Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » От ыйа » 30 » Сунтаар Кириэстээҕэр омук уола ынах ыыр, «Таас дьиэни тутардааҕар быдан чэпчэки эбит», – диир.
Сунтаар Кириэстээҕэр омук уола ынах ыыр, «Таас дьиэни тутардааҕар быдан чэпчэки эбит», – диир.
19:01
Кавказ уола ынах ыыр, кытай этэрбэс тигэр…
25/07/2013 Саха Сирэ х.
Бүтүн Россиятааҕы общество санаатын үөрэтэр Киин (ВЦИОМ) дойду нэһилиэнньэтэ ордук туохтан куттанарын, дьиксинэрин билэр туһугар анал ыйытык оҥорбут. Онно кыттыбыт дьон улахан аҥардара Россияҕа атын омуктар киириилэрэ улахан кутталы үөскэтэн эрэрин туһунан эппиттэр.
Сыыппараны эридьиэстээтэххэ
Саха сиригэр омук сириттэн дьон киириитэ аҕыйыыр былаана суох. Дьиҥэр, биир уоспутунан хааччахтыахха диирбит үрдүнэн, 2013 сыл алта ыйынааҕы республикатааҕы федеральнай миграционнай сулууспа дааннайынан, бу кэм устата Саха сиригэр 28223 омук киһитэ кэлбит. Бүтүн улуус киинин нэһилиэнньэтин саҕа буолбатах дуо? Бу былырыыҥҥыттан 4,4 бырыһыанынан (27027 киһи) элбэх.
Бу кэлбит дьон урукку өттүгэр үксүлэрэ Дьокуускай тутууларыгар үлэлииллэрэ-хамсыыллара. Оттон кэлиҥҥи кэмҥэ тыа сирин улуустарыгар тиийиилэрэ лаппа элбээбит. Миграция учуотун дааннайынан, 2013 сылга Муома, Уус-Алдан улуустарыттан уратыларга барыларыгар тиийэн үлэлии сылдьаллара бэлиэтэнэр. Тастан киирэр үлэһит илии хото Алдаҥҥа (2474), Ленскэйгэ (1377), Нерюнгригэ (1967) уонна Өймөкөөҥҥө (863) тиийэр эбит. Бу оройуоннарга элбэх буолаллара өйдөнөр – промышленнай улуустар буоллахтара. Ол эрээри, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарга тиийтэлээн эрэллэр. Мэҥэ-Хаҥаласка – 799, Бүлүүгэ – 132, Горнайга – 48, Аммаҕа – 45, Намҥа – 78, Сунтаарга – 59, Тааттаҕа – 49, Чурапчыга – 315, Хаҥаласка – 235 омук киһитэ тиийбитэ учуокка ылыллыбыт. Чурапчыга элбэҕэ өйдөнөр, Манчаары спартакиадатыгар анаан тутуллубут спортивнай объектары үмүрүтүүгэ кытыннардахтара. Бу дьонуҥ хоту улуустартан да куттамматтар эбит, ол эрээри, ахсааннара лаппа аҕыйах. Абыйга – 6, Аллайыахаҕа – 8, Анаабырга – 1, Булуҥҥа – 47, Дьааҥыга – 49, Эдьигээҥҥэ – 29, Аллараа Халымаҕа – 46, Өлөөҥҥө – 8, Орто Халымаҕа – 29, Усуйаана±а – 45. Онон, тастан киирбит үлэһиттэр тиийбэтэх улуустара диэн суох буолла.

Квотаны тыырыы

Урукку сыллары кытары тэҥнээн көрдөххө, тутуу хайысхатыгар омук дьоно үлэлии кэлэллэрэ аҕыйаан эрэрэ бэлиэтэнэр. Тоҕо диэтэххэ, кэлиҥҥи кэмҥэ бу хайысхаҕа олохтоох дьон ылсан үлэлээн эрэллэрэ ытаһа буолла. Олохтоох уолаттар тутуу үлэтэ хамнастааҕын өйдөөтүлэр. Былырыын «Азия оҕолорун оонньуута» чэрчитинэн, куоракка «Чолбон» бассейн олохтоох тутааччылар күүстэринэн үлэҕэ киирбитэ элбэҕи туоһулуур.
Ити үрдүнэн «үлэ фронун» биэрэр компаниялар 44389 киһини тастан аҕалан үлэлэтэргэ сайаапка түһэрбиттэрэ. Ону анал хамыыһыйа 8337-нэн быспыта. СР Архитектураҕа уонна тутуу комплексын министерствота 2012 сыллааҕы квоталара 4000 буоллаҕына, этэргэ дылы, икки төгүл кыччаппыттар.
Быйыл республикаҕа «үлэ фронун» биэрэр компаниялар 39267 тастан киирэр үлэһит илиигэ наадыйалларын туһунан сайаапка түһэрбиттэр. Ону РФ Үлэҕэ министерствота 9970 киһинэн быспыт. Ол курдук, 2013 сыл бэс ыйынааҕы туругунан 7132 омук киһитэ үлэлииллэригэр анал көҥүл бэриллибит. Онон омук дьоно тутууга үлэлииллэрэ лаппа аҕыйаабыт диэн этиэххэ сөп эрээри, бу икки өрүттээх. Быйыл былырыыҥҥы курдук улахан спортивнай объектары тутуу суоҕа «көмөлөспүт» буолуон сөп.

Үлэбитин көрдөрбүтүнэн куоттараахтаан эрэбит дуо?


Дьиэни өрөмүөн-нээһин. Дьокуускай куоракка сылын аайы ортотунан 40-ча олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киирэр. Ити 3000 квартираҕа тэҥнэһэр. Бары бэркэ билэрбит курдук, билигин квартира ис өттүн аны оҥорботтор, ону атыннык «черновая отделка» дииллэр. Билигин дьиэни өрөмүөннээһин үп-харчы киллэринэр туспа бизнескэ кубулуйан турар. Дьэ, манна күннээх Кавказ, Азия уолаттара (армяннар, таджиктар) күннүүллэр, харчыны күрдьэҕинэн баһаллар. Холобур, 112-с сериялаах дьиэ икки хостоох квартиратын ортотунан 180-200 тыһ. солк оҥороллор. Дьиэ өрөмүөнүгэр бу дьон былыр-былыргыттан идэтийбит буолан, ааһан иһэн оҥороллор, сатыыллар. Күнү күннүктээн тохтоло суох, наада буоллаҕына, түүннэри даҕаны тура тэбинэн туран үлэлиир кыахтаахтар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха уолаттара дьиэ өрөмүөнүн үлэтигэр ылсан эрэллэрэ махталлаах дьыала. Саха уолаттара ханнык баҕарар үлэҕэ, дьыалаҕа ылыстахтарына, барытын сатыыллар. Кинилэр ортолоругар квартираны омуктартан итэҕэһэ суох үчүгэйдик оҥорор, өрөмүөннүүр, хайа баҕарар уустук дизайнерскай үлэни мындырдык сатыыр уолаттар бааллар.
Ол гынан баран, бэрээдэкпитигэр, чуолаан үлэ дьиссипилиинэтигэр билигин даҕаны доҕолоҥнуубут. Инньэ гынан харчылаах үлэни омуктар муннубут анныттан көрдөрбүтүнэн илдьэ бараллар.
Элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕалабын. Биир билэр дьонум үс саха уолун наймылаһан, саҥа квартираларын өрөмүөннэппиттэрэ. Бастаан утаа, үлэ бэркэ саҕаламмыт. Кафелы олус хаачыстыбалаахтык, сатабыллаахтык уураллар эбит. Хаһаайыттар үчүгэй уолаттарга түбэстибит диэн күлүктэригэр имнэммиттэр. Уонча күн үлэлии түһэн баран, аны нэдиэлэ устата тохтоло суох арыгылаабыттар. Өссө эбиитин хаһаайыттар атыыласпыт тутуу матырыйаалларын атыылаабыттар. Улахан айдаарсыы, этиһии, үүрсүү кэнниттэн атырдьах маһыныы арахсыбыттар. Хаһаайыттар атын дьону көрдүүр түбүгэр түспүттэр. Аттынааҕы квартираны өрөмүөннүү сылдьар омук дьоно, арааһа, иирсэллэрин билэ-көрө сылдьыбыттар быһыылаах бэйэлэринэн киирэн кэлбиттэр. Өрөмүөннүү сылдьар квартираларын көрдөрбүттэр, олус бэркэ оҥороллор эбит уонна бүтэрэллэрэ бу кэлбит. Омук дьоно ол квартираны аҕыйах күн иһинэн өрөмүөннээн бүтэрбиттэр. Сарсыарда 8 чаастан киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр эбит. Кинилэртэн бүтээт, ол дьиэҕэ баар атын квартираны өрөмүөннүү барбыттар. Элбэх буолан, бииргэ түмсэн үлэлииллэр эбит. Оттон саха уолаттара арыгылаан баран, туга даҕаны суох хааллахтара.
Манна майгынныыр холобурдар элбэхтэр. Олору барытын эридьиэстиир хайдах даҕаны кыаллыбат дьыала.

Илин кэбиһэри аны кытайдартан атыылаһар буоллубут. Кытайдар сатаабаттара диэн суох: биллэр-көстөр компаниялар табаардарын, бытовой техникаларын үүт-маас үтүктэ охсон, ырыынакка таһааран иһэллэр.
Ол ньымаларын Саха сиригэр эмиэ туһаннылар. Аҕыйах кэм иһигэр тыс этэрбэспит билэтин, илин-кэлин кэбиһэрбитин үтүгүннүлэр. Кинилэр биир сүрүн тумус туттар куоһурдарынан сыаналара чэпчэкитэ буолар. Ол курдук, илин-кэлин кэбиһэр комплегын ортотунан 7-8 тыһ. солк. атыылыыллар. Оттон олохтоохтор киэннэрэ 20 тыһ. солк. кырата суохха тураллар. Кытайдар оҥорбут киэргэллэрэ биһиги киэммититтэн туох даҕаны атына суох. Атыыласпыт дьон хайгыыллар эрэ. Саха маастардара Кытай табаарын атыылаһан, илин-кэлин кэбиһэрдэрин оҥорор буолан эрэллэр эбит.
Аны туран, тыс этэрбэспитигэр майгыннатан замша этэрбэһи оҥорон, сахалыы билэлээн атыыга таһаардылар. Сыаната лаппа удамыр буолан, дьон хамаҕатык атыылаһар. Таба хара тыһыттан тигиллибит 30 тыһ. солк. этэрбэһи кыра хамнастаах дьон хайдах даҕаны ылар кыахтара суох. Замша этэрбэс хаачыстыбатынан быдан эппиэттээбэтин үрдүнэн, сыаната чэпчэкитин иһин атыылаһарга күһэллэллэр.

Аны ынах ыыллар. Быйыл Бүлүү умнаһын улуустарыгар кураан сайын сатыылаан отторо адьас үүммэтэ. Соторутааҕыта СР Правительствотын Председателин солбуйааччы Петр Алексеев салалталаах делегациятыгар киирэн, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга балаһыанньа хайдаҕын билсэн кэлбиппит. Онно Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр баар сайылыкка сылдьан, омук киһитэ ынах ыы олороругар түбэстим. Биллэр-көстөр Африканович ыанньыксыт бэйэтинэн үөрэтэ-такайа сылдьара. Иккис омук уола бостууктуур диэн соһуппуттара. Эрдэһитэ диэн сүрдээх эбит, сарсыарда 5 чааска туран ынахтары хомуйан аҕалар диэн өссө хайҕаатылар. Оттон олохтоох уолаттар ханналарый? Тыа сиригэр үлэ суох диэн айдаарабыт эрээри, үлэбитин атыттар былдьаан эрэллэрэ төһө бэрдий? Ыанньыксыт Африканович сайыҥҥы кэмҥэ хамнаспын 40-45 тыһ. солк. аахсабын диэн кэпсээтэ. Оттон ити омук уолаттара кырата 20-25 тыһ. солк. аахсаллар. Бу тыа сиригэр элбэх хамнас ээ.

Оҕуруот аһын ырыынага эмиэ кинилэр бас билиилэригэр. Оҕуруот атыытын-кутуутун туһунан этэ даҕаны барыллыбат. Дьокуускай куорат хас муннугун аайы күннээх Кавказ уолаттара оҕуруот аһын, фруктаны ыһа-тоҕо атыылыылларын биһиги астына-астына ылабыт эрэ. Эмиэ туспа айылгылаах, хайысхалаах бизнес буолар. Оҕуруотунан дьарыктанар билэр киһибэр биир азербайджанец манныгы кэпсээбитин холобурдуубун. Ол киһи балаҕан ыйын бүтүүтэ анаан-минээн Саха сиригэр кэлэр эбит. Ыкса күһүн оҕуруот аһын сыаната түһэр кэмигэр кыайан батарбакка сылдьар дьонтон кууһунан кыра сыанаҕа атыылаһан ылар. Үчүгэй базалаах буолан, онно уура сытан, кыһыны быһа атыылаан элбэх харчыны киллэринэр эбит. Ыраах итии дойдуттан кэлэн, сатабыллаах дьон харчыны итинник оҥорон бараллар. Абаккалаах буолбатах дуо? Биһиги кинилэр дойдуларыгар тиийэн харчы оҥорорбут саарбах буолуо.
Онон төһө кыалларынан бэйэ бодобутун өрө тардыннахпытына эрэ, ырыынак кытаанах сокуонунан күөн күрэстэһэр кыахтанабыт.

Александр ТАРАСОВ.

Автор хаартыскаҕа түһэриитигэр: Сунтаар Кириэстээҕэр омук уола ынах ыыр, «Таас дьиэни тутардааҕар быдан чэпчэки эбит», – диир.
Category: Нац. вопрос | Views: 1430 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 17
Ыалдьыттар (гостей): 17
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024