News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » От ыйа » 24 » - Үлэлии сылдьабын! Москваттан, Хабаровскайтан тиийэ дьон бөҕөтө төлөппүөннээн "астаапкаҕа бардыҥ дуо?" диэн ыйыппыттарыгар соһуйдум. Бу Дьо
- Үлэлии сылдьабын! Москваттан, Хабаровскайтан тиийэ дьон бөҕөтө төлөппүөннээн "астаапкаҕа бардыҥ дуо?" диэн ыйыппыттарыгар соһуйдум. Бу Дьо | 17:14 |
Чурапчы улууһун баһылыга Семен ЯКОВЛЕВ: "Уурайбаппын!"
Среда, 24 Июля 2013 11:33 Чурапчы улууһун баһылыга Семен ЯКОВЛЕВ: "Уурайбаппын!" Чурапчы улууһун баһылыга Семен ЯКОВЛЕВ "бэйэтин баҕатынан дуоһунаһыттан болдьоҕун иннинэ уурайбыт" ("Глава Чурапчинского улуса уволился") диэн сонун биһиги сайтпытыгар от ыйын 13 күнүгэр тахсыбыта. Бэҕэһээ Семен ЯКОВЛЕВ көмөлөһөөччүтэ төлөппүөннээн "баһылык көрсүөн" баҕарар диэн илдьиттээтэ. Семен ЯКОВЛЕВ эдэрчи, омос көрдөххө сымнаһыар майгылаах буолан көһүннэ. - Дорообо, Семен Илларионович! - Дорообо! - Хайа? - Эһигиттэн ыйытыахпын баҕарабын, ким итинник сонуну кэпсээбитин. - Эн планеркаҕар "илэ бэйэбит сырыттыбыт, эт кулгаахпытынан иһиттибит" диэбит дьонтон. "Бүтэһик планеркам" диэтэ диэн тиэрдибиттэрэ. - Мин уоппускаҕа барыам иннинэ ыыппыт "бэстилиэнэй планеркам" диэбитим буолуо ээ, ону салгыы "сайыннардахтара"... - Оччотугар уоппускаҕа сылдьаҕын? - Өссө да бара иликпин, ол уоппускам да диэн икки эрэ нэдиэлэ. Онтон-мантан тардыллан барбакка сылдьабын. - Үлэлии сылдьаҕын? - Үлэлии сылдьабын! Москваттан, Хабаровскайтан тиийэ дьон бөҕөтө төлөппүөннээн "астаапкаҕа бардыҥ дуо?" диэн ыйыппыттарыгар соһуйдум. Бу Дьокуускайга киирбиппэр эмиэ инньэ диэн ыйыталлар... - Эйиэхэ мобильнай төлөппүөҥҥэр корреспондеммыт хас да күнү быһа эрийэ сатаабыта... "Олох ылбат, кырдьык уурайбыт быһыылаах" диэн түмүк оҥорбута. - Төлөппүөммүн ылбаппын. Тоҕотун этэбин да? - Тоҕо? - Дьон эрийэ-эрийэ "тоҕо быыбарга турбатыҥ?" диэй ыйыталларыттан букатын хал буоллум. Ол иһин билбэт нүөмэрбин ылбаппын. - Оттон тоҕо быыбарга турбатыҥ? Дьон-сэргэ истэригэр биирдэ улаханнык этэн кэбиспэккин дуо? - Республикаҕа саҥа кадрдар наадалар... Киһи үүнүөхтээх-сайдыахтаах... - Оо, үрдээри гынныҥ дуо? - ... Маннык диэн этиэххэ: этии киирэр, ханна барарбын быыбар кэнниттэн биллэриэм. - Бэрт эбит. Комментарийдартан сылыктаатахха, дьонуҥ эйигин өйүүр, сыаналыыр эбит. Аараттан биһиги харыһыйа санаабаппыт... - Дьон санаата араас буолар: ким хайгыыр, ким сирэр. Улууска 21 000 киһи олорор, олор хайдах бары биир санаалаах буолуохтарай. - Чурапчы улууһун биэс сыл салайдыҥ? - Оннук, 2008 сыллаахха талыллыбытым. - Бэйэҥ кэннигиттэн хаалларар киһилээххин дуу? - Норуот бэйэтэ талыаҕа. - Хас кандидат баарый? - Иккиэлэр: Светлана Семеновна ПЕСТРЯКОВА. Урут Бахсы нэһилиэгин салайбыт кэмнээҕэ. Уонна Андрей Тимофеевич НОГОВИЦЫН - "Чурапчы" хаһаайыстыба салайааччыта. НОГОВИЦЫН сааскы праймеризкэ кыайбыта. - Оччотугар "ньыгыллартан" киирсэр? - Суох, партияттан буолбакка, бэйэтэ киирсэр. - Манчаары оонньууларын этэҥҥэ ыыттыгыт? - Ыытан. Дьон астынна, дуоһуйда. Боростуой дьонтон хайҕаммыппын туохтааҕар да чугастык ылынным. - Оттон "Өлүөхүмэҕэ баһылыктыы барартан аккаастаммыт" диэн сурах төһө оруннааҕый? - Миигин "Өлүөхүмэҕэ ыыта сатаабыттарын" эмиэ дьонтон истибитим. Дьиҥ олоххо миэхэ ким да итинник этии, буолаары буолан правительствоттан ким да эппэтэҕэ. - Биэс үлэҥ түмүгүн хайдах сыаналыыгын? - Араас күчүмэҕэйдэри, уустук күнү-дьылы көрсөн этэҥҥэ туораатыбыт. Уопсай түмүгү быыбар кэнниттэн таһаарыам. - Быйыл баҕас өҥ дьыл буолла. - Дьыла өҥ, от өлгөм, халлааммыт туран эрэ биэрдэр оттуохпут. Чурапчылар туруу үлэһит дьон буоллахтара. Олус сүрэхтээх, бүгүрү үлэһит дьон. - Семен Илларионович, хата барыта этэҥҥэ эбит. Бэйэҥ бэйэҕинэн усках сураҕы суох оҥорбуккар махтал уонна үлэҕин-хамнаскын атахтаабыт буоллахпытына - баалаама дуу. - Нүөмэргитин бэлиэтиэм, аны төлөппүөннээтэххитинэ ылар буолуом). *** Аартык.ру Хаартыскаҕа - Семен ЯКОВЛЕВ "Сахатранснефтегаз" ААО дириэктэрин Иван МАКАРОВЫ кытары.
Комментарии #1 Вик 24.07.2013 13:13 Багар дьицнээхтик ууратаары гынан баран айдаан тахсыа диэн хаалларбыттара буолуо. Быыбарга БЕА киьитин утары туран кыайбыта ди. #2 Чурапчы 24.07.2013 13:14 иккистээн турара буоллар ейуе этибит. учугэй киьи.
Источник: aartyk.ru
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1675 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 109 Ыалдьыттар (гостей): 109 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|