News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Муус устар » 13 » Бүлүү улуустарыгар икки улахан кыһалҕа баар диэн бэлиэтээтим: сир аннынааҕы дэлби тэптэриитин содула – радиация уонна ракета тобоҕун Бүлүү
Бүлүү улуустарыгар икки улахан кыһалҕа баар диэн бэлиэтээтим: сир аннынааҕы дэлби тэптэриитин содула – радиация уонна ракета тобоҕун Бүлүү | 16:12 |
Иван БУРЦЕВ: “Ракета тобоҕо түспүт сирэ 100 сыл устата киһи үктэммэт сиригэр кубулуйар”
Воскресенье, 13 Апреля 2014 09:39
Биллиилээх общественник, эколог, суруналыыс Иван БУРЦЕВ, кулун тутар 21 күнүгэр, Бүлүү куоратыгар СР Общественнай палатата айылҕа харыстабылыгар анаан форум тэрийбитигэр кыттан кэллэ. Бу форумтан Иван Семенович туох санаалаах-оноолоох кэлбитин “Аартык.руга” кэпсиир:
- Уйбаан Сэмэнэбис, дьэ бу эһиги көлүөнэ общественник-экологтар бардаххытына, айылҕабытын чөлүн ким туруулаһара буолла? Кэннигитигэр хаалларар кдьоннооххут дуо?
- Дьэ, иэдээн... Солбук суох... Нэһилиэнньэ олох туохха да улаханнык наадыйбат буолла дуу диэҕи баҕарыллар... Суруйа сатыыбыт да... Бу куоракка үс эрэ саастаах, общественнай эколог хааллыбыт, уонна эдэр дьоммут суох.
- Тоҕо дьон аахайбат буолла дии саныыгыный? Баҕар, син биир туох да уларыйбат сиҥҥэ түһүү баар дуу?
- Төрүөт элбэх. Биир өттүнэн, Суверенитета да суох хаалбыппыт санаабытын сарбыйбыт быһыылаах, иккиһинэн, аныгы дьон интэриэһэ атын, кыһалҕата да уларыйда, үксээтэ быһыылаах.
- Баҕар, “наар айдаараллар да, тугу да ситиспэттэр” уонна былааска эрэллэрэ суох буолан дьон общественниктары өйөөбөтө буолуо. Дьиҥинэн, “Бүлүү” кэмитиэтэ тэриллибэтэҕэ эбитэ буоллар, 90-с сылларга экологическай хамсааһын суоҕа эбитэ буоллар “САПИ” фонда да тэриллиэ суоҕа этэ...
- Министиэристибэ да суох буолуо этэ, араас сокуоннар, кэмитиэттэр, департаменнар да тэриллиэ суох этилэр...
- Общественниктар ситиһиилэрин туһунан элбэҕи кэпсиэххэ наада буолуо. Дьон ону холобур оҥостон общественнай үлэҕэ кытталларык курдук.
- Оннук да буолуон сөп ээ.
- Билигин араас партиялар обществоны көҕүлүүр кыахтара суоҕа көһүннэ дии, онон общественниктар инники күөҥҥэ тахсыахтаахтар эбээт. Бэл, Путин ОНФ – общественнай тэрилтэ тэрийдэ. Дьиҥинэн, общественнай хамсааһыннары сөпкө туһаннахха республика былааһа лаппа барыыһырыан сөп этэ.
- Общественность - улахан күүс. Холобур, мин Радиация содулун туоратар управление начальнигынан олорон, туох эмэ боппуруос кыаллымаары гыннаҕына “Бүлүү” кэмитиэккэ төлөпүөннээн, маннык-маннык балаһыанньа үөскээтэ көмөлөһүҥ диэтэхпинэ, сарсыныгар миитиннээн, “долгуйан” санааларын этэн улаханнык көмөлөһөллөрө. Дьон-сэргэ “долгуйарын” ханнык баҕарар былаас сөбүлээбэт, ону таһаарбат буола сатыыр. 90 сылларга бүлүүлэр, дьааҥылар өрө турунан кэбиспиттэрэ дии, ол кэнниттэн экологияҕа аналлаах госпрограммалар ылыллыбыттара. Михаил НИКОЛАЕВ биһигини – общественниктары улаханнык биһирээбэтэр да (мэһэй-таһай буолар буоллахпыт), ырааҕы өтө көрөр киһи буолан, УЛВРы тэрийбитэ.
- Иван ШАМАЕВ “АЛРОСА” атыытын утаран айдаан таһааран, республикаҕа улахан өҥөнү оҥорбута эмиэ ахтыллыан сөбө. Онтон атын “АЛРОСА” акциятын федераллар сууттаабыта буолан баран босхо да туура тутан ылыахтара эбитэ буолуо. Билигин, ити Роскосмоһы кытары кэпсэтиигэ эһигини күүс-көмө оҥостоллор дуо?
- Общественнай палата форум тэрийбит буоллаҕына туһанаары соруналлар ини диэн бүөм саныыбын. Оттон ол дьыалатыгар хайдах буолар, дьэ.
- Форумҥа төһө киһи кытынна?
- Бүлүү сүнньүн улуустарыттан барытыттан дьон син кэлэ сатаабыт. Ньурба түгэҕиттэн, Маалыкайтан, учаастактааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Николай НИКОЛАЕВ дьонун-сэргэтин доруобуйатын туругун кэпсии, сылайарын кэрэйбэккэ, соло булан кэлбитин сөҕө санаатым. Сааһа ыраатта ээ, дьиҥинэн. Правительство чилиэттэриттэн икки миниистир: А.Горохов (Доруобуйа харыстабыла) уонна В.Григорьев (Айылҕа харыстабыла) кытыннылар. Форуму Общественнай Палаата чилиэнэ П.С.Федоров иилээн-саҕалаан ыытта. Итини таһынан, Роскосмостан түөрт специалист кытынна.
- Эн, тыл эттиҥ?
- Этэн буоллаҕа. Бүлүү улуустарыгар икки улахан кыһалҕа баар диэн бэлиэтээтим: сир аннынааҕы дэлби тэптэриитин содула – радиация уонна ракета тобоҕун Бүлүү улууһугар түһэр куттала. Сир аннынааҕы дэлби тэптэрии (ПЯВ) кэнниттэн үйэ чиэппэрин кэриҥэ кэм ааста. Ол гынан баран, баччааҥҥа диэри икки эрэ саахалламмыт ПЯВ содула барбах чинчийиллэ түһэн баран тохтообута. Атын 10 дэлби тэптэрии сирэ хайдах-туох туруктаах сытарын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэр. Икки саахаламмыт “Кристалл” уонна “Кратон-3” ядернай дэлби тэптэрии сиригэр “АЛРОСА” харыстыыр үлэ ыытыахтааҕа. Элбэх сыранан, экологтар уонна улуус баһылыктара туруорсан, 2006 сыллаахха алмаасчыттар “Кристаллга”, онтон эһиилигэр “Кратон-3” объекка үлэ ыыттыбыт диэн отчуоттаабыттара. Ол эрээри бырайыагы оҥотторбут киһи билэр буоллаҕым эбээт, ханна-туох оҥоһуллуохтааҕын – үлэ ситэри оҥоһуллубутаҕа. Ону ол диэбэккэ, СР Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтэ “үлэ ыытылынна, барыта этэҥҥэ” диэн биллэрэр.
- Оччолорго президент В.ШТЫРОВ...
- Оннук. Хомойуох иһин, ити ПЯВ билигин даҕаны радиацияны таһаара, тарҕата сытар. Бүтэһик чинчийиинэн, “Кристаллтан” радионуклидтар “Удачнай” карьерга киирэ тураллара биллибитэ. Ону таһынан, 800 м дириҥнээх шахталарга эмиэ киирэр диэн түмүк оҥоһуллубута. Бу радионуклидтар Далдын – Марха – Бүлүү өрүстэргэ киирбэттэр диэн ким мэктиэлиэй!
- Бүлүү улуустарыгар күн-түүн рак, искэн ыарыыта элбии турара туох эрэ төрүөттэн тахсар буоллаҕа.
- Быраас Николай НИКОЛАЕВ этэринэн, Марха өрүс уутун иһэр үс нэһилиэк – Мэҥэдьэк, Бордоҥ, Малдьаҕар сыллата ыарахан ыарыынан ыалдьара элбэх. Кыра учаастакка сылын аайы 20-ҕэ чугаһыыр киһиэхэ рак, искэн диагноһа туруоруллар... иэдээн...
- Оттон “Кратон 3” туруга?
- Өссө куһаҕан. Марха өрүстэн саамай чугас сытар ПЯВ. Бу манна кутталы 100 гектардаах хаппыт ойуур радиация көрдүгэнэ буола турар. Бу ойууру харайыахха наада. Бачча курааннар кэлбиттэригэр бу хатан турар ойуур умайдаҕына – улахан экологическай саахал тахсар: күлэ ууга киириэ, буруонан радионуклидтар тарҕаныахтара.
- Тоҕо ким да кыһаллыбатый?
- Хаста-хаста Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр суруйбуппут буолуой... ааҕан сиппэккин. Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар... Миниистир ГРИГОРЬЕВ тэрилтэтэ таах харах баайыыта эрэ тэрилтэ.
- Итиннэ суут-сокуон, быраап өттүнэн киирэн региональнай айылҕа харыстабылын ведомствота федераллары кыайара уустуктардаах буолуо. Ол иһин общественнай тэриллиилэри, этэргэ дылы “уора-көстө” өйөөн, кинилэр уостарынан кыһалҕаны саҥардан түмүк ситиһиллиэхтээҕэ буолуо дии.
- Мин этэбин, өрүү этэбин – биһигини туһаныҥ диэн.
- Ракеталарбытыгар төнүннэххэ... Соторутааҕыта ракеталар көтүөхтээх космодромнарыгар Углегорскайга правительство делегацията бара сырытта. Салалта пресс-сулууспатын начальнига А.ЕГОРОВ араадьыйанан иэмэ-дьаама биллибэт иһитиннэрии биэрдэ, сураҕа “этэҥҥэ” диэн буолла, “үһү”, “курдук”, “быһыылаах”...
- “Восточнай” космодромтан сылга 20-30 ракета көтүөҕэ диэн былаанныыллар. Роскосмос салайааччыта О.Остапенко билиммитинэн араас оттуктаах ракеталар барыта. Соторутааҕыта Роскосмос: «При запусках с Байконура отработавшие ступени с остатками ракетного топлива падают на Алтае, нанося существенный вред экологии одного из красивейших и чистейших мест России», - диэн эмиэ бэйэтэ бэчээккэ билиннэ. Ону ыйытыахпын баҕарабын: “Биһиги сирбит айылҕата куһаҕан буолан ракета тобоҕун түһэрэргэ анаатылар дуо?” – диэн. Ракета оттугун сүлүһүнүн туһунан этэ да барыллыбат. 200 км ыраах сиргэ гептил умайар диэн этэллэр даҕаны, саахал буоллаҕына ким эппиэттиир? Саахаллары ааҕыахха эрэ (өссө ол киһи билбитинэн). «Горькие плоды» освоения космоса» 2004 гс. Л.Егорова, А.Чомчоев уонна Н.Черемкин кинигэлэригэр 41 саахал туһунан кэпсэнэр. Онтон сороҕо Саха сиригэр буолбута. Ааптардар этэллэринэн, кинигэҕэ киирбэтэх түбэлтэлэр уон оччонон элбэхтэр. Холобур, Күүлэкээннээҕи саахаллар. Бу 1958 с. уонна 1960 с. тахсыбыта. Эмиэ ити дэриэбинэ таһыгар 1974 с. Түҥ үрэх салаатыгар тахсыбыта. 1987 с. Бүлүү куоратын таһыгар саахал буолбутугар итирик эдэр аппыһыар бүлүүлэри “опытные кролики” буолалларын “сырдаппыта. 1960 с. Капустин Ярга 200 киһи өлбүтүн туһунан бу кинигэҕэ эмиэ киирбэтэҕэ. 1978 с. Канадаҕа биһиги ракетабыт саахалланан 100 000 га сир киртиппитэ. Роскосмос наар ядернай оттук туттуллубат диэн айдаарар да, РФ правительствотын уурааҕа баар (В.Черномырдин, 1997 с. атырдьах ыйын 15, 1039№) «О правилах оповещения органов исполнительной власти при запуске космического аппарата с ядерным источником энергии, а также оповещения органов местного самоуправления и оказания при необходимости помощи населению в случае аварийного возвращения такого аппарата на Землю» - бу мээнэҕэ тахсыбыта буолуо дуо? Былырыыҥҥа диэри ракетаны таһаарыыга саахал тахса турар. Холобур, от ыйын 2 күнүгэр үс спутниктаах «Протон-М» саахалламмыта. Бу саахал ракетчиктар дьалаҕайдарыттан тахсыбыта. Уопсайынан барытыгар кэриэтэ ракетчиктар бэйэлэрэ саахалы таһаараллар. Технологияны бу сырыыга бары тутуһуохтара диэн ким мэктиэлиэй?! Остапенко, Борисов, Данчикова эбэтэр Винокуров дуу? Бу дьон докумуонунан мэктиэ биэрэр кыахтара суох... биллибэт буоллаҕа дии, биир үтүө күн ханнык эрэ аппыһыар ааспыкка курдук “плюһу”, “минуһу” бутуйуо суоҕа диэн...
- “Эйэлээх сыалга” ракетаны таһаарбаты диэн этэллэрэ хайдаҕый эн санааҕар?
- Официальнайдык инньэ дииллэрэ биллэр, онтон байыаннай сыалга Саха сирин полигон оҥостуохтара суоҕа диэн ким мэктиэлиир? Ханнык саха баран космодрому манаан туруоҕай: бу “эйэлээх сыалга” ракета көттө дуу, “байыаннай сыалга” дуу?
...Кыргыдайга туох түспүтүн билигин да эппэттэр. Оннук дьону итэҕэйиэххэ сөп дуо?
- Бүлүү улууһун баһылыга Винокуров дьонун “үлэнэн” хааччыйаары эҕэ-дьаҕа буолара биир өттүнэн тугунан диэлийэн тахсыаҕа биллибэт эбит дии...
- Биллэн турар, улууска харчы тиийбэтин өйдүүбүн, ол гынан баран күннээҕи кыһалҕаны быһаарарга хас да көлүөнэ дьылҕатын бүдүмүккэ анньар аньыыта бэрт буолуо. Промышленнай улуустарга харчы баар, олортон тыа улуустарыгар бэрсиһиннэрэр тоҕо табыллыбатый? Бүлүү гааһыттан киирэр харчыны тоҕо туһамматый? Былырыын Дьокуускай салалтата 6,4 млрд солкуобайы “кыайан туһамматаҕын” туһунан аахтыгыт ини? Алмаас барыһыттан киирэр 2% 2018 сылга диэри дуогабарынан Саха сиригэр бэриллэр ээ. Урут ол харчыны САПИ га биэрэллэрэ, ол ханна барбытын тойон Тумууһап билэн эрдэҕэ, оттон билигин ол харчы ханна барар? Аҕыс улуус баһылыга тоҕо ону интэриэһиргээбэтий? Холобур, 2013 с. АЛРОСА барыһа 165 млрд этэ. Ол онтон 2%-нан төһө баҕарар суол, балыыһа, дьыссаат, оскуола тутуллуоҕун сөп буолбатах дуо?
- Онон, экологтар Саха сиригэр ракета тобоҕун түһэрэри утараллар?
- Саахал буолуо суоҕа диэн ким мэктиэлиэн иннинэ утарабыт. Онон Роскосмос уонна СР салалтатын икки ардыгар түһэриллибит дуогабар «План мероприятий по открытию РП ОЧРН, пускаемых с космодрома «Восточный», расположенных в РС(Я)» (2012 сыл, ыам ыйа 17 к.) көтүрүллүөхтээх. Элбэх дьон дьылҕатыгар дьайар дьаһаллар тустаах дьон көҥүлүнэн эрэ ылыллыахтаахтар.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода |
Views: 1241 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 104 Ыалдьыттар (гостей): 104 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|