Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Балаҕан ыйа » 5 » XXI үйэҕэ саха промышленноска сыһыана. АЙЫЛҔА БААЙА – НОРУОККА ТУҺАЛЫАХТААХ!
XXI үйэҕэ саха промышленноска сыһыана. АЙЫЛҔА БААЙА – НОРУОККА ТУҺАЛЫАХТААХ!
08:24
Природные ресурсы Якутии – основа жизни народов,
 проживающих в республике (соответствует Конституции РФ)

Существующая ситуация. Природные (минеральные) ресурсы, месторождения полезных ископаемых Якутия, России давно являются объектами пристального внимания мировых держав и трансконтинентальных компаний, в том числе российских, в борьбе за доступ к этим ресурсам.
В условиях мировой борьбы за недровые ресурсы, колонизация владеющих ресурсами территорий и населения в мире осуществляется трансконтинентальными компаниями. Дестабилизация государственного строя стран, размывание национального самосознания народов, населяющих эти территории, является их первоочередной задачей для достижения цели – получение безграничного доступа к природным ресурсам. В условиях рынка, меняющихся собственников народ не знает, за какими российскими компаниями, прибывшими в республику, стоят какие силы, в том числе международные.

Более 3,5 веков коренные народы Якутии: якуты, русские, эвенки, эвены, чукчи, долгане своим равномерно-рациональным расселением и традиционной хозяйственной деятельностью, адаптированного к суровым природно-климатическим условиям, являясь форпостом на северо-востоке России, защищают в прошлом, настоящем и будущем этот огромный малонаселенный геополитический регион страны.

Существующая система владения, пользования, распоряжения природными (минеральными) ресурсами, распределение доходов от их пользования, отношение компаний природной среде не отвечает потребностям и чаяниям населения Якутии, не соответствует нормам Конституции РФ, ущемляет права населения регионов.

Так компании добились через большинство в Госдуме РФ, молчаливом согласии в Ил Тумэне «Единой России» налоговых льгот в Якутии по добыче нефти, угля, налогу на прибыль, «увели» налог на прибыль через т.н. консолидированный налог на прибыль, пытаются увести налог на физлица через краткосрочную вахту из центра. Только потери бюджета РФ по НДПИ по нефти в Якутии 33,5 млрд. рублей за 2012 год, в том числе республики – 1675 млн. рублей, потери бюджета республики по налогу на прибыль за 2013 год оцениваются в 3,5-5 млрд. рублей.

Республика Саха (Якутия) и ее народ общественным движением АЛРОСА-Якутия в 2001-2007 гг. добилась пересмотра распределения НДПИ по алмазам и разовым платежам - 100% регионам. Пример по алмазам показывает, что регионы могут добиться определенных уступок федерального центра, если народ этого требует, а власть настойчив в решении этих проблем!

Поэтому, ВПП «Аграрная партия России», ее Якутское отделение ставит, исходя из существующего положения, следующую цель в федеративном устройстве и взаимоотношениях с компаниями-природопользователями:

Цель: Защита и отстаивание конституционных прав Республики Саха (Якутия) и ее народа на природные (минеральные) ресурсы, получение справедливой доли платежей и налогов от добычи минеральных ресурсов и на основе этого - улучшение жизни населения, в первую очередь, сельского и, приближения ее к городской на всей территории Республики Саха (Якутия) для защиты северо-восточных рубежей России в настоящем и будущем. Простым языком это можно сказать так: где жили народы, население, там и должны жить, но в комфортных условиях уровня XXI века, в том числе в сельской, приближенного к городскому.

Поставленная цель и задачи стратегические, они не могут быть решены единовременно и в одночасье. Необходима системная работа в области республиканского и федерального законодательства, принятие и реализация территориальных и отраслевых программ развития, организационная работа по активизации настроя и мотивации населения на решение этих задач.

С учетом, что 28% территории Якутии являются особо охраняемыми природными территориями (ООПТ), образовательного уровня и мотивации населения в участии в крупных промышленных проектах, ЯРО ВПП «Аграрная партия России» подготовит и инициирует принятие Закона Республики Саха (Якутия) «О социальной и экологической ответственности компаний – природопользователей». Основной концепцией законопроекта является заинтересованное ответственное участие сторон (компаний и населения республики) в обучении, привлечении и закреплении местного населения в промышленном освоении природных (минеральных) ресурсов, гарантирующий конечный благополучный промышленно-экономический и экологический результат.

Будем инициировать выражение интереса населения (сбор 100 тыс. подписи) для принуждения федерального центра рассмотреть вопросы:

-заключения Федеративного и иных договоров с Республикой Саха (Якутия) по разграничению предметов ведения и полномочий, в первую очередь, по природным ресурсам, в соответствии со статьей 11 Конституции РФ;

- увеличения доли субъектов РФ на Дальнем Востоке в налогах и платежах за пользование минеральными ресурсами, в частности по нефти и природному газу до 15% по НДПИ;
- оставления разовых платежей за предоставление права добычи полезных ископаемых (бонусов) субъектам РФ на Дальнем Востоке для создания региональных инвестиционных фондов и фондов развития сельских территорий.

 Выступим с законодательной инициативой через Государственное Собрание (Ил Тумэн) РС(Я) об изменении и дополнении федеральных законов, ущемляющих полномочия субъектов РФ, не учитывающих региональные особенности, в частности Закона РФ «О недрах».

Будем добиваться заключение Соглашений с Правительством Республики Саха (Якутия) и муниципальными образованиями всех промышленных компаний, добывающих полезные ископаемые на территории Республики, транспортирующие нефть, газ об их участии в социально-экономическом развитии территорий на весь срок действия лицензий и проектов.
В целях недопущения увода налогов и платежей в республиканский и местные бюджеты будем добиваться регистрации на территории Республики Саха (Якутия) промышленных компаний или их обособленных подразделений и дочерних компаний, добывающих полезные ископаемые.

Будем участвовать по законодательному установлению финансовой, технической, технологической, кадровой поддержке сельскохозяйственного производства всех форм собственности и организации, развития сельских территорий на основе республиканских и федеральных программ, инвестиций в сельские территории, в продвижении инноваций и новых видов топлива, в частности, компримированного газа (сжатого метана), биогаза в сельскохозяйственное производство и в сельские поселения.

Будем содействовать заключению долгосрочных соглашений сельскохозяйственных предприятий с промышленными компаниями по поставке местной продукции, оказанию услуг и другим направлениям деятельности, содействуя возрождению движения «Союза Серпа и Молота» между промышленными и сельскохозяйственными муниципальными образованиями, сельхозпроизводителями и промышленными компаниями.

Будем защищать статус Республики Саха (Якутия) при любых геополитических раскладах в мире и ограничений со стороны Российской Федерации!


Кириллин Николай Дмитриевич, заслуженный геолог РС(Я), кандидат геолого-минералогических наук, кандидат в депутаты в Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) пятого созыва от ВПП «Аграрная партия России» по Намскому избирательному округу №27

XXI үйэҕэ саха промышленноска сыһыана

Билиҥҥи турук

Саха Сирин Айылҕатын баайа, чуолаан сиртэн хостоноро, Аан Дойду хараҕын далыгар киирбитэ ыраатта. Аан Дойдуга Айыл5а ресурсатын туһугар охсуһуу, сэрии буола турар...

Бүгүн Саха Сиригэр Аан Дойду таһымнаах дэнэр Газпром, Сургутнефтегаз, Полюс, Мечел, Евраз о.д.а компаниялар үлэлииллэр. Улахан, техника, технология, кадр өттүнэн кыахтаах, үптээх компаниялар кэлбиттэрэ куһаҕана суох. Ол гынан баран, сир баайын хостооһун хайа да өттүнэн Ийэ Айылҕаҕа куһаҕан дьайыылааҕын билэбит. Ол дьайыы мунутуур кыра буолара – олохтоох дьон барыбыт ирдэбилэ буолуохтаах!

Бастакы Президент М.Е. Николаев салайыытынан, тэрээһининэн Республикабыт сирин 28% Ытык Кэрэ Сирдэринэн (ООПТ) бигэргэнэн, Айылҕа харыстабыла Аан Дойду таһымыгар тахсыбыта, биһирэбилин, өйөбүлүн ылбыта.


Ол гынан баран, Саха Сиригэр сиртэн хостонор баай олохпут сүрүн сүнньэ буолбутун билэр эрээрибит, тоҕо эрэ иһигэр киирэн үлэлэһии, тэрийсии, салайсыы бытаан, барбат да дьиэххэ сөп. Дьиҥинэн, билигин кимиилээхтик киириигэ бары төрүөт барыта баар. 1998 сылтан утумнаахтык техническэй кадрдары бэлэмниибит, Анаабыр Алмаастарын, Аллараа – Өлүөнэ оскуолатын барбыт орто саастаах исписсэлиистэр бааллар, дьоҕурдаах –баҕалаах ыччат үүнэн иһэр, Республика салалтата ону өйүүр, көмөлөһөр.

Инники соруктар

Ханнык баҕарар норуот бэйэтин инники кэскилин, эйгэтин кэҥэтэн иһиэхтээх. Сиртэн хостонор баайы, биһиги баҕарбатахпытына да, син биир хостуохтара. Ол олох ирдэбилэ. Онон, биһиги кыттыгастаах дуу, кыттыгаһа суох дуу хостууллара – бу боппуруос. Кыттыгаһа суох бардахтарына, Айылҕа алдьаныыта, хостонор баайга тиксибэт буолуу – бу биир көстүү. Иккис көстүү – биһиги бары таһымҥа киирэн, үлэлэһэн, салайсан, Айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, дохуоттан үллэстэн (хамнаһынан, дивиденинэн, араас төлөбүрдэринэн о.д.а.), компаниялар көдьүүстээхтик, эппиэтинэстээхтик үлэлииллэригэр тирэх буолуохтаахпыт. Ону кэлбит компанияларга, кинилэр «топ” дэнэр салайааччыларыгар, бас билээччилэригэр дьэҥкэтик өйдөтүөхтээхпит, төбөлөрүгэр киллэрэн: "олохтоох дьоҥҥо тирэнэн үлэлээтэхпитинэ, үлэбит үчүгэй түмүктээх буолуоҕа” – дьиэн. Оччоҕо, икки өттүттэн барыыстаах, олохтоох дьоҥҥо-сэргэҕэ көдьүүстээх, Айылҕаҕа киһилии сыһыаннаах үлэ тэриллиэ этэ.

Ону кэлбит компниялар бүгүн өйдүү, билэ сатаабаттар, баҕарбаттар. Ону биһиги өйдөтүөхтээхпит, ирдиэхтээхпит, наада буоллаҕына – сокуонунан, суутунан, норуот ирдэбилинэн кыһарыйыахтаахпыт!

Эппитим курдук, Саха Сирин Ытык Кэрэ Сирдэрэ РФ сокуонунан, Аан Дойду быраабынан көмүскэнэр кыахтаах буолла. Онно эбии, РФ Президенэ В. Путин, 2013 сылы Россияҕа Айылҕаны харыстыыр, экология сылынан биллэрдэ!

Онон, уһаппакка-кэҥэппэккэ быйыл республика дьоно, "Республика” хамсааһын чэрчитинэн, кини статуһун көмүскээн, инники сайдыытыгар туһаайан, Саха Сиригэр Айылҕа баайын туһаныыга XXI үйэҕэ эппиэттиир технологическай укулааты ирдиир, тэрийэр, сокуонунан олохтуур, обществаннан хонтуруолланар тэрээһини, үлэни саҕалыахтаахпыт Бу төрүөккэ олоҕуран ити үөһэ эппит олохтоох дьон киэҥ кыттыылаах хайысхабытын киллэрэн барыахтаахпыт.

РФ Айылҕаны харыстыыр сылынан туһанан, Уһук Илин уонна Байкал эҥэрин госпрограммата ылыллыбытынан ситимнээн, Дойду салайааччыларыгар сахалар, олохтоох нууччалар, кыра ахсааннаах Хотугу сир норуоттара былыр былыргыттан, билигин уонна кэлэр да кэмҥэ, Россия бу геополитическай кырыы сиригэр, инники кирбии (форпост) буолан, үйэлэргэ олохсуйан олоруубутунан, Айылҕа баайын кытта ситиммитинэн, олохпут-дьаһахпыт тэрээһининэн, харыстаан-хаххалаан олорорбутун дорҕоонноохтук этиэхтээхпит уонна эппит госпрограммаҕа олохтоох дьон Россия бу кирбиитигэр салгыы тэнийэн-сайдан, чэчирээн олоруулара – госпрограмма, Россия судаарыстыбатын биир сүрүн сыала-соруга буоларын ситиһиэхтээхпит!

Талыллыбыт саҥа Ил Түмэн Компаниялары экологическай-социальнай эппиэтинэстиир сокуон ылыныахтаах, Республика, улуустар салалталара, улахан общественнай тэрээһиннэр кинилэри кытта сөбүлэһии түһэрсиэхтээхтэр. Бу үлэ сүрүн сүнньэ – Саха Сиригэр XXI үйэҕэ эппиэттиир технологическай укулааттаах сир баайын хостуур, таҥастыыр, социальнай уонна экологическай эппиэтинэстээх, олохтоох дьоҥҥо бигэ тирэхтээх, киэҥ кыттыылаах производстваны тэрийии, холобур оҥорон, Россияҕа тэнитии. Онно сахалар, олохтоох норуоттар үлэҕэ, Айылҕаҕа үтүө сыһыаммытынан, көхпүтүнэн инники кирбиигэ сылдьыахтаахпыт, ону хас биирдиибит үлэбит түмүгүнэн дакаастыы сылдьыахтаахпыт. Оччоҕо эрэ сиртэн хостонор баайы туһаныы биһиэхэ үтүө өрүттээх, олохпутугар, Айылҕабытыгар, кэнчээри ыччаппытыгар кэскиллээх буолуоҕа!

Онон, "Республика” хамсааһын чэрчитинэн, Саха Сиригэр Айылҕа баайын туһаныыга XXI үйэҕэ эппиэттиир технологическай укулааты ирдиир, тэрийэр, сокуонунан олохтуур, обществаннан хонтуруолланар тэрээһини, үлэни (хамсааһыны) саҕалыаҕыҥ!

Ньукулай Кириллин,

Саха Республикатын үтүөлээх геолога,

геолого-минералогическай наука кандидата,

Саха Общественнай Киин Үрдүкү Сүбэтин чилиэнэ


АЙЫЛҔА БААЙА – НОРУОККА ТУҺАЛЫАХТААХ!

Кириллин Николай Дмитриевич 1951 с. Дьокуускай оройуонун Көдөһү нэһилиэгэр (уруккута, 1931 с дьиэри, Нам улууһа) холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕыс сыл интернакка олорон, 1968 с. Тулагы-Киллэм орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэр, СГУ ИТФ геологическай салаатыгар талаһан үөрэххэ киирэр, баҕалаах инженер - геолог идэтин 1973 с.ылар

Икки сыл Сэбиэскэй Аармыйаҕа рота хамандыырын техникэҕэ солбуйааччыннан ананан сулууспалыыр, 1974 с. Казахстаҥҥа, Кустанай уоблаһыгар "целиннэй” батальоҥҥа кыттар.

Дойдутугар эргиллэн кэлэн Дьокуускайдааҕы геологическай управление (ЯТГУ, онтон ЯПГО) Дьокуускайдааҕы киин көрдүүр-устар экспедициятыгар бэйэтин үлэтин старшай техник-геолог дуоһунаһыттан саҕалыыр, геолог, көрдүүр старшай геолог, этэрээт (партия) начальнига, суруннүүр геолог таһымнарын биир-биир дабайан, 4,5 сыл сыһыыга-тайҕаҕа хонон, экспедиция, республика биир тарбахха баттанар үрдүк билиилээх, ситиһиилээх геолога буолар.

1991 с. Саха Республикатын Сир баайын туһаныыга бастакы тэриллибит кэмитиэтигэр, Н.Д. Кириллини, Саха Сирин Айылҕатын баайа норуот туһугар көдьүүстээхтик туһанылларыгар бэйэтэ инники көрүүлээх киһини, тутаах специалиһынан ыҥыраллар. Онно 8 ый үлэлээри, ССРС-ка бастакы «Сир баайын туһаныы туһунан” сокуон барылын оҥорсор (алтынньыга Саха ССР Үрдүкү Сүбэтэ ылыммыта), сир баайын туһаныы иһин төлөбүрү олохтуурга методическай үлэтин саҕалыыр. Ол түмүгэр Саха Республиката бэйэтин сирин баайын сокуонунан бас билиитэ олохтонон, дьаһайар, төлөбүр аныыр, киллэрэр кыахтанар.

1993 с. СР геологияҕа уонна сиртэн хостонор баайы туһаныыга судаарыстыбаннай кэмитиэтин тэрийэри туруорсан, Саха Республикатын Үрдүкү Сэбиэтинэн бигэргэтэри ситиһэр. Ону тэрийсэ сырыттаҕына, сытыы – хотуу, геологияҕа, сир баайын үөрэтиигэ улахан оскуоланы барбыт специалиһы, Президент уонна Бырабыытылыстыба Администрациятыгар промышленнай отделга үлэҕэ ыҥыраннар, 1999 с дылы үлэлиир. Промышленнай отдел салайааччытынан, Бэрэссэдээтэли солбуйааччы Р.Ю.Шипков көмөлөһөөччүтүнэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Төһө да уопсай тохтуу буолбутун иһин, сиртэн хостонор баайы туһаныыны бэйэбит салайар-дьаһайар буоламмыт, төлөнөр үп Республикаҕа киирэр буолан, араас саҥа тэрилтэлэр, ол иһигэр алмааһы кырыылааһыҥҥа (1992), көмүһү таҥастааһыҥҥа (1993-94), алмааһы хостуурга Аллараа-Өлүөнэтээҕэ (1994), Анаабыр Алмаастара (1997-98) о.д.а. тэриллибиттэрэ. Бүлүү өрүһүн нөҥүө гаас турбата тардыллыбыта, Таалакаан, Чайыҥда ньиэптээх, Күүдьүс көмүстээх, Прогноз үрүҥ көмүстээх о.д.а. сир баайдаах түөлбэлэр саппаастара разведкаламмыттара. Геология салаата Саха сиригэр Россияҕа соҕотох субъекка үлэлиир кыахтаах ордубута.

РФ Государственнай Думатыгар 1994 с. саҕалаан Айылҕа баайын туһунан сокуоннарга Республикаттан эксперт, туруорсааччы быһыытынан күүстээхтик үлэлэспитэ, эппитэ-тыыммыта. Ол түмүгэр 1995 с "Сир баайын туһунан” РФ сокуонугар РФ субъектарын боломуочуйалара толору хаалара, 2000 с. саҥаларыгар саҥа "Сир баайын туһунан” РФ субъектарын күөмчүлүүр РФ Кодексата ылыллара тохтотуллубута.

Н.Д. Кириллин 1990-с. сыллартан Республикаҕа биллэр общественник, учуонайдар уонна специалистар "Сайдыс” түмсүүтүн, СР "ИЛ” партиятын, Саха Общественнай Киини тэрийсэн, салайсан кэллэ. Санатар буоллахха, кини көҕүлээһининэн саха ыччата промышленноска кыттыытыгар, техническэй кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ, олохтоох бэйэни салайыныыны нэһилиэгинэн киллэриигэ, Республика статуһун туруулаһыыга, РФ Национальнай Стратегиятын барылын дьүүллэһиигэ, АЛРОСА АК -ҕа Саха Республикатын бас билиитин иһин киирсиигэ, ол хамсааһынын түмүгэр, бюджетка компенсация ылыыга элбэх этиилэрэ олоххо киирдилэр, норуот, салалта өйөбүлүн ылбыттара.

Н.Д.Кириллин тыа сириттэн төрүттэҕинэн, тыа дьонун олоҕун иһин ис сүрэҕиттэн ыалдьарынан, Саха Сирин тыатын дьоно Россия Хотугулуу-Илин 1/5 сирин көмүскээн олорон билигин, кэлэр кэмҥэ сайдалларын туруорсар баҕаттан, тыа дьонугар чугас Аграрнай партияттан Ил Түмэн депутатыгар кандидатка туран, туруулаһар сүрүн хайысхалара:

Россия уонна Саха Сирин таһымыгар:

1. Саха Сирин олохтоох омуктара: сахалар, нууччалар, эбэҥкилэр, эбээннэр, чуукчалар, долгааннар, дьүкээгирдэр Россия 1/5 тайаан сытар сирин түҥ былыргыттан

көдүүстээхтик баһылаан-көһүлээн, туһаҕа таһааран, олохторун оҥостон Россия судаарыстыбатын Хотугу Илин өттүгэр урут,билигин, кэнэҕэски да инники кирбиигэ (форпост) олорор олуктарын, төрүт дьарыктарын судаарыстыбаттан өйөөһүнү, сайыннарыыны, бөҕөргөтүүнү туруорсуу уонна олоххо киллэрии.

2. Саха Сирин олохтоох омуктара төрүт дьарыктарын сайыннарыыны уонна наукаҕа олоҕурбут саҥа салаалары олоххо киллэриини туруорсуу, оҥоруу.

3. Саха Республиката, норуота Айылҕа баайын бас билиигэ, туһаныыга, дьаһайыыга боломуочуйатын, ылыллар дохуоту сиэрдээхтик үллэстиини Киин былаастан туруорсуу, ситиһии. Чуолаан, ньиэптэн, гаастан ылыллар нолуогтан 15% итэҕэһэ суоҕа Республика бюджетыгар, биир кэмнээх төлөбүр 100% Уһук Илин регионнар инвестиционнай Фондаларыгар (Саха Сиригэр тыа сирин сайдыытын Фондатыгар) киириитин ситиһии. РФ компанияларга сокуонунан олохтуур нолуокка чэпчэтиилэригэр чопчу бэйэлэрин өлүүлэрин иһинэн, оттон регионнар өлүүлэрин бэйэлэрэ быһааралларын туруорсуу.

4. Саха Республикатын "Айылҕа баайын туһанар Компаниялар социальнай уонна экологическай эппитинэстэрин туһунан” сокуон барылын бэлэмнээһин, көрүүгэ киллэрии уонна ылыннарыы. Сокуон олоҕун тускула манныкка олоҕуруохтаах: «Улахан бырайыактар оҥорон таһаарар экономическай, социальнай, экологическай үчүгэй түмүктэрэ компаниялар олохтоох омуктарга тирэҕирдэхтэринэ эрэ кыаллар кыахтаах!” Ол аата үлэһиттэринэн, салайааччыларынан үгүс өттө олохтоох, Саха Республикатын дьоно буолуохтаах, икки өттүлэригэр эппиэтинэс суктэриллиэхтээх. Бу өй-санаа компаниялар топ-менеджер дэнэр салайааччыларыгар, бас билээччилэрин төбөлөрүгэр олохтоохтук киириэхтээх, норуотунан хонтуруолланыахтаах.

5. Айылҕа баайын туһанар Компаниялар эбэтэр кинилэр салайар тэрилтэлэрэ нолуогу толору Саха Сиригэр төлүүргэ ананан, экологияҕа эппиэтинэс сүгэргэ ананан Саха Сиригэр 100% регистрацияланыахтаахтарын, Саха Сиригэр ылыллар дохуоттан нолуоктар толору киирэллэрин, үлэһиттэрин 50% итэҕэһэ суоҕа олохтоох дьон буоларын ситиһии, Айылҕаны харыстааһыҥҥа общественнай хонтуруолу күүһүрдүү.

6. Саха Сирин тыатын сирин сайдыытын кэлимник сайдыытын программатын ситэрэн сайыннарыы, баар итэҕэстэрин сүрүн сыалга-сорукка туһаайан туоратыы.

7. Нам улууһа, Тулагы нэһилиэгэ Улуу хочолорунан, тыаларынан тайаан, сирэ –дойдута киэҥинэн эгэлгэтинэн, Айыл5ата баайынан, дьоно-сэргэтэ былыр былыргаттан үлэһитинэн, буларынан-таларынан, өйүнэн-санаатынан, аһыыр-сиир (рынок) айылгылаах Дьокуускайы өҥөйөн сытарынан, балай эмэ суоллаах – иистээх, энергиялаах буолан, рынок да кэмигэр, экономика сокуонугар олоҕуран, толору сайдар кыахтаах:

* Нам улууһа Республикаҕа биир бастыҥ кормовой база буолар кыахтаах, оту, күөх маассаны бэлэмнээһиҥҥэ улахан кыахтар бааллара туһанылла илик.

* Оҕуруот аһын үүннэрригэ, кормовой базаны тэрийдэххэ, ынах сүөһүнү, сылгыны элбэтэргэ бары кыахтар бааллар.

* Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын бэйэтэ оҥорор төлөбүрэ (себестоимоһа) кыччыырыгар тыа сирин техниката саҥа чэпчэки сыаналах оттукка (компримированнай гааска -сжатай метаҥҥа) көһүүтэ улахан көдьүүһү биэрэр кыахтаах.Ол бу улууска, нэһилэктэргэ толору киирэр кыахтаах, судаарыстыба өйөбүлэ, тэрээһинэ эрэ наада.

* Араас бас билиилээх, хайысхалаах тэрилтэлэр баар буолуохтаахтар. Ол гынан баран кыттыһан, ол иһигэр оҥорон таһаарыыттан атыытыгар тиийэ ситэриилээх, анагы технологияҕа олоҕурбут улахан тыа сирин компаниялара тэриллэллэрэ – олох ирдэбилэ.

* Промышленность сайдарынан, Нам, Тулагы сирэ суоллааҕынан-иистээҕинэн промышленноска вахтаннан үлэлииргэ табыгастаахтар. Олорорго тыа сирэ ордук, үлэлииргэ промышленность салаата дохуоттаах дьиэн санааннан салайтарар эдэр көлүөнэ ыччаты сайыннарыахпыт. Ону бииргэ үлэлэспит Горнай улууһун холобура туоһулуур.

8. Тыа сирэ олорорго табыгас, ыччаты, норуоту салгыы олохсутар, куорат таһымыгар эппиэттиир энергетика, суол-иис, ситим, олох-дьаһах өҥөтүнэн, үөрэх, эмп-том, култуура, спорт-физкультура, социальнай харалта сүрүн сыалга туһаайыллан, РФ

нуорматынан хааччахтаммакка кыахтанарын федеральнай, республика таһымыгар туруорсуу, ситиһии. Бу инники сүрүн сорук!

Бу этиллибит санаалары Республика, ол иһигэр, Намтан төрүттээх, биллэр политиктара, общественниктара маннык сыаналыыллар:

... Айылҕа баайын, промышленноһы салайыыга, саҥа хайысхалары тэрийиигэ (алмаас кырыылааһына, көмүс таҥастааһына, алмаас хостуур республика тэрилтэлэрин тэрийиигэ о.д.а), кыахтарыгар таһаарарга күүскэ үлэлээбитэ. Элбэх федеральнай да, республика да сокуоннарын барылларын чочуйууга, олорго Саха Республикатын боломуочуйатын туруорсууга биир тутаах киһибит.

Билигин, иннэ-кэннэ биллибэт партиялар элбэхтэригэр, быыбардааччы чахчы патриот, билиилээх-көрүүлээх, үлэлэринэн ону дакаастаабыт дьоҥҥо быыбардыыра ордук. Онон, намнар, тулагылар Н.Д. Кириллини сирэйдээн, Тыа сирин партиятыгар куоластааммыт, Республика инники дьылҕатын быһаарар боппуруостарга күүстээх, булгуруйбат, чахчы норуотун иннигэр ыалдьар, Республика статуһун куруук көмүскүүр депутатаныа этибит!

У.А. Винокурова, Ил Түмэн I, II ыҥырыытын депутата, соцологическай наука доктора, АГИКИ профессора, Орто Халыма Ытык киһитэ

Намнар Автономия статуһун туруорсубут, ситиспит, бөҕөргөппүт М.К. Аммосов, И.Е. Винокуров курдук дьонноох буоламммыт, Саха Ил Түмэнигэр Е.М. Ларионов, Нь.С. Тимофеев, Э.Б. Березкин, Н.И. Румянцев курдук чаҕылхай, кыахтаах, патриот, Республика инники дьылҕатыгар, сайдыытыгар бэйэлэрэ туспа санаалаах депутаттары талар үгэстээхпит.

Урукку Нам Көдөһүтүттэн, Таастаахтан төрүттээх, Николай Дмитриевич Кириллин 1990-с сыллартан общественнай, судаарыстыбаннай үлэтинэн Айылҕа баайын, чуолаан сиртэн хостонор баайы туһаныыны Саха Сирин, дьонун туһатыгар киллэрсибит, кэлин боломуочуйатын күүскэ федеральнай таһымҥа туруорсааччы киһи быһыытынан билэбин. Кини бу эйгэ сокуоннарын барылларын оҥорсубут, федеральнай сокуоннары ырыппыт, ис туруктарын, ылыллар матыыптарын билэр, сахалар тарбахха баттанар специалиспыт буолар. Кини чахчы бэйэтэ кимтэн да тутулуга суох санаалааҕын, норуотун туһугар ыалдьарын, кини ситэриилээх былааска да үлэлээтэр, куруук аһаҕастык этэрин хаһыаттан, радиоттан, "Федарализм и недра” (2012) дьиэн суруйбут кинигэтиттэн истэбит, билэбит. Тыа сирин (Аграрнай) партиятыттан Нам уокуругар турбут Кириллин Н.Д. сир баайын Саха Сирин, Нам дьонун туһатыгар эргитэргэ, ону туһанар компаниялары кытта сокуонунан олохтоммут сиэрдээх сыһыаннары олохтуурга, олохтоох дьон диэки сирэйдэринэн эргийэллэригэр, ылыллар нолуоктар сиэрдээхтик үллэһиллэригэр, Республика статуһа халбаҥнаабатыгар кыахтаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир депутат буолуо дьиэҥҥэ саарбахтаабаппын. Намнар, тулагылар, Тыа сирин партиятын талан, Н.Д.Кириллини депутат оҥоруоҕуҥ, бэйэбитин көмүскэниэҕиҥ
!

Г.Г. Местников, Ил Түмэн II ыҥырыытын депутата, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Ытык киһитэ

Н.Д. Кириллини кытта 1990-с сыллартан доҕордоһон, общественнай үлэҕэ бииргэ үлэлиибит. Николай Дмитриевич сир баайын үөрэтиигэ, туһаныыга Саха Сирин дьонун туһатыгар хайыһыннарар хаһан да халбаҥнаабат көрүүлээх, федеральнай таһымҥа үлэлэспит уоппуттаах, билиитинэн, дьоҕурунан, булгуруйбат санаатынан, сахалар халын хахха, суон дурда оҥостор киһибит.”Сайдыс” Ассоциациятыгар, Ил

партияҕа Саха Общественнай Кииҥҥэ, Николай Дмитриевич «мозговой» кииммит, Республика статуһа, Айыл5а, сир баайын сокуоннарыгар, Россия, Саха Сирин Конституцияларын, АЛРОСА АК, экономика о.д.а. боппуруостарыгар элбэх анаарыылаах, научнай да, киэҥ эйгэҕэ да билиһиннэрэр үлэлэрдээх. Намнар, тулагылар Аграрнай (Тыа Сирин) партиятыгар куоласкытын биэрэн, Кириллин Н.Д. депутат оҥорон, бэйэбитин, бу былдьаһыктаах, кытаанах үйэҕэ көмүскэнэр олугу уурунуоҕуҥ!

И.И. Шамаев, физ-мат. билим дуоктара, Саха Общественнай Киин салайааччыта

Н.Д. Кириллин один из самых подготовленных и проверенных на уровне Российской Федерации специалистов республики в области федеративных отношений и природопользования, который много сделал для Республики Саха (Якутия), ее народа и может переломить ситуацию в этот сложный период развития страны, республики, если избиратели Намского округа №27 доверят ему мандат народного депутата Ил Тумэн. Он очень честный и независимый от партийных и иных структур человек, который руководствуется единственным приоритетом: Республика Саха (Якутия) и народ!

Э.Б. Березкин, народный депутат Республики Саха (Якутия) III, IV созывов

При этом у Николая Дмитриевича интерес Республики Саха и ее народа стоят на первом месте, все решения принимаются с нацеленностью на этот конечный результат. Вручая мандат народного депутата Николаю Дмитриевичу, мы якутяне получим достойного защитника наших интересов не только на республиканском, но и на федеральном уровне!

Ю.С. Петров, генеральный директор ЗАО "Прогноз”, лауреат Госудаственной премии Республики Саха (Якутия) в области материального производства

"… саамай ыарахан 90-сыллардаахха сиртэн хостонор баай-дуол боппуруостарыгар норуотун, республикатын дьоһуннук көмүскээбит уонна көмүскэһэ сылдьар Нам сириттэн төрүттээх Николай Дмитриевич Кириллин... Ил Түмэҥҥэ депутакка кандидатынан турбуттарын астына ааҕабын».

Е.М. Ларионов, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, М.К. Аммосов аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Сунтаар уонна Нам улуустарын Ытык киһилэрэ ("Туймаада” хаһыат, №165. 15.08.2013с.).


БАЛАҔАН ЫЙЫН 8 КҮНҮНЭЭҔИ ИЛ ТҮМЭН БЫЫБАРЫГАР 1 №-дээх АГРАРНАЙ ПАРТИЯНЫ ТАЛАН, Н.Д. КИРИЛЛИНИ ИЛ ТҮМЭН ДЕПУТАТА ОҤОРОН, ДУРДА – ХАХХА ОҤОСТУҔУҤ, БЭЙЭБИТ ДЬЫЛҔАБЫТЫН, ИННИКИБИТИН ХАРЫСТАНЫАҔЫҤ!

ГОЛОСУЯ ЗА АГРАРНУЮ ПАРТИЮ №1, ВЫДВИГАЯ НАРОДНЫМ ДЕПУТАТОМ Н.Д. КИРИЛЛИНА, ЗАЩИТИМ СЕБЯ ОТ НЕПРАВИЛЬНОЙ ПОЛИТИКИ КОМПАНИЙ ПО ОТНОШЕНИЮ К НАСЕЛЕНИЮ И ЭКОЛОГИИ ЯКУТИИ!

Category: Промышленность | Views: 3238 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 68
Ыалдьыттар (гостей): 68
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024