Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Муус устар » 23 » үс үөһээ бүлүүлэр киирсэ сылдьаллар: Айсен НИКОЛАЕВ, Федот ТУМУСОВ уонна олохтоох баһылык Владимир ПОСКАЧИН.
үс үөһээ бүлүүлэр киирсэ сылдьаллар: Айсен НИКОЛАЕВ, Федот ТУМУСОВ уонна олохтоох баһылык Владимир ПОСКАЧИН.
16:11

Үөһээ Бүлүүгэ Василий ФИЛИППОВ кэлэр?

Үөһээ Бүлүүгэ Василий ФИЛИППОВ кэлэр?
Бары билэргит курдук, бу саас Үөһээ Бүлүү биир мандаттаах уокуругуттан талыллыбыт Ил Түмэн депутата Александр МИРОНОВ орто дойдуттан хомолтолоохтук күрэммитэ. Үөһээ бүлүүлэр онон балаҕан ыйын 14-гэр саҥа депутаты талыахтара. Билиҥҥитэ мандат туһугар улахан киирсии, быһаарсыы, кэпсэтии бара турар. "Бэйэ дьонун" парламеҥҥа киллэрэргэ ааттаах-суоллаах үс үөһээ бүлүүлэр киирсэ сылдьаллар: Айсен НИКОЛАЕВ, Федот ТУМУСОВ уонна олохтоох баһылык Владимир ПОСКАЧИН. 

Былаастаах дьоҥҥо ыар ыалдьыт уонна нүһэр хоноһо буолан Бүлүү эбэ кытылын республика таһыгар олорор Василий ФИЛИППОВ буулуо диэн сэрэхэдийии баар. Василий Васильевыһы быыбарга кытыннара сатаабыттара ыраатта. Кини бүтэһигин Юрий ЗАБОЛЕВЫ кытары Дьокуускай мээрин дуоһунаһын былдьаһан көрбүттээх.
Былырыын сайын ФИЛИППОВ аата "ГП" партияны кытары ситимнэнэн ахтылла сылдьыбыта. Ол гынан баран, политика "кырдьаҕас бөрөтө" саарбахтаах соҕус партияҕа аатын ааттатыан туттуммута, онон быыбарга кыттыбатаҕа. Бу сырыыга "ГП"-ттан да буолбатар, атын политическай холбоһуктан ФИЛИППОВ туруон сөп диэн эмиэ саллымар майгы үөскээтэ. 
Оттон "бэйэлэрэ бэргэһэлээх" Дьокуускай үөһээ бүлүүлэрэ  Константин ТИМОФЕЕВЫ (Сахаагропродукт), бастаан, "техническэй кандидат" быһыытынан талбыттара биллэр. ПОСКАЧИН эмиэ "бэйэтэ киһилээх" диэн этэллэр. Оттон Федот ТУМУСОВ, үгэс курдук, саппыйата ыйааһыннаах кандидаты өйүөҕэ диэн билгэлииллэр. 
Онуоха туран, Иван ШАМАЕВ, общественник, дириэктэр, ОП чилиэнэ эмиэ быыбарга кыттабын да сабаас диир тыллаах-өстөөх буолла. Ону үөһээлэр өйүүллэрэ эбитэ дуу, суоҕа дуу. Былырыыҥҥы быыбарга Иван Иванович 202-с түөлбэттэн быыбарга киирсэн иккис бочуоттаах миэстэни ылбыта. Ол айдааннаах быыбар дуораана билигин да суут саалатыгар ньиргийэн олорор. "Адмресурс" оччолорго "Саханефтегазсбыт" генеральнай дириэктэрин Игорь НИКИТИНИ өйөөн Ил Түмэҥҥэ аһардыбыта.
***
Аартык.ру 

Источник: aartyk.ru
 
Category: Выборы | Views: 1388 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 43
Ыалдьыттар (гостей): 43
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024