News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Ахсынньы » 25 » Ыар “үөрэх”..рота хаманд.майор Вохинцев: “Сахаларгыт дуо?” – диэн ыйыппыт. Харданы истээт да, охсуолаан барбыт уонна: «Я – сволочь, сука,мра
Ыар “үөрэх”..рота хаманд.майор Вохинцев: “Сахаларгыт дуо?” – диэн ыйыппыт. Харданы истээт да, охсуолаан барбыт уонна: «Я – сволочь, сука,мра | 12:56 |
.Тоҕо кырбаабыттарый?! 24.12.2012 14:27 | Автор: Туйаара Сиккиэр |
Роман Обутов саха саллааттарын көмүскээн, ким да көмөтө суох тиийэн чаастар хамандыырдарын көрсөр, уолаттарбыт туох буруйга-сэмэҕэ тиксибиттэрин ыйыталаһар, кыаҕа тиийэринэн көмөлөһөр, сууттарыгар сылдьар, төрдүн-төбөтүн була сатыыр. Барановскай гарнизоҥҥа баар 71289 нүөмэрдээх байыаннай чааска бу күһүн саҥа сулууспалыы тиийбит үс саха уолун эписиэрдэр кырбаабыттар. Ол туһунан 2012 сыл ахсынньы 9 к. Роман Михайловичка уолаттар дьонноро төлөппүөннээн биллэрбиттэр. Үс күнү быһа Б., В. уонна А. бу чааска сэттинньи 7 к. сулууспалыы тиийбиттэр. Үөрэтэр ротаҕа сылдьан баран, ахсынньы 3 к. роталарыгар барбыттар. Хаһаармаҕа киирээттэрин кытта, рота хамандыыра майор Вохинцев: "Сахаларгыт дуо?” – диэн ыйыппыт. Харданы истээт да, охсуолаан барбыт уонна: «Я – сволочь, сука, мразь» диэн этиниҥ”, – диэбит. Лейтенант Заикины кытта уолаттары күнү быhа кырбаабыттар. Противогаз кэтэрдэ-кэтэрдэ, тыыннарын хаайбыттар. Нэрээттээбитэ буола-буола, туалеты сууйтара сатаабыттар. Уолаттар аккаастаммыттар. Аны, "аккаастанныгыт” диэн матыыптаан маhынан кырбаабыттар, электрошокерынан эттэрин умаппыттар.
Дьиҥэ, "нэрээттэн аккаастаныы уонна бирикээһи толорбот буолуу иhин” саллааты маhынан кырбыыры ханнык да сокуон, байыаннай устаап көҥүллээбэтэ биллэр.
Маннык кэбилииллэрин тулуйбакка, А. туалеты сууйбут. Эписиэрдэр А-ны салгыы кырбаабатахтар. Ол гынан баран, аны чааска баар сахалар А-ны "сахалар ааттарын түhэн биэрдиҥ” диэн кырбаабыттар. Бу уол эргиччи атаҕастанан төһөлөөх муунтуйан сылдьарын сэрэйиэххэ эрэ сөп.
Б-ны үс күнү быһа каптеркаҕа хаайа сытан кырбаабыттар. Көхсө, бүлгүнэ уонна буута барыта электрошокер сиэбит бааhа, илиитэ-атаҕа бүтүннүү сүүлэ иhэн хаалбыт. Ахсынньы 5 к. этэ-сиинэ бүттэтэ суох дыгдаччы испит уолга гражданскай таҥас кэтэрдэн баран, Уссурийскай куорат балыыһатыгар илдьэн көрдөрө сатаабыттара табыллыбатах. Онон эмиэ били каптеркаҕа хаайан баран, сарсыарда санчааска, онтон Уссурийскайдааҕы байыаннай госпитальга илдьибиттэр. Р.Обутов бу кырбыыр кэмнэригэр оруобуна Уссурийскайга сылдьыбыт. Истээт, сонно балыыһаҕа тиийэн уолу көрсүбүт, туох буолбутун бүтүннүү ыйыталаспыт, ылбыт бааһын бүтүннүү хаартыскаҕа түһэрбит.
Ыар "үөрэх”
Саҥа тиийбит уолаттар туох иһин маннык атаҕастабылга тиксибиттэрий диэн сөҕүөххүт. Сыччах, саха буолалларын иһин! Сурук ааптара этэринэн, чааска сахалары уруккуттан абааһы көрөллөр эбит. Ол иһин, саҥа киһини хара ааныттан самнарар сыаллаах "үөрэх” үһү.
"Көрөргүт курдук, бу байыаннай чаас – бэрээдэги, диссипилиинэни тутуhууну уонна байыаннай сулууспалаахтар икки ардыларыгар эриэ-дэхси сыhыан баар буолуутун, саллааттар сулууспаларын этэҥҥэ баралларыгар сөптөөх усулуобуйаны, саллааттар олохторугар куттал суох буолуутун уонна доруобуйалара чэгиэн-чэбдик буолуутун хааччыйбата. Төттөрүтүн, сахалары омугунан арааран самнара сатаан атаҕастаата, саҥа сулууспалыы тиийбит уолаттар чиэстэрин уонна дьоhуннарын түhэрдэ, сахаларга кырыктаах сыhыаны күөртээтэ. Эписиэрдэр бэрээдэги көрөллөрүн оннугар, бэйэлэрэ бэйэлэринэн бу үс уолу хас эмэ күнү быһа кыыллыы кырбаабыттар, сидьиҥник атаҕастаабыттар, электрошокерынан пыткалаабыттар. Кинилэр РФ Конституциятын 19, 21 ыст, "Киhи быраабын уонна көҥүлүн көмүскүүр” конвенция 3, 4, 5, 7, 14 ыст., Киhи быраабын декларациятын 8, 16, 30 ыст., "Байыаннай сулууспалаахтар статустарын туhунан” ФЗ 16, 27 ыст. уонна РФ Сэбилэниилээх күүстэрин ис сулууспатын устаабын 75,78, 79, 80, 81, 100, 101, 144, 145, 146, 147, 148, 149, 317, 319 уонна 335 ыстатыйаларын ирдэбиллэрин кэстилэр.
Чаас иhигэр тахсыталыыр сөбө суох дьайыылары уонна устаабынан көрүллүбэт сыhыаны (дедовщинаны) бопсуу суоҕун уонна миэрэ ылбакка таах хаалларан иһии түмүгэр, РФ ХК 111, 112, 116, 117, 126, 282, 286, 336 ыстатыйаларынан көрүллэр холуобунай буруйдары оҥоруу таҕыста.
Маны барытын тохтоторго дьаhал ыларыгар көрдөһөн, Уссурийскай гарнизон байыаннай борокуруора, юстиция полковнига А.С. Ковальскайга сайабылыанньа түhэрбитим. Кини солбуйааччыта, юстиция майора Д.В. Щеховеhы кытта сирэй көрсүбүтүм. Онуоха Вохинцевы уонна Заикины утары РФ ХК 286 ыстатыйатынан эрэ холуобунай дьыала көбүтүллүбүтүн эппитэ. РФ ХК 111, 112, 116, 117, 126, 282 уонна 336 ыстатыйаларынан көрүллэр холуобунай буруйдары оҥорбуттарын иhин эппиэккэ тардыбатахтар. Төттөрүтүн, бу үс уол бирикээhи толорботохторун уонна нэрээттэн аккаастаммыттарын иhин РФ ХК 332 ыстатыйатынан буруйдаан, холуобунай дьыала төһө баҕарар тэриллиэҕин сөбүн эттэ. Дьэ, бу чахчы буолуон сөп.
Халбас харатын курдук эргиттэхтэринэ, бу үлүгэр кэрээнэ суох кырбаммыт, электрошокерынан сиэтиллибит уолаттар бэйэлэрэ хаайыыга барыахтарын сөп. Ол иһин, Уссурийскай куоракка олорор Макеев диэн албакааты көрсөн: "Бу үс саха уолун көмүскүөххүн сөп дуо?” – диэн ыйыппытым. Кини эмсэҕэлээбит саллааттары көмүскүүргэ идэтийбит албакаат. Силиэстийэ бүтэ илигинэ уолаттарбытын көмүскүүр уонна хаайыыттан быыhыыр үлэни уталыппакка ыыттахха эрэ көдьүүстээх буолуоҕа”, – диэн Роман Михайлович суруйар.
Нэрээт эбэтэр изолятор
Дьиҥэр, хас биирдии саллаат нэрээти толорон иһиэхтээҕэ эбитэ буолуо... Роман Обутов этэринэн, бу чааска "сахалар истэригэр туалеты, хаһаарма муостатын сууйуллубат” диэн суруллубатах быраабыла баар үһү. Б., В. уонна А. ону тутуспуттар.
"Бу – хаайыылаахтар аармыйаҕа киллэрбит быраабылалара. "Хаайыылаахтар быраабылаларын тутуhан тус олоххутун огдолутумаҥ”, – диэн хас лиэксийэм аайы этэ, өйдөтө сатыыбын.
Байыаннай чаас командованиета кыыһырбыта сүрдээх. Биригээдэ хамандыырын иитэр үлэҕэ көмөлөһөөччүтэ подполковник А.Ф. Труфанов: "Устаап ирдэбилин кыратык да кэспит сахаларга мантан антах кытаанахтык сыhыаннаhыахпыт, аны хас бирикээhи толорботох, нэрээттэн аккаастаммыт саха уолун гауптвахтаҕа (анал гауптвахта суох, онон Уссурийскай следственнэй изоляторыгар угаллар) 15 хонукка хаайан иhиэхпит. Көнөн тахсыбатахтарына, холуобунай дьыаланы тэрийэн иhиэхпит”, – диэтэ. Командование нэрээти, бирикээһи толорботох саллааттары, кырдьык, гауптвахтаҕа угар, суукка биэрэр бырааптаах.
Бу саха уолаттарыгар өһүөннэммит подполковник Труфанов кигиитинэн саха уолаттарыгар соруйан туалет, муоста сууйарга бирикээс, нэрээт биэриэхтэрэ. Оттон сахаларга өс хоhооно баар: "Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой”. Биhиги уолаттарбыт ньоҕойдоhон, гауптвахтаҕа симиллиэхтэрэ, онтон салгыы сууттаныахтара. Маннык буолара саарбахтаммат. Баара суоҕа биир сылы сүгүн сылдьыбакка, үргүлдьү хаайыыга барыахтара. Уопсайынан, саха уолаттара устаап ирдэбиллэрин ситэ-хото өйдөөбөттөрүттэн атаҕастабылы, сэнэбили уонна холуобунай буруйу соҥнооhуну көрсөллөр”, – диэн сурук ааптара этэр.
Манан буоллаҕына...
Бу быһылаантан көрдөххө, биһиги уолаттарбыт устаап ирдэбилин ситэ-хото өйдөөбөттөрүттэн, бирикээһи толорботторуттан сылтаан атаҕастабылга, буруйга-сэмэҕэ тиксэр эбиттэр. Бирикээс туолуохтааҕа биллэр. Ол гынан баран, эписиэрдэр бу сырыыга наһаалаабыттар. Көстөн турар холуобунай дьыала оҥоһуллубут. Ол эрээри, суор хараҕын суор оҥпот – байыаннай чаас командованиета, борокуратуура бэйэлэрин дьоннорун көмүскүүллэрэ биллэр. Оттон биһиги уолаттарбытын "бирикээһи толорботохторо” диэн эппиэккэ тарда сатыыллара сэрэйиллэр. Быһыы-майгы маннык салҕанан бардаҕына, инникитин сулууспалыы тиийбит уолаттарбыт олох даҕаны хаайыы дьоно, инбэлиит эбэтэр, куһаҕанын ыллахха, тимир хоруопка тиэллэн кэлииһиктэр дии.
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1624 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 92 Ыалдьыттар (гостей): 92 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|