News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Ахсынньы » 4 » Харчыга албыннаппыт күн-түүн элбээн иһэр. Иэс биэрэр сахха бары бэттэр, ону төннөрүмээри гыннаххына бүтэһик ырбаахыгын устан ылыахтара
Харчыга албыннаппыт күн-түүн элбээн иһэр. Иэс биэрэр сахха бары бэттэр, ону төннөрүмээри гыннаххына бүтэһик ырбаахыгын устан ылыахтара | 15:28 |
Дьэ, бу «кидайданыы» (ТОР-Самсон - СУОХ-Самсон) (Thor United Corporation) Вторник, 04 Декабря 2012 11:13
Харчыга албыннаппыт күн-түүн элбээн иһэр. Иэс биэрэр сахха бары бэттэр, ону төннөрүмээри гыннаххына бүтэһик ырбаахыгын устан ылыахтара. Ону сокуон көҥүллүүр. Оттон бэйэҥ иэс биэрбит буоллаххына, онтугун төттөрү өҕүтэн ыларыҥ, дьэ, уустук. Иэс буолуо дуо, харчы хамнаабакка сытыа суохтаах диэн этии актуальнай эрдэҕинэ, үлүннэрэ түһээри эрэллээх диэбит сиргэр укпуккун төттөрү ыларыҥ саарбахтардаах эбит. Сатаммат да диэххэ сөп. «Тор Юнайтед Корпорейшн» диэн тыл эһиэхэ тугу эмэ этэр дуу, суох дуу? Сорох-сорохтор ити үс омуктуу тыл эрэ туһуттан бу ыстатыйаны болҕомтолоохтук ааҕыахтара. Тоҕо диэтэххэ, ити эриэхэбэй ааттаах тэрилтэ кинилэргэ эргиччи иэстээх. 30 дуу, 50 дуу тыһыынчаны ууран баран албыннаппыт абарыа эрэ, сууттаһан бириэмэтин барыы сатыа суоҕа. Оттон бу ТОР-дар хомуйбут үптэрэ үгүөрү, ону ааһан сорох-сорохтор дьиэлэрин атыылаан туран ити корпорация угаайытыгар киирэн биэрбиттэрэ. Ити 2006 эҥин сыллаахха этэ. Онтон хас сыл ааста? Харчы ылар сахха эттигит да үпкүтүн төннөрүөхпүт диэн мэктиэлээн, андаҕайан баран, кэтэхтэрин көрдөрөн кэбиспиттэрин үрдүнэн ким да мыык да диэбэт ээ. Эчикийэ албыннаппыт аатырымаары, акаары курдук көстүмээри. Акаары, лох да буолуум, миэхэ харчы наада. Көстөн турар лохотроҥҥа үлүгэр харчыны укпатахпыт, Америка үс сүүс сыллаах историялаах үһүс миэстэҕэ турар эрэллээх Морган баана мэктиэлиир дьыалатыгар кутан биэрбиппит. ТОР диэн боростуойдук ааттыыбыт даҕаны, онтубут бүтүн финансовай махина эбит. THOR-группа диэн международнай финансовай группа. Били Тор Юнайтед Корпорейшен диэммит головной компания. Онно управляющай компаниялар, брокерскай дьиэлэр, инвестиционнай-банковскай фирма уо.д.а. киирэллэр. Дьэ, били аан дойдуттан (албыннаан?) хомуйбут үптэрин үлэлэтэллэр. Головной компания Нью-Йорк штатыгар 1994 сыллаахха тэриллибит. Аҕыйах сиргэ представительстволардаах. Директордар сэбиэттэригэр, дьиктитэ диэн, барыта нууччалар киирбиттэр. Ити кинилэр айан таһаарбыт угаайылара. Сэрэйдэххэ, биир дойдулаахтарын харчытын ырааҕынан эргитэн уччутаары буолуо. Онон, ол сэбиэккэ Олег Батраченко, Петр Камболин, Алексей Чехлов, Евгений Кусков диэн дьон киирэллэр. Бу дьон хомуллубут үбү аан дойду үрдүнэн барыстаах суолга угабыт диэн тыллаахтара. Тоҕо да чуо Саха сирин буулаабыттара буолла? Батраченко бэйэтинэн кэлэн уус тылынан угаайылаан байбыта. Онно куораппыт орто кылааһа күргүөмүнэн киирэргэ тиэтэйбитэ да, тиэрэ эргийбиттэрин кэннэ ким да харчытын албыннаппытын билиниэн баҕарбат курдук. Арай, бүтэһиктэрин ууран биэрбит биэнсийэлээхтэр киллэрбит бэйэлэрин үрдүнэн дьону сүгүн олордубакка төлөпүөнү сололооботтор. Ол киллэрбиттэри эмиэ кимнээх эрэ киллэрдэхтэрэ. Кинилэри эмиэ. Ити пирамида Саха сиринээҕи каркаһын оройугар куоракка биллэр соҕус тойон турар ээ. Төһө да билигин мин онно кыттыгаһым суох диэн турдар. Киһи олох билбэт суолугар тоҕо да харчытын туран биэриэй. Аҕытаассыйалыыр киһитин сирэй билэр, эрэнэр буоллаҕына ыһыктар. Оттон «Якутгазсервис» генеральнай директора Самсон Васильевич ПРОКОПЬЕВ бэйэтинэн бу дьыала эрэллээҕин мэктиэлиирин кэннэ саарбахтыыр да дьон сэрэхтэрин сүтэрэр буоллахтара. Эбиитин кини «Верхневилюйскгазсервис» диэн тэрилтэни салайар. Онон, үөһээ бүлүүлэр харахтарын симэн баран бэйэлэрин уолларын аҕытаассыйатыгар киирэн биэрдэхтэрэ. Кэмигэр бу ТОР-дар араадьыйаны, телевидениени ылан кэбиспиттэрэ. Хаһыаты да бараабыттара, Прокопьевтар мэтириэттэрэ хайа эрэ сурунаалга тахсыбыт сурахтааҕа. ТОР бэрэстэбиитэллэрин быһыытынан эбитэ дуу, газ дьыалатыгар эбитэ дуу? Дьокуускайга маҥнай Яков Потапов уулуссатыгар офистаах этилэр (Я.Потапов уул, 10/3, 1 офис). Ааннарын саппат курдук дьон бөҕө тоҕуоруһара. Тойон Прокопьев бэйэтинэн баар буолара, эйэҕэһэ сүрэ. Сокуоннай кэргэнэ Саргылаана Егоровна презентацияларга ыга тутар көмүс парча көстүүмү кэтэ-кэтэ мичээрдииртэн ордубата. Өссө да үлэһиттэр бааллара. Медик кытары… Ити харчы дьыалатыгар улахан сыанаҕа бэйэ олоҕун кытта страховкалатыахха сөбө. Онно хааҥҥын таммалатан хааннаах баппыысканы кытта ылаллара. Ким да эн оннугар өлөн атын нэһилиэнньиктэргэ харчы тиксибэтин курдук. ТОР-га киирэргэ үлүгэр кумааҕыны толорторбуттара. Дуогабар үөһэ дуогабар, киһи лупанан эрэ көрөн ааҕар омуктуу суруктардаахха кытары илии баттаппыттара быһыылааҕа. Сүрүн куоһурдара аан дойдуга сэрии да буолбутун иһин эһиги харчыгыт сүппэт, төттөрүтүн, финансовай кириисис буолар түгэнигэр, харчыгыт үллэн тахсыа диэн тыллара минньигэһэ дьиктитэ. Онон, харчы укпуттар аан дойдуга кириисис буолбутугар күлүктэригэр имнэммиттэрэ ханна баарый? Ууга тааһы бырахпыт курдук сүппэтэхтэрэ. Ол Прокопьевтаах нөҥүө квартал аайы отчуот диэн кэлэрэ. Персональнай. Господиҥҥа эбэтэр госпожаҕа аҕай диэн аадырыстаммыт. Онно харчы ханан халыйбытын, төһө хаҥаабытын тиспит буолаллара. Кириисис иннинэ син кыралаан бырыһыан эбиллэр курдук отчуоттар кэлитэлээн барбыттара. Ону даҕаны оччолоох бырыһыаны Сбербаантан ураты бааннар, араас харчыны эргитэр чааһынай тэрилтэлэр эмиэ биэрэллэр ээ, өссө быдан элбэҕи. Суох, биһиги бэйэбит бааннарбытыгар эрэммэккэ ыраах акыйаан анараатыгар ыытарга тиэтэйбиппит. Баҕар, «Якутгазсервис» тылынан да гарант буолбатаҕа буоллар, хааннаах баппыыска биэрэ-биэрэ харчыбытын утаарыа суох этибит. Уу харчыны билэр-билбэт дьонноруттан ылан баран инньэ Америкаҕа утааран үлүннэрэринэн дьарыгырар дьон 2006 сыллаахха баар буолбуттара. Ылар сахха тиргиллии бөҕө. «Полярнай звездаҕа» аҕай презентация да презентация. Дьэ, онтон эбит ээ. Кириисис буолла. Отчуоттар син кэллилэр. Дивидеммит били Ваучер Һааска киэнинээҕэр каака – онтон олох да минуска бардыбыт. Сэрии да буоллаҕына син биир хаалыахпыт диэбиттэрэ ханна баар. Чэ, дивиденнэрин ыт сиэтин, харчыбытын саатар төнүннэриҥ диэн дьон билэрдии Самсон Прокопьевы ыххайан барда. Уонна Америкаҕа аттаныахтара дуо? Баҕар, ким эрэ төттөрү өҕүппүтэ буолуо эрээри, эрийдэх аайы киһибит куолаһа кытаатан иһэр. Маҥнай утаа кэлин, бу ый бүттэҕинэ, ол бырааһынньык кэннэ, сыл бүтүүтүгэр диэн уҕарытара. Ол саҕана куолаһа сымнаһыара. Бүтэһигин биир кырдьаҕас вкладчикка (инвесторга дуу?) Саҥа дьыл диэки диэбит. Кини харчытын төннөрүөхпүт диэн. Барыларыгар биэрэбин диэбэтэх ээ. Миэхэ тус бэйэбэр былырыын баччаларга биэриэх буолбута да, хайатын ааттаһыахпыный, харчыта да суох киһи сиргэ дьолу булар ини диэн сырыттаҕым дии. Сорох-сорохтор иэс-күүс туһуттан өлбүт, ыалдьыбыт сурахтара иһиллэр. Харчы туһуттан киһи тыыныгар тураллар. Саха саханы кидайдыыра сүрэ бэрт дэһэрбит, билигин сайдан, бииргэ төрөөбүккүн да түөрэ тэбиэх курдуккун. Дьон тыла иҥэр, ордук санаатахха онтуҥ ох курдук тиийэр дииллэр да, дьону албыннаабыт дьон билиҥҥитэ кимнээҕэр бэркэ олороллор. Харчыларын уган баран ууну омурдубуттар оннуларыгар үс буолан биир үтүө күн эксперименнииргэ сананныбыт. Саха радиотун суруналыыһа Майя ВЛАСЬЕВА миигин, кырдьаҕас суруналыыс Дмитрий КУСТУУРАБЫ, артыыска Зоя БАГЫНАНОВА сиэнин, суруйааччы, суруналыыс Сардана СИВЦЕВАНЫ бэйэтин аннынан суруйан ити ТОР-дарга киллэрбит «буруйдаах». Ыххайан туран онно угуйбатаҕа, бэйэбит баҕабытынан киирбиппит. Онон, бары буруйдаах буолан тахсабыт. Майя Николаевна ити Самсон Прокопьевы кылааһынньыга үһү. Ол да иһин илэ өйүнэн ордук харчытын сыыһын киниэхэ эрэннэҕэ. Оттон биһиги – кини дьүөгэлэрэбит, уонна биллэр суруналыыска итэҕэйэр буоллахпыт. Майя бэйэтэ ким эрэ аннынан киирдэҕэ. Дьэ, күн тура-тура биһиги Майябытын сулуйабыт. Кини Самсону сураһа сатыыр да, онтон диэн тылтан уратыны истибэт үһү. Биир күн киксэн баран улуу тойону сүгүн олордубатыбыт. Майяҕа букатын да тиэрэ эргийэн кэбиспит, билбэччэй аатырбыт. Кустуров бэрэстэбиитэлэ дьүөгэбитигэр хаһан эйиэхэ Саҥа дьыл иннинэ биэрэбит диэбиппитин этэҕиний диэн мэлдьэһэн турбут. Миэхэ буоллаҕына, мин эмиэ эһиги курдук инвесторбын эрэ, тугу да билбэппин, киллэрбит киһигититтэн ирдэһиҥ диэн турда. Кини чахчы инвестор буолуо. Ойоҕо дьиэбитин атыылаан туран киирбиппит диэбиттээҕэ. Алта сыл тухары газ сервистиир тэрилтэлээх киһи уулуссаҕа дьонун олордубата ини. Били Яков Потапов уулуссатыгар офистара аны суох. Туох да суох. Мин төлөпүөммэр Самсон ТОР-Самсон диэн суруллубут этэ, аны СУОХ-Самсон диэн уларытарбар тиийэбин. Суоҕу суоран ылыахпыт дуо? Атын инвестордар харчыларын төнүннэрбиттэрэ дуу, ким да туох да диэбэт. Биһиги эрэ түһүү сылдьан харчыбытын тук курдук Самсоннаахха илдьэн кутан биэрдэхпит. Аматын да иһин аан дойдуга киһи кырдьыгын булуон сөп ини. Олег Батраченко букатын быстан, батрактыы барбыт сураҕа иһиллибэт. ТОР-дар Москватааҕы офистара үлэлии олорор. Оччотугар харчыбыт ханна харда? Саҕалаан баран Самсон тоҕо тиэрэ эргийдэ? Харчы ханнаный диэн дьиэтигэр тиийэн дибдийэрбит, үлэтигэр тиийэн пикеттиирбит эрэ хааллаҕа. Онно да тиийиэххэ сөп, харчы диэн хамнатар күүс. Былааһы утаран тымныыга миитинниэх кэриэтин, бэйэ харчытын төннөрөр туһуттан тоҥон да көрүөххэ син. Таах да тоҕо да пикет диэтэхпиний? СУУТ диэн баар этэ. Куота көтө сылдьар, үс киһиэхэ үс аҥыы туойар тойонноох «Якутгазсервис» диэн тэрилтэ төһө бэрт үлэлээҕэ-хамнастааҕа буолла? Ол үлэһиттэр ТОР-га киирбэтэхтэрэ буолуо дуо? Батраченкоҕа барытын түһэртэрэ сатыыр да, ол Олег Всеволодович финансовай эйгэҕэ эҥкилэ суох репутациялаахха дылы. Америка бэртэрин кытта күрэс былдьаһа сылдьар киһи. Биһиги харчыбыт муораҕа хааппыла тэҥэ буолуо да, син ханна эрэ үлэлии сырыттаҕа. Тэрилтэ эстибэтэх, баар. Арай СУОХ-Самсон эрэ киһилии быһаарбат, куота көтөртөн ордубат. Ылар саҕана ымаҥнас, аҕал диэтэххэ антах хайыһар тэрилтэ салайааччыта баар үһү. Харчы ханнык эрэ биричиинэнэн халыйбыт буоллаҕына, мунньахтаан инвестордар иннилэригэр ону быһаарыахтаах этэ. Инвестордар кэннилэригэр көннөрү инвестор буолан саһа оонньообокко. Көннөрү эһиги курдук инвесторбын диир буоллаҕына, кини анныгар баар дьону түмэ тардан, тоҕо анарааҥҥылартан ирдэспэт, бүтүн дьиэтин атыылаабыт харчытын төннөрбөт? Харчыта бэрт буолуо, бука.
Сайдыына ЧЭГДЭ (аныгы суруйууга атын да ааттара мин кэннэ кэккэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин), "Туймаада".
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1789 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 2 | |
Самсон "Хаммер" массыынанан сылдьар этэ дии. Крутой коттежтаах, хамначчыттардаах игин этэ. Эмээхсинэ крутой джиптээх. Бырааттара игин.
|
1
Сэмэн
(2012-12-04 22:25)
Ээ, дьэ до5оор, абытайдык киирбиккит уонна албыннаппыккыт!!! Ба5ай, билигин тугу ылыаххыт баарай, арай прокуратура5а унсуу киллэрин "За владения чужими денежными средствами",- диэн. Туох эмит докумуоннааххыт эбитэ дуу, суох дуу?! Дьэ, дьаабы Дьаакып дьыалата буолбут! Мунньустан баран субэлэhэн эрийээрин.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 96 Ыалдьыттар (гостей): 96 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|