-дьаһахтара тупсарыгар күүс-көмө буолуохтаахтар.
- Махтал, Анатолий Андреевич! Уонна саҥа дуоһунаскар ситиһиини баҕарабыт!
Category: ЖКХ, строительство | Views: 1725 | Added by: uhhan2
Total comments: 1
1 Мирный  
Мииринэйдэртэн опытта ыллын Кырдьгасов. 7 полигон проегын улуус программатынан проектаан тураллар. Полигон диэн халлаантан туЬэр харчыны кыайан аттарбат быЬаарыныыны ылбакка тобулбат диэн тугуй. С8хпутэ буола олороллор.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 46
Ыалдьыттар (гостей): 46
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024