News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » От ыйа » 14 » – Үүппүт 90-тан тахса бырыһыанын былыргылыы арыылыы олоробут. Үүт аҕыйаҕар тыа сирин оҥорон таһаарааччыта буруйа суох. Итиннэ судаарыстыба о
– Үүппүт 90-тан тахса бырыһыанын былыргылыы арыылыы олоробут. Үүт аҕыйаҕар тыа сирин оҥорон таһаарааччыта буруйа суох. Итиннэ судаарыстыба о
10:52
Батарыы – сүрүн сорук буолуохтаах
12.07.2013 16:22 | Автор: Владимир Степанов Аҕыйах хонуктааҕыта ФСБ үлэһиттэрэ геннэрэ "тупсарыллыбыт” (ГМО), бэл, Кытайга бэйэтигэр кытта бобуулаах оҕуруот аһын үүннэрэн, дьааттаах химияны үрдэ суох туһанан Сахалины «аһатан абырыы» олорбут кытай фермердэрин тутан дьыала тэрийдилэр. Итинник сүһүрбүт "аһынан” хадаҕалаан, бэрт киэҥ сиртэн нэһилиэнньэтин ньылбы "ыраастаан” кэбиһэр уодаһыннаах ньыманы истэбит-билэбит. Тастан кэлэр, ханна, хаһан, хайдах оҥоһуллубута биллибэт глобализация кэмин аһынааҕар, саха төрүт аһа чөл туругу, уһун үйэни мэктиэлиирин эмиэ билинэбит. Тоҕо тыабыт хаһаайыстыбата төрүт аспытын, олохтоох оҕуруот аһын дэлэтэн испэтий? Ити уо.д.а. тыа сирин кыһалҕаларын туһунан СӨ бааһынайдарын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Валерий Николаевич Ефремовтыын кэпсэтэбит. – ТХМ отчуотун иһиттэххэ, статистиканы көрдөххө, наһаа элбэх үүт ыанар курдук. Т/х-гар харчы бөҕө кутуллар да, дьиҥнээх үүт ас киин куораппытыгар тоҕо тиийбэтий? – Үүппүт 90-тан тахса бырыһыанын былыргылыы арыылыы олоробут. Үүт аҕыйаҕар тыа сирин оҥорон таһаарааччыта буруйа суох. Итиннэ судаарыстыба олохтообут систиэмэтэ буруйдаах. «Единэй заготовителлербыт» үүт сыанатын үрдэппэттэр. Дьонтон үүтү баара-суоҕа 3–4 солк. туталлар. Субсидия кинилэргэ кэлэр. Кинилэр үүт бородууксуйатын дэлэтэн, атыылаан тыа сиригэр элбэх харчыны киллэрэр интэриэстэрэ суох. Тоҕо диэтэххэ, арыыны да оҥорон сөп буолар хамнастарын ыла олороллор. Дьиҥинэн, сайдыылаах омуктарга курдук, "арыыны оччону оҥордоххуна -- хамнаһыҥ бачча”, "үүтү дэлэттэххинэ – итиччэ” диэн үлэ ирдэбилин күүһүрдүллүөхтээх этэ. Элбэх үүт бородууксуйатын оҥорбукка, батарбыкка бонус, бириэмийэ биэриэххэ. Оннук ирдэбил суоҕун иһин соҕотуопкаһыттар кыһаллыбакка, лыгыччы арыылыы эрэ олороллор. Үүтү туттарааччыга эриллибит үүтү 0,5-1 солк., харчытын оннугар ыарахан сыаналаах арыынан, сүөгэйинэн биэрэ, таһар уо.д.а. атын ороскуоттарын дьон харчытыттан быһа тутан барыһыраллар. Интэриэстэрэ итиннэ сытар. Ити систиэмэ ууратыллыан иннинэ куоракка олохтоох үүт бородууксуйата дэлэйбэт. Дьиҥинэн, ырыынак экэниэмикэтин сокуонунан, үүтү 40-50 солк. тутан атыылаан, итиннэ субсидияны эбэн үүтү туттарааччыга төлүөхтээх этэ буоллаҕа. Оччотугар дьон сүөһү ахсаанын элбэтэр, производствоны кэҥэтэр, сайдар туһунан толкуйдуо этэ. Ити суох. Үүтү туттарааччы уу харчынан соҕотуопсуктан тугу да көрбөт. Субсидията эрэ кэлэр. Ол иһин нэһилиэнньэ үүтү туттарар интэриэһэ сүтэн иһэр. Онон, систиэмэ уларыйыан наада. -- Бородууксуйа батарыытын туһунан 20-чэ сыл айдааран кэллибит да, тоҕо туох да уларыйбатый? -- "Эргиэмсик омук буолбатахпыт” диэн кэриэлийэр сыыһа. Аан дойдуга ханна да оҥорон таһаарааччы бородууксуйатын бэйэтэ атыылаан күнүн-дьылын бараабат. Батарыы тиһигин оҥоруохха наада. Ол эбэтэр, тыа сирин үлэһитэ бэйэтэ туран атыылыыр буолбакка, туттарар сирдэрин. Бу бородууксуйа сөпкө харалла сытан куорат маҕаһыыннарыгар тарҕанан атыыланыллыахтаах. Маркетинг ирдиирин курдук, саха аһыгар «уровень доступности» оҥоруохтаахпыт. Хаһаайка аһын оптуобустан түһэн баран тохтобул таһыттан атыылаһар. Кини ырыынакка баҕар ыйга биирдэ сылдьыа. Дьон туттарбыт табаарын иһин тута харчы аахсар, ол харчы тыа сиригэр байылыат олоҕу мэктиэлиир буоллаҕына эрэ, тыа сирин бородууксуйата дэлэйиэ. Батарыы тоҕо сайдыбатый? Т/х-тын сайыннарар биир чопчу суолу тутуспакка, бииртэн бииргэ көһө сылдьарбыт, ыһыллаҕаспыт мэһэйдиир. Быйыл "Европа хотонун тутуохха!” дэстибит да, тута 128 мөл. сыаналаах хотоннору тутан бардыбыт. Ол оннугар ити харчыга бырамыысыланнай улуустарга, куораттарга 10 үчүгэй батарар логистическай киини туппуппут буоллар, дьон үлэҕэ көҕүлүүр механизм үөскүө этэ. Тыа дьоно бородууксуйалара сыанаҕа барар буолан, сүөһүлэрин, сылгыларын, оҕуруоттарын аһын элбэтиэ этилэр. Ити хайдах үлэлиэ өссө биллибэт хотон тутардааҕар быдан барыстааҕа чахчы. -- ТХМ "Европа хотоннорун эрэ тутан, ыарахан сыаналаах тэрили эрэ атыылаһан сайдыыны аҕалабын” диир буолуохтаах... -- Ити икки өрүттээх. Холобур, тыа үүтэ син биир тиийбэт Мииринэйигэр, Нерюнгритыгар, Алданыгар, Айхалыгар, баҕар, сыаналаах хотону туттуннар, омук ынаҕын аҕаллыннар. Ким ону утарыай? Оттон ону хаһаайыстыбаны Дьокуускайга тэрийии чугастааҕы улуустарга т/х-тын эһэр эрэ буоллаҕа. Оччоҕуна кинилэргэ эмиэ арыы эрэ оҥоруута хаалар. Ити хотоннор экэнэмиичэскэй көдьүүстэрин ситэ суоттаабакка, былааннаабакка элбэх харчыны бырахтылар. Улахан хотоннорго үчүгэй хамнаһа суох дьон үлэлии кэлэрэ саарбах. Аһынан хааччыйыыта хайдах буолуо эмиэ биллибэт. -- Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар Европа производствота Нам Модутугар тэриллибитэ. Тоҕо үүт биисинэһэ табыллыбата? -- Биһиэхэ Австрияҕа курдук сүөһү "иһэ хайдыар диэри” аһыыр аһа-үөлэ, итии килиимэтэ, үтүө көрүүтэ кыайан тэриллибэтэ өйдөнөр. Онон Австрия ынахтара дойдуларыгар курдук 6-7 тыһ. киилэни буолбакка, ылбат-биэрбэт 3 тыһ. киилэни биэрэллэр. Барыс суох, кэлтэй ночоот эрэ. Манна Европа буолбатах буоллаҕа. Производство тэрээһинин үөһэттэн соҥнооһун сыыһа. Ким үлэлиэхтээҕин билбэккэ эрэ бастаан хотон тутабыт. Холобур, Тулагыга тутуллубут хотоммут сирэ-уота да суох, сүөһүлэрин ханна мэччитэллэр? Ким манна кэлэн үлэлиир? Барыта ити курдук, хара ааныттан кыһалҕа. Батарар тиһиккэ харчы укпуттара буоллар, үлэлээн барыа этэ. Үчүгэй сыана олохтонноҕуна, киһи барыта киллэрэн туттарыа этэ буоллаҕа. Үүт тутуллар сыаната үрдүүрэ буоллар, субсидия да наадата суох буолуо этэ. Арай, эппитин 400 солк., үүппүтүн 70 солк туттуннар. Онтон чэпчэтэн атыылаатыннар, сыана араастаһыытын бүддьүөттэн уйуннуннар. Туох уустуга баарый? Оччоҕо тыа дьоно субсидия кэтэһэн эрэйдэниэ суох этилэр. Ынаххын ыатыҥ да киилэтигэр 70 солк. киирэр. Оннук түгэҥҥэ дьон сүөһүтүн элбэтэр, производствотын кэҥэтэр туһунан былааннаан барыах этэ. Билигин тугу да былаанныыр да кыаҕыҥ суох. Субсидияҥ кэлиэ эрэ, кэлимиэ... Ол курдук сылын аайы эргийэн бара турар. -- "Тыа дьоно субсидияны кэтэһэн сүрэҕэ суох буоллулар, бэлэми эрэ күүтэллэр” диэн куорат тойотторо куолулууллар. -- "Бэлэми күүтэллэр” диэни кытта сөбүлэспэппин. Тыа киһитэ эмиэ олоҕун үчүгэйдик оҥостуон баҕарара, ол эрээри харчыта суоҕа буруйа буолбатах. Судаарыстыба тыа дьонун дохуота үрдээн, куораты кытта чугасаһар бэлиитикэтин ыытыахтаах. Оччоҕо эрэ тыа сиригэр дьон олохсуйуо. Тыа сиригэр өрөспүүбүлүкэ орто хамнаһын саҕа 40 тыһ. дохуоттаахтара буоллар, тыа производствота күүскэ сайдыа этэ. Усулуобуйа суох. Т/х-гар сылга 7,5 млрд солк. эрэ көрүллэр. Ити элбэх буолбатах. Тэҥнээн көрүҥ эрэ, тыа сирин нэһилиэнньэтэ Дьокуускайдааҕар элбэх. Куоракка аҥаардас хомунаалынай төлөбүрү чэпчэтиигэ 14 млрд солк. субсидия көрүллэр. Тыаҕа оһоҕунан олорор дьоҥҥо итинник чэпчэтии суох. Ити 7,5 млрд солк. бэтэринээрдэргэ, атын да тэрилтэлэргэ барарын көҕүрэттэххэ, дьиҥнээх тыа аһын оҥорооччуга олох аҕыйах тиийэр. Биһиги дьоммут төбө харчытын, үүт субсидиятын эрэ ылаллар. Холобур, 5 ыанар ынахтаах киһи ороскуотун ааҕан көрүөххэ. Былыр биэс ынахтаах киһи дьадаҥынан ааҕыллара. Бу киһи эдэр сүөһүтүн кытта сылга 15 төбөнү кыстатар. Сокуоҥҥа эппиэттиир биир киһи үлэтин нуормата тахсар. 40 тыһ. солкуобайы илиитигэр буолбакка, хамнаһын пуондата диэн суруйуохха. Нолуога, атын төлөбүрдэрэ көҕүрээн, илиитигэр 25-һи ылыа. Хамнаһын сыллааҕы пуондата 480 тыһ. солк. Ынаҕын иитэр уопсай ороскуота 120-чэ тыһ. солк. Уопсай ороскуота 600 тыһ. солк. Чэ, «фантазиялаан» үлэлиир усулуобуйата үчүгэй буолан, 1 ынахтан сылга 2000 кг туттарар диэххэ. Барыта 10 т, ону эмиэ «мечтайдаан» 30 солк. туттардын диэххэ. 300 тыһ. дохуот киирдэ. Үс ынаҕын эккэ туттарбыта 100 тыһ. солк. Дохуота 400 тыһ. солк. буолар. Хамнаһын толуйар 200 тыһыынчата суох. Оттон Бүддьүөт Кодексыгар "т/х-тын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччы дохуотун уонна ороскуотун араастаһыытын судаарыстыба уйунуохтаах” диэн сурулла сылдьар. Онон 1 киилэ үүккэ 50 солк. итэҕэһэ суох субсидия баар буоллаҕына, тыа киһитэ производствотын тэриниэ, дьон тэҥинэн олохтонуо этэ. Биир сылгыга 10 тыһ. итэҕэһэ суох төлөнүөхтээх. -- "Тоҕо ол биир үүтүнэн эрэ олоруохтааҕый, оҕуруот олортун, мас мастаатын, бултаатын, атын дохуоту киллэриннин” диэхтэрэ дии.. -- Ороскуота суох үлэ диэн суох. Онон, хайдах да аахпыт иһин, ити 200 тыһ. солк. ночоото тахсан кэлэ туруо. Дьиҥнээх тыа сирин экэниэмикэтин оҥорор, өрөспүүбүлүкэни аһатар т/х-тын оҥорон таһаарааччытыгар баара-суоҕа 4 млрд эрэ көрүллэрин тухары, туох да уларыйыа суоҕа. -- Саха сиригэр хайдах экология өттүнэн ыраас бородууксуйаны оҥорон чөл астанабыт, бигэ доруобуйаланабыт? -- Арҕаа дойдуларга эмиэ химиялаах концентраты аһыыр сүөһү үүтүн көрдөрүүтэ куһаҕанын иһин, "мэччитэн аһатар” технологияҕа көһөн эрэллэр. Өбүгэлэрбит "ынах үүтэ тылыгар” дииллэр этэ. Дьиҥ айылҕаҕа көҥүл сылдьар ынах төһө да аҕыйах үүттээҕин, эттээҕин иһин, хаачыстыбата быдан ордуга саарбахтаммат. Омук быһыытынан чөл хаалыахпытын баҕарар буоллахпытына, бэйэбит эппитин, үүппүтүн, оҕуруоппут аһын аһыахтаахпыт. Ол – сокуон. Ити туһугар сүөһүбүтүн, сылгыбытын илдьэ сылдьыахтаахпыт. Билигин "саха ынаҕа наадата суох” диэн сыыһа тыллаһар буоллулар. Төттөрүтүн, сайыннарыах баара. Бэйэбит курдук айылҕа оҕото. Барыһа элбэх: аҕыйах оту сиир, отунан түргэнник уойар, ыарыыга ылларымтыата суох, уотурбаҕа наадыйбат, ыран охтубутун да кэннэ аһаттыҥ да туран кэлэр. Хойуу үүтүн коза үүтүн курдук сыанатын ыаратан атыылыахха, этэ -- "мраморнай”. Глобализация, урбанизация наһаа барда. Өбүгэлэрбит сүөһү туруон сөптөөх сирин барытын баһылаан бачча киэҥ сирдээхпит. Онон норуот буолбуппут. Урут хаһаайыстыба көдьүүһүнэн көрөн алаастарынан бытанан олорбут эбит буоллахпытына, XX үйэҕэ бөһүөлэктэргэ симиллибиппит, билигин букатын да бары биир куоракка кутуллан эрэбит. Химиялаах, ГМО астаах-үөллээх, синтиэтикэ таҥастаах асфальт оҕолоро буолбут норуот сарсыҥҥы дьылҕатын көрүөхтээҕэр сэрэйбит ордук. Тыыннаах норуот буолар туһугар тыа сиригэр төрүт бэйэбит сүөһүбүтүн-сылгыбытын иитэн, көрөн-харайан, үлэлээн-хамсаан олоруох этибит. Ити – омукпут тыыннаах буолуутун мэктиэтэ. Арассыыйа уобаластарыгар сылдьан көрдөххө, сүөһүтэ-сылгыта суох буолбут дэриэбинэ бөҕө быраҕыллан турар. Таас оскуолалар түннүктэрэ оҥоһон тураллар. Биһиги кинилэр кэптэрин кэтэрбит табыллыбат. Таас оскуола тутуллубут сиригэр т/х-та, оҥорон таһаарыы күүскэ сайдыахтаах. Оччоҕо эрэ дьон олохсуйуо. -- Оҕуруот аһын үүннэрии тоҕо кыаллыбатый? Эмнэр уонна Аннар эрэ баар курдуктар. -- Сахалар оҕуруот аһын үүннэриигэ химияны сатаан туттубат буолан кыайтарабыт. Ити этэр дьонуҥ химияны, гербициди, пестициды, "түргэтэтэр” ньыманы, уоҕурдууну сатаан туһанар, маассабай бырамыысыланнай албастары баһылаабыт, тутта үөрүйэх, атын өйдөөх-санаалаах дьон. Биһиги кинилэр оҕуруоттарын аһыгар төһө химия баарын анаалыстаан-үөрэтэн билэр кыахпыт суох. Арбуз биһиэхэ тэпилииссэҕэ эрэ үүнэр, оттон кинилэргэ -- аһаҕас халлаан анныгар. Киһи төбөтүн саҕа буолар. "Бу дьон ГМО-ну туттубаттар” диэн ким эрэннэрэрий? Биһиги дьоммут сиэрдэрэ-майгылара оннугу кыайбат, бэйэ дьонун сүһүрдэн байыы -- саха суола буолбатах. Оҥорбут бородууксуйаҥ сиэрдээх сыанаҕа батарыллар усулуобуйата оҥоһуллуон иннинэ, эрэйбит сылын аайы хатылана туруо. Дьиҥэр, Саха сирэ хортуоппуйунан, хаппыыстанан, үүтүнэн, атын да олохтоох аһынан хааччынар кыахтаах. Холобур, Хаҥаласка бааһынайдыыр кэммэр өрүс уҥуоргу үс нэһилиэк 3 тыһ. т араас оҕуруот аһын үүннэрэрэ. Билигин 1 тыһ. да туонна кыайтарбат. Төрүөтэ тугуй? Сыанаҕа турбат, батарыы тиһигэ суох буолан эрэйиҥ тиллибэт. Хортуоппуйу ороскуот бөҕөнү көрсөн үүннэрэҕин, "Агроснаб” 14 солк. тутар. Бэйэм себестоимоһым 14-15 солк. Барыс, сайдар кыах суох. Т/х-та -- саха төрүт дьарыга, олоҕун уобараһа. Саханы өйүүр буоллахха, т/х-тын бородууксуйатын оҥорооччу үлэлээн 40 тыһ. солк. хамнастанар усулуобуйата тэриллиэхтээх. Дьиҥинэн, биһиги сүрэҕэ суох дьон буолбатахпыт Доҕоттор кэпсээ Ырытыыла р #1 Уohyk 12.07.2013 20:49 Дьэйин эрэ, ким тугу утары этэрдээх? Барыта баар суол буолбатах дуо? | Хоруйдаа #2 Сайды суола 12.07.2013 22:21 Хата МСХ, Эмнээх Ааны ытыс урдугэр илдьэ сылдьаллар.. Для развития с/хоз-ва, необходимо внедрять новые расчитанные к нашим условиям технологии, использовать зимний природный холод, только в этом случае возможно развитие. Организовать независимую от МСХ, СХПК-в и продавать свою продукцию, по цене ниже рыночной, главное надо использовать энергосберегающ ие технологии, энергию природы и инновации, и развитие гарантирую. Проект развития имеется, надо просто начать.....
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1403 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 25
Ыалдьыттар (гостей): 25
Кыттааччылар (пользователей): 0