News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » От ыйа » 15 » СӨ киһи быраабын араҥаччылааһыҥҥа саҥа боломуочунайа Алексей Ефимов кыттыыны ылла
СӨ киһи быраабын араҥаччылааһыҥҥа саҥа боломуочунайа Алексей Ефимов кыттыыны ылла | 18:17 |
Төрүт омуктар бырааптара — ХНТ таһымыгар
15.07.2013 10:22 | Автор: Владимир Степанов | Кыым.Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин (ХНТ) Үрдүкү хамыһаарын дабыдалын аннынан буолан ааспыт "Төрүт олохтоох норуоттар урбаан уонна быраап эйгэтигэр” диэн сэминээрдэригэр СӨ киһи быраабын араҥаччылааһыҥҥа саҥа боломуочунайа Алексей Ефимов кыттыыны ылла. Бу Ханты-Мансийскай куоракка барбыт мунньахха РФ киһи быраабын араҥаччылааһыҥҥа боломуочунайа Владимир Лукин, РФ киһи быраабын араҥаччылааһыҥҥа боломуочунайын дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччыта Георгий Кунадзе (РФ тас сыһыаҥҥа миниистирин урукку солбуйааччыта), ХНТ киһи быраабын араҥаччылааһыҥҥа Үрдүкү хамыһаарын салалтатын бэрэстэбиитэллэрэ Ришард Коменда, Рашид Алуаш уонна Самия Слимэин кыттыыны ыллылар.
Сэминээр-мунньахха Арассыыйа уон эрэгийиэнин киһи быраабыгар боломуочунайдара уонна Красноярскай кыраайтан аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар бырааптарын билиҥҥитэ чороҥо соҕотох көмүскээччитэ Алексей Пальчин баалларын тоһоҕолуур сөп.
Сүрүн дакылааты Щвейцария Женева куоратыттан кэлбит Самия Слимэин, ХНТ киһи быраабын араҥаччылааһыҥҥа салалтатын төрүт олохтоох норуоттарга салаатын бэрэстэбиитэлэ, оҥордо. Дакылаат сүнньэ 2007 с. балаҕан ыйын 13 күнүгэр ХНТ Генеральнай Ассамблеятынан бигэргэммит Төрүт олохтоох норуоттар бырааптарын туһунан декларация чэрчитинэн буолла. Бу декларацияны 125 судаарыстыба өйөөбүт буоллаҕына, Арассыыйа күн бүгүҥҥэ диэри билинэ илигин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Бу декларация 27-с ыстатыйатыгар төрүт олохтоохтор сир баайыгар бырааптара этиллэр.
Ол курдук, сир баайын туһаҕа таһаарыыга судаарыстыба төрүт олохтоохтор баҕа өттүнэн сөбүлэҥнэрин ылыахтаах. Бу сөбүлэҥи кинилэр ханнык бэрэстэбиитэллээх уорганнара түһэрсиэхтээҕин төрүт олохтоохтор бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар.
Оттон 10-с ыстатыйа этэринэн, бырамыысыланнас уонна сир баайын хостуур тэрилтэлэр туһаларыгар төрүт олохтоохтор ханна да күһэлэҥинэн көһөрүллүө суохтаахтар. Оттон кинилэр сөбүлэҥнэрин биэрэр түбэлтэлэригэр реституция, ол эбэтэр, көһөрүүттэн уонна сир баайын хостооһунтан тахсар сүтүктэрин бары өттүнэн төлөөһүн оҥоһуллуохтаах. Кырдьыгынан уонна сөбүнэн көрөн.
Төрүт олохтоохтор бырачыастарынан бырамыысыланнас бырайыактара тохтор түбэлтэлэрэ баар эбит. Хотун Слимэин бэлиэтээбитинэн, маннык быһыы-майгы Латинскай Америка дойдуларыгар тахсар.
Ханты-Манси автономнай уокуругун күбүрүнээтэрин бастакы солбуйааччыта Геннадий Бухтин тыл эттэ. Ону кытта "Лукойл-Западная Сибирь” уонна "Сургутнефтегаз” курдук сүдү тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин тыллаах-сыҥаахтара хамсаата — төрүт олохтоохтор туһаларыгар туох үлэ барарын туһунан.
Геннадий Бухтин эппитинэн, Ханты-Манси уокуругун олохтоох сокуоннара бу хайысхаҕа федеральнай сокуоннары урутаан иһэр эбит. Төрүт олохтоох нэһилиэнньэ, ол эбэтэр хантылар уонна мансилар санааларын учуоттааһыҥҥа, ону олоххо киллэриигэ, туһаҕа таһаарыыга.
Красноярскай кыраайтан Семен Пальчин, Свердловскай уобаластан Татьяна Мерзлякова, Саха сириттэн Алексей Ефимов курдук омбудсменнар тыл туттулар.
Алексей Ефимов РФ ХНТ декларациятын билинэрэ сөптөөҕүн эттэ. Ол курдук, декларацияҕа аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тустарынан эрэ буолбакка, олохтоох бары омуктар тустарынан этиллэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бу тыл ис хоһоонун тутуһар буоллахха, улахан суолталаах диэн буолла.
Онон декларация Арассыыйаҕа бигэргэнэрэ буоллар, геобэлиитикэ уонна стратегия өттүнэн олус дьайыылаах түгэн буолуон сөп — Уһук Илин уонна Сибиир нэһилиэнньэтин элбэтэргэ уонна бөҕөргөтөргө.
Алексей Ефимов Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр этнология эспэртиисэтин, ол эбэтэр омукка төрүт эйгэ уларыйыыта туох сабыдыаллааҕын туһунан сокуон 2010 сыллаахха ылыллыбытын, маннык сокуон Арассыыйа таһымыгар ылыллара наадатын туһунан эттэ.
Бу сокуон бырамыысыланнай уонна да атын хаһаайыстыбаннай дьайыылар түмүктэригэр тахсар хоромньуну төрүт олохтоох омуктарга толуйууну көрөр. Ол курдук, былырыын Төмтөөн үрэххэ тутуллар Канкуннааҕы ГЭС тулалыыр эйгэҕэ сабыдыалын чинчийии барбыт. Түмүгэр Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарын тутууга хабыллар сирдээх аҕа уустарыгар 49 сыл устата хоромньу төлөбүрүн олуга ууруллубут.
Ону таһынан кини Декларация 13-с ыстатыйата мэктиэлиир боппуруоһун — Арассыыйа омуктарын төрүт тылларын араҥаччылааһыны таарыйда.
Мустубут дьон болҕомтотун тардыбыт биир түгэнинэн манныгы бэлиэтээһин буолла: суут-сокуон тыла Арассыыйа үрдүнэн Татарстан, Башкортостан, Чечня уонна Саха өрөспүүбүлүкэлэригэр эрэ ордон хаалбыт.
Сэминээр-мунньах кэнниттэн Арассыыйа киһи быраабыгар боломуочунайа Владимир Лукин биһиги киһибитигэр дириҥ ис хоһоонноох этиитин иһин махтанна. Оттон ХНТ Үрдүкү хамыһаарын салалтатын бэрэстэбиитэлэ Ришард Коменда аныгыскы сэминээри Саха сиригэр ыытарга тыл көтөхтө — хотугу норуоттарга сыһыаннаан.
|
Category: Нац. вопрос |
Views: 1469 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 8 Ыалдьыттар (гостей): 8 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|