News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Ахсынньы » 22 » тчуоттарга хамнас урдээтэ диэн этэллэр, суруйаллар. Онтон олоххо атын хартыына
тчуоттарга хамнас урдээтэ диэн этэллэр, суруйаллар. Онтон олоххо атын хартыына | 20:35 |
"Кыым" хаьыатка Нина Герасимова ыстатыыйатын сэргээтим.Автор: лана (46.48.239.33) 18.12.2012 (16:12) http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2435451&f=149
Учугэйдик да суруйбут. Баар проблеманы сытыытык туруорсар журналист эбит. Журналист диэн инник буолуохтаах, дьон туьугар кыьаллар. "Кыым" хаьыаты тыа дьоно себулээн аагалларын куруук да истэр этим. Хамнас: үрдүөн оннугар аччыыр 17.12.2012 12:46 | АВТОР: НИНА ГЕРАСИМОВА | Үүнэр сыл – Тыа сирин сыла. Ол эрээри тыа сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун хааччыйыахтаах саамай суолталаах эйгэ – үөрэх үлэһиттэрин хамнаһыгар баар кыһалҕа – өссө да быһаарылла илик. Ил Түмэҥҥэ ахсынньы 11 күнүгэр учууталлар хамнастарын боппуруоһугар оробуочай хамыыһыйа мунньаҕа буолла. Санаттахха: өссө быйыл ыам ыйыгар илин эҥээр улуустарын боропсойуустарын лиидэрдэрэ бу боппуруоһу көтөхпүттэрэ. Ол кэннэ сайыҥҥы каникул, уоппуска, ыһыах, оонньуу-көр, бырааһынньыктан бырааһынньык, шоу бөҕөтө ааста... Оттон, били, нуучча өс хоһоонугар этиллэрин курдук, «таһаҕас син биир оннугар». Өссө ыараан иһэр чинчилээх.
Ил Түмэн дьокутааттарын киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа сэтинньигэ буолбута. Билигин оробуочай хамыыһыйа тэриллэн, үлэлии сылдьар (сал. А.Н. Жирков). Мунньахха Таатта, Уус Алдан үөрэх үлэһиттэрин боропсойуустарын салайааччылара, Уус Алдан үөрэҕин управлениетын салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ боропсойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Үөрэх, Үп министиэристибэлэрин, Счетнай палаата бэрэстэбиитэллэрэ, дьокутааттар кытыннылар.
Учууталлар күргүөмүнэн уурайалларын этэллэр
Таатта улууһун үөрэх үлэһиттэрин боропсойууһун салайааччыта Г.Н. Григорьев анаалыс оҥорон, сыыппаранан учууталлар урукку-билиҥҥи хамнастарын тэҥнээн көрөн кэпсээбитититтэн, Таатта улууһун сорох оскуолаларын учууталларын хамнаһа үрдүөҕүнээҕэр түһэн хаалбыта көһүннэ. Холобур, Уус Таатта орто оскуолатыгар: 36 сыл ыстаастаах нуучча тылын үрдүкү категориялаах учуутала В.П. Неустроева хамнаһа балаҕан ыйыгар урукку ааҕыынан 17 813солк., саҥа ааҕыынан 17 100, оттон алтынньыга – 20 175,09 солк., саҥа ааҕыынан 19 805,18 солк. буолбут. Онон уопсай араастаһыы – 1082,13 солк. буолбут. Кладкина Л.С., 5 сыл ыстаастаах, матымаатыка иккис категориялаах учуутала урукку ааҕыынан 25595,72 солк., саҥа ааҕыынан – 21497,99 солк. ылбыт. Алтынньыга уруккунан 28 075,65 солк. аахсыахтааҕын, 23 940,95 буолбут. Хамнаһын уопсай араастаһыыта – 8232,43 солк. тэҥнэспит. Хамнаһа үрдүөн оннугар аччаан биэрбит. Бу табылыыссаҕа көстөрүнэн, балаҕан ыйыгар бу оскуолаҕа 19 учуутал хамнаһа аччаабыт. Алтынньыга – 24 учуутал уруккутааҕар кыра хамнаһы аахсыбыт. Саамай улаханнык оҕустарбыт кыра категориялаах учууталлар буолан биэрбиттэр, ол эбэтэр эдэр, кыра ыстаастаах дьон. Хамнастара биирдии тыһыынчаттан саҕалаан, 7-8 тыһыынчанан аччаабыт. Григорий Никитич этэринэн улууска «Үөрэх министиэристибэтиттэн хамнаһы хос ааҕыҥ-суоттааҥ диэн бирикээс кэлбитэ» диэн, ону олоххо киллэрэн барбыттарын түмүгэр итинник буолбут. Сотору буолаат, учууталларга олох даҕаны «эһиэхэ хамнаскыт сыыһа суоттанан-ааҕыллан бэриллибит, онон хамнаскытыттан тутабыт» диэбиттэр... Онон бу дьыала билигин борокуратуураҕа киирэн сытар. Хамнас итинник туруктаммытыттан, учуутал бөҕөтө уурайаары сылдьар диир Г.Н. Григорьев. Оттон кини Чурапчытааҕы кэллиэгэтэ биллэрбитинэн, онно эмиэ күргүөмүнэн хас да учуутал уурайаары сылдьар үһү. Оччоҕо дьону хайдах тыа сиригэр хаалларабыт?
Путиҥҥа сурук: «Тулуйар кыах суох!»
Ытык Күөл Д.А. Петров аатынан 2 №-дээх орто оскуолатын эдэр учууталлара хамнастара намтаабытын сөбүлээбэккэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин аатыгар сурук суруйбуттар. Дириэктэр В.И. Варфоломеев: «Ким баҕарар дойду бэрэсидьиэнигэр сурук суруйар, тугу эмэ туруорсар бырааптаах, ону Төрүт сокуон мэктиэлиир. Кинилэр ол иһин суруйдулар», – диир. Бу сурукка «Учуутал хамнаһын үрдэтиигэ олус элбэх оҥоһуллар, этиллэр. Кэлэр өттүгэр хамнаһы 30% үрдэтэр сөп буолуо дииллэр. Оттон биһиги балаһыанньабытыгар ити миэрэ олох атыннык эргийдэ: Физика уонна информатика 28 чаас ноҕуруускалаах учуутала 12 000 солк. хамнастанна (урут 15 500 солк.) Нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин 28 чаас ноҕуруускалаах учуутала – 11000 солк. (урут 18000 солк. этэ). Физкультура 13 чаастаах учуутала 7000 солк. хамнастаах, урут 10000 солк. Итини таһынан, биһиги өссө «иэстээх» буолан таҕыстыбыт. Хас ый аайы биһиги атын-атын суумалаах хамнаһы ылабыт. Ону хамнас үрдээһинин кытта сибээстииллэр. Сырыы аайы эрэннэрии кэнниттэн биһиги балаһыанньа тупсубутун көрбөппүт. Биһиги бары эдэрбит, 2-3 сыл ыстаастаахпыт. Бары ыалбыт, оҕолордоохпут. Дьиэ-уот ыларга чэпчэтиилээх ипотека эҥин туһунан истэбит даҕаны, биһиги хамнаспыт онно кыттарга кыах биэрбэт. Биһиги балаһыанньабыт быһаарыллар кыаҕа суох быһыылаах, бэл, атыыһыттар, оробуочайдар биһигиннээҕэр элбэх хамнаһы аахсаллар. Биһиги маннык хамнаска үлэлиир кыахпыт да, баҕабыт да суох», – диэн эппиттэр.
Министиэристибэ: «Мин кыһалҕам буолбатах»
Маныаха тустаах министиэристибэ сыһыана, сымнаҕастык эттэххэ, дьиктиргэтэр. Туох да үлэ барбат диэҕи олуона буолуо. Үөрэх миниистирэ А.С. Владимиров ыспыраапкатыгар: «Кыра кэмпилиэктээх оскуола учууталын орто хамнаһа 24,7 солк. буолла. ...Бырабыыталыстыба уурааҕын кэннэ 2012 сыл балаҕан ыйыттан 29,1 тыһ. солк. буолуо», – диэн суруллубут. Мунньахха кыттыбыт үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Василий Петров бу үлэ үчүгэй эрэ өттүн аҕынна: «Хамнас оччо бырыһыан үрдээтэ, бачча бырыһыан үрдээтэ», – диэн. Кыһалҕа баарын билбэт эбэтэр соруйан кистиир дуу? Хамнаска кыһалҕалаах илин эҥээр улуустарын кытта үһүс мунньах буолбутун кини саҥа истибит курдук эттэ. Оттон үпкэ-харчыга, хамнаска тус эппиэттээх үөрэх миниистирин солбуйааччы Надежда Попова Тааттаҕа үөскээбит балаһыанньаҕа туох да кыттыгастара, сыһыаннара суох курдук тылласта. Быһата, улуустар бэйэлэрэ «хааһылана» олороллорун курдук. «Биһиги кинилэргэ оннук гыныҥ диэбэтэхпит» диэтэ Надежда Герасимовна. Оттон сүбэлээн-амалаан, көрдөрөн, суоттаан биэриэхтээх ким буолуохтаах этэй? Бүтэһигэр олох даҕаны «оччоҕо тоҕо ыҥырбыккытый?» – диэн эппитэ олуонатык иһилиннэ.
Чунуобунньук син биир итэҕэйбэт
Оттон үп миниистирин солбуйааччы М.П. Борисова: «Эһиги тугу эрэ бэйэҕит булкуйбуккут, тугу эрэ кистиигит» диэн, улуустары итэҕэйбэтин аһаҕастык эттэ. Быһата, саастаах киһи, ытыктабыллаах Григорий Никитич сымыйа информацияны аҕалан, кэпсии олорорун курдук. Кырдьык, хамнас пуондата (ФОТ) улууска тиийбит. Ол эрээри, үөрэтэн-анаалыстаан көрбүттэрэ, туора туттуу, ыһыы-тоҕуу туох да суох – барыта сөп. Оччотугар хамнас тоҕо сыл бүтэһигэр тиийбэккэ, сиэнэн хаалла, эбэтэр тиийбэт туруктанна?
Сатамматах СТП
Ол төрүөтэ – СТП (стоимость труда педагога) буолар диэн эттилэр. Бу СТП хамнас суоттуурга туттуллар бэрт «эриэхэбэй» формулалаах. Дэбигис өйдөммөт, ону улууска билиилээх экэнэмиис, таһымнаах финансист суох буоллаҕына, кыайа-хото туталлара биллибэт. Ол да буоллар, ол СТП-ны Үөрэх министиэристибэтэ оҥорон ыытар. Маннык баар, ону суоттааҥ, ааҕыныҥ диэн. Онон туох баар кистэлэҥ – ол СТП иһигэр. Тоҕо диэтэххэ, хамнаһы суоттуурга «учуутал квалификациятын иһин» диэн кээписиэн туттуллар. Дьиҥинэн, үчүгэй – учуутал төһөнөн категорията үрдүк, соччонон хамнаһа эмиэ улаатар диэн. Ол эрээри дьыалатыгар түҥнэри эргийбит. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, онно көрүллэр үбү ФОТ-ка укпатахтар.
Ким эппиэттиир?
Мунньахха кыттыбыт дьокутаат Зоя Корнилова: «Мин олус сөҕөн олоробун. Бу, бастатан туран, тустаах министиэристибэ үлэтэ-хамнаһа буолуохтаах этэ. Ону Ил Түмэн кэмитиэтэ министиэристибэ быһаарар үлэтин толорор курдук. Оттон онно олорор тус эппиэттээх чунуобунньук аармыйата тугунан дьарыктанар? Тоҕо бу үҥсэр, туруорсар учууталлар, боропсойуус үлэһиттэрэ тустаах чунуобунньуктарга буолбакка, дьокутааттарга кэлэ тураллар? Тоҕо диэтэххэ, эһиги көмөлөһөрдөөҕөр, үлэлиирдээҕэр кинилэри истиэххитин да баҕарбаккыт», – диэн уот харахха эттэ.
Урут, били, Сталин саҕана диэххэ дуу – былаанын тохпут, тугу эрэ кыайбатах, быһаарбатах салайааччыны үлэтиттэн усталлара, бэл, хаайыыга быраҕыахтарын сөбө, өссө сороҕун ытарга уураахтыыллара. Биһиги кэмми Салайааччыларбыт тугу да гынныннар, дуоһунастара доруоһалаах тиэстэ курдук үллэр. Бииртэн-биир сылаас миэстэҕэ көһө сылдьаллар. Баҕар, бу учуутал хамнаһын кыайан быһаарбат, ааҕан-суоттаан дьүүлүн булларбат чунуобунньуктары бэйэлэрин хамнастарын сарбыйар буоллар, арааһа, түргэнник дьаһаныа этилэр. 11000 тыһ. хамнаска олорон көрдүннэр ээ...
Тугу эрэ буккуйаллар учууталлар, 1 сентябтан перерасчеттара кэлэ - Су-2719.12.2012 (15:48) (10.164.253.30)
илигинэ айдаараллар быһылаах. Олох агыйах хонуктааҕыта Габышева "ырбаахытын хайа тардынар" этэ бачча бырыһыан оччо бырыһыан үрдээтэ диэн. Төһөтүн да иһин киһи итэҕэйиэх курдуга все таки зап.пред буо. Журналистка үлүннэрбит проблеманы.
хамнас - лана19.12.2012 (16:59) (46.48.239.33)
Отчуоттарга хамнас урдээтэ диэн этэллэр, суруйаллар. Онтон олоххо атын хартыына диэбит ди. Улуус, оскуола таьымыгар быьаарыллар дуу? Тыа сирин учууталлара форумна суоххут дуо?
балаьыанньа олус ыарахан эбит - капец буолбут19.12.2012 (17:01) (94.245.156.46)
ол гынан баран ессе ити кыра, отоно баар буолуо турда5а. учууталлар наьаа да ес киирбэхтэр эбит. Туохха уерэтэллэрий билиилэрэ суох эрээри.
Нина Герасимова куруук биhиги проблемаларбытын - Улуусучуутала20.12.2012 (21:38) (91.185.252.29)
баары баарынан сытыытык Кыымн,а туруорар. Хайа да профсоюзта5ар учууталлар тустарыгар кыhаллар, этинэр. Мин эмиэ сатаан ейдеебеппун то5о сымыйаннан хамнас бачча % урдээтэ диэн чиновниктар этэллэрин куруук телевизорга, хаhыакка кердереллер-суруйаллар? Оклады урдэтээллэр, СТП кыччаталлар, надбавкалары быhаллар. Ол иhин хамнас "урдээбитин" туhунан истэбит эрэ. Нина Герасимова МАХТАЛ буооллун!
Путин прямой эфиргэ - Эр20.12.2012 (23:11) (80.239.243.199)
Учууталлар хамнастарын туьунан этиэм диэн баран эппэтэ дии. Онноо5ор дойдубут баьылыга тугу эрэ кистээн дьаабыланар, киьи кэлэйиэх.
Ханна ба5ар хамнас урдугуттэн туох барыта тутулуктаах. - .мил 21.12.2012 (11:01) (80.83.238.82)
Эдэр ,урдук билиилээх(уерэхтээх)ыччаттарбыт ол иьин атын улэ5э сылдьаллар,саналыы сайдыы бытааннык барар,хамнаьы быьааран иьиэ этилэрэ.
статистика - лана21.12.2012 (11:25) (46.48.239.33)
Сепке этэгин. Себулэьэбин. Статистика кердерерунэн "РФ - 80% учителей - женщины,РС(Я) - 81,3%. Каждый седьмой учитель - пенсионного возраста". Ол аата пенсионер учууталлар эьии пенсия ылаллар. Эдэр опыта суох специалист хамнаьа теьенуй? Уонна того барыахтарай, идэлэринэн улэлээбэттэр, куоракка рынок , магаьыын атыыьыта буола сылдьаллар. Того ырытыы - чинчийии суогуй?
|
Category: Образование и наука. Школа. Детсад |
Views: 1703 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 1 | |
1
Сэмэн
(2012-12-23 03:36)
Бэрииhэпкитин оро тутун, кытаатын! Барытын кистии-саба сылдьар!!!!! Мин учугэйи онордум, биhиги учугэйдик олоробут, биhиэхэ тимир суол эрэ наада уонна эhиэхэ газпытын, ниэби бириэ этибит! Тургэнник кэлэн ылын диир!
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 96 Ыалдьыттар (гостей): 96 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|