Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Ахсынньы » 8 » История политика эппитин этэр идэлээх.
История политика эппитин этэр идэлээх.
09:59

САХА ОМУК ХАНТАН КЭЛБИТЭЙ?

Суббота, 08 Декабря 2012 00:21 

Саха омук хантан уонна хаһан кэлбитин туһунан мөккүөр былыр саҕаланан баран билигин да уурайбат.
Алтынньы 24-26 күннэригэр Гуманитарнай институт дьиэтигэр бу мөккүөргэ анаммыт конференция буолан ааста. Урут ыытыллыбыт конференциялартан уратыта диэн бу мунньах биллиилээх учуонайдар төрөөбүттэрэ Г.В. Ксенофонтов 125, онтон Л.Н. Гумилев 100 сылларыгар анаан ыытылынна. Иккис дьиктитэ конференция междисциплинарнай диэн. Онон историктар уонна тыл үөрэхтээхтэригэр генетиктар, врачтар туораттан кэлэн конференция тэрээһиниттэн саҕалаан кытыннылар. Бу генетиктар кыттааһыннара улахан сэргэхситиини таһаарда.
Генетик Фефелова В.В. 1972 сыллаахха саха омук төрдүн булууга улахан айдааны таһааран турар.
Саха хааныгар 29,1% арийскай хаан баар диэн,
онтон немецтарга бу хаан 16,2 % эрэ буолар диэбитэ.
Олжас Сулейменов «Слово о полку Игореве» диэн түүр киһитэ суруйбут диэниттэн кырата суох утарар ыһыыны-хаһыыны таһаарбыттаах. Сорунан туран Москваттан Красноярскайга кэлэн бу үлэ түмүгэ сыыһатын була сатаан баран булбатахтара. Фефелова В.В. бэйэтинэн тиийэн кэлэн конференцияҕа кытынна. Генетика история чахчыларыгар туоһу буолар кыахтааҕын чуолкайдаата.
Историяҕа сүрүн туоһута
билигин даҕаны археология буолар.
Археологтар былыр дьон олорбут сирдэрин хаһан, ким хантан-хаһан кэлбитин, туох туттар сэптээҕинэн быһааран туоһу булаллар. Л.Н. Гумилев археология туой көһүйэлэр, тимир оҥоһуктар, араас уҥуохтар үлтүркэйдэрин үөрэтэн туоһу көрдүүрүн ситэтэ суоҕунан ааҕара. Омук туттар сэбэ-сэбиргэлэ мас эбэтэр тирии уонна анараа дойдуга аттаммыттарын буорга көмпөккө араҥаска уурар эбэтэр уматар буоллахтарына археологтарга көстөр суол-иис үйэлэргэ хаалбат диирэ. Онтон тыл наһаа түргэнник уларыйар диэн тыл историяҕа туоһу буоларын кини утарара.

Г.В. Ксенофонтов барыны барытын ситимнээн историяны үөрэтэрэ.



Тыл өттүгэр Бётлингк уонна Радлов академиктар мөккүөрдэригэр бастакы киһини өйүүрэ. Саха тыла түҥ былыргы тыл диирэ. Ол иһин сахалар өбүгэлэрэ олоро сылдьыбыт Байкал таһыгар баар сирдэригэр булуллубут уурунуу суруктар бары сахалыы ааҕыллыахтаахтар диэн 1932 сыллаахха тоһоҕолоон эппиттээх, суруйбуттаах. Саха омугун икки аҥы араарара: урааҥхай сахалар уонна уйгуурдартан төрүттээхтэр бааллар диирэ. Сахалар кэлиэхтэрин иннинэ бу дойдуга соҕотох дьиэ кыыла ыт буоларын, дьоно балыксыттарын бэлиэтээн турар. Бу олохтоох дьоҥҥо бастаан табалаах сахалар - урааҥхайдар онтон аттаах Бүлүү сахалара, онтон киин улуустар аты-сүөһүнү иитэр дьоно көһөн кэлбиттэринэн ааҕара. Сүөһү иитиитэ хоролортон тарҕаммытын, саха омук бэйэтин көлөтүнэн сылгыны ааҕарын туһунан суруйан турар.
Аҕыйах сыллаахха дылы кини этиилэрин историктар ылымматтар этэ. Арай Новосибирскай учуонайа А. Гурвич Ксенофонтов этиилэрин өйөөн 70-с сыллардаахха «Оленные якуты» диэн кинигэни суруйан турар.
Атын историктарбыт бары XV үйэҕэ сахалар бу дойдуга кэлбиттэрэ диэн политикаҕа сөп түбэһиннэрэн үлэлэрин суруйаллара.
Суруллубут суоруллубат. Ол иһин бу хойут кэлиини өйүүр дьон конференцияҕа бэйэбит да дьоммутуттан, туораттан кэлиилэртэн да баар буоллулар. Бастыҥнара Харинский диэн Иркутскай археолога. Бу өйдөнөр даҕаны. Биһиги өбүгэлэрбит сирин баһылаан олорон кими да бу сиргэ чугаһаппат санаалахтара чахчы.
Ол буолан баран бу дьону утарсааччы мунньахха баар буолла. Киһи үөрэрэ А.Н. Алексеев бу конференцияны тэрийбит институт директора бэйэтин хаһыытынан сылгылаах дьон Саха сиригэр VI үйэҕэ кэлбиттэрэ уонна бу дьон туттар сэптэрэ Туваҕа оҥоһуллубут хаһыылар сэптэрин сэбиргэллэрин кытта дьүөрэлэһэр диэн сахалары кытта тувинецтары үөртэ.

Иккис дьоһуннаах дакылааты Г.Г. Левин оҥордо.

Кини Ойуунускай сахаларга 17 руна бэлиэтэ баарын эппитин уонна И.И. Барашков 1942 сыллаахха 26 Орхон руна суругар баар бэлиэлэр Лена очуостарыгар баарын дакылаатыгар суруйбутун бэлиэтээн туран бэйэтэ экспедицияларга сылдьан булбут уурунуу суруктарын туһунан кэпсээтэ. Харинский: «Бу бэлиэлэргит руна үһү дуо?» - диэн олуйсан көрдө да туһа тахсыбата. Бачча элбэх суруктаах дьон хойукка дылы бу суруктарын туттубуттарын туһунан дакылаатчыт эппитэ этиһии-мөккүөр тахсыан төрдүттэн ууратта. Г.Г Левин Ксенофонтовы батыһан бу сурук барыта сахалыы ааҕыллар диирэ эрэ хаалла быһыылаах. Дьэ ол да өр буолбата буолуо, конференция түмүгэр Г.В. Ксенофонтов этиилэрин тилиннэриэххэ туһаҕа таһаарыахха диэн буолла.
¥гэс курдук конференцияҕа этиһиини үөскэппэккэ дьон дакылаатын истэн ылыммат да буолаллар саҥарбат идэлээхтэр. Бэйэлэрин санааларын эмиэ дакылааттарыгар этинэллэр. Ол ону эмиэ утарсааччылара дьон улаханнык орооспокко истэн кэбиһээччилэр. Бу сырыыга буряттар хоролор палеоазиаттар диэн этэн Саха сирэ урут буряттар сирдэрэ этэ диэн этэ сатаабыттарын кыратык утардылар. Сорохтор саха урааҥхайдар тувинецтар урааҥхайдарын кытта уруулууларын туһунан Доржу Чургуй-оол этиитин сөбүлээбэтилэр. Тувалар ыаллара хакастартан сылдьар В.Я. Бутанаев урааҥхайдар төрүт омук буолалларын сөбүлээбэтэ биллэн таҕыста.

Генетиктар икки бастакы күн сылдьан дакылааттарын иһитиннэрэн баран түмүк тахсар кэмигэр мунньахха кэлбэтилэр.



Генетиктар дакылааттара В.В. Фефелова дакылаатыттан ураты барыта түмүгэ биир буолан таҕыста. Сахалар бу дойдуга кэлии дьон. Аҕыйах сыллааҕыта ыарыһах дьон кэлэн тэнийэн саха омук үөскээбит диэн генетиктар туойдулар. Олохтоохтор долганнар үһү. Аны биир урдус сахалар дьахталларын соҕурууттан атыылаһан аҕалан ойох ылар буоланнар бастаан монголлуу, онтон түүрдүү саҥарбыттар диэн баран этиитин түмүгэр академик В.В. Радловка тирэҕирдэ. Ол киирэн чоргуйа турбут Гуманитарнай институт дьиэтигэр өр сылга үлэлээбит Г.В. Попов «Слова неизвестного происхождения» диэн дьоһун үлэтигэр академик сыыһа этиититтэн тугу да хаалларбатаҕа. Тулуза археологтарын кытта хас да сыл үлэлэспит киһи ол үлэттэн ордон бу биир дойдулааҕын үлэтин булан харахтаабатах быһыылаах, хата Радлов хаартыскатын булан таһааран көрдөрөн абыраата. Көрбөтөхпүтүн көрдүбүт. Саха сиригэр айылҕа тыыны эрэ салгыырга кыаҕы биэрэр. Соҕуруу олорор баай омуктартан дьахтары атыылаһан ылар дьэ саарбах. Биирдэ эмит Ксенофонтов үлэлэриттэн сахалар уонна бурят-монголлар хаһаайыстыбаларын тэҥнээбитин булан ааҕара буоллар бу курдук бас-баттах саҥаны баҕар истиэ суох этибит.

¥чүгэйтэн үчүгэй тахсан истэ.

¥һүс күммүтүгэр биир саха уола ойон тахсан Эллэй викинг этэ диэн кубарытта, сахалары сорохторун улаханнык үөртэ. Туоһутунан норвежецтар балаҕаннарын хаартыскатын уонна Меркатор сымыйа хаартатын көрдөрдө. Хата маладьыаһыҥ В.В. Фефеловаҕа сигэммэтэ. Норвегиялар эмиэ ариецтарбыт дииллэр. Хааннарыгар хас таммах ариец хаана баара буолла. Биллибэт. Бука аҕыйах буолан айдаарбаттара буолуо.

История политика эппитин этэр идэлээх.



Аан дойдуга сахалар баайдарыгар ымсыырааччы элбэх. Нуучча баһылаан олордоҕуна ол иһин Ксенофонтов үлэлэрин аахайбаттар этэ. Онтон билигин омук граннарыгар суруллар генетиктар үлэлэригэр сахалар кэлии омуктар уонна бары ыарыһахтар дииллэрэ баайбытын былдьаһааччы элбээн иһэрин туоһулуур. Ол иһин хоролор уонна долганнар төрүт олохтоохторун туһунан сымыйа дойҕох үөскүүр. Хоронон сирэйдэнэн Кытай Саха сирин биһиэнэ дии сатыыр, онтон долганнарынан сирэйдэнэн сайдыылаах Европа омуктара Таймыр гааһын Саха сирин баайын биирдэ ытан хоһулаан түһэрэллэр. Аҕыйах харчыны бу манна баайы сырсааччылар харыстаабаттар. Онон сотору сахалар бары викинг да буолан олордохпутуна саарбаҕа суох. Саамнары курдук батыһа сылдьан аһатыахтара, таҥыннарыахтара баайбытын ылаары.
Ол иһин генетика өттүгэр эмиэ үп-харчы
Россия бюджетыттан көрүллэрэ эрэйиллэр буолла быһыылаах.
Фефелова В.В. үлэтин курдук киэҥ далааһыннаах үлэ бу хайысхаҕа тэрилиннэҕинэ эрэ туох эрэ туһалаах көстүөн сөп. Онтон аҕыйах Медцентр ыарыһахтарын хаанын үөрэтэн, пааспордарыгар ыйыллыбыт омуктарын олук-тирэх оҥостон хойгур түмүктэри ылааһыннара улахан туһаны сахаларга аҕалара саарбах. Генетиктар Миней Израилевич Губельман саха омугун соруйан хайытан, табалаах дьону барыларын эбэҥкилэринэн ааҕан, 30-с сыллардаахха сахалар сирдэригэр Дальстрой баһылыыр сирин үөскэппиттэрин өйдөөбөттөр эбит. Ол историк үөрэҕэ суохтар ону билиэхтэрэ дуо, оннооҕор анал үөрэхтээхтэрбит тиийэн бэйэлэринэн урааҥхай аатыттан аккаастанан атын омук буола сатыыллар.

Ол буолан баран тыал хайысхата уларыйда.

Баай былдьаһыытыгар Россия сахалар төрүт олохтоох омуктарын туоһу оҥостубатаҕына илии соттон кэбиһэр, аһатан таҥыннаран олорор баайыттан матар кутталга чугаһаабыта чуолкай. Ол иһин Г.В. Ксенофонтов Л.Н. Гумилев үлэлэрэ эмиэ историктарынан биһирэнэр буоллулар. Евразиец учуонайдар дьоһуннаах этиилэрин генетиканан эбии сырдатан чиҥэтэргэ кэм кэллэ. Оччоҕуна сурукпут-бичикпит да сахалыы ааҕылларыгар көҥүл кэлиэн сөп. Путин Евразия диирэ бу маны билигин утарбаттарын бэлиэтэ.

Айыҥа
Category: Саха | Views: 2098 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 15
Ыалдьыттар (гостей): 15
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024